banner banner banner
Атырдьах сэргэ
Атырдьах сэргэ
Оценить:
Рейтинг: 0

Полная версия:

Атырдьах сэргэ

скачать книгу бесплатно

– Дьэ, тукаам, эмиэ ынырыктаах кураан сайын үүнэр буолла. Күн-дьыл туруга оннук. Киһи сиэмэни буорга түһэрэн туһаммата буолуо оҥоробун. Онон маннык санааҕа кэллим… Ыһыы сиэмэтин үс гыммыт биирин ордоруохха, атынын чып кистэлэҥинэн ыалларынан түҥэтиэххэ. Эн эдэриҥ бэрт… Ити дьаһалы барытын мин оҥоруом. Түбэһэр да буоллахха, буруйа миэхэ, олоруохпун олорбут киһиэхэ буолуоҕа, – диэбитэ.

Сөдүөт оҕонньор эппитин курдук дьаһаммыттара. Ыһыы сиэмэтин сороҕун маҥхааһай муостатын анныгар кистээбиттэрэ. Ону бадьыылаҕа тартаран сайын окко үлэлиир дьоннорун аһатар санаалаахтара.

Муус устар ортотун диэки уполминзаг начальнига Дмитриев диэн киһи тиийэн кэлбитэ. Онно Үрүмэччи Өрүүнэ диэн бэрт элбэх саҥалаах ыанньыксыт дьахтар эт, бурдук үллэстибиттэрин туһунан айахтатан кэбиспит этэ. Дьэ, доҕоор, силиэстийэ бөҕө буолбат дуо?! Буруйу барытын Сөдүөт оҕонньор бэйэтигэр ылыммыта. Ол үрдүнэн райком бюротугар Мэхээлэни дьүүллээн баран, дьыала тэрийэргэ диэн быһаарбыттара. Арай, итини НКВД начальнига Яковлев утарбыта. Кини: «Тарабукин эдэр киһи, киниэхэ холкуос бэрэссэдээтэлин быһыытынан бэриллибит боруонньатын устан фроҥҥа ыытыахха диэн этиилээхпин. Дойдуга эдэр дьон наадалар. Илиитигэр саа-саадах тутан дойдутун көмүскээтин.

Оттон бу дьыалаҕа тустаах буруйдаах Семенов Федот Николаевич буруйун билиммитэ. Дьыала тэриллибитэ. Мин этэрим итинэн бүтэр», – диэбитэ.

Бюро чилиэннэрэ саҥата суох сөҥөн олорбуттара. Онтон икки хас киһи НКВД начальнигын этиитэ саамай сөптөөҕүн ыйан туран, социалистическай баайы-дуолу ыскайдааччыларга кыр өстөөхтөргө курдук сыһыаннаһыахтаахпыт диэн уоттаах-төлөннөөх тыл эппиттэрэ. Мэхээлэ кинилэр этэллэрин-тыыналларын истэ-истэ иэнэ кэдэҥнииргэ, куйахата бүрүтэ тыытарга дылы гыммыта. Хараҕар Сөдүөт оҕонньор, кураанах хамсатын оборон сообурҕата-сообурҕата, бүк түһэн олороро, кинини тутан баралларыгар дьон соһуйбут, куттаммыт сирэйдэрэ, Үрүмэччи Өрүүнэ күлүгүрбүт мөссүөнэ көстөн ааһыталаабыта.

Өрүс эстиэн аҕай иннинэ сэриигэ барааччылары Дьокуускайга киллэрбиттэрэ. Манна да өр туппатахтара. Бастакы борохуотунан салгыы айаннаабыттара. Онтон аҕыйах хонукка үөрэтэ түһээт, маршевай ротаҕа холбоон тимир суолунан түүннэри-күннэри түһэрэн Ленинград таһыгар аҕалбыттара. Биир түүн саҥа кэлбиттэри балачча кэтит үрэҕи туоратан инники кирбиигэ киллэрбиттэрэ. Баара эрэ нэдиэлэ курдук сэриилэһээт, төгүрүктээһиҥҥэ түбэспиттэрэ. Онтон төлө көтөн тахсан баран аны бэйэлэрин дьонноруттан ытыллар куттал суоһаатаҕа.

* * *

Төгүрүктээһинтэн тахсыбыт дьону бу землянкаҕа үс күн хаайан сытыарбыттара. «Ийэ дойдубун таҥнарбыппар буруйдаахпын, ону билинэбин» диэн ис хоһоонноох суруктаах кумааҕыга илии баттата сатаабыттара. Ол бэйэни ытылларга уурар бириигэбэр кэриэтэ этэ. Ол иһин бары онно илии баттыыртан кыккыраччы аккаастаммыттара.

Төрдүс күннэригэр барыларын үүрэн таһааран стройдаппыттара. Майор Распутин строй иннигэр ойон тахсан: «Табаарыстар! Биһиги – Ийэ дойдубут дьиҥнээх патриоттарабыт, таҥнарыахсыттарга түбэстибит», – диэн хаһыытаан эрдэҕинэ, били полковник тутан туран бэстилиэтинэн ыппыта. Командирдара түөһүн харбаммытынан: «Сволочь! Фашист…» – диэн хардьыгыныы-хардьыгыныы, киниэхэ иккитэ-үстэ утары хардыылаан эрдэҕинэ өссө аны атын офицердар иккитэ-үстэ ыппыттара. Распутин уҥа илиитин өлөрүөхсүттэрин диэки ууммутунан умса баран түспүтэ.

Итинник харса-хабыра суох быһыыттан уонна оһуобай отдел үлэһиттэрэ хас биирдиилэрин самнарар, хам баттыыр тутууларыттан-хабыыларыттан сүрдэрэ тостубут дьоҥҥо «таҥнарыахсыт бирикээһин толорон Ленинград оборонатын бырахпыттарын иһин штрафной ротаҕа ыытарга» диэн бирикээһи иһитиннэрбиттэрэ.

Ити күн өлбүт дьонтон уһуллубут, буулдьа, оскуолак дьөлүтэ көппүт суола чөҥөрүйэ сылдьар, ситэ да сууллубатах таҥаһы кэтэрдэн баран, икки өттүлэриттэн автоматтаах дьон арыаллаан илин диэки илпиттэрэ. Ыкса киэһэ уруккута ханнык эрэ улахан холкуос көнньүүһүнэтигэр аҕалан олохтообуттара. Манна уонча хонук устата эмиэ кинилэр курдук дьылҕаламмыт дьону мунньан икки сүүс биэс уонча байыастаах штрафной ротаны тэрийбиттэрэ. Мэхээлэ Железновтуун тутуһа сылдьан биир взводка түбэспитэ. Роталарын командира, сааһырбыт лейтенант Мэхээлэлээх Железнов биир взводка барыахтарын баҕаралларын утарбатаҕа. Ас-үөл олус кэмчи этэ. Хаппыыстанан хойуннарыллыбыт уу судураан миин, биир быһыы килиэп сыыһынан күҥҥэ иккитэ аһаталлара.

Биир күн кинилэр взводтарын түптэ түрүлүөн үрдүгэр түһэрэн, массыыналарга тиэйэн ханна эрэ илдьэ барбыттара. Балачча өр айаннаан тимир суол станциятыгар тиийэн кэлбиттэрэ. Тэйиччиттэн сааһыт харабыллардаах сылдьан вагоннартан таһаҕас сүөкээбиттэрэ. Ыксатыы, ыгыы-түүрүү кытаанаҕа этэ. Дьэс манньыат курдук, кып-кыһыл сирэйдээх капитан биир кэм:

– Быстрее! Быстрее! Как сонные мухи еле двигаетесь, – дии-дии, төттөрү-таары кэлэрэ-барара. Араас дьааһыктары, кууллары тэлиэгэлээх аттарга, массыыналарга тиэйэ-тиэйэ ыытан иһэллэрэ. Мэхээлэ хараҕар киирэн аһытар көлөһүнүн соттор да бокуойа суох сылдьан, уҥа-хаҥас өттүн көрдөҕүнэ сүүһүнэн киһи сүүрэ-хаама былаастаан үлэлии сылдьаллара.

Ити сырыттахтарына эмискэ сирена тыаһа улуйа түспүтэ. Зениткэлэр үлэлээн тибийбиттэрэ. Онтон былыт быыһыттан ньиэмэс самолеттара, киһи уйулҕатын көтүтүөх, ыйылаан-уйулаан таҥнары халаахтаһан түспүттэрэ. Өлөр өлүү дүбдүргэнэ биирдэ тоҕо тардыллыбыта. Мэхээлэ туора сүүрэн истэҕинэ, харабылга турбут саллаат сытан эрэ үрдүнэн ытыалаан бирилэппитэ. Сонно умса баран түспүтэ. Тулатыгар буомбалар эстэн, сир мэктиэтигэр өрүтэ эккирээн ылара. Үрдүгэр бытархай таас, буор курулаччы кутуллара. Өйө көтөн, хаһытыы-хаһытыы сирэйин хоту сыыллан иһэн буомба тоҕо тэппит аҥхайыгар төкүнүйбүтэ. Онтон тахсаары тарбачыЇһан иЇһэн көрбүтэ биир самолет адьас кинини эрэ туһаайбытынан ытыалаан, уотунан кытыаста-кытыаста таҥнары сурулаан иһэрэ. Онтон быыһаныахтыы тиэрэ баран түһээт, хоһооно суох хаһытыы-хаһытыы илиитинэн далбаатана, атаҕынан тэбиэлэнэ сатаабыта. Самолета кини туһугар кэлээт өрө мэтэрийэн тахсыбыта. Ол кэнниттэн аны иккис самолет таҥнары халаахтаан эрэрэ. Ыксаан эмиэ үөһэ тарбачыһан истэҕинэ ким эрэ атаҕыттан төттөрү соһон ылбыта. Ап-аһыы хабархай сыттаах сииктээх буорга төбөтүн умса баттаабыта. Онуоха, сири дьөлө хаһан киириэхтии, икки илиитинэн бокуойа суох буору тарбыы сыппыта. Төһө кэм ааспыта буолла, ким эрэ эргитэ тарпытыгар өйдөммүтэ уу-чуумпу буолбут этэ.

– Вставай! Быстро за работу, – диэн ойутан туруорбуттара. Буомбалааһын улахан иэдээни оҥорбут этэ. Онтон-мантан өһөх хара буруо халлааҥҥа харбаһан эрэрэ. Оһоҕоһо субуллан хаалбыт ат, киһи куйахата күүрүөхтүү ыйылыы-ыйылыы, тура сатаан илин атаҕынан сири табыйара. Бэрт элбэх киһи күөрэ-лаҥкы охтон сыталлара.

Мэхээлэ, төһө да ууну-уоту ортотунан аастар, бу бастакы буомбалааһыҥҥа түбэһиитэ этэ. Онон уйулҕата улаханнык хамсаабыта. Халлаантан таҥнары сатыылаан түһэр, өлөр өлүүнэн уһуурар күтүрдэртэн ханна да баран быыһаныа суох курдук этэ да, син тыыннаах хаалбыт. Бэл, дьуккуруйан да көрбөтөх этэ. Ол эрээри, уҥуоҕа-иҥиэҕэ босхо баран, салыбырас буолан хаалбыт курдуга.

Аны онно-манна өрө күүдэпчилэнэр уоту умуруоруу түбүгэр түспүттэрэ. Ити икки ардыгар халлаан хараҥаран барбыта. Уот улахана сөҕүрүйээтин кытары эмиэ таһаҕас сүөкээһинэ саҕаламмыта. Мэхээлэлээх хаһыа да буолан буомбалааһын кэмигэр түөрэ түһэн хаалбыт вагонтан кууллары массыынаҕа тиэйбиттэрэ. Ол сылдьан алдьаммыт куултан тохтубут куруппаны сиэптэригэр хааламмыттара. Сырдыга буоллар харабыл саллааттар ону барытын төттөрү сүөкэтиэхтэрэ эбитэ буолуо. Хата, түүн хойут бүтэннэр массыынаҕа олордоот төттөрү утаарбыттара.

Железнов эмиэ сиэбигэр балачча куруппаны куттубут этэ. Көнньүүһүнэлэригэр кэлэн баран, синиэл сиэҕин биэтэһин хайа тардан ылан, бобута баайан оҥорбут мөһөөччүктэригэр куппуттара ортотун чуут кыайбат буолбута. Ону кистии сылдьан биирдии ытыһы ылан уу ньамаан мииннэрин хойуннараллара. Бэйэлэрэ хааһы оҥостор кыахтара суоҕа.

Дьэ, онтон биир киэһэ барыларын стройдатан станция диэки илдьибиттэрэ. Тимир суол станциятыгар кэлэн вагоннарга олорбуттарын кэннэ түүнү быһа, кыратык тохтоон ыла-ыла айаннаан, халлаан суһуктуйуута туга да суох аһаҕас сиригэр тиийэн сүөкэммиттэрэ. Ыксал бөҕөнөн тэйиччи боруорар ойуурга таһааран хорҕоппуттара. Чугас баҕайы сэрии тыаһа ньиргийэн иһиллэрэ. Сороҕор ойуун дүҥүрүн тыаһыныы лүһүгүрүүрэ, ардыгар пулеметтар тыастара хаппыт маһы уот салыырыныы тачыгырыыра. Күнүс тото-хана аһаппыттара, сухой паек диэни биэрбиттэрэ. Аһаан бүтээттэрин кытары саа-сэп үллэрбиттэрэ. Онтон сынньалаҥ биллэрбиттэрэ.

Халлаан хараҥарыыта стройдатан сэрии тыаһа ньиргийэр сирин диэки илпиттэрэ. Балачча өр хааман, ыас хараҥаҕа харбыалаһан инники кирбиигэ тиийбиттэрэ. Халлааҥҥа сотору-сотору онтон-мантан ракеталар сандааран тахсаллара. Трассирующай буулдьалар, оһох үөлэһиттэн көтөн тахсар кыым курдук, уһаты-туора сыыйыллаллара. Тарҕаһа соҕус сииктээх окко сыппыттара. Сотору офицердар кэлэн стройдаппыттара, сынньана тахсар ротаны солбуйуохтаахтарын иһитиннэрбиттэрэ уонна траншеяларга киллэрбиттэрэ. Оннуларын булааттарын кытары 3-с рота тыылга тахсарыгар хамаанда кэлбитэ. Сотору аттыларынан бөлөх-бөлөх саллааттар кэлэн кэтэх диэки ааспыттара. Киһитэ адьас аҕыйаабыт рота быһыылааҕа. Начаас баҕайы суй гынан хаалбыттара.

Мэхээлэ Железновтуун траншея түгэҕэр кэккэлэһэ олорон наҕылыччы табахтаабыттара. Билээгэттэн тымныы ууну омурдан ыла-ыла сухой паектарын сиэбиттэрэ. Ньиэмэстэр сотору-сотору ракетанан сырдаталлара, сэрэх хоту пулеметунан ытыалыыллара. Биһиги дьоммут эмиэ хам-дьаа хардарсаллара. Халлаан сырдыыта иннилэригэр улахан куорат тайаан сытара көстүбүтэ. Билэр дьон Новгород диэбиттэрэ. Сотору взводтарын командира кэрийэ сылдьан атаакаҕа киирэргэ бэлэмнэнэргэ эппитэ. Кинилэр роталара сытар сирин туһаайыытынан, биэрэстэ аҥаарыттан ордук сиргэ оройугар абына-табына талахтардаах, уҥа өттө сыыйа намтыыр уһун соҕус үрдэл көстөрө. Онно сытар ньиэмэстэри төттөрү охсорго бирикээстээбиттэр. Мэхээлэ сэрэнэн траншея чанчыгар ыттан, томтор аннынан сааскы уу сүүрүгүрдэр кыракый хотооло кинилэртэн хадьы соҕус ааһарын көрбүтэ. Балтараа сүүсчэкэ миэтэрэни сүүрбүт киһи онно тиийиэ эбит. Остуол ньуурунуу көнө хонууга итинтэн атын хахха суоҕа. Железновун ыҥыран:

– Онно диэри сүүрэн тиийбит киһи, – диэбитигэр киһитэ атын туох да хахха суоҕун көрөн үөхсэн субуруппахтаан баран, бииргэ тутуһа сылдьыахпыт диэбитэ.

