banner banner banner
Күннэй кистэлэҥ олоҕо
Күннэй кистэлэҥ олоҕо
Оценить:
Рейтинг: 0

Полная версия:

Күннэй кистэлэҥ олоҕо

скачать книгу бесплатно

Күннэй кистэлэҥ олоҕо
Любовь Львовна Васильева

Айылҕа барахсан оҥорботоҕо диэн суох… Ол биир дьикти көстүүтүнэн үөһэттэн үөттэриилээх, айылҕаттан айдарыылаах Күннэй Кардашевская буолар. Кинигэҕэ кини удаҕаҥҥа уһуйуллуу олуктарын хайдах ааспытын туһунан ийэтин сиһилии суруйуута, ону сэргэ эдэркээн кыысчаан абынан-хомуһунунан эмтиир кыаҕын билбит, дьүһүн кубулуйарын, куолаһын уларытарын, салгыҥҥа уйдарарын, о.д.а. илэ харахтарынан көрбүт, эт кулгаахтарынан истибит дьон ахтыылара таҥыллан киирдэ. Таһаарыы чараас эйгэ илэ-чахчы баарыгар, айылҕа күүһүгэр итэҕэтиэҕэ.

Природа – великий творец. Одним из ее удивительных созданий является Кюннэй Кардашевская, которая обладала уникальным даром. В книге приводятся воспоминания ее матери, родных, друзей и знакомых, которые стали свидетелями того, как она проходила стадии посвящения в шаманы, как лечила с помощью своей божественной способности, как меняла облик и голос, парила в воздухе и т.д. Издание, несомненно, заставит поверить читателя в существование потустороннего мира и силу природы.

Любовь Львовна Васильева

Күннэй кистэлэҥ олоҕо

Кистэлэҥ күүстээх Күннэй

Киһи бу сиргэ дьолун, олоҕун кээмэйэ, тугу ситиһэрэ, кэнниттэн хаалара барыта Таҥара төһөнү биэрбитинэн, тугу-ханныгы өлүүлээбитинэн быһыллар. «Сиргэ түспүт силик, окко түспүт оҥоһуу» диэн мээнэҕэ эппэттэр. Саха толкуйунан, киһи төлкөтө Таҥара аҥаардас талбытынан эбэтэр күннээҕи олох хаамыытынан салаллыбат, хаан-сыдьаан тардыһан, төрдүн-ууһун удьуордаан түстэнэр. Күннэй Кардашевская кылгас эрээри, сындыыс сулус курдук кылам гыммыт чаҕылхай олоҕун таайыллыбатах таабырына онно кистэммит быһыылаах.

Саха тыллаах эрэ барыта кинини оҕо сааһыттан истэн билэр. Кэрэ номоҕон дьүһүнүнэн, киһини абылыыр күүһүнэн араас дойду болҕомтотун тардыбыта, ыллыыр, үҥкүүлүүр, уруһуйдуур дьоҕурунан дьон-сэргэ сэҥээриитин, кэрэхсэбилин ылбыта. Онтон ыарытыйар үһү диэн сурах тарҕанан, барыбытын долгуппута. Туох кистэлэ кэлиэй: дэгиттэр талааннах оҕону ымсыыра, ордугургуу санаан кырыы харахтаах таба көрбүтэ, куһаҕан тыллаах быһа эппитэ буолуо диэн куолулааччы да баара… Бу кинигэҕэ кэпсэнэринэн, чараас уйулгулаах, ураты айылгылаах оҕо үөһэттэн ананан кэлбитин ахсым тэтимнээх аныгы олох дьалхааныгар тэптэрэн, кэмигэр ситэ өйдөөбөккө, быһаарбакка, мүччү туппут курдукпут…

Айдарыылаах киһи, үөһэттэн этитэн, дьонун-сэргэтин араҥаччылыыр, арчылыыр үрдүк ыйаахтаах кэлэр. Кини Айыылардыын биир утах тыыннанан, айыы-иччи үйэлээх кистэлэҥ билиилэрин иҥэринэн, көннөрү киһи көрбөтөҕүн көрөр, билбэтэҕин билэр. Кута-сүрэ айылҕаны кытта биир ситим силбэһэн, от-мас, көтөр-сүүрэр саҥатын истэр уонна өйдүүр, үөр-сүүрүк абааһылары илэ көрөр турукка киирэр.

Бастаан утаа ураты айдарыылаахха атын тас эйгэ ыалдьыттара дьаалатынан киирэннэр, өйүн баайан булкуйаллар, саҥарыа суоҕу этитэллэр, киһи үөйбэтэҕин оҥортороллор. Былыр ону таба көрөн, кырдьаҕас ойуун уһуйдаҕына, үөрүн-сүүрүгүн сөпкө дьаһайар, санаатын хоту салайар буолар, сыыйа кинилэр аптарын-хомуһуннарын дьону эмтииргэ, алдьархайтан абырыырга туһанар.

Ойуун – атын эйгэни кытта алтыһарга анаан уһуйуллубут идэлээх киһи (профессионал). Онон ойууннааһыны айылҕаттан тутулуктаах ураты дьоҕур эрэ диэн сыаналыыр кэмчи быһыылаах. Ойуун – дириҥ толкуйга, киэҥ билиигэ тирэҕирэр өй-санаа үрдүк таһымын баһылаабыт, бары өттүнэн дэгиттэр айар дьоҕурдаах киһи. Ол иннигэр ойуун буолар дьон идэлээх үөрэҕи ааһаллар.

Саха төрүт итэҕэллээх норуот буолан, ойуун буолар эбэтэр ураты айдарыылаах дьон уһуйуллар олуктарын туһунан бэйэтэ ураты көрүүлэрдээх. Ону харыстаан, ханарытан «сахалыы ыалдьар» дииллэрэ.

«Кириргиир» диэн айыллыбытынан аһаҕас эттээх, кири-кыыбаҕаны уйбат чараас дууһалаах эбэтэр улаханнык ыарытыйар киһи туохтан эрэ уолуйан, соһуйан, куттанан кута-сүрэ айманарын, ыарыыта бэргиирин ааттыыллар. Оннук дьону, ордук оҕолору «кута ыстаныа» диэн харыстаан, өлбүттээххэ, сытар ыарыһахха сырытыннарбаттар, куһаҕан сураҕы кистииллэр, кутталлааҕы кэпсээбэттэр. Туох эрэ куһаҕан сибикитин сэрэйдэҕинэ, кириргиир оҕо эмискэ этэ-сиинэ көҕөрөн, уҥан-тартаран барар.

«Кууллаттарыы». Киһи ис күүһэ, кыаҕа, туһаҕа турбакка, сүгэһэр буолан баттааһына, бүөм санаа өйгө-санааҕа иҥэн, ааспакка-арахпакка аалыыта, туох эрэ саҥаны, эрэмньилээҕи күүтүү-манаһыы, онтон сылтаан ыар санааҕа ылларыы, эт-хаан өттүнэн буомуруу. Нууччалыы «творческий кризис» диэн өйдөбүлгэ ханыылыы. Улуу ырыаһыттар, олоҥхоһуттар, айар куттаах дьон үксүн ыалдьаллар эбит. Итинник дьон түүллэригэр Ырыа төрдө илэ-чахчы киирэн, ыллаан-туойан, алыптаах тыл иччитигэр сыһыаран, күлүүс тылы сибис гынан эбэтэр туох эрэ ураты дьикти санааны саҕан, өй уган, айар аартыктарын арыйара үһү диэн кэпсииллэр.

Бу икки ыарыыны, дьалбыйан уонна түөн ууран, уот иччититигэр арчылатан, идэлээхтэр эрэ эмтииллэрэ.

«Эттэтии» диэн сурукка-бичиккэ киирбитинэн «шаманская болезнь» – ойуун уһуйуллар ыарыыта. Ону ойуун-удаҕан сүтүөҕүттэн симэлийбит, былыргы үйэ көстүүтэ курдук толкуйданар эрээри, хам-хаадьаа да буоллар биллэн ааһар бадахтаах. Сэһэн быһыытынан, үксүгэр айылҕалаах дьон 12—16 саастарыгар ыалдьаллар эбит. Сэрэйдэххэ, айбыт Айыылартан, иччилэртэн ситимнээх, төрүт итэҕэли утумнуур, айылҕа дьикти дьоҕура уһуктарыгар эт-сиин ураты эрчиллиитэ, өй-санаа төрдүттэн уларыйыыта ирдэнэр. Былыр маннык ыалдьыбыт киһини ойуунунан-удаҕанынан уһуйтаран, өбүгэ төрдүн оҥортороллоро үһү. Оччоҕо айанын аартыгын арыйан, оломун оҥорон биэрдэхтэринэ, этитэр, көрүүлэнэр, аптаах-хомуһуннаах буоллаҕына, тиллэн, дүҥүр-таҥас тэринэн, ойуун-удаҕан буолар.

Сорох эттэтэр киһиэхэ көмөлөһөр кыахтаах көстүбэтэ үһү. Оччотугар дьоҕурун кыайан арыйбакка, өйө-санаата баайыллан, ийэ кута уйбакка, ыарыыга тууйуллан, быстахха үктэтэн, бэйэтигэр да тиийиниэн сөп дииллэрэ. Улуу ойуун Орто дойдуга кэлэригэр, силигин ситэрээри, күүһүн үксэтээри, хомуһунун эбээри, хаан-уруу аймахтарыттан толук ылаллар дииллэрэ. Онуоха сөбүлэҥин биэрбэтэх быстах дьылҕаланара, Орто дойдуттан күрэнэрэ – ойууннааһын биир тыйыс сокуона.

Билигин уһуйуу былыргы үөрэҕэ умнуллубут кэмигэр, уйулҕа үөрэҕин баһылаабыт психологтар, психиатр, невролог быраастар болҕомтолорун уурдахтарына, баҕар, үөһэттэн этитиилээх, ураты айар-тутар куттаах дьон көстүө, сайдыа, арыллыа этилэр.

Күннэй, нууччалыы иитиилээх куорат оҕото, сахалыы ыалдьыбыта бэйэтэ ураты көстүү. Кини, ийэтэ кэпсииринэн сылыктаатахха, бастаан «кириргиир», онтон «кууллаттарыы», тиһэҕэр «эттэтии» олуктарын ааспыт. Айыылары, дойду иччилэрин кытта алтыһар аналлаах айыы ойууннара, алгысчыттара хатыламмат уус номоҕон тыллаах, нарын, кэрэ куоластаах буолаллар диэн кэпсииллэр. Онон сахалыы тыл баайын-сүмэһинин толору баһылаабыт эрэ киһи ойуун буолар аналлаах диир, арааһа, кэрэгэй быһыылаах. Ойуун – Таҥара тыыннаах тылбаасчыта – биир эрэ тылынан муҥурдаммата улуу идэлээхтэр баһылаабыт кистэлэҥ хоро тылларыгар көстөр. Күннэйгэ эмтэммит дьон ахталларынан, олоххо-дьаһахха нууччалыы эрэ тыллаах кыыс турукка киирдэҕинэ уу сахалыы саҥарар. Аны сырыы аайы куолаһа уларыйа сылдьар, бэйэтэ дьүһүн кубулуйар. Түүн хараҥаҕа эрэ эмтиир, кыырарыгар ааны, түннүгү саптарар, баар дьон киирэллэрин-тахсалларын бобор. Илбиһирдэҕинэ истиэнэни кыйа остуол сүүрэр, араас кыыл, көтөр, харамай көстөр. Ити барыта ойуун кыырыытын тутулун (сценарийын), дьоҥҥо дьайар ис күүһүн (гипноз), психологическай сабыдыалын хатылыыр.

Күннэй олоҕо ойууннааһын төрүт култуура ураты көстүүтүн быһыытынан аныгы үйэ хаамыытынан тэҥҥэ уларыйан иһэрин туоһулуур. Саха дьоно-сэргэтэ, уопсастыба маннык дьону сөпкө өйдөөн ылынара, өйүүрэ хайаатар да наада. Онон, былыргыга эрэ сигэммэккэ, бу кистэлэҥ эйгэни салгыы этнография, культурология, биология, психология, медицина, генетика, о.д.а. араас наукалар аныгы таһымнарыгар олоҕуран киэҥник уонна дириҥник үөрэтэр соруга турар. Онуоха бу кинигэ олук буолара мэлдьэҕэ суох.

Күннэй ийэтигэр Любовь Львовна Васильеваҕа оҕотун ураты олоҕун суруйан, саха култууратын үйэлээх көстүүтэ аныгы кэмҥэ тыыннааҕын сырдаппытыгар махтал буолуохтун.

    Бравина Розалия Иннокентьевна,
    историческай наука доктора, профессор

КҮНДҮ КӨМҮС ЧЫЫЧААҔЫМ – КҮННЭЙИМ

Васильева Любовь Львовна,

Күннэй ийэтэ

Күннэй – хаһан да өлбөөдүйбэт, сүрэхтэн сүппэт үтүө өйдөбүл…

Айылҕаттан айдарыылаах, үөһэттэн оҥоһуулаах оҕом барахсан бу Орто туруу-бараан дойдуга бэрт кылгастык, ол эрээри чаҕылхайдык, сырдык сулус кэриэтэ күлүм гынан бараахтаабыта. Кэмэ кэлэн кини дьоҥҥо-сэргэҕэ биллибэтэх кистэлэҥ олоҕун дьикти өрүттэрин арыйарга, үйэлэри уҥуордаан кэлбит айылҕа биэрбит сүдү күүһүн кэпсииргэ быһаарынным.

Ол иннинэ кылгастык төрүппүт-ууспут туһунан сырдатар наада дии саныыбын. Мин аҕам ийэтинэн ытык өбүгэбитинэн Илбянев Мочой (Мохот) диэн Сис Мэйигин аҕа ууhун киһитэ буолар. Мин хос-хос эһэм – Васильев Василий, дьоҥҥо-сэргэҕэ биллэр аата – Мөскөйөр Баһылай. Кини аатын курдук улахан, бөдөҥ-садаҥ киhи эбитэ үhү. Былыргы киһи сиэринэн, ынах сүөһү ииттэн, булдунан-аһынан дьарыгыран олорбут. Улахан түүллээх, ичээнимсийэр этэ диэн кэпсииллэрэ. Кини: «Мин оҕом оҕотун оҕотуттан, Кэрэх Ойуун уутуттан улахан ойуун үөскүөҕэ», – диэн түүлүн кэпсээн турардаах үһү. Кырдьык, ити этии Күннэйгэ сөп түбэһэр. Онон, оҕом барахсан ытык өбүгэтин аатын ааттатар, туйаҕын хатарар үрдүк аналлаах бу Орто дойдуга кэлбит эбит.

Мөскөйөргө сыһыаннаах дьиҥнээх олоххо буолбут биир түбэлтэни билэбин. Мөскөйөр сири өртөөбүтүгэр улахан баһаар барбыт. Хас да аҕа ууһа саба түһэн умуруора сатаабыттар да, улахан уоту кыайбатахтар. Ыксал буолан, Мөскөйөр ырааҕынан аймаҕар Алыһардаах удаҕан эмээхсиҥҥэ барбыт. Эдьиийиттэн көрдөспүт: «Дьэ иэдээни оҥордум – уоту ыыттым. Туох эмэ көмөлөөх буолаайаҕын, күн-ый буол, абыраа, өрүһүй!» Эмээхсин, Мөскөйөргө сүктэрэн, чугас баар көлүччэҕэ киллэртэрбит уонна икки атаҕыттан туттарбыт да, куоҕастыы хахаара түһээт, атахтарын төлө тардан баран, куоҕас буолан көлүччэҕэ умсаахтыы оонньообут. Ол кэннэ эмээхсин: «Дьэ дьиэбэр таһаара оҕус уонна бэйэҥ түргэнник дьиэҕин бул», – диэбит. Мөскөйөр дьиэтигэр киирээтин кытта эргэ оҥкучах сиҥнэр этиҥнээх ардах түүннээх күн түһэн, улахан уоту умулларбыта үһү.

Мөскөйөр улахан уола – Иннокентий (хос аата – Бууска), мин аҕам ийэтинэн эһэтэ. Кэлин ол хос аатынан Бускаровтар диэн буолбуттар. Бу аҕа ууһуттан биһиги кэммитигэр биллибит-көстүбүт киһи – аан дойдуга Сахатын сирин ааттаппыт марафонец сүүрүк Бускаров Николай. Николай Харлампьевич Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр XX үйэ чулуу чэпчэки атлета (1997 с.), 1993, 1996―1998 сс. Саха сирин бастыҥ спортсмена.

Мөскөйөр хос сиэнинэн мин аҕам буолар – Васильев Лев Иосифович.

Оттон мин аҕабынан эһэм Васильев Иосиф Васильевич диэн киһи эбит, 1886 сыллаах төрүөх. Кини аҕата (мин хос эһэм) Саввинов Василий диэн киһи, Үөһээ Бүлүү Хоротуттан чугас Сээҥээби диэн сиргэ олорбут. Эһэм Бодойбонон, Алданынан сылдьан үлэлээн баран, 41 сааһыгар дойдутугар төннөн кэлбит. Онтон мин эбэбин көрсөн ыал буолан, түөрт оҕону төрөппүттэр. Мин аҕам үһүс оҕонон төрөөбүт.

Мин аҕабынан эбэм – Васильева Александра Иннокентьевна. 1893 сыллаахха Үөһээ Бүлүү улууһун Мэйик нэһилиэгэр күн сирин көрбүт. Эбэм 10-чалаах эрэ сырыттахпына биһиги аймахха улахан ойуун кэлиэхтээх диэн кэпсиир буолара. Оччолорго мин кыра буоламмын улаханнык дьолоҕойбор түһэрбэтэхпин. Кэлин билбитим, ол туһунан эбэм миэхэ эрэ кэпсээбит эбит. Онон сылыктаатахха, өбүгэлэрим эбэбинэн этиппиттэр быһыыта… Уонна тоҕо кып-кыра оҕоҕо кэпсиэҕэй?!

Төрүттэрбин «кэрэхтэр» диэн ааттыыллара үһү – сураҕа, туох эрэ кэрэх мастаах кэлбит дьон эбит. Бэйэлэрин Үөһээ Хара Суорун тойонтон төрүттээхпит дэнэллэрэ үһү. Ол иһин буолуо, Күннэйи суор арыаллааччы…

Ийэм өттүнэн төрдүлэрим Өлүөхүмэ Токкотуттан Үөһээ Бүлүү Арыылааҕар кэлэн олохсуйбуттар эбит. Мин ийэм – Васильева (Степанова) Розалия Ивановна, Үөһээ Бүлүү улууһун Өргүөт нэһилиэгэр төрөөбүт. Ийэм эһэтэ – Ньурба Таркаайытыттан төрүттээх Федоров Иван (хос аата – Мындай). Өлүөхүмэ Токкотуттан Дураева Екатерина диэн тоҥус кыыһын кэргэн ылбыт. Кинилэр Токкоттон көһөн кэлэн, Үөһээ Бүлүү Арыылааҕар олохсуйбуттар. Түөрт кыыстаахтарыттан саамай кыралара Степанова Екатерина Ивановна – мин эбэм. Мин ийэм аҕата – Степанов Иван Евсеевич (хос аата – Тайах Уйбаан).

