скачать книгу бесплатно
Остолобуой куукунатын кэтит остуолугар хас да обургу кыыс поварга көмөлөһөн хаппыыста кырбыы туралларын кэлбит дьон таас быыс нөҥүө таптыы, хайдах эрэ сонурҕаабыттыы одууласпыттара. Кыргыттар, төбөлөрүгэр кыра былаат баанан, бары баартыктаах туран, түргэн-түргэнник туттан үлэлииллэрин киһи эрэ астына көрүөх курдуга. Кэлбит дьон харахтара оҕолортон биир хороччу улаатан эрэр кыыска хатанна. Ити кэмҥэ Александра Иннокентьевна бэрт түргэнник поварга киирэн таҕыста, ол кэмҥэ ыалдьыттар бэйэлэрин икки ардыларыгар кэпсэтэн, тугу эрэ быһаарса охсон ыллылар. Итиннэ тугу санаабыттарын Александра Иннокентьевнаҕа тута эппэтилэр уонна бэлиэтии көрбүт оҕолорун аатын да ыйыппатылар. Бу куукунаҕа үлэлии турар кыргыттартан биир чороччу улаатан эрэр оҕо номоҕон тас көрүҥүн, ис киирбэҕин кинилэр хайдах эрэ чугастык бэйэлэригэр ылыннылар уонна кинилиин билсэн, кэпсэтэн көрүөхтэрин баҕардылар. Оттон кинилэр манна сорук оҥостон кэлбит сыаллара-соруктара да ити этэ эбээт: харахтара сөбүлүү көөрбүт кыыстарын билсэн, кэпсэтэн, оҕо сөбүлэһэр буоллаҕына, бэйэлэригэр сыһыаран, иитэ ылыахтаахтар этэ.
Дириэктэр хоһугар маннык кэпсэтии буолла:
– Борис Гаврильевич, Мария Николаевна, биһиги олохпутун-дьаһахпытын көрдүгүт-биллигит. Дьэ, туох дии санаатыгыт? Биир эмэ оҕону сөбүлүү көрдүгүт дуо? – диэтэ директор Александра Иннокентьевна уонна хоруй кэтэһэн долгуйан турда.
Ыалдьыттар куукунаҕа көрбүт кыыстарын кытта кэпсэтэн көрүөхтэрин эттилэр.
– Онно хас да кыыс баара дии, хайаларын этэргит буолла?
– Кытыыга турар кыыс, – дии оҕуста Борис Гаврильевич.
– Ол Даша Ыларова диэн, кини төгүрүк тулаайах оҕо, төрдүс кылааска үөрэнэр.
– Кини туһунан кэпсээ эрэ. Хайдах, туох оҕонуй? Дьоно кимнээхтэр этэй? Биһиги кыыһы иккиэн сөбүлүү көрдүбүт ээ, – диэтэ Мария Ивановна.
– Биһиэхэ иккис кылааһы бүтэрбит оҕо иллэрээ күһүн кэлбитэ. Соҕотох ийэлээҕэ ол сайын өлбүт этэ, оскуолаҕа остуорастыы сылдьан. Оттон аҕата, булчут киһи, кини кыра эрдэҕинэ суох буолбут.
– Чугас аймахтардаах дуу?
– Оннук чугас да, ыраах да аймахтара суох, ол иһин манна кэлбитэ. Үөрэҕэр үчүгэй, олус кыһамньылаах, сэмэй. Биир бастыҥ оҕобут буолар.
Дириэктэр кэпсэтэ олорор дьонун тус олохторун-дьаһахтарын, тугу үлэлииллэрин, оҕону иитэ ыларга бигэ санаалаахтарын өссө чопчулаан ыйытта. Түмүгэр, бастаан бэйэтэ кэпсэтэн оҕо санаатын билиэҕин, сөбүлэһиэх курдук буоллаҕына, көрсөн билсиһиэххит диэтэ. Онон күнүскү аһылык кэнниттэн кэлиэх буолан бардылар.
