скачать книгу бесплатно
Айылҕаттан аналлаах Чугдаара Хотун
Галина Васильевна Нельбисова
Кинигэҕэ Амма Алтаныгар олорор айылҕаттан анаммыт дьикти дьоҕурдаах Матрена Ивановна Григорьева-Чугдаара Хотун ураты дьылҕата, дьону-сэргэни хайдах эмтээн саҕалаабыта, аһыллыбыта кини истиҥ кэпсээнинэн, этитиилээх хоһооннорунан уонна суруммут бэлиэтээһиннэрин быһа тардыыларынан сырдатыллар.
Бар дьонугар сырдыгынан сыдьаайар Чугдаара Хотун күннээҕи олохпутугар туһалаах сүбэлэрин билсиҥ, алгыстаах чуораанын аргыс оҥостуҥ.
Галина Васильевна Нельбисова
Айылҕаттан аналлаах Чугдаара Хотун
ИЙЭЛЭЭХ АҔАМ ЭППИТТЭРИН ЭППЭР-ХААММАР ИҤЭРЭН
– Эс, кыыһыҥ батыһан кэлбит буолбат дуо? – Иван Афанасьевич соһуйан тобугун охсунан ылбыта.
– Муочуска дуо? Оо, дьэ! Ханна баарын көрөҕүнүй? – Анна Прокопьевна кыысчаанын көрдөөн, кулууп саалатын эргим-ургум көрбүтэ.
– Оо-оол оһох кэннигэр оҕо төбөтө лэкээрэр, биһиги кыыспыт киэнэ, – аҕа бэркэ манньыйбыт куолаһынан эппиэттээбитэ.
Ити биэс уонча сыл анараа өттүгэр Уус Алдан Майаҕаһын кулуубугар Анна Прокопьевна уонна Иван Афанасьевич Стручковтар киинэ көрө кэлбиттэригэр улахан оҕолоро Матрена кинилэри сайыһан, биллибэтинэн-көстүбэтинэн кэлэн олорорун туһунан кэпсэтиилэрэ.
Билигин Амма Алтаныгар олорор, айылҕаттан айдарыылаах саха эмчитэ Матрена Ивановна Григорьева-Чугдаара Хотун оҕо эрдэҕиттэн сытыытынан-хотуутунан «баппатын» туһунан сылаанньыйа ахтар-саныыр.
– Уон ыйбар хаампыт үһүбүн, тоҕус ыйбар тылламмыппын. Биирим ааһыыта киһини кытта толору кэпсэтэр буолбуппун.
Уол оҕо курдук этим. Дьэ мин быракааһым элбэҕэ. Дэлэ кыһалҕаттан буолуо дуо, ампаарга өтүү быанан баайан кэбиһэллэрэ, ону сүөртэрэн, бара сатыыр айдааннааҕым. Уолаттары кытта табаарыстаһарым, наар тыаҕа оту-маһы ааҕан, күөх дуолга көҥүл-босхо сылдьарбын туохтааҕар да ордорорум.
Уус Алдан улууһун Майаҕас сэлиэнньэтиттэн төрүттээхпин. Аҕам Иван Афанасьевич Стручков Майаҕастан, ийэм Анна Прокопьевна Петухова Кэптэниттэн силистээх-мутуктаах дьон. Алта оҕолоох ыалга улаханнарабын.
Кыра эрдэхпиттэн эбэлэрбэр олус чугас этим. Аатын биэрбит эбэм, аҕам ийэтэ Матрена Григорьевна-Матырыас миигин наһаа таптыыра. Эбээ оҕото этим. Эһэм Афанасий Иванович Стручков, дьонугар-сэргэтигэр Тоҥхоҥнуур диэн аатынан биллэрэ.
Ийэм төрөппүттэрэ Прокопий Семенович Петухов-Кырааһынай уонна Евдокия Романовна Алексеева сайылыкка олорооччулар. Кинилэргэ барарым миэхэ туохха да тэҥнэспэт үөрүү, улахан наҕараада курдук этэ. Сарсыарда уһугуннахпына сибилигин ыаныллыбыт үүт минньигэс сыта, эбэм күөрчэҕин ытыйар тыаһа дьоллоох оҕо сааһым умнуллубат түгэннэрэ буоллахтара эбээт! Эбэм ынах хомуйа барарыгар миигин сүгэ сылдьара, эмп оҥороругар от хомуйара.
Ийэлээх аҕам иккиэн үлэни өрө туппут дьон. Кырабар Кэптэни бөһүөлэгэр көспүппүт. Ийэм өр сыл устатыгар элбэх сыратын, кыһамньытын биэрэн оҕо саадыгар ньээҥкэлээбитэ, кэлин аптекаҕа санитаркалаабыта. Аҕам суоппар, тырахтарыыс идэлээҕэ. «Чөмпүйүөн суоппар» аатын ылыар диэри бэриниилээхтик үлэлээбитэ. Үлэтигэр өрүү үрдүк кирбиилэри ситиһэн, социалистическай үлэ кыайыылааҕынан буолара. Бөһүөлэккэ дьонум ытыктанар ыал этилэр.
Тустаах үлэлэрин таһынан бөһүөлэк общественнай олоҕор көхтөөхтүк кытталлара. Онон биһигини, бэйэлэринэн үтүө холобур буолан, батыһыннара сылдьан үлэни таптыырга, үлэһит дьону ытыктыырга үөрэппиттэрэ. Этэргэ дылы, «кытай курдук» үлэһит ыал этибит. Биһигини, алта оҕолорун сатыылларыгар барытыгар такайбыттара. Онон бука бары туох да үлэттэн куттаммаппыт, бэйэбит оҕолорбутун эмиэ оннук ииттибит.
Ийэлээх аҕабыт үлэни, спорду, чэгиэн-чэбдик буолууну кытта алтыһыннаран тэрийэллэрэ. Ол биһиэхэ бырааһынньык кэриэтэ этэ.
Холобур, муус ыларбытыгар, мас мастыырбытыгар хайыһардаах, хаҥкылаах барарбыт. Ийэбит минньигэс, сылаас аһы өйүөлээн ыытааччы. Ыраас салгынынан дуоһуйа тыынан, эппитин-хааммытын эрчийэн, үлэ бөҕөтүн бүтэрэн-оһорон, астынан, сынньанан кэлэрбит.
Аҕабыт наһаа эйэҕэс майгылаах, олус аймаҕымсах этэ. Кыыһыра сылдьарын хаһан да көрбөтөхпүт, наһаалаатахха биирдэ эмэ таһылларбыт. Ханна да сырыттар, сиэри-туому тутуһарга үөрэтэрэ-такайара. «Сиргитигэр-уоккутугар өрүү махтана, киниттэн көрдөһө сылдьар буолуҥ» диирэ. Сылдьарбыт тухары аҕабыт этиитин толорон, Кэптэни эбэбит кытыытын, сылдьар сирбитин-уоппутун наар ыраастааччыбыт.
Ону тэҥэ бултуурун сөбүлүүрэ. Эбэ кыйа хайыһар суолун тэлээччи. Хайыһардыы бардахпытына куобах кэһиилээх кэлээччибит. Онон биһиги, оҕолор, бары сааланарбыт, туһах иитэрбит, илим көрөрбүт.
Аҕабыт Уус Алдан улууһун спордун бэтэрээнэ. Хайыһардыыра, сүүрэрэрэ, бэлисипиэт тэбэрэ. Онон кинини утумнаан бары кыанабыт, спорка олус чугаспыт, хайыһардыыбыт.