Күн кэриэтэ Күннэйим, көмүс чыычааҕым, биһиги дьиэ кэргэҥҥэ маҥнайгы оҕонон 1997 сыллаахха иэйэхсит ыйыгар – ыам ыйын 13 күнүгэр Туймаада хочотун дьоллоох туонатыгар – Дьокуускай куоракка күн сирин көрбүтэ. Быраастар эппит оҕолонор күммүн лаппа аһардан баран оҕоломмутум. Ыам ыйын 12 күннүгэр балыыһаҕа киллэрбиттэрэ, нөҥүө күнүгэр сарсыарда Күннэйим кэлбитэ. Бэрт чэпчэкитик, улаханнык талыы диэни билбэккэ, быыһаммытым. Төрүүр саалаҕа сытан тоҕо эрэ күн сардаҥалара бу муостаҕа түстэхтэринэ оҕолонуом уонна Күннэй диэн ааттыам дии санаабытым. Кырдьык, сааскы күн маҥнайгы сандаархай сардаҥаларын кытта тэҥҥэ Күн киһитэ Күннэй бу сиргэ түспүтэ. Бастаан ытаабатаҕар олус куттана санаабытым – оҕом барахсан кыратык киинигэр эриллибит этэ. Сотору буолаат саҥа таһааран ытаабытыгар долгуйбуппуон – аан бастаан ийэ буолар дьолун билбит хаһан да умнуллубат, туохха да тэҥнэммэт дьоллоох түгэним. Онтон иккиэммитин хаалларан баран, быраастар ханна эрэ тахсыбыттарыгар, арай оҕом сытар сириттэн тугу эрэ эмэр айах тыаһа чуолкайдык иһиллибитин өйдүүбүн. Ол саҥа күн сирин көрбүт кыысчааным тарбаҕын эмэр тыаһа эбит. Оннук 5-гэр диэри тойон эрбэҕин эмпитэ.

Оҕом ый курдук аата суох сылдьыбыта, тоҕо диэтэххэ Күннэй диэн ааты биэрээри гыммыппын дьонум бастаан утаа ылымматахтара. Араас аат бөҕө сыымайдаан баран, тиһэҕэр төрөөбүт күнүнэн, ыйынан сахалыы ааттар халандаардарыгар көрүөххэ диэн буолбута. Сөҕүөх иһин, ыам ыйын 13 күнүгэр төрөөбүт кыыс оҕо аатын Күннэй диэн суруйбуттар этэ. Бу аат суолтата – күн курдук ыраас, кэрэ. Ол курдук күн сиригэр үктэнэ илигиттэн Күннэй бэйэтин анал аатын этиттэрбит эбит.

Оҕом барахсан төрүөҕүттэн холку, ытанньаҕа суох буолан абыраабыта, куруук утуйан тахсар этэ. Мин хаһан уһуктарын кэтэһэн аттыгар иһиллээн олорооччубун.

Арай биирдэ, кыысчааным ыйын да туола илигинэ, күнүскүтүн утуйбутугар мин эмиэ нуктаан ыларга быһаарынным. Эмиэ да утуйа сытар курдукпун, эмиэ да илэ курдук. Иһиттэхпинэ, хоспут иһигэр кыра оҕолор саҥарсаллар, кумааҕы тыаһаталлар. Өссө санаан ыллым: ыаллыы олорор оҕолор наар видеокассета уларса киирээччилэр, олор буолуо диэн. Ол саҕана милииссийэ оскуолатын уопсайыгар олоробут. Туруохпун баҕарабын да, илиим-атаҕым истибэт. Оннук сыттахпына оҕолор, күлэн бычыгыраһа-бычыгыраһа, ороммор сүүрэн кытыгырайан кэллилэр. Бары бэскилээхтэр, сырдык хааннаахтар, быычыкаалар, оронтон муннулара эрэ быгаахтыыр, хайдах эрэ киһи «чээн» диэх курдук. Өссө бэһис киһилээхтэр диэн көрөбүн. Ол киһичээннэрэ кириэһилэ үрдүгэр ыттан туран, сурук остуолугар быардаан сытан, кыһалла-кыһалла тугу эрэ суруксуттаа да суруксуттаа буолар. Оттон атыттара киниэхэ кумааҕы таһаллар диэн көрөбүн, үлэ-хамнас үгэнэ. Быыһыгар күлэ-күлэ миигин өҥөйөн бараллар. Мин ол тухары, бырытын көрө сытар курдукпун эрээри, саҥарар да, турар да кыаҕым суох. Оннук балачча бириэмэ ааспытын кэннэ дьонум сүтэн хааллылар. Дьэ ол эрэ кэннэ уһуктан кэллим. Онно санаабытым, арааһа, оҕом аанньаллара сирдээҕи дьылҕатын суруйаары Ґөһэттэн түһэ сырыттылар быһыылаах… Уонна хайдах эрэ оннук буолуохтааҕын курдук ылыммытым…

Оҕом балтараатыгар Москва куоракка адъюнктураҕа үөрэнэ барар буолбутум. Московскай уобалас Ивантеевка куоратыгар дьиэ куортамнаан олорбуппут. Күннэйбит аан бастаан дьиэбит аттыгар баар оҕо уһуйааныгар барбыта, онно икки сылтан ордук сылдьыбыта. Оччолорго 2-тин даҕаны туола илик кырачаан киһи эбит.

Арай биирдэ саамай саастаах баспытаатала миигиттэн эһиги таҥараһыттаргыт дуо диэн ыйытан турардаах. Мин, көһүппэтэх буолан, соһуйаммын күллүм, онтон мусульманкаҕыт диэн ыйыттыгыт дуо диэн төттөрү ыйытааччы буоллум. Ону баспытаатала Кюночка наар Таҥара миигин таптыыр дуо диэн ыйытар, мин кириэспин интэриэһиргиир, түөһүн оҕотугар кириэс охсунар диэн соһутта. Кып-кыракый эрээри, наһаа дуоспуруннаах, оруннаах ыйытыылары биэрэр, сорох-сороҕор сатаан сөптөөх эппиэти булбакка хаалабын диэн күлбүтэ. Ити кэнниттэн, кырдьык, оҕом наар кириэс суолтатын ыйыталаһар, кириэс хайаан даҕаны кэтиэхтээҕин, Таҥара кинини таптыан баҕарарын этэр буолбута. Инньэ гынан 2002 сыллаахха Кириһиэнньэҕэ оҕобун Коптевоҕа баар Георгий Победоносец сиэркибэтигэр сүрэхтээбиппит. Оҕом кырачаан бэйэтэ бэлэмнэнэн, санаата өрө көтөҕүллэн ахан сүрэхтэнэ барбыта. Күннэйбин сүрэхтээбит ийэтэ, аҕата күн бүгүнүгэр диэри биһиэхэ оҕом сырдык кэриэһигэр күүс-көмө, өйөбүл буола сылдьаллар.

Москваҕа Күннэйим дойду ис-тас өттүгэр биллэр модельер Вячеслав Зайцев Москватааҕы Муода дьиэтин иhинэн үлэлиир оҕо модельнай устуудьуйатын бүтэрэн, муода тыйаатырыгар 3 саастаах кырачаан модель буолан киирбитэ. «Эдэр саас» хаhыат 2001 сыл тохсунньу 4 күнүнээҕи нүөмэригэр «Уу-чукучук» рубрикаҕа «Билсиҥ: 3 саастаах модель» диэн суруналыыс Светлана Аммосова матырыйаала бэчээттэммитэ. Бу Күннэйим туһунан ыстатыйа киэҥ эйгэҕэ аан маҥнайгы тахсыыта этэ.

2002 сыл сайыныгар адъюнктурабын бүтэрэн, юридическай наука кандидата учуонай истиэпэни ситиhиилээхтик көмүскээн, дойдубутугар көһөн кэлбиппит.

Күннэйим Дьокуускай куоракка 11-с нүөмэрдээх оҕо уһуйааныгар киирбитэ. Арай биирдэ, ол уһуйааммытыттан төннөн иһэн, маҕаһыыҥҥа сырыттыбыт. Оҕо салаатыгар оонньуур арааһа. Оҕом, онно эрэ наадыйбакка, атын салааҕа тиийэн, ат сувениры көрө аҕай турар эбит. Кырдьык, көрүөххэ үчүгэй баҕайы, таас буолбатах, гиипсэттэн дуу, туохтан дуу оҥоһуллубут. Кыыһым аты ылабыт диэн турда. Ону мин куукула эҥин көрбөппүт дуо диэн этэн көрбүппүн, кыккыраччы аккаастаата. Инньэ гынан хайыахпытый, дьиэбитигэр аппытын кыбынан кэллибит. Ол атын кытта олох арахсыспат этэ: уһуйааммытыгар илдьэ барарбыт, төттөрү аҕаларбыт уонна наар аттары эрэ уруһуйдаан тахсара. Билигин санаатахпына, дьикти… Оҕом барахсан уҥуоҕун оҥоро сырыттахтарына дьөһөгөй төбөтө оҥоһуллуохтаах диэн бэйэтэ тахсан кэлбит этэ…

2002 сыл күһүнүгэр, кыра кыыспынан ыарахан буолбуппун өссө билэ иликпинэ, Күннэйим дьикти сонуну иһитиннэрдэ: «Ийээ, эн искэр оҕо олорор. Кыыс оҕо. Тууйа диэн». Оччолорго кини 5 эрэ саастааҕа.

Быраастар оҕолонор кэммин быһа барыллаан муус устар 20―22 күннэригэр диэн сабаҕалыыллар этэ. Күннэй: «Ийээ, ыксаама. Мин төрөөбүт күммэр оҕолонуоҕуҥ. Балтым онно кэлиэхтээх, кини мин төрөөбүт күммэр бэлэх буолан кэлэр», – диэбиттээх.

Ыам ыйын 12 күнүгэр сарсыарда туран баран, Күннэйим «бүгүн төрөөбүт күммүн ылабыт, сарсын бокуойуҥ суох буолуо, балтым Тууйа кэлэр» диэн эттэ. Инньэ гынан, төрөөбүт күннээн «Катюша» кафеҕа аһаатыбыт, кулгааҕын үүттэттим, кыһыл көмүс ытарҕа кэтэртим. Ити 6 сааһын туоларыгар. Ол түүн уум баран, балыыһаҕа киирбитим уонна, Күннэйим эппитин курдук, кини төрөөбүт күнүгэр, ыйыгар, нэдиэлэтин күнүгэр, бириэмэтигэр үүт-үкчү эдьиийин курдук ыйааһыннаах, уһуннаах кыыс оҕоломмутум. Мин испэр үөскүөҕүттэн Тууйа диэн ааттаммыт Күннэйбит балта Орто туруу бараан дойдуга күн сирин көрбүтэ.

Күннэйим кыратыттан сыанаҕа тахса үөрүйэх буолан, ол саҕана Саха сиригэр киэҥник биллэр «Айыы Куо» муода тыйаатырыгар салгыы дьарыктаммыта. 2005 сыллаахха «Мини мисс Якутия» конкурска кыттыбыта. Онно «Мисс Фото» титулга тиксэн, корона, лиэнтэ кэтэн, олус даҕаны үөрбүтэ. Конкурс кэннэ муода тыйаатырын дириэктэрэ Лена Иннокентьевна Голубь Күннэйи Москваҕа «Мини мисс Россия» кытыннара ыытыан баҕарарын эппитэ. Биһиги үөрүүнэн сөбүлэһэн, дойдубут тэбэр сүрэҕэр Москва куоракка улахан конкурска барар чиэскэ тиксибиппит. Конкурстары дьоллоох оҕо саас бырааһынньыгын курдук ылынар этибит. Интэриэһинэй дьону кытта көрсүһүү, киэҥ нэлэмэн Россиябыт араас муннуктарыттан кэлбит дэгиттэр талааннаах оҕолору кытта билсиһии, доҕордоһуу туох куһаҕаннаах буолуой?! Күннэйкэ «Мини мисс Россия» титулун төһө даҕаны ылбатаҕын үрдүнэн конкурс дирекцията Аан дойдутааҕы «Мини мисс Мира» конкурска кыттыаххыт дуо диэн ыйыппыта. Кыыһым оҕо-оҕо курдук үөрүүнэн сөбүлэспитэ. Онон, тэринэн, 2005 сыл күһүнүгэр күннээх Турция Анталья куоратыгар «Мини мисс Мира» конкурска кыттардыы айаҥҥа туруммуппут. Күннээйик онно бастаан гала-шоу иннинээҕи күн буолбут тэрээһиҥҥэ кыттааччы кыргыттар талыыларынан «Мини мисс Дружба Мира» буолбута. Киниэхэ үгүс оҕолор бэйэлэрин куоластарын биэрбиттэр этэ. Аны туран, сарсыныгар «Мини мисс Мира» үрдүк аатын сүгэн үөрүүбүт муҥура суоҕа.

Оҕом барахсан төһөлөөх элбэх араас күрэхтэргэ кыттан, кыайыы өрөгөйүн билэн, ыллаан-туойан, үҥкүүлээн аастаҕа… Сылдьыбыта барыта ситиһиилээх буолара, элбэх ахсааннаах кубоктар, грамоталар, махтал суруктар ону туоһулууллар, 2005 сыл түмүгүнэн «Сибиряк года-2005», 2007 сыллаахха «Жемчужина России» үрдүк ааттары сүкпүтэ. 2008 сыллаахха Лондоҥҥа буолбут улахан конкурска Гран-при хаһаайката буолбута.

Күннэйим орто сүһүөх кылаастарга үөрэнэ сылдьан «Кустук» киинэ лааҕырыгар оҕолорго аналлаах тэттик киинэлэргэ уһуллубута.

Кэлин «Саҥа ырыа» диэн Саха национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа бырайыагар бэйэтин туспа суоллаах-иистээх ырыаһыт быһыытынан көрдөрбүтэ. Бу бырайыакка барыларыттан төһө даҕаны сааһынан кыра буоллар, сыанаҕа туох баар сыратын, кыһамньытын, дьулуурун ууран туран үлэлээбитэ. Бырайыак түмүгүнэн «Кэскиллээх ырыаһыт» номинация хаһаайката буолбута уонна «Журфикс» сурунаал анал бирииһин ылбыта.

Дьоллоох-соргулаах, кэрэ даҕаны кэмнэр ааспыттар эбит… Билигин ити үтүө күннэрбин түүлбэр эрэ көрөрбүнэн муҥурданабын…

Ыйдаҥа киэһэҕэ чуумпуну тутабын,
Кыраһа хаар кыымҥа эн суолгун көрдүүбүн,
Кырыалаах түннүгүм кырсынан устабын,
Эн күлэр күлүккүн эргиччи көрдүүбүн…

Оҕом 9 сааһыттан мэлдьи иһэ ыалдьар буолан барбыта. Ыарыйдаҕын аайы Медицина национальнай киинигэр көрдөрө илдьэбит. Ол тухары тугу да кыайан быһаарбаттар. Улам наһаа күүскэ тииһиктиир буолан испитэ. Кылааһын салайааччыта «бу оҕо үөрэниэн баҕарбат, ол иһин куруутун иһэ ыалдьыбыта буолан кубулунар» диэбиттээх. Бу санаатахпына, оҕом айылҕаттан айдарыылааҕа аан бастаан оннук биллибит эбит.

Медкииҥҥэ хас да сыл устата көрдөрө сатаабыппытын кэннэ, кыайан диагноз туруорбакка, Москваҕа баран быһаартарыІ диэбиттэрэ уонна түргэн үлүгэрдик квота булан биэрбиттэрэ. Ити 2012 сыл бэс ыйын ортото этэ.

Москваҕа Педиатрия уонна хирургия научнай-чинчийэр институтугар тиийдибит. Оҕобун 15 саастаах диэн бэйэтин эрэ ыллылар, миигин киллэрбэтилэр. Иккис күммүтүгэр Күннэйим ис уорганнарыгар компьютернай томограмма оҥоһуллуохтаах этэ. Мин ол күн балыыһаҕа баран иһэн кыыһым төлөпүөнүгэр эрийэ, суруйа сатаатым. Оҕобуттан туох да эппиэт суох. Балыыһаҕа тиийээт, балаататыгар киирбитим, арай Күннэйим ороно кураанах, бэйэтэ суох, оронун үрдүгэр футболката, шортига ууруллубут. Сүрэҕим, куһаҕаны сэрэйбиттии, өрө мөхсөн барда. Саатар, балаататын дьоно мин харахпын утары көрбөттөр, уку-суку туттар курдуктар. Хайдах баҕайыный диэн медицинскэй пуоска тиийдим, биир да киһи суох. Быраастар хосторо эмиэ кураанах. Көрүдүөргэ биир ийэттэн быраастары көрбүккүт дуо диэн ыйыппыппар, «бары реанимацияҕа сүүрбүттэрэ» диэн хоруйдаата. Онтон «биир оҕо компьютернай томографияҕа түһэ сылдьан комаҕа түспүт» диэбитигэр, этим тымныынан саласта. Реанимация салаатын ааныгар, баҕар ким эмит тахсаарай диэн, кэтэһэн турдум. Быраастар биир-биир реанимацияттан тахсыталаатылар, ким да тугу да сиһилии кэпсээбэт. Өйдөөбүтүм диэн Күннэй эмискэ комаҕа түспүт, биричиинэтэ биллибэт. Миэхэ реанимация салаатын төлөпүөнүн биэрэн баран, дьиэҕэр баран күүт диэтилэр.

Ол күн киэһэтигэр Үөһээ Бүлүүгэ эһэтин тиэргэнигэр турар уулаах биэ эмискэ сууллан түһэн өлөн хаалбыт. Өлүгэр биир даҕаны суор да, көтөр-сүүрэр да чугаһаабатах..

