скачать книгу бесплатно
Кэдээк ойуун уонна Оллой кулуба
Дмитрий Михайлович Колесов
Ааптар норуот тылынан айымньытыгар харыстабыллаахтык сыһыаннаһан, уус-уран сэһэн-кэпсээн суруйан хаалларбыт. Айымньыларга былыргы сахалар кус быһый, ат бөҕө, сорсуннаах булчут эрэ буолбакка, имэҥнээхтик таптыыр уйан сүрэхтээхтэрэ, кэрэни кэрэхсиир куттаахтара, ырааҕы ыраҥалыыр мындыр өйдөөхтөрө хоһуйуллар.
Дмитрий Михайлович Колесов
Оллой кулуба уонна Кэдээк ойуун
ЛОЙУТ
Халыма кыраайыгар былыр улахан күүстээх, атаҕынан олус быһый киһи оччотооҕу кэмҥэ уһун үйэлээхтик олорон ааспыта үһү. Кинини билэр, көрбүт дьон бэйэлэрин үтүө өйдөбүллэрин оҕолоругар, сиэннэригэр кэпсээбиттэрэ кэнники норуот номоҕо, сэһэнэ буолан сылдьар. Улахан күүстээх, кыайар-хотор, сытыы өйдөөх киһини «били Лойут курдук киһи» диэччилэр. Аҥаардас кини үчүгэй эрэ өттүнэн кэпсээҥҥэ сылдьара. Мин эбэм эмээхсин 1928 сыллаахха, өлүөн аҕай иннинэ, 82 саастааҕар кэпсээбитэ:
«Лойут Уйбаан диэн бухатыыр киһи баара, 84 сааһыгар, мин 8 саастаахпар өлбүтүн билэбин. Мин оҕонньорум эһэтин кытта төрөөбүт кыыһы, сөбүлээбэт киһитигэр күүстэринэн кэргэн биэртэрин, кини эрдэ кэлэн, урут түһэн, күрэтэн илдьэн ойох ылбыта үһү». Ону эмээхсин элбэхтэ кэпсиирэ, мин оччолорго сэҥээрбэт этим. Ити кэпсээнтэн ааҕан таһаардахха, Лойут 1770 сыллаахха төрөөбүт, онтон 84 сааһыгар – 1854 сыллаахха өлбүт буолуон сөп. Билигин, сааһыран баран өйдөөтөххө, Лойут Уйбаан диэн дьикти киһи төрөөн олорон ааспыт. Ону норуот сэһэнинэн суруйан дьон билиитигэр тиэрдэр баҕа санаа үөскээтэ. Ол иһин урукку эһэлэрин-эбэлэрин кэпсээннэрин истибит уонна ону кэпсээн оҥостор ытык кырдьаҕастары кытта сэһэргэһэн, кинилэргэ истиҥ махталбын этэн туран, Лойут туһунан үһүйээн сэһэммин саҕалыыбын.
I
Лойут Уйбаан дьадаҥы киһи үһү, аҕата биэстээҕэр өлбүтүн кэннэ Дьаакып диэн быраатын кытта ийэлэринээн олорбуттар. Биир саас астара бүтэн, оҕолор аччыктаабыттар. Онно күрүө күрдьүгэр утуйа сытар убаһаҕа биэс саастаах Лойут быһахтанан баран өлөрөөрү үөмпүтүн, ийэтэ тутан ылбыт уонна мөҕөн-этэн барбыт. Онуоха, тыла булдьуйа-булдьуйа, эппит:
– Ийээ, аспыт суох буолбат дуо? Аҕам баарыгар эйиэхэ эппитэ дии, «убаһаҕын да өлөрөн аһатаар, оҕолоргун эрэ аччыктатымаар» диэн.
Кэнники улаатан истэҕин аайы киһи холуйбутун таһынан күүстээх үтүө үлэһит, хорсун сырыылаах чулуу булчут буолбута. Уонтан тахса көстөөх сири биир күнүнэн сатыы эргийэн кэлэн соһутара. Быраата Дьаакып да орто сырыылаах киһи кэккэтигэр киирсэрэ. Ийэлэрэ өлбүтүн кэннэ, иккиэн сүбэлэһэн, Таас Күөлэ диэн сэттэ биэрэстэ усталаах, хас да күндэлээх, хоту өттүттэн ыраахтан сис хайа үтэн киирбит тумуһахтаах күөлгэ көһөн, балаҕан туттан олорбуттар. Булду баҕас бэркэ бултууллара үһү. Ол гынан баран, кэргэнэ суох буоланнар, олохторо чуҥкук, тутах эбит. Оччотооҕуга аҥаардас тирииттэн, түүлээхтэн саха таҥаһын оҥостоллоро. Онуоха дьоҥҥо үлэлээн биэрэн эбэтэр бултаабыт астарыттан бэрсэн, дьахталларга тиктэрэллэрэ.
Лойут ыраах сирдэринэн эргийэ сылдьар буолан элбэх булду, ол иһигэр эһэни даҕаны элбэхтик бултаабыта. Төһө да бултаан, балыктаан айахтарыгар үчүгэйдик аһаабыттарын иһин, таҥастара сотору алдьанан моһуоктуура. Онон уолаттар ийэлэрэ өлбүтэ үс сыл ааспытын кэннэ, убай киһи быһыытынан, бастаан Уйбаан кэргэн ыларга быһаарыммыта. Инньэ гынан бэйэтигэр сөптөөх таптыыр кыыһын чугас-ыраах сылдьан көрдөөн көрөргө санаммыта. Кини баара эрэ 20 саастааҕа. Оччотооҕу ыраах алаас аайы ыһыллан олорор ыалларга бэйэтигэр тэҥнээх кыыһы көрдүү-көрө барыталыыра. Ол сылдьан биирдэ күһүн, балаҕан ыйын ортотугар, ыраах Иитиэх диэн алаас ыалыгар кэлэн баай ыал 19 саастаах Мачыана (Матрена) диэн кыыһын сөбүлүү көрбүтэ. Мачыана үрдүк уҥуохтаах, бэйэтигэр сөрү-сөп эттээх-сииннээх, киэҥ-киэҥник хап-харанан көрбүт, ис киирбэх кыыс этэ. Кини аҕата Күчүмэ Өлөксөй Иитиэх алаас бастыҥ баай ыала этэ. Уолаттара Чиркэйэр Дьөгүөр, Хаһыйаан Өлөксөй уонна Ыадьаан Мэхээлэ диэн эбиттэр. Оттон кыыһа Маанылаах Мачыана эрэ эбит. Онон Лойут, төһө да таптаабытын иһин, кинини кэргэн көрдөһөр кыаҕа суоҕа. Оччотооҕуга баайдар эрэ киһи ахсааныгар киирэллэрэ. Дьадаҥы дьон аҥаардас атаҕастабылга сылдьаллара. Лойут кыыһы дьонуттан ыйытара табыллыбатын билэрэ. Киниэхэ, туох да баайа суох хаама сылдьар киһиэхэ, кыыстарын кэргэн биэрбэттэрэ чахчы этэ. Ол да буоллар, кыыһы кистээн көрсөн, туох санаалааҕын билиэн баҕарбыта. Чэйдээн бүтэн баран, таһырдьа тахсан ойбон суолунан оргууй аҕай хааман, уу баһар көлүччэҕэ тиийбитэ. Онно кыра сэппэрээк иһигэр кирийэн олорбута. Кини ханнык да аарыма эһэҕэ улаханнык долгуйбат буолара. Ол бэйэтэ билигин, ити кыыһы көрсүөм дии санаабытыгар, сүрэҕэ тиргэҕэ иҥнибит кустуу мөхпүтэ. Мааҕын уол дьиэҕэ чэйдии олордоҕуна, кыыс ийэтэ: «Мачыана, тэмиэрийэ, дьэгдьийэ түһээри да, киэһэлик көлүччэттэн уута баһан аҕалаар», – диэбитэ. Онон кыыс манна хайаан да кэлиэхтээх диэн мас курдук эрэммитэ.