Ити үтүө үгэс сиэннэргэ эмиэ бэриллибит. Эһэтин туйаҕын хатарбыт сиэммит Ваня Аржаков хайыһардыыр, сүүрэр. Быйыл «Дети Азии» оонньууга 3 км сүүрүүгэ бастаабыта. Оонньуу сабыллыытыгар аныгы сырыыга оонньууну тэрийэр Монголия дойдутугар былааҕы туттарыы сиэригэр-туомугар кыттар чиэскэ тиксибитэ. Кыра балтым, Ваня ийэтэ Гея кэргэнинээн Дмитрийдиин Өлүөхүмэ оскуолатыгар физкультура учууталынан үлэлииллэр, тириэньэрдэр.
Ийэбит, элбэх оҕолоох киһи сиэринэн, дьиэтин-уотун көрүүтүн уонна үлэтин-хамнаһын тэбис-тэҥҥэ тутан, бүтэрэн-оһорон иһээри, түбүгэ баһаам буолара, биир сиргэ таба олорбото.
Ийэм ис-иһиттэн ыраас, чэнчис. Бэрээдэги сөбүлүүр. Киниэнэ туппута-хаппыта барыта тып-тап курдук, түргэн-тарҕан. Амтаннаах асчыт, иистэнньэҥ. Айылҕаттан бэриллибит ис култууралаах хаһаайка. Аһыыр остуол кыраһыабай сервировкалаах, мааны иһиттэринэн киэргэтиллибит буоларын сөбүлүүр. Хас биирдии киһиэхэ быһах, биилкэ, ньуоска хайаан да уурулларын тутуһар. Кини бэлэмниир кэнсиэрбэтин, барыанньатын, утаҕын арааһын ааҕан сиппэккин.
Аҕабыт былырыын сайын орто дойдуттан бараахтаабыта… Ийэбит барахсан кытта кырдьыбытын суохтаата ахан… Ол гынан баран, син биир кимиэхэ эмэ туһалаатарбын диэн, дьэ олорон турбат. Сиэннэрин көрсөр, туохха барытыгар көмөлөһөр, сүбэ-ама, күүс-көмө буола сылдьар.
Кыра сырыттахха ийэҥ, аҕаҥ эппиттэрэ-тыыммыттара эккэр-хааҥҥар хаалар эбит. Ол үтүө тылларын олоҕуҥ устата туһанар эбиккин… – диэн Матрена Ивановна оҕо сааһын күөрэгэйдээх хонууларыгар, алгыстаах алаастарыгар ахтылҕаннаах санаатынан төннөн ылбыта…
ОҔО СААҺЫМ ЫЛЛЫКТАРА
– Кэптэнигэ ыаллаһа олорбут саамай чугас дьүөгэлэрбин Вера Заровняеваны уонна Шура Лугинованы кытта эмиэ ойууру кэрийэн тахсар этибит. Мин батыһыннартыыр буоллаҕым. Сороҕор үлтү тоҥуохпутугар диэри сылдьан, киэһэ хойут төннөрбүт. Биэрискэм ис-иһиттэн нарын-намчы, ол иһин сороҕор кинини сүгэрим. Шуркаанайым наһаа күлүүк, ханнык да түгэҥҥэ биһигини сэргэхситэрэ. Вера олоҕун үҥкүүгэ аныах киһи диэх курдук, наар индийскэйдии үҥкүүлээн тэлээрэрэ.
Тыаҕа бардахпытына, тэтиҥ сэбирдэҕин тэлгэнэн матараас оҥостон, халлааны одуулуурбут. Дьэ уонна бэйэбит айбыт «жу-жу-жуу, жа-жа-жаа» сүһүөҕүнэн ырыабытын тардан кэбиһэрбит. «Сэкириэттэһэр ырыабыт» диэн ааттыырбыт.
Аҕам кыра эрдэхпиттэн миигин спорка сыһыарбыт буолан, төрдүс кылаастан саҕалаан, улуустааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымнаах күрэхтэһиилэргэ хайыһардаан бириистээх миэстэҕэ тиксэрим, чөмпүйүөн аатын ыларым. Лөгөй орто оскуолатын талыллыбыт хамаандатыгар баарым. Онон наар күрэхтэһиилэргэ барар буолан, куоттарарым эмиэ элбэх этэ. Ол иһин октябренокка, пионерга да киирбитим сороҕо «остуоруйалаах».
Ол саҕанааҕы оҕо сиэринэн октябренокка, пионерга да киирэрбэр наһаа долгуйарбын өйдүүбүн. Арай октябренок буоларбар ийэм наһаа үчүгэй перламутровай значогу биэрбитэ. Онтубун сарсыарда оскуолабар бараары сылдьан муоста хайаҕаһыгар түһэрэн кэбистим. Убайым Боруонньуска борубулуохаҕа иилэн таһаарбытыгар үөрбүппүөн! Дьэ онтубун үтүлүктээх илиибинэн, курустаалы тутар курдук бүөбэйдээн, оскуолабар илдьибитим.
Арай муус устар ыйга хайыһар күрэхтэһиититтэн кэлэн кылааспар киирбитим – оҕолорум түөстэрэ кыһыл хаалтыһынан кыыһан олорор. Пионерга киирбиттэр. Арай мөлтөх бэрээдэктээх, үөрэхтэригэр соһуллар эрэ оҕолор маппыттар. Наһаа хомойдум, ытаатым, хайдах эрэ бэйэбин «сыгынньах» турар курдук сананным. Дьэ онтон пионер-баһаатайым Валентина уоскутан: «Эйигин саас «костер» кэмигэр пионерга ылыахпыт», – диэтэ. Дьэ күүттэрэн-күүттэрэн ол күн үүммүтүгэр, эмиэ ийэм биэрбит наһаа кыраһыабай, бүүрүктээх хаалтыһын илиибэр тэлээрдибитинэн күөлбүн кыйа сүүрбүтүм ээ!
Дьүөгэлэрим Шуркаанай учуутал, Биэрискэ үҥкүүһүт буолуохтарын баҕараллара. Вера Улан Удэтааҕы култуура институгар үөрэнэн, дьулуспут идэтин баһылаабыта. Кини билигин Кэптэни кулуубугар методист хореограбынан үлэлиир. Шура элбэх оҕолоох ыал ийэтэ буолан олорор.
Мин оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан ордук биологияны, зоологияны, химияны сөбүлүүр этим. Оскуоланы бүтэрэрбэр аҕам миигин физкультурнайга киирдин диэн Дьокуускайга атаарбыта. Ону мин, оччоттон ыра санаа оҥостубут Аммабар тардыһан, хаһан да билбэтэх-көрбөтөх Алтаным сиригэр дьылҕам ыйбыт суолун тэлэн тиийэн кэлбитим, – Матрена ис-иһиттэн сырдаан, үөрэн олорон оҕо сааһын, оскуолатааҕы оһуордаах кэмнэрин ахтыбыта.
АММА ЫҤЫРАР, УГУЙАР ЭТЭ…
Оскуоланы саҥа бүтэрбит Мотя бэйэтэ да билбэтинэн, ыраах баар билбэтэх-көрбөтөх дойдутугар «күннүк сиртэн көҕөрөр, көстөр үрдүк хайалардаах, күлүмүрдүү долгуйар, устар чуумпу уулардаах» Аммаҕа куттуун-сүрдүүн курдаттыы тардыһар курдуга. Наһаа сөбүлээн истэр ырыаһыта, айылҕаттан кэрэ куоластаах Ольга Иванова ыллаан эҥээритэрин наһаа сөбүлүүрэ, ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо холбоммут Амма сардааналаах кырдалларынан хаамыан долгуйан туран баҕарара…
Төһө даҕаны аҕатын баҕа санаатын толорбокко, туспа суолу тутуһан эрэриттэн буруйдана санаатар, Дьокуускайга «Амма оройуонун Алтаныгар СПТУ ыҥырар» диэн биллэриигэ түбэһэ түһээт, айан суолун тутан, ыра санаа оҥостубут Аммалыыр суолугар тахсыбыта. Онто баара Алтана бэттэх, Аммата ыраах буолан биэрбитэ.
Олоҕун ыйааҕа хайдах ыйбытынан буоллаҕа эбээт, эдэркээн кыыс олоҕун суола Алтан сиригэр түстэммитинэн барбыта. Училищеҕа ветеринар-осеменатор идэтин талбыта. Эдэр киһи сиэринэн туохха барытыгар көхтөөхтүк кыттара, үҥкүүлэри тэрийсэрэ. Ол сылдьан СПТУ-га үөрэнээччилэр бары тумус туттар, батыһа сылдьар улахан уҥуохтаах, бигэ-таҕа көрүҥнээх Дима диэн уолларын кытта бэйэ- бэйэлэрин диэки уратытык көрсөр буолбуттарын чараас сүрэҕинэн сэрэйбитэ, тапталтан долгуйуу дьиктилээх иэйиилэриттэн дьол кустугар куустарбыта. Тулаайах иитиллибит Дима майгытын, олоххо сыһыанын олус сөбүлээбитэ. Уолу олоҕун тухары арыаллыыр, өйүүр истиҥ доҕор буоларга сөбүлэспитэ. «Этэҥҥэ сылдьан кэлээр, күүтүөм» диэн эрэннэрэн, Амматын өҥ буорун «кэһиилээн» аармыйаҕа атаарбыта уонна Дьокуускайга тыа хаһаайыстыбатын техникумугар үөрэнэ киирбитэ.
Димата кэлбитин кэнниттэн ыал буолан, үс оҕолонон, үөрэҕин бүтэрэн баран, Уус Алдаҥҥа Кэптэни Даалы диэн учаастагар идэтинэн ветеринардаабыта. Ол эрээри, хомойуох иһин, биир кэмҥэ, тохсунньу-олунньу ыйдарга төрөөбүт ньирэйдэрэ укуоллаатаҕына сатаммаккалар, өлөн иһэллэрэ улаханнык соһуппуттара. Ол тоҕото, ньирэйдэр илиитин уйбатах кистэлэҥнэрэ кэлин билиннэҕэ буолуо. Онон Аммаҕа, Алтаҥҥа төннөргө быһаарыммыттара.
Хата, СПТУ-га үлэ миэстэтэ көстөн, бастаан кастеляншанан үлэлии киирбитэ, онтон иитээччи буолбута. Олох отуора уларыйан, ыһыллыы-тоҕуллуу саҕаланан эрэр кэмэ этэ. Күүтүүлээх мааны кыыһын, эбэтин уонна эһэтин ааттарын холбуу тутан ааттаабыт Иваннатын манна оҕоломмута.
– Алтаҥҥа көһөн кэлэн баран түүл түһээбитим. «Эн киһи оннугар кэллиҥ» диэбиттэрэ. Кийиит буола да иликпинэ Алтаҥҥа ааттара ааттаммат улахан дьон баарын истэр, ааҕан билэр, хайдах эрэ салла саныыр этим, – диир Матрена Ивановна.
Эдэркээн саастаах оҕолору кытта алтыһар киһи ханна барыай, күннэтэ быһаарар кыһалҕата элбэх буоллаҕа. Матрена Ивановна ким эрэ илиитэ-атаҕа тоһуннаҕына көрбүтэ истибитэ, имэрийбитэ түргэнник оһорун, хааны тохтоторун билэр буолбута. Эдэрдэр араас кэлиилэрин-барыыларын, сырыыларын кистииллэрин, ханна сылдьалларын, онтуларын сымыйалаан кэпсииллэрин эмиэ билэр-көрөр эбит. «Үөрэнэр уолаттарга «хас ыстааннааххытын кытта билэбин» диэтэхпинэ наһаа сөҕөллөрө» диэн күлэр.
Матрена Ивановна тохтуу түһэн, «итини мин тоҕо сатыыбыный?» диэн бэйэтэ бэйэтигэр боппуруос бэринэр кэмнэрдээх эбит. Ол кэмҥэ, арааһа, оҕо да сылдьан араас дьиибэни саҥаран, көрбүтүн-истибитин кэпсээн сэмэлэнэрин санаан кэллэҕэ буолуо.
Майаҕаска биир саастыылаах уола мас ууһа аҕалаах эбит. Матрена бэс сытын наһаа сөбүлүүр буолан, кинилэргэ, биир уулуссаҕа олорор ыалыгар наар тиийэр. Сороҕор саҥа оҥоһуллубут хоруопка киирэн сытан көрөн баран, «син биир баппат» диэн тыллаах буоларын бэйэтэ да бэркиһээн ахтар. Инньэ гынан биирдэ аҕатыттан таһыллыбыт.
«Эн билэргин-көрөргүн кэпсээмэ, акаары диэхтэрэ. Дьэ фантазеркаҕын!» – диэн дьоно буойаллар үһү.
Ити курдук Матрена Ивановна сылаас имнээх илиилээҕин, көмөлөһөр дьоҕурдааҕын бэйэ-бэйэлэриттэн истиһэн, араас кыһалҕалаах дьон сэмээр чугаһыыр буолбуттар.
– Эмтиирбин хайдах эрэ улахаҥҥа уурбат этим, ол түгэҥҥэ бу киһиэхэ хайаан да көмөлөһүөхтээхпин эрэ дии саныырым. Имэрийдэхпинэ ыарыылара ааһан хаалара. Отунан туттар буолбутум. Онтубуттан тоҕо эрэ соһуйбатаҕым. Били, эбэбэр сүктэрэ сылдьан хомуйар отторум төннүбүттэрэ быһыылааҕа.
Арыгы иһээри гынар үөрэнээччилэрбин билэн-көрөн, «өһүргэтэлээн», ол аата сүбэлээн-амалаан, куттарын уһугуннаран бырахтарбытым. Омсолоох дьаллыкка ылларан иһэн көммүт оҕом элбэх. Үөрэппит оҕолорум билиҥҥэ диэри «Маамабыт» диэн истиҥник ааттыыллар. Эмтээбит да дьонум үгүстэрэ урукку үөрэнээччилэрим.
Балыыһаҕа көрдөрбөккө да эрэ, миэхэ кэлэн эмтэнэр дьон баар буолбуттара. Кэлин ончу да астына-астына эмтиир буолбутум, – диэн Матрена Ивановна айылҕаттан бэриллибит дьикти дьоҕура баарын биллэрбит кэмнэрин туһунан кэпсиир.
ЫТАРЧАЛЫЫ ЫЛБЫТ ЫАРЫЫ…
Бу сылдьан, Матрена Ивановна үлэтинэн Мэҥэ Хаҥалас Төҥүлүтүгэр семинарга баран күүтүллүбэтэх өттүттэн эмискэ ыалдьан охтон дьонун айматалаабыт.
– «Хотун Төҥүлү» диэн ырыа матыыба киирэргэ дылы гыммыта, кулгааҕым чуҥкунаабыта, таһырдьаны былдьаһан тахсан охтон хаалбытым. Бастаан үс сылы быһа суорҕаҥҥа-тэллэххэ сыппытым. Уҥа өттүм үлэлээбэт буолбута, саҥам барбыта. Улахан сыранан туран хаамар буолан иһэн, иккистээн, үһүстээн эмиэ охтубутум. Ити курдук, 12 сыл устата сыппытым. Өлөн баран тиллибит да түгэннээхпин. Били, кэпсииллэрин курдук, оһоҕос курдугунан аллараа тирилээн истэхпинэ, биир дьахтар төттөрү тардан ылбыта… – диэн Матрена Ивановна уон икки сыл устатыгар ыалдьан сыппыт ыарахан кэмнэрин туһунан курустук ахтар.
Ыал ийэтэ оннооҕор тумуулаан сыта түстэҕинэ, дьиэ иһинээҕи олох тохтообут курдук буолар. Кыыстара, ийэлэрэ эмискэ ыалдьыбыта ийэлээх аҕатын, кэргэнин, оҕолорун төһөлөөх аймаабыта, санааҕа-онооҕо түһэрбитэ буолуой?!
– Биирдэ Аммаҕа балыыһаҕа сыттахпына кэргэним Дима куоракка үөрэҕэр баран иһэн көрсөн ааста. Саастаах эмээхсини кытта сытар этим. Онтум: «Эдэр, киһи хараҕар быраҕыллар кэргэннээх эбиккин. Бардаҕа ити, эн буоллаххына сыттаҕыҥ бу» диэн саҥалаах буолла. Ол түүн арааһы бары санааммын утуйбатым, түүнү быһа ытаан хоннум. Мин кэргэммэр наһаа махтанабын! Ыарахан ыарыылыын охсуһан, уон икки сыл усталаах туоратыгар оронтон турбакка сытар кэммэр, биирдэ таҥнарбакка, өрүү аттыбар күүстээх илиитинэн, сырдыкка эрэлинэн өйүү-убуу, тулхадыйбат дурда-хахха буола сылдьыбытыгар! Эр киһи үлэлии-үлэлии түөрт оҕотун көрөн-истэн олорбута манан дьыала буолбатаҕа чахчы. Өссө үрдүк үөрэҕи бүтэрбитэ. Кини бэриниилээх күүстээх тапталынан угуттанан, оҕолорум барахсаттар тустарыгар дьулуһан, ыарыыны кытта эллэһэн туран сыыйа хаамтаҕым.
Сыппытым сэттис сылыгар кыралаан хаампытым. Бастаан балтыһахтанан, онтон торуоскаланан. Быраастар көҥүллээбэттэрин үрдүнэн, дьиэбэр сытан, ким да суоҕуна туран сыҕарыйа, хаама сатаан охтубутум, үлтү түспүтүм элбэх. Онтон кыыһым Иванна үөрэх туттарса куоракка киирэригэр торуоскалаах хааман батыспытым. Куорат дьиэтэ барыта кирилиэстээх буоллаҕа, онон оҕобун үксүгэр аллараа хаалан күүтэр этим. Аны онтон-мантан тутустахпына илиим хам тутан кэбиһэр этэ, ону араара сатыыр биир эрэй буолааччы. Сытар кэммэр уолаттарым, кыыһым дьиэлэрин-уоттарын көрөн-истэн, бука бары илии-атах буолан абыраабыттара. Кыыс оҕо ийэтин дьолугар төрүүр дииллэрэ кырдьык, – Матрена ол кэмнэр тустарынан кэпсиирин киһи долгуйбакка, уйадыйбакка эрэ сатаан истибэт.
– Ийэбит Аммаҕа балыыһаҕа сыттаҕына хайдаҕын туһунан төлөпүөнүнэн ыйыттахпытына «үчүгэй» дииллэрэ. Дьиэтигэр бэйэтэ хааман киирэрин көрөөрү долгуйарбыт, онтубут эмиэ көтөҕүллэн киирбитин көрөн хомойорбут ахан, – кыыһа Иванна ол кинилэр дьиэлэригэр бүрүүкээбит кэмнэри санаан үөһэ тыынар, ийэтин санныттан аргыый имэрийэр.
Бу сытан кини ийэ, хаһаайка киһи буоларынан, хара күүһүнэн илиитин-атаҕын хамсата, эрчийэ сатаан, дьиэбэр-уоппар, дьоммор тугу эрэ туһалаатарбын диэн санаанан салайтаран иистэммит, бэргэһэҕэ тиийэ тикпит.
– Биирдэ эбэ биэрэгэр Сиэллээх Маарыйа олорорун көрдүм. Дьэ салыбыраан-илибирээн тиийэн кэпсэттим, сиэли кытта хайдах үлэлиири сүбэлэттим. Кини «эн бэйэҥ сатыаҕыҥ, үөрэниэҕиҥ. Сиэли сууйбакка тутун, онтуҥ бэйэтэ маас курдук туһалыа» диэбитэ. Дьэ онон кини сүбэтинэн, сиэлинэн эппин сотун да сотун буолбутум. Сылгыһыт Байбалтан куулунан сиэли ылан тугу баайбатахпыный диэх курдук, улахан дьарык оҥостубутум, – диэн Чугдаара сиэлинэн дьарыктаммыта эмиэ улаханнык туһалаабытын махталынан ахтар.
Аны өйүгэр-санаатыгар киирэр көрүүлэрин, санаатын-оноотун барытын, тиһиллэн кэлэр хоһооннорун блокнокка түһэрэргэ дьулуспут. Дьүөгэлэрэ киниэхэ анаан-минээн аҕалар литератураларын ааҕар, билсэр эбит.
МИН СЫЛАЙДЫМ ЫАЛДЬАРТАН…
Мин сылайдым ыалдьартан,
Дохсун сүүрүк утары
Устабын өксөйө бытааннык,
Чэбдик турукка талаһа.
Ыарыыттан үөрэнним
Тулуурдаах буоларга,
Эппин-сииммин кытта
Биир тылы буларга.
Сырыы аайы кыһаллан,
Үрдүккэ, кэрэҕэ талаһа,
Туһалааҕы оҥорорго
Кыһамньылаах буоларга.
Ол эрэн сылайдым
Дьон нэгэй сыһыаныттан,
Сэнии көрөрүттэн,
Эрэл кыымын сүтэрэриттэн.
Өйдөөҥ-төйдөөҥ, толкуйдааҥ,
Санаа кулута буолумаҥ,
Ыарыыны хасыһа сатаамаҥ,
Чөл турукка айаннааҥ…
САХСЫРҔА
Кыаммат киһини, оннооҕор, сахсырҕа атаҕастыыр…
Саахарымсах сахсырҕа,
Күөх истээх сахсырҕа
Дыыгынаан бүт,
Киһини утут.
Күөх искин да кыаммакка
Тото-хана аһаабыккын,
Утуйар сир көрдөөн
Көтөн дыыгыныыгын.
Онно олорон көрөҕүн,
Манна өйөнөн көтөҕүн,
Тугуҥ табыллыбат,
Туох дьэ уоскуппат?
Туох соруктаах эн
Бу сиргэ олороҕун,
Сытыйбыты сиэри дуу,
Дьаҥы-дьаһаҕы тарҕатаары дуу…
* * *
Ыарыы… Ыарытыйыы…
Ыар турук…
Ытарчаҕа ылларбыттыы
Ыбылы ылар,
Ыпса, кэккэлэһэ
Ыбылы кууһар.
Ыбыс-ыараханнык,
Ыарыылаахтык ынчыктатан,
Ыарыы хам ылар,
Ыксатар ырайга,
Ыарахан сиргэ…
Ыл, тэй миигиттэн.
Ырааһыр, өйүм-санаам,
Ыалдьыма, этим-сииним…
САНАА ТИҺИГЭ
Санаатарбын эрэ мин,
Сайа охсор салгыҥҥа,
Сиэлэ, сүүрэ оонньуохпун,
Сымнаҕас хонууга
Күөлэһийэ мэниктиэхпин баҕарабын.
Санаам туолбатыттан
Санаарҕаан дуу,