banner banner banner
1986. Аргыардаах саас
1986. Аргыардаах саас
Оценить:
Рейтинг: 0

Полная версия:

1986. Аргыардаах саас

скачать книгу бесплатно


– Дьэ, эмиэ этэн-тыынан тылыбыратан хайдах эрэ хотууска быhыылаах, – диэтэ эдэр дьахтары буойбут били эмээхсин, бары чочумча саҥата суох олорбуттарын кэннэ.

– Кэбиhиҥ, инньэ диэмэҥ. Мин тоҕо эрэ кини этэригэр киириниэх курдукпун ээ! – бэтэрээн оҕонньор күө-дьаа буолла. – Биирдэ баран эттэххэ, кыыс сөпкө, баар кырдьыгы этэр. Ону баара биhиги сөбүлүү истибэппит дии?.. Билигин ханна баҕарар итиннник, кырдьыгы туох баарынан туруору этэр киhини адьаhын сөбүлээбэттэр. Оннук киhини биллибэтинэн-көстүбэтинэн аргыыйдык туората, намтата сатааччылар. Эн, соҕотох буоллаххына, тугу да гымаккын.

– Ээ, ону мин билбэт суолум. Хантан да билиэхпиний дьиэ бөҕө киhи, – эмээхсин иэдэс биэрэн кэбистэ.

Оҕонньор аны Иван Даниловичка чугаhаан, тэпсэҥэлээн кэллэ:

– Хайа, бу эдэр киhи эмиэ тураҕын дуу? Хаhааҥҥыттан уочараттааххыный бу дьоҥҥо?

Кырдьаҕастаах эдэр хардарыта ыйыталаhан сэhэргэhэн бараллар.

– Эйиэхэ, үөрэхтээх, улахан үлэhит киhиэхэ дьиэни биэриэхтэрэ буоллаҕа дии, – диир оҕонньор эрэмньилээхтик.

– Оо, дьэ, ким билэр… боппуруос олус уустук быhыылаах, өтөрүнэн биэрбэттэрэ буолуо ээ… Дьиэҕэ наадыйааччы элбэҕэ бэрт. Хайа уонна кэтэҕинэн, киhи билбэтинэн араас киирии-тахсыы, кэпсэтиhии, туруорсуу ханна барыай! Оннугу биhиги сатаабат дьоммут, – Иван Данилович сонньуйа күлэн кэбиhэр.

– Сөпкө этэҕин, билсии-көрсүү диэн баар элбэҕи быhаарар дьыала. Бу мин, куоракка сүүрбэччэ сыл олорбут-үлэлээбит, куоракка олохтоох оҕонньор киhи, олоҕу, олох быhыытын-майгытын син удумаҕалыыбын дэнэбин. Аны дьон хайата барыстааҕын, туhалааҕын көрөн сыhыаннарын олохтууллар, сибээстэрин тутуhаллар. Билиҥҥи олоххо олус көнөтүнэн, судургутунан сылдьар киhи сүүйтэриитэ, ночоото элбиир быhыылаах… Чэ, ону үөрэх-хаар бөҕөтүн үрдүгэр сылдьар киhи бэйэҥ даҕаны бэркэ билэн-көрөн, өйдөөн сырыттаҕыҥ буолуо ээ!

– Кырдьык, билэн бөҕө буоллаҕа… Ардыгар, бэйэҥ билиэххин да баҕарбатаххына даҕаны олох обургу бэйэтэ биллэрэр, үөрэтэр-такайар, өйдөтөр. Биhиги, орто сааспытыгар тиийэн эрэр дьон, хонон турдахпыт ахсын харахпыт аhыллара элбээн иhэр. Ону барытын таскар таhааран иhитиннэрэриҥ даҕаны сатаммат, – Иван Данилович, өрө тыына-тыына, киириэхтээх кэбиниэтин диэки көрөн кэбистэ.

Ол күн: «Кэтэhэргитигэр эрэ тиийэҕит. Саҥа дьиэ үлэҕэ киириитэ олус аҕыйах», – диэн харданы ылан тахсыбыт Иван Таксин кэргэнигэр ол сырыытын кэпсээбитэ Саргылаанаҕа соhуччу буолбата. Арай Иван куобахтыы таарыйа аймахтарбар быйыл күhүн дьиэ маhын кэрдэрбэр көмөлөhүҥ диэҕим диир санаалаах Орто Эбэҕэ тахсабын диэн кэпсээн, кэргэнин ордук сэргэхситтэ, дьиктиргэттэ даҕаны.

– Дьэ, хата, сөп толкуйу булбуккун, лаппа хойутаан да буоллар, – диэбитэ Саргылаана, кэргэнин диэки да хайдах эрэ аhыммыттыы, эмиэ да мунчаарбыттыы көрөн олорон.

* * *

Оттон РФМШ тохсус кылааhын үөрэнээччитэ буолбут Степа Таскиҥҥа балаҕан ыйын күннэрэ бииртэн биир көтөн‑ааhан истилэр. Саҥа сиргэ-уокка, быhыыга-майгыга барыта ураты, сонун, умсугутуулаах.

Ильятыныын биир субуоталаах өрөбүлгэ дойдуларыгар Орто Эбэҕэ тахсан киирбиттэрэ. Степа ийэлээх аҕата, уоллара куоракка үөрэххэ киирбит дьон, үөрүүлэрэ улахан этэ.

– Эн физмат оскуолаҕа киирбиккин истэн баран, манна сорохтор, учууталлар да соhуйаллар, кыахтаах баҕайы киhини биhиги хаайа сылдьыбыт эбиппит дэhэллэр, – диэн ийэтэ, уолун сылаастык көрө-көрө, күө-дьаа буолан кэпсээбитэ.

Балта Вера: «Эчи хаарыаны! Куоракка да үөрэнэр буолбаппын ээ! Мин эhиил эмиэ РФМШ-ҕа киириэҕим», – диэмэхтээбитэ. Ону ийэтэ сөбүлүү истибэтэҕэ.

Степа мин үөрэххэ ылылларбар таайым аах көмөлөстүлэр быhыылаах, бэйэлэрэ ол туhунан тугу даҕаны эппэтэхтэрэ диэн дьонугар анаан-минээн кэпсээбитэ. Дьоно учуонай аймахтарыгар уон куhу уонна сибиэhэй тайах этин ыыппыттара.

* * *

Уол арахсыспат атаhа Ильятыныын Сэргэлээх иккитигэр уон төрдүс куорпуска биир хоско төрдүө буолан олороллор. Дьукаахтара онус кылааска үөрэнэллэр, онон физмат оскуола, Сэргэлээх иккитин олохторун, куорат быhыытын-майгытын үчүгэйдик билбит дьон быhыытынан, быдан сытыытык-хотуутук, чобуотук тутталлар-хапталлар. Кинилэргэ холоотоххо, Степалаах Илья быдан сыппах, муҥкук да курдук көстөллөр. Ол эрээри Илья Бояров хара маҥнайгыттан тылынан-өhүнэн күлэн-оонньоон, уҥа‑хаҥас бэрсиhэн, хардарсан, сорохторго балай да сытыы-хотуу уол курдук көстүбүт буолуохтаах. Оттон Степа, төhө даҕаны аҕыйахтык саҥардар, хоhун уолаттарыгар олус сирдэрбэтэ. Доҕоро Илья күлэн-оонньоон: «Күүстээх киhи аҕыйах саҥалаах буолааччы. Мин табаарыhым оннук киhи», – диэн «рекламалаан», Степа Таскин бэйэтин кыанар уолунан кылааhыгар биллибитэ.

Ханна да олоҕурбут үгэhинэн көhөн кэлэллэрин кытта хосторун уолаттара «сууйууну» туруоруохтаахтарын туhунан тыл-өс бырахпыттара. Ону Степа маҥнай сөбүлээбэтэҕэ, оскуола үөрэнээччилэрэ буолан баран хайдах арыгы иhиэхтэрэй диэн көнөтүнэн, быhаччы өйдөбүллээҕэ. Ол эрээри иккиэйэхтэригэр түбэhиннэрэн Илья: «Туруорбатахпытына сөбүлүөхтэрэ суоҕа. Биир бытыылканы атыылаhан аҕалан биэриэххэ. Ол кэннэ бэйэлэрэ биллиннэр», – диэбитэ.

Арыгыларын Сайсары маҕаhыыныттан туох да иҥнигэhэ суох атыылаhан, Илья иhигэр уктан, хосторугар кистээн киллэрбиттэрэ. Ол киэhэ 213‑с хос муҥур баhылыгын курдук туттар Ганя Винокуров, кылаастарын иитээччитэ Евдокия Ивановна киэhээҥҥи бэрэбиэркэтигэр киирэн тахсарын кытта хоhун аанын «чып» гына хатаат, уолаттары остуолга ыҥырбыта.

– Биhиги хамаандабытыгар эбии дьон кэлбиттэрин бэлиэтиэҕиҥ! – дии-дии, Ганя арыгытын кутуталаары ыстакааннарын иннигэр уурталаабыта. – Чэйиҥ, уолаттаар, биhиги ытык үгэспит, ким кими даҕаны букатын сыҥалаабат, иhиэн баҕарбат киhини күүhүлээбэппит. Киhи бэйэтин үтүө көҥүлэ. Ол кэннэ эhиги, саҥа дьон, өйдөөҥ кэбиhиҥ – бу аата ханнык да арыгылааhын буолбатах, көннөрү олохсуйбут үгэhи тутуhуу буолар. Куттанымаҥ, биhиги арыгы испэппит, биирдэ эмэтэ маннык мэниктиибит эрэ. Уонна бу түгэммит түөрт истиэнэбит нөҥүө букатын тахсыа суохтаах. Биhиги хоспут сибэтиэй сокуона оннук!

– Арыгы ханна да куотуо суоҕа, биhиэхэ да бириэмэтэ кэлиэҕэ, – диэбитэ Илья. – Этэргэ дылы, биhиги өссө даҕаны ситэ илик, күп-күөх, сиикэй буоллахпыт дии.

Атын уол – Миша Чемезов ыстакаанын түгэҕин сабар-саппат куттарбыта. Степалаах Илья кылыгыр ууну куттубуттара.

Аан бастаан бука бары доруобуйаларын туhугар диэн ыстакааннарын тыастаахтык охсуhуннаран халыр гыннарбыттара. Онтон хаппыт килиэптэрин кытта балык кэнсиэрбэтин убаҕас чэйинэн үттэрэ, наҕылыччы сэhэргэhэ, ардыгар хардарыта хаадьылаhа олорбуттара. Ганя, гитаратын ылан, тыаhата-тыаhата, ханнык эрэ саҥа ырыаны ыллаабыта.

– Ээ, биhиги кылааска үчүгэй аҕай кыргыттар суохтаар, – диэн Миша Ильяҕа кэпсиирэ иhиллибитэ. – Икки-хас син ничего кыргыттар бааллар даҕаны, занятайдар. Арай эhигини, быйылгы тохсустары, көрөр инибит? Эмиэ занятайга түбэhэммит саайыллан хаалабыт дуу? Эчи, куттала да бэрт!

– Һэ‑hээ, кырдьык! Миша-а, быйыл баҕас сэрэнээр эрэ… эмиэ босхо «моднай» ачыкы кэтээйэххиний? – диэн баран, Ганя Степаҕа ол Миша былырыыҥҥы сырыытын туhунан кэпсээри оҥостон эрдэҕинэ, эмискэ хосторун аанын тардан көрөн баран, тоҥсуйан лигийбиттэрэ.

Сонно: «Уолаттаар, аhыҥ эрэ, убайгыт, мин кэллим!» – диэн саҥа иhиллибитэ.

– Тараас табаарыспыт быhыылаах, – диэт, Ганя арыгылаах бытыылкатын оронун төбөтүнэн кистии уура охсубута. – Аhан биэрэ тардыҥ, аны халҕаны алдьатыаҕа.

– Күндү көмүс бырааттар, хайа туохтааххытый?.. Миэхэ өссө кыра тиийбэт, өссө баара буоллар, – Тараас токуруччу туппут сөмүйэтинэн куолайын тоҥсуйан ылар уонна остуолга турар ыстакааннар диэки минньигэс баҕайытык көрбөхтүүр. – Бу тугуй, буокка дуу, уу дуу?

– Ылан амсайан да көр, уу буолбакка! – Ганя бэйэтин ыстакааныгар чаанньыктан уу куттар.

– Баар-суох, собус-соҕотох сөбүлүүр убайгытын дьыл баhыгар-атаҕар биирдэ эмэтэ саныах да эбиккит, – Тараас туран эрэ иэҕэҥниирэ, байааттаҥныыра элбээн барар.

– Ээ, билигин дьыл баhа да, атаҕа да буолбатах ээ.

– Буоллун… син биир убаасы гыныахтааххыт, күндүлүөхтээххит баар-суох убайгытын эрэйдээҕи… Мин эhиэхэ, бэйэ бырааттарыгар, ону-маны көмөлөhүөм‑ ньымалаhыам этэ. Куруутун маннык дьалкыйан, буккуллан сылдьар диэтэххит дуу? Бу бүгүҥҥүбүн көрүмэҥ, сарсын соноҕос арҕаhыгар биирдэ баар буола түhүөм! Уол оҕо сорсуннааҕа диэн оннук буолуохтаах.

– Чэ, сөп, кырдьык, биирдэ эмэтэ саныахпыт… дьыл баhыгар дуу, атаҕар дуу, – диир Ганя, Тараас халыҥ саннын таптайа-таптайа.

– Ээ, миэхэ билигин наада эбээт! Сип-сибилигин! Өйдүүгүт дуо? – Тараас, иэҕэҥнии-иэҕэҥнии, Степалаах Ильяны дьэ таба көрбүттүү, одуулаhан турбахтыыр. – Хайа-а, саҥа ыччаттар кэлбиттэр эбит дуу?.. Тра-ди-ция диэн баар ээ манна, Сэргэлээх иккитигэр. Ону ким даҕаны, обкуом баартыйа даҕаны бобор, сотор кыаҕа суох. Ол туспа, суруллубатах сокуон… Бырааттар, ону үчүгэйдик өйдөөҥ, сэргээҥ эрэ уонна сөптөөх түмүктэ оҥостуҥ эрэ. Кэтэhэбин!

– Малышам пора спать, – диэбитинэн Илья остуолтан турар.

Степа эмиэ оронугар халбарыс гынна.

– Һы, малышам буола-буола! Хаhааҥҥа диэри малыш аатыра сылдьаҕыт? Туох аата доҕор?.. Улаатыахха, эр киhи – муж-щина буолуохха наада! – Тараас өссө да токуруччу тута сылдьар сөмүйэтинэн салгыны булкуйар. – Ол аата тугуй? Арыгыны да иhиэххэ, ардыгар охсуhуохха даҕаны, өссө быыhыгар кыргыттардыахха да сөп… Дьэ, ол аата буолар диҥнээх эр киhи диэн, бырааттар!

– Биhиги да бириэмэбит кэлиэҕэ, ол барыта ханна да куотуо суоҕа‑а, – дии-дии, Ганя эмиэ туран, оронун оҥостубутунан, суорҕанын сахсаҥнаппытынан барар.

Уолаттар төрдүөн, орон ороннорун булан, утуйардыы сыттахтарына, Тараас, өссө даҕаны ону-маны куолулаан саҥарбахтаан баран, байааттаҥнаан, иннинэн-кэннинэн хааман тахсан барда. Сонно Ганя хос уотун умулуннара оҕуста уонна Степалаах Ильяҕа туhаайан ити Тарас Иванов диэн кимин-тугун быhаарда: университекка физикаҕа үhүс кууруска үөрэнэр, 511‑с хоско олорор, билигин манна өрөмүөҥҥэ үлэлиир эбит, уолаттарга куруук сылдьааччы, сороҕор ити курдук арыгылааччы, уопсайынан, уолаттарга сыhыана үчүгэй.

Бу күннэргэ Степа кэтэhэр кэтэhиитэ – балаҕан ыйын 26 күнэ. Онно медицинскэй училище үөрэнээччилэрэ хомуур үлэтиттэн төннөн кэлиэхтээхтэр. Ол аата күндүттэн күндү киhитин, Күннэйин, көрсөр үөрүүлээх түгэнэ үүнүөҕэ! Бу бүтүн сүүрбэччэ хонук устатыгар кинини көрбөккө сылдьарыттан ордук куhаҕан ама туох баар буолуой?! Бу күннэргэ туох баар өйө-санаата, сүрэҕэ‑быара курдаттыы Күннэйгэ тартаран сылдьарыттан түөhүн иhэ хайдах эрэ кубус-кураанах, көҥдөй курдук буолла. Хас сарсыарда аайы санаабытынан уhуктар, киэhэтин санаабытынан утуйар, кэрэттэн кэрэ киhитэ тыаттан кэлэр кэмин тулуйбакка-тэhийбэккэ күүтэр да күүтэр.

ҮҺҮС БАҺА

– Дьэ, аттанан көрүүм, – диэтэ Иван Данилович, улахан үрүксээгэр тобус-толору өйүө аhын, таҥаhын-сабын, ботуруонун симэн баран, таҥнан тахсаары туран. – Хайа, хотун доҕорум, миигин алгыы хаалыаххын дуу, Баай Байанай мичик гыннын диэн, өттүк харалаах, илии тутуурдаах кэлээр диэн… – Ээ, чэ-чэ, этэҥҥэ сырыт эрэ диибин, сааҕа‑сэпкэ кытаатан сэрэнээр дуу диибин… саамай кылаабынайа ол буоллаҕа дии! – Саргылаана, быар куустан туран, өрө тыыммыта. – Айаҥҥар төhө эрэ эрэйдэнэҕин, онно-манна кэтэhэн-манаhан, үтүhэн-анньыhан муҥнанаахтыыгын! Эчи, бу сүгэhэриҥ да ыарахана сүрдээх, лиhийэн түhэн. Сорох сороҕуттан көҕүрэтэ түhүөххүн сөп эбит.

– Төрөөбүт дойдум, хаан аймахтарым тардыылара күүстээх, онон аара кыратык эрэйдэнэри улахаҥҥа уурбаппын. Кылаабынайа, хайдах эмэ гынан Орто Эбэбин буларым буоллар… – Чэ, эн туох да диэн түөрүйэлээ, адьаhын сыыспыккын – биир эмэтэ бэйэтэ массыналаах киhини булсуоҥ этэ. Эрдэттэн оннук тэриммэккэҕин. Оччоҕо быдан сынньалаҥнык сылдьыаҥ этэ, – дии-дии, Саргылаана кэргэнин куондардаах бэргэhэтин таҥас ыйыыртан ылан биэрдэ.

– Ну, ни-ча-буо! Хайдах эмэ сылдьыллыа. Былырыын бэлэм транспорга, халыҥ хампаанньаҕа да барсаммын улаханнык абыраммакка кэлбитим дии?!

– Оннук баара да… – Саргылаана үрүксээги аҥаар быатыттан өрө тардыhан Иван көхсүгэр сүгэригэр көмөлөстө. – Аата, лиhийэн түhэн ыараабытын! Мин оптуобус тохтобулугар диэри илдьиhэбин дуо? Икки өттүттэн туттахха чэпчэки буолуох этэ? Аны сааҥ баар ээ… Илистэриҥ буолуо.

– Саргылаанам саргылаах айаҥҥа сахалыы алҕаабыта, самнан-охтон биэриэм суоҕа диэн санаа аргыстаах таҕыстаҕым, – диэт, Иван хаатыгар угуллан сылдьар саатын ылан, дьиэтин халҕанын тэлэйэ баттаата.

Күhүҥҥү бүтэй былыттаах, эмиэ да убаҕас туманнаах сарсыарда сөрүүн, чэбдик салгына сайа биэрэн, түөhүн иhигэр кутуллан киирбитэ дьикти үчүгэй этэ. Бэйэтин дойдутугар, дьонугар-сэргэтигэр сылдьан бултуурун саныы-саныы, хас эмэ хонуктааҕыттан сүргэтэ көтөҕүллүбүтэ, сүрэҕэ күүрэн тэбиэлиирэ, сүhүөҕэ мөхсөрө. Өбүгэлэрин куттарын-сүрдэрин иҥэриммит төрөөбүт-үөскээбит төрүт сирин-уотун ураты тардыылаах, умсулҕаннаах буоларын Иван Данилович ол сарсыарда дьиэтиттэн тахсарыгар билэн сөҕө санаата. Кини дойдутугар сылдьыбатаҕа биэс-алта сыл буолан, кэлин хайдах эрэ тэйэ быhыытыйан барбыта. Сайын биирдэ эмэтэ кэргэттэрин илдьэ сир астыы таарыйа Орто Эбэҕэ тахсыан санаталаан ылара даҕаны, айаннарыгар эрэйдэнэллэриттэн саллан, Саргылаанатыгар ол туhунан биир да тылы быктарбата. Бэйэҕэр тырааныспара суох буоллуҥ да, хаста-хаста суол төрдүтүгэр, айан аартыгар хас ааhар массыынаҕа үҥэ‑сүктэ «куоластыырыҥ» чуолкай буоллаҕа эбээт! Аны хаhан, туох массыынаҕа түбэhэн, хайдах айанныырыҥ эмиэ биллибэт.

Иван Данилович, сүргэтэ көтөҕүллүбүт, бүтүннүү өрүкүйэ күүрбүт киhи, үhүс нүөмэрдээх оптуобус тохтобулугар чугаhаан эрэ баран, сүгэhэрин ыараханын дьэ биллэ. Били, кэргэнэ «лиhийэн түhэн» диэбитигэр дылы, үрүксээгэ ыарахана сүрдээх эбит! Иитиилээх ботуруону аhара элбэҕи ылан кэбиспит быhыылаах, ордук ол ыйааhына биллэр буолуохтаах.

Сайсары тохтобулуттан үhүс оптуобус толору дьонноох кэлэн: «Өссө ким баарый?» – диэбиттии, ойоҕоhунан турунан кэбистэ. Хата, манна улахан үтүрүйсүү-хабырыйсыы буолбата.

– На охоту… коо-бах? – диэн көп маҥан таҥастаах нуучча оҕонньоро кээҕинэс куолаhынан, кэлин олоххо утары олорон, Иван Даниловичтан ыйытар.

Онон сиэттэрэн куобахха бултааhын туhунан сэhэргэhэн бараллар. Оҕонньор аҕыйах сыллааҕыта илин, өрүс уҥуор, Чурапчылыыр суолунан Чаачыгый диэн сиргэ табаарыстарын кытта куобахтаабыттарын, бэрт элбэх куобаҕы бултаабыттарын туhунан өрө көтөҕүллэн кэпсээтэ.

– Аны булка барар кыаҕым суох… мин кэмим ааспыта, – диэн баран оҕонньор тыастаахтык өрө тыынан кэбистэ. – Айылҕаҕа сылдьыы, бултааhын диэн улуу дьол… Ону эhиги, эдэр дьон, өрүү өйдүүр буолларгыт уонна оннук дьолго тиксэр кэмнээх-кэрдиилээх. Бу аньыылаах сиргэ туох барыта уларыйа-тэлэрийэ, сүтэ, барана турар буоллаҕа эбээт!..

Иван Данилович Орджоникидзе аатынан болуоссакка оптуобус кэлиҥҥи аанынан, үрүксээгин кыбыттара сыhа-сыhа, арыычча түстэ. Аны ахсыс нүөмэрдээх оптуобуhу күүтэн турда. «Бултааhын диэн улуу дьол!» диэбит били оҕонньор кээҕинэс куолаhа кини кулгааҕар өссө да дуораhыйарга дылы. Ити билигин мөлтөөбүт-ахсаабыт кырдьаҕас киhи туох баар дууhатыттан дьиҥнээх ис санаатын таhыгар таhаараахтаабыта өтө көстөр. Барахсан үтүөкэн, сырдык да дууhалаах, киэҥ-холку көҕүстээх оҕонньор быhыылаах. «Туох барыта кэмнээх-кэрдиилээх», – ити эмиэ олох аhыытын-ньулуунун, үгүс тургутуутун этинэн-хаанынан билбит, мындыр, муударай өйдөөх кырдьаҕас киhи сөҥ, нүhэр тыллара.

Тохтобулга киhи аҕыйаҕа суоҕа да, хас даҕаны оптуобус кэлэн, тохтоон, дьону ылан аасталлар да, кэтэhээччи аҕыйыахтааҕар өссө эбилиннэ. Сүүрбэччэ мүнүүтэ турдулар да, арай ахсыс нүөмэрдээх оптуобус эрэ биллибэт. Аны, кыhайбыт курдук, бүтэй былыттаах халлаан ибиирэн эрэр кэриэтэ, самыырдаан киирэн барда.

Биир түгэҥҥэ үс оптуобус тэбис-тэҥҥэ субуруhан иhэллэрэ көhүннэ. «Однерка!», «Пятерка!». Ол аайы дьон туора-маары сырсыакалаhаллар, үтүөлэhэллэр-анньыалаhаллар… Дьэ, онтон ахсыс оптуобус күлтэhийэн кэлэн хорус гына тохтуурун кытта, айгыраабыт ааннара талыр гына аhылла биэрдилэр. Сонно, муҥхаҕа хаайтаран турбут балык үөрэ муҥха ийэтэ кыратык хайа тардыллыбытынан суксуруhа устан тахсалларын курдук, дьон оптуобус икки аанынан таҥнары кутуллубутунан бардылар. Кэлиҥҥи киhи өссө ситэ түhэ илигинэ да, күүтэн турааччылар ыгыта түсүhэн, үтүрүспүтүнэн, оптуобус ааныгар хатаастан харбыаластылар. Арай, омос көрдөххө, көлө бэйэтэ туох эрэ биллибэт, көстүбэт күүhүнэн дьону түргэн, күүстээх үлүгэрдик иhирдьэ оборон, эҕирийэн, тардан ыларга дылы.

Бу сырыыга Иван Данилович оптуобуска киирэр дьолго тиксэрэ адьаhын кылга ыйана сырытта – сүүнэ улахан сүгэhэрин дьон быыhыгар, онтон аан чанчыгар кыбыттаран, «Тоже мне охотник!» диэн сэнэбил, хадьырыйыы хатыылаах тылларын истэн, саамай тиhэҕинэн син оптуобус иhин булла. Ол кэннэ киниэхэ туох да наадата суох!..

«Максим Аммосов» теплоходка киирэн, оннун булунан, арҕааттан саба охсор ардахтан ньалҕарыйбыт килэгир киэҥ түннүгүнэн араас тутуурдаах, сүгэhэрдээх дьон тиэтэйэ-саарайа туруору кытылы кирилиэhинэн түhэн кэлэллэрин одуулаhа-одуулаhа, санаата хайыы-үйэҕэ кэннигэр – дьиэтигэр-уотугар буолбутун бэйэтэ даҕаны билбэккэ хаалла… Билигин кыргыттара Надялаах Галя номнуо оскуолаларыгар тиийэн, бастакы уруоктарыгар үөрэнэ, боччумуран аҕай тору-толлоччу туттан, бүтүннүү харах уонна кулгаах иччитэ буолан олордохторо. Иван Данилович бу олорон өйдөөбүтэ – дьиэтиттэн-уотуттан хас да хонукка тэлэһийэ барар эрээри, бу сарсыарда оронноругар утуйан буккурата сытар кыргыттарын оройдоруттан сыллаталаан ылбатаҕа, күhүҥҥү курас тыал курдук, курус санаа буолан ханна эрэ кутун-сүрүн дуу эбэтэр сүрэҕин-быарын дуу түгэҕэр сөҥөн сылдьар эбит. Сарсыарда син эрдэ турбута да, санаатыгар бастакы трамвайга хойутуом диэн өрүү тиэтэйэр, ыксыыр курдуга.

Теплоход инники аҥаарыгар биир даҕаны олох ордубат гына киhи бөҕө симилиннэ. Дьороҕор сотолорунан дьыраччы тэбинэн туран уп-уhун тумустарынан үрдүк мэҥэ халлааны олоотуу олорор тойон туруйалар курдук дьирэhэн турар көтөҕөр кырааннар анныларынан оргууй аҕай устан күөгэтэн истилэр. Ардах ибиирэрэ күүhүрбүт. «Илин эҥээргэ ардах хайаан эрэрэ буолла?» – диэн саныы-саныы, Иван Данилович трамвай уҥа эркинин түннүктэринэн хараҕын быраҕан ылбыта – халлаан хараҥа болоорхойунан биир тэҥник сабыллан, бүлүгүрэн, өhөн турар.

Сотору буолаат, дохсун долгуннарынан будулуйа сытар сүрүн үөскэ киирдилэр. «Бултааhын диэн улуу дьол!» диэн тыллар эмиэ дуораhыйар курдуктар уонна ол аайы Иван Данилович өйүн-санаатын өссө ордук өрүкүтэллэр, сүрэҕин-быарын эппэтэллэр. Иннигэр-кэннигэр дьон дорҕоонноохтук саҥаран кэпсэтэллэр. Ол быыhыгар кыра оҕолор саҥалара чаҕаараллар.

Иван Данилович биир сиргэ уhуннук хам хараҕаланан хамсаабакка олорон, устунан нухарыйан барбыт эбит – арай биирдэ көрбүтэ: аттыгар олорор дьоно оннуларыттан туруталаан эрэллэр эбит. Анньыалаhан-үтүөлэhэн тахсан, кэдэҥнии, салыбырыы турар хаптаhын далаhанан мүччү-хаччы үктэнэн, кырылас таастаах үрдүк кытылы буллулар – собус-соҕотох кыhыл оптуобус ойоҕоhунан буолан ыраах ойдом турар.

Дуолан анньыалаhыы, харбыалаhыы оптуобуска киирэргэ буолла.

– Тохтооҥ эрэ бу… кыра оҕону сэрэниҥ!

– Бу бачча үлүгэрдээх элбэх киhиэхэ собус-соруйан соҕотох оптуобуhу ыыталлар… издевайсы гыналлар!..

– Дьахталлар, олус атамааннаамаҥ эрэ… манна эhиги дьиэҕит тэлгэhэтэ буолбатах ээ.

– Ээ, сөпкө этэллэр, бэйэҕит дьиэҕитигэр тиийдэххитинэ эрдэргитин дьаhайаарыҥ!

– Ээ-йиис! Тохтоон эриэххит ээ… дьэ, эhигини даҕаны, хата, дьаhайыах курдукпут. Эhиэхэ баран баттата сылдьыахпыт дуо?!

– Бу сэбиэскэй былаас дьахталлары олус көҥүл-босхо ыытта, олус атаахтатта-таратта.

Ити курдук соҕотох оптуобус кып-кыараҕас, дьобойбут аанын былдьаhааччылар, сэниэлээхтик түhэн ибигирэтэр ардах анныгар туран, кыhыыларын-абаларын бэйэ-бэйэлэригэр тылларынан таhаара сатыы, үтүөлэhэ-анньыалаhа ыгыта түсүhэн эрдэхтэринэ, «Иккис оптуобус кэллэ-э!» диэн хаhыы иhилиннэ. Иван Данилович, дьон кэннигэр турар киhи, ол кэлбит оптуобуска барыан дуу, барымыан дуу быhаарына да илигинэ, дьон халҕаhата төттөрү эҕирис гынан, дьалкыйа хамсаан, кинини ыбылы анньан кыбыппытынан хас да хардыыны кэннинэн хаамтардылар. Хайдах эрэ биир түгэҥҥэ иннэ аhылла түстэ, сонно иннин диэки дьүккүйэн, хата оптуобус ааныгар чугаhаан хаалла. Үтүрүhүү-анньыhыы арыый уҕараата. Кэлин тиhэҕэр таhырдьа биир даҕаны киhи син туран хаалбата – бары симилиннилэр.

Бэс чагда мыраан үөhэ оптуобустарынан сыылларан тахсан, вокзал таhыгар сүөкэннилэр. Арай Иван Данилович көрдөҕүнэ, эдэр уолаттар-кыргыттар оптуобустан ким-хайа иннинэ үтүрүhэ-үтүрүhэ, төлүтэ көтөн тахсан, таас автовокзал үрдүк кирилиэhин диэки бууттара быстарынан тэбиннилэр. Кини, ыарахан сүгэhэрдээх киhи, дьон кэнниттэн автовокзалга киирбитэ, аны хаасса чуолҕаныгар эмиэ туспа моргуордаах-айдааннаах, анньыалаhыылаах уочарат буолбут. Ол аата оройуон киинигэр, Харбалаахха, барааччылар анньыhаллар эбит. Иван Данилович сааhыра барбыт дьахтар кэнниттэн турда да, сотору буолаат, «Харбалаахха билиэт бүттэ!» – диэн иhилиннэ. Сүүрбэччэ киhи, суостаахтык талыр гына сабыллыбыт чуолҕан фанератын диэки кылап-кылап көрбөхтөөн ыла, өссө саараҥнаан турбахтаатылар.

– Ыччаттарбыт күүстэринэн көҥү көтөн, быhа анньан кэбистилэр, билиэккэ син тииhиниэх дьону… – Ханан даҕаны бэрээдэк суох… барыта бардаак!

Ити курдук үс-түөрт дьахтар саҥа таhааран мөҕүттэ турдахтарына, автовокзал иннигэр өссө биир оптуобус, күлтэйэ устан кэлэн, тохтоото. Сонно сорохтор таhырдьаны былдьастылар.

Иван Данилович, билиэттээх дьон, үгэс курдук үтүрүhэ-үтүрүhэ, оптуобуска киирэллэрин билиэккэ тииhиммэтэхтэрдиин эрэҥкэдийэ көрөн туран баран, Харбалаахтыыр суол төрдүгэр барда. Хата, ол саҕана ардах түhэрэ мөлтөөтө, халыҥ былыттаах халлаан арҕаа саҕаҕа дьайҕарыах курдук сырдаан эрэр.

Кини суол төрдүгэр соҕотоҕун турда. Хас даҕаны таhаҕастаах массыыналар кэлэн аастылар – кэбиинэлэригэр бары дьонноохтор. Аны суол төрдүгэр турааччылар үhүөлэстилэр – икки эдэр уол кэллилэр. Өссө чаас курдук хороhон турбуттарын кэннэ, цистернатын ойоҕоhугар «Огнеопасно» диэн суруктаах массыына багдаhыйан кэлэн, оруобуна Иван Данилович иннигэр хорус гына тохтоото. Сонно Иван Данилович, ыарахан үрүксээгин сүкпүтүнэн массыына аанын тутааҕар илиитин тиэрдэн эрдэҕинэ, кэбиинэ аана бэйэтэ урутаан аhылла биэрдэ. Суоппар оройуон киинин ааhан илин диэки салгыы айанныыбын диэтэ. Кини бэрт кудуххай айаннаах, онно эбии элбэх саҥалаах-иҥэлээх, уол оҕо сытыыта-хотуута буолан биэрдэ. Кэпсэтиилэрэ бастаан булт-алт туhунан буолла.

– Дьэ, бу испэр ыксаан, тиэтэйэн аҕай иhэбин. Хайдах эмэ этэҥҥэ айаннаан тиийбит киhи сарсын сарсыардаттан саа сүгэн көрүллүө этэ, – дии-дии, суоппар уол, хаҥас өттүнэн элэгэлдьийэн ааhар сэндэҥэ тыа диэки хараҕын быраҕан ылар. – Бу ардах биhиги суолбутун мыыла оҥордоҕо… онно тиийэммин эрэйдэнэрбин санаатахпына, бирээмэ сүрэҕим ыалдьар. Бука, аакка киирбит Абааhылааҕым сыырын кыайан тахсыбакка, бу түүн сиргэ хонор киhи буоллаҕым буолуо… Чэ, бэйи, ол эрээри олус эрдэттэн санааны түhэрэр сатаммат! Мин да өлүү куобахтарым билигин ханна эрэ сырса сырыттахтара.

– Быйыл эhиги диэки куобах хайдаҕый? Дьон төhө бултаан эрэллэрий? – Иван Данилович туоhуласта.

– Син баар быhыылаах… эдэр уолаттар түүн-күнүс кыайаллар дэhэллэр. Сарсыҥҥыттан маассабай күрэх буолар, турар-турбат барыта турунар, көтөҕүллэр күннэрэ. Бэйэтэ туспа бырааhынньык курдук… – суоппар уол нөрүс гынан кэбиинэтин инники тааhынан халлаан диэки хантас гынан ылла. – Ардахпыт бу манан астан, тохтоон хаалара буоллар, өссө эбэн түспэтэр ханнык!

Массыына кумаҕынан, бытархай тааhынан томточчу кутуллубут дэхси ньуурдаах суол устун биир тэҥ кудуххайдык айаннаан куугунатан истэ. Сотору-сотору араас суол массыыналарын утары ааhаллар. Сирдэрин ортолоон эрдэхтэринэ, ардахтара эмиэ түhэн киирэн барда. Суоппар «хара кырыыстаах» халлааны нууччалыы-сахалыы булкуйан үөҕэн субуруҥнатта уонна: «Ол халлааным истэр кулгаахтааҕа эбитэ дуу, суоҕа дуу?» – бэйэтиттэн бэйэтэ да күлэн кэбистэ.

Суоппар уол Иван Даниловичтан ханна бултуу баран иhэрин уонна ханна тугу үлэлиирин ыйыталаста. Аны сэhэргэhиилэрин тосхоло билиҥҥи олоххо, бэлиитикэҕэ иэҕиллиннэ.

– Биhиги, ыраах тыа дьоно, ити перестройка, уларыта тутуу диэннэрин оччо-бачча өйдөөбөкккө олоробут ээ… Оо, дьэ, ол эрээри ханныгын да иhин, били, хойуу хаастаах оҕонньорбут эрэйдээх наhаалаахтаабыт эбит, олус кыаммат буолан баран, аҥаардас уордьан-мэтээл хомуйа эрэ олорбут курдук эбит дии? Кыыhа да кыыс аххан, күтүөтэ да күтүөт үс кырыылааҕа. Били, «Сулус күтүөтэ Чолбон диэммин» диэбиккэ дылы дьон буолан биэрдэхтэрэ. Талбыттарынан, бэйэлэрэ билэллэринэн дьаhайан, бас-баттах баран, норуот баайыгар-дуолугар көҥүл күөнэхтээн, Омоллоон олоҕор, Дьэргэстэй ыhыаҕар олордохторо, – суоппар уол чыпчырынан баhын быhа илгистэн кэбиhэр.

– Ол туhунан барытын биhиги кэнниттэн эрэ истэбит, соhуйабыт-өмүрэбит, – диир Иван Данилович, күлэ-күлэ. – Ол кэннэ сэбиэт былааhын норуот былааhа дии сырыт! Барыта тылга эрэ, барыта көрүнньүк, албын, хараҕы баайыы!

– Ээ, кэбис, доҕоор, наhаа инньэ диир сүрэ бэрт буолаарай… Оттон син сэбиэскэй былаас үтүөтүнэн бу кыра норуоттар киhи-хара буоллахпыт дии? Бачча сайдан хайаан… – Сайдыы баар эрээри, өссө үчүгэйдик, өссө күүскэ сайдыахтаах этибит, быдан ырааппыт буолуохтаах этибит.

– Мин, көннөрү киhи, көрдөхпүнэ, биhиги билигин даҕаны куhаҕана суохтук олоробут ээ.

– Ол эн санааҕар оннук… Дьиҥинэн, бу Саха сирин курдук айылҕа сүҥкэн баайдаах сир олохтоохторо «куhаҕана суохтук» эрэ буолбакка, дьиҥ кыахтаахтык, баайдык-дуоллук олоруохтаах этибит.

– Оттон эhиги, үөрэх-хаар үрдүгэр, киин сиргэ сылдьар дьон, дьиҥин билэн-көрөн эрдэххит, бу биhиги диэн баара дуо?

– Дойдубут ааспыт историятыгар, бу тутулбутугар олус улахан туорааhыннар, алҕастар бааллар эбит. Сэбиэскэй былааhы олохтооhунтан, гражданскай сэрииттэн саҕалаан барыта олус хабырдык барбыт. Барыта диктатура, күүhүнэн бүк баттааhынынан быhааран олоруу, утары көрбүтү умсары охсуу. Репрессиянан төhөлөөх дьон үтүөтүн суорума суоллаабыттара буолуой?! Биhиги ону барытын кэлин истэбит. Ааспыт историябытын өйдүүргэ дьон-норуот хараҕын аhыллыыта диэн саҥардыы саҕаланан эрэр… Уматык тиэйэр массыына дьэхси ньуурдаах, көнө сүрүннээх суол устун биир тэҥник айаннаан тигинэтэн истэ. Ардах сэниэтэ суохтук ибиирэр.

ТӨРДҮС БАҺА

Оройуон киинигэр Харбалаахха алтынньы саҥатыгар олорор сиринэн үлэ актыбыыстарын мунньахтара буола турара. «Олорор сиринэн үлэ – нэhилиэнньэни иитии-өйдөтүү сүрүн төhүүтэ» диэн дакылааты партия райкомун иккис сэкирэтээрэ Петр Михайлович Филиппов оҥордо. Ол мунньахха оройуоннааҕы үөрэх салаатын инспектора Нина Николаевна Яроева эмиэ ыҥырыллыбыта. Нэhилиэктэртэн, сопхуостартан парткомнар, маҥнайгы сүhүөх партийнай тэрилтэлэр сэкирэтээрдэрэ, зоналар штабтарын начаалынньыктара, сэбиэттэр бэрэссэдээтэллэрэ, оскуолалар дириэктэрдэрэ кэлбиттэр.

Райком иккис сэкирэтээрин дакылаатыгар нэhилиэнньэни иитэр-өйдөтөр үлэни, арыгылааhыны, табахтааhыны утары охсуhууну тэрийиигэ үчүгэй холобур быhыытынан Дабаан аҕыс кылаастаах оскуолатын дириэктэрин уонна төрөппүттэрин кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин ыытар үлэлэрэ анаан-минээн ахтылынна. Чуолаан, ол оскуола үлэтэ бастыҥ уопут быhыытынан анаан-минээн холобурдаммыта Нина Николаевнаны ордук соhуппута даҕаны, бэркиhэппитэ даҕаны. Тоҕо диэтэххэ, кини ол дабааннар «уопуттарын» хара маҥнайгыттан, икки сыллааҕыта саҕаланыаҕыттан ыла, букатын сөбүлээбэт суола этэ. Ол туhунан быйыл күhүн үөрэх салаатын сэбиэдиссэйигэр Николай Ивановичка өскүөрүтүн этэн көрбүтүн «тойоно» ылымматаҕа. Оттон үгүс учууталлар көннөрү кэпсэтиигэ дабааннар арыгылааhыны, табахтааhыны утары ыытар үлэлэрин соччо сөбүлээбэттэрин биллэрээччилэр. Ол гынан баран, ким даҕаны сөбүлээбэтин туhунан биир да мунньахха, түмсүүгэ тыл аҥаарын даҕаны букатын быктарбаттар… Нина Николаевна өрдөөҕүттэн иитиллибит, хаатыйаламмыт санаата мунньах дакылаатыттан сылтаан эмискэ өрө күөдьүйэн, оргуйан таҕыста, манна эппэтэҕинэ, бэйэтин санаатын тоҕо тэбээбэтэҕинэ хайдах даҕаны сатаныа суох курдук буолла. Эбиэт кэнниттэн эрэ киниэхэ тыл биэрдилэр. Ол этиитэ, быстахтык ыллахха, бу курдук диэн таҕыста:

– Дабаан аҕыс кылаастаах оскуолатын салалтатын уонна кэлэктиибин нэhилиэнньэни кытта үлэҕэ саҥа көрүҥү көрдөөhүннэрин сүнньүнэн өйдүөххэ сөп. Ол эрээри ити кэлэктиип бу күҥҥэ диэри ыытан кэлбит үлэтин сүрүн ньыматын, мин туруору этэбин, букатын ылыммаппын уонна өссө сыыhанан ааҕабын. Дьэ, ол тоҕо, туох иhин диэххит. Үчүгэйдик өйдөөн‑санаан көрүҥ эрэ – ол Дабаан бөhүөлэгэр кимнээх арыгылыылларын, арыгы иhэллэрин уонна табах тардалларын бука барыларын тус-туспа испииhэктээбиттэр. Ол испииhэктэрэ төрөппүттэр уопсай мунньахтарыгар, зона түмсүүтүгэр, атын да мунньахтарга кытта бүттүүн истиигэ, билиигэ-көрүүгэ тахсар. Нэhилиэнньэни, дьону арыгыhыттар, арыгы иhээччилэр, өссө табахсыттар диэн араҥаҕа араарыы буолар. Ити, дьиҥинэн, иhэ истээх боппуруос! Киhини ыллыҥ даҕаны эн арыгыhыккын, эн иhээччигин эбэтэр эн ардыгар арыгылыыгын диэн чэпчэкитэ суох түмүктээhин оҥорор, ыар дьаралык ыйаан кэбиhэр диэн, өссө дьоҥҥо‑сэргэҕэ бүтүннүүтүгэр иhитиннэрэр-биллэрэр диэн… олус уустук, эппиэттээх дьыала! Ити, ардыгар, сороххор баттыгастаах, атаҕастабыллаах да буолуон сөп. Баҕар, сорох киhи этиэҕэ: мин биирдэ эмэтэ дьиэбэр-уоппар арыгыны амсайарбын иhээччи курдук сыаналыыллара букатын сыыhа, ону кытта ончу сөбүлэспэппин диэн. Эбэтэр ким эрэ этиэҕэ: Сиидэрэптээх, Макаараптаах даҕаны биhигиннээҕэр элбэхтик арыгы иhэллэр да, тоҕо эрэ ааттара биирдэ даҕаны ахтыллыбат диэн. Ордук сөбүлээбэтим баар: Дабаан оскуолатын учууталлара бөhүөлэк ыалларын дьиэлэринэн кэрийэ сылдьан арыгыттан аккаастанабыт, от-мас тиэйбит тырахтарыыска, суоппарга, ыалдьыкка да, хоноhоҕо да арыгыны туруоруохпут суоҕа диэн биир-биир илии баттатыы хампаанньатын ыыппыттара буолар. Дьэ ити туох үлүгэрдээх дьиэ кэргэн, ыал олохторугар орооhуутай?! Оруо маhы ортотунан. Өссө мин этиэм этэ – ити аата киhи тус бэйэтин олоҕор, көҥүлүгэр, быраабыгар орооhуу буолар диэммин. Ол ыалдьыппын дуу, хоноhобун дуу хайдах уонна тугунан аhатарбын-иhэрдэрбин дуу атын дьон ыйан-кэрдэн биэриэхтээхтэр эбэтэр оскуолам учууталларыттан ыйытыахтаах үhүбүн дуо? Өссө онуоха эбии кимиэхэ даҕаны арыгыны туруоруом суоҕа диэн баппыыска биэриэхтээх үhүбүн! Оттон бэйэ дьиэтин иhигэр хаhаайын дуу, хаhаайка дуу бэйэлэрэ быhаарыахтарын сөп этэ. Ити дабааннар арыгылааhыны, табахтааhыны утары ыытар хампаанньаларыгар оскуола оҕолорун кытыннараллара киhини бэркиhэтиэн эрэ сөп. Дьиэтээҕи быhыы-майгы информациятын сүнньүнэн оҕолортон хомуйаллар… Биhиги өрүү буоларын курдук, бииртэн бииргэ аhара түhэр, наhаалыыр үгэстээхпит. Онон мин Дабаан бөhүөлэгэ арыгыттан аккаастаммыт нэhилиэнньэлээх курдук көстөн, бастыҥ уопуту тарҕатааччынан буоларын биир бэйэм саарбахтыыбын, ылыммаппын… үксэ көрүнньүк, тас көстүү эрэ диэххэ сөп.

– Табаарыс Яроева, үлэлиир дьону баhааҕырдыбаккар көрдөhөбүн, – диэн эмискэ президиум уhун остуолун ортотугар олорор иккис сэкирэтээр Филиппов саҥата быhа түстэ.

Нина Николаевна, маҥнай соhуйан хаалан, мах бэрдэрэн, тохтоон ылла. Саалаҕа олорооччулар чуумпура түстүлэр, сүүhүнэн харахтар киниэхэ туhаайылыннылар. Кини чыпчылыйыах да түгэнигэр көрөн ылла – сорохтор кини диэки «Дьэ, кыыс оҕотоо, түбэстиҥ эбээт!» диэн хайдах эрэ сэтэрээбиттии көрөн олороллор. Оттон Нина Николаевна дьүөгэлэрэ, үөлээннээхтэрэ сорохторо эмиэ да аhыммыттыы, атыттар буоллаҕына «Кытаат! Кытаат, букатын чугуйума, куттаныма!» диэн бүк эрэнэрдии тонолуппакка одуулаhан олороллор.

– Мин бу этэрим сымыйанан, була сатаан дьону баhааҕырдыы буолбатах, дьиҥ баар суолу кэпсээтим. Итини мин эрэ билэр буолбатахпын уонна бу соҕотох мин эрэ санаам буолбатах! – Нина Николаевна, президиум остуолун диэки көрө-көрө, быhаара сатаата.

– Баhааҕырдыы буолбакка! Бэйэҕэр сөптөөх сыананы бэриниэххин наада, – микрофонунан күүстээх куолас доргуйда.

– Чэ, оччотугар… райком муударай ыйыытынан табаарыс Дьоруойаба салгыы тыл этэртэн тохтуур… – Нина Николаевна инньэ диэт, трибунаттан тэйэн эрдэҕинэ, саалаҕа олорооччулартан эдэр өттүлэрэ көхтөөхтүк ытыстарын таhынан бардылар.

Петр Михайлович, туох да буолбатаҕын курдук туттан, чыналлан олордо. Арай мыс курдук эттээх сирэйэ улам кытаран барда. Ол олорон, кип-килэгир ачыкытын тааhын кэннигэр саспыт кыараҕас харахтара кимнээх ытыстарын таhыналларын бэлиэтии көрөн хаалаары уҥа‑хаҥас сүүрэкэлииллэр.

Саала кэннин диэки кытыы эрээттэн саас ортолоох, күрэҥсийэн эрэр баттаҕын өрө тарааммыт киhи, хорос гына уhулу ыстанан туран, суон куолаhынан: «Туох аатай, киhи этэрин тууйан-хаайан түhэҥҥит! Наар хайҕалы эрэ истэ үөрэнэн хаалбыккыт быhыылаах», – диэн улахан баҕайытык бааҕынаата.

Мунньаҕы салайан ыытааччы партия райкомун сэкирэтээрэ Евгения Ивановна, салгыы тыл этээччини биллэрээри туран, ол саҥаны истэн тохтоон хаалла уонна туох да диэн булбатах курдук, мух-мах барда. Ол кэмҥэ Петр Михайлович, чыналлан олорон, эмиэ баргыытаата: