скачать книгу бесплатно
Арай түөрт киһи бастакы холуонньаттан өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр баран иһэллэр, онон хаамыраны кинилэр тутан олороллор.
Сарсыарда, киэһэ бэрэбиэркэ. Күҥҥэ үстэ аһаталлар, төһө да иһиҥ топпут курдук буоллар, тугуҥ эрэ син биир тиийбэт. Арааһа, саха киһитэ харатын суохтаан эрдэҕэ. Үчүгэйэ диэн саҥа хаһыаты күн ахсын биэрэ тураллар, уоннуу хоно-хоно бибилэтиэкэр кинигэ уларсар. Аны араадьыйа күнүс тохтообокко үлэлиир. Онон сэргэх.
Бүөккэ, саҥа олоххо үөрэнэн биэрбэккэ, эрэйдэннэ. Албакаата ааһыммыт, онон түрмэҕэ өр буолар чинчилээх.
Пишет сыну мать:
«Отчего ты сын,
Третий год свиданку не берёшь?..»
Хас киэһэ аайы утуйуох иннинэ холуонньаттан иһэр Володя диэн нуучча уола нарын баҕайы куолаһынан ыллаатаҕына, Бүөккэ ийэтин санаан уйулҕата хамсыыр.
Ийэтэ туох да көрүүтэ-харайыыта суох-соҕотоҕун хаалла. Сааһын тухары үрүҥ күнү өрө көрбөккө отучча сыл холкуоска, онтон сопхуоска ыанньыксыттаабыта. Төһө да биэнсийэҕэ таҕыстар, оҕолорун атахтарыгар туруорар кыһалҕаттан илиитин үлэттэн араарбатаҕа. Кэлин саас баттаан уонна ыарахан үлэттэн эрдэ бокооро кырдьан, сүһүөх ыарыһах буолбута. Быйыл биэс уон аҕыһын туолуохтаах. Ол бэйэтэ куура хатан тоҕус уоннаах эмээхсин курдук нэһиилэ тайахха тэптэрэн сырдырҕаан сылдьаахтыыр. Иитиэх-аһатыах, көрүөх-истиэх соҕотох хаалбыт уола бу кэбилэнэн сыттаҕа. «Тоҕо да эмиэ арыгылаан тиэриллэҥнээбитим буолла» диэн төһө да кэмсиннэр, ааспыт төннүбэт, буолбут көммөт.
Көҥүлгэ сырыттаҕына, арыгыта суох сатаныа суох курдук сананара. Онтон билигин арыгы туһунан өйүгэр да оҕустарбат. Буспут-хаппыт хаайыылаахтар манна да си-дьүгээр олорботтор. Билсэн-көрсөн, кэпсэтэн-ипсэтэн надзирателларынан ыарахан сыанаҕа арыгы киллэттэрэн иһэллэр. Эчи куттамматтарын. Бүөккэҕэ уонна атын да эдэрдэргэ «муос-туйах үүнэ илик» диэн чугаһаппаттар. Дьөрү бэйэтэ да кыһаммат.
Баабыр эппитигэр дылы көҥүл саҕа күндү суох эбит. Ону олорон истэҕин аайы Бүөккэ бэркэ биллэ. Көҥүлгэ билигин бэс ыйа буолан, айылҕа барахсан муҥутуу көҕөрөн, чэчирээн ахан турдаҕа. Тыа мүөттээх, минньигэс сыта төһө эрэ үчүгэйэ буолла!? Киһи маннык кэрэ кэмҥэ хаайтаран олороро өссө хараастыылаах эбит. Бэл чыычаах буолан көтүөххүн, оннооҕор былыкка ымсыыран көҥүлгэ дохсуннук устуоххун баҕараҕын…
Билигин Катялаах сайылыкка көстөхтөрө. Бары кылааһынан тутуспутунан туох да кыһалҕата суох үөрэ-көтө, үлэлии-хамсыы сырыттахтара. Бүөккэ оҕо сааһа сайылыгы кытта ыкса ситимнээх, онон хараҕын симтэ да, кэҕэ этэрэ, оҕус айаатыыра, түптэ буруота бу көстөн кэлэр. Катялаах билигин күнүскү ыамнарыгар сырыттахтара, оттон кини түөрт эркини өрө мыҥаан баран сыттаҕа. Бу кэнники кэмҥэ Бүөккэ төбөтө «дыҥ» курдук буолан хаалла. Ону бииргэ олорор дьонугар эппитигэр: «Наһаа санаарҕыыгын, төбөҕүн сынньаппаккын. Аралдьый. Саахыматтаа, дуобаттаа, доминолаа. Ким боборуй, барыта көҥүл. Арай хаамыраттан эрэ тахсан барыма», – диэн хаадьылыыллар. Этэр эттэҕинэ эмиэ да сөп курдук. Кырдьык даҕаны, дьоно хайдах эрэ бэһиэлэй баҕайытык олороллор. Кэпсэтиилэрэ да наар арыгы, дьахтар, көр-нар туһунан. Сымыйалаабат буоллахтарына, көҥүлгэ даҕаны дьон бэркэ көрүлүүр эбит. Онно холоотоххо Бүөккэ оҕо эрдэҕиттэн бэрт муҥкуктук улааппыт эбит. Аҕата тырахтарыыс этэ. Үлэни да кыайа-хото тутара, ол бэйэтэ кэнники арыгыһыт буолан хаалбыта. Бастаан утаа үлэтиттэн киэһэ арыгы сыттаах кэлитэлиир буолбута.
Ону ийэлэрэ сөбүлээбэтэҕин биллэрдэҕинэ, «дьоҥҥо үтүөнү оҥорбуппар махтанан күндүлээбиттэрин туох диэн киэр үтэйиэхпиний?» диэн суоһурҕанан кэбиһэрэ. Дьэ, онтон арыгы ыллар ылан, кэнники олох даҕаны «кыраны кыһыл, улаханы үрүҥ быһаарар» диэн тыллаах буолбута. Биир үтүө күн ыалга муус тиэйэ сылдьан тыраахтарын кытта бэйэтэ тоҥон өлбүтэ. Оччолорго Бүөккэ төрдүскэ үөрэнэрэ. Управляющай кэлэн туох да буолбатаҕыныы: «Аҕаҕыт өлбөтөҕө буоллар, тыраахтары төлөтөрүм хаалла», – диэн хомолтотун биллэрбитэ.
Ийэлэрэ сүрдээҕин аймаммыта. Аҕалара тыыннааҕар, төһө да арыгылаатар, кэм суон дурдалара, халыҥ хаххалара буоллаҕа. Тиийиммэт-түгэммэт, кыһарҕаннаах олох саҕаламмыта. Убайа, ахсыһы нэһиилэ сыһыллан-соһуллан бүтэрээт, арыгыга төбөтүн оройунан түспүтэ. «Муҥ маһы кэрийбэт» диэн итини этэн эрдэхтэрэ. Бүөккэни аны бииргэ үөрэнэр оҕолоро туоратар буолан барбыттара. Таҥаһа-саба боростуойа, онно эбии ийэтигэр көмөлөһөр буолан хотон сыттааҕа тыл ыаһаҕа буолара. Үөрэҕэр олох ыһыктыммыта, учууталлар даҕаны киниэхэ болҕомтолорун уурбат буолбуттара. Биирдэ эмит былыт быыһынан күн тыгарыныы ыйыттахтарына даҕаны, төһө да биллэр, өсөһөн эппиэттээбэт этэ. Сорох учууталлар: «Шаманов, ийэҥ курдук хотонтон ырааппат киһигин. Чэ, кытаат, хотонтон Москуба чугас», – диэн аһаҕастык үгэргээн этэллэрэ. Ол аайы кини өсөһөн төттөрү түһэн иһэрэ.
Бүөккэ кыра эрдэҕиттэн айылҕаттан бэриллибит дьикти үчүгэйдик уруһуйдуур дьоҕурдааҕа. Уруһуй учуутала Иван Иванович ону билэр буолан киниэхэ наһаа истиҥник сыһыаннаһара. Хайдахтаах да уустук уруһуйу түһэрэн ылбыттыы оҥороро. Уруһуй уруога бэһис, алтыс уруогунан буолара. Кэнники уруоктартан күрүүр бэйэтэ Бүөккэ, Иван Ивановиһы хомотумаары уонна уруһуйдуур баҕата күүһэ бэрт буолан, бүтэһик уруокка хаалара. Уруһуйга наар «биэс» сыананы ылара, онон Иван Ивановичтан элбэх хайҕал тылларын истэрэ. Ол эрээри, тоҕо эбитэ буолла, чиэппэрдэргэ түөрдүнэн барара. Оччолорго кини кыра буолан ону куойатыгар-маҥкытыгар оҕустарбат этэ…
Бүөккэ хаамыраҕа балтараа ый олордо. Ыт иллэҥэ буолуу диэн маны этэн эрдэхтэрэ. Күнтэн күн туох да уратыта суох биир кэм быт хаамыытынан сыылар.
Түрмэ төһө да түҥ хааһах курдук боруоран турдар, сонун-нуомас иһиллэ-биллэ турар дьикти уратылаах. Ол курдук атын этээстэри кытта «атынан» сибээс, ыһыытаан кэпсэтии тиһигин быспат. Бүөккэлээх хаамыралара хаһан да киһинэн итэҕэстийбэт. Биир киһи бардаҕына, атын киирэн биэрэр. Саҥа кэлбит киһи сонуна элбэх буолар. Төһө да нуучча-саха диэн атааннаһыы суоҕун иһин, омук омугунан тус-туһунан олорор.
Дьэ, итинник биир кэм олохторугар эмискэ этиҥ эттэ. Биир киэһэ балаһыанньалаахтар арыгылаатылар. Бастаан этэн көрө-көрө күлсүү-салсыы бөҕө буолла, онтон итирэн-кутуран бардылар. Били бииргэ чифирдииллэрэ ханна да суох буолла. Тыл-тылтан күрүчүөктэстилэр, зона олоҕо ахтылынна. Улахан иирсээн тахсар кутталланна, эдэр өттө куттанан кутуйах иинин кэҥэттэ. Маатыра-куутура хойунна. Байбаас нуучча Валераны муннун тоҕо охсон кэбистэ. Хаан өрө ыһылла түстэ, ол эрэн уол сүһүөҕүн сүтэрбэтэ. Хаамыра иһэ адаарыҥнас киһи буолла. Валера доҕоро Клык матарааһын анныттан бэйэ оҥоһуу биилээҕин сулбу таһыйан ылла:
– Зарежу! – били анекдот кэпсии-кэпсии күлэрэ-үөрэрэ ханна да суох буолбут. Сирэйэ-хараҕа турбута сүр.
– Давай б…! – Байбаас маайкатын хайа тардан кэбистэ, кыыс ойуулаах түөһүн тоһуйа тутаат, утары ыстанна.
Иэдээн! Өлөрсүү буолла! Хата, дьолго диэххэ дуу, хаамыра аана аһылла түстэ. Надзирателлэр ыстанан киирэн үлтү кулаан көрүдүөргэ таһаартаатылар. Ити кэмҥэ Бүөккэ аан таһыгар хайдах кэлэн хаалта эбитэ буолла, эмиэ холбуу тахсыһан хаалла. Ким буруйдааҕын, буруйа суоҕун быһаарса барбакка, карцерга хаайталаан кэбистилэр. Бүөккэ Клыктыын түбэстэ. Быһаҕын илдьэ тахсыбыт буоллаҕына, иэдээн. Хайдах алы гыныахха сөбүй? Өскө кыһыл илиитинэн түстэҕинэ, уҥа-хаҥас дайбаһыахха сөп… Бүөккэ бэйэтигэр эрэнэр. Бэркэ биэртэлэһээччи. Дьэ, боруобалаан түстүн, тыын-тыыҥҥа харбас!
