banner banner banner
Бүтэһик ботуруон
Бүтэһик ботуруон
Оценить:
Рейтинг: 0

Полная версия:

Бүтэһик ботуруон

скачать книгу бесплатно

Бүтэһик ботуруон
Май Прокопьевич Емельянов

«Үүтээн үһүйээннэрэ» серия Май Емельянов «Соһуччу көрсүһүү» диэн кинигэтинэн саҕаламмыта, дьон сэҥээриитин ылыан ылбыта.

Бу «Бүтэһик ботуруон» кинигэҕэ ааптар доҕотторо, аймахтара, ааҕааччылара бултуу сылдьан араас быһылааҥҥа, түбэлтэҕэ түбэспиттэрин туһунан уус-ураннык ойуулуур.

Ааҕааччы киэҥ араҥатыгар ананар.

Емельянов Май Прокопьевич

Бүтэһик ботуруон

Күөх баттах

Ньурбаҕа ыалга олорон оскуолаҕа үөрэнэбин. Күһүн өрөбүлбэр Дьаархаҥҥа дьоммор кэллим. Куһу Ылдьыынтан бултанара. Онон дьиэ таһыттан кинини булар ыарахаттардааҕа. Ол эрэн кус бара илигэ, күөллэргэ мунньустан үөрдэһэн эрэллэрэ. Сарсын кустуу бараары сүпсүгүрдүм. Бастаан сааланарбар аҕам сүүрбэлээх кыра сааны ылан биэрбитэ. Хайдах ытарга, ордук сэрэхтээх буоларга үөрэтэн баран кустата ыытта. Икки эрэ ботуруону биэрдэ. Суптурҕаҥҥа кустар олороллоругар бэрт уһуннук үөмэн киирдим. Өссө чугастан ытаары, кылгас сотолоох саппыкынан тыаһа суох ууну кэһэн чугаһыы түстүм. Икки улахан куһу хоһулатан баран, аҕам холбоон эрэ баран ытаар диэбитэ, накыйан олорон ы-ыт! Биирдэ ууга олоро түстүм. Буорах буруотун быыһынан көрдөхпүнэ, биир хаалбыт курдук, ууга туох эрэ мөхсөр. Иккиһэ хойобууннанан, ньыкыйыаҕынан ньыкыйан от быыһыгар киирэн эрэрэ. Сонум сиэбиттэн иккис ботуруоммун ылан саабар угаат, кыһыыбар, кэнниттэн ытан хааллым. Кытыыга тахсан сыгынньахтанным. Куһум атыыр мороду эбит. Иккиһин булбатым, барбыт быһыылааҕа. Дьоммуттан эмиэ да хайҕанным, эмиэ да сэмэлэнним. Саабын санныбар күүскэ тирээбит буолан бүлгүнүм ыалдьыбатах. Ол оннугар атахпар олорон эрэ ыппыт буолан, түҥнэри тэптэрбиппин. Аҕам:

– Икки ботуруонунан кырата икки-үс куһу өлөрүөхтээх этиҥ. Хата таппыккын, – диэн хайҕаабыта.

Киэһэ саа сэбэ ууруллар хоптотун ылан ботуруон иитинним. Тимир ботуруоҥҥа бөстүөнү саайар олус сэрэхтээх диэн, аҕам бэйэтэ тэйиччи олорон, сэрэнэн өтүйэнэн саайар буолара. Буорахпыт ыттахха олус буруолаах этэ, бастаан утаа туох да көстүбэтэ. Туһата суох кинигэ, тэтэрээт лииһинэн быыстанарбыт. Аҕам уон алталаах икки уостаах, таһынан сомуоктаах саатын сарсын илдьэ барыах буоллум.

Сарсыарда туран Кураанахха кустуу бардым. Олорор, көтөн тахсыбыт куһу сакылаакка ытарым. Күөлү хаҥас өттүнэн бардым. Уута ойууру саҕатынан. Саабын бэлэм тутан иһэбин. Күөл ортотугар кус элбэх. Кытыыга туох да баара көстүбэт, талаҕа, ото да элбэх. Арай ол истэхпинэ ойуур саҕатыттан көҕөн ойон туран күөл диэки көттө. Саам чыыбыһын төлө тартым. Куһум өс хоту умса баран түстэ. Саа тыаһыттан үөскэ олорбут кустар көтөн таҕыстылар. Чохчос гынан хаптайдым. Кустар күөлү эргийэн мин үрдүбүнэн кэллилэр. Иккитэ ытан, биир куһу ойуурга түһэрдим. Хата халба буолан үөртэ. Көрүҥэ төһө да көҕөн курдугун иһин, чөркөөкүттэн эрэ мэнэҕэ. Ол да буоллар улахан кус ахсааныгар киирсэр. Бастакы куспун көрдүү ууну кэһэн бардым. Манна мэлдьи кустуур буолан уутун билэбин. Кустар өрө-таҥнары көтөн айманан баран, чугастааҕы күөлгэ баран түстүлэр. Көҕөнүм талах быыһыгар ырааска сытарын көрө биэрдим, хамсаабакка барбыт. Ылан көрөөт, улаханнык соһуйдум, сааскы күөх баттах көҕөн эбит! Билигин саас буолбатах, күһүн эбээт! Түүтэ сааскытынан сылдьара. Дьэ дьикти диэтэҕиҥ! Киһиэхэ дьахтара киэргэнэр, оттон көтөргө – атыыра. Урут кэннигэр табыллан бааһыра сылдьыбыт, онто оспут.

Салгыы кэрийэ бардым. Күөлүм баһын диэки тиийдим. Эрдэттэн сааҥ сомуогун туруорарыҥ бобуллара. Дьоммут үөрэппиттэринэн, ытаары эрэ гыннахпытына кинини туруорарбыт. Чычаас, киһини сототунан ууну кэһэн бэлэм иһэбин. Маннык хойуу оттоох ууга кус мэлдьи баар буолааччы. Эмискэ иннибиттэн көҕөн ойон турда. Сомуокпун туруораат ыттым да, саам эстибэтэ, «тас» эрэ гынан хаалла. Ол тыаһыттан иккис көҕөн көтөн таҕыста. Иккис сомуокпун туруордум. Кыҥыы турдахпына холбоһор курдук буоллулар, чыыбыспын төлө тартым, табыллан иккиэн сууллан түстүлэр. Оо, онно үөрбүппүөн!

Эбиэт кэннэ күөлбүн эргийэн алта бөдөҥ кустаах дьиэбэр тиийдим. Сааскы өҥүнэн сылдьар күөх баттаҕы киһи барыта араастык быһаарда. Бүтэһигэр, саас хойобуун буоларыгар өҥүн уларытар ньиэрбэтин таарыйтарбыт буолуон сөп диэн тойонноотулар.

Куочайга

Күһүн, кус оҕото көппүт кэмэ. Оскуоланы бүтэрээт, дойдубар тахсан сопхуоска оттуу сылдьабын. От мөлтөх буолан, биһиги звенобутун Ньурба аттыгар Куочайга лэбин оҕустара ыыттылар. Урут бу сыһыы олус улахан күөллээҕэ. Арыы өттө айан суолугар анньан турара, арҕаа баһа хара маһыттан уулааҕа. Ону, ходуһа сирэ оҥороору, сопхуостар түһэрбиттэрэ. Өссө урут киһи кута-сүрэ тохтуур, ырыаҕа-тойукка ылланар бурдук, оҕуруот аһа дэлэйдик үүнэр бааһыналардаах, киэҥ нэлэмэн хонуулаах, чугаһынааҕы дэриэбинэ оҕолоро кэлэн үөрэнэр оскуолалаах, арҕаа өттүгэр Аммосовка, Кэлтэгэй арыы аттыгар Александровка диэн дэриэбинэлэрдээх эбит. Билигин онно туох да суох. Ууну киллэрэн-таһааран арай өлгөм оту оттууллар дииллэр. Бу сиргэ Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин президиумун бэрэссэдээтэлэ А.Я. Овчинникова төрөөбүтүнэн биһиги, ньурбалар, киэн туттабыт.

