banner banner banner
Тайҕа таайыллыбатах таптала
Тайҕа таайыллыбатах таптала
Оценить:
Рейтинг: 0

Полная версия:

Тайҕа таайыллыбатах таптала

скачать книгу бесплатно

Тайҕа таайыллыбатах таптала
Надежда Парфеньевна Егорова

Хайа да сааска таптал – таайыллыбат таабырын. Кинигэ дьоруойдара – куорат мааны хотуна Виктория уонна тайҕа хаһаайына Борокуоп – эмискэ быһыы-майгы уопсуһуутугар үүтээҥҥэ көрсүһэллэр. Аан айылҕа ортотугар эр киһи уонна дьахтар икки ардыгар сылаас, истиҥ иэйии үөскүүр. Сүрэх барахсан соһуччу кэлбит тапталга бүүс-бүтүннүү бэриниэн баҕарбытын үрдүнэн, олох укулаата, дьиэ кэргэн, дуоһунас – барыта кинилэр утары курдук…

Надежда Парфеньевна Егорова-Намылы, Иннокентий Попов-Оҕуруоттаах

Тайҕа таайыллыбатах таптала

Быйыл ардахтаах дьыл. Кэмигэр куйааран от да үүннэ, сир аhа да силигилии ситтэ. Сайын үтүөтэ ааста, үөн-көйүүр хаптайда, арай кыымаайылар, биhиги кэммит кэллэ диэбиттии, иилистиһэ оонньууллар.

Күн илин саҕахтан тэмтэйэ ойон, өрүс нөҥүө баар хайаны араас өҥүнэн киэргэттэ, түүҥҥү сиик көтөн, хатыҥынан тулаламмыт ньолбуhах күөл үрдүнэн туман буолан, намылыйа тэлгэннэ. Чыычаах күргүөм саҥата, тыраадыйа көтөр тыыраахы аймалҕана, күөлгэ үөрдүспүт кустар аhаан чомполоhоллоро, балык оонньоон уу ньуурун ии оҥорон төкүнүтэрэ – бу барыта киhини уоскутар, сүрэҕи манньытар.

Алаас куула өттүгэр хара мастаах тыа быыhыгар дьон хараҕыттан дьалты тутуллубут үүтээнтэн сүгэ кыбыныылаах, харабыын сүгэhэрдээх, саас ортолоох киhи соруктаах аҕайдык тахсан куруҥ тыаҕа кэтит көхсө аҕыйахтык көстөн хаалла. Кэнниттэн ыта саппай уобуста.

Бу түҥкэтэх сири иччилээн олорор Борокуоп сылдьар. Сайдыылаах олохтон, дьонтон-сэргэттэн тэйэн, хара тыаны дьиэ оҥостон, олоҕун үтүөтүн бараата. Дойду олоҕо кинини долгуппат, соҕотохпун диэн тутахсыппат. Айылҕалыын биир ситим буолан, күннүүн тэҥҥэ турар, күн киирдэҕинэ үүтээнигэр бүгэр. Дэбигис киhи өйдөөбөт олохтоох.

Оҕо сааhа аҕыс кылаастаах оскуолалаах, кыракый уhуйааннаах, дьоҕус кулууптаах сэлиэнньэҕэ ааспыта. Ол кулуупка бибилэтиэкэ, эмтиир пуун, холкуос хонтуората, буоста олохсуйан үлэлиир буоланнар, дьон тоҕуоруhар сирэ этэ.

Борокуоп төрөппүттэрэ пиэрмэ үлэhиттэрэ буолан, Ыкынаачайдааҕы кытта биир дьиэҕэ дьукаахтаhан олорбуттара. Ийэтэ ыанньыксыттаабыта, түргэн-тарҕан туттуулаах, саҥарбыт-иҥэрбит, киириилээх-тахсыылаах дьахтар этэ. Аҕата, төттөрүтүн, мөдөөт, аҕыйах саҥалаах, үлэттэн атыны билбэт бүгүрү киhи этэ. Кыhын холкуос сүөhүлэригэр уонча атынан от тиэйэрэ. Борокуоп аҕата хараҥаттан хараҥаҕа сылдьар буолан, кыһын кинини бэрт сэдэхтик көрөрө. Сайын окко солбуллубат кыдамаhыт буолан, ааттыын Кыдама Сэмэн дэннэҕэ. Уол Кээтии диэн бэйэтиттэн үс сыл аҕа эдьиийдээҕэ, ол эдьиийэ атын оройуоҥҥа эргэ барбытын эрэ билэр.

Уол уон биир саастааҕар аҕата акка быарын быhа тэптэрэн өлбүтэ. Дьэ ити кэмтэн ыла тиийиммэт-түгэммэт олох саҕаламмыта. Барыта наар аанньа буолбута, Борокуоп биир саастыылаахтарыттан ордук хачаайылара этэ. Эбиитин үөрэҕэр мөлтөҕүнэн, хотон сыттааҕынан сирэй-харах анньыллара, кинини куруук туораталлара, түгэн көhүннэр эрэ охсо, тэбэ сылдьаллара.

Арай сайын сайылыкка таҕыстахтарына уол көҥүл-босхо сылдьара. Манна кинини ким да тыыппата. Пиэрмэ эмдэй-сэмдэй оҕолорунаан үрэххэ сөтүөлээн, тыаҕа моҕотойдоон, ынах эмтэрэн, ньирэй аһатан хайҕаналлара. Борокуоп биирдии кылааска иккилии сыл чиҥэтэн үөрэнэ сатаан баран, алтыһынан бүтэн, хотоҥҥо саах таһааччынан үлэлээбитэ.

