banner banner banner
Иччи. Сибиэн. Абааһы
Иччи. Сибиэн. Абааһы
Оценить:
Рейтинг: 0

Полная версия:

Иччи. Сибиэн. Абааһы

скачать книгу бесплатно


Улуу ?кт??п быраа?ынньыгар оччолорго ?р?б?л суох этэ. ?с к?н ?р?б?л т?бэспитинэн Сергейдиин дьиэбитигэр барбыппыт. Би?иги суунан-тараанан, тото-хана кэ?ии сиэн сынньаммыппыт. К?н? к?т?ппэккэ атынан а?алан биэрбиттэрэ. Кэлбиппит уолаттар а?аларын наадалаах туттар сэптэрин алдьаппыт о?о курдук уку-сакы тутта сылдьар этилэр. Оскуола басты? ??рэнээччитэ Тимофей, к??стээх, сымса уол Миитэрэй урукку курдук ??рэн-к?т?н, о?олору бэйэлэригэр биллибэт к????нэн т?мэ тардар к?р??нэрэ с?пп?т?н тута ?йд??б?пп?т. Сергейим: «Уолаттарбыт улаханнык иирсибиттэр бы?ыылаах, туохтан буолуой?» – диэн ыйыталаспыта. Киэ?э утуйуох иннинэ, т?рд??н хаалбыппыт кэннэ, дьэ кэпсээтилэр. «Э?иги суоххутуна дьиктигэ т?бэ?эн олоробут. Ки?и кэпсиэн да санаата буолбат», – диэтэ Миитэрэй. «Дьиэбит абаа?ыламмыт бы?ыылаах. Таах сибиэ манна олорон. Атын ыалга к???рг? сананан баран, куортаммын биэрбит буолан к?сп?т?м», – диэтэ Тимофей. Ыйытала?ан, ыа?ахта?ан билбиппит, дьыала маннык эбит.

Оскуола?а оонньуу оччолорго олус у?аабат этэ. Тимофейдаах Миитэрэй оонньуу б?тээтин кытта дьиэлэригэр кэлбиттэр, уот умаппыттар, оонньуу ту?унан кэпсэтэ-кэпсэтэ, саахыматтаабыттар (бэйэбит бы?а?ынан кы?ан о?орбут хаалаах саахыматтаах этибит). Оонньуу олорон балыйсан барбыттар. «Мэкчиргэ т?б?т?н курдук уларыта сылдьыма», – диэн Миитэрэй Тимофейы ыыстаабыт. Тимофей Мэкчиргэлэр а?а уустарын сыдьаана буоларын ки?и барыта билэр, онон кыы?ырыа дии санаабатах буолуохтаах диэн эппит Миитэрэй. Анараа??ыта «бандьыыт курдук балыйа олорума» диэн кэбиспит. Миитэрэй бу дойду биллэр бандьыытын т?р?пп?т уола буоларын бары билэрбит уонна онон сирэй-харах аспат буоларбыт. Уолаттар этиспиттэр, кыы?ырсыбыттар. Саахыматтарын остуол ?рд?гэр то?о садьыйан кэби?ээт, орон о?остон утуйаары сыппыттар. Са?а суох. Ол сыттахтарына, саахыматтара тыа?ыыр, дуоска ?рд?гэр сы?арыйардыы чи?-чи?ник охсуоланар. «Ол-бу буола сытыма, то?о тыа?ата?ын?» – диэн Тимофей дьа?ырыйбыт. «Кээс, до?ор, бэйэ? тыа?ата-тыа?ата, балыйа сытыма», – диэн хардарбыт биирдэрэ. Иккиэн бэйэ-бэйэлэрин балыйсан, буойсан баран син тохтообуттар. Тыастара эр ылбыттыы ?сс? улаханнык та?ыгыраабыт. Туран саахыматтарын фигуратын, биирин да хаалларбакка, хаатыгар уган, олуйан кэбиспиттэр. Салгыы утуйан эрдэхтэринэ, саахымат фигурата остуол устун ла?ыр?атан кэлбит-барбыт. Уолаттар куттанан илиилэриттэн туту?ан сыппыттар. Тыас уурайбатах, эбии сэтэрээбит. Дьиэлээх эмээхсин кыы?ынаан уонна Ксениялыын ха?ас быыс кэннигэр утуйа сыппыттар. Кинилэртэн атын ки?и суох, аан хатыылаах. Уолаттар ыксаабыттар. «Абаа?ы тыа?ыыр» диэн итэ?эйэн туран ы?ыырынньык уматан, та?ырдьа тахса сылдьыбыттар, уоту умаппытынан утуйан хаалбыттар.