Ууну түһэрбиттэрин кэннэ, бастакы сылларга Куочай бадараанынан көрөн сыппыта. От оннугар лэбин күүскэ үүммүтэ. Кус кэмэ буолан, бары саалаахпыт. Ходуһаҕа киирдэхпитинэ, кус, хаас кэлиэ диэн, саабытын сүгэ сылдьабыт.

Арай биир сарсыарда от охсо киирэн истэхпитинэ, күөлтэн кустар көттүлэр. Хас да кус үрдүбүнэн кэлбиттэрин ыппыппар, биир кус табыллан ойуур иһин диэки баран өлөрдүү түстэ. Чэйдии тахсан иһэн көрдүөм диэн, бара да сылдьыбатым. Ол оннугар түспүт сирин бэлиэтии көрдүм. Эбиэккэ тахсыы буолла. Мин үргүлдьү куспун көрдүү бардым. Ойуура чачархай соҕус эбит, өлбүт кус көстүөх курдук диэн үөрэ санаатым. Кус түспүт сирин төһө да чуолкайдык көрдөрбүн, олох булбатым. Дьонум кэтэһэ сатаан баран үөгүлээн ыҥырдылар. Бу диэки түспүт буолуохтаах, тыыннаах да буоллар ырааппата ини диэн, мастар төрдүлэрин барытын хастым. Ол туран, манан түспүт буолуохтаах диэн, мастар төбөлөрүнэн сирдэтэн көрбүтүм, куһум моонньуттан мас ачааҕар ыйанан бу турар эбит.

Кусчуттар

(Бастакы түгэн)

Уус Маайа оройуонугар кэлиэхпиттэн Эдьээҥҥэ олохтоох В.М. Саввиннары кытта билсэбин. Валерий Михайлович лесхозка тырахтарыыстыыра, ийэлэрэ Анисия Гаврильевна оҕо саадыгар иитээччинэн үлэлиирэ. Үс оҕолоохтор. Надя үрдүк үөрэххэ, Вера оскуолаҕа үөрэнэллэр этэ. Уоллара Миша биһиэхэ учаскуобайынан үлэлиирэ. Биир күһүн ол диэки командировкаҕа сылдьан, кинилэргэ хоно тиийдим. Дьиэҕэ хаһаайка кыргыттарыныын эрэ бааллара, Валерий Михайлович үлэтигэр сылдьара. Чэйдии олорон:

– Община тойоно Николай Николаевич «киэһэ бөһүөлэк чугаһынааҕы күөлгэ кустаһа киирсибэккин дуо» диэн ыҥырда. – диэтим. – Дьэ, онон дьиэбэр хата кустаан барар буоллум, – диэн үөрэ-көтө кэпсээтим.

Община салайааччыта саҥарбыт-иҥэрбит, турбут-олорбут эдэр киһи этэ. Сотору кэлэрэ буолуо диэн, чэйдээн бүтээт оҥостон, хомунан бардым. Саата суох сылдьар буолан, Валерий Михайлович саатын ыллым, таҥаһын таҥнан түбүгүрдүм. Онуоха Анисия Гаврильевна:

– Эрдэттэн олус хомунума, сырдык-хараҥа буолуута матасыыкылынан ойутан кэлиэҕэ. Уонна күөлгэ тиийэн итиннэ тур, манна олор диэҕэ. Ол кэннэ соторунан «ээ, туох да суох эбит, дьиэлээтибит» диэҕэ да, төттөрү тиэйэн тирилэтэн аҕалыа, – диэтэ.

Борук-сорук буолуута матасыыкыл өрө бирилээн кэллэ. Бэлэм олорор киһи тахсан мэҥэстээт, элээрдэ турдубут. Күөлгэ тиийэн эппит сиригэр баран турдум, кус тоҕо эрэ көстүбэт. Ити кэлиэ, бу кэлиэ диэн саабын бэлэм тутан турабын. «Хайаан да кустаах сиргэ аҕаллаҕа», – диэн сэргэхпин. Өр-өтөр буолбата:

– Кус көппөт күнэ эбит, барыахха, – диэт, матасыыкылын собуоттаабытынан барда.

Күөс быстыҥа сырыттыбыт дуу, суох дуу. Дьиэ таһыгар кэлэн түһэн хааллым. «Хобдох сырыы буолла. Валерий баара буоллар ама итинник сылдьыахпыт этэ дуо?» диэн саныы-саныы, ыалым боруогун атыллаатым.

– Ася, сөпкө да сэрэйбит эбиккин, оруобуна эн эппитиҥ курдук буолан таҕыста. Биир күөл баһыгар тиийэн турбахтыы түһэн баран төнүннүбүт, – диэн дьоммун күллэртээтим.

Кусчуттар

(Иккис түгэн)

Күһүн от-мас саҥардыы хагдарыйан эрэр, кус көҥүлэ буолан турар кэмэ. Биир үтүө күн райсэбиэт эппиэттээх үлэһиттэрэ хаһыа да буолан Күбээйи диэн сиргэ кустуу кэлэн, биэрэккэ чэйдии олорбуттар. Сотору буолаат, үөһэттэн биир мас тыылаах кыра мотуор кэлэн кинилэр анныларыгар тиксибит. Тыыттан сулардыы бытыктаах, ииччэх-бааччах буолбут хара баттахтаах, кытархайдыҥы сырдык сирэйдээх, саар-тэгил уҥуохтаах эт-ласха киһи түһэн, дьоҥҥо супту хааман кэлэн аттыларыгар олорунан кэбиспит. «Дорообо-дыраастый» кэнниттэн билэр киһилэрэ буолан, күө-дьаа кэпсэтэн бараллар. Кэлбит киһи дьонугар-сэргэтигэр «Фидель Кастро» диэн аатынан биллэрэ. Дьоно куру-кэри олороллорун көрөн:

– Хайа, оройуон тойотторо ааттаах дьон, бу көтөр кынаттаах үргүлдьү ааһар кураанах күөлүн манаары манна кэлэн олороҕут дуу? – диэбит. Онуоха дьоно үөрэн сэгэс гына түспүттэр: «Дьэ хата, билэр киһи, кустаах сиргэ сирдээ эрэ», – дии-дии куруускаҕа уохтаах астан курулаччы кутан биэрэллэр. Кэлээччи бу аһы лаппа сөбүлүүрүн бары да бэркэ билэллэр.

– Оо, дьэ, оттон кус Эдьээн хочотугар буоллаҕа дии. Мин бэҕэһээ Ньэлгэҕэ киирэн үрүсээк муҥунан сүгэн тахсыбытым. Халлаан хараҥарар куһа диэн дьэ онно баар, – Фидель астыммыттыы дьонун эргиччи көрдө.

Оччону истибит дьон олоруохтара дуо, сып-сап хомунан, киһилэрин батыһан Эдьээннииллэр. Киэһэ аһылык саҕана Эдьээн саамай түгэх хочотугар Ньэлгэҕэ, 5–6 биэрэстэ буолуо, сатыы бараллар. Бу бэртээхэй оттуур ходуһалаах, эҥинэ бэйэлээх лаглаччы үүммүт үөт мас тулалаах Эдьээн биир бастыҥ сирэ. Күһүҥҥү кус чахчы таарыйан ааһар аатырбыт күөлэ. Суол-иис диэн суох дойдута эбит. Кусчуттар араас күөллэр, сээннэр кытыыларынан, маар сирдэри туоруур отчуттар ыллыктарынан, ардыгар батыллан охто сыһа-сыһа, киһилэриттэн хаалымаары нэһиилэ бөтүөхтэһэн испиттэр. «Ол эрэн биир киэһэ үрүсээгинэн өлөрөр буоллахтарына, биһиги да хаалсыбат инибит», – диэн эрэх-турах санаа кинилэри кымньыылаан иһэрэ.

