banner banner banner
Күн-дьыл билгэтэ
Күн-дьыл билгэтэ
Оценить:
Рейтинг: 0

Полная версия:

Күн-дьыл билгэтэ

скачать книгу бесплатно

Күн-дьыл билгэтэ
Иннокентий Михайлович Сосин

Саха киһитэ өбүгэ саҕаттан күн-дьыл туругун кэтээн көрөрө, айылҕа туругунан инникитин хайдах күн-дьыл буолуохтааҕын сылыктыыра, билгэлиирэ. Норуот ити билгэлэрин туһунан суруйааччы Иннокентий Сосин сиһилии кэпсиир.

Иннокентий Сосин

Күн-дьыл билгэтэ

КИИРИИ ТЫЛ

Саха дьоно, ордук тыа сирин олохтоохторо, өбүгэлэрин саҕаттан күнү-дьылы билгэлиир үгэстээхтэр. Кинилэр тыйыс усулуобуйалаах хотугу сиргэ олохсуйбут буоланнар, үлэлэрин-хамнастарын тэрийэллэригэр, сүөһү иитэллэригэр ол улахан көмөлөөх. Өбүгэлэрин үтүө үгэстэрин норуот күн бүгүнүгэр диэри, өссө ордук байытан, кэҥэтэн, тупсаран, илдьэ сылдьар. Билигин даҕаны тыа сирин олохтооҕо күн-дьыл инникитин хайдах буоларын кэтээн көрөр уонна сылыктыыр. Онуоха сөп түбэһиннэрэн күннээҕи үлэтин-хамнаһын тэринэр, отун-маһын оттуур, бурдугун хомуйар, сүөһүтүн-сылгытын көрөр.

Былыр күнү-дьылы билгэлиир ытык кырдьаҕастар бэрт элбэхтэрэ. Дьылдьыттар күн, ый, үргэл, чолбон, атын даҕаны сулустар дьыл туһааннаах кэмигэр хайдах балаһыанньаҕа түбэһэллэринэн, айылҕа тиллиитинэн, эбэтэр кэхтиитинэн, көтөр кынаттаах, сүүрэр атахтаах, араас бытархай үөн-көйүүр быһыытынан-майгытынан, ол кэннэ киһи бэйэтин ис туругунан күн-дьыл хайдах буолуохтааҕын туһунан эрдэттэн билэллэрэ.

Күнү-дьылы билгэлээһин тыа сирин олохтоохторугар олус улахан туһалаах. Саха былыр-былыргыттан күн бүгүнүгэр диэри от оттоон, сүөһү ииттэн, бурдук ыһан, сир үлэтинэн дьарыктанан олорор омук. Кырдьыга даҕаны, сахалар уһун тымныы тыыннаах уһук хотугу сиргэ аан маҥнайгынан сүөһү иитэн, сири оҥорон, бурдук ыһан, оҕуруот аһын олордон киһи аймах иннигэр улахан историческай өҥөлөөхтөр. Саха киһитэ кылгас сайыҥҥа, уһун кыһыҥҥа суоттанан оту оттуура, бурдугу ыһара, дьиэтин-уотун хаһаайыстыбатын тэринэрэ. Ф. Энгельс «Сүөһү ииттэр, сири оҥостор бары норуоттарга астрономия хайаатар даҕаны наадалаах» диэн суруйбуттааҕа. Ити сахалар олохторугар быһаччы сыһыаннаах. Ол курдук от, бурдук үүнүүтэ күн-дьыл, айылҕа туругуттан улахан тутулуктаах.

Сахалар хайдах күн-дьыл буолуохтааҕын, чуо-лаан хайдах кыһын уонна сайын кэлиэхтээҕин, ону ааһан эһиилги дьыл туһунан эрдэттэн билгэлииллэрэ. Ол иһин кинилэр күнү-дьылы мэлдьитин кэтээн көрөллөрө, сылыктыыллара. Ордук күн, ый уонна сулустар уларыйыыларын кэтииллэрэ. Итинэн көрөн хамсыыр-харамайдар олохторо, сырыылара, майгылара-сигилилэрэ хайдах уларыйарын, күһүн, саас хаһан айанныылларын, кыстыкка киирэллэрин туһунан балачча үчүгэйдик билэллэрэ. Онон хаһан ардах, хаар түһэрин, тыал-куус буоларын, куйаас, кураан күннэр кэлиэхтээхтэрин туһунан билэллэрэ, күн-дьыл уларыйыытын таба таайаллара.

Күнү-дьылы билгэлээччилэр бүгүҥҥү, эбэтэр сарсыҥҥы күн хайдах буолуохтааҕынан муҥурдамматтар. Өр кэмнээх күнү-дьылы сабаҕалааһыны эмиэ оҥороллор. Ол эрээри дьон, ордук тыа сирин олохтоохторо, бүгүн хайдах күн-дьыл буолуохтааҕын билэргэ кыһаналлар. Киһи барыта сарсыардааҥҥы сонуну, күн-дьыл туһунан сылыктааһыны көтүппэккэ истэр. Онон сирдэтэн кинилэр күннээҕи үлэлэрин-хамнастарын тэринэллэр. Ити сөптөөх суол. Ол эрэн ити сылыктааһыннар олус киэҥ сири хабаллар, онон сороҕор сыыстарыахтарын сөп. Оттон хамсыыр-харамай уонна үүнээйилэр олохторунан-дьаһахтарынан билгэлээһин үксүгэр олохтоох сир усулуобуйатыгар сыһыаннаах, онон тулалыыр эйгэ туругун, уларыйыытын сөпкө тойонноотоххо, чугастааҕы кэмҥэ хайдах күн-дьыл буоларын туһунан таба этиэххэ сөп.

Норуот былыр-былыргыттан күнү-дьылы билгэлээһиҥҥэ мунньуммут үтүө үгэстэрин билэргэ дьон тардыһыыта билиҥҥи кэмҥэ улаатан иһэр. Ол кинилэр үлэлиир үлэлэригэр-хамнастарыгар улахан суолталаах, ордук моряктарга, летчиктарга, суоппардарга, булчуттарга, тыа сирин олохтоохторугар быһаччы көмөлөөх. Ону тэҥэ уоппускатын кэмигэр айылҕаҕа сынньана, күүлэйдии, бултуу, отоннуу тахсыбыт куорат олохтооҕо бүгүҥҥү күн хайдах буоларын билэрэ эмиэ наадалаах.

Саха оҕото бэрт кыра сааһыттан айылҕаны кытары алтыһан улаатар, кини кэрэтиттэн дуоһуйан, айылҕаны харыстыыр буола улаатарыгар күнү-дьылы билгэлии үөрэнэрэ бэрт улахан суолталаах. Онон кыра эрдэҕиттэн үүнээйилэр, кыыллар, көтөрдөр уонна да атын харамайдар олохторун билэ, бэйэтин олоҕор туһана үөрэниэн наада. Ол иһин төрөппүттэр, аҕа саастаах дьон оҕолорун бэйэлэрин кытта илдьэ сылдьан күн-дьыл уларыйыытын билэргэ дьарыктыахтарын сөп. Оччоҕо оҕолор иннилэригэр айылҕа араас кистэлэҥэ арыллыаҕа. Хамсыыр-харамайдар уонна үүнээйилэр олохторун туһунан урут билбэтэхтэрин билиэхтэрэ, көрбөтөхтөрүн көрүөхтэрэ. Устунан айылҕаны таптыырга, кини кэрэтинэн толору дуоһуйарга үөрэниэхтэрэ, тулалыыр эйгэлэригэр харыстабыллаахтык сыһыаннаһарга тардыһыахтара уонна онно дьулуһуохтара.

Айылҕа бастыҥ учуутал диэн кырдьаҕастар этэллэр. Ол кырдьык. Оҕо айылҕа үөһүгэр сылдьан, кинини бэйэтин билэр-көрөр, араас кистэлэҥин арыйар эрэ буолбатах, ону ааһан өй-санаа, эт-хаан өттүнэн сайдар, чэбдигирэр, күүһүрэр-уоҕурар, айылҕаны таптыырга уонна харыстыырга уһуйуллар, иитиллэр. Оннук киһи атын дьоҥҥо ытыктабыллаахтык, харыстабыллаахтык сыһыаннаһар, күүс-уох өттүнэн мээнэ өттөйбөт, киһиэхэ сутуругун көтөхпөт буола улаатара саарбаҕа суох. Оттон өй-санаа өттүнэн баай, билиигэ-көрүүгэ тардыһара түгэҕэ биллибэт дириҥ, эт-хаан өттүнэн доруобай, күүстээх-уохтаах, бэйэтин кыанар киһи, этэргэ дылы, уол оҕо, ат кулун буола улаатар.

Дьэ ити иһин бу кинигэни, аҥаардас отчут-масчыт дьоҥҥо, булчуттарга, балыксыттарга эрэ анаан буолбакка, төрөппүттэргэ, оскуола оҕолоругар барыларыгар анаан суруйабын. Бу кинигэни бэрт кичэллээхтик остуолларыгар уура сылдьан күнүдьылы билгэлээһиҥҥэ туһана туралларыгар баҕарабын. Ол да иһин тус бэйэм оҕо эрдэхпиттэн кэтээн көрүүбүнэн уонна кырдьаҕастары кытары сэһэргэһэн хомуйбут билгэлээһиннэрбинэн муҥурдамматым. Элбэх ахсааннаах научнай-популярнай литератураны туһанан суруйдум. Онуоха кинигэҕэ киирбит бары билгэлээһин Саха сирин айылҕатын усулуобуйатыгар хайа эмэ өттүнэн сөп түбэһээрэй, онон ким баҕарар туһанаарай дии санаан киллэртээтим. Хайдаҕын да иһин биһиги, сахалар, күммүт-дьылбыт усулуобуйата атын омуктартан биллэр-көстөр атыннааҕын иһин бары биир сиргэ олордохпут дии, онон айылҕабыт туругар маарыннаһар өрүттэрбит элбэҕэ эмиэ биллэр.

Мин биир өйдөбүлү биэрэр ис хоһоонноох билгэлэр араас барыйааннарын быраҕан кэбиспэккэ, төһө кыалларынан киллэрэ сатаатым. Күнү-дьылы билгэлииргэ ити барыйааннар үөскээһиннэрэ биһиги Сахабыт сирин киэҥинэн быһаарыахха сөптөөх. Сир-сир аайы биир өйдөбүлү биэрэр билгэлээһиннэри араас-араастык этэллэр. Ол иһин ханна баҕарар өйдүүллэрин наадатыгар тус-туспа барыйааннары хайа кыалларынан (ол эрээри наһаалаабакка эрэ) киллэрэ сатаатым. Кинигэбэр ордук хото Саха сирин киин улуустарынааҕы сахалар билгэлэрэ киирдилэр. Ол инниттэн хотугу сахалар, Бүлүү эргиннэр билгэлээһиннэрин толору туһамматым. Ол эрэн бу билгэлээһиннэр кинилэр да олохторугар сыһыаннааҕа өйдөнөр дии саныыбын.

1992 сыллаахха суруналыыс И. Неустроевтыын «Сахалар күнү-дьылы билгэлээһиннэрэ» диэн кинигэни таһаарарбытыгар билгэлэри алпаабыт бэрээдэгинэн суруйбуппут. Ол көрдүүргэ, ааҕарга, туһанарга эрэйдээҕин туһунан кэккэ ааҕааччы этиитин учуоттаан, бу сырыыга саҥа кинигэбин суруйарбар ити ньыманы туһамматым. Ордук республика кырдьаҕас агронома Егор Васильевич Яковлев «айылҕа көстүүлэринэн ардах, хаар, тыал, тымныы, ичигэс, кураан, өҥ дьыл кэлиилэрин, о.д.а. наһаа бытарыппакка эрэ кэлим соҕустук бөлөхтөөн киллэрдэргин туһанарга, туттарга ордук табыгастаах буолуох этэ» диэн сүбэтин ылынан, саҥа суруйбут кинигэбэр билгэлэри сааһылаан киллэрдим.

    Ааптар

КҮНҮ-ДЬЫЛЫ БИЛГЭЛИИ ҮӨРЭН

Саха былыргы көлүөнэ дьоно үлэ үөһүгэр сылдьан күн-дьыл туругун мэлдьи кэтээн көрөллөрө уонна инникитин хайдах күн-дьыл күүтэрин сылыктыыллара. Бу үгэс билигин даҕаны салҕанан бара турар. Ол тыа сирин киһитэ үлэтин-хамнаһын тэрийэригэр көмөлөөх. Холобур, кураан кэмнэр уһуннук тура түһүөх буоллахтарына, ходуһаҕа отторун киэҥ далааһыннаахтык охсоллор, сөптөөхтүк куурдан баран мунньаллар. Ардах кэлээри гыннаҕына, охсууларын тохтото түһэн баран, отторун бугуллууллар уонна кэбиһэллэр. Ардах түһэ турдаҕына, уу отун охсоллор уонна ууттан ороон таһааран кураанах сиргэ тэлгэтэ ыһаллар, анаан лаабыс оҥорон, ол үрдүгэр уураллар. Өскөтүн ардах тохтуу-тохтуу түһэрин биллэхтэринэ, отторун охсуутун тохтотоллор. От, куура-куура сытыйдаҕына, хаачыстыбата улаханнык мөлтүүр. Ол кэриэтэ ардах түһэ турдаҕына охсуллубут от, ардах астыбытын кэннэ курааннаан баран иккиһин кэлбэтэҕинэ, күөҕүн, сүмэтин ыһыктыбат дииллэр. Күтэр ордуутун үрдүк сиргэ оҥосторун кэриэтэ, отторун уу ылбат үрдүк сиригэр кэбиһэллэр.

Урукку кэмҥэ нэһилиэккэ биир-икки дьылдьыт оҕонньор баар буолара. Холобур, биһиги Моорукпут нэһилиэгэр өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллэр норуот тылынан уус-уран айымньытын хомуйааччы, фольклорист Афанасий Семенович Порядин оҕонньор сураҕырара. Кини туһунан: «Охонооһой Бэрээдьин оҕонньор «аны сайын кураанныыр буолла, ый наһаа үөһэнэн сылдьар» диэбит үһү», – диэн кэпсэтэллэрэ. Оттон Чалҕаа нэһилиэгэр Лев Романович Скрябин оҕонньор, Моорукка Егор Васильевич Зыков ыраахха диэри иһиллэр билгэлээх дьон этилэр. Оттон хас түөлбэ, аймах аайы биирдии-иккилии күнү-дьылы билгэлиир уонна күннээҕи үлэни-хамнаһы тэрийэр кырдьаҕас дьон баар буолара. Холобур, мин аҕам Михаил Владимирович Сосин миэхэ сарсын хайдах күн буоларын эрдэттэн сэрэтэрэ. Биирдэ биһиги Мээтэгэй диэн сиргэ отоннуу бараары олордохпутуна: «Отоннуу барбаппыт, көрүҥ эрэ ньээм оту. Бэҕэһээ наһаа элбэх сибэкки баара. Оттон бүгүн ханан даҕаны биир да сибэкки көстүбэт, бары ханна эрэ саһан хаалбыттар. Ити ардахха буолар баҕайыта», – диэн аҕам тохтотон кэбиспитэ. Кырдьык, ол күн от-мас сытыйар улахан ардаҕа түспүтэ.

Мин сэрии буоллаҕын иккис сайыныгар субан сүөһү маныыһытынан Михаил Гаврильевич Сосин-Бакат Мэхээс, Алексей Гаврильевич Сокольников-Мондоҕос Өлөксөй диэн ааттаах кырдьаҕас дьону кытта үлэлээбитим. Кинилэр киэһэ, сарсыарда көрсүһэ түһэн күн-дьыл хайдах буолуоҕун туһунан билгэлииллэрэ. Онтукалара өрүүтүн таба буолара. Сотору кэминэн ардах кэлиэх буоллаҕына, «сылгы буорга күөлэһийэр», «ыт утуйа мээрик буолла», «мутукча сиигирбит, тиит лабаалара аллара санньыспыттар», «баҕа хонууга тахсыбыт», онтон даҕаны атын бэрт элбэх билгэни этэллэрэ. Ол барыта уот харахха түбэһэн иһэрин мин сөҕө уонна дьиктиргии саныырым.

Биирдэ мин Өлөксөйтөн: «Эһиги сарсыҥҥы күн хайдах буолуохтааҕын туһунан эндэппэккэ билэҕит. Ким эһигини үөрэппитэй?» – диэн ыйыппытым. Онуоха Өлөксөй: «Ким да биһигини анаан-минээн үөрэппэтэҕэ. Оҕо эрдэхпититтэн кырдьаҕастар кэпсэтэллэриттэн үөрэммиппит. Дьылдьыт буолуоххун баҕарар буоллаххына, тулалыыр эйгэҕин болҕомтолоохтук, сирийэн көрө үөрэн. Холобур, сайын кураан кэмҥэ сарсыарда олбуоргар таҕыстаххына, ньээм от араҕас төбөтүн арыйбытынан көрүстэҕинэ, бүгүн ардаҕы күүтүмэ, оттон ардах кэлиэх буоллаҕына, ньээм от сибэккитин кистээн кэбиһэр. Көр эрэ, ол хараҥаччылар төһө үөһэнэн көтөллөрүй?» – диэн баран, күөл үрдүнэн көтө сылдьар хараҥаччылары көрдөрбүтэ. Хараҥаччылар бэрт үөһэнэн, наһаа түргэнник көтө сылдьаллара. «Мин санаабар хараҥаччылар үрдүк соҕустук көтө сылдьаллар», – диэн арыый тардына соҕус эппиэттээбититим. «Ол аата ардах сотору түспэт, ардах кэлэрэ эбитэ буоллар, кинилэр алларанан көтүөх этилэр. Билигин өйдөөн иһит эрэ. Аһыҥалар эрбэһин от быыһыгар төһө сырдырҕаһалларый?» – Өлөксөй миигиттэн салгыы ыйыппыта. Онуоха мин эрбэһин быыһынан аһыҥалар сып-сырдырҕастарын туһунан эппитим. Киһим мин сирэйбин батары көрөн туран: «Дьэ ити, эн бэйэҥ эт кулгааххынан иһиттиҥ, илэ хараххынан көрдүҥ дии. Аһыҥалар сып-сырдырҕастар. Ити эмиэ кураан билгэтэ. Оттон ардах чугас буоллаҕына, аһыҥалар, от быыһыгар кирийэн, саһан хаалыахтар этэ», – диэн быһааран биэрбитэ.

Ити кэмтэн ылата мин киниттэн күн-дьыл туһунан ыйыттахпына, быһааран биэрэрин оннугар «эн хайыы-үйэҕэ обургу, оттомноох, өйгүн-санааҕын тутан эрэр оҕоҕун. Бэйэҥ күнү-дьылы билгэлии үөрэн. Көр, ити баҕалар хонууга тахсан, ыстаҥалаһа сылдьаллар, тоҕо буолуой? Эн итини миэхэ быһааран кулу», эбэтэр «быйыл күһүн ити хатыҥнар төбөлөрүттэн аллара диэки хагдарыйан эрэллэр, тоҕо итинник буолуой?» диэн бэйэбиттэн быһаартара сатыыра.

Мин үксүгэр кини биэрэр ыйытыыларын кыайан быһаарбат этим. Онуоха кини миэхэ өйдөтөн биэрэрэ. Ол кэннэ түмүгэр: "Тукаам, эн кэлэр сууккаҕа хайдах күн-дьыл буолуоҕун туһунан билэ сатыырыҥ үчүгэй. Ол эрэн тус бэйэҥ билгэлии үөрэн. Кырдьаҕастар сарсын хайдах күн-дьыл буолуохтааҕын билгэлээн этэллэрин көннөрү кулгааххынан истэн эрэ кэбиһимэ. Ол истибитиҥ тоҕо оннук буолуохтааҕын, туохха олоҕуран этиллэрин туһунан токкоолоһон ыйыт, ол кэннэ бэйэҥ бэлиэтии көр уонна өйгөр-санааҕар бигэтик хатаан кэбис», – диэн бэрт кичимэлээн эппитэ.

Бу 1942 сыллааҕы ардаҕа суох уот кураан, элбэх аһыҥалаах, от, бурдук үүммэтэх сайыныгар этэ. Мин субаннарбын манаан, кинилэри наар батыһа, сороҕор алаастан алааска үүрэн мэччитэрим. Онон бүтүн күнү быһа аһаҕас халлаан анныгар, айылҕа үөһүгэр сүөһүлэрбин кытары соҕотоҕун сылдьарым. Күн-дьыл уларыйыытын туһунан Мэхээстээх Өлөксөй кэпсээннэриттэн өйдөөн хаалбыппынан, бэйэм тулалыыр эйгэбин чинчийэ көрөр идэлэммитим. Ол миигин элбэххэ үөрэппитэ.

Оҕолор бэрт кыра эрдэхтэриттэн айылҕаны кытары ыкса алтыһан, кини кэрэтинэн дуоһуйан, кэрэхсээн, айылҕаны харыстыыр буола улааталлара наада. Итиниэхэ күн-дьыл уларыйыытын билэллэрэ улахан суолталаах. Онон кыра саастарыттан үүнээйи, көтөр, сүүрэр атахтаах уонна араас үөн-көйүүр олоҕун билэргэ уонна күнү-дьылы билгэлииргэ үөрэннэхтэринэ, бэйэлэригэр туһалаах буолуоҕа. Ол иһин төрөппүттэр, атын да аҕа саастаах дьон, оҕолору бэйэлэрин кытта бииргэ илдьэ сылдьан күн-дьыл уларыйыытын туһунан биллэрэр эбээһинэстээхтэр. Оччоҕо оҕолор бэйэлэрэ айылҕа элбэх кистэлэҥин арыйыахтара, хамсыыр-харамайдар, үүнээйилэр олохторун туһунан урут билбэтэхтэрин билиэхтэрэ, көрбөтөхтөрүн көрүөхтэрэ. Устунан тулалыыр эйгэлэрин – айылҕаны таптыырга уонна кини тус бэйэтин кэрэтинэн дуоһуйарга үөрэниэхтэрэ, итиэннэ, кылаабынайа, айылҕаҕа олус харыстабыллаахтык сыһыаннаһар буолуохтара. Киһи буола ситэллэрин саҕана, чахчы даҕаны, үрдүк экологическэй култууралаах, төрөөбүт төрүт дойдуларыгар тапталлаахтык сыһыаннаһар дьиҥнээх патриот буола улааталларыгар тирэх буолуоҕа.

Ол да иһин оҕолор, эдэр дьон, күнү-дьылы билгэлии үөрэниҥ, оччоҕо эһиги иннигитигэр айылҕа бэрт элбэх кистэлэҥэ арыллыаҕа. Кинилэр олохторун туһунан урут билбэтэххитин, аахпатаххытын билиэххит. Айылҕаны таптыырга, кини кэрэтинэн толору дуоһуйарга үөрэниэххит, айылҕаҕа харыстабыллаахтык сыһыаннаһар буолуоххут.

ҮҮНЭЭЙИНЭН БИЛГЭЛЭЭҺИН

Үүнээйи, көтөр-сүүрэр, үөн-көйүүр арааһа уонна айылҕа атын да көстүүлэрэ күн-дьыл уларыйыыларын эрдэттэн билэр дьоҕурдаахтар. Холобур, ардах буоларыгар ходуһаҕа хадьымалтан уу бырдаҥалыыр, охсуллар от төрдө сымныыр. Тулаҕар үөн-көйүүр хойдор, кыра чыычаахтар иһийэллэр, тураахтар, атын да көтөрдөр салбаҕыраллар, көтөллөрө бытаарар. Буруо алларанан устар. Оттон кураан буоларыгар көтөрдөр сэргэхсийэллэр, сырыылара түргэтиир. От-мас сэргэхсийэр, сибэккилэрэ тахсар, үөн арааһа элбиир, барыылара-кэлиилэрэ түргэтиир, сыыдамсыйар.

Билигин сир үрдүгэр баар үүнээйи 400-чэкэ көрүҥэ күн-дьыл уларыйыытын эрдэттэн билэллэр диэн үөрэхтээхтэр этэллэр. Үүнээйи син биир тыынар тыыннаах, бэйэтэ олорор олохтоох: аһыыр, сайдар, үүнэр, улаатар, сибэккилэнэр, сиэмэлэнэр кэмнээх, тиһэҕэр кэрэ бэйэтэ кэхтэр, устунан өлөр дььылҕалаах.

Ол сиэринэн үүнээйилэр олохторугар күн-дьыл усулуобуйата, туруга быһаччы дьайар. Холобурун ылан эттэххэ, уһун кэмнээх курааннарга үүнээйилэр хатан-кууран кэхтэллэр, үүнүүлэрэ бытаарар. Оттон өҥ, угут дьылларга кинилэр торолуйан тахсаллар. Тымныыга сайдыылара бытаарар, хаһыҥҥа үлүйэллэр, салгыы кэхтэллэр. Тыал, тымныы үүнээйи сүрүн аһылыгын, сир сиигин, салгыҥҥа көтүтэр, кураан буоллаҕына, куурдан кэбиһэр, онон үүнээйи салгыы үүммэт, сайдыбат.

Биһиги үүнээйи уу тыыннааҕын туһунан бэрт үчүгэйдик билэбит. Кини силистэринэн ууну уонна сууралла сылдьар минеральнай туустары ылар. Онон үүнүүтэ түргэтиир.

Кураан уһаары гыннаҕына, харас мас сэбирдэхтэригэр элбэх тойон ыҥырыа, тигээйи, сахсырҕа мустар, сүмэтин уулууллар. Мантан сиэттэрэн өтөрүнэн ардах түһүмээри гыннаҕа диэн билгэлииллэр. Оттон ардах чугаһаатаҕына, харас ыалдьыта аҕыйыыр, төрүт даҕаны суох буолар, ол оннугар хаптаҕас, моонньоҕон угар элбииллэр.

Сорох үүнээйи курааҥҥа ордук элбэх нектары таһаарар. Атыттар ардах чугаһаан эрдэҕинэ, мүөттэнэллэр. Нектар саахардаах, араас битэмииннээх, органическай уонна минеральнай веществолардаах буолан, кыра харамайдары бэйэтигэр тардар. Ол тэҥэ нектар арамаат, мүөт сытын биэрэр араас эфирнэй арыылаах. Ол иһин харас курааҥҥа, хаптаҕас уонна моонньоҕон уктара ардах иннинэ арамаат сытынан күүскэ дыргыйаллар, хамсыыр-харамайы тардаллар.

Элбэх үүнээйилэр олох чугастааҕы кэминэн ардах кэлэрин, кураан күн-дьыл турарын биллэрэллэр. Ардах чугаһаатаҕына, сибэкки ордук сыттанар, тыаҕа муох уонна лабыкта сымныыллар, ходуһаҕа охсуллубут хадьымалтан уу бырдаҥалыыр, тиит, харыйа лабаалара, хатыҥнар, талахтар сэбирдэхтэрэ аллара намылыйаллар. Ардахтаах сайыҥҥа дулҕа ото эрдэ хараарар. Былыт, ардах кэлэригэр тыаҕа абырҕал тостумтуота суох буолар. Ардах чугаһаатаҕына, дөлүһүөн хатыытын, ньээм, алтан оттор сибэккилэрин кистииллэр, курааҥҥа арыйаллар. Сайын устата үүммүт ииччэх талах кылгас буоллаҕына, кыһыныгар хаара чараас, оттон уһун буоллаҕына, хаара халыҥ буолар.

Кураан сайыҥҥа от-мас сэбирдэҕэ, тиит мутукчата олус иинэҕэс буолар. Мастар сэбирдэхтэрэ иинэҕэс уонна болоорходуйан көстөр буоллахтарына – кураан сайын, оттон килэбэчийэн көстөр буоллахтарына – өҥ сайын. Мутукчаҕа мүөт түспүт сайыныгар от сүмэлээх, ыанар ынахха үүттээх сайын буолар. Быйыл сайын үүммүт от төһө сүмэлээҕин, кыһын ынахха төһө тотоойу буолуо сөбүн туһунан сэбирдэҕи ытыстарыгар хомуйан, чөмөхтүү ыга тутан баран сиргэ быраҕан билэллэр. Сэбирдэх ыһыллыбакка чөмөхтүү түстэҕинэ – от сүмэтэ элбэх, сүөһү сииригэр тотоойу, оттон ыһылла түстэҕинэ – сүмэтэ, сүөһүгэ туһалаах эттиктэрэ, протеин, каратин, кальций, фосфор о.д.а., олус аҕыйах. От соппоҥ буолан сүөһүлэр ыраллар, сороҕор өлүөхтэрин да сөп. Ол иһин маннык кыстыкка эбии аһылык туһунан кэпсэтии барааччы.

Сахалар күнү-дьылы билгэлээһиннэригэр ньургуһун сибэкки бэрт элбэҕи кэрэһилиир. Ньургуһун сааһыары сайын иккистээн таҕыстаҕына, өҥ сайын кэлэр. Ньургуһун биир олохтон хойуутук (15—16 сибэкки) таҕыстаҕына, кэлэр сайын өҥ, үүнүүлээх буолар. Ньургуһун, онтон да атын симэх оттор атырдьах ыйыгар хойуутук тахсыбыт буоллахтарына, сыһыыга үөн-көйүүр элбиир, тыаҕа отон, тэллэй хойуутук тахсар, күһүнэ уһуур. Ньургуһун саас эрдэлээн тахсан иһэн эмискэ баҕайы кэҕиннэҕинэ, кэлэр сайын тыаллаах-куустаах, хаҕыс, кураан буолар, өрт уота сотору-сотору турар сайынын күүтэллэр. Ньургуһун сэбирдэҕэ улахан уонна ньалҕархай буоллаҕына, үчүгэй сайыны билгэлииллэр. Ньургуһун хойуутук үүммүт, эбэтэр сибэкки арааһа сир аайы элбэхтик уонна көхтөөхтүк тахсыбыт буоллаҕына, күһүнүн сир аһа өлгөм буолар. Ньургуһуна аҕыйах буоллаҕына, саас хара хапсыырдаах, тымныы, хаҕыс буолар.

Сахалар үүнээйилэр кэлэр кыһыны хайдах көрсөллөрүн кэтээн көрөн уһун болдьохтоох билгэлээһиннэри оҥороллор. Холобур, тиит көтөҕөтө түспэккэ эрэ ытырбытынан тоҥноҕуна, кэлэр саас көтөҕө хаары эрдэ быһыта сиэн, уулларан уута суох буолар. Хатыҥ уонна тэтиҥ сэбирдэхтэрэ күһүн сиргэ ыраастык саһаран түстэхтэринэ, эһиилигэр үүнүүлээх сайыны күүтүөххэ сөптөөҕүн туһунан билгэлииллэр. Хатыҥнар күһүн чыпчаалларыттан саһардахтарына, эһиилигэр саас эрдэ, оттон аллараттан саһардахтарына, саас хойутаан кэлэр диэн сылыктыыллар.

КӨТӨРҮНЭН-СҮҮРЭРИНЭН БИЛГЭЛЭЭҺИН

Көтөрдөр, сүүрэр атахтаахтар, эмиэ киһи курдук – айылҕа оҕолоро. Кинилэр күн-дьыл уларыйыытын эрдэттэн билиилэрэ олохторугар быһаччы сыһыаннаах. Куобах уһун силбик ардах-хаар кэлэригэр сарсыарда уйатыгар сыппакка, хойукка диэри аһыыр, онон кини куртаҕар ас саппааһын мунньунар. Ардах чиэрбэтэ мэлдьитин кэриэтэ сир кырсын анныгар буорга олорор бэйэтэ, ардах уута кини сылдьар холлорооннорун толороруттан куттанан, ардах түһүөн аҕай иннинэ хонууга тахсар. Оттон тымныы саас буоларыгар көтөрдөр уйаларын күн көрөр, сылаас өттүгэр тутталлар.

Өрүскэ, үрэххэ уу эбиллиэх буоллаҕына, күтэр хороонун үрдүк кырдал сиргэ, күн көрөр өттүгэр хастар. Уһун уонна тымныы кыһын буолуоҕун билэннэр кэрбээччилэр (кутуйах, күтэр, моҕотой, дьабарааскы, о.д.а.) кыстыктарыгар элбэх аһы хаһааналлар. Хорооннорун дириҥник хасталлар, тэллэх отторо элбэх буолар. Оттон улахан тымныыта суох, халыҥ хаардаах, сылаас кыһын кэлиэх буоллаҕына, хорооннорун дириҥэппэттэр, эбэтэр чычаастык хасталлар.

Ардах кэлэригэр хараҥаччылар алларанан көтөллөрүн киһи үксэ билэр. Ити айылҕаны, күн-дьыл уларыйыытын кытары сибээстээх. Ардах чугаһаатаҕына, салгын баттааһына чиҥиир. Оччотугар үөн-көйүүр (бырдах, сахсырҕа, о.д.а.) аллара түһэр. Хараҥаччы кинилэри бултаһар буолан, батыһан аллара түһэр. Оттон курааҥҥа салгын баттааһына аччыыр, оччоҕо били үөннэр үөһэ көтөн тахсаллар, хараҥаччы даҕаны үөһэнэн кыырайа көтөр.

Тоноҕосчут үчүгэй күҥҥэ үксүгэр соҕотоҕун, ардыгар пааралаһан көтөр. Ити кэмҥэ кини, туохха даҕаны ыксаабат курдук, мастан маска түһэн, хонууну үрдүнэн көтөн тэлбээрэ сылдьааччы. Оттон ардах кэлэригэр майгыта-сигилитэ уларыйар. Туохтан эрэ аймаммыт, долгуйбут көрүҥнэнэр, көтөрө түргэтиир, алларанан сылдьар, ону ааһан ардах кэлээри гыннаҕына, элбэх буолан үөрүнэн көтөллөр. Ити эмиэ киниэхэ салгын баттааһына дьайарыттан буолар.

Кураан күннэргэ элиэ кырдьаҕас үөһэнэн, туохха даҕаны кыһамматах курдук, бэрт холку баҕайытык көтөн тэлээрэ сылдьааччы. Оттон ардах кэлэрин биллэҕинэ, кини холку бэйэтэ айманар, көтөр бэрээдэгэ кэһиллэр. Туохтан эрэ олус айманан сылгы курдук кистиир. Оттон халлаан биир маанылаах көтөрө туруйа барахсан хаһыыта дорҕоонноох буоллаҕына, «өтөрүнэн ардах түһүө суох» диэн этээччилэр.

Күн-дьыл уларыйыытын кэтээн көрөргө «тураахтары кэтээн көрөр ордук улахан көдьүүстээх» диэн бигэргэтэллэр. Тураах Саха сирин соҕуруу дойдуга кыстыы барар көтөрүттэн биир саамай дьоһуннаахтара. Саас муус устар уонун диэки кэлэр, ол кэннэ сайыны быһа дьон-сэргэ чугаһыгар сайылыыр. Тураах уйа туттан сымыыттыыр, оҕолорун таһааран көтүтэр, "оскуола аһан» хайдах көтөллөрүгэр, бултуулларыгар үөрэтэр, күһүн, сэтинньи саҥатыгар, кыстыгар көтөр.

Тураах күөмэйэ кэһиэҕирдэҕинэ, бэйэтэ бөгдьөйөн хааллаҕына, сотору кэминэн силбиктээх, ардахтаах күннэри күүтэллэр. Тураах соҕурууттан кэлэн баран дааҕырҕаабакка эрэ соҕотоҕун соҥуоран сырыттаҕына, сааскыта улахан хатааһыннаах, оттон кэлээт даҕаны уйатыгар сымыыт баттыырга тэриннэҕинэ, саас ичигэс буолар. Кини эрдэтээҥҥи сааскы хаарга умсар буоллаҕына, сотору күн-дьыл көнүөхтээх. Оттон иккиэ, эбэтэр элбэх буолан маска олорон дааҕырҕастахтарына, сотору кэминэн кинилэр хайыһан олорбут өттүлэриттэн тыалырар. Тураахтар халдьаайыга күн көрөр өттүгэр уйаларын тутуннахтарына, тымныы сайыны биттэнэллэр. Куула тыаҕа, күн сэдэхтик көрөр сиригэр уйаланнахтарына, ичигэс саас буолар. Сайын үөрүнэн түмсэн үөһэнэн былыт аннынан көтө сылдьан дааҕырҕастахтарына, ардах кэлэр.


Вы ознакомились с фрагментом книги.
Для бесплатного чтения открыта только часть текста.
Приобретайте полный текст книги у нашего партнера:
Полная версия книги
(всего 10 форматов)