banner banner banner
Сүрэххэ сөҥмүт сулустар
Сүрэххэ сөҥмүт сулустар
Оценить:
Рейтинг: 0

Полная версия:

Сүрэххэ сөҥмүт сулустар

скачать книгу бесплатно

Сүрэххэ сөҥмүт сулустар
Анна Владимировна Андросова

Хомуурунньукка «Бичик» национальнай кинигэ кыһата 2010 с. ыыппыт «Сонун сүүрээн» литературнай куонкуруска биһирэммит үлэлэр түмүллэн киирдилэр.

Киһи бу олоххо туох аналлаах кэлэрий? Тапталы билэ, дьиэ-уот тэринэ, оҕо төрөтө диэхтэрэ сорохтор. Ол эрэн бу сирдээҕи дьол сороххо чэпчэкитик кэлбэтин, быстах санааттан, сыыһа туттунууттан барыта түөрэ эргийиэн сөбүн сэһэн да, кэпсээннэр да геройдарын олохторо итэҕэтиилээхтик көрдөрөр.

Сүрэххэ сөҥмүт сулустар

Сэһэн

Иннокентий Попов

Сүрэххэ сөҥмүт сулустар

Сэбиэскэй кэмҥэ солуута суохха түбэһэн олохторо огдолуйбут, суорума суолламмыт дьоҥҥо ананар.

Иннокентий Петрович Попов 1959 сыл кулун тутар 28 күнүгэр Уус Алдан улууһун Суотту нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. Дьонугар-сэргэтигэр айылҕаттан талааннаах артыыс, хомоҕой тыллаах тамада быһыытынан биллэр. Республикатааҕы «Дьээбэрэҥ» көр-күлүү куонкуруһун хас да төгүллээх кыайыылааҕа, «Бастыҥ ааптар», «Кэпсэтии жанрын маастара» номинациялар хаһаайыннара.

Билигин прозаҕа бастакы холонууларын оҥорор. 2009 с. «Бичик» кинигэ кыһата тэрийэн ыыппыт «Сонун сүүрээн» литературнай куонкуруска биһирэбил миэстэни ылбыта.

Кэргэннээх, үс оҕолоох, Суоттуга олорор

Кини сыыры дабайа сатыыр. Сэниэтэ эстэн, түөрт атах буолан үнүөхтүү сатыыр да, сир өппөт. Үөһэ чап-чаҕылхай күн, ып-ыраас халлаан, кип-киэҥ хонуу баарын курдук саныыр. Туох баар бүтэһик күүһүн түмэн, иһинэн сынан, ыра санаа оҥостубут дьикти сирин көрөн «һуу» гынна уонна быардыы түһэн, дьэ, тахсыах курдук буолан истэҕинэ, эмискэ үөһэттэн сүллэр этиҥ саалынна. «Бу үлүгэр ыраас халлааҥҥа хантан этиҥ эттэ» диэн санаан иһэн, уһуктан кэллэ… Хаамыра ыарахан аана аһыллыбытыттан түүлэ быстыбытын өйдөөтө. Бастаан утаа хайдах манна кэлэн хааллым диэх айылаах тулатын көрбүтэ уонна табах, чифир өрөр буруоларын быыһыгар араас омук тоҕуоруспут хаайыы хаамыратыгар баарын итэҕэйдэ.

Бу – хаайыыга киирэргэ-тахсарга быһа ааспат «привратка» диэн дойдуҥ. Манна араас дьон алтыһан ааһар сирдэрэ. Ким хантан кэлбитэ, ханна, хайа зонаҕа барбыта барыта мантан иһиллэн тарҕанар. Өссө саамай кутталлааҕа – өстөөххүн көрүстэххинэ, өс-саас ситиһиллэр амырыын дойду бу буоларын Бүөккэ өссө КПЗ-га сытан урут «олорбут» дьонтон истибитэ.

Тыа чэбдик салгыныгар көҥүллүк үөскээбит эдэр киһиэхэ бу барыта тосту-туора атын. Аны түөрт сыл бу олоххо олоруом диэтэҕинэ, хайдах эрэ итэҕэйимиэх курдук. Ол да буоллар, баҕарбатар да көҥүлэ быһыллан, хаайыылаах аатын ылан бу кэлэн, наара орон иккис дьаарыһыгар үөһэттэн көрө-истэ, үөрэтэ олордоҕо.

Бүөккэ бэркиһиэн иһин, биир да санаарҕаабыт киһи баара көстүбэт. Бары хайдах эрэ ыһыахха түмсүбүт дьоннордуу, тус-туһунан бөлөхтөргө төбүрүөннээн олорон кэпсэтии-ипсэтии, кимнээх эрэ чифир иһэн элэҥнэтэллэр, ким табахтыыр, ким сытар. Кинилэргэ мантан атын олох суоҕун курдук өйдөбүл баар быһыылаах.

Маайката хайдан, хаан-билик буолбут саас ортолоох, тараҕай нуучча киһитэ килиэккэҕэ хаайтарбыт хахай кыыллыы төттөрү-таары хаамар-сиимэр. Сирэйиттэн-хараҕыттан көрдөххө, туга эрэ табыллыбатах. Этэ барыта татуировка ойуу, уҥуох сула, кубарыччы хаппыт хайа омуга биллибэт киһи, атаҕын оллоонноон ууран олорон, араастаан туттан-хаптан, тугу эрэ бэрт көрдөөҕү кэпсээн ыһыллаҥнатар. Ону айаҕар эрэ киирбэккэ истэллэр. Өҥнөөх быһыылаах.

«Табаҕа зонатын балыыһатыттан Мохсоҕолооххо баран иһэбит», – дэһэр түөрт хап-хара таҥастаах киһини киллэрбит тыастарыттан уһуктубут эбит Бүөккэ. Иккитэ саха, көрөн-истэн олох атын дьон. Били кэпсии-ипсии олорбут өҥнөөх таалан хаалла, кэлиэх-барыах сирин булбата. Боруоста сарылыы түһээт, аан диэки ыстанна. Ааны тоҥсуйтарар бокуой биэрбэккэ, нууччалаах саха соһон тирилэтэн аҕалан тэбиэлээн күрдүргэппитинэн бардылар.

– Мужики, не убейте!.. – киһилэрин хаһыыта сүрдэннэ. Эмискэ хаамыра аана халыр гына аһылла түстэ да, үс дубак (хаайыы үлэһиттэрэ) ыстанан киирдилэр, үөс-батааска биэрбэккэ дубинкаларынан сабаан, кырбааччылары хаамыраттан таһаардылар. Аан аһыллыбытынан туһанан били сордоох, түөрт атах буола-буола, эмиэ көрүдүөргэ ыстанна.

– Меня переведите в другую камеру, хоть в стаканчик[1 - Биир киһи олорор хаамырата.], – өйө көтө куттаммыт киһи хаһыыта сүрдээх. Аан сабыллан халыр гынна.

Буолбут быһылаан эмискэччитэ бэрдиттэн Бүөккэ кырбаммыт киһиттэн итэҕэһэ суох этэ саласта, куйахата күүрдэ. «Көҥүлгэ таҕыстарбын» диир ыра санаата күдэҥҥэ көттө. Туох алдьархайай!

Хаалбыт нууччалаах сахаҕа миэстэ булар сүпсүлгэнэ үөскээтэ. Кинилэри били куоппут киһи миэстэтигэр олохтоотулар. Дьэ, дьиҥнээх өҥнөөхтөр кэллилэр. Биир эдэр уолунан чифир өрдөрбүтүнэн бардылар. Хаамыраҕа балаһыанньа кинилэр илиилэригэр киирбитэ тута билиннэ. Илин-кэлин түһүү бөҕө буолла. Былаас түргэнник да уларыйар эбит дии санаата Бүөккэ.

Чифирдэрин иһэн, табахтаан, бэйэ-бэйэлэрин билсиһэн баран, сахата түргэн үлүгэрдик, ол эрээри болҕомтолоохтук хаамыра иһин эргиччи көрөн иһэн, харахтара Бүөккэҕэ хатаннылар. Ким-туох киһи олорорун тута биллэ быһыылаах, тарбаҕынан ыҥыран ылла. Тэҥнэһиэ дуо, аттыгар тиийбитигэр уҥа илиитин тас өттүнэн «олор» диэн бэлиэ биэрдэ.

– Ыччат, хантан сылдьаҕын, туохха түбэстиҥ?

Бүөккэ киһитин хараҕа сытыытыттан, өс-саас уота сириэдийэ сырдырҕыырыттан этэ саласта, мух-мах барда. Хайдах эрэ кыылга саба түһээри олорор адьырҕаны санатар көрүҥнээх.

– Уус Алдаммын, күлүгээннээн түөрт сылы ылан олоробун.

– Режимиҥ?

– Күүһүрдүллүбүт.

– Мин Баабыр диэммин. Төрдүм – Ньурба. Үһүс сууттаныым, бу уон сылбын бүтэрэн эрэбин. Эдэр сааһым барыта хаайыыга ааста. Табаҕаттан Мохсоҕоллоохпор төннөн иһэбин. Уус Алдантан үчүгэй ыччаттары билэттиибин. Убайдыы-бырааттыы Бөтүрүөптэри, Эһэ Миисэни, Бөрө Баасканы эҥин.

– Эһэ Миисэ уонна Бөтүрүөптэр мин нэһилиэгим дьоно, онон кинилэри үчүгэйдик билэбин, – диэтэ Бүөккэ хап-сабар.

– Оччоҕуна мин үөрэтэ таарыйа эттэхпинэ, ханна да тиийдэргин кинилэр биир дойдулаахтарынабын диэ. Оччоҕуна үчүгэйдик сылдьыаҥ, үчүгэй балаһыанньалаах дьон. Эн иһит, түбэстиҥ – бүттэ, дьылҕаҕар бас бэринэргэр тиийэҕин. Аатыҥ ким диэний?

– Бүөккэ.

– Бүөккэ, эн хайдах эрэ мин өлбүт бырааппар майгынныыгын, – киһитэ санньыйа быһыытыйда.

– Ол хайдах өлбүтэй? – Бүөккэ, ыйытыллыа суохтааҕы ыйыппытын билэн, умса көрдө.

– Тумустар кырбаан өлөрбүттэрэ! – Баабыр сиикэй бааһын таарыйтарда быһыылаах, хаамыра иһин хааннааҕынан көрдө, мэктиэтигэр хабырынан ылла. – Хаартылааччыгын дуо?

– Суох, – киһитэ эйэ дэмнээхтик ыйыппытыгар уоскуйа быһыытыйда.

– Олох оонньоомо. Хаарты маатыска барахсан элбэх киһини тэмтэриттэҕэ. Ити куоппут киһийдэх бастаан хаартыга түспүтэ, онтукатын сатаан төлөөбөккө сүөһүлээбитэ. Онон ити тыынын куоттаран зонаттан зонаҕа көһө сылдьар. Ол аайы аньыыта-харата элбээн иһэр. Сотору өлөрүөхтэрэ, – Баабыр кини өлөрүгэр олох да баардыылаабат быһыылаах.

– Ээ, оннук эбит дии. Мин өссө өҥнөөх дии санаабытым, – Бүөккэ кырдьыгынан этэр.

– Хантан өҥнөөх буолуой! Ордук тумустар итинник буолааччылар. Мин этэрбин иһит. Билигин хаайыыга таҕыстаххына, билбэт киһигэр илин-кэлин олох түһүмэ. Сорохтор, биир-икки сыл олороот, билбэт дьонноругар хаамыраҕа өҥнөөх курдук туттааччылар. Дьэ, ол гынан баран зонаҕа тиийэн уостан хаалаллар. Манна туһунан олох, атын эйгэ. Онно сөп түбэһэн сылдьыахха наада. Биирдэ алҕаһы оҥоруоҥ – тэбиллэн хаалыаххын сөп. Ыччат, ону өйдөө. Хаамыра суруллубатах сокуонун олох кэһимэ. Ас биэрэр кэмнэригэр урут ыстанан тиийимэ, дьон аһыы олордоҕуна парашаҕа чугаһаама, силлээмэ-хаахтаама. Утуйа сытар киһини туох да сылтаҕа суох уһугуннарыма. Хаайыылаах икки эрэ түбэлтэҕэ уһугуннарыахтаах. Бастакынан, суһал дьыалаҕа, иккиһинэн, өлөрөөрү гыннаххына.

– Онтон атын түгэҥҥэ тоҕо уһугуннарбаппыный? – кырдьык даҕаны, Бүөккэ төһө да баҕарбатар, бу олох туспа сокуонун ис кистэлэҥин биллэҕинэ эрэ табылларын өйдөөтө.

– Бу аньыылаах-харалаах орто бараан дойдуга киһиэхэ саамай күндү көҥүл баар. Баҕар, эн уһугуннарар киһиҥ түһээн көҥүлгэ сылдьара буолуо. Дьэ, итиннэ сытар кистэлэҥэ. Сарсын биһигини хаайыыга таһаарыахтара. Онуоха диэри миигин кытта сырыт, ким да тыытыа суоҕа. Мин, холобур, «киһи ханна баҕарар киһи буолуохтаах» диэн өйдөбүлүнэн олоробун.

Бу кэмҥэ ас биэрэр чуолҕаннара аһылынна. Бочуокка оргуйбут итии ууну куттулар. Биирдии быһыы хара килиэби кытта эбиэс хааһытын биэрдилэр. Ыксыспакка үчүгэй баҕайытык астарын ыллылар. Баабыр миэстэтиттэн өндөйбөтө даҕаны, аһын аҕалан биэрдилэр. Бүөккэ аччыктаабыт да эбит. Киһитин аттыгар олорон аһаан кимиритэн кэбистэ. Сотору аһаан бүттүлэр, хаамыра иһин эмиэ табах буруота тунуйда. Баабыр, топпут киһи быһыытынан, кэтэх тардыста сытан табахтаан унаарытар. Туох эрэ дириҥ санааҕа ылларбыт көрүҥнээх.

Бүөккэ бу аттыгар сытар, олоҕо табыллыбатах, уустук дьылҕалаах киһини бэркиһии көрдө. Кини санаатыгар өҥнөөх буолла да, быһаҕы туппутунан, туох да сууту-сокуону билиммэт, бас баттах сылдьар дьон курдук саныыра… Оттон бу Баабырга туох эрэ киһилии майгы, бэйэтигэр тардар биллибэт күүс баара сөхтөрдө. Эмискэ кини санаатын өтө көрбүт курдук Баабыр ыйытта:

– Бүөккэ, тугу саныыгын?

– Ээ, бэйэм мээнэ, буолары-буолбаты…

– Тугу саныырыҥ – бэйэҥ үтүө көҥүлүҥ. Өскө киһи санаатын хаайаллара буоллар, киһи биир да хонук барыа суоҕа этэ.

– Ол тоҕо? – Бүөккэ өйдөөбөккө ыйытта.

– Киһи санаатынан олох олорор. Бу ыарахан кэмҥэр санаа буоллаҕа – саамай аралдьыйарыҥ. Хата, хайдах түбэспиккин кэпсээ эрэ.

– Ээ, арыгылаан баран охсуһан. Охсуһан да диэн буолуо дуо, дьиҥинэн, кырбанааччылар бэйэбит этибит.

– Дьэ, эмиэ кэпсээннээх ыччат буоллуҥ дии.

Кырбаныаҥ ини, түбэһиэҥ ини, – улахан баҕайытык күлэн алларастаата. Дьон бары хайыһа түстүлэр. – Бүөккэ, өйдөө, манна кыайбыттар кэлэр сирдэрэ. Кыайтарбыт – халдьаайыга, эбэтэр балыыһаҕа.

Бүөккэ бу өйдөөн көрдөҕүнэ, кини кэпсээнин истээри хаптаҕай сирэйдээх бөҕө тоҕуоруспут эбит. Төһө да кэмчиэрийдэр, ол ааспыт быһылаан хараҕар бу көстөн кэллэ.

– Чэ, сөп. Бэһиэ буолан арыгылаабыппыт. Топпокко маҕаһыын таһыгар тиийбиппит. Эбинээри, кэлбити-барбыты хайыта сылдьыбыппыт. Арай өйдөөн көрбүтүм, табаарыспыт биир нуучча киһитин кытта охсуһа сылдьар эбит. Мин көмүскэһээри сүүрэн тиийбиппэр, түҥнэри охсон түһэрдэ уонна андаатар бэргэһэбин былдьаан ылла, – истээччилэрэ Бүөккэ охсуһарын өйдөрүгэр оҥорон көрдүлэр быһыылаах, күлсэн тоҕо бардылар. —

Үөс-батааска биэрбэккэ, иккиэммитин саҕабытыттан тутан, эчи, бөдөҥө да бэрт этэ, участковайга илдьэн туттартаан кэбистэ. Бүттэҕэ. Кэнники билбиппит, нууччабыт хомуньуус эбит. Бастаан уон биэс суукканан бүтэрээри гыммыттарын, участковайбыт ол-бу дьыаланы хомуйан, эбэн-сабан суруйан холуобунай оҥорбута. Сатахха, сууппут нууччалыы барбыта, онон кырдьыкпытын сатаан таһаарымматахпыт.

– Оттон аармыйаҕа сылдьыбытыҥ дуо? – ким эрэ ыйытар.

– Суох, сылдьыбатаҕым. Суукка диэри баппыысканан сылдьыбыппыт. Ол кэмҥэ аармыйаҕа барарга бэбиэскэ кэлбитэ. Ону албакаатым судьуйаҕа биэрбитэ да, туһалаабатаҕа. Дьиҥинэн, судьуйа «аармыйаҕа бардын, бэбиэскэлээх эбит» диэбитин, сэбиэт уонна биригэдьиир «бу киһи сүгүн сылдьыбат, арыгылыыр, иккитэ месткомҥа көрүлүннэ да өйдөммөтө, онон хаайыыга бардын» диэн үлтү бырачыастаан кэбиспиттэрэ. Оттон мин месткомҥа көрүллүөхтээҕэр, местком диэн тугун да билбэппин.

– Оттон табаарыскар төһөнү биэрдилэр? – сүүһүгэр быһа охсуу чэрдээх, эт лахса киһи ыйытар.

– Ээ, биир сыл, условно, – Бүөккэ кырдьыгынан этэр.

– Сөбө бороҕон. Бээрэ, ыччат тугу эрэ сиикэйдиигин быһыылаах, – Баабыр итэҕэйбэт.

– Уонна итирэн баран мунньахха айдаарбыттаах этим.

– Хомуньуустар мунньахтарыгар диэ, – ким эрэ тыл кыбытар.

– Ээ, кырдьык, бу санаатахпына хомуньуустар мунньахтара эбит, – Бүөккэ бэйэтэ да сөҕөр.

– Дьэ, ити хомуньуус буолла да, уу да ылбат, уот да сиэбэт киһитэ буола түһэр, – сүүһүгэр чэрдээх кэпсиир. – Дойдуну баартыйа салайан олорор. Биһиги аҕайбыт дэһэллэр да, кинилэр саҕа элбэх киһини сиэбит дьон суохтара буолуо.

– Ол хайдах? – Бүөккэ истибэтэҕин истэн дэлби соһуйар. Кини саныаҕар хомуньуус киһи чулуута буолуохтаах этэ.

– Хайдах диэн, биһиги хаайыылаахтар эрэ билэбит – хомуньуус хайдаҕын. Ыччат, олорон бардаххына билэн иһиэҥ. Арай кинилэри эһэн кэбистэххэ, олохпут тупсара дуу? – сүүһүгэр чэрдээх куолулуур.

– Аны баҕас баартыйаны туох да кыайбат, кыаҕырбыттара бэрт, – ыарыһах көрүҥнээх киһи тылга тииһэр.

– Дьэ, ол гынан баран, сэт-сэлээн туолара диэн баар, – чэрдээх иннин биэрбэт.

– Ыччат, бэйэҥ туох дьоннооххунуй? – ыарыһах ыйыталаһар.

– Кырдьаҕас ийэлээхпин. Аҕам өлбүтэ. Бииргэ төрөөбүт үһүө этибит да, иккибит оһолго өлбүттэрэ.

– Оо, – Бүөккэ кыһалҕатын хайдах эрэ тэҥҥэ үллэстэр курдук буоллулар.

– Оттон кыыстааххын дуу? – эмиэ кини курдук саҥа түбэһээччи быһыылаах, токкоолоһор.

– Баар, – Бүөккэ, кыыһын санаан, сирэйэ сырдыыр.

– Күүтүө диигин дуо? – аны Баабыр кыттыста.

– Дьэ, билбэтим. Кини атын сиргэ үлэлии сылдьар буолан, сирэй көрсөн кэпсэппэтэҕим.

– Түөрт сыл уһуна бэрт, күүтүө суоҕа, муҥар хаайыылааҕы, – сүүһүгэр чэрдээх, кэпсэтии манан бүтэр диэбиттии, ньилбэгин охсунан кэбиһэр.

Хаамыра аана лиһигирээн аһылынна, биир надзиратель киирэн барыларын ынахтыы аахта. «Утуйуҥ!» – диэн суоһурҕана этээт, тахсан барда. Бары утуйардыы оҥоһуннулар. Уу чуумпу сатыылаата, арай Баабыр тыыллаҥнаата, өрө уһуутаата уонна: «Уон аҕыс сыл олордум да, хаамыра аанын тыаһыгар үөрэммэтим», – диэтэ. Ким да тугу да саҥарбата. Арай Бүөккэ дьиибэ баҕайытык иһиттэ.

Дьэ, Бүөккэ уол унньуктаах уһун түөрт сылын бастакы күнэ итинник саҕаланна. Иннигэр туох күүтэрий?

* * *

Катялаах, быйыл онус кылааһы бүтэрээт, кылааһынан тутуспутунан бу Сааскылаах диэн учаастакка производствоҕа икки сыл хомсомуол путёвкатынан үлэлии тахсыбыттара. Биллэр-көстөр төрөппүтэ суох буоллаххына, төһө да үөрэххэр үчүгэй буолларгын, бу сопхуоска үлэ – мүччүрүйбэт иэһиҥ. Тыа оҕото төһө да үлэҕэ мискиллэн улааттар, хотон үлэтэ бастаан утаа муннуларын сынтарыппыта. Биир өрөбүл күнэ суох, сииктээх никсик сыттаах хотоҥҥо күнү быһа үлэлиэх диэтэххэ, чымаан суол этэ. Бастаан утаа, кыстыкка киирии саҕана, аһаҕас массыынанан ырыа-тойук аргыстаах тугу барытын саба тутуох айылаах кэлбиттэрэ. Сопхуос кииниттэн хоҥноллоругар дириэксийэ: «Олорор дьиэҕит бэлэм, тиийээт үлэлээбитинэн барыаххыт. Коммунизмы тутууга бэйэҕит сэмэй кылааккытын киллэрэн, үрүҥ илгэ гвардеецтара буолуоххут диэн эрэнэбит», – диэн уруйдаан-айхаллаан атаарбыттара. Бортобуой массыына куусабын ойоҕосторугар кыһыл таҥаска «Биэс сыллаах былааны – түөрт сылынан!», «Биир фуражнай ынахтан сылга 4000 кг үүтү!» лозуннары уонна кыһыл былаахтары анньыталаабыттара кытаран-наҕаран, кырдьык даҕаны, киһи эрэ санаата көтөҕүллүөх курдуга. Учаастакка тиийэн биригэдьиирдэрин хотонтон булбуттара. Сэмэнэп биригэдьиир оҕолору кыһыл муннукка киллэрэн, үлэ бэрээдэгин, социалистическай куоталаһыы графигын билиһиннэрэн баран, массыынаҕа анньыллыбыт былаахтары, лозуннары кыһыл муннукка саайтарбыта уонна барыларын массыынанан олорор дьиэлэригэр таһаартарбыта.

Икки квартиралаах уопсай дьиэни киһи олоруон сөп курдук оҥорбуттар этэ. Арай сууйуута-сотуута кыайтарбатах. Биригэдьиир Николай Петрович биир өттүгэр кыргыттары, аҥаарыгар уолаттары олохтоото.

– Аһыыр иһити-хомуоһу төһө кыалларынан була сатыахпыт, һм. Билигин уолаттар таһырдьа уот оттон, биэдэрэлэргэ чэйдэ өрүҥ уонна бэйэҕит илдьэ кэлбит өйүөҕүтүнэн аһааҥ. Итиэннэ үлэлиэхтээх хотоҥҥутун сууйуоххут-сотуоххут, – диэтэ Николай Петрович.

– Бээрэ, ол хотону хайдах сууйабыт? Оттон бу олорор дьиэбитин хаһан өрө тардынабыт? – кэм да сытыы Вася тыл кыбытар.

– Оҕолоор, сарсын райкомтан кыстык боппуруоһун бэрэбиэркэлии бэрэстэбиитэл кэлэр, онно хотон чып-чап курдук бэлэм буолуохтаах, һм. Наһаа да дьиэ курдук сууйбатаргыт, саатар, ооҕуй оҕус ситимнэрин суох оҥортуохха наада. Олорор дьиэҕитин онтон сыыйа-баайа үлэ быыһыгар оҥостуоххут, һм, – Николай Петрович дьаһайа үөрэммитинэн биир тыынынан кутан кэбистэ.

Сэмэнэп Николай Петрович хоту дойдуттан төрүттээх. Сааһа түөрт уон биэһэ. Орто уҥуохтаах, кэлбит-барбыт, саҥаран баран кэлээр диэбит киһилэрэ. Бу учаастакка кини хайдах эрэ ананан төрөөбүт биригэдьиир курдук. Кэнники сылларга биллэрдик моҕохтоно уойда. Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумун ветеринарнай отделениетын бүтэрбитэ. Ол үөрэнэ сылдьан бу дойду кыыһын билсэн кэргэн ылбыта. Анаабыт курдук икки кыыс, икки уол оҕолоохтор. Кэргэнэ маннааҕы медпууҥҥа биэлсэрдиир. Талан ылбыт идэтинэн манна кэлэн биир эрэ сыл үлэлээбитэ. Урукку биригэдьиир биэнсийэҕэ тахсыбытынан, оччотооҕу холкуос бэрэссэдээтэлэ кинини биригэдьииринэн анаабыта. Онтон ыла биир сири харыс хамсаабакка, манна бэйэтин муҥур ыраахтааҕынан сананар. Онтуката эмиэ да оруннаах. Кини үлэни-хамнаһы эрэ дьаһайбат. Дьон олоҕо-дьаһаҕа барыта кини үрдүнэн барар.

Сэмэнэп төһө да хоту дойдуттан төрүттээх буоллар, булка көһүүн киһи. Ол эрэн булт туһунан кэпсэтии буолла да, «биһиэхэ хоту» диэбитинэн барар идэлээх. Хоту дойду бултааҕын бары да истэн билэр буоланнар, мөккүһэ барбаттар. Сааскылаах бүөм сиргэ турар буолан, куһу-куобаҕы айахтарыгар сииллэр. Кистии-саба тайах этинэн да эмсэхтэнэллэр. Үчүгэйэ баар, кыра учаастак буолан эбитэ дуу, хайдах эрэ былыргылыы туттан-хаптан олроллор. Байанай бэрсибититтэн кими да матарбаттар. Оттон күһүҥҥү муҥхаҕа собону кыайа бултууллар. Дьэ, онно баҕас Сэмэнэп үөһэ тэстэр. Балыгы киниттэн атын ким да үллэрбэт. Хастыы эмит тоннаны маҥхааһайга хаһаанар. «Отделение, сопхуос наадатыгар», – дии-дии, таптаабытынан уҥа-хаҥас мачаачайдыыр. Ону ким да ирдэспэт, буолар буолуохтааҕын курдук саныыллар.

Аҕатыттан хаалбыт, кистии сылдьар буулдьанан эстэр саалаах. Онтукайын күһүн аайы маннааҕы булчуттарга уларсан кыыл этин кимнээҕэр элбэҕи сиир. Ньымаакка да сатаан туттар. Биэс сыллааҕыта баартыйаҕа киирбитэ. Оройуон, үчүгэй үлэтин чиэстээн, «Москвич» массыына фондатын биэрбитэ. Онон «Сэмэнэп дуо?» дэтэн олордоҕо.

Дьэ, ол да буоллар, кини куһаҕан өрүттэрдээх. Арыгыта суох сатаммат, ол эрэн үлэһиттэрин «арыгыны мин курдук сатаан иһиэххэ наада» диэн мөҕөттүүр идэлээх. Аны туран уһун оноолоохторго кутун туттарбыт барахсан. Дуоһунаһынан да киэптээн дьахтары сатаан бэйэтигэр сыһыарар. Бу сопхуос тэриллэн, кэнники «производствоҕа» диэн оскуоланы бүтэрбит оҕолор кэлэр буоланнар, бэркэ күннүү сылдьар. Оройуоҥҥа, куоракка эмиэ көссүүлэрдээх. Дьон айаҕын хайаан саба тутуоххунуй, барыта иһиллэ-биллэ турдаҕа. Онон төһө да сис ыал курдук туттан-хаптан олордоллор, дьиэ иһин өҥөйөн көрдөххө, үүт тураан олох суох.