Күөллэригэр тиийбиттэрэ… биир да кыптыый кынаттаах көстүбэтэ үһү. Дьэ соһуйан-өмүрэн, сүөм түһэн, сылайан да сэниэтэ суох «лах» гына олоро түспүттэр. Сынньана олорон биирдэрэ киһилэриттэн ыйытар:

– Хайа, доҕоор, халлааны хараҥардар халыҥ куһуҥ ханнаный?

Онуоха киһилэрэ холку баҕайытык:

– Оттон ол кынаттаах кыыллар ырааттахтара дии, оннооҕор бу эһиги Уус Маайа курдук сиртэн кэлэн олордоххут, – диэн хата Фидель бэйэтэ ылардаах хаалбыт.

Кусчуттар эрэйдээхтэр туохха-туохха түбэспэтэхтэрэ, тугу-тугу истибэтэхтэрэ баарай. Дьэ эрэй диэтэҕиҥ.

Нормалек

Биир саас хас да буолан Уус Маайаҕа кэлэн үлэлии сылдьабыт. Киэһэ саа көҥүлүн иниспиэктэрин Иван Ивановиһы илдьэ Эдьээннээтим.

Оччолорго табаарыстарым Саввиннар киэҥ-куоҥ дьиэлээх Мироновтар диэн оҕонньордоох эмээхсиҥҥэ дьукаах олороллоро. Оҕолоро суох эбит. Валерий Михайлович кэпсииринэн, дьиэлээхпит Маппый 60-чатыгар тиийэн эрэр, сымыйанан-кырдьыгынан саҥарбыт, мээнэнэн быччаччы көрбүт, намыһах уҥуохтаах, уруккута бэрэбэлээссэйдии сылдьыбыт киһи эбит. Сарсыарда чэйдээн баран дьыбааҥҥа Валерий Михайловичтыын кэккэлэһэ олорон ону-маны кэпсэтэбит. Ол быыһыгар:

– Оҕонньоор, сааҥ дөкүмүөннэрэ барыта баар ини? – сэрэхэдийэн Валерий Михайлович ыйыталаһар.

– Барыта этэҥҥэ, – диэн киһитэ туккута суох хоруйдаата.

Ити кэмҥэ дьиэлээх киһи табах тарда-тарда, оһоҕун тула сис туттан дуоспуруннанан аҕай хаамыталыы сылдьара. Кэпсэтиибитин истэн, биһиги аттыбытынан ааһан иһэн:

– Миэнэ, кырдьаҕас киһи киэнэ, дөкүмүөннэрим барыта нормалек буоллахтара дии, – дии-дии хаамыталаан тиэрэ-маары тэбинэр.

Бэҕэһээ Иван Иванович булчуттары тала сылдьан сааларын хайдах харайалларын бэрэбиэркэлээбитэ. Бу сарсыардаттан сааһыттар дөкүмүөннэрин хонтуораҕа аҕалтаран көрдө. Онно киирэ-тахса сылдьан дьиэлээх Маппыйы түбэһэ көрдүм. Иван Иванович кинини ыга ахан олорор эбит, саатын көҥүлүн уһаппатаҕа уонча сыл буолбут. Эбиэккэ дьоммор кэпсээннээх тиийдим:

– Дьэ, доҕор, хаһаайыҥҥыт бэрт уһуннук саатын көҥүлэ суох илдьэ сылдьыбыт эбит.

– Оттон манна сарсыарда «миэнэ нормалек» диэбитэ дии, – табаарыһым мичик гынар, соһуйбута буолар.

– «Нормалекпут» туох да нормалега суох эбит. Саа көҥүлүн бэрэбиэркэлээччи ыгыччы ыстарааптаары ыксата олордоҕуна, түбэһэ түһэн көҥүлүн эрэ уһаттардым. Ол да тыа киһитигэр ботуччу суума буолара буолуо.

– Уон сыл төлөөбөккө сылдьарын хайдах билиэ суоҕай, ол сарсыарда эйиэхэ «суоһурҕанан» нормалек диэтэҕэ дии, – диэн киһим күлэн кэбистэ.

Онтон ыла кэпсэттэхпит аайы били Нормалек туһунан үгүстүк ахтыһан күлсэр аҕай этибит.

Суордар

Солнечнайтан көһөр буоллум. Бирикээс эрэ тахсара хаалла. Онтуҥ сороҕор биир хонуктаах буолар, ардыгар хас эмэ ыйы быһа кэтэһиннэрэн сордооччу.

Күһүөрү сайын бэрэсидьиэн М.Е. Николаев Уус Маайаҕа кэлэн үлэлээтэ. Кини барбытын кэннэ, өрөбүллэргэ түбэһэн, В.М. Саввиннаах оттуур сирдэригэр Мархаҕа мотуорунан бырахтардым. Валерий Михайлович дьонун кытта от бөҕөнү оттообуттар. Көмөлөһө таарыйа икки хоннум. Киэһэлэри быһа сыта-олоро булт-алт туһунан сэһэн-тэппэн бөҕө буолабыт. Олортон төбөбөр туох иҥнэн хаалбытыттан быһа тардан кэпсиим.

Күһүҥҥү былдьаһык саҕана Балыарка дэриэбинэттэн балтараа көстөөх Тэксээни диэн улахан күөлгэ балыктыы сылдьыбыт. Күөл кытыытыгар улахан үүтээн дьиэҕэ олорбут. Манна кэлбитэ нэдиэлэ кэриҥэ буолла. Биир үтүө күн хомунан дьиэтигэр бара сылдьарга санаа киирдэ. Эрдэ туран соболорго анаан укпут үс туутун көрө бураанынан күөлгэ көтүтэн киирдэ. Балыктыыр киһи мэһэй гынан тугун саатай, хаалларан барда. Туу аайы биэдэрэттэн ордуктуу бөдөҥ баҕайы соболор киирбиттэр. Ону сүөкээн, хаарга дэлби булкуйан баран, төннөн иһэн ылаары, мууска тоҥоро хаалларда. Тууларын кормикорумунан мэҥиэлээн баран төттөрү түһэртээн кэбистэ.