Уол уон аҕыһыгар сокуоннай сааһын ситэн, аармыйаҕа ыҥырыллыбыта. Үөрэҕэ суох буолан, стройбакка түбэспитэ. Атаҕастабыл амырыынын манна билбитэ. Бары «баппаттар» мустубут чаастара буолан, «дедтэрбит» дэнээччилэр арыгы истилэр да, эдэрдэри араастаан эрэйдээн саатыыллара. Борокуоп ити үлүгэр кырбаныыттан хайдах дойдутугар тыыннаах эргиллибитин билигин сөҕөр эрэ.

Эдэр киһи майгыта уларыйбыта. Дьонтон куттана сылдьар, тэйэ туттар буолбута. Аармыйа олоҕо кинини ханан да сайыннарбатаҕа, өссө муҥкук оҥорбута. Дэлби дьөлүтэ сынньыллан, хайа охсор аҥаара эргиллээхтээбитэ.

Эдьиийэ Кээтии бэтэринээр үөрэҕин бүтэрэн барбыт этэ. Ийэтэ ыарахан үлэттэн ыарыһах буолан, суккуруур тыына эрэ хаалан, уолун илиитигэр өлөөхтөөбүтэ. Барар сирэ баҕана үүтэ буолбут Борокуобу хата Тыаһыт диэн кырдьаҕас таба тайанан, тыаҕа, булка илдьэ тахсыбыта. Дьэ, онтон ыла отучча сыл хара тыаны «кэтэ» сырыттаҕа.

Айылҕа киэҥ дуола уолу хам кууспута. Борокуоп куттуун-сүрдүүн булт абылаҥар ылларбыта. Тыа хас тоҕойо, мындаата кинини араҥаччылыырын, арчылыырын этинэн-хаанынан билбитэ.

* * *

Тыаһыт кырдьаҕас бастаан тыаҕа тахсарыгар бу, билиҥҥи Борокуоп, саастыыта этэ. Кыра, хачаайы бэйэтэ Баай барыылаах Байанайтан бэриһиннэрбит дьоро киэһэлэригэр курданарыгар диэри сыгынньахтанан, үүтээн муҥур тойоно буолан күлэ-үөрэ, кэпсии-ипсии олороро үчүгэй да этэ.

Чороҥ соҕотох, айылҕа дьиҥнээх оҕото Тыаһыт Борокуобу булт кистэлэҥэр, өбүгэ сиэрин-туомун тутуһарга үөрэппитэ уһуйбута. Эдэр уол киһи киһиэхэ истиҥ сыһыанын Тыаһыттан билбитэ. Барахсан майгыта үчүгэйэ, аһыныгаһа, киһи кэрэмэһэ этэ. Тайҕа ыарахан олоҕун иккиэ буолан эрдээхтик тулуйаллара. Сыллааҕы түүлээхтэрин былаанын энчирэппэккэ толороллоро.

Борокуоп сиһин этэ ситэн, буутун этэ буһан, баараҕадыйан, киһи толло көрөр киһитигэр кубулуйбута. Сүүһүн аннынан сургуччу көрөр, үрдүк уҥуохтаах, тыаһа суох хаамар, аҕыйах эрээри, сөҥ куоластаах уола хаан бэрдэ буолбута. Тыаһыттыын Саҥа дьылга түүлээхтэрин туттара киирдэхтэринэ оннооҕор оччотооҕу бардам тойоттор Борокуоптан куттарын-сүрдэрин баттаталлара. Суохтан атыны билбэт кыладыапсык Уйбаан уолу көрдө да, өрө татахайдана түһэрэ, тугу көрдүүллэрин биэрэрэ. Кэлин дьоҥҥо:

– Ити, Тыатааҕы баҕайы улахан хомуһуннаах ойуун быһыылаах! Кини хараҕын көрдүм эрэ, этим сааһа аһыллан, ханна да кэлиэх-барыах сирбин булбаппын, – диэн кэпсиирэ.

Борокуобу «Тыатааҕы» диэн Тыаһыт ааттаабыта. Уол күөгэйэр күнүгэр сырыттаҕына кыстык хаар түспүтүн кэннэ иккиэн муус аннынан илимнии сылдьыбыттара. Кыһайбыт курдук ыттарын үүтээҥҥэ баайан хаалларан кэбиспиттэрэ.

Арай Борокуоп муус аллара турдаҕына, кэннигэр «һөх-һөх» дии-дии, ким эрэ бэрт ыардык сүүрэрэ, муус тыаһаан чачыгырыыра иһиллибитэ. Эргиллэн көрбүтэ, доҕоор, дьонтон уонча эрэ хаамыылаах сиргэ арҕахтаабатах эһэ арҕаһын түүтүн туруоран, сыраанынан саккырыы сылдьар саһархай аһыыларын килэппитинэн, харахтара сиэрэ уотунуу сириэдиһэн, суос бэринэн часкыйа-часкыйа, хаҥас баппаҕайынан мууһу сырбаталыы турара. Ол аайы көһөҥө муустар сэнэрээт оскуолкатыныы ыраахха тиийэ көтөллөрө көрөргө дьулаан этэ. Дьон туохха түбэспиттэрин өйдөөбөккө турдахтарына, иккитэ-үстэ ойон кэлээт, Борокуоп иннигэр хололообута, салахайынан тибиирээт, киһини хам баттыырдыы, бу барыс гыммыта. Киэҥ көҕүстээх Борокуоп анньыытын угун бэрт хапсаҕайдык ойбон мууһугар тирэннэрээт, аҥаар атаҕар тобуктуу түспүтэ. Ону эрэ күүппүттүү, эһэ киһи үрдүгэр саба түһээт, сытыы анньыыга үөлүллүбүтэ. Ыстаммыт күүһүгэр тэптэрэн, киһи үрдүнэн элээрбитэ. Мууска тас уорҕатынан түһээт, ыардык иһин түгэҕиттэн бүтэһик кыланыытын таһаарбыта. Дьон, туох буолбутун дьэ өйдөөн, буолар буолбутун кэннэ куттаммыттара. Саҥата суох бэйэ-бэйэлэрин көрсөн кэбиспиттэрэ.

Тайҕа олоҕор буспут-хаппыт, өлөр өлүүнү элбэхтик көрсүбүт Тыаһыт бэйэ бодотун тардынан, «алакыы» дии-дии, бэрт сүөргүтүк илиитинэн даллахтыы-даллахтыы чохчороҥнообута, үрдүк айыыларга үрүҥ тыыннарын араҥаччылаабыттарыгар махтаммыта, сүгүрүйбүтэ. Оттон Борокуоп эдэр буолан, уйулҕата көтөн, уолуйбута бэрт уһуннук ааспатаҕа. Дьэ ити түгэнтэн киниэхэ Тыатааҕы диэн аат иҥмитэ. Билигин дьиҥнээх аатын умна быһыытыйда. Хайа уонна кимниин сэлэһэн, кинини ким аатынан ыҥырыай?

* * *

…Быйыл Тыаһытыгар уҥуох тутта. Оҕонньор кэриэһин толорон, «эбэтин» халдьаайытыгар кистээбитэ. Оҕонньорун көмөн баран, уйа-кэйэ суох ытаан төлө барбыта. Онтукайа эмиэ да улуйуу, эмиэ да хаһыы курдук тыа баһынан сатараабыта. Ити ыар аһыы, дьулаан кыланыыттан бэл айылҕа иһийбитэ.

Оҕонньоро суох буолуоҕуттан Тыатааҕы биллэ соҕотохсуйда. Ону ааһан бэйэтин кытта кэпсэтэр буолан барда, сыта-тура ону-маны саныыра элбээтэ. Бара сатаан, «оҕонньор киһилээх буолан, буор кута буорга кистэннэҕэ» диэн Тыаһытын ордугургуу саныыр. Тайҕа олоҕо таайыллыбат таабырын буоллаҕа. Кини дэҥҥэ-оһолго түбэһэн сиргэ оҕуннаҕына, суор-тураах аһылыга буолуом диэн хараастар, соҕотохсуйан муунтуйар.

* * *

Виктория – куорат мааны дьахтара. Оскуоланы бүтэрээт, үрдүк үөрэх кыһатыгар киирэн, сөбүлүүр идэтигэр үөрэммитэ. Оччолорго, экэнэмиис, юрист курдук идэлэр муодаҕа киирэ иликтэринэ, үбү-харчыны ааҕар буҕаалтыр идэтин баһылаабытынан иһигэр кыратык киһиргэнэ саныыра. Биир саастыылаахтара үгүстэрэ учуутал, быраас үөрэҕэр үөрэммиттэрэ. Олортон санааларын хоту табыллан олорооччу аҕыйах. Наар тиийбэт тирии, таппат тараһа буолан биэрээхтииллэр…

Оттон Виктория олоҕо арыый атын. Кини таптыыр кэргэннээх, игирэ оҕолордоох. Кыыһа куорат биир сис ыалын оҕотугар кэргэн тахсан, этэҥҥэ олорор. Уоллара ытык иэһин толороору, тылланан туран, аармыйаҕа сулууспалыы барбыта. Онон, кэргэннии Соловьевтар иккиэйэх эрэ хаалан олороллор.

– Хоойго сытар холоонноох доҕорбунаан уҥа- таала таптаһар, ырайга көтөн ылар кэммит дьэ кэллэ быһыылаах дии, – Герман сиэри таһынан улахан оронноруттан кэргэнин «булан» ылан, бэйэтин диэки ыксары тарта.

– Ээ, ким билэр! Хайдах эрэ таптаһа оонньуур настырыанньа суох. Оҕолорбутун улаатыннаран көҥүлгэ көтүттүбүт эрээри, тоҕо эрэ курус санаа кууһар. Үлэлиэхпин да баҕарбат буоллум. Урут кэм оҕолорбут тустарыгар тугу эрэ ситиһэ сатаан, күнү-дьылы билбэккэ хааларбыт. Билигин көрөн үөрэр, истэн сэргиир туох да суох курдук.

– Кэбис, инньэ диэмэ. Киһи хаһан эрэ бэйэтин туһугар эмиэ олоруохтаах. Оҕолорбутун дьон сиэринэн улаатыннардыбыт. Аны бэйэбит туспутугар олорон көрүөх ээ. Өйдүүгүн, Васек кыра эрдэҕинэ били икки этээстээх оронноох этибит дии. Кини үөһэ, биһиги аллара сытарбыт. Биирдэ түүн ортото таптаһа сытан, уубутугар-хаарбытыгар киирэн эрдэхпитинэ, соһуйан олоро түспүтүн уонна…

– Кэбис, санатыма-аа. Оо, онно мин оҕобуттан кыбыстыбыппыан… – Виктория кыра оҕо курдук ытыстарынан сирэйин саба тутунна.

