скачать книгу бесплатно
– А?аа, сиппэппит буолуо ээ, – диэн долгуйбут куола?ынан а?атыттан ыйыппыта.
– Ситиэхпит, нохоо, тот буолла?а дии, сотору ?р???т? ты?атын хам анньыа, ити ма?найгы уо?угар эрэ быыппастаахтыыр, – диэбитэ.
Туо?ахта балайда сири ойуолаан баран, сотору тохтоон, уйу?уйбут с??????н ?рд?гэр ??к??лээмэхтээт, кэннин хайы?ан к?рб?тэ, до?оор, икки аттаах харамайдар кинини супту к?рб?т?нэн ойутан а?ай и?эллэр эбит. «Дьэй эрэ, ити буолла?ына!» – дии санаат, Туо?ахта иннин хоту т???нэн кэбиспитэ. Тот буолан сотору-сотору утуруктаан бирдиргэтэрэ. ?р с??рбэтэ?э, ты?атын к??гэнэ икки дьабадьытынан тохтубута. Дьэ ол курдук уо?а уостан, Туо?ахта сир ?пп?т???, сотору бытаарбыта. Сылгы?ыттар ??р?йэх, баайыылаах аттара ?р гыныахтара дуо, сотору ситэ баттаан ылбыттара. Кэннигэр туйах тыа?а б??? ?р? батыгыраабыта. Туо?ахта у?а диэки туора ыстаммыта, арай били харамайдартан кырдьа?а?а бу сирэйэ мэлэйэн и?эр эбит. Туо?ахта онтон со?уйан аны ха?ас ыстанан эрдэ?инэ, били кутталлаах, муомахтаан тыынын хаайан тумнара сыспыт эдэрэ, быатын ура?аска иилэн баран, бу к?т?тэн и?эр эбит. Лэкиэс о?уурдаах ура?а?ын Туо?ахтаны ойо?олуу к?т?тэн и?эн, кэнниттэн сиэлин ?рд?нэн а?алаат, к??йэн т?б?т?н угар гына иилээт, атын тэ?иинин ха?ас салайа тарпыта. Эмискэ ол быа обургу, эриэн ??нн?? ку?уурбутунан, моонньугар эриллэ т?сп?тэ. «Оо, иэдээн!» – диэн санаа Туо?ахта т?б?т?гэр к?л?м гынан ылбыта, ону сэргэ били быа харса суох моойун хам тарпыта. Туо?ахта ону к??ппэккэ испит буолан, б?д?р?йэн, кыра?алаабыт алаас халта? хадьымалыгар халты тэбинэн тас уор?атынан барбыта. Т??рт т??рэм туйахтара сири булбакка, ???э адаарыс гыммыттара. Инньэ гынан, с??рэн испит уо?ар буолан, биэс-алта хаамыы холобуру халтарыйан тас иэнинэн сырылаабыта. Онтон ?й ылан ойон тураат, иннин диэки ыстаммыта. Били моонньугар эриллибит быа хам ылан, тыынын бопторон ?сс? иэдэйбитэ. Сэниэтэ дэлби эстэн барбыта. Оттон икки ?тт?ттэн ыга астаран кэлбит эккирэтээччилэр ситэн, иннигэр т??эн, ойутан испиттэрэ. Онтон бытааран сиэллэрэн барбыттара. Туо?ахта ???ст???нэ, ?сс? хам тардылларын билэн, тэ??э сиэлсэргэ эрэ тиийбитэ. Ол гынан, сотору били хааччахха чуга?аабыттара, кэтэ?эн турар биир харамай суон сиэрдийэлэри нэ?иилэ и?иннэрэ-и?иннэрэ субуйан ааны а?ан биэрбитинэн Лэгиэннээх обургулар Туо?ахтаны м?????ннэрбитинэн, со?о былаастаан, хааччахтарыгар киллэрбиттэрэ. Ол киирээт да, эдэрэ атыттан ойон т??эн, Туо?ахта баайылла сылдьар быатын чугастаа?ы ба?ана?а эрийэ тардыбыта. Туо?ахта быатын ?сс? бы?а т????х санаата киирэн тиргиллэн к?рб?тэ да, били маа?ы??ы уоттуйбут хатыстан атын б???-та?а, о?ус тириититтэн тэлиллэн о?о?уллубут хатыс быа быстыахтаа?ар ?сс? хам ылбыта. Лэгиэннээх Туо?ахтаны уоскута т??эргэ, бэйэлэрэ да тыын ылан сынньанарга бы?аарыммыттара.
Лэгиэн табах уурунан мохуоркатын соппойо олорон, уола баайыллан турар соно?о?у астыммыттыы одуулуурун бэлиэтии к?р?н, арыттаах ара?ас тиистэрэ атыгыраан, м?ч?йэн ылбыта. Кини иннигэр икки к?ннэригэр сылдьар эдэрдэр: уола, о?отук бэйэтэ уолан, уол?амдьы уонна са?а быаламмыт, с????н ортотугар туо?ахталаах к?нд?л-ха?ыл соно?ос. Бо?уу быатыттан и?нэн, тула холоруктаан, икки илин туйахтарынан сири табыйбахтаан, харал?аннык кистээн дьири?итэр соно?о?у к?р?н, улаханнык астыммыта. Бу икки эдэр с?рэхтэр биирэ – айаа?аары, хатыс быаны лаппыйан, ба?ана?а эпсэри тардыбыт, икки?э онно с?пс?сп?т м?кк??р?гэр тыын былдьа?ан, ?р???нэн к?р?н, м?хс?н буралла?ныыра. Дьэ ол бэйэлэрэ имнэрин билсэр, ким кыайыылаах тахсара бы?аарыллар т?гэннэрэ тирээн кэлбитэ. Туо?ахта уоскуйа бы?ыытыйбытын кэннэ, Лэгиэн уолугар Лэкиэскэ:
– Чэй, – диэн кылгас са?а аллайыы кэннэ Лэкиэс сыбдыйан кэлэн, ты?аан турар быаны харбаан ылан тардан барбыта. Лэгиэн уонна ?сс? биир ки?и буолан к?м?л??н, Туо?ахтаны ба?ана?а сы?ыары тардыбыттара. Сиэрдийэ быы?ынан кутуругуттан эрийэ тардан хааччах б???-та?а сиэрдийэлэригэр хам тардан кэбиспиттэрэ.
Туо?ахта м?хс?н да ту?а суо?ун сэрэйэн турунан кэбистэ. Тугу эрэ э?ил ба?ыгар кэтэрдэн эрдэхтэринэ, со?уйан, ?р?тэ ходьо?олоон тиргиллэн к?рд? да, кыаллыбата. Ба?ын ыга тардан сулары кэтэртилэр. Оо, аны айа?ар тугу эрэ кылыгыратан-халыгыратан симтилэр. Тымныы тимир дьабадьытын таарыйбытыгар с?б?лээбэккэ, ба?ын илгистээри гыммыта табыллыбата. Аны ар?а?ын, уор?атын имэрийбэхтииллэр, тугу эрэ ?л?г?нэ?эллэр. Хаар-сиир эрэ талбытынан дьапталанар уор?атыгар тугу эрэ саба ууран баран, и?ин курдуу экчэччи хам тартылар. Туо?ахта туохха-туохха т?бэспитин билбэккэ, ата?ынан сири табыйа-табыйа тыбыырар, ха?ы?ырыыр эрэ аатыгар турда. С?рэ?э тахсан барыах курдук биллиргиирэ, ордук моонньун хам ылбыт хатыс быа тууйар сиригэр ньиллиргииргэ дылыта. Оо, арай маны а?ата Харачаас к?р?р? буоллар, сытыы тиистэринэн, то? к??н?нэн, дьаргыл таас туйа?ынан тырыта-хайыта табыйталаан, то?ута-бы?ыта тэбиэлээн с?пт?р?н к?рд?рт?? этэ. Оо, абатын ини. Хара?ын уута субуруйда, ис-и?иттэн э?сэн ийэлээх а?абар и?иллээрэй, ба?ар, и?иттэхтэринэ, к?м?ск?? с??рэн бур?ачы?наан кэлиэхтэрэ диэх курдук санааттан кистээн дьири?иппитэ алаас эниэлэригэр э?силлэн, туруу тумулларыгар охсуллан бара турбута. Лэгиэн Туо?ахтаны сыар?а?а сэтиилээн айаа?ыыр ньымалаа?ын туттан, биир акка сыар?а к?л?йэн хааччахха киллэрээри гыммытын уола Лэкиэс с?пс?сп?т?. Бу к?н? кини с?рэ?эр б??бэйдээн ?с сыл к??пп?тэ. Туо?ахта т??рт т??рэм туйахтарын ?рд?гэр чэпчикитик дугунан ??к??лээмэхтээн ылаттыыр, ?рд?к ар?а?ын ?рд?нэн буралла?ныы оонньуур ньалака сиэллээх, суон т?рд?лээх у?ун к??кэйбит моойдоох, кылдьыылаах чаккырыас харахтаах, субуллубут сабыдыал кутуруктаах, ки?и эрэ астына, дуо?уйа, умсугуйа к?р?р ?ч?гэй бы?ыылаах-та?аалаах, с????гэр туо?ахталаах к?нд?л к??х к???чч?р соно?ос буола ситэн сириэдийбитэ. Лэкиэс да кыа?аан эрдээх сэбэрэлээх, дара?ар сарыннаах, кырыылаах харылаах уола хаан, эр бэрдэ буолан, борбуйун к?т???н, саада?ын ?стэ курданан ситэн-хотон, Туо?ахтаны айаа?ыырга толору бэлэм буолбута. Бу ??мм?т к?н икки атах уонна Дь???г?й о?ото т?? былыргы таас ?йэтигэр Таас Бас уонна тура?ас атыыр хааннаах хапсы?ыыларын иннинээ?и т?гэн курдук, чы?кыныы ты?аабыта. Ол эрэн манна эйэлээх, илин-кэлин бы?аарсыы, айаа?аа?ын уонна айаа?аныы т?гэнэ ??мм?тэ.