Салгыы күрүчүөктэрин көрө Алдаҥҥа киирдэ. Манна сыалыһардаабыта хас да хонно. Син сырыы аайы сыалыһары мээнэ ылла. Биэрэккэ киирэн иһэн тыычыкаларын аттыгар биир кыһыл саһыл сылдьарын көрө түстэ. Син түргэн соҕустук сүүрдэн тиийэн истэҕинэ, саһыла кинини көрөн аллараа айааҥка диэки дьаадьыйан биэрдэ. Күрүчүөгүн аттыгар өлөн хаалбыт мэҥиэ күстэхтэри быраҕаттаабытын булан сиир эбит. Икки хас ойбону алларан үс сыалыһары ылла. Саҥа мэҥиэлэри күрүчүөктэргэ иилэтэлээн түһэртээтэ. Онтон атын күрүчүөктэрин көрө баран иһэн санаата саһылтан арахпат, эргиллэн айааҥка баһын диэки көрбүтэ, кыыла кини барарын кэтээн олорор эбит. Ону-маны толкуйдуу барбакка, анньыытын, күрдьэҕин туора элитээт, бураан үрдүгэр түһэн үүтээнигэр ыстаннарда. Тиийэн саатын ылаат, төттөрү ойутта. Эбэҕэ киирбитэ саһыла тыычыкаларын аттыгар сылдьар эбит. Кинини көрөөт, айааҥка баһын диэки ыстанна. Балыарый күөйэ, суола суох сиринэн бураанын тутан кэбистэ. Айааҥка баһыгар тиийэригэр саһыла бугуйан, бураан суолугар киирэн биэрэк диэки төттөрү тэбинэн эрэр эбит. Урут бураанынан туох да кыылы эккирэппэтэх буолан, ситэрим дуу, суоҕа дуу диэн саныы-саныы, саһылы эккирэтэн истэ. Өр-өтөр гыммата, биэрэккэ тириэрдибэккэ да, бу ситэ баттаан ылла. Сирэйэ кэннин диэки буола-буола суол устун ойон истэ. Эмискэ тохтуу биэрээт, Балыарка саатын сулбу тардан ылла да, туһаайаат, ытан саайда. Табара дьэ киирбит, үрдүк арҕаһын тоҕо ытан кэбистэ. Саһылын ылан, хаанын хаарынан сууйда, сахсыйан көп түүтэ күн сырдыгар толбоннурарын көрөн үөрэн өлө сыста. Урут эбэ кытыытынан айаннаан иһэн, өрүс ортотугар баар арыылар аттыларыгар сылдьар саһыллары син хаста да көрөн турар. Ол гынан баран, бурааҥҥа ситтэрбэтэ буолуо диэн, эккирэтиһэ барбата. Онто баара, олох да илиилээх-атахтаах оҥорбот тэрил эбит. Таах мээнэ атах гынан сылдьыбытыттан дьэ кэлэн сонньуйа, хомойо санаата.

Тыычыкаларын салгыы көрөн балай эмэ балыктанна. Сыалыһарданан, өссө саһылланан үөрэн-көтөн үүтээнигэр тахсан чэйдээтэ. Дьиэлиир гына таһаҕаһын бэриннэ уонна соболорун хомуйа, тоҥно ини, күөлгэ киирдэ. Арай ойбоннорун аттыгар хаарга булкуйан хаалларбыт соболоро биир да көстүбэт! Соһуйан өлө сыста, хараҕым көрбөт дуу диэн соттумахтаан ылла. Бэркиһээн хаары тэбиэлээн көрдө да, оннулара оҥос, бэйэлэрэ мэлис буолбуттар. Үс ойбону үһүөннэрин көрөн тамты малыйда. «Хайдах-хайдах баҕайыный? Ити ыккардыгар ким кэлэн дьээбэлиэй? Суолу-ииһи хайан көрбүт киһи», – диэн санаа бөҕөҕө түстэ. Ким да, туох да суола суох, арай суор эрэ суола баар.

Бу дьиикэйдэриҥ, икки суор тумус тыаҕа сылдьалларын эрдэ көрбүтэ, биир да собону ордорбокко барытын таһан ылбыттар. Хомойбут санаатыгар, арааһа, куул аҥаарыттан ордук собону былдьаттаҕа буолуо. «Ол сатаналар итинэн эрэ бүппэтэхтэрэ, хас да куобахпын сиэн эмиэ мэлиппиттэрэ» диэн ааспытын кэннэ сонньуйа саныыр. Суор моҕуһа, иҥсэтэ ити күһүн кинини итинник хаары хаптаран кэһэтэн турардаах. Онтон ыла суортан куруук сэрэнэр, дьаарханар буолбута.

Улахан Хомустаахха

Алтынньы ый саҥата. Хаар түһэн туналыктыы турдаҕына, Балыарка Эдьээнтэн кэлэн Майдалаата. Чабдаҕа олорор ырааҕынан аймаҕа Николай Николаевич Бушков «кэлэн күһэс» диэн, Балыарка дьиэтин таһыгар балыктыы сырыттаҕына ыҥырбыт. Мотуор обургу уонча көһү өр гыныа дуо? Тоҥмокко, ханна да тохтообокко эбиэт ааһыыта Чабда үрэх төрдүгэр турар уу мээрэйдиир пуоска тиийдэ.

Түүнүн олус тымныйан, дьүүктэҕэ хоннорбут мотуорун оҥочото мууһунан көрөн турар эбит. Сэрэнэн куорпус ойоҕоһун чохороон сүгэнэн тойон, сүүрүктээх сиргэ аҕалан баайда. Майда эбэ мууһа элэҥ-сэлэҥ киирэн эрэр эбит. Киһитиниин сарсыарда сүбэлэһэн, Балыарка күһүүр сиригэр, 110-с биэрэстэҕэ баар булчут үүтээнигэр тиийэн кэтэһиэх буолла. Куола эбиэттэн киэһэ Уус Маайаҕа дьонугар киирэн тахсыах буолан хаалла.

Эбиэт саҕана мотуорун собуоттаан, Майданы өксөтөн барыахтаах сиригэр барда. Мотуор итийиэр диэри оргууй аҕай сыннаран, муустар быыстарынан айаннаамахтаата. Наһаа итийдэ диэн, сойута түһээри, гаастаан биэрдэ да, оҥочото уу үрдүгэр өрө сүүрэн тахсыбат. Хайдах буоллаҕай диэн тохтотон мотуорун онтун-мантын көрдө, собуоттаан тыаһын иһиллээтэ да, син биир кыаммат курдук. Ол икки ардыгар суорба таас хайа аннынан, үрэх синньиир сүүрүктээх баҕайы сиригэр тиийэн кэллэ. Манна мууһа хойунна. Таас хайа аннынан үс биэрэстэ курдук сири олох чааһы быһа сордонон, үрэх кэҥиир сиригэр дьэ тахсан, арыый да уоскуйда. Тиийиэхтээх сиригэр үс чааһы быһа айаннаан, син сырдыкка тиийдэ. Кытыыга тиксэн баран, оҥочотун биэрэккэ соһо сатаан кыайбата. Таһаҕаһын барытын сүөкээтэ, мотуору устан үүтээҥҥэ таһаарда. Уонна дьэ кыайар инибин диэн эмиэ сосуһан көрдө да, кыайбата. Маһынан төһүүлээн син ууттан биэс-алта миэтэрэ эриһэн туран таһаарда. Хата уһун быалаах буолан, улахан сыгынахха баайда.

Ити тиниктэһэ сылдьан оҥочотун аннын дьэ өҥөйөн көрдө. Онто баара, куорпуһун анна бүтүннүү түөрт илии курдук халыҥнаах муус болгуо буолан сылдьар эбит. Ол иһин да мотуора кыаммат буолан хаалбыт эбит. Өссө Чабдаҕа хоммута буоллар, кэлэрэ да саарбах эбит. Хайдах саҕалыаҥ да, оннук бүтэриэҥ дииллэр. Кини саҕалаатаҕа эрэ дии, ити бастакы моһоло этэ.

Үүтээҥҥэ хонон баран, сарсыныгар киһитэ эрбээбит саһаанын көрдөөн булбата, сымыйалаабыт эбит дии санаата. Ол иһин да биэрэктэн анньынарыгар куорпус иһигэр Куола тутааҕа суох илии эрбиитин быраҕан биэрбит. Бэйэтэ бөһүөлэккэ киирбитин кэннэ өрүс туран, мууска хаайтаран хаалбыт этэ. Бөртөлүөтү кэтэһэн көрбүт да, мэлийбит. Онон Балыарка 40-ча хонукка соҕотоҕун эһэ-бөрө дойдутугар, уокка оттор бэлэм маһа суох күһээн турар. Оттор бэлэм маһа суоҕун, киһитэ кэмигэр кэлбэтэҕин кини моһолунан аахсыбат.