Дьиэбэр тиийэн балыыһаҕа эрийбиппэр, киэһэ 9 чаас диэки оҕоІ тыҥата аккаастаан ИВЛ аппараатыгар холбоотубут диэтилэр. Мин ону истэн олох да буорайдым. Сарсыныгар эрдэ балыыһаҕа тиийэн быраастары көрүстүм эрээри, ким да тугу да чуолкай эппэт. Ол быыһыгар Дьокуускайым быраастарыгар эрийэ сатыыбын. Кэмниэ кэнэҕэс реанимация аанын аттыгар олоппос аҕалан көхсүбүнэн истиэнэҕэ сыста олордум уонна санаам күүһүнэн бэйэбиттэн оҕобор ситим ыыта сатаатым. Өйбөр оҥорбут ситиммин быспакка маннык олордохпуна, оҕом барахсан бэттэх кэлиэҕэ диэн. Быраастар балыыһаҕа хааларбын хата боппотулар. Ол курдук миэстэбиттэн харыс да сири халбарыйбакка, тугу барытын умнан, саныыр санаам барыта оҕобор олордохпуна, асчыт дьахтар миэхэ миин аҕалан биэрдэ. Бастаан ас киирбэт диэн аккаастана сатаатым. Кырдьык, аһыыр ас, утуйар уу умнуллубут кэмэ этэ. Ону киһим, аттыбар туран, күүһүнэн кэриэтэ миинин иһэртэ. Оҕоҥ реанимацияттан таҕыстаҕына сэниэтэ суох хайдах көрүөххүнүй диир. Билбитим, кини урут Дьокуускайга олоро сылдьыбыт эбит. Сахам сирин наһаа күндүтүк саныыбын, ахтабын диэбитин истэн, тирээн кэлбит ыар кэммэр чугас киһибин көрсүбүт курдук санаммытым. Киһиэхэ бэрт кыра да наада…

Иккис түүнүгэр реаниматологтартан көрдөспүппэр, дьонум аһыннылар быһыылаах, оҕобор киирэрбин көҥүллээтилэр уонна «ытаабаккыт, аймаммаккыт, комаҕа сытар киһи реакциятын биһиги билбэппит, алҕаска ытаан, айманан, туругун өссө бэргэтиэххитин сөп» диэн сэрэттилэр. Мин онно киирэн оҕобун көрөөт, хара күүспүнэн хараҕым уутун туттуннум. Күннэйим барахсан кумааҕы курдук куп-кубаҕай, барыта провод быыһыгар сытаахтыыр эбит. Испэр Үөһээ Айыылартан, Таҥараттан, Күнтэн, Сиртэн, Халлаантан – барыларыттан көрдөстүм. Ол курдук 10-ча мүнүүтэ оҕобун кытта көрүһүннэрэн баран төттөрү таһаардылар. Биир быраас ол онно «төһө өр комаҕа сытыан эйиэхэ Таҥара бэйэтэ да этэр кыаҕа суох» диэн этэн турардаах.

Кэлин эмтиир бырааһа миигин хоһугар ыҥыран ылан, төрдүгүтүгэр медиумнар, ойууннар бааллар этэ дуо диэн ыйытта. Быраастартан итинник эрэ ыйытыыны кэтэспэтэх буолан, олус соһуйдум. Мин, бэйэлэрин туох эрэ сыыһаларын билиммэккэ, аны ол оннукка түһэрээри гыналлар дии санаан, тугу да билбэппин, истибэтэҕим диэтим. Наһаа өр көрдөрдүбүт, эмтэннибит да биир даҕаны диагноз турбата, туох да быһаарыллыбата, саатар манна, киин сиргэ, быһаара сатыахтаахтарын эттим. Ол иннинэ Дьокуускайга реанимацияҕа киирбитигэр, ыксаан, лапароскопическай эпэрээссийэ кытта оҥорон турардаахтар. Ол да эпэрээссийэ тугу да быһаарбатаҕа, көрдөрбөтөҕө.

Күннэйим комаҕа түспүтэ үһүс сууккатын туолар чааһыгар, киэһэ 5 чаас саҕана, бэйэтин өйүгэр кэллэ диэбиттэригэр миигиттэн дьоллоох киһи суох этэ. Сотору соҕус буолаат миигин эмтиир бырааһа иккистээн ыҥыран ылан: «Мин үлэлиир сылларым тухары элбэх оҕону коматтан таһаарбытым, ол тухары биир да оҕо төһө өр өйө суох сыппытын этэр кыаҕа суоҕа. Оттон Күннэй, коматтан тахсаат, трубкаларын эҥин ылбыттарын кэннэ, «мин үс суукка манна суох этим, наһаа аччыктаатым» диэбитэ. Эбиитин миигин толору ааппынан ыҥырбыта. Ааппын кини хайдах да билиэ суохтаах этэ. Тоҕо диэтэххэ, миигин киниэхэ эмтиир бырааһынан комаҕа түспүтүн кэннэ анаабыттара», – диэн олус сөхпүтүн эппитэ. Мин, тугу да эппиэтиир кыаҕа суох буолан, истэн эрэ кэбиспитим.

Оҕобун дьэ уопсай балаатаҕа көһөрөр кэтэһиилээх күнүгэр, эбиэт кэннэ, реанимация нөҥүө ыкса турар хоско таһаардылар. Сүрэҕин тэбиитин бэрэбиэркэлиир аппараат туруордулар. Миигин оҕобун кытта хааларбын көҥүллээтилэр уонна хомуллар орон биэрдилэр. Оо, онно Күммүн сырылаччы сыллаан, кууһан, олус да үөрбүтүм. Онтум уһаабатаҕа… Икки чааһы кыайбакка, оҕом барахсан эмиэ өйүн сүтэрэн кэбистэ. Аны хараҕын аһа сытар. Эмиэ быраастар… сүүрүү-көтүү… аймалҕан… биир кулгаахпынан иһиттэхпинэ, «глубокий сопор» дииллэр… Оҕобун эрэ миигиттэн илдьэ барбатыннар диэн санаа… Тула истиэнэлэрим устан бардылар, дьон саҥата улам ыраатан истэ… Эмискэ түөспүттэн хаһыы төлө көтөн тахсыбытын кулгааҕым эрэ истэн хаалла.

Бу сырыыга, мин дьолбор, Күннэйим син балачча кэминэн өйүгэр кэлэн барыбытын үөрдүбүтэ.

Ити түбэлтэ кэнниттэн үс хонон баран кыысчааным эмиэ өйүн сүтэрэн реанимацияҕа киирбитэ. Мин изоляторга оҕом аттыгар хоммутум. Бу сырыыга комаҕа суукка аҥаара сыппыта. Ол эрээри уһуктан баран, оҕом миигиттэн ураты кими да өйдөөбөт да, билбэт да буолан хаалбыт этэ. Балтын, эһэтин, эбэтин, аймахтарын, доҕотторун – барыларын ким эрэ өйүттэн сотон кэбиспитин курдук. Ол сытан миэхэ маннык кэпсээн турардаах: «Арай улахан баҕайы уочаракка турабын, киһи бөҕө баар – эр дьон, дьахталлар, оҕолор. Бары араас-араас омуктар, ким да тугу да саҥарбат эрээри, бэйэ-бэйэбитин өйдөһөр курдукпут. Бу халлааҥҥа сылдьабын диэн өйдүүбүн. Иннибэр ханна эрэ киирэргэ аналлаах улахан көмүс дуйдаах аарка баар диибин. Аарка иннигэр трибунаҕа үрдүк уҥуохтаах плащтаах киһи турар, капюшонун сүүһүгэр диэри сабыччы тардыммыт. Улахан халыҥ кинигэлээх. Киниэхэ уочаратынан тиийбит киһини ол кинигэтигэр баар испииһэгинэн көрөр дии санаатым. Онтон арай улахан экран курдук көһүннэ. Онно дьон олоҕо бүтүннүү кылгастык көстөн ааһар. Миигиттэн биир киһинэн инники турар киһи киэнэ быраастар эпэрээссийэлиир остуол тула туралларынан быстан хаалла. Ону көрөн, кини олоҕо итинник түмүктэммит эбит диэн өйдөөтүм. Онтон кэлэр киһини били плащтаах киһи, аарканан аһардыбакка, түөһүттэн аста. Анарааҥҥыта, сиргэ түспэккэ, үргүлдьү өссө аллара курулуу турда. Арааһа, аакка түстэ быһыылаах. Мин уочаратым кэлбитигэр, арай плащтаах киһи: «Эрдэ кэлбиккин», – диэт, түөспэр кириэс охсон баран, аллара анньан кэбистэ. Ол түһэрбэр быһа барыллаан биэс этээстээх дьиэ үрдүгүттэн бэйэм эппэр-сииммэр кэлэн түспүт курдук этим».

Биирдэ оҕом тугу эрэ батыһыннара көрөрүн бэлиэтээтим. «Балаатабытыгар хара киһи киирэн баран, түннүккэ турда уонна реанимация диэки истиэнэни курдат ааста», – диэтэ кыыһым. Ол күн реанимацияҕа бүөрүнэн сытар 16-лаах кыысчаан сырдык тыына быстыбыта. Ити кэннэ дьон кэннигэр үрүҥ, хара, сиэрэй күлүктэри көрөбүн диир буолла. Мин кинини уоскутаары, кома кэннэ дьон ауратын эҥин көрүөххүн сөп диэн быһаарбытым. Өссө Интернеккэ ааҕан, ити аата галлюцинациялар эбит, хайдах эрэ буолбуппун диэхтиирэ. Ыксаан, балаататыгар киирбит быраастартан миигин психиатрга көрдөрүҥ, дьон көрбөтүн көрөбүн диэн хаста да көрдөспүтэ. Биир быраас: «Эн бэйэҥ ити туһунан ыйытар буоллаххына, 99% доруобайгын», – диэн хоруйдаабыта. Ону ааһан, психиатрдар бэрэбиэркэлээн баран, доруобай диэн түмүк таһаарбыттара.

Өссө биир дьиибэтэ диэн, утуйа сытан түүн ортото эмискэ ойон туран, улахан баҕайытык саҥа таһааран хаһан да урут истибэтэх сахалыы ырыаларын ыллыыр буолбута. Туораттан көрдөххө, уутун быыһыгар ыллыыр курдук. Биирдэ Розалина Файрушина «Эн сэрэй» диэн ырыатын саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри ыллаан турардаах. Дьиҥинэн, ол ырыаны үөрэппэтэҕэ даҕаны, ыллаабатаҕа даҕаны. Оннук түүн эмискэ ыллаан кэлэрин иһин хонукпутугар оонньуур хоско орон бэлэмнээн утутар буолбуттара. Мин оҕобун аны төбөтүнэн булкуллубут диэхтэрэ диэн биир куттал. Утуйа сылдьар эрээри, оронуттан ойон туран, сыанаҕа курдук доргуччу ыллаан барар этэ. Мин уһугуннара сатыырым даҕаны, олох уһуктан биэрээччитэ суоҕа. Ыллаан бүтэн баран, бэйэтин өйүгэр кэлбэккэ да, утуйара.

Биһиги балыыһаҕа сытар кэммитигэр Тууйабыт Сочиттан сборданан кэлэн Дьокуускайга ааспыта. «Азия оҕолоро» спорт оонньууларыгар көрдөрүүлээх нүөмэргэ кыттыахтаах этэ. Хата тириэньэрдэрэ биһиги балаһыанньабытын өйдөөн, Тууйаны толору пансиоҥҥа киллэрэн, күрэхтэһии кыттааччыларыгар анаммыт уопсайга олордубуттара.

Арай биир күн оҕом эрийэн дэлби ытаата. Харчылаах көһүлүөгүн уоран ылбыттар этэ. Кыыспар хоскор үчүгэйдик көр, сүппүт буоллаҕына дьоммунан харчы ыытыам диэн уоскута сатаатым. Ол кэпсэтиибитин Күннэй истэн олорон, эмискэ эттэ: «Сарсын аҕалан биэриэхтэрэ, долгуйбатын». Кырдьык, сарсыныгар Тууйа «Туймаада» стадиоҥҥа репетициялана сырыттаҕына кини таҥаһын уурбут ыскамыайкатыгар көһүлүөгүн аҕалан уурбуттар этэ. Иһигэр харчыта барыта баар. Ким аҕалан уурбута биллибэтэҕэ. Эмиэ дьикти түбэлтэ…

Ол курдук балыыһабытыгар ыйтан ордук сыттыбыт. Араас бэрэбиэркэни барытын ааспытын үрдүнэн, син биир туох да быһаарыллыбата. Бу – биэс консилиум тухары…

Балыыһаттан тахсар күммүт тирээн кэллэ. Түмүкпүтүн ылаат, дьоммутугар диэри такси ыҥырдыбыт. Ол баран иһэн Матронушка храмыгар сырыттыбыт. Онтон салгыы таксибытынан айаннаан истэхпитинэ арай оҕом, түөһүн туттаат, биирдэ намылыс гынан хаалла. Дьэ онно ыксал буолла. Суоппарбыт, массыынатын тохтотоот, суол ортотугар сүүрэн таҕыста. Хата, биһиги дьолбутугар, оруобуна суһал көмө массыыната баран иһэрин көрөн, далбаатаан, хаһыытаан ыҥыран ылла. Оҕом ол икки ардыгар өйдөнөн кэлээт, үөһэ-аллара мөхсөн киирэн барда уонна ыксаабыт куолаһынан: «Ийээ, илиибин-атахпын тутуҥҥутууй!!! Туох миигин быраҕаттыырый?» – диэхтиир. Мин сыппыт балыыһабытыгар төттөрү эрийбиппэр: «Манна аҕалымаҥ, ханна суһал көмө илдьэринэн барыҥ. Баҕар, онно тугу эмит быһаарыахтара», – диэтилэр. Ол оннук мучумааннанан 79-с клиническэй балыыһаҕа барар буоллубут. Оҕом балыыһаҕа айаннаан тиийиэхпитигэр диэри хаста да өйүн сүтэрэн ылла. Ол быыһыгар: «Туох ааттаах элбэх хара дьоно үмүөрүстүлэр?» – диэн үлэһиттэри куттаан ылар. Манна эмиэ быраастар «глубокий сопор неясной этиологии» диэн түмүктээтилэр уонна аҕыйах хонугунан, эмиэ тугу да быһаарбакка, балыыһаттан таһааран кэбистилэр.

Аны маннык туруктаах ханна да айанныыр кыахпыт суох, быраастар сөмөлүөтү тулуйуо суоҕа диэн бобустулар. Дьокуускайдар, бачча баран бараҥҥыт быһаартаран кэлиҥ диэн сүбэлээтилэр. Дьэ, кырдьык, «барар сирбит баҕана үүтэ, кэлэр сирбит кэлии үүтэ» диэн итини этэн эрдэхтэрэ. Хата, Күннэйбин сүрэхтээбит ийэлээх аҕата: «Ханна да бара-кэлэ сатаамаҥ, ыксаамаҥ, төһө баҕарар олоруҥ», – диэн, барытыгар тэбис-тэҥҥэ сылдьыһан олус абыраабыттара. Инньэ гынан Москваҕа хаала түһэргэ быһаарыммыппыт. Ол кэмҥэ Тууйабыт биһиэхэ көтөн кэлбитэ.

Арай биир күн Күннэй йогурт ыла чугастааҕы маҕаһыыҥҥа тахсыахха диэтэ. Киэһэлик сөрүүкээбитин кэннэ кыргыттарбынаан маҕаһыыҥҥа таҕыстыбыт. Күннэйим, корзинкатыгар йогуртун ууран иһэн, эмиэ өйүн сүтэрэн кэбистэ. Мин кыыспын тута сатаатым. Тула дьон үмүөрүһэ түстэ. Оҕобун хаба тардан ылан таһырдьа таһаардылар. «Быраас баар дуо?» – диэн ыһыы-хаһыы иһилиннэ, хата биир быраас баар буолан биэрдэ. Миигиттэн туга ыалдьарый, туох диагнозтааҕый диэн ыйыта сатаата. Сүрэҕэр массаж оҥорон көрдө. Ким эрэ нашатырнай испиири аҕалан муннугар тутта. Сотору буолаат түөрт суһал көмө массыыната тиийэн кэллэ (хас да киһи ыҥырбыт этэ). Олор быыстарыгар биир реамобил баарыгар киллэрдилэр. Миигиттэн суһал көмө быраастара эмиэ кыыһым диагноһын ыйыта сатаатылар да, тугу да кыайан эппэтим. Ол түрүлүөн быыһыгар арай биирдэ өйдөөбүтүм – Тууйам суох эбит. Көрбүтүм – оҕом барахсан реамобил аттыгар ытаахтыы аҕай турар. Оҕобун ханна соҕотохтуу хаалларыахпыный, массыынаны тохтотон, түргэн үлүгэрдик иһирдьэ киллэрдим уонна дьэ Морозовскай клиникаҕа айаннаатыбыт. Ол иһэн көрдөхпүнэ, Күннэйбин эмиэ үөһэ-аллара быраҕаттаан барда, быраастар тута сатаатылар. Онтон биир быраас суоппарга хаһыытаата: «Жми на газ! Не довезем!» Мин сүрэҕим биирдэ «бар» гынна, кулгааҕым тугу да истибэт, хайдах эрэ барыта бып-бытаан, дьон саҥата уу иһигэр курдук буолан хаалла. Быраас «закройте глаза ребенку!» диэн хаһыытыттан бэттэх кэллим, Тууйам эмиэ дэлби уолуйбут этэ. Күннэйим сүрэҕэ тохтоон, онно тута дефрибиллятордаатылар. Итинниги киинэҕэ эрэ көрдөхпүт, тирээн кэллэҕинэ дьулаан хартыына эбит. Икки аҥаар мүнүүтэттэн ордук оҕом барахсан сүрэҕэ тохтоон ылаахтаабыт этэ…

Морозовскай клиника көннөрү реанимацията Күннэйи туруга наһаа ыарахан диэн ылбата, ол оннугар саҥа төрөөбүт оҕолор реанимацияларын салаата сөбүлэннэ. Оҕом таҥаһын биэрэн баран, сарсын сарсыарда 7 чааска туох баар медицинскэй докумуоннаргытын, выпискаларгытын илдьэ кэлээриҥ диэтилэр. Кыра кыыһым кутталыттан тугу да саҥарбат, мин сирэйбин-харахпын маныыр. Оҕобун олус аһынным, кинини куттаамаары, хараҕым уутун туттуна сатаатым. Ол гынан түүн 12 чаас саҕана биирдэ таҕыстыбыт. Биир илиибэр Тууйкабын сиэттим, иккис илиибэр Күннэйим кроссовкатын тута сылдьабын. Кыыһым биир илиитигэр эдьиийин таҥаһын кыбына сылдьар. Балыыһа күрүөтүттэн тахсар ааны булбаккабыт, үстэ эргийдибит. Икки харахпыт бүөлэммит курдук этэ. Хата харабылдьыт тахсан ааммытын көрдөрөн биэрдэ.

Уулуссаҕа тахсан син өр соҕус такси тута сатаатыбыт. Биһиги дьолбутугар, хата биир массыына аттыбытыгар кэлэн тохтоото уонна удамыр соҕус сыанаҕа илдьэргэ сөбүлэстэ. Син тэйиччи айанныахха наада – Москва Южное Бутово микрооройуонугар. Массыынаҕа киирэн олордубут, суоппарбыт быһа сабаҕалаан 40-аах киһи. «Бу түүннэри кыра оҕолоох тугу гына сылдьаҕыт? Сэрэхтээх ээ», – диэтэ. Түүн оройо саппыйата да, туга да суох аҥаардастыы кроссовка кыбыныылаах, оҕо сиэтиилээх дьахтар сылдьара, кырдьык даҕаны, туораттан дьиктитик көстөрө буолуо… Мин оҕом Морозовскай клиника реанимациятыгар киирбитин, балыыһаттан дьиэбитигэр баран иһэрбитин быһааран биэрдим. Кэпсээммин истээт, таксиспыт эмискэ баҕайы: «Мин кэргэммиттэн эрийэн ыйытыам эрэ, оҕоІ хас саастааҕый?» – диэтэ. Мин, арааһа, кэргэнэ бу балыыһаҕа үлэлиир буоллаҕа дуу диэн үөрдүм уонна кэргэнигэр түүҥҥү дьуһуурустубатыгар кэлэ сылдьыбытыгар хата биһиги уоба түбэстибит быһыылаах дии санаатым. Оҕом туругун билиэм диэн испэр эрэл кыыма саҕылынна. Киһибит кэргэнин кытта кэпсэттэ, тугун-ханныгын ыйыталаста, онтон эмискэ мин диэки хайыһан баран эттэ: «Кэргэним билигин Украинаҕа сылдьар. Кини эһиэхэ быраастартан ыраах туттуннар, аныгы медицина көмөтө суох диэн тиэртэ. Биһиги курдук эмиэ атын эйгэлээх оҕо, чараас эйгэ киһитэ диэтэ». Мин онно олорон тылбыттан матан хааллым. Бу бачча улахан куоракка түүннэри биһиэхэ маннык таксист түбэспитэ дьикти. Олоххо араас да буолар эбит…

Ол түүн санаам оонньоон аанньа утуйбатым. Сарсыарда эрдэ туран, клиникаҕа кэлэн, быраас хоһугар киирбиппэр, арай киһим аҕалбыт докумуоннарбын көрө да барбата. «Бөлүүн дьикти түүн ааста… Уопсайынан, мин саныахпар, оҕоҕутугар аныгы медицина көмөтө суох буолсу. Быраастартан ыраах сылдьыаххытын наада. Чараас эйгэ диэн баар… ситэ үөрэтиллэ илик ити барыта. Аккаас суруйаҥҥын бүгүн оҕоҕун ылаар», – диэтэ. Мин төбөбөр араас санаа барыта көтөн түстэ. Түүҥҥү таксист, аны бу реаниматолог – барыта хайдах-хайдаҕый…

Илдьэ кэлбит оҕом таҥаһын сиэстэрэлэргэ биэрдим. Сотору буолаат Күннэйим туох да буолбатаҕын курдук тахсан кэллэ, арай илиитэ хас да сиринэн көҕөрбүт этэ. Кыыһым: «Бөлүүн миигин тирии быанан кэлгийбиттэр эбит. Онтон сарсыарда көрбүттэрэ ол быа барыта сөллөн хаалбыт. Быраас ким сүөрбүтүн ыйыталаһан көрбүтэ: ким да тыыппатах, хайдах сөллөн хаалбытын ким да билбэт. Миигиттэн куттанар курдук тутталлар. Икки санитарка аан кэннигэр саһан миигин көрө тураллар этэ», – диэн кэпсээтэ. Ол быаттан сылтаан илиитэ көҕөрбүт диэн сэрэйдим. Онтон салгыы эттэ: «Били сирбэр тиийэ сырыттым, плащтаах киһини көрдүм. Уочаратым тиийбитигэр кини: «Киһи тылын туох ааттаах истибэт оҕотой! Өссө кэллэххинэ, аны төттөрү ыытыам суоҕа», – диэн кыыһырда. Онно олус да куттаммытым», – диэн кэпсээтэ.

…Инньэ гынан аккаас суруйаммын кыыспын төттөрү ылбытым. Оҕом балыыһаттан тахсан санаата олус көтөҕүллүбүт этэ. «Макдоналдска» аһаан баран, туох да буолбатаҕын курдук дьиэлээбиппит.

Ол кэннэ, салгыы тугу гыныахпытын билбэккэ, баҕар дьиэбитигэр, төрүт сирбитигэр, тугу эмэ тобулуохпут диэн дойдубутугар төннөргө быһаарыммыппыт.

Оҕом кома кэннэ кими да, тугу да өйдөөбөт буолан хаалбыт этэ диэн суруйан турабын. Дьокуускайын эмиэ таһыччы умнан кэбиспит этэ. Дойдубутугар төннүөхпүт иннинэ кыыспар Интернеккэ киирэн куораппыт хаартыскатын көрдөрөн, иккистээн өйдөтө сатаабытым. Дьиэбит таһыгар кэлэн баран, оҕом барахсан квартиратын нүөмэрин, хаһыс этээскэ олорорун кыайан эппэтэҕэ. Онтон бэйэтин хоһугар киирэн, таҥаһын ыскаабын арыйан баран: «Оо, миигин олох да таптаабат эбиккит», – диэт, күлбүтэ. Ол урут сөбүлээн кэппит таҥастарын сирбит быһыыта. Ити курдук таҥаска, аска көрүүтэ уларыйан хаалбыт этэ.

Дойдубутугар, дьэ кырдьык, ыарахан кэмнэри ааспыппыт. Оҕом барахсан күҥҥэ хаста да өйүн сүтэрэрэ, үчүгэй баҕайытык сылдьан эмискэ, охсуллубут от курдук, сууллан түһэрэ. Дэлэҕэ дьиэтигэр бэргэһэ кэтэрдэ сылдьыам дуо? Оннооҕор тутааччылар кэтэр шлемнарын ылбыт киһи диэн санаа үөскүү сылдьыбыта.

Сыыйа киһи өйүгэр-санаатыгар баппат түбэлтэлэр буолан барбыттара… Кыыһым ис-иһиттэн дьикти баҕайы дорҕооннору таһаарар. Аны өйүн сүтэрэр кэмигэр этигэр араас дьикти ойуулар кытаран, бөлтөйөн, ис-иһиттэн хабыллан тахсаллар. Ол ойуулара чаас аҥаара, чаас курдугунан туох да буолбатаҕын курдук сүтэн хаалаллар. Баҕар, хаһан эмэ ол куйаартан кэлбит уруһуйдар, суруктар тугу эмэ кэпсиэхтэрэ… Ол курдук чараас эйгэ баарыгар итэҕэйэргэ күһэллибитим…

Москваттан кэлбиппит аҕыйах хонук ааспытын кэннэ, аны Күннэйим дьыбааҥҥа кыайан сыппат буолан хаалла. Ким эрэ ылан быраҕаттыыр курдук. Онтон биир күн арай кыыһым турукка киирэн, дьыбаантан икки гына тоһутуллубут иннэни хостоон таһаарда. Дьэ дьикти… кэбиһиилээх оттон иннэни булар тэҥэ. «Маны байҕалга быраҕыахпын наада», – диэтэ. Өйдүүргүт буолуо, былыргы «Kodak» фотопленка хара пластмасса иһиттээх буолааччы, тостубут иннэни ылан онно уктум. Эбэҕэ айаннаан иһэн оҕом массыынаҕа хаста да өйүн сүтэрэн ылла. Тиийиэхтээх сирбитигэр тиийэн баран, били иннэлээх хара иһитин ууга быраҕаары гыммытыгар, арай илиитин ким эрэ кэннигэр эрийэн барда. Көстүбэт күүс мэһэйдэһэ сатыыр курдук. Оҕом барахсан көмөлөһүҥ диэхтиир. Балачча өр көстүбэт күүһү кытта өрө тустан бараммыт, ол иннэлээх иһити нэһиилэ бырахтыбыт. Онтон киэһэ дьиэтигэр тиийэн, дьыбааны эмиэ бырахтарбыта.

Күн бүгүҥҥэ диэри ким дьиэбитигэр кэлэн, туох сыаллаах-соруктаах, тугу санаан дьыбааҥҥа иннэ анньыталаабытын өйүм хоппот. Бука сэрэйдэххэ, үчүгэйи баҕаран буолбатах… Ону быраҕаары оҕом барахсан хайдахтаах курдук эрэйдэммитин, хайдах курдук көстүбэт күүс илиитин эрийбитин илэ харахпынан көрөн, куһаҕан, хара санааттан анньыллыбыт иннэ буоларын тута таайбытым. Манна хара күүстэр кыттыгастаахтара чуолкай…

Кэлин Күннэйим миэхэ маннык диэн быһаарар буолбута: «Мин кутум үөһэ тахсар, ол кэмҥэ мин эппин-сииммин Орто дойдуга муна-тэнэ сылдьар дууһалар туһаналлар. Кинилэр оонньоон ааһаллар. Эһиги төһөнөн куттанаҕыт да, соччонон ити дууһаларга күүс-сэниэ биэрэҕит. Эһиги куттанаргытыттан үөрэллэр, өссө куттуу сатыыллар. Онон ити бириэмэҕэ куттаммат буола сатааҥ». Сороҕор сэрэтэн этэрэ: «Бүгүн мин быдан өр кэмҥэ барабын, онон миигин тутар кыахтаах, куттаммат дьону ыҥыраар. Мэник-тэник, күүстээх дууһалар киирэн ону-маны оҥоруохтарын сөп».

Тууйам киэһэ буолла даҕаны дьиэ иһигэр баар уһуктааҕы барытын кистии охсор идэлэммитэ. Ол саҕана оҕом барахсан 9 эрэ саастааҕа. Биирдэ быһахтары мунньан морозильник анныгар уурбут этэ. Арай Күннэйбит эмискэ куукунаҕа киирэн кэлбитигэр били кистэммит быһахтарбыт морозильник анныттан, магнитынан тардыллыбыт курдук, кылыгырыы-кылыгырыы тахсан кэллилэр. Онно Күннэйбит: «Саатар, кистиир буолан баран, үчүгэйдик кистиэххитин», – диэбитэ уонна күлбүтэ.

Ити кэм саҕана күммүт түүн, түүммүт күнүс буолбута. Мин Туйаарам оскуолатыгар хаста да ыҥырылла сылдьыбытым. Учууталлар: «Оҕоҕут уруокка наар утуйан тахсар, бу тоҕо уутун хаммат?» – диэн сэмэлииллэрэ. Мин тугу да булан эппиэттээбэт этим. Түүн аайы Туйаара туалекка хонор диэбэт буоллаҕым. Аны туран, дьиэҕэ үлэтин ааҕар усулуобуйата да суоҕа. Кыыһым үөрэҕэ ол курдук мөлтөөн, кылааспытыттан хаалар кутталлана сылдьыбыппыт. Киэһэ 11 чаас буолла даҕаны Тууйа сыттыгын, төлөпүөнүн кыбыммытынан туалекка киирэн хаалар этэ. Тоҕо диэтэххэ, соҕотох хатанар сирбит ол эрэ. Кырдьык, кыра оҕо тулуйбат дьулаан хартыыналара буолаллара.

Ол курдук, биир түүн кыыһым моһуоктаабытыгар, ыксаан, балтыбын Галяны ыҥырдым. Сайсаар эргин чугас олорор буолан начаас кэллэ. Күннэй өйүн сүтэрэн баран сытара, онтон аа-дьуо илиилэрэ-атахтара үөн курдук хамсаан, иһэ үллэн киирэн барда. Хайдах быһаарыахха сөп эбитэ буолла… иһин тириитин нөҥүө киһи төбөтүн омооно ырылхайдык көстөр. Чахчы, били абааһылаах киинэлэртэн туох да итэҕэһэ суох. Балтым барахсан, уолуйан хаалан, хаһыытыы-хаһыытыы Күннэй иһиттэн тахсан кэлбит төбөнү төттөрү баттыы сатыыр. Аны ол төбө айаҕын атара көстөр… Биирдэ өйдөөбүтүм, Галям дьиэ аанын аһан куотан эрэр эбит. Маайкалаах, шортиктаах, икки атах сыгынньах. Ол – сэтинньи ортотугар. Кэнниттэн хаһыытаабыппар, кыыһым мин диэки хайыһа биэрдэ, сирэйэ барыта хап-хара буолбут – дэлби ытаан хараҕын кырааската сирэйин биир гына ньаҕайдаан кэбиспит эбит. Оннук түрүлүөннэнэн оҕобут өйүгэр кэлиэр диэри ыарахан түүнү туораабыппыт.

Күннэй дьон кэннигэр көрөр күлүктэрин үрүҥ, сиэрэй уонна хара буолаллар диэн быһаарар этэ. Ол аата, үтүө дьону – үрүҥ, орто дьону – сиэрэй, аньыылаах-харалаах дьону – хара дьүһүннээх диэн араарара. Киһи үксэ сиэрэй, арай оҕолор үрүҥ киһилээхтэр диирэ. Биирдэ Табаҕаҕа хаайыыга ыллыы бара сылдьыбыта. Ыһыах быһыылаах этэ. «Ийээ, бары хара күлүктээх буолуохтара дии санаабытым, 2―3 киһи кэннигэр үрүҥ күлүктээх этэ», – диэн кэпсээннээх кэлбитэ.

Эһиги кэнсиэр саалатыгар көрөр дьоІІутуттан икки төгүл элбэх киһини көрөбүн диэн күлээччи. Өлөөрү сылдьар киһини кэнниттэн икки киһи, санныларыгар илиилэрин ууран баран, арыаллыы сылдьар буолаллар диэччи.

Сороҕор ол күлүктэр иччилэриттэн баран хаалаллар эбит. Оччоҕо киһи кэбириир, улахан оһолго-саахалга түбэһиэн сөп диэн быһаарара.

Ол курдук, биир сайын Күннэй доҕор киһибитин эмискэ ыҥыртаран ылан: «Кэннигэр сылдьар киһиҥ баран хаалбыт, сэрэхтээх буол. Кэлиэр диэри биһиэхэ хаалбытыҥ ордук», – диэтэ. Онно доҕорбут үс хонук биһиэхэ олорбута. Үһүс күнүн киэһэтигэр чэйдии олордохпутуна, Күннэйбит, эмискэ киирэр ааны арыйаат, «чэ, киир» диэбитин иһиттибит. Тиийэн көрбүппүт, ким да суох. Күннэй күлэ-күлэ доҕорбутугар: «Киһиҥ кэллэ, дэлби мөҕөн биэр, ханна мэнээк сылдьыбытый. Дьиэҕэр барыаххын сөп, барыта этэҥҥэ», – диэбитэ.

Ити курдук улам арыллан, көрдөрөрө элбээн, дириҥээн барбыта…

Арай биирдэ миигин хаһыытаан ыҥыран ылла. Хоско киирээт, оҕобун көрбүтүм: илиилэрэ кэдэрчи баран, көхсүгэр сыстан, төбөтө, атахтара кэннигэр эргийэн хаалбыттар. Күннэйим: «Ийээ, хайдах буоллум?» – диэн хаһыытыыр. Мин уолуйаммын, сүүрэн тиийэн, төбөтүн аны төттөрү өттүгэр эргитэ сатаатым. Ол курдук, киһи иннин-кэннин араарбат буолуор диэри балаһыанньаҕа сытар этэ.

Өссө биир итинниккэ майгынныыр түбэлтэни ахтан ааһыым… Саас этэ. Тууйа биһикки кыыспытын дьиэбит иһиттэн сүтэрэн кэбистибит, Күннэйбит ханна да суох. Ыксаатыбыт… Күннэй оронун анныгар тардыллар дьааһыктаах этэ. Арай ол иһиттэн «мамаа» диир саҥа иһилиннэ. Кыыспыт орон дьааһыгар киирэн кумуллан баран сытар эбит. Хайдах онно кини баппытын да, киирбитин да Тууйа биһикки күн бүгүҥҥэ диэри өйбүтүгэр батарбаппыт.

Мин ол саҕана онтон-мантан көмө көрдүү сатаабытым: дьонтон ыйыталаһан, сүбэлэтэн да көрбүтүм, айдарыылаахтарга да тахса сырыппытым. Барыта кистэлэҥ… Халыҥ эркиҥҥэ кэлэн иҥнибит курдук этим. Аны оҕобун төбөтүнэн ыалдьар диэхтэрэ диэн эмиэ биир куттал.

Оҕом барахсан бу күн сириттэн күрэммитэ түөрт сыла буолбутун кэннэ кини дьоҥҥо биллибэтэх олоҕун киэҥ эйгэҕэ тахсан Талбан биэриитигэр кэпсээбитим. Өр кэмҥэ сүгэ сылдьыбыт сүгэһэрим, санаам баттыга, туохха да тэҥнэммэт ыар сүтүгүм, хаһан да ааспат аһыым… Бу биэрии, баҕар, кимиэхэ эмэ инникитин көмөлөөх буолуо диэн санааттан интервьюга сөбүлэспитим. Кырдьык, мин Күнүм курдук эрэйдэнэ, санаалара тууйулла сылдьар дьон баар буолуохтара, кинилэргэ кыратык да буоллар туһалаатым ини диэн эрэнэбин. Ол эрээри бу биэрии кэнниттэн сорох дьон Интернет ситимигэр суруйбут суруктарын ааҕан олус хомойбутум. Оҕобун, миигин, сыана быһан, удьуордаан туран төбөлөрүнэн ыалдьаллар эбит диэн…

Хаһан эрэ Күннэй биһикки «Манньыаттаах» ырыынагын оройуонугар сырыттахпытына, кыыһым эмискэ тохтуу биэрэн, Котенко уулуссатыгар турар психоневрологическай диспансер дьиэтин диэки ыйан баран: «Мин курдук элбэх да киһини аҕалан бу дьиэҕэ хаайбыттар эбит…» – диэбитэ. Кини бу – балыыһа дьиэтэ буоларын билээхтээбэт даҕаны буоллаҕа…

Күннэйим барахсан дьоҥҥо ис сүрэҕиттэн көмөлөһөөччү. Аатыраары да, төлөбүр да ылаары буолбатах. Миэхэ бу кистэлэҥ күүһү кыһалҕалаах дьоҥҥо харчыга көмөлөстүн диэн биэрбэтэхтэрэ. Мин кылгас кэмҥэ кэлбит киһибин, элбэх киһиэхэ көмөлөһөн хаалыахтаахпын диэхтиирэ…