Клык, бэйэтин кытта үөхсэ-үөхсэ, төттөрү-таары хаамыталаата, өрүтэ уһуутаата. Онтон ааны тэбиэлээн лиһиргэттэ. Ким да чугаһаабата. Дэлби маатыралаан субурутта. Онтон уоскуйа быһыытыйан чохчойон олордо. Өйдөнөн хаалбыт. Бүөккэ эмиэ блатнойдары үтүктэн киһитин утары чохчойон олорунан кэбистэ. Атыттарын ханна илдьибиттэрэ биллибэт. Клык Бүөккэни иччитэ суох мээнэнэн көрөн кэбистэ уонна:
– Эн миигиттэн куттаныма, буруйуҥ суох. Онтон Байбаастааҕы кытта бэйэм аахсыам, – диэтэ.
Бүөккэ маннык дьон тылларыгар туралларын билэр буолан уоскуйда.
Карцер диэн хаайыы иһигэр хаайыы. Икки наара оронноох, онтукаларын күнүс истиэнэҕэ ыга хатаан кэбиһэллэр. Туох да утуйар таҥас көрүллүбэт. Күн өрөтө-өрөтө аһаталлар, киһини тыыннаахтыы моруу гынар сирдэрэ.
Киэһэ кэлэн Клыгы ханна эрэ илдьэ бардылар. Ханна илтэхтэрэй? Уу чуумпу сатыылаата.
Чаас аҥаарын курдугунан киһитин соһон тирилэтэн аҕаллылар. Улаханнык кырбаммыт, ол эрэн: «Эн тугу да билбэккин», – диэн кулгааҕар сибигинэйэ оҕуста. Аны Бүөккэ уочарата кэллэ. Уҥуоҕа халыр-босхо барда, онтукатын биллэрбэккэ буола сатаата. Табах буруотунан тунуйбут хоско киллэрэн иһэн, умса хатыйан түһэрдилэр да, илиилэрин кэдэрги атаҕар наручниктаан кэбистилэр. Тыына-быара хаайтарда, сиһэ тосторугар тиийдэ, наручник илиитигэр быһа киирдэ. Бүөккэ бу «ласточка» диэн хаайыы үлэһиттэрэ сөбүлээн туттар албастарын аан бастаан боруобалааһына. Ынчык-бөтүөх сүрдэннэ, үрүҥ күн салгына баҕалаах буолла. Арыгы испитин-испэтэҕин бэрэбиэркэлээн туруупкаҕа үрдэрдилэр. Испэтэх. Үчүгэй. Ол эрэн босхолооботулар, доппуруос саҕаланна. Урут били сэриилээх эрэ киинэлэргэ көрөр сордооһуннара манна баар эбит. Ыйыталлара биир:
«Арыгыны хантан ыллылар, ким аҕалла?». Бүөккэ күнэ-ыйа хараарда, наар көбдөххө тэбэллэр эбит.
«Билбэппин!» – диэн ыһыытаан көрдө. Туһалаабата. Онтон ыксаан, өлөрүүһүктэрин билэн, ханна эрэ истибитин өйдөөн, уҥан хаалбыта буолла. Дьоно тохтоон сирэйин өҥөйөн көрдүлэр уонна: «Готов!» – диэтилэр.
«Дьэ, сүрдээх суол буолар эбит, киһи киһини аһыммата. Туох буруйбар ити айылаах сирэйэ-хараҕа суох атаҕастанным? Кырбанардааҕар ыт курдук үөҕүллэр өссө ыарыылаах эбит. Дьиҥинэн, арыгы таһар надзиратель эмиэ баара. Сирэйин араастаан ханньаччы тута-тутта дьоннорун кыраһыыннааччы кини этэ. Этэн биэрбэккэ!..»
Бүөккэ хантан билиэй, стукач буоллуҥ да тэбиллэн хааларгын. Ол эрээри бу түгэн кини олоҕор улахан суолталаах буолбута.
Карцерга төттөрү аҕаллылар, өкчөччү туттан нэһиилэ хаамар. Көбдөҕө тыыннарбат үлүгэр. Клык улаханнаппыт быһыылаах, сиэмэн муостаҕа токуллан сытар. Тэбэн көрбүттэригэр турбата, онтон биэдэрэлээх тымныы уунан саба ыстылар. Бүөккэ бу айылаах бэйэтэ буорайан турдар да, хайдах эрэ киһитин аһына санаата. Икки надзиратель күлсэ-күлсэ тахсан бардылар, кэннилэриттэн аан сабыллан лиһигир гынна. Кырдьык да, «бөхтөр» эбит!
Көҥүлгэ киһи ууттан тахсыбат куйааһа, онтон манна сөрүүн, түүн тымныйыыһы. Клык нэһиилэ үнүөхтээн туран, ынчык-бөтүөх бөҕөнөн сыгынньахтана сатаата. Бүөккэ туран киһитигэр көмөлөстө. Инчэҕэй таҥаһын ыктылар. Онтон маайкатын кэтээри гыммытыгар «бу киһи олох өлүүһү» дии санаан, Бүөккэ бэйэтин футболкатын биэрдэ. Киһитэ махтаммытын Бүөккэ сүрдээх үчүгэйдик иһиттэ. Ханныгын да иһин, иккиэн биир өлүүгэ сырыттахтара.
Сотору ас биэрэр чуолҕаннара аһылынна. Били арыгы таһар бөх уулуу турар оҕус хараҕын курдук күлтэччи көрбүтүнэн сирэйэ бу мэлэс гынна уонна Клыкка: «Саха маладьыас, түһэн биэрбэтэ», – диэтэ. Иккиэннэригэр табах уматан биэрдэ. Киһи бэрдэ Клык хаамыратыттан халыҥ таҥас, табах, испиискэ аҕалтарда. Бөх аһыннаҕа дуу? Наараларын түһэрэн биэрдэ, онон үөһэ тахсан сыттылар. Саҥа-иҥэ суох, хобдох киэһэ буолла.
«Олохпор олох табыллыбат киһи эбиппин. Маннык буоллаҕына, зонаҕа да тириэрдибэккэ сүүспэр сүүрбэлээх тоһоҕону саайыыһыктар» дии санаата Бүөккэ. Хаайыылаах өллөҕүнэ, баҕар, тыыннаах буолуо дииллэрэ дуу, сүүһүн тоһоҕолоон кэбиһэллэр үһү диэн баар. Тугун ынырыгай!
Сарсыҥҥытыгар иккиэннэригэр уоннуу суукканы биэрбит уураахтарыгар илии баттаттылар. Шмон оҥороннор, табахтарын, испиискэлэрин былдьаан ыллылар. Таҥастарын ньылбы сыгынньахтаан кэбистилэр уонна карцер таҥаһын биэрдилэр. Киһи этигэр сыстыбат, халҕайбыт таҥаһы таҥнаат, тары сиэбит ыттыы титирэһэ түстүлэр. Кыһын киһи тоҥон өлөр дойдута эбит. Хата, бүгүн карцерга аһатар күннэрэ буолан, аһаан арыый сэниэ киллэрдилэр, итии уу иһэн ирэ быһыытыйдылар. Клык олорбут-олорбут курдук, ону-маны чүүччэйэн, арахсыбакка көрдөөн, табах, испиискэ атаҕа булан, наара тимиригэр умата охсон буруолаатылар. Манна эмиэ булчут үүтээнигэр курдук, чэй, испиискэ, табах хааллараллар эбит, атына диэн харах көрбөт, илии тиийбэт сиригэр.
Тугу мээнэ ынчыктаһа сытыахтарай. Ону-маны буолары-буолбаты ботугураһан кэпсэтэллэр. Үксүн Клык кэпсиир. Бүөккэ бэркэ өйдүүр даҕаны, кэпсэтэ үөрэммэтэх буолан, тыла өҕүллүбэт. Ол да буоллар таах истэн олорбот, балкыһар.
Хаайыы надзирателлэрэ нууччалар, хаайыылаах үксэ нуучча, онон ити тылы билбэт киһиэхэ ыарахан буолсу. Бүөккэ ону өйдөөтө, элбэхтэ кэпсэтэ сатыыр уонна нууччалыы кинигэлэри ааҕарга сыал-сорук туруорунна.
Бүгүн куһаҕан киһи түбэһэн сордорун сордоото. Аантан арахсыбакка чуҥнуур, дьөрү олорпот да, сытыарбат да. Бэҕэһээ кырбаммыттарыттан улаханнык эчэйбиттэр. Бүөккэ көбдөҕө күүскэ тыыннарбат, арааһа, быарын сиэтилэр быһыылаах. Өр тулуйан атаҕар сылдьыбат, хайаан даҕаны олордоҕуна эбэтэр сыттаҕына табыллар. Ону баара кэтэбилгэ сылдьааччы ааны тэбиэлээн, дэлби үөҕүтэлээн туруортуу турар. Хайа муҥун, кини да сылайда быһыылаах, сиэмэн муостаҕа уу куттаран кэбистэ. Бүөккэлээх, дьэ, муҥур уһукка кэллилэр. Клык ыксаан бырааһы ыҥыртарбытын, бөх «сынньатан» кэбистэ. Киһитэ тымырын быстаары тииһэн турда. Хата, биилээх көстүбэтэ. Дэлби үөҕүстэ. Тылыттан-өһүттэн иһиттэххэ, сэбиэскэй былаас кыр өстөөҕө эбит. Чыычый киһи.
Инчэҕэй тирбэҕэ быстыбат. Клык хайа баҕарар балаһыанньаҕа сибээһи олохтуур. Ол курдук түннүгүнэн кэпсэтэн, атынан, ол аата быанан кэккэлэһэ турар хаамыраттан, чэйи, табаҕы ыла олорор.
Бу дойдуга биллэр-көстөр киһи эбит. Уон биэс сылыттан уон биирин олорбут, Иркутскай уобаластан төрүттээх, төрүт да детдомҥа иитиллибит буолан, сытыы-хотуу, туохтан да иҥнэн-толлон турбат. Олох эдэригэр түбэспит буолан, көҥүл туһунан өйдөбүл суох. Кэпсээнэ наар хаайыы туһунан. Бүөккэ киһититтэн бүтэйдии куттанар, ол да буоллар элбэҕи биллэ-көрдө. Тоҕо эбитэ буолла, Бүөккэни кэнники кэмҥэ «Шаман» диэн ыҥырар буолла. Арааһа, араспаанньатыттан таһаарда быһыылаах. Түннүгүнэн кэпсэтэригэр «Шаман» диэн сахалыын сытабын» диэн дьону соһуталаата. Ньиргийэн түһэн аат да аат.
Били арыгы таһар бөхтөрө, күлтэччи көрө-көрө, бэрт буола сатааһын бөҕө. Аһаабат да күннэригэр уоран ас бэрдэрэр, оннооҕор чифир оргутан аҕалар, табах туһунан этэ да барыллыбат. Сатаан икки сирэй буолар киһийдэх диэтэҕиҥ. Эрэлэ суох киһи. Ол да буоллар, Бүөккэ киниэхэ өстүйбэт буолан хаалла.