Иккис моһолго хаар түһэн үллүктүү турдаҕына Улахан Хомустаахха балыктыы сылдьан түбэстэ. Сарсыардаттан икки сааны туора-маары сүгэн, илим көрө барда. Аара бочугурас үөрүгэр түбэһэн, тоҕус бочугураһы хаалларда. Син бултуйбут киһи курдук сананан, илимниир сиригэр барда. Улахан Хомустаах диэн аҕыс-тоҕус биэрэстэ усталаах суорба таас хайа анныгар сытар сүүнэ улахан күөл. Былыргыта боротуока эбитэ буолуо. Күөлгэ тиийиэх иннинэ биир кыракый тээргээн устун бараҕын. Күөлгэ киирэргэр талах быыстаах хатыҥ чараҥ курдук дүбдүр сири туоруугун. Онно илимнээбитэ хаһыс да күнэ. Күөл аллараа атаҕа тумус тыаны өрө эргийэр. Ол диэки көрбүтэ, кытыыттан 50-ча миэтэрэ үөскэ хатыҥ охтубутун курдук арбай сытар. Хаар үрдүгэр түһэн тугун-ханныгын чуолкай быһаарбакка, хас да күн кыһаллыбакка сырытта. Тумус аттынан күөл устун ыраахха диэри барар.

Дьэ ол бочугурастаан эҥин тиритэн-хорутан иһэн күөлү талахтар быыстарынан өҥөйөн көрдө. Хаар намылыччы түһэ турар, сылаас бөҕөтө. Били арбайын диэки көрбүтэ, доҕоор, күөл ортотугар күтүр улахан бөрө тугу эрэ тардыалаһан сии ахан турар эбит! Соһуйан өлө сыста, санаатыгар, көннөрү убаһа саҕа. «Оо, бириэмийэ бэйэтинэн кэлэн биэрбит» дии санаата да, сээкэйин турар сиригэр быраҕаат, сабыс-саҥа СКС харабыынын туппутунан, бэрт тиэтэлинэн күөл кытыытыгар баар оҥойго киирдэ. Бөрө олох билбэт, тиниктээбитин курдук тиниктэһэ турда. Саатын сыалын 200 миэтэрэҕэ туруоран баран, сөһүргэстээн олорон ытан саайда. Ытарын кытта бөрө илин өттүнэн мууска умса түһэн ылла уонна кэннинэн чугуруҥнаата. Дьыала үчүгэй буолла диэн, Балыарка күөлгэ сүүрэн киирдэ, санаатыгар, чугастан дьакыйыам диир. Эмискэ бөрөтө кини диэки хайыһан ылла уонна оргууй аҕай күөл атаҕын диэки сүөдэҥнээтэ, устунан өрүһүнэн ойуолаан киирэн барда. Тохтуо диэх курдук, хайдах эрэ туран хаалла. Онтон өйдөнөн күөл уҥуор тиийэн эрдэҕинэ биирдэ ытан хаалла да, бөрөтө маары аҕыйахта ойон кэбистэ. Кыһыы бөҕө буолла. Саатар, суолун көрөөрү күөл баһыгар тиийдэ. Бөрөтө суолун икки өттүнэн хаана бырдаҥалыы-бырдаҥалыы бара турда. Онтон олох да ороҕор киирэн көстүбэт буолан хаалла. Киһим бэйэтэ-бэйэтиттэн кэлэйэн, мууска олоро түстэ, хата сөрүүкээн, сынньанан абыранна. Туран тугу сиэбитин көрө барда.

Бөрөнү ыппыт сиригэр улахан баҕайы кыыл таба дьардьамата мууска адаарыйан сытарыттан икки улахан баҕайы элиэ көтөн таҕыста. Оргууй аҕай, киэҥ-киэҥник далбаатанан бөрө барбыт сирин диэки далбыҥнаһа турдулар. Онтон өйдөөн, бу кыс хаар буолтун кэннэ туохпут элиэтэй диэн санаа күлүм гынна. Ол эрэн, Балыарка саастаах киһи буолан, хотойдор буолалларын тута сэрэйбитэ.

Таба сэмнэҕин чинчийэн көрбүтэ, үөр бөрө сылдьыбыт эбит. Били арбайбыт хатыҥа кыыл таба муоһа сыппыт. Табаны туппут сирдэриттэн 20-чэ миэтэрэҕэ хаары ханан да таарыппакка үөһэнэн аҕалбыттар. Сиэн баран бу соторутааҕыта барбыттар. Сэмнэх тула олоруу-сытыы бөҕө буолтар. Онно ааҕан көрбүтэ, тоҕус бөрө кэлэ сылдьыбыт. Улахан үөр бөрө хотой арыалдьыттаах буоларын кырдьаҕастар сэһэннэриттэн истэн билэрэ. Дьэ алдьархайга түбэһэ сыспытыттан куттанан этэ саласта. Бочугурастар моһуоктаабатахтара буоллар, оруобуна тоҕус бөрөҕө түбэһэр эбит. Үөр барбытын кэннэ олохтоох бөрө сэймэги сии сатыы турбут. Кыһыытыгар, таба түөрт атаҕын быһа охсон ылла. Ити кэннэ балык бөҕөнү сүгэн, үүтээнигэр киэһэлик тиийдэ.

Нэдиэлэ кэриҥэ балыктаан алта куул собону, кэлэ-бара биэс кииһи хапкааннаан ылан, ылбычча киһи тэҥнэспэт киһитэ буолан сырытта. Биир күн эбиэт кэнниттэн аллара бөртөлүөт тыаһын истэн, киһим кэллэҕэ дии санаата. Сарсыныгар Куолата киэһэ сирэйэ кытара сытыйан бу киирэн кэллэ. Чабдаттан суол үктүүбүн диэн ааттаан сатыылаабыт. Сарсыныгар илимнэри эһэ иккиэн бардылар. Киһитин күөл баһыгар баар илимнэригэр ыытта, бэйэтэ күөл алын өттүгэр икки илимнээҕэр тиийдэ. Арай суолуттан көрдөҕүнэ, ойбоннору биир киһи кэрийэр эбит. Тыал хаары тибэн, киһи соччо чуолкайдык арааран көрбөт. Илимнэрин эһэн, киһитигэр утары баран көрбүтүн кэпсээтэ. Куола күлэн баран:

– Туох киһитэ манна кэлбит үһү, эһэ буолуо, – диэтэ.

Төннөөрү ол суолу көрө бардылар. Куола суолу көрөөт да биллэ, кыра эһэ суола эбит. Дьэ куттал буолла, хайалара да саа ылбатах. Хата Куола Моойторук диэн ытын илдьэ кэлбит этэ. Биирдэ өйдөөн көрбүттэрэ, ыттара суох буолан хаалбыт. Сотору буолаат, тумус тыа нөҥүө үрэн баргыйда. Кыһыл илиилэринэн тугу гыныахтарай, ыксал бөҕөнөн быһа үүтээннэригэр бардылар. Ыттара үрэр да үрэр. Аһаан-сиэн, сынньана түһэн баран, хараҥа буолуута, эһэлии бардылар. Ыт үрэр саҥата син биир иһиллэр. Онон тыатааҕы таба сэймэгэр баарын сэрэйдилэр. Ол иһин супту, хаары оймоон күөлгэ киирдилэр. Моойторук дьоно иһэллэрин билэн, үрүүтэ өссө сүрдэннэ. Ити ыккардыгар хараҥа буола оҕуста. Тумул тыа ими мэһэйдээн, туох да көстүбэт. Турбахтыы түһэн баран ыттарын ыҥырдылар. Син балайдык ыҥыртаран баран Моойторук кэллэ. Сүбэлэһэн, чугас-чугас туран кыыл сэймэгин диэки үһүөн бардылар. Ыттара кинилэри манаан туруо дуо, үрэ-үрэ элээрэ турда. Тыатааҕыга урут тиийэн, тумус тыаны аһара түһэн, саҥалара ыраатта. Эһэлэрэ кинилэри билэн дьаадьыйдаҕа буолуо. Онон төнүннүлэр.

