banner banner banner
Алыһардаах Аана
Алыһардаах Аана
Оценить:
Рейтинг: 0

Полная версия:

Алыһардаах Аана

скачать книгу бесплатно


– Субу мантан тус соҕуруу, күн ортотун туһунан бардахха, улуу Эбэ бэтэрээ өттүгэр, уу долгунун курдук кэрдиистэнэн үөһэ тахсар, күөх тумарык түһэн турар сирэ баар. Ол сир саамай оройугар олорор сэттэ бырааттыы тоҥ омуктартан улахан уол кэргэнин, бултуу бартарын кэннэ киирэн, уоран аҕалбытым.

Аҕата эппит:

– Ол дьонуҥ эккирэтэн кэлэр буолтар. Онон тус-туспа олоруохха, биһигини өлөрдөхтөрүнэ, эһиги ордуоххут, эһигини өлөрдөхтөрүнэ, биһиги хаалыахпыт, – диэн оҕонньор бүтэһиктээх быһаарыыны эппит уонна оҕолорун туспа олорпут.

Кучан күөлүгэр баар «Туоҕа өтөҕүттэн» аҕыс биэрэстэ холобурдаах Инньээн диэн улахан күөл баар, ол ортотунааҕы тумуһаҕар Мэтэгэр Бэс диэн муҥха тахсарын бэлиэтиир улахан бэстэрэ баарын таһыгар буор холомо оҥостон, уоллаах кыыс олорбуттар. Бу күөлү хойукка диэри кыыс аатынан Инньээнчэ дииллэрэ (билигин Инньээн диэн ааттыыллар). Кыыс халлаан сырдыыта ынах ыаһан, уол туутун көрөн, туһаҕын кэрийэн күн ойуута кэлэр эбиттэр.

Сир тоҥор, хаар түһэ-түһэ ууллар буолуута, биир сарсыарда уол да, кыыс да кэлбэтэхтэр. Кэтэһэ сатаан баран, Туоҕа Боотур оҕонньор баран көрбүтэ, уолун куорсуннаах оҕунан курдаттыы ытан кэбиспиттэрэ, тиити кууспутунан туран эрэ өлбүт, кыыс суох, ылан барбыттар. Уолларын аҕалан, ытаһан баран көмпүттэр. Туспа дууһалаахтар быстыахтара дуо, олороохтообуттар.

Уоллаах кыыс буор сыбахтаах холомо тутан, сыбах оһоҕунан ититэн олорбуттар эбит. Инньээнчэлээх биирдэ утуйа сыттахтарына, түүн ортотун диэки, күһүҥҥү хараҥаҕа бэрт сөҥ саҥалаах киһи хаһыытаабыт, уоллаах кыыс соһуйан уһуктубуттар. Уол хотохоонун сулбу тардан ылан, таһырдьа ыстаммыт, дапсы тыаһа табырҕаабыт, икки киһи көтөн түһэн, кыыһы сарыы суорҕанынан саба быраҕан, хамсаабат гына чороччу эрийэн, хааһах иһигэр уган сүкпүттэр. Кыыс бу урукку кэргэнэ илдьэ иһэрин кэпсэтэр саҥаларыттан билбит. Иккис Дьааҥы диэн ааттаммыт улахан Сиинэ оройугар олорор дьон (билигин Горнай оройуонун сирэ) түөрт уон көстөөх сиргэ сүгэн илдьиэхтэрэ дуо, кыыһы Дэбэки бэһин бэтэрээ өттүгэр түһэрбиттэр, хааһаҕын тиһилигин сүөрэн, сиэтэн аҕалан уот иннигэр тобуктаппыттар. Эрэ Дьабдьыл хотохоонун тирээн: «Аны куотуом суоҕа диэн аал уоккар андаҕай, саманна ортоҕунан быһан, төбөҕүнэн хайытан көмөн барыахпыт!» – диэн хаайа турбут.

Кыыс уот иннигэр тобуктаан, сэттэ хотохоонунан (батыйанан) тирэнэн, киэҥ көхсө кыараан, оччотооҕу уодаһыннаах хараҥа олох оонньуура буолан, күн-хаан тирээн, икки хараҕын уута чөмчүүк таастыы таммалаан: «Мин сөбүлээбиппэр эһиги аҕаллыгыт дуо, күүһүнэн хааһахха уган, сүгэн барбыта, эһиги ситэн көмүскээбэтэххит», – дии олорбут.

Аччыгый уол Сокор, саҥаһын аһыннаҕа буолуо, убайдарын хотохооннорун киэр тарыйбыт уонна саҥаһын сиэтэн илдьэн аһаппыт. Ити кэнниттэн туох да саҥата суох ортолоругар уктан илдьэ барбыттар. Улахан уол Дьабдьыл кэргэнин аҕалан, сүтүктэрин булбут дьон быһыытынан, үөрэн-көтөн уруккуларын курдук олорбуттар. Бу дьон Улахан Сиинэ үрдүгэр сүүһүттэн тахсыбыт кыыс абаҕатын кытта куруук бииргэ ураһаларын туруоран олорбуттар. Кыыс хабдьыга туһахтыыр, куобахха айалыыр уонна сэттэ киһи таҥаһын оҥорор, аһын бэлэмниир. Аччыктыыр, бултуйбат диэни үйэлэригэр билбэттэр. Тоҥ омуктар (биистэр) өбүгэ саҕаттан кэспэт биир алдьархайдаах абыычайдаахтар: кэргэннэрэ атын омуктан оҕолонноҕуна, төһө да аһыйбыттарын иһин, ити оҕону өлөрөн кэбиһэллэр. Хараҥа үйэ абыычайа да хараҥа этэ.

Хонуктар ааһан истэхтэрин аайы Инньээнчэ ити амырыын абыычай кыһалҕатыгар түбэһиэхтээҕин сэрэйбитэ. Урукку кэргэнэ Күрүөлээх Харахтаах Күрэнтэй Бэргэнтэн ыарахан буолбутун билиммитэ. Саха оҕото төрөөтөҕүнэ, дьонноро син биир өлөрүөхтэрэ, куотан да диэн төһөнү ыраатыай, биир көһү ыыппакка ситиэхтэрэ турдаҕа. Онон Инньээнчэ санаарҕаан быһа охсубут быһаҕаһа, хайа охсубут аҥаара хаалбыта, ыран-дьүдьэйэн барбыта.