Киһиэхэ үчүгэй сыстара баҕалаах, аны Бүөккэ карцерга сытан чифир иһэргэ үөрэннэ. Төһө да иккилии омурдунан кыра-кыратык истэр, бастаан утаа сүрэҕэ өлөхсүйэн, дэлби хотуолаан, куртаҕа тиэриллэн тахса сыста. Чифир арыгы курдук төбөҕөр тахсыбат, сүрэххин күүскэ үлэлэтэн күүс-күдэх, сэниэ эбэр эбит.
Дьэ, Бүөккэлээх уон сууккаларын толору олорон бүгүн хаамыраларыгар төнүннүлэр. Көрсүһүү үөрүүтэ-көтүүтэ сүрдэннэ. Чифир өрө охсон, төгүрүччү чохчойон олорон иккилии омурдунан, табахтыы-табахтыы иһэн сыймаардан кэбистилэр.
Байбаастааҕы атын хаамыраҕа көһөрбүттэр. Быһаарсыы буолуо диэтэхтэрэ. Ас бастыҥын аһаттылар. Бүөккэни аллараа ороҥҥо көһөрдүлэр.
Түннүгүнэн Клыктаах кэллилэр диэн хаһыытаан биллэрдилэр. Онтон Бүөккэни түннүккэ ыҥыралларын эттилэр. Бүөккэ, эрэһиэҥкэттэн тутуһаат, хаһыытаата:
– Саҥар!
– Шаман, эн дуо?! – тэйиччиттэн бэрт нүһэр куолас иһилиннэ.
– Шаман истэр! – Бүөккэ хайдах эрэ, бэйэтиттэн астыныах курдук буолла, түрмэҕэ биллэн-көстөн иһэриттэн.
– Бу Буурҕа саҥарар. Мин тоҕо билбэппин эйигин? Кимҥиний?! – көрбөккө да куолаһыттан иһиттэххэ, ыарахан тыыннаах киһи саҥата.
– Шаманов Бүөккэ диэммин.
– Урут ханна олоро сылдьыбыккыный?!
– Суох, бастакы түбэһиим.
– Сөп, өйдөнөр! Бүттүбүт! – киһи кэпсэтэн туһаммат киһитэ диэтэ быһыылаах.
* * *
От ыйыгар Бүөккэ ааһыныыта кэллэ, оннунан хаалларбыттар. Баанньыкка баттаҕын кырыйан кэбистилэр. Дьэ, дьиҥнээх хаайыылаах буолла. Аны зонаҕа барарын кэтэһэр.
Бөтүрүөп куйааһын үгэнэ. Тыа дьоно, күнү-дьылы былдьаһа, оттоон үллэҥнэтэн эрдэхтэрэ. Бүөккэ бэһис кылаастан оҕуһу сиэппитинэн барбыта. Бу куйааһа, абытай да абытай. Сүрэҕэлдьээн да биэрээхтиирэ, оттон билигин хайдах эрэ ис-иһиттэн үлэлиэн баҕарар.
Катялыын эмиэ окко билсибиттэрэ. Киэһэ ахсын оҕолор кутаа тула арааһынайы кэпсэтэллэрэ, ыллыыллара. Наһаа айдаарсан оҕонньоттортон да дьарыллаллара. Оннук олорон оҕолор сыыйа-баайа утуйа барыталаан хаалбыт буолааччылар. Туох да сүбэлэһиитэ суох кинилэр хаалан хаалааччылар. Онтуктарыттан бэйэлэрэ да соһуйаллара. «Маһы бүтэримэҥ!» – диэн оҕонньоттор хаһыытыы сытааччылар. Онтон үргэн, өрүскэ киирэн олорор буолбуттара.
Ама да ааспытын иһин, кэрэ да кэмнэр этэ. Туох да кэскиллээх, истиҥ кэпсэтии суох буолара. Күһүөрү халлаан хараҥарар буолуоҕуттан хантайан олорон наар халлаан сулуһун ааҕар идэлэммиттэрэ. Инньэ гынан, бэйэлэрэ эрэ билэр кистэлэҥ сулустаммыттара. Онтуктара бары тус-туһунан ааттаахтар. Билигин үрүҥ түүннэр турар буоланнар, сулустар көстүбэттэр. Онон Катяны кытта туох да ситимнээбэт. Атырдьах ыйын сүүрбэ биэс күнүгэр, кыыс онус кылааска үөрэнэ барар буолан, арахсар күннэрэ кэлбитэ. Онно тапталлаах сулустарын көрө тураннар: «Аны биһиги сулустарбытынан кэпсэтэр буолуохпут», – диэн сүбэлэспиттэрэ. Сулустар, хаһан тырымныы тыгаҕыт?..
* * *
Сааскылаахха сандал саас салаллан, хаар быһыта сиэнэн, киһи таһырдьаттан киирбэт күннэрэ тураллар. Түүнүн тоҥорон, күнүһүн ириэрэн кырыыһаттан муус чопчулар таҥнары ыйаннылар.
Сааскылаах, кырдьык даҕаны, сааһын сүрдээҕин тупсар эбит. Киһи таһырдьаттан киирбэт күннэрэ тураллар. Соруйан оҥорбутун курдук, күн тумустуу үтэн киирбит хатыҥ булкаастаах тыа кэтэҕэр киэһээҥҥи сарыалынан кыыһа олороро көрүөхтэн кэрэ. Киэҥ сирдэргэ холоотоххо, айылҕата наһаа айгыраабатах.
Сопхуос сүөһүлэрэ күнүһүн таһырдьа чэччийэр буоллулар. Кинилэргэ даҕаны, аҕыс ыйы быһа биир кэм бааллан туруу сыанан аҕаабатах. Ииккэ-саахха буккуллар, киһи көрүөхтэн сүөргү дьүһүннэммит сүөһүлэрэ күн уотугар сыламнаан кэбинэллэр. Икки атыыр оҕус баара, аамсыгырбытттыы аа-дьуо алтахтаһан, били бэйэлээхтэрин кэннилэрин сыллыы-сыллыы эргийэ хаамаллар. Кинилэргэ даҕаны урааннаах уһун кыһын бэйэтин суолун-ииһин хаалларбыт дьүһүннээх. Дьөрү онно эрэ кыһаммакка, айылҕа сокуонунан ууһатыы үлэтинэн күүскэ дьарыктаналлар.
Катялаах, сүөһүлэрэ төрөөннөр, үлэлэрэ икки бүк элбээтэ. Кыһайбыт курдук ынах ыыр аппарааттарын мотуора умайан хаалан, илиилэринэн ыыллар. Хаһан оҥоһуллара биллибэт. Үүт ыама түстэ, ол аайы Сэмэнэп биригэдьиир айаҕа кытаран олорор.
Катяҕа уон биир ынах төрөөтө, аны үс төрүөхтээх. Икки хойукку, биир синньээн эрэр. Түөрт ынаҕа кытарах, онон таҥараҕа махтал.
Бастакы кварталга үүт графигыттан хааллылар. Арай сайылыкка таҕыстахтарына ситиһэллэр ини… Наар күүстээх үлэ оҕолору салытыннарда. Туох эрэ албаһы булан быйылгынан бүппүт киһи дэһэллэр да… Наставниктара Дуня хайдах сүүрбэ сыл үлэлээбитин сөҕөллөр.
Оҕолор күһүн кэлээт да, төбөлөрүн оройунан үлэҕэ түспүттэрэ. Ынах ыыр кыргыттар илиилэрэ ыалдьан, тарбахтара такыччы тардан, ынахтар уолар аакка барбыттара. Саамай мөлтөхтөрө, хатыҥырдара Маша ытыы-ытыы ыы сатыыра. Катя, сынньалаҥ үлэлээх буолан, кэлэ-бара көмөлөһөн абырыыра. Хата уолаттар саах күрдьүһэн үлэлэрин чэпчэтэллэрэ.
Катя Маайа эмээхсинниин үүт ыйаан туталлара уонна сэппэрээтэрдииллэрэ. Ол оннугар хойут бүтэллэрэ.
Хаар түһэн бастакы тымныылар бачыгыратан барбыттара. Олорор дьиэлэригэр тыал күүлэйдиирэ. Сэмэнэп сүбэтинэн мууһунан сыбаан баран, тэллэҕэр хаар куппуттара. Дьэ, арыый сылыйан дьиэ дьиэнэн буолбута. Аны оһохторун угаардаахтык сабан, ол иэдээнэ буолбута. Хата, барыта этэҥҥэ ааспыта.
Киэһэтин олохтоох уолаттар кэлэллэрэ. Аны арыгы иһэ-иһэ наһаа элбэх буолан кэлэннэр, дьиэлэрин өрө сүгэн кэбиһэллэрэ. Бэйэлэрин уолаттара сиппит-хоппут дьонтон куттаналлара. Сынньанар да бокуой суох. Ону Сэмэнэпкэ эттэхтэринэ, «чэ, бээ, кэпсэтиэм» диирэ да, син биир кэлбиттэрин курдук кэлэ тураллара.
Бүөккэттэн хам-хаадьаа сурук кэлэрэ. Сопхуоска оробуочайдыыбын, үчүгэйдик сылдьабын диирэ да, арыгыны чаастатык иһэрин туһунан сурах иһиллэрэ. Сордоох уола, саатар, ийэтин да аһыммат. «Киэһэ ахсын сулустарбытын көрөбүн уонна эйигин саныыбын. Оччоҕуна хайдах эрэ көрсөн кэпсэппит курдук буолабын» диир да, ол арыгылыы сылдьан, дьэ, ким билэр…
Биирдэ кыһын оройун эргин «биир киһиэхэ боруоктаһабыт диэммит, бэйэбит кырбанан хааллыбыт, эбиитин андаатар бэргэһэбин былдьаттым, онон кыра дьыалаҕа эриллэ сылдьабын» диэн хоҥуруутугар хоннорбот курдук суруйбуттаах. Ол иһин Катя, кырдьык, кыра дьыала буолуо диэн иҥэн-тоҥон ыйыталаспатаҕа.
Бүөккэлиин сыһыаннарын киһи «таптал» диэ дуо? Кинилэр хаһан даҕаны уҥа-таала сылласпатахтара-уураспатахтара, дьөрү сиэттиспэтэхтэрэ даҕаны. Арай биирдэ өрүс биэрэгин тахсарыгар илиититтэн тарпытыгар уу туҥуй сүрэҕэ тиҥиргэччи тэппитэ. «Өссө да тутан турбат ээ» дии санаабыта да, ол түгэн хатыламматаҕа. Кыргыттар: «Хайдах эн Бүөккэни кытта сылдьаҕын, куһаҕан, бөппүрүөк баҕайы уол буолбатах дуо?» – диэтэхтэринэ, саҥатыттан матара. Ис-иһигэр киирдэххэ, Бүөккэ оннук буолбатах. Киниэхэ наһаа истиҥник сыһыаннаһар уонна аһаҕас баҕайы дууһалаах буолан, кэпсэтэргэ чэпчэки.
Бүөккэ наһаа үчүгэйдик уруһуйдуур. Иллэҥ буолла эрэ, күлүккэ олорон уруһуйдаан тахсар идэлээх. Уруһуйдьут буолан эбитэ дуу, айылҕа кэрэ көстүүлэрин наһаа абылатан, киһиттэн уратытык көрөрө. Боростуой да көстүүнү ыпсаран-хопсорон кэпсээтэҕинэ, «кырдьык даҕаны» диэбиккин бэйэҥ да билбэккин.
Онтон бу бүгүн Сэмэнэп сопхуос киинигэр киирэ сылдьан соһумар сонуну аҕалла. Оҕолору кыһыл муннукка муста уонна ыйдааҕы хамнастарын түҥэттэ. Идэтинэн сопхуос сонунун ыһа-тоҕо кэпсээтэ. Үүт былаана тохтубутунан сирэй-харах аста. Урукку оҕолор быдан таһаарыылаахтык үлэлииллэрин эмиэ ахтан аһарда. Оҕолор: «Мотуору оҥоттор», – диэбиттэрин: «Өрүс суола сабылынна, онон аны сайын уу эрэ суолунан кэлэр», – диэн хомотолоото. Ыксыы сылдьар буолан оҕолор дьиэлэригэр сылдьыбатах, соруктарын толорботох. Түмүгэр: «Арба да Шаманов Бүөккэ нууччаны кырбаан түөрт сылга хаайыыга барбыт», – диэт, туох да буолбатаҕыныы, дьиэгэниччи көрүтэлээн кэбистэ. Кыргыттар бары саҥата суох Катя диэки хайыһа түстүлэр. Сэмэнэп ону бэлиэтии көрдө, көхсүн этиттэ уонна: «Чэ, барыҥ үлэлээҥ, олорон хааллыбыт», – диэтэ.
Катя турар сирэ иҥнэл-таҥнал барда, сүһүөҕүн сүтэрэн истиэнэттэн тайанна уонна оргууй хааман хотонугар таҕыста. Туох эрэ биллибэт күүс үөһэттэн баттаата, тулата кытара кыыста, бэйэтэ ээл-дээл буолан хаалла.
Бүөккэ наһаа ынырык, кинини албыннаабыт. Нууччаны кырбаабытын көр-күлүү курдук суруйбута ээ. Онтуката баара улахан дьыала эбит, ол да иһин 4 сыл хаайыыга уурулуннаҕа. Сэмэнэп хайдах да сымыйалаабат. Сор да буолар эбит. Саатар, ийэтин аһымматах. Сүөкүлэ сордоох соҕотоҕун хааллаҕа. «Быйыл аармыйаҕа барбатахпына, худуоһунньук үөрэҕэр хайаан да туттарсыам», – диэбитэ. Онуоха Катя: «Оттон ийэҥ хайдах соҕотохтуу хаалар?» – диэн ыйыппытыгар: «Сэбиэскэй былаас аҕыйах сыл көрүө, оччолоох буолуоҕу үлэлээбитэ», – диэбитэ уонна күлэн кэбиспитэ. Барыта хааллаҕа.
Дьүөгэтэ Шура кэлэн алы гынабын диэн өссө аймаата. Кини төрүт даҕаны Бүөккэттэн араара сатааччы. Киһи кыһыйыах: «Мин эйиэхэ хаста эппиппиний, олох суруйсума, абааһы уолун бырах диэн. Аны хаайыыга түбэстэ, онтон киһи буолан тахсыбат. Хаайыыттан көнөн тахсыбыт диэн суох. Көрөҕүн дии ити, тахса-тахса син биир түбэһэ тураллар. Эбэтэр арыгыһыт буоланнар ЛТП-га бараллар», – диэтэҕэ үһү.
Дьиэтигэр тахсан, оронугар сытан санаан көрдөҕүнэ, Шура этэрэ оруннаах. «Ол аата Бүөккэ олоҕо алдьаннаҕа. Аны киһи буолан тахсыбат. Тугу гыныахха, тугу быһаарынабын? Олох хараара мунан хааллым дии. Бээрэ, кырдьык даҕаны, туох буолан бачча үлүгэр айманным. Бу үйэҕэ Бүөккэ туһунан холку баҕайытык саныыр этим ээ. Кырдьык таптыырым буолуо дуо? Ити Сэмэнэп туох да буолбатаҕын курдук сылдьар даҕаны, бу кыһын миигин таҥас уларыттар хоско чуут күүһүлүү сыспыта дии. Арай онно үҥсүбүт буолуум, хаайыыга барыа этэ». Кыбыстан дьүөгэтигэр Шураҕа даҕаны кэпсээбэтэҕэ. Онтон «бу киһи сүгүн сырытыннарыа суох» диэн Машалыын үлэлэрин атастаспыттара.
Катя хара күһүн кэлиэхтэриттэн Сэмэнэп киниэхэ чугаһыы сатыырын кыыс оҕо сүрэҕинэн эндэппэккэ билбитэ. Сороҕор дьыала толорбута буолан кыһыл муннукка олорон хаалара уонна Катялаах Маайа үлэлээн бүтэллэрин кыраҕытык кэтэһэрэ, аргыстаһан тахсара, дьиэтигэр атаарара. Онтон быраһайдаһаат, дьиэтин диэки кыычыр-хаачыр үктэнэн бара турара. Арай кини атаҕын тыаһыттан ыттар үрэллэрэ.
Катя, соҕотох хаалаат, сулустары ааҕа көрөрө уонна ааспыт кэрэ кэмнэрин санаан өрө тыынара.
Сэмэнэп иҥээҥниирин тохтоппотоҕо. Маайа эмээхсин, кини майгытын билэр буолан, Катяны сэрэтэрэ. Катя төһө да толуннар, аҕа саастаах киһини уонна тойоно да буоларынан киэр үтэйэр кыаҕа суоҕа.
Кыһыҥҥы бытархан тымныылар сири-дойдуну аан туманынан бүрүйбүттэрэ. Оҕо-дьахтар кыра наадаҕа таһырдьа тахсыбат үлүгэрэ буолбута. Ол эрээри эрчимнээх эдэр саас тугу кыайбатаҕай? Туохтан толлон турбатаҕай?
Оҕолор, төһө да ыарахан үлэҕэ сырытталлар, общественнай олоххо көхтөөхтүк кыттан барбыттара. Хайа да бырааһынньык, үҥкүү-биэчэр кинилэрэ суох барбат буолбута. Ырыа-тойук, көр-күлүү, төһө да быстах кэмҥэ кэлэн аастар, оҕолору сүрдээҕин чэбдигирдэрэ.
Биир оннук үөрүүлээх киэһэҕэ сөп түбэһиннэрэн, Сэмэнэп Катяны дьиэтигэр атаарбыта. Кэлииккэҕэ кэлээт, холуон баҕайытык эргитэ тарпыта уонна тыбыс-тымныы инчэҕэй уоһунан салаҥ баҕайытык уураан ылбыта. Олбуор иһигэр үтэйэ анньаат, кэннин да хайыспакка, дьиэтин диэки бара турбута.
Катя эмискэччитэ бэрдиттэн тугу да өйдөөбөккө хаалан тура түспүтэ, уоһун туттан көрбүтэ. Кыыс айылгыта тардан манньыйыах курдук буолан иһэн, аньыыга киирбитин бүтэйдии сэрэйэн, сүрэҕэ тиҥиргэччи тэппитэ. Сулустарын көрбүтэ, туманынан бүрүллэн аат эрэ харата кыламныыллара. Чэпчээбиттии өрө тыыммыта уонна дьиэтигэр сүүрэн хаалбыта.
Ол түбэлтэ кэнниттэн Сэмэнэп Катяҕа олох да кыһаммат буолан хаалта. Хата Катя суохтуох курдук буолта. Эр киһи истиҥ сыһыана, куруук батыһа көрөр харахтар умнулла быһыытыйан эрдэхтэринэ…
Ама, умнар үһүө. Ол киэһэ Маайа, уола куоракка барбыт буолан, «оһохпун сабардаахпын» диэн дьиэтигэр эрдэ барбыта.
Катя сэппэрээтэрин сууйан-сотон кылбатан кэбиспитэ. Муостатын сотоору сырыттаҕына, эмискэ Сэмэнэп киирэн кэлбитэ. Кыра холуочук этэ. Катя бу сырыыга Сэмэнэби илэ абааһы киирэн турарын курдук көрбүтэ. Иэнэ кэдэҥнээбитэ. Саҥа-иҥэ мэлийбитэ. Уу чуумпу айа кирсинии тыҥаабыта. Катя муостатын сотон бүтэрбитэ. Эр киһи баарыттан кыбыстан таҥаһын уларыттыбакка, ону-маны көннөрбүтэ, дьаарыстаабыта буола сылдьыбыта. Мантан уһаатаҕына, кэтэһэр курдук буолан тахсыыһы, онон:
– Николай Петрович, эн дьиэҕэр барбаккын дуо? Мин таҥаспын уларыттыам этэ, – диэбитэ.
– Улахан эбит, уларытыннаҕыҥ дии. Мин манна күүтүөм, – диэт, дьэ, хайдах таһаарар эбиккин диэбиттии, олоппос хачыгырыар диэри иҥиэттэн кэбиспитэ уонна тахсыбатын биллэрэн табах уматтыбыта.
Тэҥнэһиэ дуо, хоско киирэн таҥаһын уларытта турдаҕына, эмискэ киһи кэлэн кэнниттэн кууһа түспүтэ. Түөһүн ыга туппута. Катя тыына-быара хаайтаран бобуллаҥнаата. Киһи, эргилиннэри тардаат, туох түбэһиэх сыллыы-ууруу сатаата. Муннугар табах, арыгы дьаардаах сыта билиннэ. Аҕынньыта холунна, киһини киэр үтэйэ сатаата. Үскэл, күүстээх баҕайы киһи кыыһы муостаҕа тиэрэ сөрөөн түһэрдэ. Тардыы күүһүттэн эрэһииҥкэлэр быһыта ыстаннылар. Иэдээн!
– Маама, быыһаа! – ытыы-ытыы, уйа-хайа суох сарылаата.
Кыыс сэниэтэ эстэн, муҥур уһукка тиийэн эрдэҕинэ:
– Хайаа, бу тугуй?! – диэн Маайа саҥатын үчүгэйдик да иһиттэ этэ.
Киһи тура эккирээбитэ, ыстаанын тимэхтэммитэ. Эп-эппэҥнэс, харахтара сүп-сүүрэлэстэр, куттаммыта өтө көстөр, мээнэ:
– Маайа, эн… Тоҕо… – диэмэхтээбитэ.
– «Эн тоҕо» диэбит буола-буола! Төрөппүт оҕоҥ курдук кыыһы. Баҕайы сааппат даҕаны! Бу быһыыгын сэбиэккэ үҥсүөххэ наада! – Маайа бэйэтиттэн бэйэтэ тэбиэһирэн олох илгистэн турбута. – Бу эн, Сэмэнэп биригэдьиир, ама да тойон буолтуҥ иһин, наһаа да бас баттах баран эрэҕин! Эйигиттэн ордук киһи суоҕун курдук туттаҕын-хаптаҕын да, суут-сокуон диэн эмиэ баар! Хаһан эрэ үтэһэҥ туолуо, биир муостаҕа туран кэпсэтэрбит буолуо! Бу көҥүл атаҕастаан-баттаан эрдэҕин! Былырыын, иллэрээ сыл кыргыттары эмиэ сүгүн үлэлэппэтэҕиҥ! Киниэнэ барыта таах хаалан иһэр! Маҥай аллаах!
Сэмэнэп, куттаммыта ааһан, тойон хаанын киллэрэ охсубута.
– Маайа, дьэ, сэрэн! Тыл-өс тарҕатыаҥ, миигин бэйэҥ билэҕин! Дьыаланы хат көбүтүөм!..
– Ол мин дьыалабын көбүтэҕин дуо?! Туох дьыалалаахпыный мин эйиэхэ?! – Маайа олох уоскуйбат.
– Умнарыҥ түргэнэ бэрт эбит! Онтон уолгун?! – Сэмэнэп куоһурун туттубута.