Сэрэйбитин курдук, сотору Мачыана икки туос ыаҕайаны тоҕоноҕор иилинэн уу баһаары кэлбитэ. Уутун баһан, суол устун суһаллык хааман долгуйан иһэн, иннигэр киэҥ харахтаах, саһаан үрдүктээх, араҕас ыраас хааннаах эдэр уол суолун туора турарыттан соһуйан «һук» диэбитэ уонна сирэйин умса туттан, сири одуулаабыта. Уол саҥата суох кыыс тутан турар ыаҕайаларын ылбыта. Кыыс кулгаахтыын кытаран, ыаҕайаларын быатын ыытан кэбиспитэ. Лойут кыратык инники хаампыта. Кэмчиэрийэн кэһиэхтэммит куолаһынан:
– Мин… мин эйигин кытта кыратык кэпсэтээри күүттүм, – диэбитэ.
Онуоха кыыс тохтуу түспүтэ. Эбии өссө кытаран, атаҕын тумсунан сир очурун тэбиэлии турбута уонна долгуйбут куолаһынан оргууй сыыйан саҥарбыта:
– Дьэ, кэпсэттэҕиҥ дии…
Кыыс кэнники тылларыгар куолаһа илибирээн ылбыта. Лойут холкутугар түһэн, бэйэтин туһунан кыыска кэпсээбитэ:
– Мин ыраах хоту нэһилиэккэ олохтоохпун, онно бырааппын кытта иккиэйэх олоробут. Кэргэнэ суох буоламмыт, дьиэбитин көрөр, таҥаспытын үүйэр-абырахтыыр киһитэ суох олус эрэйдэнэбит. Онон бэйэбэр сөптөөх, сүрэхпинэн сөбүлүүр кыыһым түбэстэҕинэ, кэргэн кэпсэтиэм, дьоллоох олоҕу тэринэн олоруом диэн бу эһиги олоххутугар кэллим. Эн саатыма, кыбыстыма. Мин эйигин таптыы көрдүм, онон тэҥнээх доҕор буолан дьолбутун холбуох диэн эйигиттэн көрдөһөбүн. Көрөрүҥ курдук, дьадаҥы муҥнаахпын, көлүнэр көлөм – икки атаҕым иҥиирэ эрэ. Таҥара атаҕастаабатах буолан күүстээхпин, быһыйбын. Ол иһин булду-аһы бултуур, булар киһибин. Эн сөбүлэстэххинэ, дьон сиэринэн дьиэ-уот тэриннэхпитинэ, барыта баар буолуо. Билигин сүүрбэччэ көстөөх сиргэ сатыы барабын. Ортотугар хонон дьиэбэр тиийиэхтээхпин. Эн дьоҥҥуттан ыйытан да туһа суох, дьадаҥы киһиэхэ кэргэн биэриэхтээҕэр, иһиттэхтэринэ, дьиэлэрин да аанын астарыахтара суоҕа. Ону сэрэйэр буоламмын, уу баһар суолгар күүтэн, көрсөн кэпсэтэн, санааҕын билэн бараары турабын. Сөбүлэһэр буоллаххына, хойут кэлэммин, дьонуҥ билбэттэринэн кыһын илдьэ барыам этэ. Сайын илтэхпинэ, өллөҕө-сүттэҕэ диэн аҕыс айдааны, аймалҕан бөҕөтүн тардыахтара. Дьэ, ону туох дии санаатыҥ? Баҕар, үйэлээх сааһым дьоллоох доҕоро буолуоҥ буолаарай? Ону этэн ыытаргар көрдөһөбүн.
– Сөбүлүүбүн, – диэбитэ Мачыана уоһун иһигэр симиктик.
Уол онно олус үөрэн, кыыһы иэдэһиттэн сыллаан-уураан ылбыта. Уонна күһүн хаар халыҥыы илигинэ кэлэн илдьиэх буолбута. Кыыс күрээн барсыахтаах этэ. Ол оччотооҕу кэмҥэ дьулаан суол буолуохтааҕа. Ону олох бэйэтэ оннукка кыһайбыта… Мачыана ийэлээх аҕата кинини 40-ча саастаах Ымыыһыыр диэн кэргэнэ өлбүт, үс оҕолоох огдообо киһиэхэ, баайыгар ымсыыран, кэргэн биэрэргэ сүбэлэспит этилэр.
Мачыана Ымыыһыыры абааһы көрөрө. Ол иһин киниэхэ кэргэн тахсан ойох буолан олоруом кэриэтэ өлбүтүм ордук диэн санаталыы сылдьар кэмэ этэ. Ону баара, итинник ыарахан санааҕа ыллара сырыттаҕына, Лойут тиийэн кэлэн ыйыппыта. Маннык үчүгэй уол баара буолуо диэн кини түһээн да көрбөтөҕө. Лойут оннук Мачыана сүрэҕин долгуппута. Дьиэҕэ чэйдии олордоҕуна, «үчүгэй да уол эбит, ханнык дьоллоох кыыс киниэхэ кэргэн тахсара буолла?» диэн иһигэр ымсыыра санаабыта. Ону баара, этиэх түгэнэ, билигин бэйэтэ киниэхэ кэргэн тахсарга кэпсэтэн үөртэҕэ үһү. Ымыыһыыры баайа эрэ сураҕырдар. Кини баайа-дуола Мачыанаҕа олох наадата суох, онуоха эрэ ымсыырбат. Ол кэриэтэ туга да суох Уйбаан уолу кытта олорон төһө да кыһалҕаны көрүстүн! Дьон туох да диэтиннэр. Таҥара даҕаны тапталы сыаналаа ини…
II
Күһүн күөл эрдэ тоҥон, мууһа лүҥкүнүү тыаһаабыта. Маҥнайгы хаар түһэн, сир-дойду маҥан суорҕанынан сабыллыбыта. Ол курдук айан суола эрдэ аһыллан, чугастан-ыраахтан айанньыт дьон барар-кэлэр буолбуттара. Алтынньы эргэтигэр хас да ыҥыыр аты көтөллөнөн, хамначчыт киһилээх Ымыыһыыр баай ыадастан айаннаан, Иитиэх алааска Күчүмэ баайга күтүөт буолаары күөрэс гына түспүтэ. Кини Мачыананы кэргэн кэпсэтэн ойох ылаары оҥостон кэлбитэ. Кэһиитин, бэлэҕин киһи сөҕөр элбэҕи аҕалбыта. Кини элбэх арыгылааҕа, ону иһэн көрүлээбиттэрэ, итирбиттэрэ. Онно Ымыыһыыр эппитэ: «Мин улууска биллэр улахан баай киһибин. Эһиги соҕотох кыыскытын ойох ылан баран, ону толуйар гына элбэх халыымы-сулууну биэриэм. Быһаас 30 сылгыны диэбит буоллахпына, билигин 40 лоҥкур бөдөҥ сылгыны, 30 улахан ынаҕы уонна түүлээҕи, харчыны да аҕалыам. Миэхэ бэйэбит үйэбитигэр тиийэр үп-харчы баар!» – дии-дии түөһүн охсуммута. Ол аайы кыыс төрөппүттэрэ уонна чугас дьоно ымсыыран харахтара уоттанан, холуочук бэйэлэрэ ходьоҥноһо түспүттэрэ. Оттон Мачыана Ымыыһыыр кэлэрин эрдэ истэн, ыалдьыбыта буолан кубулуммута.
Аны сүүрбэ хонугунан ньиргиэрдээх улахан урууну тэрийиэхпит диэн сүбэлэспиттэрэ. Мачыана да ити болдьоххо сөбүлэспитэ. Дьиктитэ диэн, саас Ымыыһыыры абааһы көрөрө, киниэхэ кэргэн тахсан ойох буолан олоруом кэриэтэ өлөн хаалыам диирэ. Ол бэйэтэ билигин тугу да эттэхтэринэ утарбатаҕа, сөбүлэһэн испитэ. Итини ийэтэ ордук дьиктиргээбитэ, «кырдьык улаханнык ыалдьар буолан, санаата түһэн утарсыбат буоллаҕа» дии санаабыта. Оттон аҕата «кыыс оҕо эрэйдээх ханна бараахтыай? Утарылаһан да, кыаҕа суоҕун биллэҕэ. Хайа, уонна биһиги кинини модьуйуохпут турдаҕа дии!» дии саныыра. Оттон убайдара кини кэргэн тахсарыгар, эрин сөбүлүүрүгэр-сөбүлээбэтигэр кыһаллыбат этилэр. Бүгүн итириэхтэригэр диэри арыгы истилэр да – бүттэҕэ.
Мачыана кимиэхэ да эппэккэ, Лойуту күүтэрэ. Күн аайы кэлээрэй диэн кэтэһэригэр иэдэйбитэ. «Аны Ымыыһыыр уруулуу кэлиэр диэри кэлбэтэҕинэ, дьэ, алдьархай. Өлбүтүм кэриэтэ! Ити сиэхсиккэ кэргэн биэрэн умса астахтарына, оччоҕо биир санаа, биир тыл – бэйэбин өлөрүнэбин» диэн быһаарыммыта.
Күннэр ааһан испиттэрэ. Ньиргиэрдээх улахан уруу буолара чугаһаан барбыта: биэс хонук хаалбыта, кыыс аҥаардас ыарахан санаатыттан, кутталыттан, дьэ кырдьык, ыалдьыах курдук буолбута. Хата, ону быыһыах киһи, таптыыр уола Лойут Уйбаан, биир киэһэ, күн киэһэрэн эрдэҕинэ, илэ бэйэтинэн киирэн кэлбитэ. Мачыана үөрүүтүттэн туймааран ылбыта, туох барыта хараҕар туман курдук көстүбүтэ.
Дьиэлээх оҕонньор Күчүмэ хаама сылдьар дьадаҥы киһини кытта кэпсэтиэ баара дуо? Үөс курдугунан көрөн кэбиһээт, ханна эрэ саҥата суох тахсан барбыта. Эмээхсин даҕаны хоноһотун диэки кынчарыйан көрөн ылаат:
– Эмиэ бу хантан кэлбит дьаарбаҥ киһитэ буулаатыҥ? – диэбитэ.
– Булду эккирэтэн кэлэн, бу дойдуну буллум.
Кэмчи астаах чэйи бэлэмнээн баран, эмээхсин Лойуту ыҥыран чэйдэппитэ уонна бэйэтэ туохха эрэ наадыйан эмиэ таһырдьа тахсыбыта. Лойут ити кэми туһанан Мачыанаҕа: «Сарсыарда, ыал туруон иннинэ, тугу да ылбакка, бэйэҥ тоҥмот гына үчүгэйдик таҥнан баран, Ойбон күөл уҥуор кэлээр. Мин онно күүтүөм», – диэбитэ. Онуоха кыыс үөрэн: «Хайаан да тиийиэм, кэтэһээр. Эйигин күүтэрбэр иэдэйдим», – диэбитэ кырдьыгын кистээбэккэ.
Лойут итиннэ уһаабакка, сонун-бэргэһэтин кэтэн, быраһаайдаһан тахсан барбыта. Эмээхсин кини хоммотоҕуттан үөрбүтэ.
Уйбаан Ойбон күөл уҥуор тахсан, олорбутунан хонор буолбута. Кини утуйар таҥаһын, өйүө аһын, солуурчаҕын, сүгэтин аара уонтан тахса көстөөх сиргэ хаалларбыта. Онно Мачыананы аҕалан иһэн, төннөөрү хонуохтааҕа.
Кини кэлбит суолугар биир көстөөх сиргэ Күчүмэ биир атыыр сылгыта ууга өлбүтүн, уолаттар мууһун көйөн уон сорунан ууттан таһааран баран, илпэккэ хаалларбыт этилэр. Ону баран сүгэн кэлиэххэ баар эбит, оччоҕо түүн да кылгыа, тоҥоору гыммытым да ааһыа, ириэм этэ дии санаат, кэлбит суолунан сүүрэн элэстэнэн, күөс быстыҥынан өлбүт сылгыны муустуун баҕастыын санныгар ылан сүкпүтэ уонна төттөрү айаннаабыта. Кыайар буолан, аара тохтоон ылбакка, атыырын ойбон күөл кытыытыгар аҕалан ууран кэбиспитэ. Бэйэтэ суол ойоҕоһугар тэйиччи туораан, сыгынах күлүгэр кыратык уот уматан, онуоха сыламнаан кылгастык утуйан ылбыта.
Мачыана киэһэ буолуон иннинэ иистэнэр кыра матаҕатыгар хас да иннэни, сүүтүгү кистээн уктубута. Утуйаары сытан баран, түүн таһырдьа тахса сылдьыбыта. Итиэннэ наадалаах таҥаһын, иистэнэр малын күүлэҕэ уурбута. Бэйэтэ таҥаһын барытын таҥнан, оронугар бэлэм сыппыта. Дьоно ким да билбэтэҕэ, бары араастаан ыҥыранан, хаһыҥыраан ыла-ыла кытаанахтык утуйа сыппыттара. Кини букатын да аанньа утуйбатаҕа, сарсыарданан оргууй сыбдыйан туран таһырдьа тахсыбыта. Күүлэҕэ бэлэмнээбит кыра малын ылбыта. Түүн ырааппыт быһыылааҕа, кыратык кыраһа хаар түспүт этэ. Бастаан түргэнник хааман ойбон күөлүгэр киирбитэ уонна, мууска үктэнээт, сүүрбүтэ. Күөл ортотугар киирэн иһэн иһиттэҕинэ, кэнниттэн киһи сырсан эккирэтэн иһэр курдуга, атах тыаһа битигирээбитигэр хайыһа түһэн көрбүтэ, туох да суоҕа. Бэйэтин сүрэҕин тыаһыттан куттаммыт эбит этэ.
«Кэбис, уоскуйуохха» дии санаабыта уонна тыын ылаары салгыны түөһүн муҥунан эҕирийтээбитэ. Сотору күөлү туораан тахсаат, Лойуттуун куустуһа түспүттэрэ, таптал ахтылҕаныгар оботтоохтук уураһан-сыллаһан ылбыттара. Онтон уһун айаҥҥа үөрэ-көтө туруммуттара.
Дьиэлээхтэр сарсыарда турар бириэмэлэригэр уһуктан, уот сырдыгар көрбүттэрэ – Мачыана суоҕа. Бастаан чугас тахса сырыттаҕа дии санаабыттара. Онтон чэйдиэхтэригэр диэри киирбэтэҕиттэн дьиксиммиттэрэ. Ийэтэ тахсан чугастааҕы бүтэйдэри, хотоннору кэрийбитэ. Онтон ыксаан сүөһүлэрин көрөөччү Дайбанар Даарыйалаахха киирэн: «Мачыана киирэ сылдьыбатаҕа дуо?» – диэн ыйыппыта. Онуоха «суох» диэбиттэрэ. Эмээхсин дьэ ыксаабыта, ынырыктаах санаалар өйүгэр араастаан элэҥнэспиттэрэ. «Ханна барыан сөбүй? Мантан үс көстөөх Хахыр ыалыгар барыан сатаммат, ырааҕа бэрт. Итиэннэ чугаһынан ыал суохха дылы…» Эмээхсин таһырдьа тахсан турбута. Онтон эмискэ өйдөөн, кыраһа хаарга кыыһын суолун булбута, кыыһа ойбон суолунан күөлгэ киирэн тохтообокко, сүүрүүнэн үлдьү ааспыт суола тыргылла сытара, оттон бэйэтэ ханна да көстүбэт этэ. Хаһан баҕарар ийэ сүрэҕэ уйан диэччилэр, кини икки хараҕын уута сарт түһэн, ытаан-соҥоон айманан дьиэтигэр киирбитэ. Дьоно хайыы-үйэ чэйдээн бүтэн эрэллэрэ. Эмээхсин аймалҕаныттан соһуйан Күчүмэ оҕонньор уолаттарын кытта тас таҥастарын сыыһа-халты кэтээт, таһырдьа тахсан ойбон суолунан сүүрбүттэрэ. Итиэннэ ойбон дьайыҥар икки хонуктааҕыта ууга өлбүт атыырдара сытарын көрбүттэрэ. Онтон Күчүмэ уолаттарыныын олус соһуйбуттара. «Хайдаҕый, харахпыт иирэр дуу?» – диэбиттэрэ.
Суоллаан көрбүттэрэ, кыраһа хаар үрдүнэн сатыы киһи сүгэн аҕалан түһэрбит суола баара. Бары олус саллыбыттара, бэйэ-бэйэлэрин көрсөн эрэ кэбиспиттэрэ. Мачыана суолун батыһан тыаҕа тахсыбыттара, суол уҥа өттүттэн били атыыры сүгэн аҕалбыт киһи атаҕын суола киэҥник хардыылаан кэлэн, көрсүһэн бииргэ тэпсэҥнээбит, тохтоон турбут суоллара баара. Тииккэ, балтараа саһаан үрдүккэ, сылгы сиэлэ уонна кыһыл таҥас кырадаһына баайыллыбыт этэ. Ити кыыс, төһө да күрээн барар буоллар, төрөөбүт-үөскээбит төрүт буорун кытта арахсыһар бэлиэтин хааллардаҕа. Онтон эр киһи кыыһы көтөҕөн баран, ыстаҥаһыт курдук, ыраах-ыраах олук хааллартаан, сүүрэн бурҕаппыта ырылыйа сытара. Батыһааччылар бары саллыбыттара, саҥата суох оргууй төннөн унньуҥнаспыттара. Били көстөөх сиртэн сүгэн аҕалыллыбыт атыыры кэлэн тула хаамсыбыттара.
– Сир-дойду да син маннык күүстээхтэри уйан сырытыннарар эбит. Бу ханна батан сылдьыах күүһүй? Сүрүн баҕаһын, бу атыыр муустуун отут буут баар ини? Ону көстөөх сиртэн куобах курдук сүгэн аҕалар киһи күүһэ сатаан холоммот. Кини биир сиргэ туран төһөлөөҕү көтөҕүө этэй? Хайаан да бүтүн күүстээх киһи буолуо ээ, – диэтэ Чиркэйэр Дьөгүөр, элбэх саҥалаах, омуннаах улахан уол.
– Бу да киһи омуннуура сүрүн, саатар аҥаар күүстээх ини? Бүтүн күүстээхтэр сүүс бууту көтөҕөллөр үһү! Хайа, бу атыырбыт 20 бууттан ордуга суоҕа буолуо. Ону, күүстээх буолан, собус-соруйан биһигини дьулатаары, батыспатыннар диэн, күүһүнэн куттаары, төһө да ыарырҕаттар, аҕалбыт буолуохтаах. Кини улахан өйдөөх киһи эбит. Ити атыыры аҕалбатаҕа буоллар – биһиги билбэккэ эккирэтиэ этибит. Оттон билигин ити айылаах күүһүн көрөн туран барыа суохпун, син аанньанан кыыспытын биэриэ суох. Ол курдук, кыыспыт бэйэтэ да кэлбэттик сананан, букатын оҥостон барбыт, арай кэлгийэн эрэ төттөрү күүспүтүнэн аҕалыахпыт эбитэ ини. Ону күүһүргэһэргэ тиийдэххэ, ити киһи биһигини тыган да өлөртүөҕэ. Кыыспыт оҥоруута-ыйааҕа оннуга буолуо, онон баҕатын хоту бардын! – диэбитэ Хаһыйаан, хаһан да, аҕыйах саҥалаах буолан, маннык элбэҕи этэн куолулаабатах бэйэтэ.
– Хаһыйаан сөпкө этэр, батыһан-эккирэтэн тугу да ситиһиэхпит суоҕа! Барахсаттар, баҕар, дьоллоох дьон буолуохтара. Аҕаа, эн ийэбитиниин дьадаҥы дьону абааһы көрөҕүт да, кинилэр эмиэ, дьон курдук, тэбэр сүрэхтээх, хамсыыр хааннаах дьон. Айдаарымаҥ, хата, таптыыр киһитигэр бардаҕа диэн үөрүө эбиккит. Ол эрээри балтыбын ити үлүгэрдээх бухатыыр үлтү баттаан өлөрүө диэммин… – күлэн ыгыстар Ыадьаан Мэхээлэ.
Онуоха аҕата кыыһырар:
– Эн, Ыадьаан, киһи ыксыыр, санааргыыр кэмигэр ыыстаах тылгынан ыһыахтаныма эрэ! Соҕотох, маанылаан ииппит кыыспын хаама сылдьар түөкүҥҥэ ойох биэриэ суохпун! Билигин атынан эккирэтэн, саалаах-сэптээх баран кыыспытын былдьаан, төттөрү аҕалыаҕыҥ. Ыт сирэй баара, кыыспын уоран илдьэн ойох оҥостуо үһү! Бэрт киһи хайа сирэйинэн сааппакка кыыһы былдьаһа турар үһүө! Ыраахтааҕы илиитэ уһун, суут-сокуон диэн баар. Били бэлэхтээх-туһахтаах Ымыыһыыр кэлэрэ, улахан урууну тэрийэрбит чугаһаата. Ити үлүгэрдээх элбэх халыымтан, халыҥ баайтан матарбыт сатаммат, абата да бэрт. Ону ааһан, саакка-суукка киириэхпит турдаҕа. Онон, уолаттарыам, биир-биэс диэбэккэ, үчүгэй аттары ылан эккирэтиэҕиҥ! – диэбитэ.
– Кэбис, барбаппыт! Бэйэҕин да барыма диэн көрдөһөбүт, – диэбиттэрэ уолаттар.
Кинилэри көрдөһөн да, мөҕөн да аҕалара иннилэрин ылбатаҕа, үһүөн кыккыраччы аккаастаабыттара.
III
Күчүмэ кыыһыран тилигирээн, дьиэтигэр кэлэн түргэнник оҥостон, икки үчүгэй аты, эстэрик сааны ылан, суоһурҕанан, кыыһын эккирэтэ айаннаабыта. Кини сатыы дьону сотору, чугас ситиэм дии санаабыта. Бастаан түргэнник сиэллэрэн испитэ, иннигэр Лойут суола бу тыргыллан сытара, үксүгэр сүүрэн айанныыр эбит. Сорох күөллэргэ Мачыана түһэн сатыылыыр суола көстөн ааһара. Ол аайы Күчүмэ кыыһыран көхсө кыарыыта. Атын күүскэ быһа кымньыылыыра. Күн киирэн, хараҥа халыйан, сотору суол көстүбэт буолан испитэ. Халлаан быстаҕас былыттарын быыһынан, онон-манан сулустар кыламнаһан көстөллөрө. Аттара олус күүскэ айаннаан уонна аҕыс көстөн ордукка аһаабакка, тохтоло суох хааманнар, олус сылайбыттара. Кыайан барбакка турунан кэбиспиттэрэ. Муҥ сорунан биир көлүччэҕэ кэлбиттэрэ. Уу ото хойуутук үүнэр эбит. Оҕонньор онно аттарын аһата ыыталаан баран, сатыы, маһы тайахтанан, киһитин суолун батыһан баран испитэ. Сылайан, аччыктаан олус буорайбыта, санаата улаханнык түспүтэ. «Хайа үлүгэрий? Киһини буолбатах, илэ илиэһэйи батыһабын, быһыыта. Баччалаах ыраах сиргэ дьахтар сүгэһэрдээх тохтообокко айанныыра тугун сүрэй? Бука, мантан чугас тохтоотулар ини?» диэн иһигэр санаа кыыма кылам гынан ааһара.
Түүн ырааппыта, хараҥата, тымныыта олус куһаҕана. Тыаҕа оҕонньор хаста да охтон ылбыта. Күөлү туораан иһэн, хайаан да уҥуоргутугар тохтообуттара буолуо диэн иһигэр эрэнэ саныыра да, кураанах буолара. Ол аайы хомолтотуттан күүһэ эстэрэ, санаата түһэн атаҕын арыыйда соһоро. Оннук айаннаан киэҥ күөлгэ киирбитэ: «Өскө бу күөл уҥуор тохтооботох буоллахтарына, өлөбүн, күүс эһиннэ». Кырдьык, сэниэтэ эстэн эрэр быһыылааҕа. «Туох гынаары кэлэн сору көрдөхпүнүй? Ымыыһыыр баайын ылар баҕаҕа. Хаарыаннаах халыым хаалыах бэйэтэ буоллаҕа…» Икки хараҕыттан бокуойа суох таммах уулар тохтубуттара, саҥа таһааран ытаабыта.
Кэнники киһитин суолун сүтэрэн кэбиспитэ уонна онуоха кыһаммат да буолбута. Хараҕар төгүрүк уоттар көстөн ааһаллара. Онуоха «өйбүн сүтэрэн эрэбин» диэн куттанан, ол санаатыттан охтон түспүтэ.
Халлаан саҥа сырдаан, күөл иэнэ бадыа-бүдүө этэ. Бу күөл уҥуоргутугар, аһаҕас халлаан анныгар, уот аттыгар Лойут Мачыаналыын олороллоро.
Лойут эрдэ туран, кулуһун уотун күөдьүтэн баран, эт буһараары солуурчаҕар күөлтэн уу баһа, сүгэтин ылан, бэҕэһээ тэспит ойбонугар киирбитэ уонна үөс диэки көрбүтэ – киниттэн ырааҕа суох, мууска киһи сытар курдуга. Борук-сорукка хайдах эрэ хамсаан, мөхсөн ыларга дылы этэ. Кини түргэнник тыаҕа сүүрэн тахсан солууругар тайах этин толору күөстээбитэ уонна Мачыанаҕа эппитэ: «Доҕоччуок, эн күөспүтүн көрөөр. Мин күөл мууһугар дьиктини көрдүм. Ону дьиҥнээҕин билээри бардым». Кини сүрэҕэ сэрэйэр этэ: кыыс дьоно бардам санааларыгар батыһан кэлиэхтэрэ диэн. Ол сэрэйбитэ кырдьык буолбута. Күчүмэ оҕонньор илэ бэйэтэ кэлэн сытара. Кини тугу эрэ үлүгүнэйэр этэ, өйүн сүтэрбит быһыылааҕа. Лойут оҕонньору көтөҕөн ылан, кыра оҕо курдук тутан, кутаа аттыгар аҕалбыта.
Сотору күөс буһан, маҥнай итии миини иһэрдибиттэрэ. Оҕонньор сэниэ киллэрэн, өйдөнөн кэлбитэ. Тоҥмута ааһан, сылыйан, олус сылайбыта баттаан, утуйуон наһаа баҕарбыта. Кыыһырар да кыаҕа суоҕа. Онуоха Лойут эппитэ: «Икки акаары төрөөммүт, эйигин кырдьар сааскар эрэйдээн өлөрө сыстахпыт, ону акаарылары хайыаҥый?» Оҕонньор саҥата суох баһын эрэ хамсатан кэбиспитэ. Утуйан хаалбыта.
Лойут аһаан баран, оҕонньор аттарын аҕала сүүрэн кыырата турбута. Мачыана уотугар маһы эбэн, кутаатын күөдьүтэн иһэрэ. Аҕата тугу да билбэккэ, өлбүттүү утуйа сыппыта. Лойут аттары аҕалбыта.
Оҕонньор мала барыта баара. Өйүө эмис ынах эттээҕин буһарарга эппитэ уонна санаан көрдөҕүнэ, хайыы-үйэ хоонньоһон бүттэхтэрэ… Итиэннэ кыыһын хайдах да төннөрөр кыаҕа суоҕа. Ону ааһан, уола Ыадьаан эппитигэр дылы, баҕар, оҥоруулара-ыйаахтара буолуо. Оттон Лойуту киһи сирбэт киһитэ, дьадаҥыта эрэ – буруйа. Быһыылыын-дьүһүннүүн, күүстүүн-уохтуун олоҥхо бухатыырын курдук, санаата-майгыта да үчүгэй эбит. «Маннык дьоһун киһини көрө иликпин. Үтүө тылынан алҕаан, холбооттоон, киһи тэҥинэн кэргэннии буолуҥ диэн ыыталыам. Оо! Оттон дьиэбэр тиийдэхпинэ, эмээхсиним «кыыскын биэрэн ыыппыккын» диэн сиэҕэ турдаҕа. Аны, оттон, били, Ымыыһыырга эрэннэрбитим алдьархайа баар!» Оҕонньор сарсыарда Лойуту кытта илии охсуспута, кыыһын кэргэн биэрэрин туһунан эппитэ. Бэйэтэ миинэр улахан атын уонна эстэриик саатын бэлэхтээбитэ. Дьиэтигэр тиийэриттэн улаханнык дьулайа саныы-саныы, соҕотох атынан төннө турбута.
IV
Лойуттаах Мачыана дьиэлэригэр этэҥҥэ айаннаан кэлбиттэрэ.
«Тоҕо дьиибэтэй? Күчүмэ элбэх сүөһүлээх баай оҕонньор үһү. Хайаан кыыһын сулуута-энньэтэ суох, соҕотох аты мииннэрэн ыыппыт бэйэтэй?» – дииллэрэ чугас ыаллара. Кинилэр күрээн кэлбиттэрин билбэт этилэр.
Лойут сүүрэр түөрт атахтааҕы барыларын сырсан ситэн өлөртүүрэ, бултуура. Күн анныгар күүһүнэн кыайбатаҕа баара биллибэт этэ. Тайаҕы, эһэни өлөрдөҕүнэ, бүүс-бүтүннүү сүгэн аҕалан дьиэтигэр астыыра үһү. Кини Мачыаналыын олус эйэлээхтик уон биир сыл эн-мин дэсиһэн олорбуттар. Ол устата оҕо төрөөбөтөх. Оттон Лойут быраата Дьаакып биэс оҕолооҕо. Кини күөл арҕаа баһыгар балаҕан туттан олорбута. Бырааттыылар да, кийииттэр да бэйэлэрин икки ардыларыгар олус эйэлээх этилэр. Лойут элбэҕи бултуур буолан, быраатыгар куруук көмөлөһөрө. Лойут уонна Мачыана иккиэн оҕо төрөөбөтүттэн санаалара түһэрэ да, хайалара даҕаны ол туһунан тылы ыһыктыбатаҕа. Биирдэ Дьаакып кэргэнэ Маҥан Маайа Мачыанаҕа эппитэ: «Биһигиттэн икки оҕону – уоллаах кыыһы ылан оҕо гыныҥ. Биһиэхэ инникитин да төрүөхтэрэ турдаҕа…» Мачыана олус сөбүлээн, улаханнык үөрэн, дьиэтигэр кэлэн кэргэнигэр кэпсээбитэ. Онуоха Лойут толкуйдаан олорбохтуу түһэн баран: «Төһө да хаан-уруу дьон оҕолоро буолтарын иһин, атын киһи оҕотун ылан оҕо гынар сүөргү курдук, ханнык да буоллар, бэйэбититтэн оҕо төрүүрэ олус үөрүүлээх буолуох этэ. Ону ахтар айыыһыппыт оҕону биэрэн дьоллообот. Ол эрээри эдэрбит дии, бэйэбит да оҕолоноо инибит, күүтэ түһүөххэ», – диэбитэ. «Ээ, оччоҕо күүтээ инибит», – диэбитэ Мачыана уоһун иһигэр.
Итинтэн сыллар ааспыттара да, Мачыанаҕа оҕо үөскээбэтэҕэ. Кини ийэ буолуон, оҕолонуон олус баҕарара. Оннук кэмигэр сайын үс көстөөх сиргэ олохтоох Бөлгөөнөй диэн кэргэнэ суох, отучча саастаах киһи, Лойут бултуу барбытын кэннэ, кэлэн хоммута. Бөлгөөнөй көстөр дьүһүнүнэн мөкү, нүксүгүр уҥуохтаах, хааҕынас саҥалаах, ымсыы, киһиргэс киһи этэ. Ол да буоллар, Мачыана сөбүлэспитэ… «Баҕар, бу киһиттэн оҕо үөскээрэй?» диэн иһигэр баҕара санаабыта.
Лойут болдьоҕор лоп курдук кэлэр үгэстээҕэ. Бу сырыыга икки хонугу эрдэлээбитэ. Сайыҥҥы хотугу түүн сырдык этэ. Быыһы өҥөйөн көрбүтэ – ойоҕун кытта Бөлгөөнөй утуйа сытара. Лойут хайдах эрэ бөтөн ылбыта. Онтон холкуйуохха дии санаабыта уонна быыһы быһа тардан сиргэ бырахпыта: «Киэр буолуҥ, сааппат сирэйдээхтэр! – диэн хаһыытаан сатарыппыта. – Түргэнник таҥна охсон барыҥ! Икки харахпар көстүмэҥ! Эр-ойох буоларга санаммыккыт, онон үйэлээх сааскыт тухары бииргэ сылдьыҥ! Мин сүрэҕим сылаас тымырын быстыгыт, аны таптыырым уурайда. Мачыана, булуммут эргин кытта билигин киэр буол!» – диэбитэ кырыктаахтык.
Мачыана ытыы-ытыы таҥаһын хомуммута: «Ийэ буолуохпун баҕарабын…» – диэбитэ. Ол Лойут сүрэҕэр ыарыылаахтык иһиллибитэ…
Мачыана итинтэн ордугу этэр кыаҕа суоҕа. Кэргэнин санаата кытаанаҕын, өһүллүбэт биир тыллааҕын билэр этэ. Тэҥнэһиэ дуо, Бөлгөөнөйү кытта түүннэри сатыы барбыттара. Мачыана сыыһа быһыыны оҥостон, санаарҕаан ытыы испитэ. Оттон Бөлгөөнөй маннык үчүгэй дьүһүннээх, кырасыабай ойохтоммутуттан олус үөрбүтэ.
V
Мачыана манна мөлтөхтүк олорбута. Саҥа кэргэнин таптаабат этэ. Аны Бөлгөөнөй ийэтэ, эдьиийэ кинини абааһы көрөллөрө. «Манна Лойут олоҕо буолбатах, хотумсуйума», – дииллэрэ. Мачыана ону барытын тулуйбута. 34 сааһыгар, Бөлгөөнөйү кытта олорбута иккис сылыгар, уол оҕо төрөөбүтэ. Онуоха олус да үөрбүтэ, мэник санаатыгар Уйбаантан оҕоломмут курдук санаммыта. «Уйбаан» диэн Лойут аатынан уолун ааттаабыта. Лойутугар курдаттыы тартарара, кинини санаабатах күнэ диэн суох этэ. Уйбаанын кытта уон икки сыл олорбуттара, ол устатыгар биир тылынан куһаҕаннык саҥарсыбатахтара. Ону санаан аастаҕына, саҥаттан саҥа үтүө өйдөбүллэр өйүгэр киирэллэрэ. «Ытаан-соҥоон туран, буруйбун-аньыыбын этэн, көрдөһөн көрүөм. Хат холбоһон, тупсуһан олоруо этибит. Бу кырыыстаах дьонтон уонна Бөлгөөнөйтөн арахсыам этэ» дии санаабыта. Онтон сотору Лойут сүүрбэччэ саастаах эдэр кыыһы ойох ылбытын туһунан сураҕы истибитэ.
Лойут даҕаны Мачыананы умнубатаҕа. Төһө да кэлэйдэр, кэнники оҕо төрөөбүтүн уонна кини аатынан оҕону ааттаабытын истэн баран, үөрбүтэ. Бултаан төннөн иһэн, арыт таарыйан Мачыанаҕа кыыл этин, балыгы бэрсэрэ. Биирдэ Лойут Бөлгөөнөй дьиэҕэ баарыгар маннык эппитэ үһү: «Эн сүрэҕэ суоххун. Ордуктаах киһи буолан, ойохпун ылан оҕолоотуҥ. Мачыана оҕоҕо баҕарар этэ, ону эр бэрдэ толордуҥ. Билигин кинилэри үчүгэйдик аһатыахтааххын. Мин кинини кытта дьоллоохтук олорбутум, оҕобут эрэ суоҕа. Бултаан үчүгэйдик аһаппытым. Эн дьоҥҥун аччыктатар- гын биллэхпинэ, үчүгэй аҕайдык кэһэтиэм». Бөлгөөнөй онтон ыла олус куттанар буолбута. Лойут күөл уҥуор иһэр диэтэхтэринэ, саһан хаалара.
Мачыана кыыс оҕону төрөппүтэ, ону Кэтириис диэн ааттаабыттара. Оттон Лойут саҥа кэргэниттэн да оҕо төрөөбөтөҕө. Сэттэ сыл күүтэн көрөн баран, быраата Дьаакыптан уоллаах кыыһы ылан ииттибиттэрэ. Оҕолорун наһаа таптаан улаатыннаран истэхтэринэ, уол уон иккитигэр, кыыс аҕыс сааһыгар, олорор күөллэригэр, сиэн тамаҕар куйаас күн сөтүөлүү сылдьан ууга өлбүттэрэ. Оҕолорун булан баран, Лойут абаккаран хаһыытаабыта бэрт ырааҕынан эҥсэн иһиллибитэ үһү. Кини оҕолорун кэриэстээн бастыҥ сэргэтигэр 12, иккис сэргэтигэр 8 үүтү оҥорбут үһү. Ол аата оҕолорун саастарын бэлиэтээбит буолуохтаах. Сэргэлэри урут көрбүт, билигин 74 саастаах Слепцов И.М. миэхэ кэпсээбитэ.
Кэнники оҕону ииттибэтэхтэр, иккиэйэх олорбуттар. Сыллар ааспыттар.
Мачыана 56 сааһыгар уһуннук ыалдьан, өлөрүн чахчы билинэн баран, уолун ыытан Лойуту ыҥыртарбыт. Уйбаан илдьити истээт, сонно Мачыанаҕа тиийбит. Мааҕы бэйэлээх көрүөхтэн күндү бэйэтэ көлбөҕүрэн, Мачыана кэрэ сэбэрэтин сүтэрээхтээбит этэ. Ол да буоллар урукку хара харахтара үөрэн мичилиһэ түспүттэрэ. Хаһан эрэ 36 сыл анараа өттүгэр ойбон суолугар сир очурун атаҕын тумсунан тэбиэлии турара уонна «сөбүлүүбүн» диэн симиктик эппит саҥата Лойут Уйбаан кулгааҕар иһиллэргэ дылы буолбута. Кини саҥата суох дьахтар илиитин ылан сылаастык имэрийэ олорбута. Мачыана ыарахан ыарыыта мүлүрүйэргэ дылы буолбута. Кини хаһан да умнубат этэ били киэҥ күөл кытыытыгар, аһаҕас халлаан анныгар, кутаа аттыгар маҥнайгы таптаспыт түүннэрин… Ону өйдөөн кэллэҕинэ, умуллан эрэр сырдык хара харахтара чаҕылыһан, уоттанан кэлэллэрэ. Оргууй ыҥырбыта:
– Уйбаан, эйиэхэ кэриэс тылы этээрибин ыҥыртарбытым. Өр сылларга сүрэхпэр ыар ыарыы оҥостон сылдьыбыт санаабын. Улахан көрдөһүүлээхпин, – диэбитэ.
Лойут онуоха улаханнык долгуйан баран, холкутуйа сатаабыта.
– Мачыана, миэхэ туох этэрдээххин барытын эт. Мин тулуйан истэ сатыам.
– Уйбаан, эйигин олус таптыырым, ол бэйэм оҕобут суоҕуттан мунааран, үйэҕэ өһүллүбэт ыар буруйу оҥостубутум. Эн тапталгын таҥнарбытым. Ону билигин өлөр күммэр бырастыы гынаргар көрдөһөбүн. Ийэ буолуохпун баҕаран… Онтон ийэ буолан, оҕолоох ыал аатыран да баран, син биир эйиэхэ курдаттыы тартара сылдьыбытым. Адьас таптаабат киһини кытта олоруу – сор олох буолар эбит. Мин эйигин ахтан-санаан төһөлөөхтүк эрэйдэммитим буолуой?! Уһун түүннэргэ утуйбакка ытаан, икки хараҕым уутунан суунарым. Ону барытын айбыт таҥара билэн турдаҕа. Итиниэхэ барытыгар бэйэбин буруйданабын. Бэйэм оҥостубут аньыыбар күн сирин үтүө олоҕун олорбокко өлөн эрэбин, – диэт, бөтөн ыла-ыла ытаан барбыта.
– Мин эмиэ эйигин олус саныырым. Кыыһырбычча үүрэн баран, кэнники эйигин ахтан олус эрэйдэммитим. Аһыыр аһым амтана суоҕа, бэйэбин мөҕүттэн муҥнанарым. Эн оччолорго оҕолору Дьаакыптаахтан ылан ииттэргэ эппиккин, ону аккаастаабыппын кэнники кэмсиммитим иһин, хайыам баарай? Хойут тулуйбакка, тупсуһан, төттөрү көһөрөн аҕалыахпын саныы сырыттахпына, оҕоломмут этиҥ. «Ыал ийэтин аймыы сылдьыам дуо? Оҕоҕо баҕарар этэ, дьолун буллаҕа» дии санаабытым. Ол эрээри ити санаам сымыйа этэ. Син биир эйигин түүн түһээн көрсөрүм, уһуктан олус хомойорум. Онон, төһө да мунчаардарбын, бэйэм кэргэннэнэргэ санаммытым. Дьадаҥы ыал кыыһын, бэйэбиттэн уон икки сыл балыс саастааҕы ойох ылбытым. Олус эйэлээхтик олоробут да, эмиэ оҕо төрөөбөтө, онон дьоло суохпут. Били эн эппиккин өрүү өйдүүр этим, быраатым Дьаакыптан уоллаах кыыс оҕону ылан иитэн улаатыннарбыппыт. Ситэри дьоло суох эбиппит, били, өйдүүр инигин, дьиэбит аннынааҕы сиэн тамаҕын. Оҕолорбут онно сөтүөлүү сылдьан ууга өлбүттэрэ. Дьэ, санаан көрдөххө, ынырык суол – кэннигэ хаалар кэнчээри ыччат суоҕа. Аан дойдуга олох олорботох кэриэтэ… Дьэ, Мачыана, сылайдыҥ буолуо. Сыттыккын көннөрөн биэриим, – диэбитэ Лойут долгуйбут куолаһынан, онтон төбөтүн имэрийэн баран: – Дьэ, доҕоччуок, миигиттэн ыар санаа ындыылаах барыма. Мин ис санаабын эйиэхэ кэпсээтим… Бастаан мин бэйэбин буруйданыахтаах эбиппин, оҕобут суоҕар… Ааспыт төннүбэт, арай эйигин күн сиригэр тыыннааҕым тухары күндүтүк саныам, хаһан да умнуом суоҕа. Итиэннэ эйиэхэ биири этэбин: бачча кэлэн баран, эйигин уҥуох тутан, харайан барыам диэн санаан олоробун.
Онуоха Мачыана оргууй аҕай саҥарбыта:
– Кыыһым Кэтириис чугас баар буоллаҕына, манна аттыбар кэллин эрэ.
Кэтириис үгэх ороҥҥо муннукка кирийэн олорон, кинилэр кэпсэтэллэрин кистээн истэн, олус долгуйбута: «Ийэм эрэйдээх урукку тапталлааҕа ити киһи эбит. Билигин да аҕабынааҕар ордук таптыы сылдьар эбит». Төһө да кыбыһыннар, үгэхтэн тахсан, ийэтин аттыгар кэлбитэ. Мачыана ону көрөн оргууй аҕай, сынньана-сынньана, эппитэ:
– Кэтириис, эн улахан киһигин, ытаама. Мин күн сириттэн букатын баран эрэбин. Убайыҥ кэллэҕинэ, этээр: миигин үйэлээх сааһым тухары сүрэхпэр таптал оҥостон илдьэ сылдьыбыт урукку кэргэним Уйбаан бэйэтэ харайыах, көмүөх буолар. Онуоха улахан үөрүүлээх өлөн эрэбин. Көмүллэрбэр эһиги убайгынаан көмөлөһөөрүҥ. Оттон аҕаҕыт миэхэ чугаһаабатын. Мин кинини таптаабат этим. Оччоҕо алҕас олугу үктээбитим… Онон дьиҥнээх тапталы билбэккэ, көрүнньүк олоҕу олорон аастым. Ол иһин оҕолорбор эһиэхэ кэриэс этэбин – маҥнайгы ыраас тапталгытын киртитимэҥ, үйэлээх сааскытыгар харыстааҥ диэн.
– Мачыана, мин эйигин дьиэбэр илдьэн, били маҥнайгы саас буолбутугар «сибэккилээх үчүгэй да томтор!» диэбит үрдэлгэр көмүөм. Кэнники бэйэм өллөхпүнэ, кэккэлэһиннэри көмнөрүөм этэ. Ону туох дии саныыгын? – диэбитэ Лойут.
Мачыана күүһүн мунньан илиитин ууммута.
– Олус үөрэбин. Кыахтаах буоллаххына, онно, таптыыр сирбэр, уонна бэйэҥ аттыгар көмө илдьэргэр олус баҕарабын, – диэбитэ саҥа олоххо олоро баран эрэр, дьолломмут киһилии.
– Билигин да сүгэр, көтөҕөр кыахтаахпын, онуоха эрэн, көмүс уҥуоххун көтөҕөн, бэйэм дойдубар көмүөм, – диэн эрэннэрбитэ Лойут.
Ити киэһэ харыс да хамсаабакка, Лойут Мачыана аттыгар модьу бэйэтэ нөрүйэн, ыарахан санааҕа ылларан олорбута. Мачыана киэһэлик Бөлгөөнөй хантан эрэ кэлбитин холдьохпута: «Эн бааргына дууһам тахсыбат, кэбэлий!» Онтон Бөлгөөнөй барбытын кэннэ уһаабатаҕа, түүн үөһүгэр тиийбэккэ өлбүтэ. Лойут Мачыана өлүгүн сууйан, таҥыннарбыта. Сарсыарда эрдэ уолу кытта хоруобу оҥорбуттара. Сотору бүтэрэн, Мачыана өлүгүн онно укпуттара. Лойут хоруоптаах киһи өлүгүн сүгэн, сатыы хаама турбута. Кини кэнниттэн Уйбаан уол балтын акка мэҥэстэн айаннаабыта.
Лойут Мачыананы, эппитин-эрэннэрбитин курдук, дьиэтин аттынааҕы томторго көмпүтэ.
VI
Лойут иккис кэргэнин кытта олус эйэлээхтик олорбут. Ол эрээри оҕолоро суоҕуттан улаханнык мунчаараллар эбит. Быраатыттан ылбыт оҕолоро ууга өлбүттэриттэн ыла «таҥара соруйан уоппун салгыыр ыччаты биэрбэт киһитэ эбиппин, онон аны оҕону ылан ииттибэппит» диэн кэргэнигэр эппитэ. Онуоха кэргэнэ да утарсыбатаҕа.
Оҕо сааһыттан ыла сатыы сылдьарга үөрэнэн хаалан, атынан көлөлөнөрү сөбүлээбэт үһү. «Ат баҕайы бытаана уонна күүһэ да кырата бэрт. Мин билигин кыайарым тухары сатыы сылдьарым ордук. Бултаатахпына, булпун биирдэ сүгэн дьиэбэр аҕаллахпына олус үчүгэй курдук» диирэ үһү. Бултуу барарыгар быһахтаах эрэ буолара үһү, онуоха эбии маһынан сэбилэнэн аарыма тайаҕы, адьырҕа эһэни бултуура уонна дьиэтигэр бүттүүн сүгэн аҕалан баран, сүлэн, таҥастаан, астыыра үһү. Сороҕор уонча көстөөх сиртэн тайаҕы дьиэтин таһыгар үүрэн аҕалан, суон маһынан тайах атаҕын тосту охсон биитэр быраҕан охторон баран бултуура дииллэр. Сылга элбэх тайаҕы, кыылы уонна уу балыгын бултаан быраатын аахха көмөлөһөрө үһү. Дьаакып сэттэ оҕолоох буолан тиийиммэт эбит, онуоха куруук булдун аҥаарын биэрэн оҕолору иитиспит.
Лойут кыра дьону аһынар буолан, дьадаҥы ыалларга бойум аһы бэрсэрэ уонна ол иннигэр тугу да кинилэртэн ылбата үһү. Лойут олоҕуттан икки көстөөх сиргэ Чөмчөрдүүр Дьөгүөр диэн киһиргэс, күүһүмсүйэр киһи баар эбит. Кини кэргэнигэр кыыһырдар эрэ «төбөҕүн хайа тардан аҥаардыам» диэн хаһыытыыра. Ол курдук, атын дьоҥҥо кыыһыран «хайыта тардыам» диэн суоһурҕанара. Биирдэ Ырдьайар Сэмэн диэн чаабый киһи ыйыппыт:
– Дьөгүөр, эн бэрт күүстээххин быһыылаах. Лойуттуун хайаҕыт ордуга буолуой?
Онуоха Чөмчөрдүүр толкуйдуу да барбатах, этэн чабырҕаабыт:
– Хайа, Лойут да оннук улахан күүстээх үһүө? Хаһан эрэ тайах оҕотун сүкпүтүнэн сураҕыран эрдэҕэ.
Ону хойут Ырдьайар Сэмэн Лойуту көрсөн кэпсээбит.
– Хайа, эдэр киһи күүстээх буолумуна, сөпкө эппит. Мин аһыыр аспын эрэ сүгэр киһибин. Кини ордуга чахчы буоллаҕа.
Кини ити кэмҥэ 40-ча саастаах үһү, онон күүһэ-уоҕа мөлтүү илигэ. Биир аарыма буур тайаҕы бултаан баран, көстөн ордук сиргэ сүгэн аҕалан, дьээбэлэнэн, Чөмчөрдүүр аһы уурар араҥаһын үрдүгэр ууран кэбиспит. Дьиэҕэ холкутук хааман киирэн дорооболоспут. Сылайбыт-илистибит көрүҥэ суоҕа, дьиэлээхтэри кытта кэпсэтэ-кэпсэтэ чэй испит. Онтон бүтэн быраһаайдаһан баран тахсаары туран: «Дьөгүөр, эйиэхэ тайах оҕотун бултаан аҕалан араҥаһыҥ үрдүгэр уурдум. Ону түһэрэн сүлүнэн астаныҥ. Эйигин бэрт кыайыгас киһи дииллэр, онон тайах оҕотун кыайбат үһүгүөн!»
Чөмчөрдүүр күүстээххин дэтэн харыс үрдүү түспүт. Аарыма тайаҕы сиргэ түһэрээри туох баар күүһүнэн мөхсө сатаан кэбиспит. Кыайбатах. Кыыһыран-абаккаран ойоҕор үөгүлээбит:
– Аҥааргын хайа тарда иликпинэ, сүгэтэ аҕала оҕус!
– Мэ, миигин эрэ хайа тардар күүстээххин! – ойоҕо дьиэ аанын аһаат, сүгэни таһырдьа кыыраппыт.
VII
Лойут алта уон сааһын ааспытын кэннэ үһүс кэргэнигэр олорбута. Иккис кэргэнэ эмискэ ыалдьан өлбүтэ. Ону оччотооҕу ойууттар «оннук-маннык абааһы үөр буолан киирэн сиэтэ» диэн көрүүлэнэллэрэ. Кини ону тоҕо эрэ итэҕэйиэх санаата кэлбэт этэ. Куруутун ыар баттык буолан, иккис кэргэнин өлүүтэ өйүттэн ааспакка муҥнуура. Аанча эдэр сааһыгар аатырбыт үлэһит, дьоҥҥо-киһиэхэ барытыгар аламаҕай санаалаах үтүөкэн дьахтар үһү. Кэрэ бэйэлээх дьахтар икки хонук иһигэр ыалдьан, күн сириттэн өлөн туораабыта. Онно ыксаан, маҥнай улаханнык ыалдьыбытыгар Дуудакаан ойууну ыҥыртарбыттара. Онуоха кэлэн кыыран араастаан дьүһүлэммитэ: «Урукку кэргэниҥ Мачыана эйигин өһүөннээн, үөр буолан кэлэн буулаабыт. Билигин кинини үүрэр кытаанах, арай ити сүүһүгэр туоһахталаах тыһаҕаһы өлөрөн, хаан таһааран алҕаатахха, хайыа эбитэ буолла? Сибилигин тахсан, тус арҕаа хайыһыннаран баран, тыһаҕаһы сүгэнэн охсубакка, быһаҕынан өлөрүҥ! Мин ол кэмҥэ үөр буолбут үлүгэрдээх абааһыны үтэйэн көрүөм», – диэбитэ. Лойут быраатын уолун кытта тахсан тыһаҕаһы, ойуун эппитин курдук, силигин ситэрэн хабарҕатын быһаҕынан быһан өлөрбүттэрэ. Ойуун сарсыарда тыһаҕас аҥаарын соболоҥор ылан, тиэнэн дьиэтигэр айаннаабыта. Оттон Аанча ойуун барарын кытта сотору өлбүтэ. Лойут олус хомойбута уонна иһигэр элбэҕи эргитэ санаабыта. «Маҥнайгы кэргэним Мачыана өстөһүө суохтаах. Кини өлүөн аҕай иннинэ ис дууһабытын аһан, дуоһуйа кэпсэппиппит. Хайаан, өлөн баран, өстөһөн өс аахса сылдьыай?.. Аны Дуудакаан албыннаан көрүүлэммитэ буолаарай? Кэнники, хаһан эмэ, билиэм буоллаҕа». Кини сотору 40-ча саастаах Дьэбдьиэй диэн соҕотох дьахтары кэргэн ылбыта. Кинилэр санаалара табыллан, эмиэ эйэлээхтик олорбуттара. Ити кэргэнин кытта хас да сыл олорон баран, биирдэ, өйдөөн кэлэн, «бэйи, Дуудакаан хайдах ойуунун билиэм, сымыйанан ойууннаабыт буоллаҕына, кэһэтиэм» диэн, кимиэхэ да эппэккэ, бэйэтин ис санаатын толорорго былааннаммыта.
Биир күн бултуу барбыта уонна киэһэ олус улаханнык ыалдьан, кэлээт, ынчыктаан иэрийэ-иэрийэ, оронугар кыл тыына эрэ сыппыта. «Хаһан да ыалдьыбатах бэйэм өлөр ыарыыбынан ыарыйдым быһыылаах. Дьэ, Дьэбдьиэй, кытаат, быраатым аахха бар. Ньукуус түргэнник баран Дуудакаан ойууну аҕаллын. Ыксаабыт үһү диэн ойууҥҥа этиэхтин!» – диэбитэ Лойут. Онуоха Дьэбдьиэй эрэйдээх ытыы-ытыы сэттэ биэрэстэлээх ыалга тэбиммитэ. Ньукуус абаҕатын илдьитин истээт, атынан ойууҥҥа ыстаннарбыта. Дуудакаан илдьити истээт, иһигэр иҥсэрэ санаабыта: «Лойут өлгөм астаах-үөллээх, үс-түөрт сүөһүлээх үчүгэй ыал. Сатаатахпына, обургу соҕус өттүк харалаах кэлээ инибин» диэн эрдэ сиэбит-аһаабыт саҕа буолбута. Түргэнник хомунан, түүннэри айаннаан, икки аҥаар көһү атара сэлиинэн астаран, түүн ортотун саҕана кэлбиттэрэ. Дьэбдьиэй дьиэтигэр кэлэн, ас үчүгэйин бэлэмнээн, көмүлүөк оһоҕун күндээрдэ оттон, ойуун кэлэригэр бэлэм олорбута. Дуудакаан кэлээт, чэйдии түһээт, кыырарга тэриммитэ. Ньукуус ойуун чэйдиэр диэри дүҥүрүн, таҥаһын ириэрэн куурдубута. Лойут өйүн сүтэрэн араастаан үлүгүнэйэрэ, арыт улаханнык хаһыытаан ынчыктыыра.
Ойуун сотору олбоҕор олорон, ол-бу иччилэрин-эмэгэттэрин ыҥыртаан баран, ыарыһахха кэлэн үрдүгэр дүҥүрүн охсо-охсо ынырыктаахтык кутуран доллоһуппута: «Арах, арах, улуу-дьаалы хотун дьахтар! Өстөөҕүм диэн үөр абааһыта буолан, үрүҥ тыынын быһан эрэҕин дуо? Тохтоо, болҕой!» – диэн тохтуу-тохтуу туойан, кыыран кыырайа сылдьыбыта.
Лойут эмискэ туран кэлээт, Дуудакаан өссө да кыыран эккирии турдаҕына, саҕатыттан харбаан ылаат, оҕо курдук ыстаанын сулбурутан баран, кыпчыйан олорон таһыйан лабырҕаппыта. Дуудакаан ыарыытын тулуйбакка үөгүлээбитэ: «Тохтоо, абыраа, өлөрүмэ, аһын!» – дии-дии көрдөспүтэ. Онуоха Лойут өссө күүскэ таһыйан биэрбитэ. «Хара түөкүн, албыннаан ойууннуургун билээри сымыйалаан ыалдьыбыта буолбутум. Билигин албыҥҥын биллим, ээххин этитиэм! Эн дьону албыннаан баар-суох сүөһүлэрин өлөртөрөҕүн. Соболоҥҥор манньа бөҕөтүн ылаҕын! Ону барытын төлөтүөм! Ыл, кырдьыккын эт, аны ойууннуоҥ дуу, суох дуу?» – дии-дии эбии таһыйбыта. Ойуун ыарыытын тулуйбакка өйүн сүтэрэн, уҥан ылбыта. Онтон өйдөнөн баран ытыырын быыһыгар: «Өлөрүмэ, күн буол, тохтоо! Кырдьык, аһыыр-таҥнар кыһалҕаттан албыннаан кыырар этим. Аны хаһан да ойууннуом суоҕа, ылбыт аспын-үөлбүн төннөрүөм, төлүөм. Абыраа, тохтоо, ыыт!» – диэбитэ Дуудакаан.