***
Александра Иннокентьевна, хоһугар соҕотох хаалан, элбэҕи эргитэ санаата. «Оҕолор барахсаттар, ордук кыралар, үчүгэй ыалга оҕо буола барыахтарын олус баҕараллар ээ. Былырыын сайын барбыт Саргы кыыһы кытта сибээһи тутан, билсиһэ, билэ олоробут. Ылбыт дьон астыналларын этэллэр, кыыс саҥа дьонугар сыстан, биир иллээх дьиэ кэргэн буолбуттар, ити олус үчүгэй. Оттон бу дьон хайдахтарый? Үөрэхтээх, лоп бааччы тыллаах-өстөөх, оҕо ылан иитэргэ улахан баҕалаахтара өтө көстөр. Аҕыс сыл бииргэ олорбуттар да, оҕолоро суох эбит, онтон олус санаарҕыыбыт дииллэр. Киһи өйдүүр дьыалата. Онно итэҕэйиэх санаам кэлэр. Ол иһин да мин оҕону кытта кэпсэтиэх буоллум дии. Сыыстарбатах киһи…».
Александра Иннокентьевна оҕо дьиэтигэр үөрэҕин бүтэриэҕиттэн харыс сири хамсаабакка үлэлээн кэллэ. Кини бу идэни талбытын олох кэмсиммэт, оҕолор ортолоругар сылдьан үлэлиирин олус сөбүлүүр, тулаайах оҕолору иитиигэ үлэлиир ыарахаттардаах буолуон сөп курдук да, кинилэргэ киһи ордук ылларар, аһынар, дьоллоох дьон буолалларын туһугар кыһанар, ыалдьар эбээт. Оҕо дьиэтин дириэктэрэ буолуоҕуттан, хас биирдии оҕо инники дьылҕата киниттэн улахан тутулуктааҕын ордук үчүгэйдик өйдүүр.
«Бу сарсыардаттан саҕаламмыт оҕо инникитин, дьолун түстүүр кэпсэтии ыраас халлаан курдук туох да былыта суох ыраастык, этэҥҥэ, өйдөһүүлээхтик дьоллоох суолу тутуһан барара буоллар, төһөлөөх үчүгэй буолуо этэй?» диэн саныы турдаҕына, санаатын ситимин быһан, хоско киһи киирбитигэр соһуйан дьик гына түстэ. Хата, Ирина Николаевна бэйэтинэн киирэн кэллэ. Кинилиин бу сарсыардааҥҥы кэпсэтиини ырытыһан баран, сибилигин Дашаны ыҥыран, оҕо уйулҕатын хамсаппат курдук наҕылыччы кэпсэтэргэ быһаарыстылар.
***
Оччотооҕу кэпсэтиини Даайыс күн бэҕэһээҥҥи курдук өйдүүр. Теплицаҕа биэдэрэнэн уу таһан кута сырыттаҕына, оҕолор: «Даша-а, Александра Иннокентьевна ыҥыттарар, бара охсор үһүгүн», – диэтилэр. «Дириэктэр миигин хаһан да ыҥыттарбат этэ, онон туох буруйу оҥордохпунуй» диэн хайдах эрэ соһуйа, куттана саныы-саныы, оргууй хос аанын тоҥсуйда. Киирбитэ, дириэктэри кытта иитээччи Ирина Николаевна баар эбит. Үчүгэй баҕайытык кыыска мичээрдээтилэр уонна ыҥыран ылан утары олоппоско олортулар. Даайыс хорсунугар түһэн: «Мин туох да буруйу оҥорботоҕум ээ», – диэн бэйэтин эрдэттэн көмүскэнэ соҕус симиктик эттэ. Онуоха дьоно күлүстүлэр уонна:
– Даша, манна олороруҥ, үөрэнэриҥ үчүгэй дуо? – диэн ыйыттылар.
– Үчүгэй…
– Билэҕин дии, былырыын сайын Саргы диэн оҕону биир ыал иитэ ылбыта, билигин сүрдээх үчүгэйдик олороллор. Ол туһунан эһиги, оҕолор, эмиэ билэҕит, Саргы бэйэтэ сурук суруйбута дии. Оттон билигин эмиэ оннук ыал оҕо иитиэхпит этэ дииллэр, кинилэр манна бааллар, эйигин кытта кэпсэтиэхтэрин, билсиэхтэрин баҕараллар. Биһиги онно эмиэ сөпсөһөбүт, үчүгэй дьоннор. Ону хайыыбыт, кинилэри кытта билсиһиэҥ дуо? – улахан киһилиин кэпсэтэр курдук, судургу соҕустук саҕалаатылар.
Даайыс соһуйан хаалла, хайдах эрэ ийэтин санаан кэллэ. Саҥата суох олорбохтоото.
– Билбэтим ээ, – ыган, бүтэҥитик саҥарда, онтон, тохтуу түһэн баран, саҥата суох тоҥхох гынна.
Итинник сөпсөһөн, кыыс төрөппүттэрэ буолуохтаах дьонун кытта билсибитэ уонна кинилэри сөбүлээн барбыта. Хаста да кэлэ сылдьыбыттара, кэллэхтэрин аайы кэмпиэт, дьаабылыка, уопсайынан минньигэс ас кэһиилээх кэлэллэрэ, куруук үөрэ-көтө кэпсэтэллэрэ. Ити Даайыска наһаа күндү этэ. Кэлиэхпит диэн болдьообут күннэрэ кыыска куруук күүтүүлээх, бырааһынньык курдук буолара. Оҕолор ордук саныыллара, ымсыыраллара. Өскөтүн Даайыс урут бэйэтэ бэйэтигэр сылдьар, сэмэй эбит буоллаҕына, билигин күлэр-үөрэр буолбута. Биирдэ кэлиэх буолбут күннэригэр кэлбэтэхтэрэ. Хас да күн итинник ааспыта. Кыысчаан, күүтэ сатаан баран, күүппэт да буолбута. Оо, онно олус да хомойбута, миигин бырахтахтара, сирдэхтэрэ диэн ытаабыта. Хас да күн уку-сакы, саҥата-иҥэтэ суох сылдьыбыта. Оннук сырыттаҕына, биир күн оҕолор сүүрэн кэлэн «эйиэхэ дьонуҥ кэллилэр» диэн эттилэр. Даайыс онтон үөрэн дуу, соһуйан дуу тугу да гынарын билбэттии турбахтаан баран, эмискэ киирэр аан диэки ыстанна – иккиэн кэтэһэн тураллар эбит. Кыыс туохха эрэ иҥнибиттии тохтуу түстэ, «чахчы кинилэр эбит» диэт үөрбүт санаатыгар сүүрэн тиийэн биирдии-биирдии кууһан, сыллаталаан ылла уонна: «Кэллигит дии, кэтэстим даҕаны», – диэт, үөрүүтүттэн тохтоло суох ытаан барда.
Оо, онно олус да үөрбүтэ, кини саҕа дьоллоох суоҕа. Аҕыйах хонон баран Даайыһы дьоно кэлэн илдьэ барбыттара.
2
Борис Гаврильевич уонна Мария Николаевна Герасимовтары инникитин ааттарын наһаа толору ааттаабакка, дьиэҕэ-уокка кэргэннии дьон истиҥник бэйэ икки ардыларыгар «Маша», «Боря» диэн ыҥырсалларын эмиэ арыый уларытан, судургутук Мария, Борис диэн ааттаан, кинилэр тустарынан ааҕааччыларбар кэпсээн ыларым тоҕоостоох дуу дии саныыбын.
Бористаах Мария, Герасимовтар диэн араспаанньаланан, үөрэхтэрин Мария соҕуруу, Борис Дьокуускай куоракка бүтэрэн, ананан кэлиэхтэриттэн ыла улуус киинигэр олороллор. Кинилэр иккиэн үөрэхтэрин бүтэрбит нөҥүө сылларыгар сайын, чугас табаарыстарын, билэр дьонун ыҥыран, ыал буолбуттарын аҕыйах киһилээх бэлиэтээбиттэрэ. Ол икки өттүттэн тулаайах дьоҥҥо кыра сыбаайба курдук этэ. Билигин төһө да таптаһан, сөбүлүүр идэлэринэн үлэлээн-хамсаан олордоллор, олох кэрэтэ толору буолуон, ону ситэрэн дьоллоох буолуохтарын оҕолоро суоҕа. Ити ордук кэнники кэмнэргэ кинилэри баттыыр санаа аргыһа буолбута. Биллэн турар, итиниэхэ кинилэртэн ким буруйдааҕын туоһулаһан, сирэй-харах анньыһан ыраас тапталларын киртитиэхтэрин баҕарбат этилэрэ. Ол иһин былырыыҥҥыттан ыла оҕо ылан иитэр туһунан саныыр, кэпсэтэр буолан барбыттара уонна быйыл ол санааларын толордулар. Мария, дьахтар киһи быһыытынан, кыра саастаах төгүрүк тулаайах кыыс оҕону иитиэн баҕарара. Борис ону утарбатаҕа, кини хаһан да таптыыр кэргэнин тылыттан тахсааччыта суох, санаатыгар кыыс оҕо дьонугар өссө ордук чугас сыһыаннаах, дьиэҕэ-уокка илии-атах, көмө буолуоҕун билэр, онон итинник биир санааҕа кэлэн бигэтик быһаарыммыттара. Кэлин киниэхэ бара сылдьыыларыгар оҕо кинилэри кэтэспитэ, биир-биир кууһуталаан, сыллаталаан ылан баран ытаан ылбыта кинилэри уйадыйан ылыахтарыгар диэри долгуппута, оҕону аһынар, бэйэлэригэр ылар санааларын өссө чиҥэппитэ.
***
Герасимовтар, санааларын, баҕаларын толорон, кыыс оҕолоннулар, оттон Даайыс саҥа төрөппүттэрдэннэ. Олоҕу дьоллоохтук олорор баҕа, онно тардыһыы абылаҥнаах күүһэ ити буоллаҕа. Оҕото суох ыал, төрөппүтэ суох оҕо бу орто дойдуга толору дьоллооҕунан ааҕыныан сөп дуо? Ыарахан…
Даайыс саҥа дьиэтигэр, дьонугар сыстан, сыыйа үөрэнэн барбыта. Биллэн турар, маҥнай утаа барыта хайдах эрэ атын, туора, чуҥкук курдуга, бииргэ сылдьыбыт, оонньообут оҕолорун, ийэтин элбэхтик саныыра, ахтара. Ол эрээри киэһэ, дьоно дьиэлэригэр кэллэхтэринэ, Даайыс сэргэхсийэ түһэрэ, күнүс соҕотоҕун сылдьан санаабыт санаа-лара көтөн хаалаллара, ити кини дьонугар олус убанан, ылларан иһэриттэн эбитэ дуу? Мария Николаевна, учуутал буолан, күнүн улахан аҥаара оскуолаҕа барар, сороҕор киэһэ хойутуура да элбэх этэ. Оттон Борис Гаврильевич – быраас-хирург, кини үлэтэ биллэр, күнүс-түүн балыыһаҕа үлэлиир аахсыллыбат түгэннэрэ куруук буолаллара ахсааҥҥа киирбэт. Ол эрээри ити кинилэр сыһыаннарыгар туох да куһаҕан сабыдыалы охсубат уонна оннук буолуон да табыллыбат. Даайыс, оскуолатыттан эрдэ кэлэр буолан, дьиэтин хомуйан-имийэн баран киэһэ дьонун кэтэһэр. Оттон Мария да, Борис да ааннарын аһаат: «Тоойуом, Даайыс, бааргын дуо?» – диэн суохтаабыттыы, ахтыбыттыы ыҥырбытынан үөрэ-көтө киирэллэр.
Биир сарсыарда Даайыс оскуолатыгар хайдах эрэ олус көҕө суох хомунарын, ыалдьыбыт киһилии туттарын-хаптарын ийэтэ бэлиэтии көрдө. «Урут итинник буолбат этэ ээ, туох буолла, ыалдьыбыт быһыыта эмиэ да биллибэт курдук, ыалдьыбыта буоллар, сарсыарда тураат да миэхэ этиэ эбитэ ини, оскуолаҕа, кылааһыгар туох эрэ өйдөспөт быһыы баар буолла дуу» диэн ийэ киһи сүрэҕэ таайтара соҕус сэрэйдэ.
– Даайыс, тоойуом, ыарыйдыҥ дуу?
– Суох, ийээ…
– Оччоҕо туох буоллуҥ? Ким атаҕастаата? Этиий.
Кыыс тоҕо эрэ ытаан сыҥсыйан барда. Мария тута сэрэйдэ: кылааһыгар оҕолору кытта боруоктастаҕа.
– Чэ, Даайыс, тоойуом, кэпсээ миэхэ, хайа оҕо атаҕастаата, мин ол оҕону кытта кэпсэтиэм дии. Барыта үчүгэй буолуоҕа, эрэн.
– Ийээ, ол оҕо үҥсүбүккүн диэн өссө атаҕастыа, иэстэһиэ суоҕа дуо?
– Суох, тоойуом, оннук буолуо суоҕа.
– Кылааска мин кэннибэр олорор Ньургун диэн уол уруокка да, көрүдүөргэ да куруук дьиибэлии сылдьар, оҕолор онтон күлсэллэр, көр оҥостоллор.
– Тоҕо, туох диэн дьиибэлиирий?
– Эн ыал иитиэх оҕотоҕун, эйигин ким да көмүскэһиэ суоҕа диир, уруокка олорон баттахпын тардыалыы олорор, көхсүбэр кумааҕылары сыһыарар, хатыйар, охсор, онтон да атын баракаастары оҥорорун олох тулуйуо суохпун, оскуолаҕа үөрэнэ барыахпын баҕарбат буоллум, – кыыс уйа-кэйэ суох ытаан барда.
Кэнники кэмҥэ Мария кыыһа оскуолатыгар урукку курдук үөрэ-көтө буолбакка, туох эрэ санаалаах дуу, ыалдьыбыт курдук дуу, уота-күөһэ суох барарын бэлиэтии көрөн, өссө биирдэ «тоойуом, Даайыс, ыалдьаҕын дуу, эбэтэр туох баарый, миэхэ этиий» диэн ыйыппыттааҕа ээ. Онуоха, хап-сабар: «Ийээ, барыта үчүгэй ээ», – диэн хардарбыта. Ол эрээри кыыһа туохтан эрэ санаарҕыырын таайа сатыы, кэтээн көрө сылдьыбыта. Оҕо диэн оҕо буоллаҕа, ийэтин, дойдутун, икки сыл бииргэ олорбут табаарыстарын ахтара, эбэтэр биһигини сөбүлээбэтэ дуу диэн араас санаалар киирбиттэрэ. Оттон биричиинэтэ ити эбит дии… Ити туһунан кэргэнигэр Бориска тугу да эппэккэ сылдьыбыта.
– Тоойуом, Даайыас, эн итинтэн санаарҕыы сырыттыҥ дуо?
– Оттон… сороҕор мин оскуолаҕа барыахпын баҕарбат буолан ылабын ээ…
– Кэбис, тоойуом, итинник саҥарыма, мин кэпсэтиэҕим, барыта үчүгэй буолуоҕа.
Мария Ньургуну уонна кини төрөппүттэрин кытары кэпсэппитэ. Ньургун аны хаһан да дьиибэлиэм суоҕа диэн Даайыстан бырастыы гынарыгар көрдөспүтэ. Онтон ыла барыта этэҥҥэ буолбута. Даайыс оскуолатыгар эмиэ үөрэ-көтө, тиэтэйэ-саарайа барар буолбута.
Даайыс бэйэтэ кыра, ол эрээри бары-барыта баар хостоох. Компьютердаах, бу киниэхэ анаммыт тэрил, манан бэчээттии, оонньуу үөрэннэ, өссө музыка, ырыа истэригэр эмиэ олус табыгастаах.
Дьоно бэйэ-бэйэлэригэр олус убаастабыллаахтык сыһыаннаһаллар, Даайыһы хаһан да улаханнык саҥаран мөхпөттөр, сэмэлээбэттэр, хата, куруук «тоойуом» диэнтэн атыннык ыҥырбаттар, сүбэлии-амалыы, үөрэҕин, оскуолатааҕы сонунун сураһа, билсэ сылдьаллар. Оттон кини дьонун истиҥник сахалыы «ийээ», «аҕаа» диэн ыҥырара кинилэргэ олус иһирэхтик иһиллэрэ.
Ити курдук күннэр ааһан испиттэрэ.
***
Үөрэх бүтэн сайын кэлбитэ. Мария уоппускатын ылбыта. Быйыл ханна да барар-кэлэр былааннара суох. Сорох сылларга, путевка буллахтарына, иккиэн соҕуруу сынньанан, күүлэйдээн кэлэр буолаллара. Кэнники кэмнэргэ олох-дьаһах да ыараан, баҕа хоту барыта кыаллыбат буолан испитэ.
Вы ознакомились с фрагментом книги.
Для бесплатного чтения открыта только часть текста.
Приобретайте полный текст книги у нашего партнера: