скачать книгу бесплатно
Уот тигинэччи умайбытын кэннэ, эмээхсин нэһиилэ саллаҥнаан туран, ынахтарын сыппайа таҕыста. Урут тымтыгын бэйэтэ уматан киллэрэн, хотон тулааһынын хайа барбытыгар кыбытан, сырдатынар буолара. Бу сырыыга оҕонньоро, батыһан киирэн, тутан биэрдэ.
– Ыл эрэ, оҕонньоор, өйдөөбүччэ, ити Салбырҕаскын бигээн көр эрэ. Өрүү иэппэт буолан хаалла. Уолаары гынна дуу, хайа үөдэн, – диэтэ, бастакы ынаҕын ыан бүтэрэн, иккиһигэр көһөрүгэр. – Мин күн аайы талкыйабын да, өрүү билиннэрбэт. Тыыллан да биэрэр кутайан, эмээхсин киэнэ матаҕата да улахана бэрт.
Оҕонньор, тымтыгын баҕанаҕа кыбытан, саҥата суох ыаммыт ынах иһин, тиийэн, бигээмэхтээн көрдө.
– Һa! Бүөрдээбит дии.
– Э‑һээ! Айылааҕа оннук буоллун. Ол иһин быйыл эрдэ соҕус буолуохтаах этэ, – эмээхсин үөрэ түстэ, чэпчээбит курдук буолла. – Соморойуҥ, дэлби кылгыахтаан, аанньа уулаабат. Apaaha, тииһэ кылыа буолбут дуу ханнык эрэ. Көрөн, аалан биэриэҥ этэ.
– Ээ, ол былырыыҥҥыттан кыайан уулаабат. Оҕонньор кырдьаахтаатаҕа даҕаны. Аны саас арыый кыайар-хотор эрдэххэ, кунаны айааһаныллыа этэ. Оччоҕо үйэбитигэр тиийэр оҕустаныа этибит.
– Маҥаас кунанчааны дуо? Маҥаас кунанчаан, дьэ, оҕус бөҕө буолан тахсыа, доҕор!
– Соморойу аны сайыҥҥыттан кур ыытыахпыт. Дьыл-уот үчүгэй буоллаҕына, икки-хас сыл уотуохпут.
Ити курдук ону-маны баллыгыраһан, киирэн чэйдээтилэр. Бүгүн ньыха киэһэ – эт сиэбэт киэһэлэрэ.
Эмээхсин, оҕонньоро кэлэрин кытта балачча кэҥээн, дьэгдьийэн, тыл-өс киһитэ буола түстэ. Аны хотон иһинээҕи кэпсэтиилэрин салҕаан, аттарын сааһын, ыттарын сааһын ырыттылар, быһаарыстылар.
Түмүгэр, саҥата суох олорбохтоон баран, эмээхсин үөһэ тыынан ылла:
– Эрэйдээхтэр бааллара төһө сылга-хонукка бараарыбыт, баайбыт-дуолбут сыыһын барытын ырыттахпыт үhү. Киһи да күлэр ээ. Бүгүн оттон ити биир кыыл дьүһүнүн көрөөрү, сиргэ охто сыстым буолбат дуо, мин. Уонна баран ханна уһун уоппун оттуох баҕайыбыный бу?
– Чэ, бээ, алыс айманыма! – оҕонньор эмээхсини намыратардыы оргууйдук саҥарар. – Кини даҕаны айыы кыыла ини, баҕар айыынан арахсыаҕа. Таҥара да кыыла буоллаҕына, күн таҥара көрөн-билэн олорор ини. Туохпут иннигэр атаҕастатар-баттатар үhүө!
– Бэйи эрэ, оҕонньоор! – эмээхсин, туох эрэ өй киирэн, оҕонньорун диэки сыҕарыс гынна, аны ким эмит истиэ диэххэ айылаах сибигинэйэн киирэн барда. – Хайа, аны кыылбыт манньа дуу, толук дуу эрэйэр кыыл сылдьара буолаарай? Биир эмэ кырдьаҕаһы ыҥыран, сүбэ-таҥха оҥостон көрдөхпүтүнэ? Баҕар, көннөрү үтүө да тылы ылынаарай?
– Ким билэр, доҕоор! Чэ, бэйи, туох-ханнык буолан иһэр? Көрүллүөҕэ! – диэтэ оҕонньоро, толкуйдаан, балачча олорбохтуу түһэн баран.
Сытан баран, эмээхсин утуйан биэрбэтэ, быһа ынчыктаан, айалаан-дьойолоон таҕыста.
– Төбөм аҕай!.. – диэмэхтиир, этэ уот курдук да, – Ычча да ычча!.. – дии сытар.
Оҕонньор уотун дэлби отунна, була сатыы-сатыы, эмээхсинин барынан бары үллүйдэ, төбөтүн кэлгинэ сылдьар былаатын, тымныы ууга илитэн аҕалан, ыга тардан көрдө. Күттүөннээх көмө буолбата.
Оттубут уоттара бараныыта эмээхсин, арыый нухарыйыах курдук буолан иһэн, аны баттатан киирэн барда. Тоҥолохтуу-тоҥолохтуу, оҕонньоро ыҥырбытыгар нэһиилэ уһугунна. Онтон эмиэ өр утуйбакка эрэйдэннэ. Чэй аҕалтаран истэ, аны тиритэн, уу чаккырас буолан, үллүктэрин барытын ыллылар.
Ол курдук сытан, оҕонньор утуйан хаалбыт. Биирдэ эмээхсинэ өлөр хаһыытын хаһыытаабытыгар уһукта биэрдэ.
– Һуу! Бу туох үлүгэрэй! Туох накааспын накаастаата! Бар дьон абырааҥ! Оҕонньоор! Оҕонньоор! Һуу! Һуу! – дии-дии, илиитинэн далбаатана-далбаатана, хаһыытыы, өрө мөхсө сытар эбит.
Оҕонньор эргиллэ баттаан, эмээхсинин илиитин хам кууһан ылла уонна суос бэринэн бардьыгынаан тоҕо барда:
– Бэйи, аргыый! Туох үлүгэрэй, бу! Акаары киһи киэнэ барыта киһиттэн таһынан… Чэ, утуй булгуччу!
Эмээхсин, тоспун ыллым ээ диэххэ айылаах, ньим баран хаалла. Оргууй илиитин төлөрүтэн, аҕылыы-аҕылыы харбыйан хаалбыт түөһүн имэриммэхтии сытта.
Онтон эмиэ, түүн төһөтүгэр эбитэ буолла, ый-хай буолан уһугунна:
– Оҕонньоор, ыл, абыраа! Оҕонньорум оҕотоо, өрүһүй! Бу илэ сиэхсит, илэ-бодо кэлэн, тыыммын ылаары гынна. Ыл да-а, тура тарт! Уоккун отто оҕус! Һyy!
– Бээ-бээ, оргууй! Бардым-бардым, – оҕонньор эрэйдээх этиттэрбэккэ даҕаны атах сыгынньах, баркынан эрэ оһоҕор сүүрэн бадьаалаата.
Тиийэн, тугу эрэ ботугуруу-ботугуруу, салҕалас илиитинэн уот оттон хачыгырайда.
Эмээхсинэ биир кэм, тыынын былдьаһан өрө хаһыҥырыы-хаһыҥырыы, эппэҥнии, өрө уһуутуу сытта:
– Һyy! Бу тыыммын-быарбын ыган, бу сордоон эрдэҕин көрбөккүөт! Ээй! Киэр! Киэр буола тарт! Һyy! Һyy! Оҕонньоор, уоккун-уоккун!
– Отуннум-отуннум. Оргууйдаа! – оҕонньор, холумтаныгар умса түһэн сытан, уотун үрэн сирилэппэхтээтэ, ол быыһыгар бэйэтэ бэйэтигэр ботугуруур. – Өлүү эбит, доҕоор! Моһуогураары гынна эбээт бу эмээхсин.
Уот умайбытыгар эмээхсин оронугар туран олордо. Бураллан хаалбыт баттаҕын, төбөтүн кэлгиэтин иһигэр симмэхтээн, көннөрүммүтэ буола сатаата.
