banner banner banner
Бүтэһик ботуруон
Бүтэһик ботуруон
Оценить:
Рейтинг: 0

Полная версия:

Бүтэһик ботуруон

скачать книгу бесплатно


– Дьону сүгүн аһат, ити киһи дьээбэтин истимэҥ, – диэн сэмэйдик туттунан олорбуппутун таһаарда.

Кэпсэтии, сүбэлэһии түмүгэр кини эмиэ биһигини кытта барсыах буолла. Саа-сэп, таҥас-сап миэхэ баар. Матасыыкылларбытынан Боробул алаастарын диэки барыахха диэн буолла. «Лесхоз дириэктэрэ Владимир Иванович биир эмэ сири булан бултатар ини», – диэн киниэхэ соҥноотубут. Бары да кэлии дьон буолан сири-дойдуну үчүгэйдик билбэппит. Хаар быйыл хойутаата, сир хара турар. Онон куобахчыттар куобаҕы «бүтэрдилэр». Сир харатыгар биһиги эмиэ биир эмэ куобахха тиксэргэ сананныбыт.

Сарсыарда турбуппут, доҕоор, сирбит маҥхайбыт, хаар ыгыччы түһэн кэбиспит. Куобахтаан бүттэхпит дии. Ол да буоллар салгын сии таарыйа, бултуу диэн ааттаан, сып-сап тэринэн Саввиновтартан хоҥуннубут. Бааска улахан «Урал» матасыыкылга Болуодьаҕа олоруста. Мин «Юпитербар» таһаҕаспытын тиэннибит. Сыа хаарга техникабыт олох да хаампат, халтарыйан биир сиргэ эрийэ турар. Бэрт эрэйинэн, үксүн анньан биир үүтээни булан хоннубут. Сарсыарда туран күөлгэ илим үттүбүт. Бултуу кэлбит дьон быһыытынан ойуурга тахсан хаамтыбыт. Элбэх сири кэрийдибит да, биир да куобаҕы көрбөтүбүт, хаарга киһи хараҕар көстүбэт буолбуттар.

Биир ойуурга киирэн кэккэлэһэ хааман иһэбит. Мин ойууру саҕатынан, табаарыстарым үөһүнэн. Ол истэхпинэ, саа ытыыта холобурдаах сиринэн икки туртас ойууртан ойон таҕыстылар. Бастаан бастакытын, онтон иккиһин биирдиитэ ытаттаан хааллым. Кыылларым ойуолаабыттарын курдук ойуолаан, кыракый аһаҕас сири туораан ойуур быыһыгар киирэн көстүбэт буолан хааллылар.

– Тугу ыттыҥ? – туга да суох турарбын көрөн, аттыбынан испит Бааска ойууртан тахсан ыйытта.

– Икки туртас эһигиттэн туран, онон кэлэн аастылар. Кэнникитэ, хайдах эрэ, табылынна дуу диэх курдук санаатым. Ыарыыланар курдук ойуоккалыыра. Баран суоллаан көрүөххэ, баҕар, табыллыбыт буоллаҕына хааннырбыта буолуо, – диэн кэпсии тоһуйдум. Ытыалаабыт сирбэр хаан тохтубута көстүбэт.

– Мин батыһан көрүөм. Болуодьа кэллэҕинэ тиийээриҥ, – диэт, туртастарым суолларын батыһан ойуурга киирдим.

Хаан ханан да таммалаабатах. Ол да буоллар суоллаан истим. Куобахха анаан үстээх доруобунньуктаах ботуруоннары илдьэ сылдьарым. Онон, баҕар, билиммэтэх да буоллахтарына көҥүлэ. Саам ботуруоннарын уларытан, икки сүнньүөҕү угуннум. Урут сүнньүөҕүнэн ыппатах да буолларбын, таарыйдаҕына астаах буолаа ини дии санаатым. Арай иннибэр туох эрэ хамсаата. Көрбүтүм, туртас ойоҕоһунан турар. Сүүсчэ миэтэрэ курдуга. Моонньун төрдүн кыҥаат, ыттым. Кыылым сууллан түстэ. Баран көрбүтүм сытан баран турбут этэ. Сыппыт сиригэр хаан суоҕа. Тугун дьиктитэй, куотан хаалбакка биһигини тугун кэтэстэҕэй?

