скачать книгу бесплатно
Иччи. Сибиэн. Абаа?ы
Народное творчество (Фольклор)
Е. Г. Спиридонов
Хомуурунньукка киирбит суруйуулар аа?ааччыны абаа?ы, иччи баарыгар, ойуун аба-хому?уна к??стээ?эр итэ?этэр эрэ буолбакка, ордук ыччат дьону ?б?гэ са?аттан баар сиэри-туому туту?арга, тулалыыр эйгэ?э убаастабыллаахтык сы?ыанна?арга ??рэтэллэр.
Иччи. Сибиэн. Абаа?ы
Алаас иччитэ
Хара уоспа абаа?ыта
«Таатта Ч?рк????ттэн чугас баар Буор Булгунньах диэн алааска ?с бала?анынан, биир ампаар дьиэ?э олорор ыал кыстыктарыттан сайылыкка тахсыбыттарын сахсаана ааспыт, ??р??тэ, малаа?ына о?о-айма?ы уйгуурдубут к?ннэрэ умнулла бы?ыытыйан барбыт кэмэ этэ. Киэ?ээ??и чэй кэнниттэн ына?ы хомуйуу, ыам чуга?аан эрэрэ. Титииктэр олбуордарын и?игэр т?птэ буруота унаарыйан, чуумпу халлаан диэки тардыстан ?р? субуллар.
Оннук ну?ара? киэ?э?э тэ?кэ тыатын ?рд?нэн икки атахтаах кулгаа?ын та?ынан киирэр ы?ыы-ха?ыы дуорайда. Эмиэ да сарылыыр, часкыйар. Ынах ма?ырыырыгар, атыыр о?ус айаатаан м???р??р?гэр, атыыр сылгы имэ?нээхтик кистээн дьырылатарыгар ханан да маарыннаабат. Куола?а чи?э-ча?а, дуораана с?р ?л?гэрэ. Айыы сирин дьонуттан адьас атын адьарай бадахтаах.
Сайылык дьоно о?олуун-уруулуун бары тахсан и?иллээн, са?ата суох ах бардылар. Мантан соччо ыраа?а суох Лэкиэски Уола диэн ааттаах улаханнык иирбит, эдэр саа?ыгар ол кырыыстаах ыарыыга му?наммыт эрэйдээх а?атыныын олороро. Кини от-мас тыллыыта бэргээн, туох да ааттаах ки?итигэр бэриммэт, туттарбат туруктанан, атах балай барыталыыра. Ким эрэ: «Ол сордоох кэбилэнэн и?ээхтиир бы?ыылаах», – диэтэ.
Бары дьиэлэригэр симиллэн, ааны хатаныы, ?сс? олбуордарын аанын кытта сабыы, с?лл?гэ?ин олуйуу кытаана?а буолла. Биир бэйэтин балачча кыанар, кэлбит-барбыт, сытыы-хотуу, Дь?г??р диэн с??рбэтиттэн са?а тахсан эрэр уолларын: «Кытаанах, со?ооччу маста булун. Ол дьаабал на?аалаан киирэн барда?ына, онтука?ынан куттаан, мантан ??рэ сатаар», – дэстилэр.
Дьиэлэрин илин, хоту диэки т?нн?ктэринэн к?р??-истии буолла. Улаханнык тыыммат кэриэтэ бары и?ийдилэр, кыра о?олор барахсаттар ийэлэрин кэннилэригэр састылар. Оттон били ба?айы айдаана-куйдаана эбии с?рдэммит. Бэйэлэрин ки?илэриттэн адьас атын иирээки и?эрэ билиннэ. Иирээкини аа?ан, илэ дэриэтинньик киэнэ идэмэрдээ?э. Ки?и куйахата к??рэр, этин саа?а а?ыллар, к?хс?г?нэн туох эрэ ?р?-та?нары с??рэкэлиир. Аанньанан ааспат, мээнэнэн буулаабат к?т?р к?н к?р?н турда?ына, к??х халлаан ?сс? да сып-сырдык ньуурдаах эрдэ?инэ, бу алаастарын булла?а.
Дь?г??р с?п со?ус чиргэл ма?ы титиик к?р??т?н ааныттан сулбу тардан ылла. Онтон халдьаайыны та?нары с??рэн киирбит ки?и Лэкиэски Уола буолуохтаа?ын оннугар отой да атын харамай, илэ абаа?ы бэйэтинэн атаралаан, ойон ахан и?эр эбит. Сирэй-харах ханан баара дьаабыта биллибэт, чуо?ур диэххэ чуо?ура суох, хара диэххэ харата суох, б??с-б?т?нн??, ба?ыттан ата?ар диэри, т?? ки?и буолан биэрдэ. У?уо?унан улахана с?р. Туох аанньа хо?оон кэлиэй, таах ый да хай а?аардаах, ынырыктаах ха?ыы-ы?ыы аргыстаах ??дэн. Кэнниттэн айдаан б???т?н т??эрэн, сайылык ыалларын уонча ыта эккирэтэн и?эр. Амырыын кыылы хаайбыт, туппут кэриэтэ ыйылыы-ыйылыы ?рэллэр, ырдьыгыныы-ырдьыгыныы т??эллэр. Оо, кини бэйэлээх ол алаас тэлгэ?этиттэн тэйбэтэх саха ыттарын, иннигэр киллэриэхтээ?эр буолуох, ситтэрэрэ да диэн кэлиэ дуо?! Тэппит ата?ын кубулуппакка, ы?ыытын-ха?ыытын у?арыппакка, соннук син балачча у?ун алаа?ы туораан, ар?аа диэки ойо турда.
Онтон ?с биэрэстэлээх Долборуктаахха тиийэн, т??рт дьиэнэн сайылаан олорор ыаллар алаастарын илин халдьаайытын ?рд?гэр турар кэрэх тииккэ ыттан тахсан, олоро биэрдэ. Ыттар ол сайылык ыттарыныын холбо?он, бары моргуордаан, тула к?т? сылдьан ?р да ?р буоллулар. Алаас дьоно ол ха?ыы, ыт ньаргыара булкаастаах айдааны эрдэттэн истэннэр, эмиэ бары кэриэтэ тахсан одууластылар. Чочумча буолаат, били с?рэхтэрин-быардарын быллыгыраппыт, уйаларыгар ууну кута сыспыт ба?айылара ханна дьылыс гыммыта биллибэккэ, эмискэ суох буолан с?тэн хаалла. Ыттар да ах бардылар, хайдах эрэ куттара-с?рдэрэ баттаммыттыы туттан, и?иллэр-и?иллибэттик ыйылыы-ыйылыы дьиэлэрин буллулар.
Дьэ онтон до?оор, ити эргин, б?т?н Таатта улуу?ун саба б?р?йэн, хара уоспа диэн дьулааннаах ыарыы ?р? турбат дуо! Ол дьыл ити сатана саспыт кэрэхтээх алаа?ыгар сайылаабыт т??рт дьиэ дьонуттан ?с ыал, биир да ки?и ордубакка, бука бары имири сотуллаллар, суорума суолланаллар. Бары Слепцовтар этилэр. Илин халдьаайы анныгар турар дьиэлээх Кириил о?онньордоох эрэ тыыннаах ордоллор.
Б?т?н улуус ?рд?нэн ол амырыыннаах ыарыы, сут а?ы?ата ходу?аны буоругар диэри салаан аа?арыныы, т??? ки?и дуу?атын илдьэ барбыта буолла…»
Маны кэпсээбит, хомсомуолтан са?алаан партия уонна сэбиэскэй былаас оройуоннаа?ы тойонуттан республика та?ымыгар тиийэ дуо?унастаммыт, хомуньуус ааттаа?а ки?и этэр: «Ол уоспа?а сутуллубут чучунаалара диэннэрэ буолуохтаах. Б?кп?т алаа?ыгар ханна эрэ тыа?а, ойуурга ыарыы сиэн о?унна?а, сайы??ы куйааска сытыйда?а-ымыйда?а, эбэтэр суор-тураах, ??н-к?й??р, ба?ар, ыт да а?ылыга буолан хаалла?а. Онтон с?д? сыстыганнаах, салаа?ыннаах уоспа курдук ыарыы турда?а, тар?анна?а дии».
Этэр эттэ?инэ, эмиэ да оруннаахха дылы. Ол эрээри чучунаалара диэн тыыннаах харамайын дуу, кыыл барбыт ки?итин дуу чопчу бы?аара иликпит ээ. Оччотугар хайатын итэ?эйэбит? Аны ити кэпсээнньиппит ?сс? туох диирин истиэ?и?:
– Ити алааска эбэм биирдэ миэхэ?э дьикти атах суолун к?рд?рб?ттээх. Ол кыыл дуу, илэ абаа?ы дуу киэнин. Кини ки?и икки арда ?ст?? атар хаамыы холобурдаа?ы ?ктээн аа?ар эбит. Уллу?а?а батарыта баттаан хаалларбыт сиригэр сытыган эрбэ?ин ??нэн тахсыбыт. Ону баты?а к?рд?хх?, ыраахха диэри барбыт улахан бэйэлээх атах суола буолан субулла сыталлар. «Бу сайылык хабайар хаба ортотунан абаа?ы киирэн с??рэн атаралаан ааспытын оспот-с?ппэт, хаппат-куурбат бэлиэтэ. Ол оччотоо?у ыар ?йэ туо?ута буолан, уонунан сылларга тиийэн кэллэ?э» диэн бы?аарбыта эбэм эмээхсин.
П. Седалищев
Чурапчы
Сибиэн
Эбиэс хомууругар субуотунньукка тахса сылдьан, уонча буолан биир ампаарга отууланабыт. Кэлбиппит ?р буолан, кэпсээммит а?ыйаан: «Эн кэпсээ, мин кэпсээ!» – дэ?эр буоллубут. Биир киэ?э мин ??лээннээ?им Уус Костя тылланар са?ата и?илиннэ: «Мин кэпсээн к?р??м. Оло?ум устата кимиэхэ да кэпсии иликпин». Ки?ибит са?ата хайдах эрэ долгуйбут курдук: «Мин о?о эрдэхпинэ дьонум Кур диэн сиргэ отордуу тахсыбыттара. Букатын хойукку к???н этэ. Би?игини кытта ?кс?? диэн мэнэрийэр дьахтар, уоллаах кыы?ынаан дьукаах олороллоро. ?кс?? субу-субу манна сибиэн, онно абаа?ы дии-дии би?игини куттуура, оронун ?рд?гэр барыта эмэгэт, быа-ту?ах б??? ыйанан турар буолара.
Киэ?э аайы, дьоммут титииккэ бардахтарына, биэс о?о бэйэбит эрэ хааларбыт. Оннук киэ?элэртэн биирдэстэрин ?йд??н хаалбыппын. Оро??о ыйда?а т?сп?т сиригэр оонньуу мустубуппут. Ол кэм?э ким эрэ дьулаан ба?айытык ????н тартарда. К?р? т?сп?пп?т, дьиэбит аанын а?ан, улахан ба?айы к?п-к??х марбайбыт сирэйигэр ы?ыллан т?сп?т баттахтаах, к??к?л?й у?ун ырбаахылаах эмээхсин киирэн, талах сиппиири ылаат, сиппийбитинэн барда. Улахаммыт Муся: «Бааскаа, кыптыыйы а?ал!» – диэтин кытта, уол остуолга сытар кыптыыйы хаба тардан ылла. Эдьиийбит кыптыыйынан бырахта да, ханна тиийэн т?сп?т?н билбэтибит. Эмээхсин хап-сабар сиппиирии уураат, тахсан барда. К?н киэ?эрдэ. Кэмниэ-кэнэ?эс дьоммут тиийэн кэллилэр. Бааска ийэтэ киирээтин кытта утары с??рэн тиийэн: «Ийээ, ийээ би?иги к??х эмээхсини…», – диэн эрдэ?инэ ийэтэ, ким эрэ истиэ диэбиттии симиктик, ол гынан баран к??скэ ба?айы: «Чот! Айдаарыма, билэбит», – диэн саба са?арда. «Дьо??о мээнэ кэпсээн о?остума?!» – диир этэ. Онно туох т?р??ттээ?ин улахан дьон билэллэр эбит. ?ск? «к??х эмээхсин» дьиэни сиппийэн, о?о сытар сиригэр тиийбитэ буоллар, о?о ?л??хтээх эбит. Бу тугуй? Чуга?ынан ыалы кэрийэр, ыалдьар да, к?нн?р? да эмээхсин суо?а ???. К?рб?т эмээхсиммит о?ону ?л?р?н тугу ту?аныа эбитэ буолла?».
«Ыйтан кэлбит»
Сыла?, Чурапчы
Абаа?ылар
Билигин ки?и к?т?р тэриэлкэни к?рд???нэ да?аны, дьиктиргээбэт кэмигэр олоробут. Оттон былыр алаас абаа?ы адаары?нас этэ диэтэххэ улахан омун буолбат ини. Хайа-хайалара да?аны айыл?а дьиктилэрэ дэнэн эрдэхтэрэ. Айыл?а барахсан таайыллыбат кистэлэ?нэрэ хонон турдах аайы хойдон и?эллэрэ с?р?кэтэ бэрт. Олортон сорох-сорохторуи, илэ бэйэм к?рб?ттэрбин, кэпсээтэхпинэ, эмиэ т?птэлээтэ диэххит да буоллар, итэ?эйээччи итэ?эйдин, итэ?эйбэт итэ?эйбэтин.
Дьэ онон…
Ч?ч??ккэ
К??лэкээн диэн сайылыкка ?сп?н са?ардыы аа?ан эрэр бэдик ч?ч??ккэ кэлэрэ диэни к?р?н турардаахпын. Оччолорго остуоруйаны да удьумаайдаабат уу ньуулдьа?ай о?о этим. Онон дьон кэпсиирин ?йб?р о?орон к?р??х ту?ум суох.
Сайылык о?олоро сы?ыы у?уор олорор ыалга мустан оонньуур идэлээхтэрэ. Миигин, бо?уу гынымаары, утутан кэбиспиттэр. Куйаас ба?айы к?н хатыйа к?р?? к?л?гэр утуйа сытан у?укта биэрдим. О?олор у?уор оонньоон аймала?алларын к?р?р?н к?рд?м эрээри, то?о эрэ онно барбатым. С?р??н? тала?ан дьиэ?э киирэр ки?и буоллум. Туруорбах бала?ан хапта?ын аанын атытан и?ирдьэ к?т?н т?ст?м. Арай к?м?л??к о?ох ха?ас ?тт?гэр, холумтан ???э ??т-маас бэйэм курдук сыгынньах, ха?ан да харахтаабатах о?ом турар. Аан тыа?аабытыгар кэннин хайы?ан мин диэки к?рд?. Онно к?рд?хп?нэ, куп-кугас баттахтаах, к?п-к??х харахтаах. Иккиэн уун-утары к?рс?н баран турдубут. Уота ?сп?т о?ох к?л?н хаспыт бы?ыылаах, илиитэ хап-хара.
Т??? ?р утарыта к?рс?н турбуппут буолла, аан бастаан кини хамсаата. Миэхэ утары кэлиэх курдук эргиллэн эрдэ?инэ, ха?ыытыы т??ээт, та?ырдьа ойдум да, дьэ уонна, ытаан марылыы-марылыы, сы?ыы у?уор олорор ыалга му? кыраайбынан т???нэн кэбистим. Тиийэн тугу к?рб?пп?н кэпсээн биэрдим.
Кэлин улаатан баран ч?ч??ккэ диэннэрин кэпсииллэриттэн и?иттэхпинэ, ??т-?кч? мин к?рб?т о?обун ойуулааччылар. Онон ч?ч??ккэни, дьонтон истибэккэ сылдьан, бэйэм эт харахпынан к?рб?т?м уонна онтон ыла айыл?а?а баар ол-бу ки?и ылбычча итэ?эйиэ суох к?ст??лэрин сэргиир идэлэммитим.
Кустуу сылдьан
Сеня диэн табаарыспынаан Таала?а кустуу бардыбыт. К?н ар?аалаан турара. Арай туран ойуур отун-ма?ын то?о барчалаан сы?ыыга к?т??ккэлэ?эн киирдибит. Са?ардыы суолга тахсыах курдук гынан эрдэхпинэ, эмискэ ба?айы иннибитигэр суол устун биир дьахтар баран эрэрин к?р? биэрдибит. Ма?ан былаатын к?хс?гэр намылыччы т??эрэн бааммыта хаамта?ын аайы имиллэ?ниирэ кытта к?ст?р. Отучча хаамыы баара дуу, суо?а дуу, оннук чугас.
Би?иги то?о эрэ к?рб?пп?т со?уччута бэрдиттэн тохтуу биэрдибит, са?ата суох сирэй-сирэйбитин к?рс?н ыллыбыт. Улахан ба?айытык кэпсэтэ и?эн сибигинэйэн эрэ тыл бырахсар дьон буола т?ст?б?т. Кэриигэ киирэрбитигэр ким да с?о?а ээ. Т?нн??ххэ диэн буолла. Суол устун, субу-субу кэннибитин хайы?а-хайы?а, т?н?нн?б?т. Кылгас ойууру бы?а т??эн атын сы?ыыга та?ыстыбыт. Суолтан туораан чугастаа?ы ууну к?р?н аа?аары баран и?эн эмиэ чугурус гына т?ст?б?т. Иннибитигэр били дьахтарбыт субу баран и?эр эбит. Кини хайдах да би?игини уруттуох ту?а суо?а. Туох эрэ муокас дьахтара буулаары гынна диэн эппит тарта.
– Хайыыбыт? – диэн ата?ым сибигинэйэн ыйытта.
– Таалабытыгар т?нн??х, – диибин.
То?о эрэ били дьахтары Таала?а т?нн?н баарын-суо?ун бэрэбиэркэлиэх санаа к?т?н т?стэ. Эмиэ с??рэр-хаамар икки ардынан ?кд?к?ч??эн, сы?ыыбытыгар а?ыйахта атыллаан тиийдибит. Бастаан тиийэн т?нн?б?т сирбитигэр кэлээппитин кытта, дьахтарбыт иннибитигэр бу сайбайан эрэрэ к?ст? биэрдэ. Эмиэ чиккэри?нэ?э т?ст?б?т. Уолум саатын хаба тардан ылан дьахтары ту?улуох курдук тутунна.
– Кэбис, ытыма, ки?ини дэ?ниэ?, – диибин.
– Ки?и буолбатах. Сааны э?эн сатаатар куттуохха.
– Кэбис, кэбис, сырыттын. То?о эрэ би?игини кустатыан ба?арбат эбит. Дьиэлиэх.
Ол турдахпытына, дьахтарбыт эргиллэн к?рд?. Сирэйин-хара?ын ?йд??н к?р?р диэн суох. Хамаанданы истибит курдук, дэриэбинэ диэки ойуурунан бы?а ыстанныбыт.
Дьиэлэри к?р?н эрэ баран, биирдэ уоскуйдубут. Арай биир ыал та?ыгар, били дьахтарбыт курдук, былаатын самыытыгар тиийэ саба т??эринэн бааммыт бэркэ билэр т??тэбит би?игини к??тэн турар эбит. У?уо?а ар?а?а ?кч?тэ с?р.
– Хайа, нохолор, с???? к?рд?г?т дуо? – диэн ыйытта.
– Суох, – диэт, сулбу аа?а турдубут.
Бада?а кини к?л?гэ салгы??а олорон хаалбытын к?рд?хп?т буолуо диэн билигин тойоннуубун. Ити сыл ол дьахтар эмискэ ыалдьан ?л?н хаалаахтаабыт сурахтаа?а. С?п т?бэ?испитэ дьикти. Айыл?а ити биир таабырынын таайар ки?и баар эрэ, суох эрэ.
Таабырынап
Ынахтан – са?арар о?о
Былыыр-былыр биир со?отох о?онньор олорбут. Кини со?отох ма?ан ынахтаах эбит. Ына?а т?р??р? ыалдьыбытыгар о?онньор, кэтэ?э сатаан баран, утуйан хаалбыт. Сарсыарда туран хотонугар тахсыбыта, ортотугар тиийэр кугас баттахтаах, мап-ма?ан эттээх уол о?о ына?ы эмэ олорор эбит. Ону к?р?н со?уйбут, куттаммыт. «Абаа?ы т?р??б?т», – диэн, к?рдьэ?инэн ?лт? сынньан барбыт. Онуоха ол о?о к?рд?сп?т: «Аатта?абын, ?л?р?мэ, биэс да ?т??н? о?орбото?ум и?ин, биир ?т??н? о?оруом! Ийэм ба?ыгар, т?нн?к анныгар, бырах, ?с хонон баран бэйэбин бэйэм билиниэм». О?онньор бокуойа суох ?лт? сынньан барбыт. О?о: «Ынахтан икки т?г?л кэллим да, ки?и буолбатым, аны сылгыттан сы?ыыга кэлиэм», – диэбит. О?онньор бу о?ону ?л?р?н кэбиспит. ?с хонон баран хото??о, ынах турар сиринэн, муус т?нн?к ?лт? барыар диэри ат кистээбит. О?онньор ону тахсан к?рб?тэ, тэриэлкэ са?а улахан ат суола чигдини то?ута ?ктээн кэлэн барбыт. «?л?рб?т??? буоллар, ол о?о барыа эбит», – дииллэр этэ. Ол тугун бэйэ?ит толкуйдаа?.
Суруйдум 67 саастаах
Екатерина Алексеевна Кашлакова
Сэттээх-сэмэлээх буолара чахчы
«Ньурбачаан Бакамдатын ар?аа ?тт?гэр Хонор?ох Алаа?а, эбэтэр арыт Арыылаах Алаас диэн ааттыыр сирдэрэ баар. Бу 1959 сылтан «Заготскот» диэн тэрилтэ со?отуопка?а киирбит с????н? хаайан а?атар киэ? даллаах, с???? ?л?р?р сирдээх, бостууктары олордор дьиэлээх сирэ этэ. Дьиэттэн аллара, Бакамда диэки ?тт?гэр ыар?а саба ??мм?т к?л?йэлээх сиргэ, муус туран эт то?но?уна с???? ?л?рт?р?лл?? диэн б?тэй туттараары, алта-сэттэ оробуочайы та?аарбыттар. Саас. К?л?йэлэрин ?рд?гэр б?тэй то?о?ото, сиэрдийэтэ буолар бэртээхэй арыы мас баара. ?лэ?иттэр ??рэ-к?т? бу ма?ы кэрдэн барбыттар. Ол кэрдэн эрдэхтэринэ, ыар?а и?игэр турар былыргылыы хабар?а муннуктаах, араа?а, кус т???э диэн ааттыыр т?к?н?к мастан о?о?уллубут (тутуллубут диир ордуга дуу) ойуун д???р?н тыа?а л???г?рээбит, кыа?аанын тыа?а ?р? кыынньа т?сп?т. ?лэлии, аймала?а сылдьыбыт дьон, со?уйан, уолуйан, с?гэлэрин кытта ы?ыктыбыттар. Бары ах баран турбуттар. Са?а са?арар, тыл та?аарар суох ???. Онуоха арыый а?а саастаахтара, сэриигэ сылдьыбыт ки?и, Чуукаартан т?р?ттээх Дабыыт Данилов-Буруо Хоно?о, бэргэ?этин устан туран, ити тыас кэлэр сирин диэки хайы?ан билэринэн ааттаспыт:
– Тойон убайбыат! Би?иги диэн кыра дьон му?наахтарбыт, а?ыыр-та?нар кы?ал?атыгар, тыыннаах буолар ту?угар тойоттор сорудахтарынан ?лэлии тахсыбыппыт. Ал?аска, билбэккэ, эн чуумпугун уйгуурдубуппут. Ону би?иэхэ буруйга холоомо. Ал?аспытын бырастыы гын. Ирдэ?эр, туо?ула?ар да буоллаххына, тойоттортон туо?улас, олортон ыйыт, – диэбит ???. Онуоха тыас эмискэ уурайан барбатах, аа-дьуо намыраан барбыта ???.
Бу дьону? б?тэй тутар сирдэрин ?рд?ттэн охторон, тутаары гыммыттара – табыллыбат. Тохтоон хаалбыт. Кэрдибит мастарын да харайбатахтар. Билигин да, араа?а, сытара буолуо. Туох харайбыт ???, ону.
Икки биэрэстэ курдук Борокуруор Маара диэн сиртэн сиэрдийэлэрин к?л?н?н та?ан, сиэрдийэлэрин тутан б?тэрбиттэр.
Онно баар дьонтон Н. диэн ки?и ?лб?тэ. Ол олох кэпсээбэт этэ, саллар этэ. Арай итини Н. кэпсээбитэ. Бииргэ ??рэммит уолум. Кини билигин да саллар. Уонна ити ту?унан санаппат. Иннинэн-кэннинэн барыах-кэлиэх да, хамныах да кыах суох. Буолар да эбит. Оннук саллыбытым, куттаммытым диир этэ.
Онтон 1972 сыллаахха этэ. Аны, дьэ, били б?тэйи сэлбийэ тахсаллар. С????лэрэ киириэн иннинэ. Сайын оттуу таарыйа. Ол тахсаннар, ол са?ана арыгы диэн ас буолунай, дэлэйбит ахан кэмэ, а?аан-сиэн баран, дьэ, кэпсэтии буолар. Киэ?ээ??и а?ылыктарын а?ыы, арыгылыы олорон: «Дьэ, онно ?рд????тэ, би?иги к?р?? тута сырыттахпытына, ол сы?ыы у?уор сытар кырдьа?ас, дьэ, куттаталаабыта» диэн буолар. Ону икки уол, Н. уонна Н.: «Ойуун диэн баар ??? дуо? Абаа?ы диэн баар ??? дуо? Ол-бу тыастан ки?и куттанара диэн ??? дуо?» – диэн утары м?кк??эн тураллар. Кырдьа?астара буойан к?рб?ттэрин, утары, ?сс? ?р? барбыттар. Тэптэрээччи да баар ??? онно: «Чахчы, чахчы! Ол аайыттан ки?и куттана сылдьыа дуо?!»
М?кк??р т?м?гэр бу икки уол киирэн, ойуун у?уо?ун т??рт эркинин т??рт а?ыы тэлгэтэн кэби?эллэр. Ол оннук аа?ар.
Мин о?олору илдьэ ?р?с у?уор Мэгэдьэккэ оттуу сырыттахпына, «табаары?ы? ку?а?ан буолбут» диэн илдьит кэлбитэ. 1972 сыллаахха атырдьах ыйын 22-гэр бы?ыылаах этэ. 23-гэр та?аарбыппыт. Ол Н. Амакиннаа?ы эспэдииссийэ пилораматыгар, ити били??и быткомбинат дьиэтин та?ыгар, бэйэтигэр тиийинэн, ыйанан ?лб?т этэ. Оттон Н. бала?ан ыйыгар эргэ буойуна дьиэтигэр оскуома?а ыйанан ?лб?тэ. Иккиэннэрэ биир ый и?игэр буолта.
Дьэ, с?рдээх дьыала этэ. Ол Н. мин бииргэ ??скээбит уолум этэ. Туох да на?аа а?ыйбытым. Итинник дьаабыламмата?а буоллар, билигин да сылдьыа этэ. Муннугар тумуу да киирбэт этэ. А?ата сэриигэ баран ?лб?тэ. Со?отох уол этэ. Токостор. Б?т?н а?а уу?а э?иннэ. Ити уолунан. Дьэ, б?тт?лэр. Биирдэ сыы?а туттууттан».
Николай Николаевич кэпсээнин тылыттан тылыгар т??эрэн, са?арыытын уратытын кытта уларыппакка, суруйбутум. Ону, бэчээккэ бэлэмниирбэр, дуона суо?у кылгаттым эрэ.
Историк-учуутал кэпсээнэ – ???йээн буолбатах, адьас соторутаа??ы кэм?э дьи? олоххо буолбут т?бэлтэлэр. Онон кэпсээн ыйаа?ыннаах. Ки?и кинини к?дээринэ истэн кэби?иэн сатаммат.
Багдарыын С?лбэ
Бэриэтчит
Мин о?о эрдэхпинэ а?ам би?икки Сэмэннээх диэн ыалы кытта дьукаахта?ан олорбуппут. Биир киэ?э ????йэ?ин хаалан баран, абаа?ыны кэпсэттилэр. А?ам с?рдээх холку, б?тэй эттээх, тугу да билбэт ки?и этэ. «Абаа?ы диэн суох. Сымыйа. Араас ?т?хт?р?нэн, иччилээх аатырбыт сирдэринэн талбыппынан хонон-?р??н сырыттым а?ай да, тугуу да билбэппин. Дь?р?, ки?и уорбалыыр тыа?ын да истибэппин. Мин бурдук харабыллыыр сирбэр Былатыанап диэн хомсомуолу та?ааран к?мп?ттэрэ. Ол ки?и сотору ??р буолбут сура?а аар-саарга аатырбыта. Кэлин табыллыбакка, иккистээн хостообуттар диэн баара. Оо, ки?и у?уо?ун кытта кэккэлэ?э к???н? бы?а т??н аайы хонорум. Бэл, онно туох да биллибэтэ?э. Ба?ар, хара?ата бэрт буолан аттыбынан аа?арын к?рб?т?м эбитэ дуу?» – диэн к?лэн ылара.
Оттон суотчут Сэмэн олох утарара: «Туох эрэ баарынан баар. Мин, ??рэхпин б?тэрээт, хоту баран ?лэлии сылдьыбытым уонна куттанан бы?ыылаа?а, сотору дойдубар т?нн?б?т?м. Олох эппинэн-хааммынан билбит т?бэлтэм онно буолта. Кыра холкуос кэнсэлээрийэ дьиэтигэр ч?мэчинэн ?лэлии олордум. Бэрэссэдээтэллиин иккиэ этибит да, ки?им ыалдьар буолан, икки сыар?алаах атынан оройуон киинигэр балыы?а?а барбыта. Кэнсэлээрийэбит икки дьиэ силбэ?э турарыттан т?гэх ?тт?. Киирэр ?тт? то? турар. Арай, ол олордохпуна, та?ырдьа сыар?алаах аттар хоочугура?ан кэлэн, дьиэ ааныгар тохтоотулар. Сотору тугу эрэ сы?а?астаан киллэрэн, то? дьиэ?э турбут остуол ?рд?гэр уурарга дылы гыннылар.
Онтон барыта уу чуумпу буолан хаалла. Мин хайдах эрэ сээбэ?нээн, та?нан, ч?мэчибин туппутунан тас дьиэ?э тахсыбытым – туох да суох. Та?ырдьа бааллара буолаарай диэх курдук санаан тахсыбытым – эмиэ туох да суох. Арай ыраах ыаллар уоттара кылахачы?аллар. Мин туох да бокуойа суох дьиэм диэки т???нэн кэбистим. Син барбахтыы т??эн баран кэннибин хайы?ан к?рб?т?м, кэнсэлээрийэм т?нн?ктэрэ сандааран олороллор. ?сс? дьон к?л?гэ элэгэлдьи?эргэ дылы. Мин саараан турдум. Ол туран к?рд?хп?нэ, биир килэйээ?ки бэргэ?э ч?мэчи уотугар килэбэчис гынан ааста. Мин олох холкубар т??эн, дьон кэлбит диэн т?тт?р? тэбинним. То? дьиэнэн л???ргэйдээн киирэн, кэнсэлээрийэ аанын а?а баттаабытым – хабыыс-хара?а, туох да суох. Икки хара?а иччитэх дьиэ икки ардыгар буола т?сп?т ки?и туох да а?ара куттанан, со?уйан, сарылаатым бы?ыылаах, туох эрэ ку?а?ан ба?айытык «хаах» дииргэ дылы гынна да, биирдэ ?йд?мм?т?м суолу ортолоон, дьиэбэр с??рэн и?эр эбиппин. Онтон с?рэ?им баара-суо?а биллибэт курдук тэбиэлээн, с??????м нэ?иилэ уйан дьиэбэр дь???н-бодо б??? буолан киирэн, дьоммун куттаатым. Ийэм уокка арыы кута-кута ал?аан, кэргэним дэлби к?р?н-истэн, сарсыарданан син утуйан ыллым. Ки?и батта?а турар дииллэрэ кырдьыгын онно билбитим.
Сарсыныгар хойутаан, т?б?б?н баанан кэнсэлээрийэ?э тиийэн ?лэлии олордум. Остуорас о?онньор кэлэн о?ох оттубут да, дьиэ и?э тыбыс-тымныы. Оччолорго ?лэ?э тахсыбат диэн улахан аньыы этэ, онон эрэ ?лэлээбитэ буола олордохпуна, о?онньор киирэн ааны саппакка барбыккын, б?г?н хойутааты?, т?б?? баайыылаах, а?ыыр о?о бы?ыылааххын диэх курдук са?артаата. Ол и?ин барытын кэпсээн биэрдим. О?онньорум улаханнык со?уйда, киэ?э о?о?у сабан баран, иккиэн тэ??э дьиэбитигэр барарга с?бэлэстибит. Киэ?э хара?а буолбутугар ч?мэчинэн олордохпутуна, т?нн?кп?т аннынан сыар?алаах аттар тыастара хаарга хоочугура?ан кэллилэр. Мин о?онньорбун к?р? т?сп?т?м, мин диэки ку?а?ан ба?айытык к?р?н баран олорор эбит. Куттаныах курдук буоллубут. Сотору ??т-?кч? бэ?э?ээ??и курдук тыа?аан-уу?аан, тас дьиэ?э турар остуолга тугу эрэ уурдулар. Онтон утуу-субуу ?с ки?и киирэн кэллэ. Кырыа-хоруо б??? буолтар. Билэр дьоммут киирэн кээлтэрин к?р?н, хайа му?ун, би?иги дьэ холкутаатыбыт. Бэрэссэдээтэлбит балыы?а?а киирэн биир эрэ хонон хаалбыт, ону ?л?г?н а?алан ити остуол ?рд?гэр уурбуттар».