– Һyy! Хараҕым дьэ арыый сырдаатаҕа үhү. Бy күтүр өстөөх илэ-бодо кэлэ турар буоллаҕа үhү. Бэрт аанньанан араҕыа суох кыыл быһыылаах. Эчи, ааспата-арахпата да бэрт, харахпын симнэрбин эрэ кэлэ турар. Ыл эрэ, оҕонньоор! Эр киһи дуома буоллаҕыҥ, туох алгыстаах, туомнаах этигиний? Эһэҕин, айах тутан, ааттаһан-көрдөһөн көрбөккүн ээ?
Собо уола Микииппэр оҕонньор, туллаххай этэрбэһин быатын соспутунан сылдьан, чохообуллаах арыыны кытта лэппиэскэ тооромоһун аҕалан, холумтаҥҥа уурда, онтон ohox кэннинээҕи муннугу хасыһан-хасыһан, сылгы сиэлин сүүмэҕин булан аҕалла. Бэйэтэ, оһоҕун хаҥас чанчыгар талах oлоппоһу тардынан, уотун иннигэр умса нөрүйэн олорон, алгыс алҕаан ботугураабыта буолла.
– Аал уотум иччитэ Бырдьа Бытык, Сээркээн Сэһэн, Хатан Тэмиэрийэ тойон, – эһэтин үс хара бараан күлүгэр сүһүөхтээх бэйэтинэн сөһүргэстээн, хоолдьуктаах төбөтүнэн хоҥкуйан, үҥэн-сүгүрүйэн туран көрдөһөр.
Иэримэ дьиэтин иччитин иэнигиттэрбэтин, аал уотун амньыраттарбатын, үрүт өттүттэн үргүөрү биллэрбэтин, алын өттүттэн аргыары таһаарбатын, сымыыттааҕар бүтэйдик, балыктааҕар кэлэҕэйдик, уу нуураллык олорбут уһун олохторун уйгуурдубатын, дьаҥы-дьайыҥы таарыйтарбатын, ыарыыны-сүтүүнү ыаллаһыннарбатын диэн тойон эһэтиттэн тобуктаан, тоҥхойон олорон, тулаайах бэйэтэ көрдөһөр-ааттаһар. Айах тутан айхаллыыр:
– Аһаан-сиэн, сырдаан тур! Үөрэн-көтөн, мүчүйэн тур! Уруй буоллун! Тускул буоллун!
Инньэ диэн баран, уотугар Микииппэр оҕонньор үс сиргэ ас биэрэр, сиэл быраҕар.
Онтон үөттүрэҕин ылан, оронун иннинэн сири үс төгүллээн күөйэ көтөн баран, дьэ, нус-хас буолбут курдук сананан, сытынан кэбистэ. Уйгууран хаалан, онтон сарсыарда утуйбата даҕаны, эмээхсинэ, уһукта-уһукта нухарыйан, арыый намыраан, кэм сынньаммыт курдук буолла.
Дьэ, ити курдук, түүннэрин бэрт кыһалҕалаахтык, кыбыстыылаахтык туораатылар оҕонньордоох эмээхсин.
* * *
Эмээхсинэ, кэм арыый сэргэхсийэн, атаҕар туран, хотонун үлэтин бэйэтэ көрөр буолан хаалла. Кыыллара арахсыбата. Арахсыахтааҕар, эбии эр ылан, киһиттэн өрүү да күрэммэт буолан истэ. Күрдьүктэн арахпат. Сээкэй ас тобоҕун, уҥуох-иҥиэх тооромоһун таһааран тохтохторуна, манаан олорон, тута көтөн сабдыйан кэлэн, харахтарын ортотугар тоҥсуйбутунан барар буолла.
Онон иккиэн сүбэнэн, дойду сиртэн киирэн, биир эмэ кырдьаҕаһы көрдөһөн таһаарарга кэпсэттилэр.
Аҕыйах хонукка оҕонньор, эмээхсинин ыарыылыы-ыарыылыы, хас да хонуктаах отун-маһын бэлэмнэнэн баран, биир сарсыарда эрдэ туран нэһилиэктиир гына тэриннэ.
Oҕонньop атын көлүйэн бэлэмнээн, барар таҥаһын таҥнан баран, суорат сии олорон, эмээхсинигэр эттэ:
– Чэ, эмээхсиэн, үчүгэйдик олор. Сарсын киэһэ эргиллэн кэлэ сатаан көрүллүө. Ньахсаан оҕонньору көрдөһөн көрөр санаалаахпын. Таба тутабын дуу, суох дуу?
– Оо, ол Ньахсаан кырдьаҕас буолунан кэлиэ үhү дуо? Уонна, хайа, ойууннаан уурайбыт ааттаах этэ дии, былырыын бассабыыктартан дьарыллан.
– Уурайбат. Киһи ырбаахыны устан быраҕарын курдук бэрт дэбигис босхоломмот дьыалата буолуо эбээт. Наай гыннар, дүҥүрүн бырахта ини. Хайа, оттон бииргэ үөскээбит үөлээннээҕим буоллаҕа дии, тылбын ылынар ини. Кинини элбэхтик мискийбит урут суох… Хата, бээрэ, кыайыах буолларгын, борооскуларгын дьиэҕэ аһатыаҥ-уулатыаҥ этэ. Таһырдьа таһаарбатаргын ханнык. Ити баҕайы, киһи барбытын биллэҕинэ, тугу-тугу оҥороро биллибэт. Талах иһиккин абырахтаабытым, кууран-хатан, дьэ бэрт буолбут. Ыккын дьиэҕэр тут, наадатын эрэ эттэҕинэ, таһаара сырытыннараар. Уонна утуйаргар оронуҥ иннигэр сыпсыгын ууран хоноор, ымыы буолуо этэ.
Микииппэр оҕонньор, ити курдук «кэриэһин этэн», көлүйэтигэр киирэн, бэлэмнии таарыйа ойбонун тэһэн, атын уулатан баран, үрүйэтин таҥнары, мас тиэйбит суолун устун, айаннатан курулата турда.
Ол суола сотору туоруур, онтон ыла икки-үс көс курдугу бу кыс хаарга саҥа суол таһаарыахтаах. Дьон сылдьыталаатылар ини. Халлаан сырдыа билигин да балачча быһыылаах, хараҥата сүр. Сырдыга эбитэ буоллар, билигин кэннин хайыһан, тиитин көрөн хаалыа этэ. Ол тумус сыыр эргиириттэн ыла көстүбэт буолар. Онтугар билигин баараҕай лабааларын быыһыгар, тымныыттан саһан, туора дойду кыыла «дьиэ» оҥостон олордоҕо.
Систэри быһыталаан, тыаттан киирэн истэххэ, оо, тэҥкэ тиит барахсан ыраахтан да көстөөхтүүрэ. Оол курдук сис оройуттан одуулаатахха, үрэх тардыытыгар, бары тииттэртэн чорбойон, соҕотоҕун кини дьыраллан турар буолара. Сарсыарда тахсар күн аан бастаан кини нуоҕай төбөтүгэр оонньоон тахсара, киирэр күн, саһан баран, саамай кэнникинэн кини чыпчаалын кытардан симэлийэрэ.
Саас көҕөрдөҕүнэ көрүөҥ! Быһата, ийэ хатыҥ курдук лаглайара. Чугастан көрдөххө, бу киистэтэ уһунун, бөдөҥүн! Үтүө үүнүүлээх бурдук киистэтин курдук буолара. Аны сайыныгар туораах анньыа турар. Бу элбэҕин көрүөҥ этэ, тэтэрэн түһэн – дьэдьэни саба ыһан кэбиспит курдук.
Кыһынын хаар хатаҕалаан, кинини ордук үллүйбүт курдук буолара. Аны сааскы, күһүҥҥү тыалларга бу суугунун оҕотун! Сир-дойду кини суугуна буолан дуорайан иһиллэргэ дылыта.
Оҕонньору оҕо эрдэҕиттэн билиҥҥэ диэри, хараҕын саба баайан баран, хара тыа бары да маһын аайы тохтотон ыйыталлара буоллар, кини суугунун, чыпчылыйыы да түгэнэ мунааран көрбөккө таайыа этэ.
Ол курдук, сылтан сыл аайы. Микииппэр оҕонньор өйдүөҕүттэн күн бүгүнүгэр диэри. Кини аҕатын, эһэтин, баҕар, хос эһэтин саҕана кытары буолуоҕа. Тэҥкэ тиит бу күн сиригэр төһө сыл-хонук үүнэн силигилээн турарын ким да билбэт.
Араас сир силигэ чыычаахтара, мас көтөрдөрө – саадьаҕай тоҥсоҕойуттан хара уларыгар тиийэ, туох куртуйахтары, курупааскылары этэ да барбакка – бары тэҥкэ тиити быһа ааспат буолаллара, тохтоон, сынньанан, таалалыы, оонньуу-көрүлүү түһэн ааһаллара. Иэгэйэр икки атахтаахтан бу эҥээрдээҕи баай хара тыа соҕотох баһылыга буолбут, эдэр сааһыттан эмэҕириэр диэри ааттаах сааһыт аатырбыт Собо уола Микииппэр тэҥкэ тииккэ кэлэн түспүт биир эмэ тылбыйар кынаттаахха, төһө да биирдэ айахха угар эт наада буолбут кэмэ буолтун иннигэр, саатын уоһун туһаайбытын өйдөөбөт. Көр, ол курдук ытыктыыра бу сир үрдүгэр тэҥҥэ үөскээн ааһан эрэр тэҥкэ тиитин.
Арай оҕонньор бачча сааһыгар диэри урукку өттүгэр тэҥкэ тиитигэр тылбыйар кынаттаах бииһин ууһуттан тойон кыыл кэлэн түспүтүн өйдөөбөт. Дьэ, онто ити быйыл кэлэн түстэҕэ. Түһээри түһэн арахсыбат гына түстэ. Тэҥкэ тиитин ол кыылга былдьатта оҕонньор аны!
Бу төһө даҕаны тиитэ барахсан туһунан уйаҕас, истиҥ ахтыынан иэйэ ахта истэр, дууһатын түгэҕэр тыбыс-тымныынан атын санаа хаарыйар: ол онно билигин хотой олордоҕо диэн санаа.
Саҥа хаары тыыран, сыарҕата тыаһа-сыма суох ньылбырыйар. Оҕонньор атын тиэтэппэт. Иннигэр түөрт көстөн ордуктаах, күннүктээх айан тоһуйа сыттаҕа.
* * *
Нөҥүө күнүгэр киэһэ Микииппэр оҕонньор нэһилиэк дьонуттан чып кистэлэҥинэн санаалаах кырдьаҕаһын Ньахсаан ойууну аҕалла.
Саҥата-иҥэтэ суох кэлэн, сыарҕатыттан түһэн баран, кырдьаҕаһа таба саҕынньаҕын тэбэммэхтии туран, хараҥата бэрт буолан, туох да көстүбэт этэ, ол-бу диэки олоотоомохтоон баран, кыбыы кэтэҕинээҕи тыа диэки туһаайан, хатан баҕайытык суордуу кыламмахтаан ылла. Онтон, сүрдээх үлүгэрдик үөһүн тартара-тартара, хаста даҕаны ис-иһиттэн кимиэллээхтик хотойдуу чыҥырҕаамахтаата. Ол аата тойон кыылга мин кэллим диэн биллэрбитэ дуу, дорообо биэртэ дуу эбэтэр мантан антах бу тиэргэн, бу дьиэ-уот, бу баараҕай хара тыа – бары мин дьаһалбын истэҕит, мин бас билиибэр киирдигит диэн caҥa аллайбыт быһыыта буолара дуу, биллибэт. Киниттэн ким утары көрөн ону ыйытыай?!
Дьиҥэ, Көстөкүүн кырдьаҕас, айыы кэмигэр киһилии ама аата инньэ диэн, ити саҥатыттан кыйыһыйан, үөрэн-көтөн, дьалкыһыйан киирдэ. Сотору-сотору уҥуохтapa тахса сылдьар уһун кубаҕай сыҥааҕын иннигэр анньан, ол-бу диэки көрөн олопоччуйар, элбэх-элбэхтик ону-маны саҥаран, ол-бу сонуну-сэһэни ыһан-тоҕон көбдьүгүрүүр. Ол аайы саннын байаатынан охсуллар, иилистэн хаалбыт ыас хара баттаҕа дьулаан баҕайытык силир гына хамсаамахтаан ылар.
Оппуос эмээхсин, кырдьаҕас кэлбититтэн үөрэн, ыарыытын да умнан, букатын эдэригэр түспүт курдук, кэлэ-бара, ас тардан элэстэнэ сырытта. Сыалаах эти адьырыччы буһаран бэлэмнээбит, алаадьы оҥорбут хайаабыт.
Остуолга олорбуттарыгар, Көстөкүүн кырдьаҕас кэпсээнин быыһыгар түбэһиннэрэн, Микииппэр оҕонньор эмээхсинигэр тыл бырахта:
– Хайа, доҕоор, били кыылбыт?
– Оо, дьэ баар ахан. Ханна барыа диэтэххиний? Биһиги баспыт уҥуоҕа баарын тухары, хата, арахсыа суох быһыылаах. Арай көмөлөстөххүнэ, Көстөкүүн кырдьаҕас, эн көмөлөһүүһүгүн, абыраатаххына эн абырыыһыгын! Биһиги, бу манна ойдом үрэх баһыгар олорор дьон, туохпутунан да кыайан көмүскэниэхпит суох. Биир-биир сүөһүбүтүн-аспытын барыыһы мантан кыһын. Көр, бэҕэһээ ыппар түһэн көрдө ээ бу баҕайыҥ. Күнүс таһаараммын yҥyox-иҥиэx тобоҕун кутан биэрбиппин тиниктэһэ сытаахтаатаҕына, бу күтүр өстөөҕүҥ баара кэллэ ээ, дьэ сараадыйа сытыйан! Кэллэ да боруоста үрдүгэр түстэ! Даллахачыйан түһэн, бу баҕайыҥ бөдөҥүн-садаҥын, бу хамсаннаҕын күүһүн-күдэҕин?! Сапсынар тыаһа биир кэм сип-силликинэс. Ытым эрэйдээх, ньахчас гынан, сытан биэрдэ. Хата, сыыһа харбаан бистэ. Бу тыҥырахтарын сараадыппытын көpүөҥ! Кыһаннаҕына, тугу барытын хайа тардыыһы, оннооҕор бөтүүк алтан олгуйу хайа тэбэр ааттаах. Aaha түһэрин кытары ытым эрэйдээх, ыстанан туран, миэхэ сүүрэн куймукуччуйан кэлээхтээтэ. Мин ааным тутааҕын харбаан баран турабын. Ыппын өрүһүйэр кэлиэ дуо, хайыыр да кыаҕым суох. Били баҕайы, ол aaha харбаат, эргийэ баттаата да, кэлэн, ытым оннугар түһүнэн кэбистэ уонна тохтоло суох, көрдөрбүтүнэн олорон, аһаабытынан барда. Дьэ, саат-суут суох баҕайыта. Адьас кэрээниттэн тахсыбыт. Өссө сүрдэнэн иһиэ буоллаҕа!
Онтон өй ыламмын, били иллэрээ киэһэ ириэрэ киллэрбит куобахпыттан бысталаан, араас истээн-үөстээн, хобордооххо уган бараммын, олбуорум ааныгар илдьэн уурбуппун, кэннибиттэн кэлэн, начаас икки ардыгар уҥуохтары-байдары охсон кэбиспит этэ. Дьэ, бөҕө куртахтаах кыыл быһыылаах. Бүгүн, таһааран иһэрбин көрөөт, уун-утары көтөн сабдыйан кэллэ эбээт! Уолуйаммын тугу гыныахпын булбакка турдахпына, өйдөнүөм икки ардыгар уонча хаамыы кэлэн, хаарга олорунан кэбистэ. Мин, хобордоохпун сиргэ быраҕаат, төттөрү тэбинним. Дьиэбэр киирэн иһэн, кэннибин хайыһан көрбүтүм, ээ, кэлэн, хайыы үйэҕэ тоҥсуйан эрэр. Дьэ, көр оннук! Саҥарыан тыла эрэ суох дууһа сылдьар быһыылаах. Көрдөрбүтүнэн туран, куттаан, туохпутун барытын былдьаан-талаан ыллаҕына, көҥүлэ буолсу.
– Онон дьэ, Көстөкүүн кырдьаҕас, туох сүбэ-таҥха, күүс-көмө буолаҕын? Абыраа! Көрдөһөбүт-ааттаһабыт! – Оппуос эмээхсин, кэлин тылларын этэригэр куолаһа титирэстээн, ытамньыйан ылла.
Көстөкүүн кырдьаҕас, ити кэпсээни истэн баран, салгыы оҕонньордоох эмээхсинтэн хотойдорун туһунан атын тугу билбиттэрин-көрбүттэрин барытын ыйыталаста. Оҕонньортон бу эргин уйалаах кыыл баарын дуу, суоҕун дуу, ону аан бастаан хас сыллааҕыта көрбүтүн, төһө сотору буола-буола көрөрүн, саамай кэлин хаһан көрбүтүн, туох бэлиэ хамсаныылаахтарын, кини көрөрүгэр тугу гына сылдьар буолалларын эҥин сиһилии сураһан дэлби кэпсэтиннэрдэ. Онно сыһыаннаах урут бэйэтэ билбитин-көрбүтүн эмиэ кэпсээтэ.
Киэһэни онон, ирэ-хоро кэпсэтэн, билбэккэ атаардылар. Көстөкүүн кырдьаҕас, сир ыраах, суол да куһаҕан диэн уонна төннөрүгэр үөлээннээҕин, бэйэтэ да моһуокка ылларбыт киһини, хос-хос түбүгүрдүмээри бэйэтин атынан кэлбитэ. Онон утуйалларыгар Микииппэр оҕонньор, икки аты илдьэн аһатан баран, таарыччы xoнoho утуйар таҥаһын кытта хааһахтаах малын кыбынан киллэрдэ. Xaahaxтaax малын кырдьаҕас ohox кэннигэр уурдарда. Утуйар таҥаһын сылыттаран, yҥa ороҥҥо кыл сөрүө үрдүгэр, дьиэлээхтэртэн эһэ тэллэх эбии уурдаран, сылаас, сымнаҕас таҥаска тиэрэ түстэ да, утуйан хаһыҥыраан хаалла.
* * *
Сарсыныгар Ньахсаан ойуун, соччолоох кэпсэппэккэ-хайаабакка кэтэҕиттэн тардыстан баран, күннүктээн, уҥа ороҥҥо тиэрэ түһэн сытан таҕыста. Таһырдьа кыһалҕатыгар эрэ иккитэ-хаста тахса сырытта.
Киэһээҥҥи уот оттуллубутугар туран, уот иннигэр умса нөрүйэн баран, саҥата суох өөр аргынньахтаан олордо. Оҕонньордоох эмээхсин, хам-түм ботур-ботур тыл бырахсан ыла-ыла, бэйэлэрин түбүктэригэр сырыттылар.
Тоҥ күөс быстыҥа бадахтаах олорон баран, ойуун биирдэ дьааһыйда. Онтон хос-хос дьааһый да дьааһый буолан киирэн барда. Онтун быыһыгар, сотору-сотору:
– Ычча! – дии-дии, этин тартаран, дьигиһийбэхтээн ылаттаата.
Ол олорон, соҕотохто өрө уһуураат, ыстанан турда да, икки илиитин даллаппытынан, ohox кэннигэр түһэн хаалла.
Утаакы буолбата, кыырар таҥаһын-сабын кэтэн, дүҥүрүн тутан, дьүһүн-бодо бөҕө буолан, сирэйэ ханньастан, хараҕын үрүҥүнэн көрөн, баттаҕа бураллан ахан тахсыбат дуо!
Таҕыста даҕаны, тохтоло суох кыыран илгистэн киирэн барда. Эмиэ даҕаны дэгэрэҥ ойон дьэргэстэннэ, сиргэ олоро түһэн лаҕырҕайдаата, сүһүөҕүн үрдүгэр сөһүргэстээтэ, олоппоско олорон умса булкулунна, эмиэ даҕаны уорҕатынан оонньоото, иэнинэн чиэстэннэ. Көҥдөй күөмэйин көхсүн иһиттэн лөҥкүнэтэн, кыаһаанын тыаһа кылырҕаамахтаан, дүҥүрэ лөҥ-лөҥ тыаһаамахтаан кыыран сахсылынна, кутуран куоҕайыктанна. Күлэн алларастаата, ытаан ньырылаата, ытырдан дырдырҕатта, сөтөллөн күпсүйбэхтээтэ, дьааһыйан аппаҥнаата. Ол быыһыгар суордуу кыламмахтаата, мохсоҕоллуу чаачыгыраамахтаата, өксөкү кыыл буолан чаҥырҕаамахтаата.
Бастаан утаа үөрдэрин-сүүрүктэрин ыҥыртаан, абын-хомуһунун уккуйан, иччилэрин ааттаһан-көрдөһөн, көрүү көрүүлэнэн эрэрэ баара, ол икки ардыгар суол аанын тыырар, суонда хаан бэйэлээх суор кыыл буолан, суһуктуйар халлааҥҥа супту сурулаан таҕыста, онтон салгыы, моонньугар мойбордоох мохсоҕол кыыл буолан, кыырай халлааҥҥа кылыбырайа көтө турда, ол көтөн, сүүрэр атахтаахтар, көтөр кынаттаахтар айбыт аҕаларыгар, үҥэр таҥараларыгар, үрдүк сууттарыгар Үрдүк Айыы тойоҥҥо тиийэн, үҥcүү түһэрдэ, көрдөһүү киллэрдэ, ааттаһыы ааттаста. Анараа оҕонньор туох диэбитин, туох дьүүлү-дьүһүнү түһэрбитин уоһунан эппэтэ, «истэрбин иһиттим, ситиһэрбин ситистим» диэтэ да, сир ийэтигэр, силлиэҕэ оҕустарбыт сэбирдэх курдук, тэлбээрэн кэлэн, тэлгэһэтин иһигэр дэгдэс гына олоро түстэ да, yҥa диэки ортоку түннүгүнэн дьиэҕэ ньим гынан хаалла.
Ойуун бэйэтэ бэйэтинэн буолан баран, бу курдук диэн киһилии саҥаран оҥсолуйда.
– Үөдэн көтөрүн кытары өксөкү кыыл буоламмын өлөрсө тахсаары гыммытым кыаллыбата. Үрдүк Айыы тойон, умса көрөн олорор буолан, хотоҕойбун хомунаары хамсаатарбын эрэ көхсүм тэһиинэ көтүрү бараары гынар. «Айыы аймаҕын абааһы бииһиттэн араҥаччылыах буолан, ап-хомуһун ылан, алгыс тылбын истэн бараҥҥын, аны айыы көтөрүн араабылаары гынныҥ дуо, анаҕас баара!» – диэн анараа оҕонньор дьаҕарыйда.
Онон суолум аанын суор кыыл буолан тыыран бараммын, мохсоҕол көтөр буоламмын муҥурун нэһиилэ буллум.
Дьэ, убайдаатар убайым, доҕордоотор доҕорум! Бииргэ үөскээбит үөлээннээҕим! Үрдүк Айыы тойон оҕонньор эйиэхэ кырыктаах олорор эбит. Оҕо сылдьаҥҥын оту-маһы кумалыыр, оттомо суох оонньуулаах эбитиҥ үһү. Сир-дойду иччилэрэ инньэ диэн үҥсэллэрэ эбитэ үһү. Эдэр сылдьаҥҥын, эргэнэ хара тыаҕын кэрийдэххинэ, икки атахтаахтан иннибэр түһүөх ким баар буолуой диэн элэк-күлүү тыллаах буолар эбитиҥ үhү. Ону Үрдүк Айыы тойон бэйэтэ истэрэ үhү. «Бэйиккэй!» – диэн сааммыта өр буолта үhү. Быйыл буоллаҕына, бу маннааҕы уйалаах көтөрдөр, сүбэлэһэн баран, эмиэ киниэхэ тиийбиттэр. Кыра сылдьаҥҥын уйаларын тыытаҥҥын, онтукаларын алын өттө халтаҥ буолан хаалан, сылын аайы иккилии-үстүү сымыыты баттыыллар үhү да, кэлиҥҥи кэмнэргэ наар биирдии эрэ оҕону көтүтэр буолтар үhү.
Онон Үрдүк Айыы тойон, буруйгун-сэмэҕин мунньан муунталаан, ити эйиэхэ соруйан ыыппыт кыыла сылдьар үһү.