Сарсыарда турбуттара – биир айдаан. У?ун ньолбо?ор сирэйдээх, силии курдук к?н? муруннаах, ??с курдугунан ???чч? к?рб?т кыара?ас харахтаах, т?б?т?н тартара сылдьар, у?ун тарбахтарын соло буоллар эрэ тайма?алатан хамсатар, дьахтар курдук у?ун ?р?н?ллэр батта?а суох буолан, куруук бэргэ?элээх сылдьар у?ун быакагар эмээхсин туран уолаттары са?артаан барбыт:

– Т??н? бы?а мэниктии-мэниктии, с?г?н утуйбакка тилигирэ?э?ит, кыра?ыыны умаппыккыт, – диэн иэдэппит. Уолаттар бы?аара сатаабыттарын истибэт, ?йд??б?т ???. Быйыл хомсомуолга киирбит, би?игиттэн биир кылаас ???э ??рэнэр Нааста Д?лээйэбэ тугу да са?арбатах. У?ун синньигэс, т??к?чч? тутта сылдьар, у?ун хара су?уохтаах, киэ? тиэрбэс курдук харахтаах, ???ээ уонна аллараа уостара сортойо сылдьарыттан кыбыстан, са?арда?ына ?г?ст?к уо?ун илиитинэн саба туттар идэлээх кыыс уолаттары к?м?скэспэккэ, ууну омурдубут курдук олорбут. Ити ту?унан истээт, Сергей би?икки олус куттанныбыт да, сэргээтибит да диэххэ с?п этэ. Акаары санаабытыгар дьиэбитигэр баран хаалан, хаарыантан маппыт курдук сананныбыт.

Ый курдук ити т?бэлтэни умнан, ??рэнэ сылдьыбыппыт. Биир киэ?э утуйан и?эн у?уктубутум, киирэр аан диэкиттэн тимир тыа?а та?ыгыратан дьиэ эркинин устун у?а диэкинэн с??рэн кэллэ. Суор?аммын б?р?мм?пп?н билбэккэ хааллым. Олус итииргээтим, и?им ?ллэн хаалла, тыыным хаайтарда. Аан бастаан билбитим: ки?и олус к??скэ куттанна?ына, и?э ?ллэрин, онтон тыына хаайтарарын. Оннук куттанарга т?р??т баара: тыа?ы и?иттэххэ, утуйа сытар ки?ини у?угуннарбат, абаа?ыны кытта со?ото?ун да бодьууста?ар ту?унан кытаанах бы?аарыыны ылыммыппыт. Мин со?ото?ун у?укта?ас бы?ыылаахпын, атыттар утуйа сыттахтара диэн эбии ыксаатым. Тыаспыт тохтообот, кылыргыыр.

Эмискэ Миитэрэй Соколов олоро биэрэн «били ба?айы кэллэ бы?ыылаах» диэбитигэр, ??рб?пп?н эриэхсит. Суор?аммын а?ан, тыын ылан, ?йб?н-т?йб?н булуннум. Ону баара биир да ки?и утуйбатах, т?рд??н у?укта?аспыт. «Туох тыа?ыырый?» диэн ону-маны толкуйдуу сатаан баран са?ата суох сыттахпытына, арыт тимир аалсан кычыгырыыр, арыт ма?ынан то?суйар курдук ло?угуруур. Орон аннынан кэлитэлээн эргийэр, онтон дьиэ ?рд?нэн муннуктан муннукка с??рэр. Т?рд??н илии илииттэн туту?ан турдубут. К?м?л??к о?ох хармааныгар ууруллубут ы?ыырынньыгы уонна испиискэни ылан уот уматынныбыт, та?нан та?ырдьа тахса сырыттыбыт. Бу сырыыга тыас икки к?н субурутан кэлбитэ. Т??рт харахтаах хара ыппыт та?ырдьа сылдьарын ы?ырбыппыт, урут дьиэ?э тала?ан киирэр бэйэтэ, туттарбакка куота сырытта.

Хонуктар аа?ан испиттэрэ. Этээстээх оскуола тутуутугар ?лэлиир Андрей Алексеев би?игини кытта олорор буолбута. Са?а дьыл чуга?аабыта. Каникул са?аланан, дьиэбитигэр барарбыт бу кэлэн, олус ??рэ сылдьарбыт, к???тэрбит. «Дьэ, абаа?ы, бу киэ?э кэлэр инигин, би?иги сарсын дьиэбитигэр барабыт», – диэн к?м?л??к о?ох иннигэр туран са?аран чап гыннарбыппын бэйэм да ?йд??б?кк? хааллым. Тимофей уонна Сергей миигин м?хт?лэр: «Туох буолан оруо ма?ы ортотунан са?ара?ын, эйигин со?отохтуу булара буолуо», – диэбиттэриттэн олус кэмсиммитим и?ин хайыамый, этиллибит тыл т?тт?р? хомуллубат. Арай са?абын истибэтэр ханнык дии санаатым.

Бу киэ?э, били мин сэтэрээбиппиттэн буолуо, биир айдааннаах киэ?эни аастыбыт. Утуйан эрдэхпинэ пуус гынар сыыгынас тыас аантан у?а остуол диэки халбарыйда. Сотору буолаат, ку?а?ан ба?айы сыт саба биэрдэ. «Ким утуруктаата?» – Миитэрэй улаханнык ыйытта. Улахан ки?и Андрей бэйэтигэр ылынан, кыы?ыран туран кэллэ уонна у?а орон устун та?а?ын сы?арытан утуйда.

Кыы?ырса сы?ан тохтообут кэннэ тытыгыратар, кылыгыратар тыас дьиэ эркиниттэн ???ээнэн-аллараанан с??рэкэлии сырытта. Тыас о?ох кэннигэр т??эр, эмиэ орон аннынан айанныыр, ???э кыйа с??рэр. «Айа! Андрей ки?и суор?анын то?о саралыыгын?» – Миитэрэй ?р? хабылла т?стэ. «Иирди? дуу, эн суор?а??ын тыыппаппын», – тэйиччи сытар ки?и хардарда. Онтон Миитэрэй курун тыа?а сыыбыр?аан и?илиннэ. «Тугу охсо?ун?» диэн ыйыттыбыт. «Суор?аммын тардыалыырын и?ин охсобун да, табыллыбат бы?ыылаах». Миитэрэй со?ото?ун охсу?ан тахсыбыта, би?иги истэ сыппыппыт. Тыас-уус тохтообот этэ. Урукку курдук туран уот уматан, та?ырдьа сылдьан баран утуйбуппут. Эмээхсин а?ынар кыра?ыына ха?ан умулларын, ким умуруорарын билбэт этим, туо?уласпат да этим. Ити курдук утуйан тураат, ??рэнээт, у?ун ?р?б?лгэ дьиэбитигэр тар?аспыппыт.

Дойдубутугар тиийэн, о?олор бы?ыыларынан, туох буолбутун кэпсээн к?ппээрдии буолбута. Сотору сир-дойду туолбута. Д?лээйэптэри дьукаах булбут диэн сурах тар?аммыта.

?р?б?л б?тэн барбыта. Би?иги дьоммут ыалбытын уларыппатахтара. Би?иги да уларыты? диэбэтэхпит. Кини кэлбэт бириэмэтигэр дьиэбитигэр олус тэ?ийэр этибит. Сергейдиин тиийэн кэлбиппит, уолаттарбыт суох этилэр. Иккиэйэх буолар кутталламмыппыт, ол баар этэ, ынырык дьыала. Бэйэбит ыал булан кэпсэтэр кыа?а суох этибит. Сарсыныгар Тимофей тиийэн кэлбитэ. Кини: «Мин ханна да барбаппын, хата, э?иги баар эбиккит», – диэн ??рб?тэ. Соколов балтынаан атын ыалга к?сп?тэ. Би?иги ?с уол, биир эмээхсин, биир кыыс буоламмыт бу киэ? дьиэ?э хаалбыппыт. Эмээхсиннээх кыыс ха?ас диэки утуйаллара, онно а?ыыллара. ?кс?гэр ха?ас диэки сылдьаллара. Дьиэ у?а ?тт?н би?иги, уолаттар, ?с буолан бас билэрбит. Дьиэбититтэн о?остон кэлбиппит, испиискэ ылбыппыт, ч?мэчи то?о?отун хомуйбуппут. Сергейбит у?а илиитин тойон эрбэ?эр ку?а?ан кутургуйа тахсан буорайа сылдьар кэмэ этэ.

Тохсунньуга уочараттаах кэлиитэ са?аламмыта. Би?иги оннубутун уларытан сыппыппыт. Мин Сергейдиин биллэрик оро??о хоонньо?он, Тимофей у?а оро??о би?игини кытта баста?ан сыппыта. Ыппыт та?ырдьа сылдьан, оскуола диэкиттэн би?иги суолбутун ?рэн боройо-боройо, дьиэ ааныгар кэлэн с?пп?тэ. Киирэр аан диэкиттэн эмиэ урукку курдук кылыгырыыр тыас ???ээнэн-аллараанан айаннаата. Уратыта диэн тыас муннуктан муннукка с??рэрэ. О?ох кэннигэр баран тыа?ыыра, дьиэ ортотугар кэлэн толугуруура. Били ха?ааммыт испиискэбитин Сергей уматаары гыммыта, ма?найгы сиэрэттэн хаа б?т?нн?? умайан барылаабыта. Ол кини илиитэ ыалдьар буолан кыайан саппата?ыттан тахсыбытын ?йд??б?пп?т.

Ити тыа?ыы сылдьан аны би?иги ороммутун ???э та?ааран баран быра?ар идэлэннэ. Уолаттарым: «Т??? ???э та?аарар эбит, кэмнээ», – диэтилэр. Мин ула?а сытар ки?и илиибин истиэнэ?э сы?ыары тутан ???э тахсы?абын. Кэмнээбитим, биир бэрэбинэттэн ордук ???э к?т???р эбит. К?т?хт???н аайы уларыйбат. Ити курдук икки киэ?э Сергей би?иккини д?л?? а?аарыттан хайытан о?о?уллубут ыарахан биллэрик орону кытта к?т???л??б?тэ. Биирдэ-иккитэ Тимофей суор?анын былдьа?а сылдьыбыта. Тулуйа сатаан баран, Сергей иккис к?н?гэр мас хайытар с?гэни оронун анныгар уктубута. ?р? к?т???л??н барбытыгар «Миигин сиэри сирэйдэнни? дуо?» дии-дии, хара?а?а дьиэ ортотугар ыстанан кэлэн, ха?ас илиитигэр с?гэлээх тэлэкэчийбитэ. У?а илиитигэр кутургуйалаа?а, уонна абаа?ыны ха?ас илии тас ?тт?нэн охсуллар ??? диэн быраабыланы бары билэрбит. Би?иги туох буолар эбит диэн сыттыбыт. Сергей оронугар кэлэн сытта. Тыас-уус эбии к????рдэ. К?т???-к?т??? быра?ара ?ксээтэ. Сергей с?гэтин суол ааныгар илдьэн уурда. ?с буолан тутуспутунан та?ырдьа тахсан киирэн ы?ыырынньыкпытын уматтыбыт. Иккис к?н?гэр, эрдэттэн кэлэрин билэр буолан, ыты дьиэ?э хоннорбуппут, утуйан тахсыбыта. ?л?гэрдээх тыаска у?уктубат, хата, т??ээн ?рдэ?э буолан мух-мах са?арарын абаа?ы к?р?н та?ааран кэбиспиппит. Ити бириэмэ?э кэтээн к?р?н бы?аарбыппыт: абаа?ы уоттан куттанар курдук гынар, ы?ыырынньыгы уматтахха тыас-уус тохтуур. Уонна абаа?ы би?иэхэ биэрэр «сеанса» уон икки чаас диэки уурайара. Ол и?ин буолуо, сарсыарда уубутун ханан, куттаммыппыт аа?ан, ??рэнэ барар буоларбыт. Ку?а?ана суох ??рэнэрбит. Сергей би?икки орто этибит, оттон Тимофей Тимофеев оскуола басты? ??рэнээччитэ, холобурга сылдьар о?о этэ.

Учууталлартан абаа?ыны итэ?эйэн, тылы тар?аталлар диэн улахан сэмэни ылбыппыт. Ордук ?ч?гэй ??рэнээччи Тимофей кы?арыллыбыт этэ. Ол и?ин аны туохха да т?бэспиппит и?ин кимиэхэ да кэпсиэ суох буолан с?бэлэспиппит.

Хонугунан аа?ан абаа?ыбыт ха?ан кэлиэн бы?а холоон таайар буолбуппут. Бу бириэмэ?э ?с уол оло?ор биир ку?а?ан уларыйыы тахсыбыта. Уолаттарым киэ?э оскуола?а барбыттара, мин лэппиэскэ о?осто хаалбытым. Дьиктитэ баар, бу дьиэбитигэр олус тэ?ийэр этибит, куттана сылдьыбаппыт, кэллэ?инэ эрэ ыксыыбыт. Киэ?э уолаттарым тиийэн кэллилэр: Сергей сирэйэ-хара?а с?лл?б?т, кыы?ырбыт, дэлби хаар буолбут. Билбитим, оскуолаттан тахсан ?т?л?г?нэн сэриилэ?э оонньуу сылдьыбыттар. Онно Демьян Попов диэн мааны, баай ыал о?ото Сергейгэ кыы?ыран тиэрэ охсон т??эрэн баран, кытаанах ба?айы т?б?л??х хааты?катынан к?хс?гэ тэбиэлээбит. Сергей айа?ынан хаана барбыт, ытаабыт, хаанынан ы?ыахтана-ы?ыахтана охсу?а сатыы сылдьыбытын, Тимофей Миитэрэйдиин быы?аабыттар. Уолбут онтон ыла санаата т?сп?тэ, ыарытыйар буолбута, урукку к?р?-нара с?пп?тэ.

Сити бириэмэ?э ?л?? т?бэлтэлээх били абаа?ыбыт уочараттаах кэлиитин о?орбута. Би?иги бу сырыыга то?о эрэ утуйар миэстэбитин уларыппыппыт, ха?ас быы?ы бата икки ыарахан орону холбуу тардан ?с буолан сыппыппыт. Мин ула?а, Сергей ортоку, Тимофей уот диэки сыппыта. Ол курдук ч?к?, бэйэ-бэйэ?э чугас курдук буолар этэ.

Утуйан эрдэхпитинэ эмиэ кэлэр сиринэн, суол аанынан, тыа?аан барда. Идэбинэн, со?отох буолуом диэн куттанан, суор?аммын б?р?нн?м, онтон уолаттар утуйа иликтэрин билэн, ???э тыынным. ????н бииргэ эрэйи к?р?р чэпчэки курдук эбит этэ. Тыа?аан-уу?аан, тытыгыраан-татыгыраан дьиэни эргийэ аймаан баран, о?ох кэннигэр тиийэн тимири тимиргэ аалар, ки?и тии?ин кыйар курдук тыа?ы та?аарар буолла. Кылыгыраан-халыгыраан, хатан тыа?ы та?аара сырытта. Бу уруккутаа?ар са?а тыас этэ. Тыа?аан-уу?аан барарыттан би?иги куттаммат буола ??рэммиппит эрээри, утуйан биэрбэт этибит. Ону-маны кэпсэтэн ыларбыт. Ол сыттахпытына, тыас т?п гына т?стэ да, Тимофей: «Айа, ки?ини то?о охсо?ун?» – диэн са?аран хабылла т?стэ.

– Суох, мин охсубатым, абаа?ы о?уста дии, – диэн хардарда Сергей.

– Ама, до?ор, хайдах кырбаталаан барыай? – диэн буолла.

Тохтообуппут кэннэ кими да ордорбокко охсон добдугуратан барда. Тыа?а т?п гынан и?иллэр. Бы?ыыта сутурук курдук т?к?н?к, биир сиргэ дь?л? охсор, ыарыыта т??ртээх о?о охсорун курдук. Тимофей с?бэтинэн ойо?оспутунан сытан баран окумалбытын то?уйан биэрэ сыттыбыт. Иттэннэри сыттахха быарга, искэ т?бэ?иннэрдэ?инэ, ыарытыннарыы?ы диэн буолла. Оннук ойо?о?унан сытан син элбэх охсууну ылла.

– Абаа?ы кокуоскаттан куттанар ???, – диэтэ Сергей. И?иттибит, с?бэлэстибит. Кими эмит о?уста?ына, силлээх кокуоската биэриэххэ диэн буолла. Бэлэмнэннибит. Сотору со?ус кими эрэ охсон бах гыннарда да, би?иги ????н тэ??э «тьфу, мэ!» диэт, хара?а?а атахпыт диэки силлээх кокуосканы сы?айдыбыт. Тохтоон сыта т?ст?б?т. Кырдьык да, ?с киирбэх, охсоро тохтоото. Онноо?ор тыа?аабат буолла.

– Абаа?ыны утары «эмп» кыра да эбитин билбэккэ, кы?ыны бы?а эрэйдэммиппит, – диэтэ Сергей со?уйбуттуу. Оннук эбит диэн бары к?лсэн то?о бардыбыт. «Аны «эмин» буллубут, туох буолар ???б?т», – дии-дии, ис-испититтэн иэрийэн к?лл?б?т. Кырдьык да, итинник ынырык суол тойоно олох боростуой кокуоска буолара ки?и к?л??х суола курдук этэ. Хайдах мэлдьи к?лэ сытыа?ый, тохтоон утуйан эрдэхпитинэ, охсуолаан барбат дуо! Тохтоло суох барыбытын охсор. Би?иги били кокуоскабытын сы?ай да сы?ай буолабыт. Ту?а суох буолла, охсоро эбии сэтэриир. Хайыахпытый, урукку ?гэ?инэн тутуспутунан туран та?ырдьа сылдьан баран биир илии кураанах ы?ыырынньыкпытын уматтан утуйдахпыт дии. Ити курдук олунньутаа?ы кэлиитигэр икки т??н охсон, кырбаан ааспыта.

Саас к?н у?аабыта. Оччотоо?у ыаллар, о?олор эрдэ сырдыкка утуйар буоларбыт. Би?иги ахсааммытыгар кыра уларыйыы тахсыбыта. Наахараттан Хамыы К?ст?к??н?н уола т?рд?с кылааска ??рэнэр туос кэлэ?эй уол кэлбитэ. А?ата К?ст?к??н о?онньор у?ун, ардьа?ар, ырыган к?р??нээх, ньолбо?ор сирэйдээх кы?ыл о?онньор ???ээ уо?угар кугас бытыга онно-манна табыгынаан к?ст?р?. «Со?отох к???э к?рб?т?м – уолум. С??рбэччэ о?оттон ити кини хаала сылдьар», – диэн эмээхси??э кэпсээбитэ. Би?иэхэ ту?аайан: «О?обун ата?астаама?», – дии-дии, ыйаастыгас со?ус хара?ынан ???чч? к?р?н та?аарбыта. Уол барыта торбуйах та?астаа?а. Ордук торбуйах ыстааннаа?а би?игини со?уппута. Оччотоо?у оскуола о?олоро торбуйах ыстааны кэппэт этибит. Оскуола ?рд?нэн торбуйах ыстааннаах суос-со?отох о?о. Эбиитин туос кэлэ?эй этэ. О?олор, кырдьык, киниттэн арахпакка муокастыыллара. Арай са?арчы буспут ы?ык лэппиэскэтигэр и?сэрэр этибит. Уолу кытта т??н, к?н?с кэпсэтэн, оонньо?он, а?а?ас эттээ?ин ту?унан билбиппит.

– Мин торбуйах абаа?ытын к?р??чч?б?н, – диэн бэрт эрэйинэн эппитэ.

– Ол торбуйах абаа?ыта хайдах буоларый?

– От-тон с-с-сыгынньах о?о б-б-буолла?а дии, – диэн тардыалатара. Би?иги дьиэбитигэр абаа?ы буулаабытын ту?унан билэр, истибит этэ. Би?иги а?а?ас харахтаах ки?ибитигэр:

– Тиийэн кэллэ?инэ, к?р??р эрэ, хайдах бодолоох кыс устатыгар куттаан олорбут эбитий? – диэтибит.

– С?п, к-к-к?р?лл??.

Би?иги оччо?олорго кырдьык, итэ?эйбиппит, уолбут к?р?н биэрэригэр олу?ун эрэммиппит.

Сааскы ?р?б?л иннинэ били мо?уоктааччыбыт кэлэр кэмэ тиийэн кэлбитэ. Би?иги ?с буолан киирэр аан чанчыгын диэки у?а оро??о сыппыппыт. ?р к???т?ннэрбэтэ?э, идэтинэн тыа?аан-уу?аан барбыта. Бу сырыыга о?ох кэннигэр тимири аалардыы ки?и куйахата к??рэр, у?уо?а кычыгыланар тыа?ы та?аарара, о?о?у тула эргийэр курдук тыа?ыыра.

– К?р эрэ, ити о?ох кэннигэр туох сылдьарын, – дэстибит. Уолбут оронугар ?тт?гэстээн сытан к?р? сатыыр, соруммута с?рдээх, хара?ын илиитинэн сотто-сотто к?р?р.

– Туох да к-к-к?ст?бэт, с-с-суох! – диэн т?л? биэрэр. Ити бириэмэ?э тыас-уус элбиир, уол суор?анын анныгар киирэр. Ыксаабыт куола?ынан «айа, абытай» диир са?ата баара. Сыппыппыт, сырдык этэ. Уол туохтан айакалаабытын ыйыппыппыт, кэпсээбэтэ?э. Онуоха кинини кытта кэпсэтэр олус сылаалаах этэ. Саас буолан атахпыт та?а?ын: этэрбэспитин, куллукабытын холумта??а куурда уурар буолбуппут. Бу сырыыга ол та?аспытынан быра?аттыыр буолбута. Ордук миэнин барытын бырахпыта. Биирдэ били Тойбохойго со?отох торбуйах ыстаан би?иги ?с сирэйбитигэр кэлэн т?сп?тэ. Оо, онно Тимофей кыы?ыран, ыстааны киэр элиппитэ.

– Ку?а?ан ыстаанын кыайан харайбакка ки?и сирэйигэр бырахтарда. Кэ?этэн биэриэм! – диэн буолла.

– Уол тугун буруйай, – Сергей намыраппыта.

– Оттон оронугар, тэллэ?ин анныгар укта сытыах этэ, – диир у?араабыт Тимофей. Уол эрэйдээх кэлэ?эйигэр куттала эбиллэн, биир да тылы сатаан са?арбат буола сытара. Сал?алас этэ. Били а?а?ас эппит ту?алаабата?а. Тыас-уус, айдаан кыс устата би?игини салгытан, олус куттаммат буолбуппут. Т??н хойут хара?арар буолан, сырдык этэ. Оннук сыттахпытына эмискэ уолбут тапчаана дьиэ ортотун диэки сы?арыс гынна. Уол би?иги диэки кэлтэччи сыппыта буолуо. Сыгынньа?ын, били сыттанан баран ыксары тута сыппыт ыстаанын кытта муоста?а т?к?н?йдэ. К?р??ххэ с?рдээх, ки?и к?л??х да хомойуох да к?ст??тэ. Би?иги к?лэн то?о бардыбыт. Сыгынньах уол та?ас ?рд?гэр балбаах курдук сытарыттан, туран ?н??хт?? сатыырыттан к?лб?пп?т буолуохтаах. Бахча?ар торбуйах ыстаанын туппутунан оронон тахсан, ыарахан у?а оро??о би?иги атахпытыгар кэлэн сытта.

Сарсыарда ата?ым та?а?ын суол ааныттан хомуйан нэ?иилэ булан та?ныбытым. Сааскы у?ун ?р?б?лгэ тар?аспыппыт. Саас буолан к?н у?аан, т??н сырдаан барбыта. ?р?б?лтэн кэлбиппит – би?иэхэ уларыйыылар буолбуттар. Били кэлэ?эй уол кыайан тулуйан олорбокко к???н хаалбыт. Ханна олорон ??рэнэрин ыйыталаспатахпыт. Оскуола?а биирдэ к?р?н ааспытым, са?а хара билиис ыстааннаммыт этэ. Ол саас буолан, халлаан итийбитинэн да бы?аарыллар буолуохтаах. Ол оннугар ?с ки?и дьукаахтанан к?ннээбиппит. Аны санаатахха, эмээхсиннээх кыыс ы?ыран киллэрбит буолуохтаахтар. Егор Васильевич Пахомов диэн орто саастаах, кэргэниттэн арахпыт, биир иккис кылааска ??рэнэр уолу баты?ыннара сылдьар саас ортолоох ки?и этэ. ?р?? т?г?р?к сирэйдээх, сар курдук т?г?р?к хара?ынан, туман быы?ынан к?р?рд??, кы?ыл кылдьыылаа?ынан к?рд???нэ ки?и сык гынар ки?итэ. Ону-маны кэпсии сатаабыт, нууччалыы ону-маны балкыйан са?арар, пляскалаан барар, та?ара дьиэтигэр л?ч??ктээбитим диир, к?лэ-??рэ сылдьар, кырдьык-сымыйа икки ардынан тыллаах ки?и. Маннык ки?и дьукаахтаспытыттан ??рб?пп?т. Кини ийэтэ эмээхсин ха?ас диэкилэргэ холбоспута. Уола Гоша а?атын ата?ар утуйар, эмиэ элбэх са?алаах о?о. Сергей би?икки быы?ы баты?а, Тимофей биллэриккэ, Дь?г??рдээх у?а оро??о аны уларыйбакка сытар буолбуппут.

Тээс Дь?г??р киириэ?иттэн би?игини муокастыыр абаа?ы ту?унан олус сыныйан ыйыталаспыта. Абаа?ы мэлииппэттэн куттанар, куотар диэн кытаанах ?йд????. Би?иги ?с буолан абаа?ы кэллэр эрэ Дь?г??р мэлииппэтинэн ??р?ллэрэ буолуо дии саныырбыт. Аны улахан ки?и кэллэ?инэ, ол абаа?ы кэлбэккэ, би?иги сымыйанан кэпсиир аатырыахпыт диэн куттанарбыт, т?ргэн со?устук бэйэтин биллэрэригэр ба?арарбыт.

И. Трофимов

Кириэстээх б????лэгэ

Дьаа?ык киэ?э

Бу т?бэлтэни бэрт ?рд????тэ Хара Хаппытыан диэн с????н ааспыт, т???эйэн т??-та? тылла?ар буолбут о?онньор кэпсээбитэ. О?онньор сорох ардыгар ?й?-санаата дьэ?кэрэн кэлэн, ханнык да эдэр ки?итээ?эр тобулла?ас, ону аа?ан муударай буолан ылыталыыра. Онон кэпсээнэ с??с быры?ыан сымыйа диэн сапсыйан кэби?эр кыах суох, кыларыйан турар кырдьык да буолла?ына к???л.

Хаппытыан а?ыс саастаа?ар (?р?б?л??сс?йэ иннинэ) дьонноро хас да ыал буолан дьукаахта?ан Са?ар ?рэ?ин т?рд?гэр баар Бала?аннаах диэн сиргэ олорбуттар. Биирдэ икки-?с биэрэстэлээх сиргэ ыалла?а сытар Ха?ха диэн алааска ханнык эрэ о?онньор ?лб?т?гэр анараа??ы о?олору (оччотоо?уга биирдии бала?а??а иккилии-?ст?? ыал дьукаах олороро) Бала?аннаахха а?алтаабыттар. Инньэ гынан биир кыракый бала?ан и?игэр уонтан быдан тахса о?о мустубут. Улахан дьон бары кэриэтэ та?аралаабыт о?онньору «атаара» Ха?ха?а барбыттар. Итиччэ элбэх о?о мустан баран, к?р? к???л?ттэн ылбыттар. «Чыычый, кэби?и?, б?г?н дьаа?ык киэ?э» диэн сэрэтэ сатыыр эдьиийдэрин ким да истибэтэх.

Хара?а?а сасы?а оонньоо?ун ?гэннээн турбут. Оччотоо?у о?олор барахсаттар хайдах-туох оонньоон бутукаайдаммыттарын ким да билбэт (Хаппытыан о?онньор ону си?илии кыайан кэпсиир кыа?а суох). Ол гынан баран оонньуулара бэрт су?аллык, кутталлаахтык т?м?ктэммит курдук.

Бэллэй Мэхээс диэн уол саспыт о?олору к?рд?? сылдьан, анныгар ким эмэ саспыта буолуо диэн, аан та?ыгар ыйанан турар у?ун суппун сону харбыалаан к?рб?т. Сон кэннигэр ким да суо?ун билэн баран, то?о эрэ, ыйанан турар сон сиэ?эр аллараттан илиитин уган к?рб?т. Арай сиэх и?игэр туох эрэ у?уктаах сылдьар ???. Мэхээс бигээн к?рб?тэ, бы?ах эбит. Уол илиитин салгыы ?р? анньан испитэ, аны, илии тиийэн кэлбит. Бы?ата, бы?а?ы туппут илии сон сиэ?эр са?ан турар («сытар» диир табыга?а суох) эбит. Уол куттанан сарылаабытынан сону арыйа баттаабыта, сон и?игэр ки?и барыйан турар буолан хаалбыт. Иэрийэ-иэрийэ ытыыр, у?уо?а хамсыар диэри ?л? куттаммыт уолу ким да улаханнык аахайбатах. «Кураанах сонтон куттанар куттас куобах, ырыган торбос…» диэн к?л??-элэк о?остубуттар, ыста?ала?ыы-сырба?ала?ыы буолбут.