Сэмэнэп бүгүн кэлбит оҕолортон биир кыыска бэйэтэ да билбэтинэн хараҕын хатыы оҕуста. Арылыччы көрөн үчүгэй да кыыс. Саамай туттар албаһынан чэпчэки үлэҕэ анаан, бэйэтигэр сыһыарарга сананна.

– Табаарыс биригэдьиир, – модороон баҕайы дьүһүннээх кыыс ыҥырбытыгар, Сэмэнэп санаатын ситимэ быстан хаалла. – Арай, биһиги икки оҕону хаалларан дьиэбитин хомуйтара турдахпытына?

– Бастатан туран, ааппын эппэккэ сылдьыбыт эбиппин дии, миигин Николай Петрович диэн ыҥырыаххыт. Иккиһинэн, мин эппитим хаһан да мүччүрүйбэт. Мин этиим баартыйа этиитэ буолар! Эһиги хомсомуолларгыт, оттон хомсомуол – баартыйа быстыбат ситимэ, – ыйыппыт кыыһы үөс курдугунан дьөлүтэ көрөн кэбистэ. Кыыс эрэйдээх кыбыстан муннун өрө сыҥта уонна:

– Мин өскүөрүтүн этэбин ээ, – диэтэ.

– Аны эһиги мин дьаһалбар киирэҕит. Онон туох бааргытын барытын мин быһаарабын.

– Аһыырбытын эмиэ дуо? – уһун уҥуохтаах хатыҥыр Алёша, сөпкө да ыйыттым диэбиттии, сатамньыта суох баҕайытык туттан, эппиэт эрэйэн турда.

– Эмиэ буолбакка. Эти-арыыны миигиттэн ылыаххыт буоллаҕа, хамнаскыт суотугар.

– Онтон туалекка сылдьарбытын эмиэ ыйытабыт дуо? – кэм да Вася үөннээҕиттэн түсүһэр.

– Чэ, мээнэ тылга тииһимэҥ, – уонна иһигэр «эрэйдээхтэр оҕус бурҕалдьытын кэттэххитинэ, сотору муоскут тостор ини» дии санаата.

Дьэ, итинник саҕаламмыта икки сыллаах производство үлэтэ. Барыларын үлэҕэ аттарбыттара.

Биригэдьиир Катяны тоҕо эрэ үүт тутааччынан анаабыта. Бастаан утаа ону ким да омнуолуу санаабатаҕа. Онтон үлэ-хамнас кыайтарбат буолан барбытыгар, кинини ордук санааччылар көстүбүттэрэ. Хотон ааныгар сааллан турар «Үлэ, чиэс, албан аат!» диэн лозунг оҕолор сүрэхтэрин өрүкүппэт буолбута.

* * *

Сарсыҥҥытыгар Бүөккэлээҕи баанньыкка сырытыннардылар, таҥастарын-саптарын эмтээтилэр уонна ыбылы паардаан кэбистилэр. Ырааһырдыы үлэтин кыайа туталлар эбит.

Онтон барыларыгар утуйар таҥас, курууска, тутааҕа суох ньуоска биэртэлээтилэр уонна түрмэҕэ таһаардылар. Дьэ доҕоор, «түрмэ» диэннэрэ олох атын дойду эбит. Сыта-сымара, тимир ааннар «лиһир-лаһыр» тыастара, сүүһүнэн киһи кэпсэтэр саҥата тигээйи уйатын тоҕо тарпыт курдук суугун-сааҕын, барыта хайдах эрэ киһи кутун-сүрүн баттыыр. Бастакы этээстэн саҕалаан биир-биир хаамыраларга угаттаатылар. Бүөккэ үһүс этээскэ аҕыс уон биирис хаамыраҕа түбэстэ. Хаамыраларыгар уон ахсыалар. Сахалар алтыалар, бары сууттаммыттар, күүһүрдүллүбүт режимнээхтэр.