Биирдэ абаҕатыгар эт таһаара тахсыбытыгар, оҕонньор сандалытын уот иннигэр аҕалан, чоҥку охсон, оҕотун чэйдэппит уонна ыйыппыт: «Туох дьоҥҥо бара сырыттыҥ, тоҕо ыраҕын-дьүдьэйэҕин, кэпсии олор», – диэбит. Инньээнчэ: «Сылгы-ынах сүөһүлээх улуу Хоро тойонун Тыгын сиэнигэр, самантан тус хоту күн тахсыытын туһунан, улуу Эбэ бэтэрээ саҕатыгар баран, олус үчүгэйдик олордохпуна, кэргэммин өлөрөн баран илдьэ кэллилэр, киниттэн ыарахан буолбуппун»,–диэн абаҕатыгар ыар-баттык буолбут санаатын кэпсии олорбут. Тирээн кэлбит кыһалҕаны хайдах да халбарытар кыахтара суох, иккиэн ытаспыттар. Кыыс тахсаары олордоҕуна, оҕонньор манныгы эппит:

– Дьэ, тукаам, күрээтэххинэ эрэ тыыннаах ордоҕун, икки хос сарыы сонно тигин, ол иһигэр итиигэ ирбэт, тымныыга тоҥмот сыата сирийэн өйүөтэ бэлэмнэн. Онтон атынын кэнники сүбэлэһиэхпит.

Оҕотун сыллаан, санаатын көтөҕөн атаарбыт. Кыыс курупааскыга ииппит туһахтарын, куобахха ииппит икки ойдоох ырбалаах мас айатын, тайахха тарпыт сулус ырбалаах мас айатын көрөр, итинэн санаатын аралдьытар, абаҕата күрүөҥ диэбититтэн улаханнык дьулайа саныыр. Киһи санаата тиийбэт ыраах сиригэр хайдах тиийиэй? Сэттэ эр бэрдэ кини эрэйдээҕи үрүҥ хаар үрдүгэр суоллаан, ыраатыннарбакка ситиэхтэрэ, оттон саха оҕотун төрөттөҕүнэ, үгүһү толкуйдуу барбакка, өлөрүөхтээхтэрэ турар. Ити кыһалҕатыттан кини күрээн көрөргө быһаарынар. Абаҕам тугу эмэ толкуйдуо диэн эрэнэ саныыр.

Күннэр ааһан иһэллэр, кыыс ол аайы ыараан, бытааран иһэрин билинэр, дьыл сааскытыйан, хаар кытаатан, киһи туутунан эрэ сылдьар, сатыы киһи мас да устата барбат бириэмэтэ буолбут.

Биирдэ аһаан тэллэҕэр хастаран аһатар табаларын бөрө ыспыт, дьоно бөрөлөрү сойуолуу, табаларын көрө бараары олордохторуна: «Бүгүн улахан буурҕа буолар, оҕолор, барымаҥ», – диэн оҕонньордоро киирэн эппит.

Сарсыарда үчүгэй баҕайы чуумпу күн буолла, Дьабдьыл тэһийбэтэ, тура-олоро сатаата уонна эттэ: «Оҕолор, ити кырдьаҕас түөһэйбит, бу бэйэлээх ыраас күҥҥэ туох буурҕата түһэр үһүө? Барыаҕыҥ», – диэн тэринэн барбыттар.

Кыыс үлэтин бүтэрэн абаҕатыгар тахсыбыт, эмиэ сандалытын уот иннигэр аҕалан, оҕотун чэйдэппит уонна маннык сүбэлии, кэпсии олорбут:

– Дьэ, тукаам, бу түүн күрээтэххинэ сатанар, кинилэр да буоллар киэһэ сылайан, нэһиилэ кэлиэхтэрэ. Олус сылайаннар, кэлээт, охтон утуйуохтара, кытаанахтык утуйбуттарын кэннэ, сэттиэннэрин кэтэр хайыһардарын өлүөр этэ быһах ончоҕун саҕа хаалар гына быһыта суруйан кэбиһээр, бүрүөтүн төттөрү сыһыардаххына, бу тымныы халлааҥҥа түргэнник сыста тоҥуо, оччоҕо билиэхтэрэ суоҕа. Субу мантан күн тахсыытын туһунан бардаххына, аҕыс күөлү ааһан, тохсус уҥуоргу тыата тараах тииһин курдук аччаан көстөр улахан күөлгэ тиийиэҕиҥ, ол күөл бэтэрээ өттүгэр халлаан сырдаатаҕына көрдөххүнэ, дуур булгунньаҕы умса уурбут курдук, тибиргэлээх буолуо, ону саамай кытаанах хомураҕын булан, хастан киирэн сытаар. Буурҕа суолгун тибиэҕэ, буурҕа астыар диэри онно сытыахтааххын. Дьэ, тукаам, куһаҕан түүлү түһээбэтэҕим, киһи төрдө буолаар, – диэн оҕонньор оҕотун сыллаан, алҕаан атаарбыт.

Күн киэһэриитэ эмискэ тоҥ маһы тоһутар, ураһаны көтүтүөх курдук алдьархайдаах буурҕа түспүт. Ыкса киэһэ маамыктанан курдаһан, дьоно ыран-быстан, дьиэлэрин нэһиилэ булбуттар. Кэлээт, наһаа сылайан, туох түбэһиэх охтон, утуйан хаалбыттар. Кыыс өйүөтүн суулаан, таҥаһын таҥнан, ураһатын аанын тутан туран, бырастыылаһан кэриччи көрбүт. Икки хараҕын уутун үтүлүгүн таһынан хаһыйа соттон тахсан барбыт, дьонун хайыһардарын өлүөр этэ быһах ончоҕун саҕа хаалыар диэри быһаҕынан быһыта суруйан баран, уунан ибиирэн бүрүөтүн хат сыһыарбыт уонна күн тахсыытын туһаайан, будулуйа турар буурҕаны ортотунан киирэн барбыт.

Аҕыс күөлү ааһан, тохсус күөлүн уҥуоргу өттүгэр тиийиитигэр, халлаан суһуктуйа сырдаан барбыт. Өйдөөн көрбүтэ, уҥуоргу тыата тараах тииһин курдук аччаан көстөр улахан күөл эбит. Абаҕам бу күөлү эттэҕэ диэн хайыһарын устан, кытаанах хомураҕы хастан киирэн сыппыт. Өр-өтөр буолбатах, дьоно төттөрү-таары үрдүнэн кэлэн ааһыталаабыттар, хаһыытаан ыҥырбыттар. Инньээнчэ олус сылайан, кэнникинэн утуйан хаалбыт.

Уһуктубута буурҕа астыбыт, хайыһарын кэтэн, күн тахсыытын диэки туһунан баран испит. Дьоно кыыс хастан сыппыт сириттэн үс күөлү ааһааттарын кытта бастакы хайыһардара тостубут. Күрүөйэх кыыс итиннэ үс хайыһар тостубутун көрбүт да, дьоно иннилэрин хоту бара турбуттар. Ону көрөн, соҕуруу өттүлэринэн ырааҕынан тумнан баран испит. Түүн сыгынах хоонньугар хататынан саҕан, уот оттунан нуктаан ылар. Ол курдук айаннаан, ахсыс хонугар дьонун дьиэтин кэннигэр Эбэ хапчылыгар хайыһарын устубут. Дьиэҕэ киириэн тойонуттан толлон, кыбыылаах от иһигэр киирэн, хотунун күүтэн сыппыт. Үрүмэччи эмээхсин сүөһүтүн киллэрээри тахсыбытыгар, кийиитэ утары туран кэлбитигэр, бастаан соһуйбут, онтон билэн, сыллаан ахтылҕанын таһааран баран, киллэрэн хотон түгэҕэр олордон аһаппыт.

Оҕонньоруттан дьулайан, ол киэһэ тугу да эппэтэх. Сарсыарда аһыы олорон эмээхсин оҕонньоругар:

– Мин бэрт муода түүлү түһээтим, түһээтэхпинэ оҕобут доҕоро Инньээнчэ кэлбит. Арай кэлэрэ буоллар, оҕонньор, хайдах буолуо этэй? – диэбит.

Оҕонньор олорбохтоон баран:

– Мин бөөлүүн түһээтэхпинэ, киһи киирэн, кийиитиҥ эн уолгуттан уҥа ытыһыгар күөх мэҥнээх, хаҥас ытыһыгар ынах, сылгы түүтэ тутуурдаах бэрт толору дьоллоох уол оҕону төрөттө диэн кэпсии турдаҕына уһуктан хааллым. Ол биһиги оҕобутун туох ааттаах сураҕын иһитиннэриэ баарай? – диэн сөҥөн олорбут.

Итиннэ эрэ эмээхсин Инньээнчэ күрээн кэлбитин кэпсээбит. Оҕонньор саҥата суох истэн олорон баран эппит:

– Оҕом сөпкө кэлбит, хайыһардарын быһыта суруйбут буоллаҕына, саҥа хайыһар оҥостон бу хаар үрдүгэр кэлэр кыахтара суох. Хаар ууллуута үрэх уҥуор көһүөхпүт. Онно бэрт үтүө сирдэр бааллар, эккирэтэн кээлтэрин да иһин, абыычайдарын кэһэн, үрэҕи туоруохтара суоҕа. Оҕоҕор эт, уруккутун курдук киирэ сырыттын. Биһиги уолбут оҕото буоллаҕына, уҥа ытыһыгар күөх мэҥнээх, хаҥас ытыһыгар сылгы, ынах түүтэ тутуурдаах уол оҕо буолуо. Атын омук оҕото буоллаҕына биһигиттэн хоргуппатын, ону билэ-билэ киирдин, – диэбит.

Инньээнчэ уруккутун курдук киирэн олорбут. Хонуктар ааһан испиттэр. Эмээхсин сылгы, ынах түүтүн этэрбэһин иһигэр уктан хаһаанар идэлэммит. Кэм-хонук кэлэн, кыыс төрөөрү талыыламмытын, сарыы быыс тардан, эмээхсин ыарыылаабыт. Өр буолбатах, эмээхсин уол оҕо төрөөбүтүн бэлэмнээн турар хара саһылыгар суулуу тутан, ортотунан иҥиннэрэн баайа турдаҕына, оҕонньор быыс таһыгар кэлэн: «Оҕону таһааран көрдөр эрэ!» – диэн баргыйбыт. Икки илиитин мукуччу туттан, тымныырҕатан ытаан бахсыйа сылдьар оҕону эмээхсин таһаарбытын, оҕонньор оҕо илиитин көрбүтэ, уҥа ытыһыгар күөх мэҥнээх, хаҥас ытыһыгар түү тутуурдаах эбит, ону көрөн оҕонньор унуоҕа хамсыар диэри үөрбүт:

– Ол иһин оҕобут билэн кэлбит, кырдьык биһиги уолбут оҕото эбит, тыын оннугар тыыннаммыт, дууһа оннугар дууһа кэлбит. Тура төрүөбүт Турун диэн киһи буолаар, – дии-дии көтөҕөн ылбыт.

Бу оҕо сахалары уонна олохтоох тоҥ омуктары иккиэннэрин иллэһиннэрбит, кини үйэтигэр кыргыс буолбатах. Тура Төрүөбүт Турун Ньидьили күөлү сөбүлээн, онно олоҕурбута эбитэ үһү.

    Н. Егоров

Лүүчүннэр үйэлэр аҥааттар аартыктарынан. – Дьокуускай: Бичик, 2003. – С. 302–311.

Туоҕа Боотур

Былыр биир уоллаах оҕонньордоох эмээхсин олорторо үһү. Бэйэлэрэ баай дьон, уоллара улаатан ойох ылбыт. Оччотооҕуга баай ыалга баай тоҥустар атас киирэллэрэ эбитэ үһү. Биир саас бу ыалга биир тоҥус атас киирбит. Нөҥүө дьылыгар улахан тоҥот буолбутугар, саас хойутуу эмиэ киирбит.

Били тоҥус, түүн хоно сытан, дьиэлээх уолу утуйа сыттаҕына уоран өлөрөн кэбиспит. Ол түүн кийииттэрин уоран дойдутугар күрүүр. Бэрт өр айаннаан тоҥус дойдутугар тиийбиттэр. Ураһаҕа хараҕа суох оҕонньору кытта эмээхсин эрэ баар эбит.

Ол сайыны сайылаабыттар. Кыһын ааһан, саас буолан барбыт, ол тухары эр киһи куруук булка сылдьар. Бэйэтэ аһары сытыы-хотуу, булчут киһи. Кийиит куруук санааргыыр, аһы кыайан аһаабат, иинэн-хатан иһэр. Саас тоҥот буолуута уол тоҥоттуу барбыт. Уола суоҕар оҕонньор кийиититтэн ыйытар: «Тоҕойуом, тоҕо куруук санааргыыгын? Туоххар сатаммаккын дуу, дойдугун ахтаҕын дуу, биитэр киһигин сөбүлээбэккин дуу?» Онуоха кыыс: «Дьэ, тойонум оҕонньор, кырдьык мин дойдубун ахтарым бэрт, киһибин да сөбүлээбэппин. Өлүөхпүн баҕарбытым иһин, сатаан өлбөппүн, моҥнон өлө сатаан көрдүм да өлбөтүм, ууга-уокка түһэн өлүөхпүн Айыы тойон накаастыа диэн куттанабын, онон эһиги биитэр киһи, биитэр кии гыныҥ», – диир. Онуоха оҕонньор, толкуйдаан баран, кийиитин аһынан сүбэлиир: «Чэ, тоҕойуом, оччоҕо бу курдук гын: сарыы сонуҥ иһинэн үс хос гына кыыл таба таһын сирин, ол үчүгэй өйүө буолар сүгэн да, соһон да сылдьардааҕар. Мин биир ыйдаах тоҥот буолар сататын түһэрэбин, онуоха диэри дойдугун булуоҥ. Хата, ол ону киһиҥ кэлэн эккирэтиэ, оччоҕо ити икки ыттааҕын билэҕин, олоро ситиэхтэрэ, ону ситтэхтэрин аайы туктуу-туктуу симиммит эккиттэн ойо тардан ылан быраҕан биэрэ ис. Үстэ ситэн баран төнүннэхтэринэ, салгыы уонна батыһыахтара суоҕа, биһиги булчут ыттарбыт оннук ыйаахтаахтар».