Сарсыныгар эрдэ соҕус турдулар. Халлаан лаппа сырдаабытын кэннэ, ыттарын илдьэ эмиэ бардылар. Кыра күөлгэ тиийиилэригэр Моойторук обургу сэймэккэ тиийэн үрэн түптэлэнэрэ сүрдэннэ. Тумус тыаны быһа түһээттэрин кытта, эһэлэрэ ыттарын эккирэтэн мууска бу киирэн кэллилэр. Куола, тыаҕа олорор буолан, киниттэн олох да куттаммат. Биир уостаах саатын туппутунан суол омоонун ортотугар турунан кэбистэ. Балыарканы эрдэ ытымаар диэн сэрэттэ. Киһититтэн уонча миэтэрэ тэйиччи турунан кэбистэ.

Моойторук эһэҕэ сыыһа-халты хаптаран иччитин көрбүтүнэн бу уопсан иһэллэр. Балыарый түбэспэтэх алдьархайыгар түбэһэн ыксаата, киһитин саатыгар хайдах эрэ эрэммэтэ, бобуутун таһыччы умнан үстэ ууран ылла. Тыатааҕыта хайдах эрэ сүөдүрүс гынан ылла да тохтообото, бытаара эрэ түстэ. Куола ыппакка, хамсаан да көрбөккө бэлэм турда. Ыт кэлэн иччитин кэннигэр түстэ. Эһэ Куолаттан биэс-алта миэтэрэлээх сиргэ кэлэн икки кэлин атаҕар тура түһээтин кытта, саа тыаһа өрө хабылла түстэ. Эһэ оргууй аҕай сытан киирэн барда. Балыарка тулуйбата, өссө иккитэ ууран ылла. Бултаан бүттэхтэрэ ол. Өр-өтөр буолбата, бултара хамсаабат буолла. Киһитэ ону чинчилээн көрөн баран «кур аһыҥас эбит» диэтэ. Саннын лаппаакытынан обургу баастаах сылдьар эбит. Куола ону көрөн эһэ охсубут диэтэ. Тоҕо арҕахтаабатаҕын эбэтэр үүрүллүбүтүн ити курдук быһаарда.

Балыарка үрүсээгиттэн чохороонун ылан, суон соҕус хатыҥы суулларан мутуктарын солоото. Курдарын устан эһэлэрин атахтарын бобо баайталаан кэбистилэр уонна мастарыгар иилэн, оргуһуохтуу сүгэн үүтээннэригэр аҕалан астаатылар. Олус ырыгана суох, сииргэ туох да бэртээхэй эт буолан биэрдэ. Ити кэннэ, тымныы саҥа түһүүтэ, биир тайах арыыга киирбитин көрөн, ытынан күрэтэн бултаабыттара. Онон Майда эбэ хотун үчүгэй хараҕынан көрөн табаарыһым бэркэ күһээн турардаах.

Хоту Дьааҥыга кустуу

Ааҕааччым Мичил, аатын-суолун, хомойуох иһин, суруйбатах, булт туһунан суруйарбын истэн, ээмиллэни маҥнай бултаспытын сөҕөн-махтайан, олус бэркэ ойуулаан Үөһээ Бүлүүттэн ыыппыт. Төһө да аатын суруйарын умуннар, айылҕаны таптыыра, киниэхэ сүгүрүйэрэ көстөн турар. Онон кини ахтыытын кэпсээннэрбэр холбуурга сананным.

90-с сыллар ортолорун диэки быраатым кэргэнин дьонугар Баатаҕайга кустуу диэн ааттаан ыам ыйын ортотун диэки тиийбитим. Аара, көтөн иһэн, балтараа чаас кэриҥэ бүтэн биэрбэт хаарынан бүрүллэ сытар таас очуостардаах дьикти дойду эбит диэн салла санаабытым. Сирэ-уота атына, биһиги дойдубут курдук буолуо баара дуо, эчи тыйыс дойду буолан биэрдэ. Күннэрэ саҕахха түһэн иһэн төттөрү кэдэрийэн тахсарын сөрү диэн сөҕөн кэбистим. Айылҕа барахсан саҥа уһуктан, көтөр-сүүрэр саҥатынан биир кэм айманан олороро. Күөх мутукча арыый да тылла илик кэмэ этэ. Ол оннугар хата иирэ талахтар, үөт эҥин үнүгэстэрэ тахсыбыттар. Халдьаайыга манна эмиэ ньургуһуннар барахсаттар, мин аҕай дэспиттии, сааскы илдьит буолан ыраахтан маҥхаһан хаар кыырпаҕыныы көстөллөр.

Дьэ туран, тиийиэхтээх сирбин булан, икки күн нэһиилэ тулуйан-тэһийэн хоноот, кустуур эбэлэригэр бардыбыт. Күөл аата Өҥ күөл диэн. Аатын курдук баай эбэ буолан биэрдэ. Күөлү тула уопсайа түөрт дурда турар. Уон алта буолан олордубут. Биһиги биригээдэ сэттэ буоллубут, бары аймахтар: кийиитим убайдара, бырааттара. Эйэ дэмнээх, элэккэй дьон буолан биэрдилэр. Мэлдьи мин саҥабын кэтииллэр, истэ-истэ күлсэллэр. Тоҕо эбитэ буолла дии саныырым. Кэлин билбитим, дойду дьоно ыллаан эрэр курдук саҥарар үһүбүт.

Кусчуттар бары даҕаны айылҕаҕа тахсан сүргэбит көтөҕүллэ сылдьар. Дойду сонунун, ону-маны дьээбэлээҕи кэпсээн-ипсээн күллэртиибин. Саҥа киһи буоллаҕым буолан, киһи барыта көх-нэм буолар. Билбэт тылларбын, олох көстүүлэрин сонно быһааран, ыйан-кэрдэн биэрэллэр. Кураанах кус кэмэ бүтэн, аны үөл кус киирэрин күүтэбит. Хаһан, ханан кэлэллэрин чопчу билэн этэллэрин сөҕөбүн эрэ. «Бүгүн-сарсын биллиэхтэрэ, сэргэх олоруҥ», – диэн сэрэттилэр. Кэннибитигэр очуос таас хайалар халлааҥҥа өрө харбаһан эрэрдии кэчигирээн көстөллөр. Чыпчаалыгар сытар хаар сайыннары ууллубат үһү. Ардах былыта кэллэҕинэ хайаны ортотунан эрэ ааһара көстөр. Дьэ, Дьааҥы сүдү хайаларын илэ харахпынан көрөн итэҕэйдим. Ити очуостар эниэлэрэ сыыйа-баайа намтыыр сирдэринэн үөр хаастар, хам-түм да буоллар, кылыы-халыы бөҕөтүн түһэрэн ааһаллар. Эппит күннэрин киэһэтигэр бастакы ээбиллэ (морянка) диэн кустара кэлитэлээн бардылар. Барахсаттары айылҕа маанылаан айбыт кустара быһыылаах, дьэрэкээн ойууларын таһынан саҥалара ала бэлиэ буолар эбит. Улахаттарынан умсаах курдуктар. Атыыра кутуругар биир лаппа уһун түүлээх, онто көтөрүгэр бэлиэ буолан көстө сылдьар. Дьэ ойоҕумсах кус дииллэр, тыһытын өлөртөрдөҕүнэ, төһө да ыппытыҥ иһин, баран биэрбэт эбит. Уопсайынан, олус чычаас майгылаах кустар диэтэҕиҥ. Маҥнай утаа уон икки үөрдээх түһэн биэрбитин биирин да ыыппатыбыт, эр-биир табырҕаталаан кэбистибит. Онтон эмиэ аҕыйах соҕус үөрдээхтэр кэлбиттэрин хааллартаатыбыт, дурдаҕа түөрт аптамаат саалаах дьон бааллар диэх курдук. Сирэйбит-харахпыт турбута сүрдээх. Аны туран түүнүн уочаратынан иккилии чаас маныыр буоллубут. Чааһыҥ туоллаҕына аттыгар утуйа сытар киһини өттүккэ анньан уһугуннаран баран утуйаҕын. Аҕыстан аҕыйах кус кэлэн түстэҕинэ уһугуннарбаккын, онтон элбэх эрэ буоллаҕына биллэрээр диэн буолла.