– Сэгэрим, билигин даҕаны кыыс оҕолуу кыбыстаҕын! Оччоҕо буоллаҕына кыра чыычаахпыт эмиэ кыыс оҕо кылааннааҕа буолуо дии? – Герман кэргэнин дьээбэлиэх санаата кэлэн, аны ханна да ыытыа суохтуу, күүскэ да күүскэ ыга кууста, тыыннарар да бокуой биэрбэккэ, уохтаахтык сыллаан-уураан барда.

Виктория, тоҕо эрэ, уокка оҕустарбыт киһилии, хара күүһүнэн кэргэниттэн төлө көтөн, дэлэгэй орон биир кытыытыгар баар буолан хаалла.

– Сөп, өйдөнөр! – эр киһи эмиэ оронуттан туран, хоһун аанын тыастаахтык сабан, саҥа туттубут күүлэлэригэр таҕыста.

Герман аттынааҕы дьиэлэр түннүктэрин диэки ымсыырбыттыы көрөн ылла. «Хас биирдии түннүккэ орто дойду олоҕо оргуйан олордоҕо. Оттон ити, уота суох түннүктэрдээх дьиэлэртэн биирдэстэригэр, баҕар, уоллаах кыыс имэҥнээхтик таптаһа сыттахтара. Эдэрдэр тапталлара хаһан да уостубатын, олох олорон истэхтэрин аайы бэйэ-бэйэлэригэр өссө күүскэ тардыһан, толору дьоллоохтук олордуннар», – диэн санаан ылла уонна сүр күүскэ үөһэ тыынна.

Төһө өр маннык санньыар санааҕа куустаран олоруой, күһүҥҥү халлаан да тымныытын биллэрдэ, соччо баҕарбатар даҕаны, дьиэтигэр киирдэ.

Кэргэнэ, туох да буолбатаҕын курдук, хата утуйа охсубут. «Дьэ, кытаанах ньиэрбэлээх эбиккин!» – дии санаан кэлэйбиттии көрдө.

Виктория олус минньигэстик утуйан турбутуттан астынан оронугар таалалыы сытта. Мэлдьи буоларын курдук, кэргэнин онно номнуо сойбут. Кини онтон соһуйбата, ыал аҕата эрдэ туран, куукунатыгар хааһытын буһарына сырыттаҕа. «Но что-то не то!» – диэбитинэн, Виктория эмискэ ойон турда уонна иккис этээстэн куукунатыгар чэпчэкитик дыгыйан түстэ. «Бай, Герман ханна бара охсубутай? Хааһы да буһарбатах, чэйин да сылыппатах. Чэ, буоллун даҕаны, куттаан ханна ыраатар үһүө?!» – ыал хаһаайката биир ыстакаан тымныы ууну иһээт, оронугар ньылыпыс гынан хаалла. Бүгүн өрөбүл, ханна да ыксаабат.

* * *

Ханнык да хара үлэттэн толлон турбат эр бэрдэ бу саас эрбээн, хайыта охсубут чууркаларын кэлэ-бара хардаҕастыыр. Борокуоп киэһэ төннөрүгэр биирдии көтөҕүнэн үүтээнин таһыгар илдьэр. Инньэ гынан кыстык маһын бэлэмниир. Үөрэҕэстэммит маһыгар кэлэн саатын мутукка умса ыйаата, ыһыктаах үрүксээгин уһулла уонна маһын хайытан батырчахтаабытынан барда. Сэниэлээхтик мас хайытар тыас ыраахха диэри дуораһыйан олордо. Хара тыа хаһаайына сөп буолла диэн, уоскуйаары чөҥөчөккө олорон тыын ылла. Тула өттµн эргиччи манньыйа одуулаата. Бүгүн ханан сылдьыахтааҕын торумнаата. Чугастааҕы үрэх былыр-былыргыттан бултаах буолан, булчуттары угуйбут аҕай сир.

Тыатааҕы бултуур ыырын биэс тарбаҕын курдук билэр. Булдун имири эспэт. Бүгүн биир эмэ туртаһы өлөрөн аһатар санаалаах, онон үрэх маардарын кэрийэр сыаллаах. Баар-суох доҕоро Баһырҕас, ону-маны тиҥсирийиэх курдук буолан иһэн, киһитэ үлэлээн барбытыгар, айаҕын киэҥник атан дьааһыйаат, тыылыы тэбинэн сытынан кэбистэ. Төһө да утуйбут курдук буоллар, иччитин хас хамсаныытын кэтии сытта.

Баһырҕас төһө да сааһырдар, дэгиттэр булчут ыт. Иччитэ туохха бултуурун эндэппэккэ билэр. Атын булка аралдьыйбат буолан, илиилэрин «харалыыллара» үгүс. Борокуоп билбитэ эрэ ыта буолан кинилиин киһилии кэпсэтэр. Оччоҕо ыта иччитин түһэҕэр төбөтүн ууран, саҥаны өйдүүрдүү туттан сытан, имэрийтэрэрин сөбүлүүр.

– Доҕорум, Баһырҕас, бүгүн туртас ытыахпыт. Кыыллары үргүтүмээр. Ырааҕынан эргийэн, миэхэ үүрэн аҕалаар, – ыта, өйдөөбүт курдук, ыйылаамахтаан ылла.

Мас хайытар тыас уурайан, тыа иһийдэ.

* * *

Күн да эрдэ. Булчут ханна ыксыай, тыаһа суох сэмээр, наҕыллык хаамар.

Сонордооһун туһунан дьаллык. Булчукка бултуйан дьоллонуу, мэлийэн хомойуу – арахсыспат аргыһа. Күн ахсын бэриһиннэрэр курдуккун да, онтуІ бэйэ-бэйэтигэр майгыннаспат уратылаах. Холобур, бүгүҥҥү киискиттэн сарсыҥҥы кииһиІ олох атыннык бултаныа. Ол да иһин эр дьон булт абылаҥар ылларан эрдэхтэрэ.

Борокуоп хараара буспут бөдөҥ уулаах отону ытыһан ылан айаҕар тиэрдэн истэҕинэ, эмискэ куртуйах улардар көтөн лиһигирэһэн тахсан, тиит мас лабааларыгар лоһугураһа түстүлэр уонна умса көрөн олордулар. Баһырҕас үрүөх курдук буолан иһэн, көтөрдөр олорбут мастарын төрдүн бэлиэтээн ааста.

Бөрөлөр моһуоктаабаккалар тайах быйыл баардыҥы, төрүөҕэ да таҕыста. Бу ыҥаахтаах тыһы тайах сарсыарда кэлэн ааспыт суола кыыл ыллыгар ырылыччы көстөн сытар. Дьон манна бултуу кэлбэт, суола куһаҕан. Биир үксүн Борокуоптан да дьулайаллар быһыылаах… Хата бөрөлөр манан ааһар суолларын ыырдара буолан, кыыллары тардаллар этэ. Ону Тыаһыттыын туруулаһан, айанан, туһаҕынан бултаан, бу эҥээр үктэммэт буоллулар.

Күн оройо буолла. Үссэнэргэ уолдьаста.

Бу маарга туртас сөбүлээн аһыыр сирэ. Манан, хааман иһэр киһи сэрэйбитин курдук, туртастар талахтаан сии сылдьаллар. Үстэрэ сытар, икки тугут харсыбыта буолан оонньооколуу сылдьаллар. Киһи маска сөрүөһүннэ, саатын уһулла. Салгын хайысхатын билээри, ыйар тарбаҕын сиигитэн өрө чочоҥнотто. Ытын киксэрдэ. «Кытаат», – диэн кулгааҕар сибигинэйдэ, көхсүн таптайбахтаан ылла. Өйдөөх ыт ырааҕынан эргийэн, аа-дьуо сиэлэ турда. Тоҥ күөс быстыҥа буолаат, туртастар өрө чолоһо түстүлэр. Сүүрээри үтүрүстүлэр. Таныыларын тардырҕатаат, киһиэхэ утары ыстаннылар. Харабыын хатан тыаһа өрө хабылла түстэ, өлөрдүү таптарбыт атыыр туртас ойон иһэр омунугар, төбөтүн оройунан барда. Өлөр өлүүттэн мүччү туттарбыттара хаҥас халыйан, тыа быыһынан эмэһэлэрэ туртаҥныы турда.

* * *

Герман Викторияттан хайа күн ыал буолуохтарыттан тугу да кистээбэт, санаатын үллэстэ сылдьар аһаҕас дууһалаах киһи. Кини бииргэ үлэлиир дьонуттан ким ыал буолбутун, ким арахсыбытын, ким кимниин өйдөспөтүн, туох мөккүөр тахсыбытын куруук Викторияҕа кэпсиир. Кэлин Герман кэпсээнэ тугунан түмүктэнэрин кэргэнэ таайар идэлэннэ. Онтукайа оруобуна буолан соһутар. «Психолог буолуох киһи хаалбыккын», – диэн күллэҕинэ, Виктория саҥата суох сапсыйан эрэ кэбиһэр.

Кэнники бириэмэҕэ Виктория кырдьан эрэр эригэр сыһыана биллэ уларыйда. Кэргэнин кэпсээнин кулгааҕын таһынан истэр, барытыттан хал буолбут курдук туттар-хаптар. Урукку курдук өрөбүллэригэр ханна баралларын, тугунан дьарыктаналларын бииргэ сүбэлэспэттэр. Эгэ ороҥҥо бэйэ-бэйэни имэрийсэр, сылаас тыллары кулгаахха сипсиһэр диэн кэлиэ дуо? Ол дьыала умнуллубута ыраатта. Дьиҥэр, орто омурҕаннара саҥа буолла эбээт. Ама олох кэрэтэ, умсулҕаннааҕа бүтэр уһуга кэллэ дуо?! Герман бастаан: «Арааһа, дьахтар этигэр-сиинигэр тахсар уларыйыылары ыарырҕатар быһыылаах. Тулуурдаахтык тулуйуохха, күүтүөххэ», – диэн эрэх-турах санааны ылына сатыыр этэ. Ол гынан баран, олус күүттэрдэ, иккиэннэрин майгылара-сигилилэрэ киһи билбэт буола уларыйда.

Герман салайар кэлэктиибигэр бииртэн биир кыталык курдук кындыа кыргыттар, үтүөмсүйэ туттубут өйдөөх дьахталлар кырыы-кырыыларынан. Дьахтар диэн тииҥ мэйии буоллаҕа. Герман сарсыарда дьиэтиттэн уку-суку кэлэр буолбутун, киэһэ дьиэтигэр ыксаабатын бэлиэтии көрбөт бэйэлээх буолуохтара дуо?! Докумуоҥҥа илии баттаппыта эбэтэр соҕурууттан аҕалбыт бэлэхтэрин киллэрбитэ буолан, улахан кэбиниэккэ сыбыытааччы хаһааҥҥытааҕар да элбээбититтэн, тос курдук тойон дуоһунастаах Герман Герасимович бэркиһии да, сонньуйа да саныыр.

Герман, дьиҥэр, бүгүн, өрөбүл күҥҥэ, олоҕун аргыһынаан дьиэлэригэр сынньаныахтаах, күһүҥҥү курас күннэри баттаһа, айылҕаҕа да тахса сылдьыахтаах, сэбирдэх суугунун истиэхтээх этилэр буоллаҕа. Ону баара тапталлааҕа бэҕэһээ киэр илгибититтэн санаата түһэн, өрөбүллэргэ хаһан да үлэтигэр кэлбэт бэйэтэ, бүгүн кураанах кэбиниэккэ хам хатанан олордоҕо. Ситэриллиэхтээх дьыала-куолу, докумуон толоруута да ханна барыай, баар бөҕөтө буоллаҕа. Ол эрээри Герман Герасимович биир сири тонолуппакка көрөн олордо…

Арай аан оргууй аһыллаатын кытта дьиэ хомуйааччы кыыс киирэн кэллэ. Тойонун көрөөт, кыыс соһуйан кэннинэн чинэриҥнээн ылла. Герман Герасимович бу кыыс куттаммыттыы көрбүтүттэн бэйэтэ да күллэ уонна кыбыстыбакка киирэригэр соруйда.

– Чэ, кэлин киирэн хомуйуом, – диэт, кыыс төттөрү сылыпыс гынан хаалла.

Герман Герасимович олоро сатаан баран, дьиэ хомуйааччыны төттөрү ыҥырда.

– Зоя Захаровна, хомуй, мин тахсан биэриэм, – диэтэ уонна кыыска мичээрдээтэ.

Тойонун дьикти мичээриттэн кыыс өссө кыбыһынна.

– Өрөбүлгэ тоҕо кэлэн олорор диэн соһуйдуҥ быһыылаах. Ничего, аны өрөбүл аайы кэллэхпинэ, соһуйар буолумаар.

«Дьиэ сууйааччыларбын хаһан да аҕаларын ааттарынан ыҥырбат бэйэм… бу туох буоллум? Быһыыта көнө-көрсүө бэйэлээх. Атыттар курдук киһи иннигэр-кэннигэр иилиҥкэйдэспэт, бэйэтэ бэйэтигэр сылдьар, туох олохтоох-дьаһахтаах аанньал эбитэ буолла? Уопсайынан, салайааччы «ааттааҕабын» быһыылаах ээ. Биир идэлээхтэрим, ордук «кыра-хара» үлэһиттэрим тус олохторун билэ сатаабат эбиппин. Дьиэ кэргэттэригэр алдьархай ааҥнаатаҕына, ким эрэ өллөҕүнэ-сүттэҕинэ эрэ көмө харчыга илии баттаан абырыыбын. Ити Зоя биһиэхэ соторутааҕыта эрэ кэлбитэ. Сахаҕа номоҕон дьүһүннээх, эдэркээн дьахтар күн аайы кирдээх тирээпкэ, миинньик тутарга күһэллибитэ туох эрэ төрүөттээх буоллаҕа. Дьэ, дьикти! Чэ, хара ааныттан соһутумуум. Кэлин ыйыталаһар түгэн көстөр ини», – диэн Герман Герасимович эрэх-турах сананна.

* * *

Соловьевтар дьиэлэригэр бүгүн эмиэ айах атан кэпсэтэр киһи суох. Ыал ийэтэ килэйбит-халайбыт саалатыгар олорон, хаһан да хал буолбат сериалларын көрөр, онтон кэргэнэ киэһэ туос иллэҥсийэн төлөпүөнүн хасыһар. Үйэ сайдан, суотабай төлөпүөнэ суох харыс да халбарыйбат кэм кэллэ. Герман аны төлөпүөнүгэр араас сыһыарыылары киллэрэн, Фейсбук, Инстаграм хонуутугар көҥүл көччүйэр. Онон туһанан, билэр-билбэт дьонун олохторун биэс тарбах курдук эндэппэккэ билэр буолла, саҥа доҕоттор да үксээтилэр. Бастакы омуҥҥа көрөргө-истэргэ умсугутуулаах. Биир идэлээхтэрэ бары кэриэтэ страницалаахтар эбит. «Үгүстэр тус олохторун, бүгүн ханна сылдьыбыттарын, тугу аһаабыттарын – барытын хаартыскалыы-хаартыскалыы кэпсииллэр. Дьэ, дьиибэ диэтэҕиҥ! Сахалыы сиэр соччо тутуһуллубат. Бай, үлэһиттэрим страницаларыгар мин баар хаартыскам наһаа элбэх эбит! Олох, «популе» буолбут эбиппин! Хайа, бу били дьиэ сууйар кыысчааным олорор дии. Олох эдэр кыыс курдук көрөбүн да, номнуо оҕо-уруу бөҕөтө эбит буолбаат? Чааһынай дьиэ көстөр, олох да Намҥа олорор эбит. Оччоҕо Намтан сылдьан үлэлиир дуо?» – Герман эмискэ дьыбааныттан ойон турда.

Кини хараҕа алҕаһаабата. Зоя Намнааҕы педучилищены бүтэрбит эбит да, үлэ булбакка, оҕолорун иитээри куоракка киирэн икки тэрилтэҕэ дьиэ сууйар. Кэргэнэ оһолго түбэһэн орто дойдуттан суох буолуоҕуттан хараҕын уута кууран биэрээхтээбэт. Арай куоракка киирэр-тахсар айана уонна уруһуйдуур идэтэ эрэ аралдьытар. Оҕолорун эбэлээх эһэлэрэ көрөн абырыыллар. Айаннаан иһэн, тыраасса икки ардыгар үүнэн турар хас биирдии мас-от уонна, сэдэхтик да буоллар, иннигэр арыллан ааһар сыһыылар, күөллэр кэрэлэрин холустаҕа хайдах түһэриэҕин ойуулаан көрөр идэлээх.

Дьиҥэр, дьиэтигэр кэргэнэ уһаммыт анал хоһун төһө баҕарар уларыта тутан, дьарыктанар, сынньанар хос оҥостуон сөп этэ да, билиҥҥитэ санаата буолбат. Бу хоско киирдэ даҕаны, хас биирдии мал, уһанар тэрил тымныынан хаарыйар. Санаатыгар, кэргэнэ туох эрэ наадатыгар сибилигин тахсан барбыт курдук. Аан кыычыгырыа эрэ кэрэх, кэргэнэ үөрэн-көтөн киирэн кэлиэхтээх этэ. Бу Зоя кырааскаларын, киистэлэрин угарыгар анаан оҥорторбут мас хоппото сытар. Лаахтанара эрэ хаалбыта эбээт… Зоя оргууй аҕай муннугар чугас туппутугар сип-сибиэһэй мас сыта саба биэрэн, били хараҕар ойуулаан көрө сылдьар дыргыл сыттаах айылҕата көстөн кэллэ. «Доҕорум бу бүтэһик үлэтэ буоларын хантан билээхтиэ этэй? Дьылҕа Хаан, тыйыс да буолар эбиккин!» – диэн Зоя үүйэ-хаайа туппут санаалара мунньуллан, оҕолуу маккыраччы ытаан барда. Хоппотун ыга кууспутунан уһанар хостон сүүрэн таҕыста.

«Айылҕаҕа сылдьыбатаҕым, уруһуйдаабатаҕым ырааппыт да эбит! Кэргэним суох буолбута 40 хонук ааста. Илиибэр иннэни ыларым, тарбахпар киистэни тутарым баа буолбат ини? Үлэбиттэн көҥүллэтэн, аҕам үүтээнигэр барбыт киһи. Баҕар, санньыар күннэр ааһаайахтар?» – дии санаата эдэркээн сааһыгар огдообо хаалбыт Зоя.

* * *

Зоя сарсыныгар тойонугар Герман Герасимовичка киирэ сылдьарга сананна. Сайабылыанньатын хайдах суруйарын толкуйдуу сатаата. Хайдах эрэ барыта сатала суох курдук. Тыаҕа уруһуйдуу барарбын көҥүллээ диирэ итэҕэтиитэ суохха, ыарыйдым диэҕин аньыыта бэркэ дылы. Хайа уонна оҕо курдук албынныыра сүрэ бэрт. Чэ, киһи наһаа куттанар киһитэ буолбатах, сымнаҕас майгылаах дииллэр.

Өлүү болдьохтоох, наадалаах киһитиниин көрүдүөргэ уун-утары көрсө түстүлэр. Тойоно, уруккуттан чугастык билэр киһитин көрбүт курдук, олус үөрдэ, ачыкы быыһынан да буоллар, сылаас харахтар кыыһы имэрийэ көрдүлэр.

– Герман Герасимович, мин эһиэхэ наадалаах эбиппин. Киирэ сылдьыахпын сөп дуо? – Зоя биир тыынынан кутан-симэн кэбистэ.

– Эйиэхэ диэ! Киирэн бөҕө буоллаҕа. Кофе иһиэхпит, сэһэргэһиэхпит, – Герман Герасимович алҕас эбитэ дуу, соруйан эбитэ дуу, кэрэ киһи синньигэс биилин таарыйан ылла.

Зоя тойоно эйэргээбититтэн соһуйдар да, кэнниттэн батыста, приемнайга олорор да дьахтары болҕойбокко хоско ааһан хаалла.

– Эйигин судургутук Зоя диэн ыҥырарым көҥүллэнэр ини? – кэрэ аҥаардар бары кэриэтэ өрө тыына-тыына кэпсиир, сэргиир тойонноро куоластыын, көрөрдүүн-истэрдиин сымнаан хаалла.

– Көҥүллүүбүн, – кыыс симиктик күлэн ылла. – Мин сайабылыанньа суруйаары гынабын.

– Бай, туох сайабылыанньатын? Үлэҥ усулуобуйатын сөбүлээбэтиҥ дуо, уурайаары гынныҥ дуо?

Зоя тойонум номнуо мин олохпун, кыһалҕабын билэр буолан, усулуобуйа диэтэҕэ дуу, аны ууратаары гыннаҕа дуу диэн сирэйэ итийэн ылла.

– Суох-суох, уурайбаппын. Аҕыйах хонукка көҥүллэтиэхпин баҕарабын. Ааһан-араҕан биэрбэт санньыар санааларбыттан аралдьыйаары тыаҕа тахсыахпын баҕарабын. Күүстээх санааны ылынан, салгыы дьон сиэринэн олорорго кытаанах санааҕа кэлэ иликпинэ үлэм да үлэ буолуо, олоҕум да олох буолуо суох, – Зоя умса туттан олордо. – Аҕам үүтээнигэр тиийэн, саамай сөбүлүүр идэбинэн кыратык да дьарыктаныахпын баҕарабын. Уруһуйдуом этэ…

– Эн түбэспит иэдээҥҥин манна ким да билбэт эбит. Фейсбукка дьүөгэлэриҥ ыыппыт кутурҕаннарын алҕас ааҕан эрэ баран биллим. Бэйэҥ тугу да кэпсээбэт, барытын искэр тута сылдьар киһи эбиккин. Ол эмиэ сыыһа. Эн туох иһин кэлэктииптээххиний, дьүөгэлэрдээххиний?

– Эһиэхэ саҥа үлэлээн эрэбин дии.

– Кэлэктиипкэ киирдиҥ да, бары биир уопсай дьыала туһугар сылдьабыт. Чэ, ити хааллын! Хас күнү көрдүүгүн?

– Биир нэдиэлэни.

– Уһун эбит. Оттон ол үүтээҥҥэр тугунан тиийэҕин, көлөлөөххµн дуо?

– Билиҥҥитэ суох. Наада буоллаҕына, сатыы да тиийиэхпин сөп. Оҕо эрдэхпиттэн орох тэппит сирим.

– Дьиибэ эбит! – Герман Герасимович мунаардаҕына куруук туттар тылын ыһыгынна. – Чэ, сайабылыанньаҕын суруй, көҥүллүүбүн.

– Махтал. Эн үтүө санаалаах киһи буоларгын билэр этим! – кыыс тойонугар махтанна.

Герман Герасимович кэрэчээн үлэһитэ тахсыбытын кэннэ халандаарын илиитигэр ылла уонна быйылгы уоппускатыттан хас күн хаалбытын аахта. «Какое совпадение, ровно одна неделя!» – кыырыктыйа илик баттахтаах, сирэйэ улаханнык мыччыста илик, билигин да дьахтар аймах ымсыыра көрөр Германнара ытыстарын суураланна. Туораттан, баҕар, ким эрэ омнуолуу көрүө эбитэ буолуо да, бүгүн кини эдэрдии эрчимирбитин, сүрэҕэ күүскэ тэбэн ылбытын хантан сэрэйиэхтэрэ баарай?

* * *

Герман бу күннэргэ ааспыт олоҕун, Викатынаан хайдах билсибитин, аймахтарыгар хайдах билиһиннэрбитин киинэ лиэнтэтин курдук көрөр буолла.

Оҕо эрдэҕинэ киэҥ-куоҥ тиэргэннэригэр бииргэ сµµрэкэлиир уолаттара бары кэриэтэ мас оонньуурдаах буолаллара. Ким эрэ бэстилиэттээх, ким эрэ арагаайкалаах, ким эрэ улахан саалаах кэлэн, биир-икки күҥҥэ болдьохтоон атастаһаллара. Барыларын оонньуурдарын аҕалара оҥорбут буолара. Аҕалара өссө тугу оҥорбутун, хайдах оонньуурга үөрэппитин былдьасыһа-былдьасыһа кэпсииллэрэ. Дьэ, итинник түгэннэр кэннилэриттэн Германнаах дьиэлэригэр аҕа диэн киһи тоҕо суоҕун толкуйдуу сатыыр буолбута. Ийэтиттэн ыйытыан толлоро. Эбэлээх эһэтэ да киниэхэ улаханнык ымманыйбат этилэр. Санаатыгар эбитэ дуу, эбэтэ кини ийэтин өрүү кэнниттэн кынчарыйа көрөрө уонна өйдөөбөт тылларынан мөҕүттэрэ.

Уол улаатан истэҕин аайы бэйэтигэр бүгэн, биир тэҥнээхтэрин кытта улаханнык алтыспат буолан испитэ. Ийэтэ ыарытыйара элбээн, сотору-сотору балыыһаҕа киирээхтиирэ. Оччоҕо уол бэйэлээх бэйэтин дьиэтигэр муммут кус оҕотун курдук буола түһэрэ.

Биирдэ ийэтэ Агааппыйа эмиэ улаханнык ыалдьыбытыгар бөртөлүөт кэлэн, улуус балыыһатыгар илдьибитэ. Оччолорго кыра дэриэбинэҕэ көтөр аал кэлэн түһэрэ сэдэх буолара. Бытырыыс уолаттар-кыргыттар, оскуолаларыгар тиийбэккэ, бөртөлүөт түспүт сиригэр сүүрбүттэрэ. Герман эмиэ кэннилэриттэн элэстэммитэ. Арай чугаһаабатыгар, биир оҕо: «Герман, эн ийэҕин илдьэн эрэллэр!» – диэбитигэр уол бүтүннүү тымныы уунан ыстарбыт курдук буола түспүтэ. Улахан дьон төһө да бопсо сатааталлар, уол наһыылкаҕа сытар ийэтигэр тиийбитэ уонна, кыбыстар диэни умнан, марылаччы ытаабыта.

– Тоойуом, уоскуй, айманыма, сотору кэлиэм дии! Хата эбэҕэр, эһэҕэр көмөлөс. Хотоҥҥо сылдьыһаар! – диэхтээбитэ уонна, төбөтүн нэһиилэ өрө көтөҕөн, уолчаанын сүүһүттэн сыллаан ылбыта.

Ийэтэ балыыһаҕа киирбитин кэннэ күн-дьыл хаамыыта олус бытаарбыта. Уол, ийэтэ эппитин курдук, хотоҥҥо ийэтин үлэтин солбуйбута. Күн аайы сарсыарда эрдэ туран ынах ыаһар буолбута. КиэһээҥІи ыамҥа эмиэ тахсыһара. Эһэтэ: «Эмээххин, уолу наһаа көлүйүө суох баар этэ. Уруогун үөрэтиэ, тэІнээхтэрин кытта сылдьыа этэ», – диэн этэн көрбүтүн эбэтэ Балбаара саба саҥарбыта. «Ол кини үөрэхтэнэригэр биһиги тиийэрбит да биллибэт! Ийэтэ эҥин-дьүһүн буолан хааллаҕына, кэлбит сиригэр төттөрү утаарыллар ини!» – диэбитин Герман истэн аһарбыта.

«…Кэлбит сиригэр төттөрү?!» Герман тугу да өйдөөбөтөҕө.

* * *