Лэгиэн уолун сирэйэ-хара?а туран, харахтара уоттаа?ынан ча?ылы?на?алларын хайгыы, дуо?уйа к?рб?тэ. Кини эмиэ бэрт ?рд????тэ Харачаа?ы айаа?аан турардаах. Ол обургу, Туо?ахта?а холоотоххо, модун, к?нд?л-ха?ыл буолан, хас да хатыс быаларын быспыта. К???э-уо?а да дьикти этэ. Дьэ ол бэйэтэ айаа?анан ааттаах-суоллаах буулуур чох хара, Харачаас дуо дэтэн, с??р?к аатын ылыан ылбыта. Кэлин атыыр ааттаа?а буолбута. Биэс сыллаа?ыта Ха?аластан атаста?ан ылбыт сиэнчэр кытыылыыр кытыттара, Харачаас обургу харал?анын ханнарар ?ч?гэй т?р??хтээх, дьо?уннаах, Сиэллээх биэ?э кубулуйбута. Дьэ ол бэйэлэрин, икки бэртэн уу?аабыт уоллара Туо?ахта, б?г?н к???лгэ к?чч?йэ оонньохолообут к?ннэрин к??мч?лээри, бу икки атахтаах харамайдар хам кэлгийэн, тыына-быара ыгыллан, кы?ыытыттан сири табыйбахтыы, э?ил ба?ын буккуйбахтыы, к???лэ-сиэлэ ?р? ?рэллэ?нээн, тыбыыран ылаттыы турбута.
Лэгиэн быа т?б?т?н тутан туран анараа биир уолга:
– Хааччах аанын а?а о?ус, – диэн соруйбута. Т??рт б??? сиэрдийэлэринэн сабыллан турар хааччах аанын хачаайы ба?айы уол ыксаан тардыала?ан, аллараа икки сиэрдийэни бэрт эрэйинэн субуйан а?аат, ???ээ??илэри ыксаан хаалан сатаан аспакка булумахтана турда?ына, Лэкиэс к?р???э сыстан хапса?ай ?л?гэрдик Туо?ахта к?хс?гэр хатана т??ээтин кытары, а?ата туомтуу бааллыбыт кэлгиир быаны т?л? тардан кэбиспитэ.
Туо?ахта к?хс?гэр с?гэ?эр буолбут, агдатын кытаанахтык кыпчыйбыт харамай, ??н тимир уостуганынан икки дьабадьытыттан ыарыылаахтык э?ил ба?ын хантаччы тардыбыта. ?р? холоруктуу сылдьар Туо?ахтаттан куттанан аан а?ааччы ???ээ сиэрдийэтин ситэ субуйбакка туора ыстаммыта. Лэкиэс тула холоруктата сылдьан хааччах аанын диэки салайа тардаат, Туо?ахтаны ыарыылаахтык тимир и?э?этинэн быттыкка тэбэн кибилиннэрбитэ. Ону сэргэ ??н?н ыытан кэбиспитэ. Туо?ахта барахсан ?с ??т сиэрдийэ ?рд?нэн к?т?н к?дээриппитэ. Уор?атыгар кытаанахтык хатаммыт харамайы быра?аары араастаан иннинэн-кэннинэн м???н к?рб?тэ да, били ба?айыта агдакатын ?сс? к??скэ кыпчыйбыта. Туо?ахта тыынын тууйар быаттан т?л?р?йэн, с????хтэрэ кычыгыланан икки ата?ар ?р? тураат, икки инники туйахтарынан к?????? чэлгиэн салгыны хайыта табыйбахтаан эрдэ?инэ, быттыктарын тимир и?э?э ыарыылаахтык тэппитэ. Онтон со?уйан, Туо?ахта ньохчос гынаат, эт-этэ барыта к??рэ т??ээт, иннин диэки т???нэн кэбиспитэ. Кини ?й?гэр эмиэ да кэлгиллэн турбут хаачча?ыттан к???лгэ к?т?? ??р??тэ, эмиэ да к?хс?гэр миинэн и?эр харамай кулгаа?ын аттыгар сатарыччы к?лэр са?ата, сылаас ыты?ынан к?нд?л к??кэгэр моонньуттан таптайар эрчимнээх ытыстара барыта ?лт? ытыллан хаалбыта. Аны дьабадьытын у?а-ха?ас тардыалаан салайан, ба?арбытын хоту ойуолаабатын ?йд??б?тэ.
Оо, Лэкиэс барахсан, Туо?ахта ?т?р?нэн сэллэммэтэх сиэр сиэлэ сирэйин бы?ыта сынньарын аахсыбакка, Манчаары мохсо?ол, к?нд?л айаас к??х к???чч?р соно?о?унан, Улуу добдур?аны силлиэлээхтик силэйэн, К??х Кэтириинэтигэр к?т?тэн эрэрин санатан, хаар и?эхтэринэн тамнааттанан, ?р?? к?н диэки ойута турбута. Оо, икки атах барахсан уонна с????гэр к?н су?ума к?л?м?рд?? ча?ыллар Дь???г?й о?ото Туо?ахта бу добдур?а дьыбардаах киэ?э олохторун ма?найгы кэрдиис кэмнэрин харал?аннаах с??рээнэ эдэркээн с?рэхтэрин уйу?ута ти?иргэппитэ…
Дьэ ити курдук Туо?ахта ?т?р?нэн у?уллубат бас быатын сулары кэтэн, к???лэ к??мч?лэнэн, айаа?анан Лэкиэс илиитигэр киирбитэ.
* * *
Лэкиэс саа?а ситэн, Сэгэйик диэн таптал ааттаах бииргэ ??рэнэр кыы?ын кытары бодору?ан, хам-т?м атын о?олор к?рб?тт?р?нэ, исти?ник мичээрдэ?эн аасы?ар буолбуттара. Сэгэйик ааттаах уус о?орбут дьикти кэрэтик э?силлэ дь?р???йэр хомустаа?а. Лэкиэс бастаан ол хомус тыа?ын истээт, олус со?уйбута. О?о эрдэ?инэ, эбэтэ тардарын истэрэ. Биирдэ оскуола?а ?кт??п ?р?б?л??сс?йэтин с??рбэ ?с сылын к?рс? кэнсиэр к?рд?р??р? бэлэмнэнии буолбута. Лэкиэскэ: «?с ыстыык ????гэр» диэн хо?оону ??рэт», – диэн учуутала сорудахтаабыта. ?с ыстыык хара?аттан ??мэр тымныы дьэбир у?уктарын санаан, о?ону а?ыммыта. К?р?д??ргэ хо?оонун ??рэтэн, добдугураччы аа?а-аа?а, т?тт?р?-таары, ?л?г?нэйэ-?л?г?нэйэ хаамыталыы сылдьыбыта. Арай кылаас а?а?ас аанынан бэрт дьикти, кэрэ дь?р?скэн бастаан симиктик, онтон сыыйа улаатан, кэрэттэн кэрэ дор?ооннор дь?р???йэн, к??рэгэй ырыатын санаппыттара. Лэкиэс этин саа?а дьырылаан а?ылларга дылы гынан, с?рэ?э битийэн ылбыта. Ким ити дор?ооннору олус кэрэтик тыа?атарын билээри, кылаас сэгэйэн турар ааныгар оргууй хааман тиийэн, быы?ынан к?рб?тэ, Сэгэйик оонньуу турара. Ол хомус тыа?ын истэн, Лэкиэс олус с?хп?тэ. ?сс? дьиктитэ, кыысчаан икки а?ыы кичэйэн ?р?мм?т батта?а, кылдьыылаах киэ? харахтара, толлойбут уо?а олус кэрэтийэн к?ст?б?ттэрэ. К?н аайы Сэгэйик аттыгар сылдьан, хайдах маннык тупса улааппытын ?йд??н к?рб?кк? сылдьарыттан бэйэтиттэн бэйэтэ с?хп?тэ. ?сс? т???э томтойон тахсыбытын со?уйа к?рб?тэ. Оо, кэбис, аны ити санаабын ким эрэ сэрэйиэ диэбиттии, тула ?тт?н к?р?мм?тэ, итийэн кытарбыт иэдэ?ин кистиирдии, тэйэ хаампыта. Хо?оон эрэ, туох эрэ, кулгаа?ар – дьикти дь?р?скэн, хара?ар – хомустуу турар кэрэ куо. Лэкиэс т?б?т?гэр урут Туо?ахта эрэ баар буолла?ына, билигин аны Сэгэйик мичээринэн сэгэйэн, ыйытыга суох уйаламмыта. Дьэ, ити к?н? олох умнубат.
Сэгэйик кыыс к?ст?р дь???н?нэн, кырдьык да, ис киирбэх м?сс??нэ, арылыччы к?рб?т хара?а, исти? мичээр саспыт обуйук уо?а хайа да уолан с?рэ?ин долгутар буола, ситэн-хотон испитэ. Саха кыы?а симик эбит буолла?ына, Сэгэйик оннук буолбатах этэ. Комсомуолга киирэн, аныгы ыччат бэрэстэбиитэлэ буолан, сытыы-хотуу этэ. Соро?ор хо?оон суруйарга холоноро. Лэкиэс Туо?ахтанан с??рдэрин астына к?р?р?. Ол и?ин а?атын сымна?ас атыгар мииннэрэргэ ??рэттэрбитэ. Ийэтэ барахсан намыын куола?ынан:
– Бу кыыс да?аны, акка дэ?нэнээри, тугун эмиэ акаары бы?ыытай, – диэтэ?инэ: – Ийээ, аныгы ки?и барыны-бары сатыыр, кыайар буолуохтаах, – диэн ча?аарара. Инньэ гынан, убайын ыстаанын уларсан, уоллуу та?нара. Аттара сымна?ас буолан, сатаан ы?ыырдыырга ??рэттэрбитэ. Бастаан чугастаа?ы ч???ч?кк? атын сиэтэн илдьэн миинэр идэлэммитэ. Оннук кыра-кыралаан миинэн хаамтара ??рэммитэ.
* * *
Туо?ахта хааччахха хаайыллан, к???л с??рб?т?н-к?пп?т?н суохтаан, бастаан туохха?ыйар этэ. Кэлин сыыйа Лэкиэскэ ??рэнэн, иччи о?остон к??тэр буолла. Лэкиэс кэлэн моонньуттан таптайа-таптайа тугу эрэ са?арара да, ону Туо?ахта ?йд??б?т этэ. Аччыктата-аччыктата, кыра-кыралаан а?атан, дэлби хатарбыттара. К???э хаста да хаамтараллара. Онтон эмиэ да сиэллэрэллэрэ. Соро?ор с?????э дэлби кычыгыланан, к??скэ т???н??н ба?арара да, Лэкиэ?э тэ?иинин кытаанахтык тутан бохсоро. Ол быы?ыгар дьэ ба?ата ханыар диэри тыынын-уо?ун, харал?анын та?ааран с??рдэллэрэ. Оччо?о Туо?ахта Лэкиэс киксэрэн биэрэрин истэ-истэ, ?сс? эрчимирэн биэрэрэ. Бастаан били туталларыгар быатын бы?а т??эн к?р??н? ?рд?нэн к?т?н к?дээритэн, быыппаста да ойуолаабыта ээ. Сотору а?ылаан к?л???нэ сарт т??эн, эстэн хаалаахтаабыта. Онно холоотоххо, билигин олох атын туруктаммытыттан Туо?ахта хайдах эрэ астынар буолбута. Т?б?т?н к??рэччи ?р? к?т???н, к??кэгэр моойун токурутан, уу дьоруонан сиэлэн и?эрэ оло?хо бухатыырын атын санатара.
Биирдэ атын ??рдэртэн икки соно?о?у эбии а?алан, эмиэ баайан барбыттара. Анараа соно?остор чырбалдьы?ан т??эн с?рдээхтэрэ. Саастарынан киниттэн а?алар этэ, ол и?ин хайдах эрэ кинини сэнээбиттии к?р?лл?р?-истэллэрэ. Кини да хааныгар а?атын Харачаас ха?ыл хаана хай?ахтаах тойон с?рэ?ин т?ллэ?ниир ньиргиэригэр ти?иргэччи тыгыахтыыра. Т??рт т??рэм ?ктэл туйахтарыгар сааскы к?н ча?ылыйа оонньуура. К??нэ кэтитэ, ар?а?а ?рд?гэ, саала халы?а, быака?ар бы?ыылаа?а, тупса?ай тууралаа?а. Атахтарын с??р?ккэ холоонноох быччы?нара б?лт?р??э оонньууллара.
Биирдэ ????ннэрин биир киэ? со?ус хааччахха киллэрэн баран, Лэкиэс, тус-туспа солуур а?аардыытынан ?л??-?л?? эбиэс кутуталаан биэрбитэ. Анараалара ?л?мнэ?эн урут тиийэн ?л??лэрин кимигирэтэн барбыттара. Туо?ахта?а Лэкиэ?э лэппиэскэ тооромо?о кэ?иилээх кэлбит этэ. Туо?ахта бу минньигэс сыттаах кыра лэппиэскэни, имигэс сылаас уостарынан бигээн ылан, сиэн кэбиспитэ. Лэкиэс, Туо?ахта хара?ар атын бэйэлээхтик мичээрдээн ньолбойбут сэбэрэтин к?р?нэн, к?лэн ылбыта уонна Туо?ахтатын хо?оруутун имэрийэн, моонньутун таптайбахтаабыта. Кинилэр эдэр эт саастыы до?ордуулар курдук сы?ыаннара дири?ээн испитэ. Лэкиэс Туо?ахтатын иннигэр эбиэ?ин кутан баран хааччахтан тахсан, кыбыыга от тарда барбыта. Туо?ахта эбиэ?ин астына-астына са?а кимигирэтэн эрдэ?инэ, арай биир соно?ос кулгаа?ын ньылатан кини диэки хааман эрэрэ баара да, кулгаа?ын сиирэ-халты хабан, сытыы тиистэрдээх, дьаардаах айах тыа?а «лас» гыммыта. Туо?ахта со?уйан туора ыстаммыта. Били соно?остортон улахана кини бурдугун сиэн кимигирэтэн киирэн барбыта. Туо?ахта бу сиэргэ баппат бы?ыыттан к?хс?н хаана хойдо т?сп?тэ да, эргиллэ биэрээт, икки кэли??и ата?ынан к??с ?тт?нэн к??мч?л??ргэ санаммыт соно?о?у ойо?оско тэбэн кибилиннэрбитэ. Анараа ба?айы халбарыс гынаат, икки ата?ар туран, сиэлэ бурал гыммыта. Туо?ахта а?ата Харачаас атын атыырдары кытары охсу?арын хаста да к?рб?т буолан, ха?ы?ырыы т??ээт, ата?ар ?р? тураат, икки инники туйахтарынан табыйсан, сытыы дьыраал а?ыытынан хадьырыйсан барбыта. Анараа соно?ос маннык к?л?мэх к??н к?рс??н? к??ппэтэх буолан, дубук туттан биэрбитэ. Икки бэртэр хабар?аларын му?унан кистээн ыла-ыла, к??н-к??ннэринэн т?с??эн, тиис-тиистэринэн тиниктэ?эн, ?й-мэйдээх тулуйбат ?л?гэрин т??эрбиттэрэ. Лэкиэс отун тарда сылдьан ону олус со?уйа истибитэ. Онтон ?й ылан с??рэн кэлиэр диэри, туйахтар табыйсан битигирэспиттэрэ, тиистэр сиирэ-халты хадьырыйсан ла?ыр?аспыттара. Лэкиэс хааччахха, ха?ыырбытынан, ойон киирээт, ура?а?ынан анараа соно?о?у сискэ мииннэрбитигэр со?уйан, ?р??-тараа ыстаммыттара. Дьэ ити к?нтэн ыла анараа соно?остор Туо?ахтаттан саллан чуга?аабат буолбуттара. «Сэнээбититтэн сэттэтин ылла?а» диэн итинниги этэн эрдэхтэрэ.
Ол киэ?э холкуос сылгыларын дэ?нэ?иигэ тиэрдэ сыспытын и?ин Лэкиэс а?атыттан улаханнык м???лл?б?тэ. Ол да буоллар кини Туо?ахтата харса-хабыра суо?ун к?р?н астыммыта. Харачаас туйа?ын хатарыа диэн билгэлээбитэ оруннаах буолбутуттан Лэгиэн да Туо?ахтаны и?игэр хай?ыы санаабыта. Кэлин ситтэ?инэ-хотто?уна ??р?н к?м?скээн, кыылы да кытары охсу?ар туруктаа?ыттан дуо?уйбута. Оттон Лэкиэс Туо?ахтатын бэйэтигэр ханыылыы к?рб?тэ.
Лэкиэс а?ылык кэнниттэн сиэбигэр лэппиэскэ тооромосторун уктан, Туо?ахтатын муннугар ???л?тэн к?нд?л??р буолбута. Хааччахха чуга?аан и?эн кыратык и?иирэн Туо?ахтатын ы?ырда?ына, и?эрсийэ-и?эрсийэ сиэлэн кэлэрэ. Ити курдук Туо?ахта Лэкиэ?и иччи о?остон, бэл, сорох соно?остору кытары бодьуустаста?ына, с?б?лээбэккэ сири табыйбахтаан ылара. Кинилэр икки ардыларыгар к?ст?бэт туох эрэ дьикти, сырдык ситим ??скээбитэ.
Лэкиэс оскуолатыгар ??рэнэрин быы?ыгар а?атыгар к?м?л???р?. К?н-дьыл, элэмэс биэ кулунун баты?ыннаран элэс гынан аа?арыныы, баран испитэ. О?о аймах то?уоруйбут, эдэр саас эргийэр киинэ – оскуола оло?о к??ст?? оргуйара. Кэли??и кэм?э Сэгэйиги биир ?рд?к? кылаас уола с?г?н хаамтарбакка хаадьылаан тахсар идэлэммитэ. Оччолорго сорох о?олор оскуола?а хойутаан киирэн эбэтэр кылаастарыгар дэлби хаалан, саастарын ситэн, сорохторо, бэл, эдэр учуутал кыргыттары одуула?ар буолаллара. Биирдэ Сэгэйик дь??гэлэриниин сынньала? кэмигэр хомустарын та?ааран оонньуу олордохторуна, ол уол киирэн кэлээт, Сэгэйик хому?ун былдьаан ылбыта уонна биэрбэккэ эрэйдээбитэ. Сэгэйик да харса суох буолан, хому?ун былдьа?ан турбута. Онуоха ол уол Сэгэйиги т??нэри садьыйан кэбиспитэ. Лэкиэс ол т?гэ??э т?бэ?э киирэн кэлбитэ. Кини Сэгэйик хомойон ууламмыт хара?ын к?р??т, хаана оргуйа т?сп?тэ. Били ки?ийдэх киниттэн лаппа а?а, модьу-та?а да буоллар, ону аахсыбакка, ыстанан тиийээт, сы?аахха хабылыннарбыта. Онто хара?ын ???ргэ?инэн к?р?н тиэрэ та?ылла т?сп?тэ. Лэкиэс сиргэ т?л? т??эн эрэр хому?у с?р хапса?айдык «лып» гыннаран хабан ылбыта уонна оргууй хааман тиийэн хому?у кыыска ууммута. Сэгэйик барахсан ууламмыт харахтарыгар махтал сыдьаайа к?ст?н ааспыта. Ол кэмтэн ыла били уол Сэгэйиккэ сыста?наабат буолбута, оттон Лэкиэс Сэгэйигиниин, бэл, ардыгар аргыста?ар буолбуттара. Сы?ыаннара ?сс? и?ирэхсийэн, с?рэхтиин-быардыын бэйэ-бэйэлэригэр курдары тарды?ан, о?о ту?уй саастара харалдьыкка ??мм?т кэрэ ньургу?уннары санаталлара.
* * *
Ити хааччахха буолбут хабырыйсыы кэнниттэн ойо?о?ун тэптэрбит соно?ос, икки-хас хонук ыарыыланан баран, хата, ч?л?гэр т?сп?тэ. Дьэ хатарыллан-баайыллан, чырбалдьы?ан, соно?остор с??рэр кэмнэрэ тиийэн кэлбитэ.
Лэгиэннээх У?ун Эбэлэриттэн ?с соно?о?у сэтиилэнэн, к?????? добдур?а са?ана улуустарын киинигэр, Майа?а, аттаммыттара. К?????? к?н тиит т?рг?? мутугар ыйаныыта, аллаах аттар туйахтарын тыа?а чигдигэ сытыытык чыбыр?а?ан кэлэн, Майа ?рд?гэр тохтообуттара. Лэгиэн сыыр ?рд?ттэн Майа алаа?ын та?нары ???й?н, атыгар с???н олоро т?сп?тэ. Ким билиэй кини бу т?гэ??э тугу саныырын? Ба?ар, Манчаары хам аччык о?о сылдьан салааскатын со?он, аба?атыгар Чоочо?о от к?рд??? баран и?эн тохтоон ааспытын дуу эбэтэр т??ээн т??к?л?йб?т иччилээх т??л?гэр аан ийэ дойду уот кутаанан умайан эрэрин, Лэкиэ?ин хаан буолбут сымы?а?ын, «а?аа» диэн ы?ырарын? Туох билиэ баарай…
Майа?а тиийэннэр билэр ыалларыгар хонук сирдэрин булбуттара. Аттарын баайталаан, сыбыдахтаталаан, уоскутан сойуппуттара. Сарсыарда ааттаах эрдэ туран, аттарын с??рд??хтээх сирдэригэр, Хараттан чугас Куо? Харахха, хаамтарбыттара. Туо?ахта курбалдьыйан кырыытынан дугуйан, бэрт чэпчэкитик туйахтарын ?р?тэ тардыалаан, моонньутун ?рд?кт?к токутан, сиэлии, хаамыы былаастаан дьоруолуура. Атын икки соно?остор да, Лэгиэ??э сатабыллаахтык баайыллан, бу ыстанаары тэпсэ?элэ?эллэрэ.
Оччолорго «Живконтора» диэн тэрилтэ са?а тэриллэн ?лэтин са?алаан эрэрэ. Инньэ гынан, ат с??рд??т?н тэрээ?инин с?рг?т?? ?лэтэ барара. Ат с??рд??тэ ?б?гэ са?аттан урууларга эбэтэр ы?ыах ыстахтарына, былыргы баайдар бы?ый аттары с??рдэн, дьо??о-сэргэ?э ааттарын ааттаталлара. Ол сиэр са?а былаас олохтонуо?уттан умнулла бы?ыытыйбыта. Холкуостаа?ын к??скэ барбыта, холкуоска ынахтарын, аттарын ?ч?гэйин хомуйуу буолбута. Онтон аны кулаактаа?ын ыар тыына сэниэ ыаллар ааннарын хайыта тардан киирэн, хара к?л???ннэрин к????нэн мунньуммут баайдарын уоппустаан ууга-уокка т??эрбиттэрэ. Онон ат с??рд??тэ холкуостар атахтарыгар турууларын, ?лэ, т?б?к с?пс?лгэнигэр умнулла бы?ыытыйбытын улууска са?а тэриллибит «Живконтора» иилээн-са?алаан, дьэ бу ат с??рд??тэ Улуу ?кт??п быраа?ынньыгын к?рс? ыытыллар буолбута.
Айаннаан и?эн биир соно?ос ата?ынан до?оло?ноон хаалбыта. Онон Туо?ахта уонна хабырыйсыбыт соно?ос с??рэр буолбуттара. А?ыйах холкуос кытта кэлбит этэ. Бука, холкуостар к?????? т?б?ктэригэр ыктардахтара буолуо. К?р??чч?, ыалдьааччы уонна кистээн уксааччылар да муста сатаабыттар этэ. Аттары Лэкиэс с??рдэргэ бэлэмнэммитэ. Ма?найгы с??р??гэ атын соно?о?у с??рд?б?тэ. Алта ат т?сп?т?ттэн биир ат туораан хаалбыта. Икки эргиири ма?найгы с??рдээччини кытары илин-кэлин тарды?ан испиттэрэ. Биэтэк чуга?аабытыгар Лэкиэс к?нт???н ыытан соно?о?ун тиэтэтэн, киксэрэн ойо?олуу ситэн эрдэ?инэ, инники к?т?тэн и?эр уол кымньыытынан Лэкиэс соно?о?ун хо?оруутун охсубута. Онуоха соно?о?о хантас гынан с??рэр тэтимин с?тэрэн, бэрт кыранан б?д?р?йэн умса хойуоста сыспыттара. Инньэ гынан, биэтэккэ ???с тахсыбыттара. Лэкиэс кы?ыйдар да, хайыыр да кыа?а суо?а. Аны Туо?ахтаны мииммитэ. Хас да с??рдээччилэр аттара бас быаларыттан ыйааста сылдьар ат тутааччыларын истимээри, ?р? холоруктуу сылдьыбыттара. Оттон Туо?ахта дуоспуруннаахтык туттара, барбах эрэ кырыытынан, сытыы туйахтарын ?рд?гэр дугуйара. «Чэй!» диэн ха?ыыны кытары аттар т???нэн кэбиспиттэрэ. Лэгиэн уолугар Лэкиэскэ уонна Туо?ахта?а ту?аайан: «Соргуо! Соргуо! Соргу дугуй!» – диэн алгыы хаалбыта. Туо?ахта хара ма?найгыттан инники у?улу ойон тахсыбыта. Лэкиэс Туо?ахтата а?ара уйу?уйан сэниэтин э?иэ диэн, ??н?н тарда со?ус олорон с??рд?б?тэ. Туо?ахта иннин хоту бэрт чэпчэкитик ойуолаан, сабыдыал кутуруга сундулу?наан, сиэлэ иччитин сирэйин сабыы испитэ. Туо?ахта урут ма?най тутулларыгар дуона да суох сири батыччахтаат, тот ханна ?р???т?н ыга анньан а?ылаан барбытын к?л?м санаан ааспыта. Оччолорго холоотоххо билигин чы?ха атын эбит. Кэннигэр битигирэйэр туйахтар тыастарын сэргэх кулгаахтара и?иллии истилэр. Чуга?аары гыннахтарына, ?сс? быыппастан эбэн биэрэр. Иччитин киксэрэр са?ата кулгаа?ар и?иллэн аа?ара. Туо?ахта ол курдук аттар атан, т??рэм т??рт туйахтара сиргэ дугунар-дугуммат элэ?нээн, иннин диэки кыырайа турбута. Кэннигэр и?эхтэр ?р?? туллук курдук кылба?на?а ыраах к?т?лл?р?. Инньэ гынан, икки а?аар эргиири ?р гыммакка, эргийэ к?т?тэн, биэтэккэ ма?найгынан тахсыбыттара. К?р??чч?лэр ха?ыы-ы?ыы б???т?н т??эрбиттэрэ. Лэкиэс ??н?н нэ?иилэ тардан, Туо?ахтатын тохтоппута. Туо?ахта ?сс? да кыахтаахпын ээ, то?о ыыппаккын диэбиттии, ??н?н уостуганын хам ытыран, уйу?уйан ?р? холоруктуу сылдьыбыта. Лэкиэс атыттан ыстанан т??эн, Туо?ахтатын уоскутан, моонньуттан таптайталаан ылбыта. Туо?ахта ??к??лээмэхтэтэлээн баран сыыйа уоскуйбута. Лэгиэн уолугар хааман кэлэн, илиитин ыга туппута. Туо?ахтаны моонньуттан таптайа-таптайа: «Дьэ, нохоо, а?а? Харачаас туйа?ын хатарды?!» – дии-дии мичээрдээбитэ. Лэкиэс эмиэ соргута тосхойон, му?ура суох ??р?? т????н толорбута. Оттон Туо?ахта ?сс? с??рэр ба?ата батарбакка, чэпчэкитик дугунан ??к??лээмэхтээн ылара. Бу салгын сиэн хараара килэйбит сирэйдээх Лэгиэн, имэ тыалтан тэтэрбит Лэкиэс уонна кырыытынан буола ??к??лээмэхтээн ылар Туо?ахта Куо? Харах т?рг?? мутугар ыйаммыт к?н уотугар ?сс? кэрэтийэн к?ст?лл?р?.
Кыайыы-хотуу к?т?лл?н?н, сарсыныгар ?т?хт?р?н быспыттара. Аллаах аттар барахсаттар сэттэ к??? ки?илиэхтэрэ дуо, т??рт??р ыам са?ана тиийэн кэлбиттэрэ. Сэгэйик Лэкиэстээ?э сити?иилээх эргиллибиттэрин истэн, долгуйан с?рэ?э битийэ тэппитэ. Кини бэйэтэ да билбэтинэн, кутун эмиэ Туо?ахта?а туттарбыта. Онно ба?ар, Лэкиэс сабыдыаллаабыта эбитэ дуу? Суох, кини ити чэбэр, с????н ортотугар туо?ахталаах соно?о?у к?р??т, с?б?лээбитэ. Ордук Лэкиэ?э Туо?ахтатын миинэн, ойутан эрэрин к?рд???нэ, с?рэ?э до?уурга и?нибит туллук курдук, тахсан барыахтыы, толугураччы м?хс?р?. Оннук кэрэ к?ст?? этэ, бу икки эдэр саас уонна уолан уох тулхадыйбат до?ордо?уулара.
* * *
Лэгиэннээх Туо?ахта?а анаан Харачаас ??р?ттэн ураты, атын ??рдэртэн биир-биир сыымайдаан хомуйан, сэттэ кытыты бы?а анньан, хааччахха а?алан хаайталаабыттара. Туо?ахта, хас биэ а?аллахтарын аайы, барыларын ?тэн-анньан к?р?р?. С?ргэтэ с?рдээ?ин к?т???лл?б?тэ. Оо, барахсаттар, сыттыын туох эрэ олус умсугутуулаах турук кини с?рэ?ин долгуппута. Бэл, с?????э м???тэлээн ылара. Сорох биэлэртэн кэлэр дьикти сыт таныытыгар минньигэстик дыргыйара. Айыл?алатан, атыыр?аан с??лэ киирэн, били тэрилэ дэлби ты?ыыра, ?р?тэ хоро?ноон ?р???т?гэр охсуоланара. Оччо?уна били дьикти сыттаах биэлэргэ чуга?аары гынна?ына, анараа??ылара кулгаахтарын ньылатан, тиистэрин килэтэн атыннык суо?ур?анан ылаллара. Инньэ гыналларыттан кыйыттан Туо?ахта бэйэлэрин ?ч?гэй а?айдык сиирэ-халты хадьырыйталаан, хабыталаан ла?ыр?атара. А?атын Харачаас хаана к?хс?гэр к?йм?ст?н, хааннаа?ынан к?р?тэлээтэ?инэ, анараалара тэйэ хаамсаллара.
Арай биир киэ?э к?????? бу?урук туманын быы?ынан ыраах олус кэрэтик, дьикти дь?р?скэн буолан, биэ кистиирэ и?иллибитэ. Бары ол диэки ч?рб?с гына т?сп?ттэрэ. Туо?ахта сэлбиллибэтэх к???л?н быы?ынан сытыытык чолбоодуспут харахтарыгар, туус ма?ан сиэлэ ?рэллэ?нээн, кытыылыыр биэ кырыытынан тыкаарыйа сиэлэн, Лэгиэннээх Лэкиэс аттарыгар к??й?ллэн и?эрэ к?ст?б?тэ. Оо, кэрэ да к?ст??. Туо?ахта хайдах эрэ с????хтэрэ м???н ылбыттара. А?атын Харачаас курдук моонньун ?рд?кт?к токутан, с????н ортотугар кылбайар туо?ахталаах э?ил ба?ын илгистэн ылаат, к???чч?р сиэлинэн ?рэллэ?нии оонньоон, иччилээх ба?айытык ис-и?иттэн э?сэн кистээн дьири?иппитэ. Онтон со?уйан атын биэлэр ч?рб??н??? т?сп?ттэрэ. Оттон бурдук, эбиэс тобо?ор-ибэ?эр кытты?ан, Омоллоон о?онньор оло?ор олорсубут барабыайдар, татыйыктар со?уйан, бурал гынан к?т?н тахсыыларыгар сорохтор ы?ыктан кэбиспит хойуулара биэлэр ?рд?лэригэр саккыраабыта. Туо?ахта то? к??н?нэн хааччах суон сиэрдийэтэ хаачыгырыы т????р диэри сааллыталаабыта. Били туус ма?ан биэ аана а?а?ас аттынаа?ы хааччахха к??й?ллэн киирэн и?эн, эмиэ дьикти кэрэтик, Туо?ахта с?рэ?ин ортотунан дьири?ийэн киирэр кэрэ дь?р?скэнинэн кистээн дьырылаппыта. Туо?ахта бэйэтэ да билбэтинэн ити ??т кэрэ кытыылыыр биэ кылдьыылаах хара?ын, быакагар биилин, курбалдьыйбыт та?аатын олус астына, с???, умсугуйа к?рб?тэ. Биэ, ханна-ханна кэллим диэбиттии, тулатын сытыр?алаабыта, уйу?уйбут хара?ынан Туо?ахта диэки к?р?тэлээбитэ. Кулгаахтара, икки ?ргээри ?нд??н???р туллуктар курдук, эргичи?нээбиттэрэ. Хаайыллыбыт хаачча?ыттан тахсар сир к?рд??н кыйа, т?г?р?чч? сиэлэн тамайбыта. Туо?ахта уоскутардыы и?эрсийэн ылбытыгар тохтоон, чу?нуурдуу к?р?н турбута. Аргыый хааман кэлэн, к?р?? быы?ынан т?б?т?н уган сытыр?алаан к?рб?тэ. Ити курдук ма?найгы билси?иилэрэ са?аламмыта. К?н-дьыл аа?ан испитэ. Туо?ахтаны биэлэри барыларын кытары биир хааччахха хаайан а?аппыттара. Онон ??р ба?ылыгын Туо?ахтаны кытары бодору?ан барбыта. Туо?ахта хара ааныттан били кэлин а?албыт ??т кэрэ биэни тула к?пп?тэ, биэтэ да бу с????н ортотугар туо?ахталаах хара к???л?н быы?ыттан кимиэллээхтик эриличчи к?рб?т тура?ас, эдэр атыыры дуо?уйа к?р?н сы?ыарбыта. Биир ?т?? сарсыарда ты? хатыыта, хааччахтан та?ааран чугастаа?ы алааска к??йэн илдьибиттэрэ. Туо?ахта са?а ??р?н иннигэр к??йэн сиэлэ турбута. Сорох биэлэр халыйаары гыннахтарына, самыыларын сиирэ-халты хабыалаан ла?ыр?атан боччуйталаан биэртэлээбитэ. Кини биэлэрин сыттарын барыларын аа?а билэрэ. Оттон били с?б?л?? к?рб?т биэтин бэйэтин аттыгар туппута. Басты? ха?ыыларга илдьэрэ. Ити курдук Лэгиэннээх Лэкиэс Туо?ахта ??р?н бэркэ к?р?р?н итэ?эйэн, ыраах басты? ха?ыылаах ?рэх ба?ыгар ??рэн, кыстык сирдэрин булларбыттара.
Лэкиэс оскуолатын б?тэрэр т?м?к сылыгар Сэгэйик биир кылаа?ынан аллара ??рэнэрэ. Онон чугас-чугас ыаллыы да олороллорун бы?ыытынан, бииргэ аргыста?ан, сэргэстэ?э ??рэнэ сылдьыбыттара. Ол саас «ОСОАВИАХИМ» диэн ааттаах оборуона?а бэлэмнэнии уопсастыбатыттан, оскуолаларыгар биир байыаннай та?астаах эдэр ки?и кэлэн, улахан кылаас уолаттарын байыаннай дьыала?а ??рэппитэ. Устуруойдатара, хаамтарара, сэрии саатын ы?арга, хомуйарга у?уйара. Сыал ытыытыгар, басты? уолаттарга диэн, значок туттарара. Ити ??рэ?и Лэкиэс сонур?аан, Лэкиэс эрэ буолуо дуо, уолаттар бары умсугуйан туран дьарыктаммыттара. Лэкиэс бары эт-хаан ?тт?нэн тургутууларга, с??р??гэ, кыранаата быра?ыытыгар атыттартан чорбойоро. Сыал ытыытыгар биир басты? ытааччы буолан, ол «Ворошиловский стрелок» значогу ма?найгынан кэтэн, т????н м?т?чч? со?ус туттан хаамыталыыра. Сэгэйигэ, атын да кыргыттар Лэкиэ?и тула к?пп?ттэрэ. Ити курдук ??рэх чиэппэртэн чиэппэргэ ойуолаан, ылаа?ы к?ннэр тиийэн кэлбиттэрэ. Лэкиэс оскуолатын б?тэрэн, Сэгэйик ?сс? биир сыла хаалан, ??рэх дьылын т?м?ктээн, ??р??лэрэ ?рдэ суох буолбута. Иккиэн да ситэн, Лэкиэс кэтит дара?ар сарыннаах, биэкэгэр бииллээх, дьоро?ор сотолоох уола хаан буола, оттон Сэгэйик иирэ талах курдук чочуонай та?аалаах, долгуйдьуйбут хара су?уохтаах, кылдьыылаах харахтаах кэрэ куо?а кубулуйбута. Саас, оо, сандал саас, эдэр саас, дьикти кэрэ саас. Сир-дойду эмиэ силигилии ситэн барбыта.
Туо?ахта?а эмиэ ту?угар ?т?? кэмнэр тосхойбуттара. Кыыдааннаах кы?ыны этэ??э т?л? т??эн, сааскы к?н сырал?ана к?хс?лэрин сылыппыта. Туо?ахта к???йб?т биэлэрин сыттарын ылла?ына, айыл?алатан, таныытын кычыгылатар имэ? с?р минньигэстик били тэрилин дьырылата к??рдэрэ. Дьэ оччо?уна биэлэрин биир-биир ?рд?лэригэр ыттан та?ылын ханнарара. Биллэн турар, били ??т кэрэ биэтин маанылаан, дуо?уйа тапта?аллара. К??ххэ ?ктэнэн эбии т?л???йб?ттэрэ. Туо?ахта сиэлэ, кутуруга хойдон, у?аан, бы?ыыта-та?аата ки?и хара?а туолар атыырыгар кубулуйбута. Хам-хаадьаа атын ??рдэр ыырдарыгар охсулуннахтарына, ??р?ттэн биир эмэ биэни бы?а анньан, к?рэтээри саантаан дура?ыйар атыырдары кытары туйах-туйахха, тиис-тиискэ т?с??эн ??р?н энчирэппэтэ?э.
* * *
?р?? т??ннэр ??мм?ттэрэ. Лэгиэннээх Туо?ахта ??р?н чуга?атан, У?ун Эбэ алаастарыгар а?албыттара. Онно ордук Сэгэйик ??рб?тэ уонна: «Туо?ахталаах ??рдэрин к?рд?р??? дуо?» – диэн Лэкиэстэн к?рд?сп?тэ. Биир к?н Лэкиэс Сэгэйиги илдьэ, икки аты миинэн, Туо?ахта ??р?н к?р? барбыттара. Лэкиэс биир уостаах субуйаа?катын с?гэн, ба?ар, к???н ытар санаалаа?а. Аара хас да ку?у к?рб?ттэрэ да, ат ?рд?ттэн ытар табыллыбата. Лэкиэс, Сэгэйик ата сиргэнэн быра?ыа диэн, туттунан ыппата?а. К?н оройо биир ?рэ?и батан, кэ?эс алаас илин ба?ын сыырын ?рд?гэр кэлэн тохтоон, аттарын ?рд?ттэн Туо?ахта ??р?н ыраахтан к?р?н, астынан к??-дьаа кэпсэппиттэрэ. Туо?ахта обургу ыраахтан суос бэринэн, т?б?т?н ?р? к?т???н, хойуу к???л?н быы?ынан чолбоодуччу к?р?н, сиэлэ буралла?наан, ??р?н к??й??хчэ буолан эрдэ?инэ, Лэкиэс и?иирбитэ. Туо?ахта ч?рб?с гына т?сп?тэ, онтон с?р улаханнык кистээн дьырылатаат, Лэкиэстээх диэки сиэлэн буралла?наабыта. Лэкиэстээх Сэгэйик миинэн и?эр аттара оро?уйан тэпсэ?нэ?э т?сп?ттэрэ. Хардары-таары кэпсэтэр курдук, эйэнэн кэллибит диирдии, и?эрсийэн ылбыттара. Лэкиэстээх аттарыттан ойон т??эн, аттынаа?ы тииттэргэ туомтуу тардыталаан баайа охсубуттара. Иккиэннэрин с?рэхтэрэ ??р??нэн туолбуттара. Лэкиэс идэтинэн уолугун сиэбин хаста-хаста, Сэгэйиги хааларыгар соруйан баран, инники хардыылаабыта. Сэгэйик тохтоон курус гынан ылбыта. То?о, туохтан? Тыый, Дь???г?й о?отугар к?н??л?? турарыттан и?игэр к?лэ да, сонньуйа да санаабыта. Бу икки атах уонна Дь???г?й о?ото Туо?ахта алаас ортотугар к?рс????лэрин с???-махтайа, киэн тутта к?рб?тэ. ???э к??рэгэй дьурулуура, мутукча сыта дыргыйара. Сэгэйик хайдах эрэ олус долгуйбута. К??рэгэй ырыатыгар, ханна эрэ куккууктуур кэ?э этиитигэр хардарыан санаан ылбыта. Онтон хомустаа?ын ?йд??н, та?ааран оргууй тардан барбыта. Оо, то?о да кэрэтэй бу Орто дойдуга. Туо?ахта Лэкиэскэ сылаас муннунан саннын ньуххайара, оттон Лэкиэс чэрдээх ыты?ынан модьу-та?а моонньун таптайа-таптайа, тугу эрэ кулгаа?ар сипсийэрэ. Онтон Туо?ахта ойо?о?угар сыста т??ээт, сиэлиттэн тарды?ан ?рд?гэр хап гына миинэн кэбиспитэ. Туо?ахта иччитин хапса?ай туттуутуттан со?уйан, икки ата?ар туран кэлбитэ. Лэкиэс ыксаан, Туо?ахта сиэлиттэн харбаан эрэ хаалбыта. Туо?ахта м???н и?эн, Лэкиэс и?иирбитин истэн намыраабыта. Лэкиэс ата?ынан имнэнэн, Туо?ахтаны киксэрэн биэрбитэ.
– Нохоо, Туо?ахтаа, ??рг?н били?иннэр эрэ, – диэн кулгаа?ар сипсийбитэ. Туо?ахта ??р?н диэки тамайа сиэлбитэ. Кинини сиэллээх биэтэ аты?ырыы к?р?н, хаста да кистээн дьырылаппыта. Оо, бу икки эдэр с?рэхтэр долгуйа ти?иргэччи тэбэллэрэ, Туо?ахта сиэлэн тамайар туйа?ын тыа?ын, Сэгэйик дьири?итэр хому?ун кытары дь??рэлэ?эн этиэхтэн дьикти тыын Алаас Хотун иччитин уйул?атын хамсаппыта.
Ол ?р?? т??н? Лэкиэстээх Сэгэйик бииргэ атаарбыттара. Туо?ахта ??р?гэр тиийэн туохтан эрэ с?рэ?э оро?уйан м???ллэ?нээн ылбыта. Бэл, сиэллээх биэтэ сымна?ас сылаас хо?оруутунан ар?а?ын ньууххайан бол?омто?о наадыйарыгар кы?аммата. Кини Лэкиэ?э атын у?ун су?уохтаах икки атахтаа?ын кытары, эмиэ кини сиэллээх биэтин курдук, чугастык сысты?ан хаамсалларын харааста, аты?ырыы к?рб?тэ. Оо, т??рэм т??рт туйахтаах, с????гэр кэлтэгэй туо?ахталаах Дь???г?й о?ото барахсан тугу т??йб?тэ эбитэ буолла? Ким ону тымтыктанан к?р?? буолла?ай? ???э Дь???г?й Айыы бэйэтэ эрэ билэн эрдэ?э…
* * *
Лэкиэс Сэгэйигин кытары дуо?уйа к??лэйдээн, к?т????н кыната суох курдук, сарсыарда дьиэтигэр тиийбитигэр дьоно туохтан эрэ санаалара т?сп?т к?р??нээх к?рс?б?ттэрэ. Ийэтэ кэри-куру сирэйдээх са?ата суох чэй бэлэмнээбитэ. Остуолга олорбуттарын кэнниттэн а?ата Лэгиэн к?хс?н этиппэхтээн баран:
– Дьэ, Лэкиэс, улахан иэдээн буолбут… Сэрии, ар?аа сэрии буолбут.
Лэкиэс ийэтэ и?итин сото олорон:
– Ол сэрии ыраах ханна эрэ ар?аа буолбут диэбитэ дии, бэйэлэрэ да сэриилэ?эр инилэр. А?ы?а туран эрэр дииллэр, от-мас да ?лэтэ элбэх.
Онуоха Лэгиэн к?хс?н этитэн баран, таба?ын к?л?н холумтаныгар тэбии-тэбии н??эрдик:
– Холкуоспут бэрэссэдээтэлэ Лэгэнтэй Мааркабыс, бэ?э?ээ киэ?э утуйаары олордохпутуна, киирэн кэпсээн ааспыта. Сура?а, эдэр дьону бэбиэскэ диэнинэн сотору сэриигэ хомуйаллар курдук ???, – уонна уолун тургутардыы к?р?н олорбута. Лэкиэс Сэгэйигиниин Туо?ахта?а бара сылдьыбыт ?р?? т??н?н дьоллоох т?гэниттэн олус астынан, к?т???эр кыната эрэ суох кэлбитэ эбээт. Оттон дьиэтигэр бу ыар сурах тэ?сик илдьитэ буолан, кинини хайдах эрэ хаарыйбат курдук саныыра.
– То?о, туох сэриитэй, ким сэриилэ?эр? – диэн аат эрэ харата ыйыппыта буолбута. Халта?алара ыарааннар, хара?а сабыллан ылбыта. Ийэтэ уолун дьолломмут сирэйин хомотумаары:
– Тоойуом, Лэкиэс, сытан нухарыйа т??эн ыл, т??н? бы?а утуйбакка, ити оскуола о?отун Сэгэйиги кытары олус чугаса?ыа? суо?а этэ, – диэбитэ. Лэкиэс онно ?й ылбыттыы, сирэйэ к?л?г?рэн ылбыта:
– Ийээ, мин тоойуом буолан б?пп?т?м ээ, уон а?ыс сааспын туолбут улахан ки?ибин, Сэгэйик да э?иил саа?ын ситэр, оччо?уна бииргэ буолуохпут дии, – остуолтан туран оронугар тиийэн сууллан т??ээт, муннун тыа?а буккураабытынан барбыта. Ийэтэ уолун будьурхай батта?ын имэрийэн ылбыта. Оо, уолун ама ылан барыахтара дуо, к?н? к?рд?рб?т к?м?с туллугун? Оттон Лэгиэни эмиэ араас санаалар ??йэ-хаайа туппуттара. Баар-суох эрэлин, туйахпын хатарыах ки?им диир уолун, бу бачча улаатан борбуйун к?т?хп?т?н кэннэ ама ылыахтара дуо? Сэрии диэн ?л??-с?т?? аргыстаах, икки атахтаах икки ?тт?ттэн кэйгэллэ?эр амырыын суоллара. ?уу, кэбис, арах, арах! Араас санаалар киирэллэр, кэбис…
Суо?ар сурах б?т?н холкуостарын устун тилийэ к?пп?тэ. Сир-дойду да, хайдах эрэ тугу эрэ т??йэрдии, чуумпура уо?уйбута. Ити сэрии са?аламмытын ту?унан сурах кэнниттэн с??рбэччэ хонук ааспыта. От ыйын б?т??тэ Лэкиэстээх уот кураан, а?ы?а харааччы салаабыт алаастарын оттоон б?тэрэн, ?р?с арыытыгар оттуу бараары сылдьыбыттара. Биир сарсыарда ыаллыы сытар Чурапчы байа?камаатыттан боломуочунай кэлэн, 1922 сыл т?р??хтэргэ, Лэкиэстээх Тириипэ??э уонна хас да кинилэр саастыылара уолаттарга, ону та?ынан хас да а?а саастаах дьо??о бэбиэскэ туттаран ааспыта. Икки хонугунан Майа байа?камаатыгар киирэргэ бэлэм буолалларыгар сорудахтаабыта. Бу сурах У?ун Эбэ?э, ыраас халлаа??а эти? эппитинии, ньиргийбитэ. Дьон-сэргэ аймаммыта. Лэкиэстээх Тириипэн уонна хас да эдэр уолаттар буолан, с?бэлэ?эн сэргэ о?оро охсубуттара уонна У?ун Эбэ халдьаайытыгар мустан туруорбуттара. Быра?аайда?ыы тэрээ?инигэр холкуостарын бэрэссэдээтэлэ уоттаах-к??стээх тыл эппитэ. Лэгиэн олус хараастыбыта, ол да буоллар тыл к?т???н, атаарыы о?уохайын эппитэ. Ол дор?ооно тумултан тумулга охсуллан бара турбута. Туо?ахта ха?ан эрэ биир туох эрэ тэрээ?и??э икки атахтар итинник эйээрдэн о?уохайдыылларын истибитэ. Ол дуораана хат хатыланан, ыраах эйээрбитигэр чуор кулгаахтара, тэ?ииркээбит туллуктар курдук, ч?рб??н??? т?сп?ттэрэ. Э?ил ба?ын ?нд?т?н, хойуу к???л?н быы?ынан чолбоодуччу к?р?н туран и?иллээбитэ. Онно чопчу до?орун Лэкиэс куола?а и?иллэрэ.
Киэ?э борук-сорук буолуута ??р?н к??йэн, дьон айманар сирдэрин диэки чуга?аан, чу?наан к?рб?тэ. Арай ол сырытта?ына, ханна эрэ хатан и?иирии и?иллибитэ. К?рб?тэ – до?оро Лэкиэс били у?ун сиэллээх икки атахтаа?ын кытары сиэтти?эн, халдьаайы сыырын ?рд?нэн хааман и?эллэр эбит. Туо?ахта ??р?н сиэллээх биэтигэр хаалларан, Лэкиэстээх диэки сиэлэн буралла?наабыта. Сыыры сыыр диэбэккэ, чэпчэкитик дугунан, Лэкиэскэ утары сиэлэн тиийбитэ. Сэгэйик толлон Лэкиэ?ин кэтит к?хс?н кэннигэр сыстыбыта. Туо?ахта Лэкиэс сирэйигэр бу сырыыга исти? мичээри к?рб?т???. Иччитэ хайдах эрэ кэри-куру туттан турара. Туо?ахта сылаас хо?оруутунан Лэкиэс санныгар сыста т??эн сытыр?аталаан ылбыта. Иччитин кэннигэр сыстан турар Сэгэйиги с?б?лээбэтэхтии и?эрсийэн, кулгаа?ын ньылатан ылбыта. Лэкиэс Туо?ахтатын уоскутан хо?оруутуттан, моонньуттан таптайталаабыта, имэрийтэлээбитэ уонна ки?илии кэпсэтэн барбыта. Сэгэйик со?уйуон и?ин, Лэкиэстээх Туо?ахта тугу эрэ ?йд???р курдуктара, кинилэри туох эрэ к?ст?бэт ситим бэйэ-бэйэлэригэр тарды?ыннарара.
– Чэ, нохоо, Туо?ахтаа, мин ыраах сэрии диэннэригэр, т?р??б?т дойдубутун к?м?ск??, аттанан эрэбин. Эн дьэ холкуос ??р?н ?ч?гэйдик к?р?-истэ сырыт. ?лэ тириир т?гэнигэр к?????-уо?у? кыайарынан дь?кк?йээр дуу. Би?иги ол суостаах сурахтаах дойдуга хайа кыалларынан туруула?ан к?р??хп?т… – ити курдук бу эдэр с?рэхтэр бэйэ-бэйэлэрин кытары сэмэйдик бырастыыласпыттара.
Сэгэйик Лэкиэ?ин кэтит т????гэр ыга сыстан у?уун-у?уннук са?ата суох тураахтаабыта. Бу Орто дойдуга са?а олох аартыгар иккиэн сэргэстэ?э, сарын-сарыннарыттан ?й?нс?н хаамсыах буолбут до?оро, Лэкиэ?э, ыра санаатын ытата хаалларан, сарсын сарсыарда ыраах аттаныахтаа?а. Сэгэйик э?этэ: «Сэрии диэн ынырык, хааннаах кыргыс толооно, онтон б?т?н ордон эргиллэр а?ыйах», – диэбитин с?рэ?эр ыттара истибитэ. Лэкиэс эмиэ хараастара да, эр ки?и буолан бэйэ бодотун тардынан дьиппиэнник туттара. Ол, араа?а, кыргыс ?т?ргэннээх т?? ?йэлэригэр буспут-хаппыт ?б?гэтин хаана тымырыгар с??рэриттэн эбитэ дуу, хайдах эрэ сэрииттэн толлубат этэ. Ити курдук, олус аймаммакка, эдэр дьон сиэринэн сэмэйдик бырастыыласпыттара. Ону уйгуурдумаары, бэл, кумаар да дыыгынаабат курдуга.
К?н?ск? ыам са?ана били байыаннай та?астаах ки?и кэлбитэ. Холкуос дьоно, кыралыын-кырдьа?астыын бары, хонтуора иннигэр мустубуттара. Байыаннай та?астаах ки?и чуор куола?ынан бэбиэскэ туппут, ма?найгы хомуурга сэриигэ барааччылары биир кэккэ?э туралларыгар бирикээстээбитэ. Хаалааччылар суугуна?ан ылбыттара, саха сиэринэн улаханнык аймаммакка, уоланнарын хараастыбыт харахтарынан к?р?н турбуттара. Лэкиэс ийэтэ са?ата суох былаатын т?б?т?нэн хара?ын уутун сотто турбута. Лэгиэн уолун эрдээх сирэйин к?р?н, уоскуйа санаабыта. Лэкиэс саастыылаахтарыттан арыый ?нд?с, кэтит дара?ар сарыннаах, салгын сиэн хараарбыт сирэйигэр уоттаах харахтара ча?ылы?аллара. Сэгэйик харахтарыгар санньыар санаа, долгуйуу, Дьыл?а Хаантан Лэкиэ?ин к?м?ск??р?гэр аатта?ыы к?ст?р?. Холкуостарын бэрэссэдээтэлэ тыл эппитэ, бары да са?ата суох, санаа?а хам баттатан и?иллээн турбуттара. Байыаннай та?астаах ки?и сэрии ту?унан кылгас и?итиннэрии о?орбута. Ньиэмэс халабырдьыттара сэрэтиитэ суох сидьи?ник саба т??эн улахан ?л??-с?т?? тахсыбытын, ол эрээри Сэбиэскэй Кы?ыл аармыйа Иосиф Виссарионович Сталин салалтатынан к??стээх утарсыыны о?ороллорун ту?унан и?итиннэрбитэ. Кы?ыл аармыйа к??стээ?ин, ?ст???? сотору уодьуганныа?ын ту?унан эрэннэрбитэ. Онно дьэ бу эдэр буойуннар бэриниилээхтик сулууспалыахтаахтарын то?о?олоон бэлиэтээбитэ. ?сс? «Коммуна суола» холкуостарын бэрэссэдээтэлэ Лэгэнтэй Мааркабыс Нохуоккун хо?уун ?лэ?иттэрин уоттаах сэриигэ хорсуннук охсу?ан, сахалар ааттарын т??эн биэрбэккэ, кырыктаахтык кыргы?алларыгар алгыс тылын эппитэ. Дьэ ол кэнниттэн байыаннай та?астаах ки?и доргуччу хамаандалаан, сэриигэ барааччылар аттарын миинэн, аарыктаах айан суолун туту?ан, дьулур?атык айанната турбуттара.
Лэгиэн сэриигэ барааччылары, сахалыы сиэринэн улаханнык аймаммакка, дьиппиэнник атаарбыта уонна ыраатан эрэр уоланнарга ту?аайан:
– Саалаахтан самныма?, охтоохтон охтума?, – диэн ал?ыы хаалбыта. Атаарааччылар, Лэкиэс ийэтэ былаатынан ыраатыахтарыгар дылы далбаатыы турбуттара. Бу уоттаах сэрии со?отох уоланын туох-хайдах к?рс??н, тугу-тугу тускулуон саныан да куттанара. Сэгэйик ытаан дьолтойбут хара?а кыыс о?о килбик иэйиитин кэрэ?илиирэ. Барыларыттан ???э уонна у?уннук кини эрэ былаата ыраахтан турта?ныыра.
Сэриигэ аттанааччылар хас да биэрэстэни барбыттарын кэннэ, Лэкиэс Туо?ахтатын ??рэ ыраах алаас ?рэ?ин у?уор сылдьаллара к?ст?б?тэ. Айанньыттар аттара кистээн дьири?иппиттэрэ. Лэкиэс Туо?ахтата сиэлэ буралла?наан ??р?ттэн к???н?н ?рэх кытылыгар диэри сиэлэн кэлбитэ. Тыалга ?рэллэ?ниир к???л?н аннынан хатаа?ын чолбонун курдук уоттаах харахтарынан айанньыттары чочумча одуулуу турбахтаан баран, и?ин т?гэ?иттэн э?сэн улаханнык кистээн дьырылаппыта. Лэкиэс с?рэ?э м???л гына т?сп?тэ. Кини кутун туттарбыт Туо?ахтатын: «Аны к?р??м дуо?» – диэн санаа ??йэ-хаайа туппута. Ону сэрэйбиттии, Туо?ахта сииктээх таныыларынан сыт ыла-ыла, кистии-кистии, ?рэ?и кыйа сэриигэ барааччылар субур?аларын сайыспыттыы, сиэлэн атаарбыта…
ААРА АЙА??А
Лэкиэстээх биир нэ?илиэктэн тохсуо буолан ы?ырыллыбыттара. Ол курдук бары тутуспутунан, оройуон киинигэр байыаннай хамыы?ыйаны ааспыттара. Оччотоо?у к??гэйэр к?ннэригэр сылдьар эр бэртэрэ, то? ма?ы булгу тардыах курдук, б???-та?а к?р??нээхтэрэ, от-мас ?лэтигэр эриллэн улааппыт буоланнар, эт-хаан ?тт?нэн чиргэллэрэ, чэгиэннэрэ. Хамыы?ыйаны ааспыттарын кэннэ иккис к?н?гэр, т??рт??р ыам са?ана, атын нэ?илиэк уолаттарын кытары та?а?ас тиэйэр массыынанан Аллараа Бэстээххэ илдьибиттэрэ.
Массыыналар суол буорун ?р? бур?атан, к?н ар?аа са?ахха тэмтэйэ санньыйыыта, ?л??нэ эбэ ?рд?к мырааныгар тиийэн кэлбиттэрэ. ?л??нэ эбэ киэ?, модун к?ст??тэ иннилэригэр туох да ку?а?ан сибикини т??йбэттии, на?ыллык уста сытара. У?уор ырыых-ыраах дьоллоох Дьокуускай куорат дьиэлэрэ бытыгыра?ан тумарыктыйан к?ст?лл?р?. Массыыналар аллара сыыйыллар суолунан сотору Буор Ылар диэн ааттаах сиргэ тиийэн чугас-чугас тохтообуттара. Сэриигэ барааччылары массыынаттан т??эллэригэр соруйбуттара, барыларын биир кэккэ?э устуруойдаппыттара. Саллаат оло?ун са?а билэн эрэр эдэр дьон са?ата суох турбуттара, арай сирэйдэрэ к?н уотугар тыйыстык дьиппиэрэ кыы?ан ылара. Байыаннай та?астаах ки?и ар?аа кырыктаах кыргы?ыыга Сэбиэскэй аармыйа хорсуннук сэриилэ?эрин, ол да буоллар ?ст??х кимэн киириитэ со?уччутун уонна олус уода?ыннаа?ын ту?унан и?итиннэрбитэ. «Сэбиэскэй норуот чулуу уолаттара, ньиэмэс халабырдьыттарын утары биир ньыгыллык, хорсуннук туруула?ан сэриилэстэхпитинэ, кыайыы би?иэнэ буолуо», – диэбитэ. Онон б?г????ттэн ыла бары байыаннай бэрээдэгинэн, хамаанданан сылдьалларын то?о?олоон эппитэ. «Ким байыаннай бэрээдэги, бирикээ?и толорбот, к???лэ суох байыаннай лаа?ыртан к?рээтэ?инэ, дизертир буолар уонна байыаннай кэм сокуонунан трибуналга туруо, ол аата ?г?с кэпсэтиитэ суох ытыллар», – диэн дьулаан ыстатыйаны били?иннэрбитэ. Онтон: «Вольно!» – диэн хамаанда биэрбитэ. ?сс? да д?й??рэн турар тыа уолаттарыгар: «Тар?а?ы?!» – диэн тылбаастаан, дьэ ?й ылан тар?аспыттара. Ити курдук сотору-сотору массыыналарынан, сорохтор атынан ма?найгы хомуурга т?бэспиттэр кэлитэлээн испиттэрэ.
Аллараа Бэстээххэ сэриигэ барааччылары биир сиргэ т?мп?ттэрэ, араас та?астаах-саптаах, к??гэйэр к?ннэригэр сылдьар уоланнар т?тт?р?-таары хааман-сиимэн адаары?на?аллара. Лэкиэс бииргэ ы?ырыллыбыт уолаттарыныын бары туту?ан сылдьарга с?бэлэспиттэрэ. Оннук санааларыгар да б???х буоларга дылы эбит. Бары да нууччалыы билбэттэрэ улаханнык мо?уоктуо?уттан санаа?а ылларбыттара. Арай Лэкиэс син онон-манан удума?алатар курдуга. Взвод, рота хамандыырдарынан ??рэхтээхтэри анаталаабыттара. Онон олор салалталарыгар киирбиттэрэ.
Сарсыныгар «Красный» диэн дьо?ус борохуотунан Лэкиэстээ?и трюм?а, палуба?а толору симэн Даркылаахха туораппыттара. Оннук ол борохуот хаста да кырыммыта. Оттон туораабыттары устуруойдата-устуруойдата сатыы хаамтаран, куорат киинин диэки Жорницкай уулусса?а баар кэ?эс олбуордаах мунньар пуу??а а?алтаан испиттэрэ. Нуучча, саха, араас да омуктар ки?и ки?итин билсибэт ?л?гэрэ этэ. Киэ?э барыларын устуруойдатан баран толуу, байыаннай та?астаах нуучча эписиэрэ сэрии ту?унан кылгас и?итиннэрии о?орбута. «Т??к?нн?? уоран саба т?сп?т фашистскай халабырдьыттары уодьуганныахпыт, Сэбиэскэй аармыйа ньыгыл к???э ?ст???? кыайыа?а», – диэн доргуччу эппитэ-тыыммыта. «Онно, бу сэриигэ ы?ырыллыбыттар, э?иги, хорсуннук кыргы?ыахтааххыт», – диэн то?о?олоон бэлиэтээбитэ. ?г?стэр алаастарыттан са?а тэлэ?ийбит, нууччалыы са?аны бастакыларын истэр буолан, эписиэр тугу эппитин ?йд??б?т?хт?р?. Ол эрээри кини сорунуулаах сирэйиттэн-хара?ыттан туох эрэ с?д? суолталаах хамаанда бэриллэн эрэрин с?рэхтэринэн таайбыттара.
Баарсаларын к??тэн хас да хоммуттарын кэннэ, Даркылаахха биэрэккэ киллэрбиттэрэ. Онно эмиэ кэтэ?ии буолбута. Арай туох эрэ с?пс?лгэн турбута. Сэриигэ барааччылар биир сиргэ ??мэхтэспиттэрэ. Лэкиэстээх эмиэ ол диэки тиийбиттэрэ, Б?л?? умна?ын к??стээхтэрэ хапса?айда?аллар ??? диэн сурах сэргэхсийиини та?аарбыта. Призывниктар т?г?р?чч? симсэ ?м??р?сп?т б?л?хт?р?н быыстарынан биир дойдулаа?а хапса?айдьыт Тириипэнниин ?т?р??эн, т???лгэ баар сирин диэки чуга?аабыттара. Буучугурас б??? диир ки?илэрэ араас ааттаахтары, ол и?игэр са?аан холобурдаах нуучча, татаар бухатыырдарын, у?а-ха?ас быра?аттаабыта. Отуччатын аа?ан эрэр, ортону ?рд?нэн у?уохтаах, кы?аан ки?и этэ. Т??рт кырыылаах харылардаах, кэтит дара?ар сарыннаах, к?хс?ттэн ?рг?лдь? тахсар модьу с?ннь?лээх, к??стээх к?р??нээх, бы?ый бы?ыылаах, уоттаах сытыы харахтарынан батарыта к?рб?т эр бэрдэ этэ. Дьэ, кырдьык, астык тустуулаах хо?уун, бэдэр курдук сылбыр?атык, и?иирин тыа?а ?р? лачыгырыы т??эрэ да, к?р??х бэтэрээ ?тт?гэр утарыла?ааччылара сири булан бур?ас гына т??эллэрэ. Арай биир с??нэ нуучча охтон баран, ал?ас дии-дии, иккитэ киирэн холоспута. Онтон кы?ыйан т?кс? дииллэрин ?рд?нэн, курданарыттан ???э ?тт?нээ?и та?а?ын ньылбырыта тыытан, сиэх-а?ыах к?р??нээх ?с???н киирбитэ. Дьон ха?ыы б???т?, биир кэм к??гэн оргуйан олорбута. Буучугурас утарсааччытын кытары ?р? батыгыратан, туту?ан ?р? холоруктуу сылдьыбыта. Анараа ки?и таба?айынан Буучугурас с?ннь?н сабыта саайталаабыта. Онтон кы?ыйан, Буучугурас хаптас гынаат, ки?итин икки такымыгар т??ээт, т??тэх мээчик курдук салгы??а ?р? к?т???н та?аарбыта уонна аарыма м?хс? сылдьар л?к?й? санатар утарыла?ааччытын кулахачыппытынан, т???лгэ ортотугар с??рэн батыгыратан киирэн, то? иэнинэн сиргэ эпсэри бырахпыта. Ки?итэ т????т?н омунугар сир ньиргийэргэ дылы гыммыта. Бур?айбыт буору б?р?нэн били ки?и д?й?н сыппыта. Буучугурас илиитин ?р? к?т?хп?ттэрэ, призывниктар ха?ыылара биир кэм ?р? ньиргийэн олорбута. Д?й?н сыппыт ки?и ?нд?й?н, бу туох ааттаах к??гээнэ буолла диэбиттии, тулатын к?р?мм?тэ. Онтон ?йд?н?н, туран буорун-сыы?ын тэбэнэн баран, кыбыстыбыттыы, т?б?т?н н?р?чч? туттан, т???лгэ та?ын диэки байаатта?наабыта. Лэкиэстээх Тириипэн Буучугура?ы с???, дуо?уйа к?рб?ттэрэ, оттон биир дойдулаахтара ???ээ Б?л??лэр б???ст?р? хабараан хапсы?ыыга соргута тосхойбутуттан харахтарыгар астыныы, киэн туттуу су?ума сыдьаайара.
Вы ознакомились с фрагментом книги.
Для бесплатного чтения открыта только часть текста.
Приобретайте полный текст книги у нашего партнера: