скачать книгу бесплатно
– Бу… Махсыым аҕалла дии…
– Барда дуо? – диэн ыйытта Биэрискэ Махсыым бэргэһэтин төнүннэриэн санаан.
– Барда дии… Дьээбэ-дьээбэ… – Кирииччэ уоһун иһигэр мүчүк гынна.
Ити күн кэннэ уоллаах кыыс көрсүһэ түһэллэрэ элбээн барда. Махсыым урут оонньууга соччо сылдьыбат бэйэтэ, кулууп дьиэтиттэн арахпат буолла. Чуурай ыччата уонча эрэ буолан мустабыт диэбэттэр, эргэ кулуубу өрө сүгэн кэбиһэллэр. Бобиналаах магнитофон музыкатыгар үҥкүүлүүллэр, онтон араастаан оонньууллар. Оонньуур оонньуулара үксүн: «Тииҥнэр уонна эриэхэлэр», «Алдьаммыт төлөпүөн», «Биһилэх кутуута». Махсыым Биэрискэ туһуттан кулууптан арахпат буолбута биллибитэ эрээри, кыыска чугаһыы илик. Оонньууга да оонньоспот, бэл, үҥкүүгэ ыҥырыа дуо. Биэрискэлиин билсээри, оройуонтан да, сопхуос киин уһаайбатыгар да үлэлиир уолаттар хам-хаадьаа анаан тахсаллар. Кыыс кинилэрдиин хаһан билсэ охсубута буолла, уруккуттан доҕордуу курдук туттан, күлэр-үөрэр. Биир эмэ уол, кыыс санныгар илиитин ууран ыллаҕына, Махсыым күнүүлээн, хараҕа уоттана түһэр эрээри, тугу да гыныан булбакка, таһырдьа ойон хаалар.
Биир күн Үрүҥнэр ийэлэрэ Марыыска оройуонтан соҕотоҕун тахсыста. Суолу быһа саҥата суох олорсон кэлэн баран, дьиэтигэр чугаһаан иһэн, эттэ:
– Махсыым, эйигин биһиэхэ олорор Биэрискэни эккирэтэр дииллэр дии…
Махсыым тугу да хардарбат, истибэтэх курдук, уруулун эрийэ олордо.
– Дьэ, нохоо, эппэтэҕэ диэйэҕин, итинник саҥата суох сылдьан хааллаххына, куоттарарыҥ буолуо! Биэрискэ барахсан кэрэ сэбэрэтинэн эрэ буолбакка, хайа да өттүнэн үчүгэй кыыс. Уолаттар иҥээҥнээн бөҕө, оттон кини эйигин сөбүлүүр курдук көрөбүн… Төһө даҕаны сөбүлээбитин иһин, хайа муҥун күүтүөй, ким эрэ аралдьытыа буоллаҕа! Кытаат, дьолгун мүччү тутума, хайдах эмэ саҥара сатаа!
Дьахтар диэки хайыһан көрбөтөр да, Махсыым, кулгаахтаах киһи, син иһиттэҕэ дии. Марыыска дьиэтин таһыгар түстэ, массыына бидиргэҕи бырдаҥалатан, бырылата турда. Ити киэһэ Махсыым кыыһы бытаан үҥкүүгэ ыҥыран, мустубут ыччаты барыларын сөхтөрдө. Аан бастаан таарыйсан, чугаһаспыт уоллаах кыыстан оҕолор дьээбэлээхтик имнэнсэр харахтара арахпата. Арай Махсыымнаахха тулаларыгар ким да суох курдуга… Оонньуу кэнниттэн Махсыым кыыһы дьиэтигэр диэри атаарда. Биэрискэ мичээрэ уоһуттан сүппэккэ, биллэр-биллибэт сэгэйэ, мичийэ истэ.
– Бэргэһэҕин билиҥҥэ диэри биэрэ иликпин дии… Таһаарабын дуо?
Махсыым төбөтүн илгиһиннэ. Саҥата суох турбахтаатылар.
– Чэ, пока… мин киирдим.
Махсыым тугу эрэ этиэн баҕаран, салгыны өрө эҕирийдэ. Биэрискэ күүтэн турда.
– Вера…
– Тугуй, Махсыым?
– Биэрискэ, мин… мин эйигин наһаа таптыыбын!.. – Махсыым, хата, эттим дии санаата эрээри, саҥата иһин түгэҕиттэн нэһиилэ сибигинэйэрэ иһилиннэ.
– Оо, сэгэрбиэн!.. – Биэрискэ кэтэспит түгэнэ дьэ үүннэ уонна саҥата суох кытар гыммыт сирэйин уол түөһүгэр кистээтэ.
Урут Махсыым биир да кыыһы, кууһуохтааҕар буолуох, тарбаҕынан да таарыйа илигэ. Бөҕүөстүбүт илиилэр кыыһы иилии куустулар. Минньигэс, сылаас долгун саба биэрдэ! Уол биллэр-биллибэттик титирэстиир, уолугунан ойон тахсыах курдук сүрэҕин тэбэр тыаһа таска иһиллэргэ дылы. Уоһа кыыс хараҕын булан уураата, онтон сымнаҕас уоһугар тигистэ… Өөр да өр турдулар.
– Суох! Эйигинэ суох олох сатаммат эбиппин… Өрүү бииргэ буолуох… Ыал буолуох… – сибигинэйдэ Махсыым.
Кыыс тугу да саҥарбата, төбөтүн кэҕиҥнэттэ. Махсыым кыыһы эмискэ көтөҕөн ылан эргиттэ: «Һуу!» – диэн улаханнык саҥа таһааран уһуутаата. Иккиэн дьоллоро-үөрүүлэрэ түөстэрин иһигэр баппакка, утары көрсөн күлсэ турдулар, өссө ыбылы куустустулар. Үрүҥнэр дьиэлэрин түннүгүн сабыыта ибир гынна…
Сарсыҥҥы күнү аһарбакка, Махсыым ийэтэ, Татыйыына, кинилэртэн үс дьиэ нөҥүө олорор Сахаараптартан тиэргэннэригэр кураанах турар бып-быыкаайык дьиэлэрин кэпсэттэ. Саҥарбат Саабатынаан кутугунайан, тоҥ дьиэни оттон, ыал бөҕүн дьаһайан, сууйан-сотон кэбистилэр. Кыһаллыбыт-мүһэллибит көрүҥнээхтэр, төттөрү-таары суксуруҥнаһан тоҥхороҥностулар. Сырдаабыт сирэйдэрин дьонтон кистээбэттэр, Татыйыына үөрүүтүн ыһа-тоҕо кэпсиир киһи буолла. Аҕыйах хонон баран, Чуурайга саҥа ыал олоҕо түстэннэ.
Биэрискэ Үрүҥнэриттэн көстө. Марыыскалыын үөрэ-көтө сылластылар, куустустулар, кыыс кыра суумочкатын тутан баран, күүлэҕэ таҕыста. Утары Кирииччэ киирэн эрэрэ баара да, эмискэ кыыһы күүлэ эркинигэр сыһыары аста, илиитинэн эркиҥҥэ тирэннэ. Соһуйан, тылыттан матан хаалбыт кыыс, Кирииччэ сирэйин куттаммыттыы утары көрдө. Киһитэ дьиппинирбит көрүҥнэммит, уостара кыбыс-кытаанахтык ыпсыбыттар, сурааһын эрэ курдук көстөллөр. Кыараан хаалбыт харахтара кыыһы сып-сытыытык дьөлө көрөллөр! Дьиэ аана кыыкырдаан арылынна. Марыыска мичээрдээбитинэн тахсан иһэн, төттөрү түһэн хаалла. Биэрискэ Кирииччэ илиитин аннынан сылыпыс гынан, таска куотта. Махсыым массыынатыгар Биэрискэ суумкаларын дьаһайа олороро…
Ийэм таптыыр уолбун сөбүлээбэтэ буолуо дии санаабыта, сэрэйбит сэрэх, Аана Сэмиэнэбинэ күтүөтүн көрөөт, сирэн кэбиспитэ.
– Пахайбын даҕаны! Уол баранан, бу айылаах дөйө сытыйбыт киһини булуннуҥ дуо?! Саатар мантан атын киһи суох этэ дуо? Тириини хайа соппут курдук харахтардаах буола-буола, унньуйа дөйбүт «замухрышканы» хомуйан кэлбиккин! Айыккабын ньии! Биһиэнэ биһиэнин курдук! Туох үөрэхтээҕий, сатаатар?
Биэрискэ Махсыымын «дөйбүт киһи», «замухрышка» диэбиттэриттэн өһүргэнэн, тугу да саҥарбата. Ол икки ардыгар Махсыым таһырдьаттан киирэн кэллэ. Хаһаайкаттан ыраах, оһох иннигэр кыра олоппоско олорунан кэбистэ, дьыалата хаахтыйан эрэрин тутатына таайда.
– Тоойуом! Кыратык таска тахса түс эрэ, мин бу кыыстыын кэпсэтиэм этэ! – Аана долгуйан, саҥата тыҥаабыт. Махсыым тыастаахтык ойон туран, ааны «лип» гына быраҕан, тахсан барда.
– Маама-а! – ийэтин диэки куһаҕаннык көрөөт, Биэрискэ эрин сырыста. – Махсыым! Максиимка-а!
Уол УАЗ-игар кирэн олороотун кытта, Биэрискэ сүүрэн кэлэн хабыынаҕа хатааһынна, массыына аанын тыаһа «лап» гынна. Уол саҥата суох ыйытардыы көрөн ылла. Кыыс ахсарбатахтыы ийэтин дьиэтин диэки сапсыйан кэбистэ. Массыына эстэр тыаһа кыыкынаата уонна бадараана бэлиэр кууран эрэр уулусса устун бырылыы турда – билсэн-көрсөн бүттэхпит ол…
Оҕолор соччото суох сирэйдэриттэн дьоно аах туох буолбутун тута сэрэйдилэр. Били, ыһыах кэнниттэн, от саҕаланыан иннинэ, уруу ыһыаҕа тэрийэн, киэҥник-куоҥнук малааһынныах буолбут былааннара ыһыллан, букатын мунан хааллыллар. Махсыым иннинэ икки кыыс оҕолоох, соҕотох уоллаах ыал уруу тэрийэн көрө иликтэрэ. Кыра кыыстара кэргэннэммэккэ сылдьар, улаханнара уруута суох ыал буолан, хоту баран олорор. Оттон Биэрэ соҕотох оҕо, бииргэ төрөөбүттэрэ суох. Онон уруурҕаһар үөрүүлээх, бэлиэ түгэннээх буолуо этэ да… Оҕолор урууттан кыккыраччы аккаастаннылар.
– Эс! Хайдах ыт-кус курдук холбоһон хаалаары гынаҕыт? Биһиги бэйэбит да аймахтарбытын ыҥыран, билсиһии малааһына оҕотун баҕас тэрийээ инибит! – диэн Татыйыына кыыһырда.
Эдэрдэр ыгдаҥнаһан кэбистилэр. Малааһыннарын күһүҥҥүгэ анаатылар.
Аана бииргэ төрөөбүттэрэ суох, кыыһын булумньунан, эрэ суох төрөөбүт аҥаардас дьахтар. Өрөбүл күн күүлэтин иннигэр сылабаарын күөдьүтүнэ сырыттаҕына, тастыҥ эдьиийэ Сөдүөрэ тиийэн кэллэ.
– Хайа, туох сонун? – Сөдүөрэ кыыкынас-сааҕынас саҥалаах. Моҕохтоох модьу моонньун килиэккэ ойуулаах от күөх ноһобуойунан сотунна. Онтунан кып-кыра көлөһүн таммахтара бычыгыраан тахсыбыт муннун, сүүһүн сотунна, уонча оҕо тиирэ тэппит иһин көннөрүнэн, үрүҥ кырааскалаах, өйөнөрдөөх ыскаамыйаҕа олохтоохтук оҥостон, ханна да ыксаабат киһи быһыытынан, өтөрүнэн хоҥнон туруо суох айылаахтык сыстан, олорунан кэбистэ.
– Күүлэҕэр көспүккүн дуу? Арыыйда эрдэ диэммин мин көһө иликпин.
Буолары-буолбаты, дьиэ иһинээҕини сэһэргэһэн баран, Сөдүөрэ кэлбит соругун быһаарсаары туоһуласта:
– Хотуой, Аана, кыыһыҥ чуурайдар Саҥарбаттарын уолугар эргэ тахсан барбыт үһү буолбаат, ону тоҕо кистээтиҥ, хаһан иһиллиэ суоҕун?
– Ээ, миигин «остуолланан» хобугунаһан эрдэххит! Сирэйэ-хараҕа хайдах эбит диэн көрө кэллиҥ дуо?!
– Эс! Эн бу хайдах буоллуҥ?! – Сөдүөрэ соһуйа иһиттэ. – «Остуолланан» буола-буола! Үөрүүлээх сураҕы истэн, ол-бу тэрээһиҥҥэ көх-нэм буолуохха баар эбит диэн сүбэлэстэхпит дии, ол ону тиэрдэ кэллим! Хайыах курдуккунуй, уруу тэрийэҕин дуо?
– Уруу ээ! Һы!
– «Һы» даа?!
– Миэнэ барыта наар аанньа!
– Тугу эттиҥ ити?
– Киһи санаатын иһинэн күтүөттэниэм дуо мин… Этэбин дии, наар аанньа!
– Тугуҥ кэмэлдьитэй, баҕаҥ хаһан да хаммат, хайдах буолбут дьахтаргыный? Тугуй ол, сирдиҥ дуу, хайаатыҥ дуу, Саҥарбаттар уолларын? Кимнээҕэр да үчүгэй ыал, кимнээҕэр да үчүгэй оҕо! Махсыым киһи сирбэт уола! Испэт-аһаабат, көрсүө-сэмэй, туруу үлэһит уонна эйиэхэ туох наада? Биэрискэ маладьыас эбит, дьолун мүччү туппатах!
– «Испэт-аһаабат»… эйиэхэ ол эрэ наада! Оттон мин хаатырга курдук үлэбэр эбинэ сатаан, эрэйинэн-муҥунан, муоста сууйааччынан кытары үлэлээн, суос-соҕотоҕун иитэн таһаарбыт оҕобор итиннээҕэр ордук олоҕу баҕарбытым. Ол ааҕыллыбат дуо?! – Аана ытамньыйыах курдук буолла.
– «Хаатырга?!» Эн суот туорааҕын тачыгыраппытыҥ «хаатырга» үһү! Билбэт буоллаҕыҥ тугун, хаатырга диэни! Уончака оҕону төрүү-төрүү колхуос-сопхуос сүөһүтүн сааҕар умса түс эрэ! Итирик-кутурук, аанньа үлэлээбэт, бардам эргин үйэҥ тухары моойгор олорт эрэ! Анараа дойдулаабыты мөҕүттэр сатаммат буолан баран, туһугар эмиэ абытай хаатырга этэ!
Сөдүөрэ иэдэс биэрэн, элээр-мэлээр көрүтэлээтэ, кистээн хараҕын уутун сотунна. Аана алҕаһы саҥардым диэн, иһигэр билиммитин да иһин, саҥарбата.
– Киһи-киһи туһунан хаатыргалаах. Харчы эрэ туһа диэн, хараҥа хонтуораҕа быыкаа хамнаска хачыгырайан, үйэбэр биирдэ соҕуруу баран сынньанным дуо? Эн ыарахан үлэлээх да буолларгын, хамнаһыҥ ботуччу, соҕуруу иккитэ баран кэллиҥ, босхо! Оо, мин биир эмэ баҕа санаам табылыннын диэн, оҕом үөрэхтэниэ этэ диэн, булбуппун барытын дьаптайан, хотунан-соҕуруунан хааччаҕа суох сырытыннарбытым, халтайга хаалан хааллаҕа… Баһа бата сатаан, булан-булан үөрэммит да үөрэҕэ баар, кыра кылаас учуутала! Орто үөрэх! Харчыны бараабакка, онно баҕас эрдэттэн бата сатыа этэ буоллаҕа! Сатаатар күтүөт үөрэхтээх буолуон сөп этэ! Эн оҕолоруҥ бары үрдүк үөрэхтэннилэр дии, үрдүк үөрэхтээх күтүөт-кийиит бөҕөтө! Миэхэ тоҕо сатаныа суохтааҕый?!
– Ол ону Үрдүк Таҥара бэйэтэ көрөн олордоҕо, туох да диир кыаҕым суох… Мин даҕаны отучча сыл ыарахан үлэҕэ эриллэн баран, бу арыыйда налыйан олоробун. Тугу да диир кыаҕым суох…
– Үрдүк Таҥаралара тугум иһин миигин накаастыырый? Ити кыыһы эҥинэ бэйэлээх үтүө уол бөҕөтө эккирэппиттэрэ, ханна баалларый? Дөйө бүгүйбүт баҕайыны булан олорор! Биир да үөрэҕэ суоҕу!
– Аньыы, хотуой! Накаастаабатаҕа буолуо, дьол тосхойбута буолуо. Кыыһыҥ иннин быһа саҥаран кэбиһээйэҕин! Өссө да эдэрдэр, көстөн иһиэ. Үөрэниэхтэрэ буоллаҕа дии, тугуҥ тылай бу дьахтар! Сирдэҕинэ, бэйэтэ араҕыа, эн онно орооһума! Олох орун оннун булларан иһиэ. Соҕотох кыыскын, ыл, киһилии тэрийиэх! Саата да бэрт!
Эдьиийэ Сөдүөрэ олохтоох, ыллыктаах намыын саҥатыттан Аана кэҥии түстэ. Кырдьык даҕаны, баҕар, букатыннаахтык эргэ тахсыа суоҕа, өйүн тутар ини! Бэйэ күнүн-чааһын кэтэһэ таарыйа, урууну тэрийиэххэ сөп эбит диэн санааҕа кэллэ. Сөдүөрэ киэҥ дьиэтигэр малааһынныах буоллулар.
Итинник сүбэлэһэн баран, дьахталлар куукула дьиэтин курдук мааны, барыта орун-оннугар ууруллубут дьип-дьап оҥоһуулаах, сырдык, аһары баран, сиэри таһынан ыраас дьиэҕэ киирэн, күндү фарфор чааскыттан сылабаар чэйин сыпсырыйдылар. Килбэйэр иһит ыскаабыттан хурустаал таас үрүүмкэлэр хостоннулар, үрүҥ көмүс биилкэлэнэн, быһахтанан-ньуоскаланан кыһыл көмүс дьураалаах иһиттэртэн саха аһын аһаатылар…
Биэрискэ сайын саамай куйаас күннэригэр үйэтигэр аан маҥнайгытын мас кыраабыл тутан, от оттуур диэни биллэ. Бастаан кыайан ылсыбакка, иннинэн-кэннинэн айаннаан, дьон күлүүтүгэр киирдэ. Ытыһа хабыллан хаалла, үөн-көйүүр кинини эрэ булан сиир курдук. Саллан хаалан, икки-үс күн сөрүүн дьиэҕэ сытта. Чуурайга ыт охсор киһи суох. Оҕолуун-улаханныын бары кураан күннэри тутуу былдьаһан, ходуһаҕа сылдьаллар. Кэтэх оттуур сир диэн суох буолан, хаалбыт ырыысканы, өтөхтөрү оҕонньоттор-эмээхситтэр ыраастыыллар. Дьэдьэн буста, хаптаҕас кыыста, дьон оттоон иһэн, таарыйа хомуйан кэлэллэр.
Икки күнү супту ардаата. От мунньааччылар өрөбүллэрэ лаппа уһаата. Сааба былырыын биэнсийэҕэ тахсыбыта, сопхуос отугар быйыл кыттыспакка сылдьар. Кэтэҕэр бөһүөлэктэн чугас, икки алаас ыккардыгар сытар, сир ахсааныгар киирсибэт өтөҕү оттуур. Куораттан кыра кыыһа Ньургуйаана оттоһо кэлэ сылдьар. Кини куорат кыахтаах тэрилтэтигэр экэнэмииһинэн үлэлиир үһү. Тэрилтэтэ таас кыбартыыра биэрбит, онно соҕотоҕун олорор. Эрдэнэр, оҕолонор сааһа ааһаары гыммыт да, Ньургуу ыксаабат быһыылаах.
– Эн тоҕо соҕуруу сынньана барбакка, манна кэлэн от оттоон эрэйдэнэ сылдьаҕын? – дьиибэргиир Биэрискэ.
– Оо, мин дойдубар кэлэн кумаарга-кырдаайыга сиэтэн, буһан-хатан, окко сылдьыбатахпына, сайыны биллим ээ да дии санаабаппын! Өссө ыраах, звеноҕа сылдьан оттуурбун сөбүлээччибин. Балааккаҕа, үүтээҥҥэ, отууга сытан. Оо, от сыта барахсан! Дьэдьэн, моонньоҕон сыта!
Оттууру хайдах итинник таптыахха сөбүн Биэрискэ өйдөөбөтө. Ньургуу кийиитин санныттан кууста уонна сыллаан ылла.
– Чэ, дьиктиргээмэ, манна сылдьа түһэн баран, Италияҕа бараары сылдьабын, путевканан. Сыл аайы онно-манна барабын, адьас ыарыы курдук буолла. Быйыл оҕолорбор Италияттан туох эмэ сувениры аҕалар инибин.
Сарсыныгар Ньургуу «үлэ элбэх, мунньулуннаҕа аҕай, баран көмөлөһөөр» диэбитин быһа гыммакка, Биэрискэ барыста.
Өтөхтөрө чугас соҕус, ойууру ортотунан сүүрбэччэ мүнүүтэ хааман тиийэҕин. Онтон хаһан эрэ халыҥ хаар баттаан, төбөлөрүн суол иһин диэки иэҕиппит, лабаалара бэйэ-бэйэлэригэр иилистэн, холлороон аллея буолбут, анаан олордуу курдук үүммүт хатыҥнары ааһаҕын. Сөрүүн күлүктээх, кытаанах үктэллээх суолунан бара түһэҕин уонна эмискэ арылыс гынар кыракый ырааһыйа саҕатыгар биирдэ баар буола түһэҕин.
Биэрискэ Чуурайга тахсан баран, айылҕа кэрэ көстүүтүн олоҕугар иккис төгүлүн сөхтө. От саба үүммүт синньигэс хоруу уҥуор хаптаҕас уга үөһэттэн алларааҥҥа диэри бүүс-бүтүннүү кып-кыһыл отоннорунан кыыһар, хантан эрэ кэмпиэт сытын курдук минньигэс сыт дыргыйан ааһар. Охсуллубут от сыта хойуутук кэлэр.
Сааба отун охсон ыраатыннарбыт. Кыргыттара кэлбиттэригэр хотуурун от сүүмэҕинэн сотон баран, угун сиргэ батары аста. Пионер оҕо хаалтыһыныы моонньугар баана сылдьар, уруккута маҥан эбит былаатын уһугунан моонньун, сирэйин сотто-сотто, отууга таҕыста. Кыыһыныын ону-маны ботур-итир тыл быраҕыстылар уонна саҥата суох олордулар. Сиккиэр хатыҥ сэбирдэхтэрин силигирэтэн ылар. Икки-үс кумаар дыыгыныыр, хантан эрэ сахсырҕа сааҕынаан ааста.
Бу түгэҥҥэ ханна эрэ куорат ньиргийэр олоҕо сирилии, ньирилии турара буолуо… Таас дьиэлэр эркиннэриттэн тэйэн, күн сыралыйар итиититтэн кытара буспут кыһалҕалаах дьон төттөрү-таары аалыҥнаһаллар, тобус-толору оптуобустарга ньимиччи симиллэн, ханна эрэ сөтүөлүү бараллар. Оттон манна уу чуумпу, киһи нухарыйан барыах чуумпута…
– Аһары бэрт буолбат дуо, тоойуом? – Сааба эмискэ саҥарбытыгар көһүппэккэ олорбут Биэрискэ соһуйан, ходьох гынна. Өйүгэр оҥорбут итииттэн ууллан эрэр куорат мэлис гынна. Ньургуу күлэн лыҥкынатта. Биэрискэ саҥата суох кэҕиҥнээтэ уонна оҕолуу мичээрдээбитигэр тииһэ кэчигирэһэн көһүннэ.
Сойбут саахардаах хара чэйи киллиргэтээт, кыргыттар нэлэйэн тэлгэнэ сытар ходуһаларын диэки хааман, хаппыт оту тэпсэн, сурдурҕаһа турдулар. Сааба таптыыр хараҕынан имэрийэ көрөн оҕолорун атаара хаалла, астыммыттыы мичээрдээн мүчүк гынна, уоһун үрдүн саба үүммүт бытыгын имэриннэ.
Ньургуу оту бэрт түргэнник харбыыр, кыраабыла кылбаҥнаан олорор. Куурбут от бэйэтэ чөмөхтөнөн иһэргэ дылы, кини үлэлиирин туораттан киһи эрэ көрөн туруох курдук. Оттон Биэрискэ кыраабыла, ама, кинини истиэ дуу? Ньургуу үлэтин үтүктэ, сырса сатаан, итиннэ иҥиннэрэн, манна сыһан-соһон, дьэ үөрэниэхчэ буолла быһыылаах. Халыҥ субурҕаны аһара уһаппакка харбаата. Киэһэриэр диэри хайа баҕарар өттүнэн тэҥҥэ харбыыр буолла. Ытыһа хабыллыбатын диэн, Татыйыына чараас үтүлүк биэрэн ыыппыта туһалаата. Сааба кэлэн көмөлөһөн, бугул бөҕөтүн бычыгыраттылар. Ити күнтэн ыла Биэрискэ от үлэтиттэн наһаа саллыбат. Ааһа баран, Ньургуу курдук от үлэтиттэн үөрэр, сүргэтэ көтөҕүллэр, этэ-сиинэ арыллан, чэпчииргэ дылы гынар.
Ити сайын Биэрискэ Махсыымыныын аҕыйахтык көрсүбүттэрэ. Көрүстэхтэринэ, Махсыым, уруккута бэл дьиэтигэр аҕыйахта саҥарар бэйэтэ, ойоҕун кытта Саабалаах тиэргэннэрин бүтэйин нөҥүө уулуссаҕа сытар бэрэбинэлэргэ сэргэстэһэ олорон, тугу эрэ уһуннук кэпсиир. Ойоҕунуун холууп курдук куллугураһаллар, туохтан эрэ күлсэн ыгдаҥалаһаллар. Сороҕор ойон туран тугу эрэ былдьасыһан, оҕо курдук ыстаҥалаһаллар. Киирэн эрэр сайыҥҥы күн Биэрискэ уһун суһуоҕар көмүс уотунан сандаара оонньуур. Ардыгар Махсыым бүтэй сүллүгэһигэр тахсан, сохсоллон олорор буолар. Аттыгар Биэрискэ атаҕын хатыйа үктээн турар, тугу эрэ кэпсиир, хаҥас саннынан бүтэйгэ өйөммүт, илиитинэн салгыҥҥа тугу эрэ суруйар. «Киириҥ!» диэхтэригэр диэри, сырыы аайы бэрэбинэлэриттэн ырааппакка, биирдэ эмэ көрсүһэр киэһэлэригэр ахтылҕаннарын таһаараллар. Аһаат, Махсыым сарсыарда эрдэлиирин иһин, ыга куустуһан, дьиэлэрин диэки бара тураллар.
Атын күннэргэ Махсыым, улахан сопхуос хаһан да бүппэт үлэтигэр сылдьан, дьиэтигэр көстүбэт: звеноҕа да оттоһон ылар, кээһии биригээдэтигэр кыдамаһыттыыр, ыраах отчуттарга ыһыктарын тиэрдэр, сороҕор агитбиригээдэҕэ кыттыһан отчуттары барыларын кэрийэллэр. Биитэр, дьиэлээн иһэн, массыыната бадарааҥҥа батыллан, отчут уолаттары ыҥыран, төһүүлээн-хайаан хостууллар, Биэрискэҕэ тиксиэхтээх бириэмэтин бараан кэбиһэр.
Биир сарсыарда турбуттара, Сахаараптар кыракый дьиэлэрин түннүгүн өҥөйө үүммүт баараҕай тиит лабааларын устун кытыгырас таммахтар куоталаһа, сүүрэкэлэһэ, күндү таас кэриэтэ мутукчаҕа ыйаастыбыт дьэҥкир оҕуруолар кэнчээригэ түһэн, сүтэн-иҥэн хаала тоһуйдулар. Сиппэрэҥ, силбик халлаан буолбут. Махсыым, оронугар олорон, түннүк нөҥүө бороҥ хартыынаны көрөөт, хомойон, сууллар мастыы лах гына сытынан кэбистэ.
– Оо! – аны Биэрискэ өҥдөҥнөөтө.
Куустуһан, сыппахтыы түстүлэр да, хайыахтарай, күннээҕи түбүктэрин санаан ойон турдулар. Арыы киириэхтээх, бэҕэһээҥҥиттэн тиэллэн бэлэм турар. Ньургуу оройуоҥҥа барыахтаах, Италиялыыр кэмэ субу ыган кэллэ. Биэрискэ ийэбэр сылдьарым буолуо диэн бэҕэһээ киилэлээх кырыыҥкаҕа сүөгэй сүүртэрэн ылбыта, киис тиҥилэҕэ кэһиитин бэлэмнээбитэ. Татыйыына ынахтарын ыан, үс киилэлээх култаҕар кырыыҥкаҕа субу сарсыарда ыаммыт үүтү хоппуруон хаппаҕынан хаппахтаан, ыраас маарыланан бөҕөргөтө баайан, бэлэмнээн туруорар буолуохтаах. Сааба кийиитэ ийэтигэр, күөлтэн хостоммутунан, лаһыгырас соболоох киирдин диэн илимин көрөн кэлбитэ буолуо. Атын күн эбитэ буоллар, үөрүө эбиттэр, оттон бүгүн хайаан да киириэххэ наада. Алдьаммыт суолунан өссө төһөҕө тиийиэхтэрэ биллибэт…
Хата, киирсэр киһи суох эбит. Биэрискэ сынтаҕар УАЗ-ик мотуорун хопуотугар оройунан массыына үрдүн анньан олордо. Ньургуу олбоххо – соҕотох. Килэрийбит, ньылбырыйбыт эрээри, суол уһун кураан кэннэ улаханнык хотторботох, тиийиэхтээх сирдэрин син бэркэ буллулар.
Биэрискэ ийэтэ дьиэҕэ баар эбит. Массыына киниэхэ тохтообут тыаһын истэн, күүлэтин түннүгүн түүлүн сэгэтэн, таһырдьаны өҥөҥнөөтө. «Үүрдэҕинэ, ханна эмэ булан хонор инибит» диэн эрэх-турах сананан, кыһалҕата суох курдук туттан, кынталдьыйан тиийэн, Биэрискэ төрөөбүт дьиэтин күүлэтин аанын арыйда. Махсыым бэйэтин наадаларыгар сылдьаары массыынатын бирилэппитинэн бара турда.
Кини киэһэлик кэлиитигэр ардах син биир түһэр-түспэт ибиирэр этэ. Аана оһоҕун кыратык оттубут, дьиэ сылааһынан, ас минньигэс сытынан саба биэрдэ. Дьиэлээхтэр сүргэлэрэ көтөҕүллүбүт, Махсыымы үөрэ көрүстүлэр. Аана бэйэтинэн күтүөтүгэр сабыс-саҥа таапачыка аҕалан биэрдэ. Дьиэ иһэ боруҥуй курдуга да, уоту холбообуттарыгар дууһа кытта чэпчээбиккэ, сандаарыйбыкка дылы буолла, хурустаал таас люстра күлүмүрдээн көһүннэ. Иллээх дьиэ кэргэн быһыытынан, толору астаах остуол тула олордулар. Эт, хаппыыста, хортуоска бэрэскилэрэ тус-туһунан өрөһөлөммүттэр. Оҕуруот аһыттан салаат, Махсыым урут хаһан да амсайбатах лечо диэн аһа, барыанньа арааһа кыра-кыра хурустаал иһиттэргэ ууруллубуттар, кыһыл көмүс дуйдаах ньуоскалар, биилкэлэр, хаптаҕай быһахтар хостоммуттар. Дьэрэкээн ойуулаах нэлэгэр тэриэлкэ үрдүгэр, эмиэ ол ханыыта буолан баран, хончоҕор иһит турар, онно Аана бэлимиэннээх миин кутан биэрдэ. Аһа барыта минньигэһин! Атын аһы ол нэлэгэр тэриэлкэҕэ ууран сиэниллэр эбит.
Дьахталлар ытаспыттар быһыылаах, харахтарын халтаһата хайдах эрэ испит курдук. Аана кыыһын сотору-сотору сыллаан ыларыттан сылыктаатахха, оҕотун ахтыбыт. Эдэр ыал хоноһолору хоннорор дьыбааҥҥа салгын сыттаах, кырахымааллаах, хачыгырас-суугунас, мап-маҥан өтүүктэммит таҥаска утуйдулар. Урут Биэрискэ ийэтинээн бииргэ икки киһи утуйар кэтит оронугар хоонньоһон сытар этэ. Махсыым, сылайбыт-аччыктаабыт киһи, тотон, сылааска сууланан, начаас буккураан хаалла. Биэрискэ биир хос чараас араамалаах түннүк нөҥүө иһиллэр түүҥҥү ардах тыаһыгар бигэнэн утуйда.
Түүн ардахтаах былыт баран хаалбыт. Сайыҥҥы эрдэһит күн уота куруһуба түүл, түннүккэ турар сибэккилэр быыстарынан киирэн, көстүүнэй хос сырдык эркинигэр кылбаарыччы анньыллыбыт мас саһархай сааһын килэбэчитэ оонньоото. Онтон уунан саба ыһыллыбыт курдук, килэгир кырааскалаах муостаттан тэйэн, хос иһин көмүс суһумунан сандаарытта.
Тугу эрэ гынан, сурдурҕаан-сырдырҕаан баран, утуйар хоһуттан Аана таҕыста, муоста биир хаптаһына иһиллэр-иһиллибэттик хаачыр гынна. Оҕолор дьыбааннарын таһыгар утуйа сытааччылары одуулаан турда. Дьиибэ дии, субу соторутааҕыга диэри бэйэтэ бас билэринэн дьаһайа сылдьыбыт кыыһа, бэйэлээх бэйэтин эт сорҕото, бэйэтиттэн хаһан даҕаны туспа санаан көрбөтөх оҕото, туора эр киһи хоонньугар сытар!
– Аа-айыкабын ньии! – саҥата улахан баҕайытык иһиллибититтэн бэйэтэ да соһуйда, куукунатыгар ааста. Утуйа сытааччылар ымыр да гымматылар, истибэтэҕэ буолан хаалбыттара эбитэ дуу…
Аана сып-сылаас индийскэй куоптатын кэтэн, күүлэ ойоҕоһун эркинин сырыһыннара туруоруллубут муус маҥан ыскамыайкатыгар олорон, сарсыардааҥҥы сигэриэтэтин иккини утуу-субуу тарта. Массыына эргэ шинатыттан тэлиллибит уонна араҕас кыраасканан дьэрэкээнник сотуллубут кулуумбаларыгар араас сибэккилэри олордуталаабытын, бөлүүҥҥү ардах сууйан-тараан сотон ааспыт, кылабачыһан, сэргэхсийэн тураллар. Билигин күн манна тыга илик эрээри, субу сотору күүлэ муннугуттан күлүмнээбитинэн тахсан кэлиэ. Табаҕын минньигэс буруотун салгыҥҥа үрэ-үрэ, Аана хас эмэ хонуктааҕыта түһээбит түүлүн саныы олордо.
…Төрөппүттэрин алааһа. Балаҕан халҕана аһаҕас, туруорбах эркиҥҥэ тиэрэ сытар. Киирбитэ – ийэлээх аҕата иккиэн бааллар, оһохторун иннигэр олороллор. Аҕата саҥата суох кыыһыгар сапсыйан аһаҕас аан диэки көр диэн ыйда. Аана аһаҕас аанынан көрбүтэ, арай балаҕан иннигэр күтүөтэ уонна кыыһа сүрдээх үрдүк, уһун да уһун, эмиэ да кэтит, күп-күөх оту кээһэ сылдьаллар. Кыыһа күлэр саҥата иһиллэр. «Хаһан да көрбөтөх сиэннэрин хантан билэллэрий» дии саныыр. Аҕата тугу эрэ кэпсиир, мөҕөр курдук. Ийэтэ эмиэ тугу эрэ эттэ да, Аана уһуктаат, умнан кэбистэ. Субу күҥҥэ диэри саныы сатыыр да, букатын өйдөөбөт…
Күтүөт тахсан үргүлдьү тиэргэн таһыгар турар мас- сыынатыгар ааста, Биэрискэтэ күн уотугар сандаарыйар сахсархай баттаҕын ытыһынан баттыы-баттыы, кэтэҕигэр чөмөхтөөн, туттара сатыы турар эбит. Күҥҥэ сирэйин тоһуйан турарын көрөн, Аана сүрэҕин сылаас долгун хамсатта: «Ии, тытааҕым оото!» – диэн кыыһа хаһан да дьиэтиттэн тахсан барбатаҕын курдук хаамыталыы сылдьарыттан манньыйа сылаанньыйда.
Үгүс элбэх саҥата суох сарсыардааҥҥыларын чэйдээтилэр. Аана бэйэтэ бэлэмнээбит оҕуруотун аһын арааһыттан улахан-кыра кырыыҥкалары суумкаҕа ыгыччы хаалаата. Туспа суумкаҕа бэрэскилэри укта, кыыһын сыллаан ылла, оҕолор тахсан бардылар. Сибилигин дьонунан туолан сэргэхсийбит дьиэ эмиэ кураанахсыйан, кэҥээн хаалла. Эр киһи сыта урут иҥмэтэх дьиэтигэр, саҥа олохтоох баар буолбутун туоһулаан, таҥас ыйыыр ыскаап таһыгар эр киһи суппуун таапачыката сытан хаалла. Соҕотохсуйбутун тулуйбата. Аана төлөпүөннээн, ыаллыы олорор эмиэ аҥаардас дьүөгэтин ыҥырда. Халадыынньыгыттан ханньаах бытыылкатын ойутан таһаарда, сүүтүк саҕа көмүс үрүүмкэҕэ толору куттан, «кылк» гыннаран кэбистэ…
Үөрэх дьыла ортолоон эрэр. Биэрискэ Розалия Тимофеевналыын сыһыаннара тупса илик, эбии сэтэрииргэ дылы. Розалия уруу малааһыныгар ыҥырбата диирэ дуу. Эдэрдэр сыбаайбалаабаппыт диэбиттэрин үрдүнэн, икки өттүттэн уруулар көрсөн-булсан, бэйэлэрэ сүүрэн-көтөн, тэрийэн кэбиспиттэр этэ. Эдэрдэр бэйэлэрэ ыҥырыылаах ыалдьыт курдук буолар күнүгэр эрэ тиийбиттэрэ, доҕотторун-атастарын да ыҥырымына хаалбыттара, аҕыйах киһиэхэ тылынан эппиттэрин, син истиһэн кэлбиттэр этэ. Сэбиэккэ саахсаланааттарын кытта, кырдьык-хордьук, саарыктардаах массыынаҕа тоһуйан, кэтэһэн турар бэлэм остуолга олордубуттара.
Уруу киэһэтэ уһаабыта, ааһа баран, олус табыллыбыта. Ас арааһа, эгэлгэтэ элбэҕэ, эппиккэ дылы, чыычаах эрэ үүтэ суоҕа. Көрдөөх Көстөкүүнү тамадаалаппыттар, дьону быардара быстыар диэри күллэртээбитэ, кэлин Көстөкүүн сөмүйэтин көрдөрдөҕүнэ кытта ньиргиһэ түһэр буолбуттара. Хайа да өттүттэн аймахтарга ырыаһыттар бааллара киэһэни наһаа киэргэппитэ. Дьиэҕэ-уокка наадалаах бэлэх бөҕөтүн биэрбиттэрэ, Махсыым дьоно ыанар ынаҕы кытары бэлэхтиибит диэбиттэрэ. Онуоха Аана, дьиэ іґүітүн үрүҥүнэн-харанан көрө-көрө, дьон истэрин курдук, саҥа таһааран үөһэ тыыммытыгар аттыгар олорор Сөдүөрэ ойоҕоско тоҥолохтоото. Орто холуочук Аана омуннаахтык соһуйбута буолла.
Дьон үксэ итириэ эбит да, өйдөөх Сөдүөрэ арыгыны элбэхтик ылларбатаҕа. Олох да арыгыта суох «сухуой» гыныаҕын, бары аймахтар ким кыратык, ким элбэхтик иһэллэр этэ. Арыгылара оруобуна сөпкө бүтэн хаалбыта, итирик-кутурук суоҕа, сүргэ көтөҕүллэрин эрэ курдук испиттэрэ. Чэ, туох да диэбиттэрин иһин, бэртээхэй малааһын ааспыта. Бары астыммыттара. Биэрискэ таах суолталаабакка, дьон курдук саҥа маҥан былаачыйа кэппэтэҕим хомолтолоох эбит дии санаабыта.
Розалия Тимофеевна, уруккута борокуруор ойоҕо, бэйэтэ үөрэх салаатыгар хотун этэ. Эрэ бүөр ыарыһах буолан, саастарын ситэ бииргэ олорботохторо. Кырдьар сааһыгар сынньалаҥнык сылдьаары, төрөөбүт дойдутугар, Чуурайга тахсан олорбута ырааппыт этэ. Улахан кыыһа быраас, күтүөтэ райсэбиэккэ кыра тойон. Уола эмиэ туох эрэ тойон, куоракка олорор. Кыра кыыһа соҕуруу юрист үөрэҕин бүтэрэн, хотугу улууска кэпсэтиинэн судьуйалыы барбыт кэмэ этэ.
Үйэтигэр хотумсуйа үөрэммит, өрүү салайар үлэҕэ сылдьыбыт сааһырбыт дьахтары эмээхсин диэҕи, киһи тыла тахсыбат. Розалия билигин да толуу-мааны көрүҥнээх, уостара-иэдэстэрэ уола илик, харахтарын өҥө кубарыйбыт курдук эрээрилэр, сытыы уоттаахтар. Бэл, баттаҕын кырааскалана илик, маҥхайан эрэр сүүмэхтэр онон-манан кыратык көстөллөр. Кини Биэрискэ уруутугар ыҥырбытын да иһин сылдьыбат. Төһө да Чуурай буолбуттарын иһин, уруккута сопхуос суоппара дөйбүт курдук саҥата суох Сааба кини эргимтэтэ буолбатах. Розалия колхуостааһын саҕана кулаахтаммыт Чуурай сис баайын сиэнэ. Оччотооҕуга кистэнэн хаалбыт сундууктар билигин да ампаарга тураллар, былыргы таҥас-сап, көмүс иһит, тэллэх саҕа Экэтириинэ кумааҕы эбилигээссийэлэрэ, сахалыы кутуу симэхтэр билигин да симиллэн сыталлар…
Арай Саабалаах кийииттэрэ кыыс… Вера аҕатын аата төһө да Петровна буолбутун иһин, хараҕа, төбөтүн кыҥначчы туттан олороро, сахсархай баттаҕа кытары, кини кыра кыыһыгар наһаа даҕаны майгынныыр. Күнүү уонна кини арахсыспат ханыыта – абааһы көрүү, ыарахан уртуут халкыҥныырын курдук, дууһа иһигэр үөскүүр сиикэй бааһы дьалкыҥнаатаҕын аайы кэҥэттэр кэҥэтэн иһэр, дууһаны харааччы сиир, хаҕын эрэ хаалларар…
Ити кыыһы Розалия төрөөбүт Чуурайыттан хайдах да үтэйбэт буолла. Саатар, Сэмэнэптэр сүөһүлэрин-сылгыларын барытын эһэн туран, Аммаҕа улахан кыыстарыгар көстүлэр. Кинилэр саҥатык тутуу дьиэлэрин Саабалаах уолларыгар ылан биэрдилэр. Үлэтиттэн үүрдэриэ эбит да, кыыс туох да киһи баайсыах айылаах дьиэгэ суох, саамай үчүгэй ахсааҥҥа киирсэр учуутал. Ол иһин сыппах быһаҕынан сыарҕа быатын аалан, кыыһы ахсарбатаҕа, кини диэки көрбөтөҕө буола сатыыр.
Айаҕалыы сатаан, кыра сылтах булан, Розалия Тимофеевна кыыс ийэтигэр тиийэ сырытта. Киирээт, сүрэҕэ мөҕүл гынна. Мап-маҥан испиэскэлээх улахан оһох оттуллан, ураата күүскэ тардан сирилэтэ турара. Маннык сылаас, киһи эрэ кута-сүрэ тохтуох ыраас, мааны, минньигэс сыттаах дьиэҕэ кини эрэ буолуохсут аараан, сынньанан ааспыт буолуон сөрү-сөп эбит. Оччотооҕуга Розалия, салайар үлэ үөһүгэр сылдьар дьахтар, хайдах барытын саба тутуоҕай – дьиэтин иһэ күөрэ-лаҥкы, кир-хох этэ. Эрэ «кэп дьэбэргин» диэтэҕинэ, «дьыалабыай бэспэрээдэк» диэн куотунааччы. Оҕолорун ыһыытаан-хаһыытаан, син кэмиттэн кэмигэр дьиэни хомуйтарар этэ. Билигин даҕаны, сынньалаҥнык да олордор, үөрүйэҕинэн, боруҥуй дьиэтигэр болҕомтотун уурбат, түннүктэрэ быыллаах халыҥ сабыынан өрүү саба тардыллан тураллар, ыалдьыт киниэхэ уруккуттан мустубат. Кинини төрдүттэн билэр, бииргэ улааппыт дьүөгэлэрэ биирдэ эмэ үктэнэллэр. Ас хооруммут хобордооҕун бастаан дьиэҕэ сытар тэллэх ытыгар салатан баран сууйарын, иһит сууйбут уутунан муостатын кытта сотон ыларын туһунан бэйэ ыккардыгар дьүөгэлэрэ хобугунаһаллар.
Оттон бу маннык куукула дьиэтэ дьиэлээх, тугу да быһаарбат, хадьардаспат акаары дьахтарга кини эрэ төһөлөөх таалалаата, кутун-сүрүн сымнатта буолла! Эр дьоҥҥо маннык наада эбээт! Ханна эрэ эркиҥҥэ, баҕар, хаартыската сыстан турара буолуо диэн, дьиэни бүтүннүү кэрийэн, тиҥсирийэ сатаата, тугу да булбата. Акаары дьахтар саатар таҥараҕа үҥэр эбит, утуйар хоһун муннугар уоттаах-күөстээх таҥара долбуура турар… «Оо… тугун бэрдэй дьиэҥ! Дьиҥнээх дьахтар эбиккин» эҥин диэн ньылбаарыҥнаан баран:
– Кыыһыҥ аҕата кимий? – диэн кэмэ кэллэ дии санаатаҕа, соругун туоһуласта.
Аана кыыһа үлэлиир оскуолатын дириэктэрэ, эмээхсин диэҕи, аһары кырдьыбыта биллибэт дьахтар, туох наадалаах кэлбитин дьэ таайда.
– Ээ, ол иһин даҕаны, киһини соһуттуҥ, дьиэбин түгэҕиттэн өрө сүргэйдиҥ дии. Суох-суох, эн эргин иирдибэтэҕим, оҕом аҕата атын киһи!
– Хантан биллиҥ, мин киммин уонна эрим кимин? – Розалия итэҕэйбэтэ.
– Хайдах билиэм суоҕай, оройуонум баар-суох тойотторун-хотуттарын?
– Эт, оччоҕуна, оҕоҥ аҕата кимин уонна хаартыскатын көрдөр!
Маныаха Аана өһүргэннэ.
– Өс-сөө! Көр да маны, сэнээбитин! Эн эриҥ буолбатах диэтим дии!