Дьонум кэллилэр. Ыарыыланан сыппыта чуолкай диэн быһаардыбыт. Астыы таарыйа чинчийдибит. Онтубут баара, биир доруобунньук сымыытыгар түспүт эбит. Ол иһин да, ыарыыланар курдук гынар этэ ээ.

Киэһэлик үүтээммитигэр тиийэн, илиммитин көрөн быччыкы таһааран буһардыбыт. Ол ыккардыгар оһохпутун аһаттыбыт, балык буһуор диэри бэйэбит эмиэ хабыалаан ыллыбыт. Олус минньигэс балыктары астына сиэтибит. Чүмэчи сырдыгар солуурчаҕы иҥнэтэн куруускаларга миин кутаттаатым. Онно көрбүтүм, истэрэ саһарчы буспут улахан баҕайы чохулар солуурчах түгэҕэр адаарыһа сыталлара. Уу баһарбытыгар хараҥаҕа өйдөөн көрбөтөхпүт. Биһиги кинилэргэ олох да кыһаллыбакка, «чохулар да балык бииһэ буоллахтара дии» диэн, бэрт дырылас миини испиппит.

Кармен

Ыалым Баһылай биһикки күнүн аайы кэриэтэ, ардыгар биһиэхэ, үксүгэр кинилэргэ көрсөрбүт. Булка иллэҥ кэммитин элбэхтик ыыппыт буоламмыт, көрүстэрбит эрэ ол айдаана буолара.

Төһө да Василий Прокопьевич аан дойдуга биллэр улахан учуонай буоллар, дьиэтигэр-уотугар олус боростуой, сытыары сымнаҕас, ыалдьытымсах, асчыт бэрдэ киһи этэ. Киирдэхпинэ быраатым кэллэ диэн дьиэтигэр да, даачатыгар да үөрэ-көтө көрсөрө.

Баһылай «муннукка ытаабыт» булчут айылгылаах киһи. Булт саҕаланнар эрэ, икки уостаах саатын ылан кустуу эбэтэр куобахтыы барбыта эрэ баар буолара. Мин үлэм табыллыбат буолан, биирдэ да бииргэ бултаспатаҕым. Бултаан кэллэр эрэ, булдуттан амсатара. Бу кэлин, булка кыайан сылдьыбат буолан баран, икки куобаҕы ырыынактан атыылаһан сааскы булт саҕаламмытын бэлиэтээбиппит. Ол олорон:

– Бу сии олорор куобаххын биирдэ халлаантан түһэрэн турардаахпын, – диэн соһутта.

– Ама, – сонун кэпсээни истээри итэҕэйбэтэҕэ буолан ыйытардыы көрөбүн.

– Чахчы-чахчы, киһи барыта көрбүтэ, – саарбахтаабыппын көрөн эбэн эттэ. Онтон салгыы кэпсээн барда. – Чурапчыга куобах күрэҕэр сылдьабыт. Оччолорго куобах мэнээгэ этэ, турар-турбат бары сылдьар курдуга. Киэһэ хараҥаран, түһэ сытар сирбитигэр баран иһэбит. Кыракый чалым-чулум уулаах үрэҕи туораан эрдэхпитинэ, арай көрдөхпүтүнэ халдьаайы диэкиттэн туох эрэ улахан көтөн күпсүйэн иһэр эбит. Түргэн туттуулаахтар ытан көрдүлэр да, көтөрбүт таптарбакка үрдүбүтүнэн көтөн кэллэ. Саабын ылан, бэлэм турар киһи ытан саай! Онтум өс хоту аҥаара сууллан түстэ, аҥаара көтө турда.

– Эс, хайдах оннук буолуой? – минньигэстик ыһаарыламмыт күһүҥҥү куобах этин сии-сии киһим сирэйин-хараҕын одуулаһабын. Кэргэттэрбит ону-маны сэлэһэ хоско киирэн хаалбыттар. Василий Прокопьевич ахтыыларын хаһан да дарбатан, тупсаран, эбэн-сабан кэпсээччитэ суох. Ол иһин дьиктиргээн тыыммакка да олорон иһиттим.

– Түспүт аҥаарын баран көрүү буолла. Онтубут сып-сылаас куобах буолан соһутта, куобахсыт көтөр кытаахтаан испит.

Ити курдук Баһылай, биир дойдулааҕым, оннооҕор куобаҕы халлаантан ытан түһэрэр байанайдаах булчут этэ. Биирдэ булчут ыттар тустарынан кэпсэтии буолла. Аҕам Кэспиэк, күтүөм Балантыын Моойторук диэн булчут ыттарын туһунан кэпсээтим. Ыттан таһынан сырыыны сылдьар олус булчут этилэр. Кини эмиэ булчут ыттана сылдьыбытын аҕынна. Москубаҕа мунньахха бара сылдьан спаниель боруода ыт оҕотун атыылаһан илдьэ кэлбит, Кармен диэн ааттаабыт. Иитэн, бүөбэйдээн кэлин куска илдьэ сылдьар буолбут.

– Куспун ууттан таһааран биэрэн абырыыра. Окко түспүт куһу хайаан да булан төннөрө,– диэн иһирэхтик ахтан ааспыта. Куһу ууттан кыайан ылбакка, окко түһэрэн баран булбакка булчут дьон төһө кыһыйдыбыт, хомойдубут этэй.

Биирдэ күһүн элбэх буолан оройуоҥҥа ыарыһахтары көрө тиийбиттэр. Үлэлэрэ үмүрүйбүтүн кэннэ кустаабыттар. Син добуочча бултуйан, киэһэ утуйалларын саҕана кустарын үллэстэн сыппыттар. Сарсыарда ким эрэ саҥата:

– Хайа, оронум анныгар ирээт кустарбын бырахпытым суохтар. Ким дьээбэлээтэ, билиниҥ эрэ? – диэн төгүрүччү көрбүт.

Атыттар эмиэ кустарын сүтэрэн соһуйуу бөҕө, аймалҕан буолбут. Василий Прокопьевич уһуктан оронун аннын харбаан көрбүтэ, аҕыйах куһа эбиллэн чөмөх буолбут. Күлсүү бөҕө буолбут, ыта Кармен «бэйдиэ» сытар кустары иччитигэр аҕалтаан «бэрээдэктээтэҕэ» дии.

Дьикти булт

1986 сыллаахха балаҕан ыйын бүтүүтэ алтынньы саҥатыгар бииргэ аармыйаҕа сылдьыбыт табаарыстарым А.И. Луковцев, Д.Г. Халыев буоламмыт тыаҕа хааман сэргэхсийэ түһээри, куобахха диэн ааттаан, бултуу таҕыстыбыт. Куобах мэнээгэ ааспыт кэмэ этэ. Киһилии хаампатахпыт ыраатта. Ол иһин бугуһуйан, барар да сирбит тэйиччи буолан, сарсыарда эрдэттэн сэниэлээхтик хаамыы буолла. Аркадий Иосифович ЛТЦ диэн тэрилтэҕэ суоппардыыр, оттон Демьян Гаврильевич суһал көмө биэлсэрэ. Былаан быһыытынан, эт-сиин тэнийэрин курдук, Нимиидэ үрэххэ баар И.А. Уваров үүтээнигэр диэри тиийиэхтээхпит. Сири-дойдуну билэр киһибит Аркадий сирдээн иһэр.