Кийииттэрин оҕонньор эппитин курдук тэрийэннэр, ыытан кэбиһэллэр. Барарыгар оҕонньор: «Дойдуҥ сайыҥҥы күн тахсыытын туһунан баар, ону көрбүтүнэн сырайыҥ хоту баран иһээр. Уолум кэлэн миигин өлөрөрө буолуо, барбыта өр буолла диэн көрүөм», – дии хаалар.

Үс түүннээх күн айаннаабытын кэннэ, икки ыт ситэн кэлтэригэр, сонун сириэһиниттэн быһа тардан ылан быраҕан биэрэр. Ыттар билэннэр төннөн хаалаллар. Онтон улахан тумуһах бэтэрээ уонна уҥуоргу өттүгэр икки төгүл, субу сиэх курдук, ситэн кэлтэригэр ас биэртин аһаан баран, төннөн хаалтар. Били оҕонньор эппитин курдук онтон ордук эргиллибэтэхтэр.

Ый кэриҥэ айаннаан, ириэрии буолуута дойдутугар тиийэр. Олорор сиригэр кэлэн баран, дьонуттан куттанан хотоҥҥо киирэр. Хотоҥҥо сылдьааччылар урукку хотуннара кэлтин билэннэр, дьиэттэн кистээн ас таһан аһаталлар. Бу сытан дьахтар сотору төрүүр кэмэ кэлбит. Хотоҥҥо төрүөн сүрэ бэрт, Айыыһытым да салыйыа дии саныыр, онон ыксаан хотунун ыҥыртарар. Эмээхсин кийиитэ кэлтин билэн олус үөрэр, ол гынан баран оҕонньор сүрдээх кырыктаах эбит, онон хайдах да гыныахтарын булбаттар. Кийииттэрэ «айыылааҕын, өлөрдөҕүнэ өлөрдүн» диэн дьиэҕэ киллэртэрэр. Кийииттэрин киллэрэн хаҥас диэки сытыарбыттар, оҕонньор кырдьан халтаһата саба түһэн хаалан көрбөтөх. Күнүскү ынах ыамын саҕана дьахтар төрөөрү ыалдьыбыт, ыалдьаары ыалдьан наһаа бэрииһэйбит, үөһээ саҥата үөһэ, аллараа саҥата аллара буолбут. Уот иннигэр киирэн утуктуу олорор оҕонньор соһуйан: «Хайа, эмээхсиэн, бу туох-туох буолла? Биһиэхэ итинник буолуох киһи суох этэ дии, биир баар буолуоҕа сатамматаҕа», – диэбит. Эмээхсин туран оҕонньорун моойдоон туран көрдөспүт: «Дьэ, оҕонньор, ити, били оҕобут доҕоро куотан кэлбитин баччааҥҥа диэри саһыара сырыттыбыт. Хайдах гыныаҥый, эһиги оҕоҕутуттан оҕом диир, оҕобут дэлэ да таптыыр буолбатах этэ. Тохтоо, күн буол, ый буол!» Оҕонньор намыраан олорон баран эппит: «Дьэ, баҕар, ол биһиги оҕобутуттан оҕото буоллаҕына, уҥа хонноҕун анныгар үрүҥ иһэҕэй кыбыныылаах буолуо, оччоҕо миэхэ туттараарыҥ, иккиэннэрин бэйэм дьаһайыам», – диэн баран, үрдүгэр ыйанан турар батыйатын ылан олорунан кэбиспит. Дьахтар уолламмыт. Эмээхсин, оҥорбута да биллибэт, кырдьыга да биллибэт, оҕонньорго үрүҥ иһэҕэйи көрдөрбүт уонна өссө үрүҥ бүрүөлээх диэн кэпсээбит. Кырдьык да үрүҥ бүрүөлээх төрөөбүтэ үһү. Оннук оҕо дьоллоох киһи буолар дэнэрэ. Оҕонньор ону истэн, айыыһыттаан иитэргэ эппит.

Уол сэттэтигэр тиийбитин кэннэ оҕонньор аат биэрэн «Тыын толуга Тыгын» буоллун диэбит. Ол дьыл биир биэттэн кэтэҕин уолаҕаһыттан кутуругун төрдүгэр диэри сиэллээх кулун төрүөбүт. Бу кулун ой буолан улаатан да баран балтараа көстөөх күөлгэ киирэн өрдүйэлээн сиирэ (өрдүйэ диэн күөлгэ үүнэр от), ол иһин Өрдүйэһит диэн аат биэртэр.

Тыгын бэйэтэ Сайсарыга олорбут. Хойут улаатан баран ыал да, ыраах да улуустарга сэриинэн тахсан кырган, сүөһүлэрин үүрэн киирэрэ үһү. Онон чугаһынааҕы дьонуттан даан тардан ылара, ол иһин саха баһылыгынан ааттаабыттара. Киниттэн хас да уол төрүөбүтэ. Улахан уолун аата Чааллаайы, ортото Үс күрүө Харах Мөкөчө, үсүһэ Такыбыл диэн уонна да элбэхтэрэ үһү, Муос уол, Таас Уол диэннэр. Хойут кырдьан олордоҕуна өрүһүнэн икки нуучча кэлэн, үлэ көрдөһөн үлэлээбиттэр. Ону эмээхсинэ куһаҕан дьон быһыылаах, үүрүөххэ диэбитин, оҕонньор быһа кыланан кэбиспит. Үс сыл сылдьан баран, биир сарсыарда суох буолан хаалтар. Өр буолбатах, аалынан устан 200-чэ нуучча кэлбит. Били кэлбит дьон биир оҕус тириититтэн тэлиллибит быа хабар сирин Тыгынтан көрдөөбүттэр. Эмээхсин эмиэ сөбүлээбэтэх: «Куһаҕан дьон быһыылаах, били биһиэхэ сылдьыбыт дьон ити дьоҥҥо бааллар курдук үһү… Биэриэ суохха», – диэбит. Оҕонньор «таах хаалар сири дьонтон көҥөннөххө Айыы тойон да уордайыа» диэн биэрэн кэбиһэр. Нууччалар, оҕус тириитин ооҕуй ситимин курдук тэлэн баран, Сайсары сыһыытын үчүгэйин түһэрэн ылбыттар. Ылбыт сирдэригэр кириэппэс туттан баран сэриилээн барбыттар.

Били Тыгын Өрдүйэһит диэн ата ааттаах күрүөһүт ат эбит. Нам улууһун тыатыгар Туоҕа Боотур диэн киһи олорбута үһү (бадаҕа аҕа ууһун баһылыга). Өрдүйэһит онно баран күрүөһүлээн сии сылдьан маска түһэн өлбүт. Ону Туоҕа Боотур дьоно Тыгыҥҥа киирэн тыллыыллар. Тыгын туран атын түөрт миэстэтигэр (атаҕар) биирдиитигэр 20-лии сылгыны, онон барыта 80 сылгыны төлөтөр. Сааһыгар тиийэн тастаах моонньугар 20 сылгыны ылар. Эһиилигэр куймаҥныырыгар уонна чолоҥнууругар (кутуруктаах баһыгар) 20 сылгыны ылыах буолар. Онон барыта биир аты 120 сылгынан төлөтөр. Туоҕа Боотурдаах биирдии миҥэ аты кытта үөр атыырдарын эрэ баайан хаалаллар.

Хойут Туоҕа Боотуртан түөрт уол төрөөбүт. Ол түөрт уол Тоҕус диэн нэһилиэктэри төрүттээбиттэрэ үһү. Кинилэр ыччаттара билигин: улахан уол гиэнэ I Тоҕус (билигин Орто Бүлүү Тоҕус нэһилиэгэ дэнэр); орто уол гиэнэ II Тоҕус (Мастаах Отоһут уонна Атамай аҕатын ууһа «Молотов» колхоз); орто анна уол ыччаттара III Тоҕус (билигин Тааһаҕар нэһилиэгэ дэнэр) уонна аччыгый уол ыччаттара IV Тоҕус диэн (билигин да IV Тоҕус дэнэр, Мастаах) үөскээбиттэр. Оттон Кучан күөл куруук киһилээх-сүөһүлээх буолар, билигин колхоз бөһүөлэгэ. Арыылаах-Муоһааны билигин алаас, түөрт колхоз оттуур, хоруллубута сыл буолла.

    А.Н. Батагаев

Луоҕа Боотур – биһиги төрүппүт

Былыр, мин оҕо эрдэхпинэ, Аһахтааччыттан Кучаҥҥа үрэҕи туораабакка быһа сылдьар этибит. Бу Хапчыл Эбэтигэр былыр тоҥус биистэрэ олорбуттара үһү. Сайын үгэннээн турдаҕына маҥан буур табаларынан толоону туораан таҕыстахтарына маҥан таба от күөҕэ өҥнөнөн хаалара үһү. Оннук нүөл сүмэһиннээх оттооҕо дииллэр.

Туймаадаҕа нууччалар кэлэллэрин саҕана Тыгын тойон биир хоһуун сэрииһитэ Луоҕа Боотур аймахтарын уонна сэриигэ илдьэ сылдьар бөҕөстөрүн илдьэ кэлэн, маннааҕы тоҥустары кыайан, Бүлүү өрүһүн уҥуор үүрэн баран, олохсуйбута үһү. Ол Луоҕа Боотур олохсуйбут сирэ Эбэ ортотугар турар үрдүк булгунньах буолар. Кини бу булгунньаҕы өстөөх киирэн иһэрин ыраахтан көрөргө табыгастаах диэн талан олохсуйбута дииллэр.

Кинилэр булгунньахха олорон кураахтаах ох сааларынан сыал ыта оонньууллара үһү. Ити булгунньахтан ыппыт охторо икки биэрэстэлээх сиргэ турар баай тиити ортотунан холобурдаах хайа көтөн тахсан баран, кыбыллан турарын мин ийэм уонна кини саастыылаахтара көрөрбүт диэн кэпсииллэрэ. Кэлин ити тиит нөҥүө-маҥаа икки өттүнэн дьабата эрэ ордон турарын, иккис кылааска үөрэнээри ийэбин кытта баран иһэн мин эмиэ көрбүтүм.

Эбэҕэ Луоҕа Боотур төһө өр олорбутун, тугунан дьарыктаммытын туһунан кэпсээни мин истибэтэҕим. Ол эрээри Эбэ көрдүгэн күөллэрин тула элбэх өтөх, былыргы араҥастаах киһи уҥуохтара баалларын аттаран толкуйдаатахха, ити Луоҕа Боотуру кытта кэлсибит сахалар I уонна II Лүүчүннэр төрүттэрэ буолбатахтара буолуо дуо диэн санааҕа кэлэҕин.

    С.П. Егоров

Лүүчүннэр үйэлэр аҥааттар аартыктарынан. – Дьокуускай: Бичик, 2003. – С. 327–331.

Нэлчэкэ уонна Михаил Жирков ыччаттара

«Колониальная политика Московского государства в Якутии XVII в. Сборник архивных документов» (Л.,1936) кинигэ 216-с лииһигэр 1685 сыллаахха Михаил Жирков диэн хаһаах, Лүүчүн буолаһын киһитэ, Курчега Селбуков ойоҕун Нелчаканы уон сүөһүгэ атыылаһан ылбытын туһунан суруллубут. Кини 1687 сыллаахха Дьокуускайга бойобуода М.О. Кровковка суруйбут суругар өссө дьахтар сүрэхтэниэн баҕарар диэбит («И ныне та женка крестится волею»). Дьахтар эрэ да, уруулара да үҥсүө суох буоллулар диэн эбии суруйбут.

Аны туран, Р.К. Маак 1854 сыллаахха Бүлүү умнаһынан айаннаан сылдьыбытын түмүгүнэн «Вилюйский округ Якутской области» кинигэ оҥорон таһаарбыта. Ити уһулуччулаах натуралист, айанньыт биһиги нэһилиэкпит сорох сирдэринэн сылдьан ааспытын туһунан бэлиэтээһиннэриттэн биир түгэни Багдарыын Сүлбэ «Жирков аҕатын ууһун төрдө буолуо дуо?» диэн суруйуутугар таһаартарбыта («Киин куорат». 07.02.2003). Онтон быһа тутан ааҕыаҕыҥ.

«Р.К. Маак Орто Бүлүү улууһугар Түөк күөл кытыытыгар турар дьахтар араҥаһын көрбүт, чинчийбит, ойуулаабыт. Олохтоохтор, быһа холуйан, 150-ча сыллааҕыта араҥаска ууруллубут дьахтар диэбиттэр. Ол аата 1700 сыллааҕыта эргин.

Сорох дьон дьахтар аата Ураҕас диэн эбит үһү, бадаҕа, диэбиттэр («некоторые предполагалм»).

Дьахтар тоҥхойо кырдьыар диэри олорбут («до глубокой старости»), Лүүчүн ууһун (нэһилиэгин) төрдө буолбут. Сүрэхтэммэтэх уонна оҕото барыта нуучча хаһааҕыттан диэбиттэр («всех своих детей прижила с русским казаком»).

Төбөтүн уҥуоҕа, уҥуоҕа барыта туох да буолбатах. Таҥаһа баай, атын да тэрээһинэ, киэргэлэ-симэҕэ элбэх. Ханна эрэ ыраах айаҥҥа барар киһи курдук. Хас да этэрбэс, икки дэйбиир, чороон … бааллар.

Түөк – I Лүүчүн сирэ. Билигин да итинник ааттанар. Дьахтар 1700 сыл эргин өлбүт курдук. Оттон били Нелчаканы Михаил Жирков 1687 сыллаахха ылан турар. Нелчака да, Ураҕас да, арааһа, биир киһи быһыылаах дии санаатым. XIX үйэ ортотун сахалара ол 150-ча сыллааҕыта диэбиттэрин хайаан да чахчы оччо буолуо диэххэ сатаммат. Быһа барыллааһын буоллаҕа.

Михаил Жирков байбыт, кыаҕырбыт диэҕиҥ. Дьахтары силигин ситэрэн «атаарбыттара» ону бигэтик туоһулуур.

Жирков ыччаттара турбуттар, кыаҕырбыттар, бас-көс дьон буолбуттар. Ону история сурукка киирбит докумуоннара бигэргэтэллэр. Жирков (Хараҕа Суох – М.Г.) аҕатын ууһа үөскээбит.

1776 сыллаахха Бүлүү умнаһын ходуһаларын түҥэппит биэдэмэскэ Лүүчүн буолаһыгар «князцу Николаю Жиркову Жолодоеву – Тек, Тек бэрэтя, Дохсума бэрэтя» ходуһалар анаммыттар.

Түөгү билэбит. Ураҕас Түөк кытыытыгар араҥаска ууруллубутун сити көрдүбүт. Итинтэн даҕаны Түөк Жирковтар өбүгэ саҕаттан олохсуйбут сирдэрэ, биһиктэрин ыйаабыт дойдулара эбит диэн санааҕа кэлэбит.

Николай Жирков «князец» буолбут. Буолас баһылыга уонна төрүт сирин, Түөгү тутан олорор.

Жирковтар сыыйа сахатыйбыттар. Биир киһи ханна ыраатыай, симэлийэр буоллаҕа. «Николаю Жиркову Жолодоеву». Итини «Дьолуодай уола Николай Жирковка» диэн ааҕабыт.

Дьолуодай. Бу–Лүүчүннэр тарбахха баттанар, аакка-суолга киирбит улуу киһилэрэ.

В.Л. Серошевскай Саха сирин үрдүнэн биир кэмҥэ түөрт эрэ улуу ойуун олорон ааһыахтаах үһү диэн суруйбут. Онтон биирдэрэ Бүлүү улууһугар.

1724 сыл тохсунньу 21 күнүгэр ыраахтааҕы ыйааҕа тахсыбыт. Петербурга ойууннары ыытыҥ диэн. В.Л. Серошевскай сити суруйуутугар «реестр шаманов» баар. Онно Тоҕус аҕатын ууһуттан «Челодай» киирбит.

Саха сиринээҕи Норуот эмчиттэрин Ассоциациятын Президенэ В.А. Кондаков «Айыым дьонугар. Ыстатыйалар, интервьюлар, сэҥээриилэр» кинигэтигэр (Дьокуускай, 1997) ити Дьолуодай баар. Лүүчүн ойууна диэн.

В.А. Кондаков, эмиэ В.Л. Серошевскай суруйуутун курдук, Дьолуодайы Санкт-Петербурга ыытаары оҥосто сылдыбыттарын ахтыбыт (С. 88–89).

Ити 1720 сыллар бүтүүлэрэ эргин.

Туһугар эмиэ да дьикти буолла. Бу улуу ойуун уола «Николай Жирков Жолодоев» нэһилиэгэр кинээс эбит.

1938 сыллаахха фольклорист А. Саввин Бүлүү, Тоҕус нэһилиэгин 79 саастаах киһитэ У.Уо. Дьэримиэйэптэн «Дуоҕа Боотур» үһүйээни суруйбут. Онно кэпсэнэринэн, «Дьолуодай диэн ааттаах ойуун уонна маамыктаах бастакы кинээс».

Үһүйээн итинник кэпсиир. Дьолуодай – бастакы кинээс. Уола эмиэ – кинээс.

У.Уо. Дьэримиэйэп кэпсээбит үһүйээнигэр Дьолуодай түөрт уоллаах, биир кыыстаах дэнэр. «Уолаттар ааттара: Бэриттимэй, Соҕору, Угаарыскай, Аталаас. Кыыһа – Лыглыйа удаҕан. Биир көс сиргэ үс ат солбуллар дьахтара – маннык улахан, маннык этиргэн дьахтар».

1776 сыллааҕы биэрэпискэ үс уол суруллубут: «Николай Жирков Жолодоев, Атлас Жолодоев, Аиган Жолодоев».

Дьолуо+дай: -дай сыһыарыы көстө сылдьар. Кинини биһиги билэбит диэхпитин сөп. Топонимикаҕа да, антропонимикаҕа да дэлэй төрүөттээх. Анал үөрэхтээхтэр монголтан киирии дииллэр.

Дьолуо. Быһаарыылаах кылгас тылдьыкка икки суолталаах диэбиттэр.

Туох эмэ күүһэ-дьорҕоото, кыайыыта-соргута.

Туох да иҥнигэһэ суох килэгир, киллэм, ыраас.

Бу быһаарыы кыра итэҕэстээх. Ону Э.К. Пекарскайынан ситэртэриэҕиҥ. Тылы кини үс суолталаан быһаарбыт. Бастакыта – «счастье, удача …»

Аҕалбыт холобурдартан биирдэстэрэ: «Моймор Дьолуо – эпитет духа огня».

Тыл үөрэхтээҕэ Е.С. Сидоров дьолуону монгол төрүттээх диэбит: «Жолия – за тело свое, за самого себя». Ити тылы ханыылыы туппут. Сөп. Өссө бүрээттэр «дьол» диэн суолталаах «зол» диэн тылларын эмиэ ханыылыы тутуохха сөп дии санаатым.

Нуучча хаһааҕа Михаил Жирков этэ. Онтон тыла бэйэтэ да, сыһыарыыта да монгол төрүттээх ааттаах Дьолуодай буолла.

Аны Р.К. Маак Лүүчүн төрдө аатырбыт Ураҕаһы «покойница была обращена головой на запад» диэбит. Ити – түүрдэр үгэстэрин тутуһуу. «Тенденция ориентировать покойников на запад, лицом к восходу. Солнечная ориентировка».

Онон? Бу кыра нэһилиэк, Лүүчүн дьонун тымырдарыгар кырата үс улуу омук хаана тыгар эбит».

Дьолуодай туһунан Николай Афанасьевич Лаврентьев эһэтэ Григорий Николаевич Николаев кэпсээнин маннык өйдөөн хаалбыт: «Дьолуодай кырдьан, хараҕа суох буолан олордоҕуна, ыһыахтарга сылдьыбыт дьон киниэхэ анаан кэлэн кэпсииллэр эбит: ыһыаҕы ким, хайдах аспытын, алҕаабытын, ыһыах хайдах барбытын. Ытык кырдьаҕас ол кэпсээннэри олус болҕойон истэрэ үһү, ордук улахан ыһыахтар тустарынан». Онон Дьолуодай сүһүөҕүн үрдүгэр сылдьар кэмигэр улахан да ыһыахтарга кыттара, баҕар, аһара, алгыыра эбитэ буолуо диэн сабаҕалыахха сөп.

Биһиги дьолбутугар архыыпка Лүүчүн буолаһын 1782 сыллааҕы биэрэпиһэ (ревизская сказка) баар (НА РС(Я). Ф. 349-и, Оп. 1. Д. 6003). Биэрэпискэ бастакынан Жолодой Дакин кинээс (якутский князец) диэн суруллубут. 1767 сыллаахха ыытыллыбыт биэрэпискэ сааһа – 83, 1774 сыллаахха өлбүт. Оччотугар 1684 сыллаахха төрөөбүт диэн тахсан кэлэр да, 1767 сыллааҕы биэрэпис (кэнники да ыытыллыбыт биэрэпистэр) хойутаан ыытыллыбыт буолуохтаах, маны таһынан сааһы да эбии баарын учуоттаатахха, кини 1685–86 с.с. диэки төрөөбүт буолуон сөп. Үһүйээҥҥэ Дьолуодай түөрт уоллаах диэн буолар. Кырдьык, сурукка киирбит түөрт уолун ааттара манныктар: Николай Жирков-Гурьев Жолодоев (1735 с.т.), Уваровской Жолодоев (1737–1775), Аяган Жолодоев (1843 с.т.), Атлас Жолодоев (1742 с.т.). Оттон кыыһа Ульяна Жолодоева (1720 с.т.) Тааһаҕарга III Тоҕус буолаһын кинээһигэр Метектян Женоковка кэргэн тахсыбыт (НА РС(Я). Ф. 349и. Оп. 1. Д. 6003. Л. 858). Оттон Бэрэттимэй уонна Соҕуруу Николай Жирков уолаттара буолбатахтар, кини аҕатын Дьолуодайы кытта бииргэ төрөөбүттэр.

Аны Бэрэттимэй (1702–1784 сс.) диэн ким эбитий? Кини туһунан үһүйээннэргэ олоҕуран Багдарыын Сүлбэ, Иван Ноговицын суруйан тураллар («Киин куорат», 2004.30.01; «Дабаан», 2004.09.01). Ити бэлиэтээһиннэргэ Бэрэттимэй бөдөҥө-садаҥа, суоһа-суодала, бардама, дохсуна элбэхтик эридьиэстэнэр. Үһүйээҥҥэ үлүннэрии да ханна барыай? Уонна соччо чопчута суох буолар. Холобура, Бэрэттимэй Михаил Жирков сиэнэ этэ диэн сэһэргээһин олоҕо суох. Оттон кини бардама, төһө да үлүннэриилээҕин иһин, кырдьык буолуон сөп. Тыала суохха мас хамсаабат. Бэрэттимэй ыал атаах оҕото быһыылаах. Ону кини аата да Дары–Бэлэх диэнтэн тахсыбыта, фамилията Жирков буолбута көрдөрөр курдук. Кини бардама, дохсуна итинэн быһаарыллыан сөп. Баай оҕото бардам, тойон оҕото дохсун буоллаҕа. Бэрэттимэй тыл быһыытынан төрдүн Багдарыын Сүлбэ «Киин куорат» хаһыакка (30.01.04) маннык быһааран турар: «Бу эбэҥки төрүттээх тыл быһыылаах диэн санааҕа кэллим. Эбэҥкилэргэ бэр диэн тыл баар. Суолтата – ох саа, айа. Бэрилту – сэбилэн («быть вооруженным»).

Бэрилту. Бу манна – «л», саха тылыгар киирэригэр «т» буолуон сөп.

–май – монгол төрүттээх сыһыарыы. Баай төрүөхтээх. Холобурдар: Адымай, Баккыамай, Дарамай, Кэлиэмэй, Лоһомой…

Онон? Бэрэттимэй диэн саалаах-сэптээх, суос-суодал, кырыктаах киһи диэн буолуон сөп курдук.

Бүлүү ытык кырдьаҕаһа Уоһук Мальцев «Бэрэттимэй Боотур биир аата Баача» диэбитэ сурукка киирбитэ баар.

Баача диэн тылы тылдьыттарга икки суолталаан быһаарбыттар:

түүлээх эбэтэр баата истээх сэлиэччик;

убай (старший брат, дядя). Нууччалыы батя.

Бэрэттимэйи тыл иккис суолтатынан Баача диэн ааттаабыт буолуохтарын сөп курдук. Кини нуучча төрүттээх уонна, үһүйээн кэпсииринэн, оҕолортон улаханнара.

Оттон Бэрэттимэй диэн кинини кэлин, быһыытыттан-майгытыттан көрөн, ааттаабыттара буолуо диэххэ сөп».

Саҥа көрдөөһүннэр түмүктэринэн Бэрэттимэй сурукка киирбит аата көһүннэ. Кинини биэрэпискэ Дары Дакин диэн киллэрбиттэр. Итинтэн сиэттэрэн манныгы бэлиэтиир оруннаах: бастакынан, кини – Дьолуодай быраата, 1702 сыллаахха төрөөбүт, биллэринэн, М. Жирков оҕолоруттан сүрэхтэммит кини эрэ. Степан Жирков диэн аатынан. С.М. Жирков 1788 сыллаахха кулун тутар 27 күнүгэр өлбүт (НА РС(Я). Ф. 70. Оп. 13. Д. 1. Л. 255 об.). Иккиһинэн, бэйэтэ, үһүйээн кэпсииринэн, II Лүүчүн нэһилиэгин Өкүчү диэн ааттаах күөлүн үрдүгэр олохсуйбут, оҕолорун оттуур ходуһалара, 1776 сыллааҕы биэдэмэскэ суруллубутунан, эмиэ ити нэһилиэккэ бааллар. Үсүһүнэн, Дары Дакин төрүччүтүн оҥорбуппутугар Бэрэттимэй аҕатын ууһун бас-көс дьонунан Павловтар буолан таҕыстылар. Биһиги оҥорбут төрүччүбүтүгэр Бэрэттимэй биэс сиэнэ – Байбаллар. Павловтар итинник төрүттэннэхтэрэ. Бу аймах Петровтар, сорохторо Степановтар, Михайловтар буолбуттар. Төрдүһүнэн, Бэрэттимэй Дардаҕар улахан кыыһын уолун курдук үһүйээннэргэ кэпсэнэр да, бу сыыһа быһыылаах. Оччотугар кини XVII үйэ ортотун диэки төрөөбүт буолуохтаах этэ. Ол табыллыбатын иккис аата Баача диэнэ, нуучча төрүттээҕэ туоһулуур диэххэ сөп. Арай кини уола Арханты Дардаҕар сиэнэ Молуоһунньук кыыһын Асыммыты кэргэн ылбытын булкуйуохтарын сөп. Бэрэттимэй төрөл, улахан киһи эбитэ үһү. Биир эрэ, Бадьайа диэн ааттаах ат кинини уйара үһү. Балтын тоҕус кулун өрөҕөтө сыалдьыйалаах Тумалыкаан Удаҕаны улахана бэрдиттэн дьулайан, ким да кэргэн кэпсэппэтэҕэ үһү. 1782 сыллааҕы биэрэпискэ кини биэс уоллаах: Маргай Дарин (1730 с.т.) – чаччыына, Арханты Дарин (1735 с.т.), Ленкой Дарин (1742 с.т.), Тарлыков Дарин (1744 с.т.), Килекар Дарин (1754 с.т.) уонна үс кыыстаах: Хотун (1727 с.т.), Чогоен (1737 с.т.), Бычылы (1754 с.т.). Онон мөккүөрү күөдьүтүөх туох да суохха дылы.

Үһүйээннэр кэпсииллэринэн, Соҕуруу-Клевинскэй Дакин Нэлчэкэ уонна Михаил Жирков бу түөрт уолаттарыттан кыралара. Итини 1782 сыллааҕы биэрэпис уот харахха ыйан биэрэр. Соҕуруу (Соллохоон) сырыы-айан бөҕөҕө сылдьыбыт, кэлбит-барбыт киһи үһү. Кини ханна сылдьарын, эргинэрин дуу, бултуурун дуу ким да билбэт эбит. Иван Софронович Иванов кэпсииринэн, «уһуу түһэн баран кэлиэм» диэтэҕинэ – үс сыл, «тардыылыктаах буоллахпына» диэтэҕинэ – икки сыл, «соторулуур инибин» диэтэҕинэ – биир сыл буолан баран кэлэрэ үһү. Онон кэргэнэ дьиэтин-уотун, сүөһүтүн-аһын бэйэтэ көрөн-истэн, дьаһанан олорбут. Оннук сылдьан Соҕуруу эдэр сааһыгар суорума суолламмыт. Дорофей Харлампьевич Яковлев аҕатыттан истибитин маннык диэн сэһэргиир: «Соҕуруу өлбүтүгэр чугас аймаҕа Долгуйбат улаханнык аһыйан-курутуйан туран эппитэ үһү: «Миигин харайыа дии санаабытым, эн эрдэ өлөн хаалан миэхэ харайтардыҥ», – диэн». Соҕуруу эрдэ өлбүтүн туһунан үһүйээн докумуонунан эмиэ бигэргэтиллэр. Ол курдук, Соҕуруу эдэрчи сааһыгар өлөн, 1767 сыллааҕы биэрэпискэ киирбэтэх. Ол оннугар маннык сурук баар: «Умершего до бывшей еще 767-го года ревизии Клевинскова Дакина жена ево Мысыгай Мохсоина взята за калым подгородного улусу Кангалаской волости с наслегу князца Софрона Сыранова от родника ево Мохсои Масарина дочь». Кэргэнэ Мысыгай 84 саастааҕар 1786 сыллаахха өлбүт. Биэрэпистэргэ киирбитинэн, Клевинскэй биэс уоллаах: Макы (1728 с.т.), Байдукан-Матвей Пономарев (1729 с.т.), Сабырыкы (1734 с.т.), Богдокуй (1750 с.т.), Ботрек (1753 с.т.) уонна үс кыыстаах: Хотун (1721 с.т.), Хотуку (1727 с.т.), Мончолук (1756 с.т.). 1776 сыллааҕы ходуһаны түҥэппит биэрэпискэ Клевинскэй улахан уолун Макы оттуур ходуһата «Чоллохон 4, Лампаик 3. Итого 7 стогов» (Г.П. Башарин, Якутский архив. 1960, вып. 2. С.160). Чоллохон – Соллохоон Алааһа бу Лүүчүн сирин соҕуруу баһа. Былыргылар олорор сирдэрин, өтөхтөрүн туох эрэ бэлиэ ааттарынан ааттыыр үгэстээхтэрэ. Онон буолуо, бу күөл Клевинскэй Дакин сахалыы аатынан Соллохоон Алааһа диэн ааттаммыт үһү диэн кэпсиир Лүүчүнтэн төрүттээх Мукучу нэһилиэгин кырдьаҕас олохтооҕо Иван Софронович Иванов. Билигин Соллохоон диэн аата умнуллан, (былыргылар харыстаан ытыктыыр сирдэрин хаһан да толору ааттаабаттар үһү) Алаас дэнэр. Лампаайык уонна Алаас икки ардыгар сытар улахан өтөх Клевинскэйдэр өбүгэ саҕаттан уутуйан олохсуйбут сирдэрэ. Соҕуруу оҕонньор оҕолоро, сыдьааннара нэһилиэк бас-көс дьоно буолбуттарын архыып докумуоннара туоһулууллар, кэрэһилииллэр. Чаччыыналарынан Макы Клевинскэй, Омук Макин, кинээстэринэн Омук Макин уола Николай Алексан- дров (үс болдьоххо), Фома Николаев, Спиридон Слепцов, маны таһынан Николай Александров Орто Бүлүү улууһугар кыра кулубанан үлэлээбиттэрэ.

Нелчака Михаил Жирковтан элбэх оҕолоох. Биэрэпискэ Седет Дакин (1724 с.т.) киирэ сылдьар. Биир уолун аата Уваровской (Угаарыскай – диэн быһыылаах). Кини уолаттара Умака (1746 с.т.), Байтар (1764 с.т.) Кокоевтар. Оттон 1795 сыллааҕы биэрэпискэ (Ф. 349и. Оп. 1. Д. 6004. Л. 794, 800) Байтар Кокоевы Байтар Уваровской диэн суруйбуттар. Кини 1794 сыллаахха, Николай Жирков өлбүтүн кэннэ, кинээстээбит диэн чиҥэтэн биэрбиттэр. Бука, Жирковтарга чугас хаан-уруу аймах буолан, кинээс дуоһунаһыгар тигистэҕэ.