Итини истэн баран а?ам «бокуонньук бэриэтчиттээх ки?и эбит» диэн бы?аарда. Оттон мин билигин саныыбын. Ити дьону кытта чахчы буолар т?бэлтэлэр то?о билигин буолбаттарый? Бэриэтчиттээх дьон т?р??б?т буоллулар дуу? Эбэтэр бэйэбит хайдах эрэ уларыйан, тугу да билбэт буолан хааллыбыт дуу?
«Ыйтан т?сп?т»
Иччитэх ?т?хх?
Биир киэ?э би?иги, республикатаа?ы балыы?а хирургия отделениетын ыары?ахтара, балыы?а оронун иччилээччилэрэ, хайдах эрэ ис-испититтэн кэри-куру буоллубут. «Нохолоор, мээнэ сытыахтаа?ар урут а?ам бокуонньук барахсан миэхэ кэпсээбит, тус бэйэтэ т?бэ?э сылдьыбыт т?бэлтэтиттэн сэ?эргээтэхпинэ истиэ этигит дуо?» – аттыбар кэккэлэ?э сытар палаатабыт саамай кырдьа?а?а, 78-с хаарын санныгар т??эрбит С??дэр о?онньорбут ыйытта.
Хайа саха ки?итэ сэ?эни сэргээбэтэ?э баарай? Би?иги «кэпсээ» дэ?истибит.
– Мин а?ам Уйбаан б?д??-сада?, бэйэтин кыанар ки?и этэ, – диэн сэ?энин оргууй а?ай сыыйан са?алаан барда. – Кини биирдэ булдугар ?л???йэн хара?а?а былдьаппыт. Инньэ гынан чугастаа?ы ?т?хх? хонорго бы?аарыммыт. ?т???р тиийэн кэлбит. Им балай хара?а?а илиитин иминэн харбыала?ан, бигээн, а?ыйах ма?ы булан киллэрэн, к?м?л??к о?о?у тигинэччи оттон кэбиспит. ?л?рб?т ку?уттан ?ргээн, илдьэ сылдьар биэдэрэтигэр уу ба?ан, к????н о?о?ун чанчыгар оргута уурбут. ?р-?т?р буолбатах, к???э оргуйан будулуйан тахсыбыт. А?ам тото-хана а?аан, кэтэ сылдьар сонун у?улан кэтэ?ириин оро??о тэллэх о?остон тэлгээбит, сылайбыт-элэйбит ки?и бы?ыытынан сытынан кэбиспит. Умайа турар к?м?л??к о?о?о бала?ан и?ин сыдьаайан сырдатара ???. А?ам бу сытан нухарыйан киирэн барбыт. Ол сытта?ына, сирэйин биллэр-биллибэттик салгын имэрийэн ылбыт уонна:
– Тур, киэр буол! – диэн са?а и?иллибит. Онуоха а?ам у?уктан кэлбитэ, ким да суох ???. Бала?ан и?э, и?ийбит курдук, уу чуумпу. К?м?л??к уота уостубут. Им балай хара?а сабардаабыт. А?ам туруон ыарыр?ыы сыппыт. И?иллиириттэн туох да ту?а тахсыбытах, сотору со?ус буолан баран эмиэ минньигэс уутугар би?иктэнэн утуйан барбыт. Арай:
– Киэр буол! Ку?а?ан буолуо! – диэн бардьыгыныыр са?аттан у?уктубут. Тула ?тт?н эргим-ургум к?р?тэлээбит да, туох да суохха дылы. Арай ку?а?ан ба?айы сыт саба биэрбит. Мин а?ам ?с???нэн аатырбыт ки?и буолаахтаата?а, тахсыбаттыы санаммыт. «Хайабыт буолар» диэн и?игэр ботугуруу сыппыт. Ол сытта?ына, туох эрэ кэлэн а?абын тэлгэммит сонун кытта суулуу туппут да, та?ырдьа кыыратан кэбиспит. Онуоха а?ам (оччотоо?у кэм?э то? ма?ы тосту тардар, то?мут буору тобулу ?кт??р к??гэйэр к?н?гэр сылдьар эр бэрдэ эбитэ ???):
– Син биир киирэммин хонон баран барыам, – диэн баргыытаабыт да, киирэн оннугар сытынан кэбиспит. ?р-?т?р буолбатах, икки?ин та?ырдьа быра?ыллыбыт. ?с???-?с??? киирэн, эмиэ сытынан кэбиспит. Били ба?айы та?а?ас о?остубакка, кумаа?ыны кыыратар курдук, бэрт чэпчэкитик ылан та?ырдьаны булларбыт.
– Ити буолла?ына, миэхэ да?аны кыра баардаах о?отобун! – диэт, а?ам хаана-сиинэ хойдон ха?ыытаан то?о барбыт. Тымырдара к??рб?т, и?иирдэрэ чи?ээбит уонна эмиэ киирэн хат сытынан кэбиспит, кэтэспит. Били к?т?р кэлэн са?ардыы харбыалаан ылан та?ырдьа э?ээри гынан эрдэ?инэ, а?ам туту?ан киирэн барбыт. Ку?а?ан ба?айы сыт саба биэрбит да, а?ам хотуолаан ы?ылыннарбыт. Ол да буоллар, т??? да сиргэннэр, сииктээх, ньал?архай т??лээх ба?айыны харбаан ылбыт. Онон-манан туох т?бэ?иэ?инэн бырахсыбыттар, ол курдук охсуспутунан халлааны сырдаппыттар. Ол т?бэлтэ кэнниттэн а?ам улаханнык ыалдьа сылдьыбыта ???, – диэн С??дэр о?онньор кэпсээнин т?м?ктээтэ.
Чойбалсан Гоголев
Нам
Утуппатах
Арай биирдэ Мэ?э Ха?алас улуу?угар маннык т?бэлтэ буолбуттаах. Мин кыра сырыттахпына, саа?ым, араа?а, алта-сэттэ буолуо. Былыргы сыбахтаах бала?ан дьиэ?э к?м?л??к о?ох имик-самык умайа турара. Би?иги биир дьиэ кэргэн: сорохтор ороннорун о?остон утуйбут этилэр, сорохтор утуйаары т?тт?р?-таары хаамса сылдьыбыттара. Та?ырдьа к???н этэ. Тыйы?ырбыт хара?а былыттаах т??н буолаары турара. Би?иги ?с ыал дьукаахта?ан, эн-мин дэси?эн, ыал сиэринэн эйэ-дэмнээхтик, син буруо та?аарынан, ?ч?гэй ба?айытык олорбуппут.
Эмискэ ыалбыт ийэтэ эмээхсин ытыы-ытыы киирэн кэллэ. Мин э?эбин кытта хоонньо?он утуйа сытар этим. Эмээхсин б?т?-б?т? э?эбиттэн к?рд?ст?: «Мэхээчэ, тымтыкта элбэхтик а?ал эрэ уонна би?иэхэ тахсыс. Манна кэпсээбэппин, о?олор куттаныахтара. Та?ын, барыах», – диэн. Онно к?рд?хп?нэ, эмээхсин улаханнык уолуйбут, куттаммыт к?р??нээ?э. «Тоойуом, билигин киириэм, утуй», – диэн баран э?эм икки с?гэ кыбыныылаах эмээхсини кытта тахсыста. Улахан дьоммут тугу эрэ ботур-ботур кэпсэтэллэр. Мин о?о ки?и утуйан хантайан хааллым.
Сарсыарда турбутум – дьиэм дьоно т??н? бы?а куттанан утуйбатахтар. Онтон кэлин истибитим, маннык бы?ылаан буолбут. Ити сэрии кэмэ, сут дьыллар этилэр. Онон эр ки?и диэн ыалга сэдэх, биир эмэ о?онньор уонна о?олор этилэр.
Ыалбыт эмээхсин биир обургу уолунаан уокка оттор мас к?рд?? чугас эргин куо?ахтары кэрийбиттэр. Уола оскуола?а ??рэнэ сылдьан ?р?б?лгэ дьиэтигэр кэлбитин, ийэтэ эмээхсин уолун к?м? о?остоору мас булунар санаалаах барбыт. Аччык о?о уонна к?н?ск? ?лэттэн сылайан нэ?иилэ сылдьар эмээхсин ханна ыраатыахтара баарай? Олорор дьиэлэрин ар?аа ?тт?гэр ыраа?ыйа баарыгар былыргы ?т?хт?р оннуларыгар а?ыйах ба?ана ордон хаалбытын та?ыгар, кыра о?хой сиргэ, мас сытар эбит. Ону би?иги дьоммут улаханнык к?р?, толкуйдуу барбакка эрбээн киирэн баартар. Уол к?рд???нэ, бэрэбинэтэ соро?ор мутуктанан кэлэр ???. Ийэтэ тугу да?аны уорбалаабатах. Онон бэрэбинэни б?т?нн?? эрбээн кэбиспиттэр.
Дьэ, до?оор, киэ?э хара?а буолаатын кытта, хантан да кэлэрэ биллибэт ким эрэ о?ох кэнниттэн дьиэ и?игэр баар малларынан дьону быра?аттыыр. Ону к?рд??р? мин э?эбиттэн тымтык к?рд??б?ттэр уонна до?ор о?остоору бэйэтин ы?ырбыттар. К?рд??ллэр-к?рд??ллэр – ким да суох, тугу да?аны булбаттар. К?рд??чч?лэр о?ох кэнниттэн та?ыстахтарын аайы, били маа?ын быра?ыллыбыт маллара, и?иттэрэ икки?ин к??рэйтэлиир. Онтон ыксаан кыптыыйдарын, бы?ахтарын, биилкэлэрин, ньуоскаларын дьаа?ыкка хатыыллар да, син биир о?ох кэнниттэн били биилкэлэр, бы?ахтар, ньуоскалар хат кыырайан кэлэ тураллар. Оттон мин э?эм, до?ор буола тахсыбыт ки?илэрэ, икки с?гэтин икки ?тт?гэр уктан баран, сылайан, дьиэ ортотугар муоста?а сытынан кэби?эр уонна маннык диэн са?алаах ???: «Ол-бу буолума? эрэ, бараммын с?гэнэн кэрдиэм». Ону истиэхтэрэ баара дуо? Син биир бырахпыттарын кубулуппатахтар. Арай били мас эрбээн а?албыт эмээхсин улахан кыы?ын таппыттар, уоннаа?ы дьону сыы?а-халты быра?аллар ???.
Онтон ыксаан, т??н ый быы?а хара?а?а дьиэлээх ыаллар бары о?олордуун би?иги бала?аммыт хоту ?тт?гэр холкуос техникатын уурар улахан ба?айы сарайга ат сэбин уурар ?ч?гэй ба?айы муосталаах хос баарыгар туох баар утуйар та?астарын илдьэ баран, утуйардыы о?остубуттар. Сыппыттарын кэннэ, арай эмискэ бурдук астыыр массыыналарынан, саппаас чаастарынан быра?аттыыллар. Кыра о?олор куттанан ?й-мэйдээх тулуйбат айдаанын тардаллар. Улахан дьон о?олорун илдьэ сылгылары тутар сэнэх, улахан ба?айы ампаар к?ннь????нэ баарыгар баран дьэ уоскуйан, о?остон ?ч?гэйдик утуйаллар. Ити, араа?а, халлаан сырдыыта буолуо.
Сарсыарда туран истибиппит, били таптарбыт кыыстара эмискэ т?б?т?нэн ыалдьан, иирэн хаалбыт. Кыы?ы иччитэх ампаар дьиэ баарыгар илдьэн хаайан кэбиспиттэр. Кыыс эрэйдээх иирэн, дьиэ истиэнэтин устун хаама сылдьар ???. Ону о?о-уруу т?нн?г?нэн уоран к?р?р эбит. Дьиктиргээн кэпсэтии-ипсэтии б??? буолаллар. Кыыс улахан быраата, били бэрэбинэни эрбэспит уол, ас илдьэн биэрдэ?инэ, ?л?р? сы?ан та?аарар, оттон кыра быраатыгар кы?аммат ???.
Ба?ар, улахан ?р??? туораата?ына ?т??р?? диэннэр, кыы?ы кэлгийэн баран куоракка (Дьокуускайга) илдьэллэр уонна иирээки бараа?ар туттараллар. Ол кыыстара онтон дьиэтигэр эргиллибэтэ?э. Араа?а, ?лл???. Бы?ылаан мин алталаах эрдэхпинэ дьи?-чахчы буолбут т?бэлтэ. Билигин сылыктаатахха, ол эрбээбит бэрэбинэлэрэ, араа?а, ойуун сэргэтэ буолуо. Дьэ онон кэрэх мастар уонна ойуун сэргэлэрэ абаа?ылаах буоллахтара, э?иги туох дии саныыгыт?
Петр Попов
Дьукаах
Бу чахчы буола сылдьыбыт суолу суруйан хаалларарга бэрт ?р толкуйдаан бы?аарынным. Итэ?эйиэхтэрэ суо?а, к?л??-элэк о?остуохтара диэн кистии сылдьан баран, кырдьар сааспар ыары?ах буолан баран, ыйаа?ы??а ууран ыара?натан, санаа?а холбоон халба?натан к?рд?хп?нэ, буолбут чахчыны суруйарга туох да ку?а?ан баар буолуо суохтаах. Т?тт?р?т?н, суруйбатахпына, санаабар ыар баттык буолуох курдук диэн т?м?ккэ кэллим. Айыл?а араас кистэлэ?нэрэ арылла турдахтарына, ба?ар, би?иги т?бэспит т?бэлтэбит кэмниэ кэнэ?эс бы?аарыллан хаалыан с?п. Ол и?ин туох буолбутун эппэккэ-саппакка суруйдахпына, кэнэ?эс ту?алаах буолуон с?п курдук ?йд??т?м.
Ситэтэ суох орто оскуола оччолорго Тойбохойго эрэ баара. Бэ?ис-сэттис кылаастарга о?олор ыраах нэ?илиэктэн ?й??лээх кэлэн олорон ??рэнэллэрэ. Оччолорго Тойбохойго ыал а?ыйах этэ, онон биир ыалга элбэх буолан мустан хааларбыт, ордук к???н ??рэх а?ылларын са?ана. 1936 сыл к???н Д?лээйэ?э Огдооччуйа диэн тулаайах огдообо эмээхси??э уон биэс буолан олорбуппут. Кини дьиэтэ оскуолаттан биэрэстэ кэри?нээх харыйа ойуур са?атыгар турара. Сахалыы, хо?о суох, т??рт кыара?ас т?нн?ктээх, а?а?ас мас сарайа ?р туран хараара сатаан баран, муох ??нэн к???рб?т, сиргэ киирбит курдук дьиэ этэ. Ха?ас диэкинэн ааннаа?а. Онон та?ыстахха, туруорбах дьиэ?э киирэ?ин.
Мустубут о?олор киэ?э лыык курдук симсэ сытан араа?ы кэпсэтэн тахсарбыт. Кэпсэтии мэлдьи абаа?ы ту?унан буолара. Араас нэ?илиэктэртэн мустубут буоламмыт, куотала?а-куотала?а ханна, хайдах с?рдээх абаа?ы баарын ?л?ннэрэн, эбэн-сабан, суо?у баар гынан кэпсэтэрбит, онон ки?иргэнэр курдук этибит.
Биирдэ итинник кэпсэтэ сыттахпытына, дьиэбит и?э эмискэ сырдаан к?л?м гынна. Бары ойон туран т?нн?г?нэн к?рб?пп?т, улахан мээчик са?а уот Быара?астыыр суолунан кыымынан ы?ыллан, т?к?н?йэн харыйа ойуурга киирэн с?ттэ. Тиэрэ к?р??! Бары тыыммат буолан ыллыбыт. «К?рд?г?т дуо?» – диэн токкооло?уу. «т?к?н?к, к??хт???», – диэн сорохтор чуолкайдаатылар. «Олус абаа?ыны кэпсэтэр сэттээх бы?ыылаах, аны тохтотуо?у?», – диэн арыый улахаммыт Миитэрэй бы?аарда. Ити уот туох буоларын кыайан бы?аарбакка, ону-маны этэн к?р?-к?р? муннукка анньыллан тохтообуппут. Оччотоо?у о?о т?к?н?йэр ча?ыл?ан ту?унан хантан билиэ?эй? Кэтэспиппит, уот кэлин кэлбэтэ?э.
Кумаа?ы уурар долбуур о?осторго хапта?ын наада буолбута. Иккиэ буолан тутулла турар этээстээх оскуола аттыттан ло?уруой хапта?ын сыы?ын а?ала барбыппыт. Бу киэ?э хара?а буолуон а?ай иннинэ этэ. Кыбынан кэлэн и?эн а?ыйах мастаах тумулга тохтообуппут. Табаары?ым тохтуу т??ээт: «Чэ, барыахха», – диэн тиэтэттэ. Сирэйэ-хара?а ?р? туран хаалбыт. Мин ки?им куттаммыт дуу, ыалдьыбыт дуу дии санаатым. Кини хаамыытын нэ?иилэ ситэбин. Дьиэбит аттыгар а?алан ат баайар т?рд?гэр уурабыт. Сергей и?иллээтэ: «Ылдьаа, и?ит эрэ, тыас баар, ол к??л диэки, харыйа?а», – диэтэ. Мин и?иллээтим. Кылыр-кылыр гынар кэрэ тыас и?иллэр эбит. Чуорааны бы?а?ынан охсорго маарынныыр. Ки?и куттанара суох дии санаатым. Уолум чугас кэлэн сибигинэйдэ: «Ойуун кыырар тыа?а». Мин, дьэ, куттанным, куйахам к??рэргэ дылы гынна. Урут ойуун кыырарын к?рб?т?х буолан лы?кынас тыа?ы эмиэ да итэ?эйбэтим. Сергей о?олорго киирэн сибис гынна бы?ыылаах, бука бары сырсан тахсан и?иттилэр, ойуун та?а?ын тыа?а диэн тойонноотулар. Бу киэ?э тыала суох уу чуумпу этэ. Ити тыас Тойбохой Бэрэтин диэки Таалалаахтыыр суолга ?тэн киирбит харыйа ойуур диэки и?иллэрэ. Тыа?ыы хаалбыта, истэ сатаан баран киирбиппит. Би?иги оччотоо?у му?утах ?йб?т итиннэ ойуун к?м?ллэ сытта?а диэн санааттан ырааппата?а.
Ый курдук симсэн олорон баран, ?г?с о?олор к?сп?ттэрэ. Ыалбытыгар т??рт уол, биир кыыс буолан хаалбыппыт. Оччотоо?у о?олор сиэрдэринэн а?ылыкпытын астанан, бэйэбитин к?р?нэн, ??рэнэн, к?н?-дьылы бараан испиппит.
Сергей би?икки Тойбохойтон отут килэмиэтир тэйиччи сытар Чуукаар диэн к??л у?уор-ма?аар ?тт?гэр олорорбут. Сергей Иванов орто у?уохтаах хаты?ыр, чинэччи со?ус тутта сылдьар, икки илин ???ээ??и тиистэрэ ?тэн тахсыбыт, хойуу хаастаах, кылдьыылаах киэ? харахтаах, улахан эминньэхтээх кулгаа?а туора тахса сылдьан сарайан к?ст?р, хара хааннаах, алтыска ??рэнэр уол этэ. Кини миигин, ыары?ах ки?ини, мэлдьи а?ына-харайа сылдьар буолара. К??сп?т?н бииргэ ?р?нэн, арыт сылаас буоллун диэн хоонньо?он утуйарбыт.