Күһүн диэтэххэ, сайыҥҥылыы чаҕылыйан түһэн сылаас күн турар. Хаамарга эрдэттэн оҥостон, чараастык таҥнан-саптан сылдьабыт. Алаастан алааска ойуурдары хааман быһыта көрөбүт. Тыаҕа тугу да көрбөккө кэпсэтэ-кэпсэтэ хааман иһэбит. Биир чөҥөлөх алааска киирдибит. Күммүт уота сылытар да сылытар, тиритии да, сылайыы да барда. Арай алаас күөлүгэр биир бөдөҥ кус уста сылдьар, соһуйдубут аҕай. Бачча хойукка диэри кыстыыр сиригэр Камчаткаҕа барбакка туох буолбут куһай диэн таайыы буолла. Чугаһаан көрбүппүт, куоҕас эбит. Кини кыстыыр сиригэр тиэтэйбэккэ барааччы. Куһунан ааҕан куоҕаһы мэнээк бултаабаттар, этэ-сиинэ кытаанаҕа бэрт уонна балык амтаннаах буолар. Ол иһин сиргэ-уокка сылдьан аҕыйах куспутун харыстаан, кинини ытан мииннээн сиирбит. Тириитэ бэртээхэй куллука буолааччы. Тугу да көрбөккө сылдьар булчуттар, киксибиттии, саабыт үрдүгэр түстүбүт. Куспут умсар да умсар, ол умсара ырааҕын! Хайа диэки хайыһан умсарын көрө-көрө сырсыакалаһыы бөҕө буолла. Куоҕас тыын сиригэр таптарыар диэри өлөн-быстан биэрбэт. Күөлү тула туран, быктар эрэ «саайан» иһэбит. Уончалыыта ыттыбыт быһыылаах. Кэмниэ кэнэҕэс төбөҕө табыллан мөхсөн ылла.

– М-манна эбиэттээн б-барыаҕыҥ,– диэн Намыйаан тардыалатан этии киллэрдэ.

– Мин куһу таһаарыам, эһиги уотта оттон уута туруоруҥ, куоҕаспытын буһарыахпыт, – диэт, ойуурга уһун ураҕас буолар хаппыт титириги көрдүү бардым.

Күөл уута төһө да тымныйдар, арыый эдэр сылдьан иҥнэн-толлон турбат буоларым. Биирдэ дойдубар сылдьан, өссө мантан хойутуу быһыылааҕа, үөл куһу харбаан киирэн таһаарбытым. Силиим кытта тоҥмута быһыылааҕа. Икки ураҕаһы булан аҕалыахпар диэри сиккиэр тыал куспун син тыа диэки чугаһаппыт. Ураҕастарбын холбооттоон, балай эмэ эрийсэн куспун ыллым. Уолаттар кэтэһэн туран, куспутун саҥа көрөр киһилии, көрүү-истии бөҕө буоллулар. Улахан далан куоҕас эбит диэн түмүктээтилэр.

Аркаас быһаҕын ылан куоҕаһы сүлбүтүнэн барда. Намыйаан ойууртан эбии хаппыт мас аҕалан уотугар эбэн биэрдэ. Аркаас куһун эттии туран:

– Уолаттар, кэлэн көрүҥ эрэ, – диэн тоҕо эрэ ыҥыртаан ылла. Арай тиийэн көрбүппүт, куолайа толору мунду эбит! Ыган, хайытан ылбыппыт икки үтэһэ буолла. Куспутун буһаран, балыкпытын үөлэн, Байанайбытын аһатан, уруккуну-хойуккуну сэһэргэһэ-сэһэргэһэ бэркэ да сынньанныбыт этэ.

Өссө да олоруох дьону сирдьиппит тиэтэттэ. Күбээдики диэн алаас тыатын тэбистибит. Онно Намыйаан биир куобаҕы ытан ылла. Кулаада сиһин сыыйдыбыт. Ол хааман истэхпитинэ, арай эмиэ Аркаас ыҥыртыыр саҥата иһилиннэ. Чугаһаан иһэн көрдөхпүнэ, маҥан туох эрэ көһүннэ. Отон уктаах ырааһыйа баарыгар маҥан да маҥан Хаар Эбэ бэйэтинэн олорор эбит. Эмиэ мустан, көрбөтөхпүтүн көрөн, сөҕүү-махтайыы бөҕө буоллубут.

– Хайа, манна эмиэ Хаар Эбэбит баар эбит дуу? – Аркаас сөрү диэн сөхтө.

– Мин Элгээйи мусуойугар кини чуучалатын көрбүтүм. «Кыһыл кинигэҕэ» киирбит көтөр. Хоту баар дииллэр, – диэн ботугураатым.

Көтөрбүт биһиэхэ төрүт да кыһаллыбат курдук туттар. Төгүрүк, киэҥ, ап-араҕас харахтарынан чыпчылыйан да көрбөккө чоҕулуччу көрө-истэ олорор.

– Көрүҥ эрэ, тугу эрэ баттаан олорор буолбат дуо? Өссө чугаһаан көрүөҕүҥ эрэ, – диэн Аркаас иннин диэки сыҕарыйда. Биһиги эмиэ сэрэнэн хаампыта буоллубут. Онно дьэ, төһө да тыҥырахтаах көтөрүн иһин, син саалаах дьонтон чаҕыйда быһыылаах, булдун хаалларан бэрт чэпчэкитик көтөн таҕыста. Саха сирин сэдэх көтөрө төрүүр-ууһуур туундаратын хаалларан хайдах бу дойдуну булла? Тугу туппут эбит диэн баран көрбүппүт, сып-сылаас куобах эбит. Оо, онно фотоаппарааппын аҕалбатахпыттан хомойдум да этэ.

Салгыы сиһи хааман өссө биир куобаҕы өлөрдүбүт. Уваров үүтээнэ манан буолуохтаах диэн сирдьиппит куобаҕын үрүсээгэр уктаат, ыйбыт сирин диэки түһэ турда. Биһиги, кус оҕолорун курдук, батыһан бара турдубут. Киэһэ боруҥуйуута оруобуна Нимиидэҕэ Иннокентий Алексеевич өтөҕөр тахсан кэллибит. Лэгэнтэй оҕонньор үүтээнигэр баар эбит. Мантан Ытык Күөл икки көс ыраах. Онон оҕонньорго хонор буоллубут, былааммыт да оннук этэ. Кырдьаҕаһы кытта ыаһахтаһан, киэһэни билбэккэ аһардыбыт. Сарсыарда сынньанан, чэпчээн турдубут. Эмиэ тыаны кэтэн, Хаар Эбэ көмөтүнэн бары илии тутуурдаах, өттүк харалаах киэһэ сөпкө дьиэбитигэр кэлбиппит.

Бастакы саа

Быраатым Март Николаевич ийэм Марфа Гаврильевна-Улахан Мааппа бииргэ төрөөбүт кыра балта Кыра Мааппа соҕотох оҕото. Үлэ, үөрэх сырсыытыгар дэриэбинэбититтэн тэйбиппит ыраатта. Онно билигин биирдэ эмэ охсуллан сылдьар ыалдьыппыт, хонон ааһар хоноһобут. Март Николаевич үөрэхтэнэн сэбиэскэй-партийнай үлэҕэ, кэлин нэһилиэк аҕа баһылыгынан уһуннук үлэлээбитэ. Сынньалаҥҥа тахсан, киин куоракка сиэннэрин биэбэйдиир. Булт туһунан бэйдиэ кэпсиирин сөбүлээбэт, ыган ылбыт ураты ахтыыларын олус сэҥээрэн киллэрдим.

Мин, аҕата суох улааппыт уол, эр киһи туттар сэбэ-сэбиргэлэ, булдун саата, ол-бу тэрилэ диэҥҥэ туох да сыһыана суох киһи улааттаҕым дии, эгэ, техникаҕа сыһыан кэлиэ дуо?

Тыа сирин оҕотун быһыытынан, бэһис кылаастан от үлэтигэр улахан дьону кытта сайыны быһа бииргэ үлэлиирбит. Онон дьону кытта сыһыаны, тыа сирин үлэтин-хамнаһын үчүгэйдик эппэр-хааммар иҥэрэн улааппытым. Ол эрэн оҕо эрдэхтэн аҕа үлэҕэ-хамнаска такайыыта суоҕа син биир олоххо биллэрэ чахчы.

Эр киһи быһыытынан ытык иэспин ийэ дойдубар төлөөн, 1974 сыллаахха эргиллэн кэлбитим. Ол икки сыл миэхэ улахан туһалаах буолбута. Аармыйаҕа Воркута куораттааҕы пограничнай этэрээккэ түбэһэн сулууспалаабыппын олохпор биир улахан табыллыым дии саныыбын. Ол курдук пограничнай сулууспа үрдүк дьиссипилиинэни, билиини, бойобуой сэби-сэбиргэли үрдүк таһымнаахтык баһылыыры, наада буоллаҕына сатабыллаахтык түргэнник туттары ирдиирэ. Ону таһынан бэйэ-бэйэҕэ өйөбүллээх доҕордуу сыһыаны олохтооһун этэрээккэ халбаҥнаабат ирдэбил буолара. Ол иһин куруук уостан түспэккэ кэпсэнэр «дедовщина» биһиэхэ суох этэ.

Онно тииргэ, «халлааны» да буоллар, аан маҥнай сааны эспитим. Киэһэ взводпут сержана Федоров үөрэтэр кэбиниэккэ киллэрэн аптамааты хайа балаһыанньаттан хайдах ытары, сыалы булларары, кыҥыыры истиэндэҕэ көрдөрө-көрдөрө үөрэппитэ. Ол кэнниттэн ротабар биир бастыҥ ытааччы буолбутум.

Сулууспам кэнниттэн дойдубар кэлэн, сөбүлүүр кыыспын көрсөн ол сыл ыал буолбуппут. Бастакы оҕобут Коля төрөөбүтэ. Иккиэн эдэр дьон буолан үлэлээн-хамнаан кэм хамнастанан уонна ийэм көмөтүнэн, ийэм бииргэ төрөөбүт эдьиийин кыыһа Маайалаах, күтүөппүт Балантыыннаах дьиэлэрин атыыласпыппыт. Аймахтарбыт буолан төлөбүрүн ыксаппатахтара, ол эрэн бары үлэлиир буолан, син түргэнник төлөөн бүтэрбиппит. Ыал аҕата буолан, туттар сэп-сэбиргэл тэриммитим. Дьэ, онтон саа наада буолбута. Дөкүмүөннэрбин хомуйан Ньурбаҕа киирдим. Доҕотторум «ТОЗ-34-Е» диэн булгу туттахха ботуруонун бэйэтэ быраҕар сааны ылаар диэн сүбэлээбиттэрэ. Маҕаһыыҥҥа оннук саа суох эбит, хаһан кэлэрэ биллибэт. Онон атыыһыт сүбэтинэн «ТОЗ-34-З» диэн сааны ыллым, онтум штучнай диэн син добуочча сыаналаах эбит.

Бултуу үөрүйэҕэ суох киһи бастаан үөрэнэ түһээри соҕотоҕун чугас эргин сайылык таһынааҕы күөллэринэн сырыттым. Куһу син көрөр этим да, олох таппат этим. Ол иһин, дьон көрөн күлүө дии санаан, соҕотох сылдьыбытым курдук бара турарым. Ол саҕана биэстэ эстэр саа саҥа тарҕанан эрэр кэмэ этэ. Уолаттар саҥа оннук саалары ылан баран «уоҕа бэрт, наһаа өрөтөр, ол иһин отой аллараа көрөн ытабыт» диэн кэпсэтэллэрин истэрим. Биирдэ ону өйдөөн кэллим. Дьэ туран, сыал ытан көрөргө сананным. Үрүсээкпэр сыал оҥосторго анаан хаһыат угуннум уонна дэрибинэттэн чугас Дылбаны диэн алааска бардым. Биир баараҕай тииккэ хаһыаппыттан хайытан сыал оҥорон ыйаатым уонна 60 хаамыылаах сиртэн ытан саай! Баран сыалбын көрбүтүм… биир да доруобунньук таппатах. Хайдах-хайдах баҕайыный диэн чинчийэн көрбүтүм, сыалым лаппа үрдүнэн доробунньалар тиит хатырыгар бачыгыраччы түспүттэр. Ол иһин иккиһин сыалым лаппа аннынан көрөн ыттым. Сыалбын баран көрбүтүм, ортотун арыый үөһээ өттүнэн хойуутук түспүттэр. Дьэ, ол кэнниттэн син табар буолбутум. Булка үөрэтэр-такайар киһитэ суох, соҕотох бэйэ үөрэнэрэ ыарахан этэ. Күөрэтэн ытарга эмиэ өр эрийсэн табар буолбутум.

Ийэм Марфа Гаврильевна пиэрмэҕэ ыанньыксыттыыра. Ол саҕана сопхуос муҥутуурдук сайдан турар кэмэ этэ, тыа сирин олохтоохторо дьэ арыый сэниэлэнэн быр бааччы олорон барбыттара. Бары даҕаны үлэни өрө туппут туруу үлэһит этилэр. Сааһыран баран санаатахха, кырдьык да, чаҕылхай дьон аттыбытыгар баалларын буолуохтааҕын курдук ылынар эбиппит. Хаһан эмит барыларын санаан «Дьоруойдар биһиги ортобутугар» диэн суруйар киһи дьон өйдүү-саныы сылдьарыгар, оҕолоругар-дьонноругар үтүө өйдөбүл буолуо этэ.

Арай биир киэһэ Туостаах сайылыгыттан дьиэбэр дэриэбинэҕэ быһа баран иһэн Хооллугаҕа кыратык кус маныы түһэргэ сананным. Кус көҥүллэнэн турар кэмэ буолан, онно-манна саа тыаһа иһиллэр. Киэһэрэн борук-сорук буолан, дурда-хахха оҥостор бокуой суоҕа, хомус быыһыгар киирэн турунан кэбистим. Биир да кус кэлэн ааспата, көппөт күнэ быһыылаах. Өссө кэтэһэ түһэбин дуу, суох дуу диэн сыҥааҕырда турдахпына, арай күөл баһын диэкиттэн биир кус көтөн күпсүйэн иһэрэ көһүннэ, хаптас гынным. Оччону көрөн баран ыраахтан кыҥаабытынан бардым. Ол туран хараҕым кырыытынан көрдөхпүнэ, биир кус үрдүбүнэн бастакы куһу кытта быһа охсуһардыы көтөн иһэр эбит. Кыҥаан туран быһа охсуһан ааһар кэмнэригэр ытан саайдым. Кустарым өс хоту кулахачыйбытынан сиргэ кэлэн тэйиэккэлэһэ түстүлэр. Үөрүүбүттэн ойон туран сүүрүөх курдук гынан эрдэпинэ, уу чуумпуга киһи саҥата:

– Тоҕо бэрдэй ити, – диэн соһутта, олоро түһэ сыстым. Көрбүтүм, кэннибэр сыыр үрдүгэр Алексеев Николай Федорович-Сырбатта диэн ыанньык сүөһү биир солбуллубат бостууга кэлэн турар эбит.

– Дьэ, нохоо, сааҥ үчүгэйэ бэрт эбит! Миигинниин сааҕын сааҕа атастас, эбии өссө харчынан төлөһүөм, – диэтэ.

– Ээ, суох. Баар-суох бастакы саабын атастаһар да, атыылыыр да санаам суох, – диэн кыккыраччы аккаастаатым. Ньукулай күлэн ылла:

– Үчүгэй сааны үчүгэйдик көрө-харайа сырыт. Оччоҕо үчүгэй сааһыт буолуоҥ, – диэн сүбэлии, алгыы хаалла.

Ол үөһэнэн көтөн иһэр халбалары аан бастаан холбоон түһэрбиппиттэн үөрбүппүн билигин да умнубаппын.

Байанайдаах «түүл»


Вы ознакомились с фрагментом книги.
Для бесплатного чтения открыта только часть текста.
Приобретайте полный текст книги у нашего партнера:
Полная версия книги
(всего 10 форматов)