Хаппытыан к?рд??р уочарата тиийэн кэлбит. Кып-кыара?ас дьада?ы бала?а??а ки?и са?ар сирэ бэрт кэмчи да буоллар, оччотоо?у о?олор ки?и ??йбэтэх-ахтыбатах сирин бары булан са?аллара. Хаппытыан к?рд??н балааскайдана сылдьыбыт. Хас да о?ону булбут. Т?нн?к анныгар турар т??рэккэй талах олоппо?у арыйа баттаан биир са?ан олорор о?ону булан ылбыт. «Та?ыс. Булулунну?» диэбитигэр, анараа??ыта «са?арыма» диирдии тарба?ын уо?угар чуга?атан ?рб?т, к?лэн хара?а ча?ылы?ныыр ???. Хаппытыан бору?уй муннукка са?ан олорор о?о лагла?ай буола иилистибит кугас сахса?ар батта?ын, салла?ар т?б?т?н, иннигэр лэскэйэн к?ст?р уй курдук и?ин сыныйан к?р?н баран со?уйан, ха?ыытаан то?о ыстаммыт. Атын «о?о» кэлэн са?ан олорор эбит. Оонньуу онон т?м?ктэммит.

«Бэйэтин кэмигэр дь??рэтэ суох дьыаланан дьарыктанар ку?а?ан» диэн бэрт дири? ис хо?оонноох т?м?г? о?ороот, Хаппытыан о?онньор, дьи?нээх бэйэтин киэбин ылынан, т??с-маас халлааны эрдэн киирэн барда?а.

Абаа?ы Хаата

Сылгы?ыт Хабыыча

Сылгы?ыт Хабыыча нэ?илиэктэригэр бастакы холкуостар тэриллибиттэрэ бэ?ис сылын ??р??лээх ы?ыа?ыгар сиэхтээх байта?ын биэлэрин к?рд??б?тэ ха?ыс да к?нэ. Айыл?а барахсан ситэн, силигилээн ахан турара, хаты? чара?нарга сэбирдэхтэр суугунууллара, нуо?ай солко мутукча к??х киистэтин анньынан нуо?алдьыйа хамсыыра, м??ттээх сытынан дыргыйара, эркэнэ хара тыаларга кэ?элэр куоталаспыттыы этэн чоргуйаллара, араас ??н??х сибэккилэринэн симэммит сы?ыыларга к??рэгэйдэр к??х дь?р?с салгы??а уйдаран дьурулата туойаллара. Айыл?а барахсан ити алыптаах кэрэтэ эдэр ки?и кутун-с?р?н к?т???р?, к????гэр к???? эбэрэ, к?т???эр кыната эрэ суох курдук сананан ис-и?иттэн ??рэн, с?ргэтэ к?т???ллэн, муннун анныгар ки?инэйэн ыллыыра.

Ол и?эн санаан кэллэ, аны а?ыйах хонугунан кы?ыны бы?а кэтэспит ы?ыахтара буолуо?а, кэрэ бэйэлээх, нарын-намчы кыргыттар о?уохай этэн наскылдьы?ыахтара, быыппастар быччы?наахтар, бы?ый атахтаахтар к??н к?рс??хтэрэ, к?рэс былдьа?ыахтара, т?ргэн атахтаах сылгылары с??рд??хтэрэ. Хабыыча ы?ыахтарга оонньуон, к?рэс былдьа?ыан олус ба?арара. Ону санаата?ына этэ-сиинэ кычыгыланара, чэпчээбиккэ дылы буолара. Былыргы к??стээхтэр сылгыны о?уурдаммакка тутар сурахтарын истэрэ. Ол и?ин ону боруобалаан кыра сылгылары сырсан и?эн к???ллэриттэн ылан умса баттаан, бас быатын кэтэрдэр ?гэстэммитэ.

Салгыы хас да сыллаа?ыта, са?ардыы буутун этэ бу?ан, холун этэ хойдон эрдэ?инэ, ы?ыах а?ай иннинэ э?этэ Улуу Сы?ыыга сиэнин Хабыычаны ы?ыран илдьибитин саныы истэ. Кырдьа?ас дьон-сэргэ к?рб?т?гэр сиэнин боруобалыыр санаалаа?а. Остуол ньуурун курдук к?б?с-к?н? хонууга кэлэн, сэрэммиттии оргууй эргим-ургум к?рб?тэ уонна: «Тукаам, кылыйан боруобаланан к?р эрэ», – диэбитэ. Эргэ ?рб?хх? суулаан а?албыт туо?ун т??рт?? хаамыы мээрэйдээн уон икки туо?у ууран биэрбитэ. «Дьэ, тоойуом, хайдаххыный-туоххунуй? Бэйэ?ин к?рд?р эрэ! Былыр бэйэм эдэр-сэнэх эрдэхпинэ кистээн оонньообут туо?ум», – диэт, мичээрдээбитэ.


Вы ознакомились с фрагментом книги.
Для бесплатного чтения открыта только часть текста.
Приобретайте полный текст книги у нашего партнера:
Полная версия книги
(всего 10 форматов)