Сарсыарда, мин дьуһуурустубам кэмигэр, арааһа, түөрт-биэс чаас диэки буоллаҕа буолуо, дьэ, доҕоор, үөһэ мэҥэ халлаан диэки туох да сүрдээх улахан тыас тоҕо барбат дуо? Мэктиэтигэр халлаан хайынна диэх айылаах эбэтэр били байыаннай истребитель көтөн тахсар тыаһын курдук дэлби барда. Оннук икки төгүл төхтүрүйэн тыаһаата. Мин туран урут итинниги истибэтэх буолан тулуйбатым, үсүһүн тыаһыыр кэмигэр дурдаттан өҥөйөөччү буоллум. Арай, доҕоор, үөһэттэн тоҥ сылгы сааҕын тамнаабыт курдук кустарбыт атахтара сарайан бу түһэн иһэллэр эбит! Кынаттарын холбуу тутаннар кэллилэр да, үөс-батааска биэрбэккэ, биир эргиир сыыһын оҥордулар да, күөл ортотун диэки түһүнэн кэбистилэр. Эчи элбэхтэрин, быһата, 70-ча быһыылаах этилэр, дьоммун туруорар аакка түстүм. Бары туран сэргэхсийэ түстүлэр. Арай биир эдэр уол баара кыратык этитэ түһэн баран турда, кэлин үөрэниэ диэн буолла. Ити итинэн хаалла. Түспүттэрэ чаастан ордубутун кэннэ уҥуоргу дурдаттан биир киһи аа-дьуо тахсан мас тыыга олорон, күөл үөс өттүн тутуһан эрдэн киирэн барда. Маҥнай утаа син түргэн соҕус этэ. Кэлин отой эрдэрэ бытааран, тыал үрэринэн эрэ барар киһи буолан биэрдэ. Хайысхатын көрдөххө, биһиги диэки иһэр эбит. Ити тухары кустарбыт күөл ортотугар өрө мөхсө, булумахтана сырыттылар, айдаан-куйдаан, биир кэм «а-аах, а-аах» бөҕө буоллулар. Ол быыһыгар кустарбыт, кууруссалар курдук, ууну омурдан иһэллэр быһыылаах, үөһээ диэки сотору-сотору төбөлөрүн таҥхатан ылаллар, көрүөххэ кэрэтэ сүрдээх. Дьэ туран, били күөл ортотугар баар кустарбыт кэннилэрэ өссө хаҥаан иһэр, кэлэн эбии түһэ тураллар. Ол быыһыгар туора соҕус туттаннар андылар эмиэ түһэргэ дылылар. Син биир мончуукка түһэр кэриэтэлэр быһыылаах. Күөлбүт ортотугар кустарбыт бирээмэ болуот курдук көстөллөр. Тыылаах киһибит кирийэн, сирэйин кистии соҕус туттар быһыылаах. Аа-дьуо устан, биһиги диэки туһаайан кустары үүрэн иһэр. Тоҕо үүрэн диэтэххитинэ, били куспут үөрэ оруобуна субай сүөһү курдук, биллэ-биллибэттик үтүрүллэн устан иһэллэр, сорох ардыгар кынаттарынан сапсынан ылаллар. Саҥа-иҥэ отой суох буолбут, төбөлөрүн ньыкыччы туттан усталлар, сорохторун төбөлөрө отой да көстүбэт кэриэтэ. Ол иһэннэр үөскэ анды мончууктарын ааһан иһэн эмискэччи сырсан киирэн бардылар. Сорохтор көттүлэр, дайа-дайа туох да тулуйбат саҥатын-иҥэтин түһэрэн көтөн кэллилэр да, мончууктарга сапта түстүлэр. Үрүт-үөһэ үмүөрүһүү, анньыһыы, тура-тура сапсыныы бөҕөтө, эмиэ да уулуурга дылылар. Биһиги сүрүн ытааччыларбыт холбуулларын кэтэһэн иһийэн олордубут. Төһө эрэ кус буолла, арааһа, 80-тан лаппа тахса ээмиллэ буолла быһыылаах. Дьэ туран, хамаанда бэриллээтин кытта, саабыт чыыбыһын төлүтэ тардан кэбистибит. Оо, үлүгэрдээх саа тыаһа бөҕө буола түстэ, бирээмэ бүлүмүөт ытан эрэрин курдук. Кустар сиирэ-халты ыттаран умса-умса тахсаллар. Ордубут өттүлэрэ дьэ өйдөнөн көтөн бараллар да, уҥуоргу дурданы быһа ааспаттар. Күөлү кыйа көтөн көрдүлэр да, онно эмиэ үлүгэрдээх саа тыаһа түптэлэнэ түстэ. Уонна эмискэ, туох да буолбатаҕын курдук, уу чуумпу буолла. Ол кэннэ биирдиилээн ытан бурҕаттылар. Ньаҕаччырбыт, ол аата хойобуун буолбуттары эккирэтии саҕаланна. Биһиги туран хас кус хаалбытын көрүү-истии бөҕө буоллубут. Мин тулуйбатым, тылланан мас тыыга сүүрэн киирдим да, эрдибитинэн бардым. Тыыбыт кыратык түөрэккэй соҕус да буоллар, үөс диэки эрдэн киирдим, бастаан утаа хойобуун буолбут кустары сырсан ылаттаатым. Бүтэр уһукка ааҕан көрбүтүм, отут ордугуна түөрт ээмиллэ буолан соһутта. Дьэ, сөҕүү-махтайыы бөҕө буоллубут. Мин саҥа харахтыыр кустарым буолан үөрүүм өссө үрдүк. Чэ, ити саамай элбэҕи бултаабыппыттан кэпсээтим.

Сарсыарда өттүгэр аны андылар кэлитэлээн бардылар. Манна кинилэри «харалар» диэн ааттыыллар эбит. Бу дойдуга харалар эмиэ туруору хайалары туораат, кыырай халлаантан ыһыктынан түһэллэр эбит. Туормас тыаһын курдук үөһэттэн тыас-уус бөҕө буоланнар, дьэ сыыйа көстөн кэлэллэр. Билигин өйдөөтөххө, били сөмөлүөтүнэн көтөн иһэн көрөр таас хайаларбытын туораан сылайан, утатан кэлэллэр эбит. Хайалар тэллэхтэриттэн, хаартаҕа көрдөххө, Үөһээ Дьааҥы алыыта саҕаланар эбит. Ити курдук хас да күн астына кустаан, аймахтары кытта билсэн, саҥа сиргэ бэркэ сынньаммытым.

Күөх Боллох дьүүлэ

И.Ф. Тартыев биһикки үлэлиир кэммитигэр ахсааммытынан адьас аҕыйах этибит. Онон, баарбытын биллэрэн, мэлдьи пуормалаах сылдьарбыт. Эйиэнэ-миэнэ диэн араарсыбакка, уоруу, охсуһуу, быһылаан таҕыстаҕына бары тутуспутунан сылдьарбыт. Ол иһин нэһилиэнньэ күөх пуормалаах баһаарынайы милииссийэнэн ааҕара. Иван Федорович үлэһитэ бэрт буолан, дьоҥҥо убаастанара, ханнык да милииссийэ үлэтиттэн иҥнэн-толлон турбата. Биир кини кыттыылаах түгэни ахтан-санаан ааһарга сананным.

Мин үөрэхпин бүтэрэн, Алексеевскай оройуонугар (Таатта улууһа) судаарыстыбаннай баһаарынай иниспиэктэринэн ананан үлэбин саҕалаабытым. 1981 сыллаахха күһүҥҥү муҥха саҕана Дэбдиргэнэн, Туора Күөлүнэн командировкаҕа барбытым. Сыалым-соругум биллэр, тыа хаһаайыстыбатын объектарын уонна тэрилтэлэр баһаарынай туруктарын бэрэбиэркэлээһин уонна түүҥҥү харабылларга, хачыгаардарга инструктаж ыытыы.

Туора Күөлгэ субуота күн дьыалабын үмүрүтэн, Ытык Күөлгэ бараары сэбиэт хонтуоратыгар массыына кэтэһэ сырыттым. Эмискэ сэбиэт бэрэссэдээтэлэ И.В. Туласынов, оройуон военкома М.М. Семенов, гражданскай оборуона начаанньыга В.А. Петров буолан сэбиэт үлэлиир хоһугар баар буола түстүлэр. Сирэйдэрэ-харахтара турбута сүрдээх!

Сэбиэт бэрэссэдээтэлэ Иван Васильевич:

– Биһигини кытта Төлөҥҥө барыстаххына табыллар. Күөлбүтүгэр, көҥүлэ суох, Ытык Күөлтэн райтоп үлэһиттэрэ кэлэн муҥха түһэрбиттэр. Эн сэбиэскэй былаас ис дьыалатын отделын сотруднигаҕын, онон улахан айдаан тахса илигинэ барсан быһаарыс, – диэн эдэр киһиэхэ туллаҥнаабат гына уҥуохтаахтык эттэ. Мин уопсай балаһыанньаны билсэн баран, оройуон борокуруоругар А.П. Пахомовка эрийэн сүбэлэстим. Алексей Петрович «сопхуос сирэ-уота, сайынын оттууллар, сүөһү көрөллөр, онон кинилэр күөллэрэ» диэн быһааран биэрдэ. Уонна миэстэтигэр тиийэн быһаарсарга, түмүгүн киниэхэ биллэрэрбэр дьаһайда. Военком массыынатынан айаннаан күөлбүтүгэр кэллибит. Райтоптар муҥхаларын түһэрэн ырааппыттар, таһаараллара эрэ хаалбыт.

Күөлгэ киһи элбэх, ол быыһыгар холуочуктар да бааллар. Айдаан-куйдаан элбээбит, дьон саҥата-иҥэтэ, үөхсүүтэ да хойдубут.

– Биһиги күөлбүт, онон балыга да биһиэхэ хаалыахтаах, – диэн бэрт бөҕө-таҕа, улахан уҥуохтаах киһи көбдьөөрөр.

– Бачча үлээн баран көлөһүммүтүн таах биэрбэппит буолуо, – атырдьах сүгэһэрдээх киһи эҕэлээхтик хардарар.

Улахан айдааны таһаарбакка, эйэ дэмнээхтик быһаарсыбыт киһи дии саныыбын. Олохтоохтор эмиэ элбэхтэр гынан баран, тойоннорун Тулааһынап сирэйин-хараҕын маныыллар.

Райтоп салайааччытын И.И. Бурнашовы туора ыҥыран ылан кэпсэттим. Кини уруккуттан киэҥ-холку майгылаах киһи. Оройуоҥҥа үлэһитинэн, аптарытыаттаах салайааччынан биллэр.

– Бу Туора Күөл отделениетын күөлэ, онно мөккүөр тахсыан табыллыбат. Уйбаан Уйбаанабыс, итини эн бэйэҥ бэркэ билэҕин, сопхуос сирдэрин миниистирдэр сэбиэттэрэ эрэ быһаарар. Онон Таатта сопхуос салалтатын кытары кэпсэтэн, сүбэлэһэн эрэ баран муҥхалыахтааххыт, – диэн быһааран биэрдим. Киһим буоллаҕына оргууй аҕай сыыйан:

– Мин хойутаан кэлбитим, дьонум муҥхаларын түһэрэн ортолообуттар этэ. Онон билигин хайыыр да кыаҕым суох, муҥха тахсарын кэтэһэбит эрэ, – диэтэ.

Дьэ, муҥха тахсыытыгар киһи бөҕө муһунна. Икки бөлөх чардааты утарыта кэлэн турдулар. Оройуоннар бары үлэлии сылдьыбыт буоланнар ким анньыылаах, ким нырыылаах, айдаан өссө хойдубукка дылы буолла. Онуоха Тулааһынап:

– Айдаарымаҥ! Муҥха тахсан эрэр буолбат дуо? – диэн саба саҥарда. Кырдьаҕастар урут балык куотуо диэн чардаат аттыгар улаханнык саҥардыбат буолаллара.

Муҥха ийэтэ кэллэ диэн буолла. Ол кэмҥэ күөл мууһа тостон хайа барар тыаһа иһилиннэ. Сорохтор чардааттан тэйэн туора тахсан биэрдилэр. Самахчыт муҥха кынаттарын сыыйа тардан истэ. Арай били кэтэһиилээх-манаһыылаах ийэбит таҕыста. Көрбүппүт, түгэҕэр икки эрэ собо салгыҥҥа тахсан тэлибирии түстүлэр… Соҕотохто саҥа-иҥэ уурайан, уу чуумпу буола түстэ. Туора күөллэр бырысыаптаах Беларусь тыраахтарынан хоту, Райпоп үлэһиттэрэ таһаҕас массыынатыгар тиэллэн соҕуруу түһэ турдулар. Улахан айдаан буолуоҕун ити курдук эбэ иччитэ Күөх Боллох эр-биир биирдии эрэ балыгы биэрэн иирсээни таһаартарбатаҕа.

Куобахтыы сылдьан

Тааттаҕа олордохпутуна күһүн Дьокуускайтан үөлээннээҕим В.Ф. Нехоруков-Дылбаны күүлэйдии кэллэ. Биһиги оҕо эрдэхпититтэн табаарыстыыбыт. Куоракка киирдэрбит эрэ кинилэргэ түһэрбит. Василий Федорович өрөспүүбүлүкэ үбүн салаатын эппиэттээх үлэһитэ. Уоппуска ылан мэччийэ кэлбит. Киэһэ, сүбэлэһэ таарыйа, чэйдии табаарыстарбытыгар Саввиновтарга оҕолорбутун илдьэ бардыбыт, кинилэр эмиэ үс оҕолоохтор. Ийэлэрэ Балбаара ас бөҕөтүн сахалыы астаабыт этэ. Онно кини сүөгэй үүттээх итии чэйин иһэ-иһэ, убаһа этин үрдүгэр түстүбүт. Субай хааны, хартаны сиэх курдук гына-гына кэмчиэрийэн олорорбутун көрөн Владимир Иванович:

– Бу эмээхсин аһа эмиэ аһыйан хаалбыт, – диэтэ.