Сотору соҕус кэтэх өттүлэригэр пушкалар эстэн ньиргиспиттэрэ. Били томторго снарядтар эстэн бурҕаҥнаспыттара. Ол эрээри өр ытыалаабатахтара. Сотору соҕус, туох эрэ алдьархайы кэтэспиттии, уу чуумпу сатыылаабыта. Ол кэмҥэ роталарын командира траншеяттан ойон тахсан сыгынньах бэстилиэтинэн далбаатыы-далбаатыы:

– Ийэ дойду иһин! Сталин иһин! Атаакаҕа! Ураа! – диэн хаһыытаабыта. Онтон-мантан саллааттар ойон туран «Ураа!» хаһыытыы-хаһыытыы иннилэрин диэки сырсыбыттара. Мэхээлэ эмиэ ойон туран били хотоолугар тиийэр санаалаах иннин диэки түһүнэн кэбиспитэ. Траншеяларыттан отучча саһаан тэйиэхтэригэр диэри ньиэмэстэр ытыалаабатахтара. Сүүһүнэн киһи «Ураа!» хаһыытыыра биир кэлим «Уу-аа-аа-а!» диэн эрэ сатараан иһиллэрэ. Дьэ, онтон томтор сирэйэ уотунан күлүмнүү, автомат, пулемет тыаһынан өрө бирилии түспүтэ. Үрдүлэринэн баһаам үгүс үөрдээх чооруос чыычаах ааһарыныы буулдьа тыаһа чубугуруу түспүтэ. Мэхээлэ иннигэр, ойоҕоһугар сүүрэн иһэр дьон табыллан охтуталаабыттара. «Уу-уу-аа-а!» диэн хаһыы кэхтэрэ түһээт, атын ыһыынан-хаһыынан, ынчыгынан солбуллубута. Рота барыта ыраас хонууга хаптайарга күһэллибитэ.

Кэтэхтэригэр эмиэ пушкалар тыастара иһиллибитэ. Үрдэлгэ онон-манан буор бугуллар логлоруспуттара. Эмиэ ойон туран сырсыы буолбута. Мэхээлэ били бэлиэтии көрбүт хотоолугар тиийэрэ сүүрбэччэ ойуу хаалбытын кэннэ тулатыгар ынырыктык улуйан-кэлийэн кэлэн миинэлэр эстэн бурҕаҥнаспыттара. Өссө уончата ойоот миинэ боруоҥкатыгар ыстаммыта. Аттыгар Железнова кэлэн умса хоруйа түспүтэ. Миинэ түһэрэ сэллээтин кытары дьоно эмиэ атаакаҕа турбута. Мэхээлэлээх хотооллоругар сүүрэн тиийээт, төҥкөччү туттан баран, ону батыһа сыыйа уҥа диэки хадьы соҕус сүүрбүттэрэ. Буулдьа тыаһа үөһэнэн ыйылыыр буолбута. Онон миинэ эрэ таба түспэтэр дии саныы-саныы харса суох харбыалаһыы буолбута. Сотору үрдэл сыырынньа өттүнэн, адьас тэллэҕэр тиийбиттэрэ. Тыын ылаары умса түһэн сытан кэннин хайыспыта – Железнов тилэх баттаһа кэлэн сытар этэ. Кини кэннигэр хас да киһи көхсө үллэҥниирэ. Кинилэр хотоолу батыһа сүүрэр кэмнэригэр дьоно эмиэ хаптайбыт быһыылааҕа. Сотору сэдэх соҕус «Ураа!» хаһыы иһиллээтин кытары ньиэмэстэр ыталлара күүһүрбүтэ. Железнов Мэхээлэҕэ кэккэлэһэ түһээт:

– Гранаталарынан! – дии-дии бинтиэпкэтин быатын моонньугар иилбитэ, онтон икки илиитигэр гранаталары ылан чекатын тиистэринэн турута тарпыта. Мэхээлэ эмиэ саатын сүгээт, гранаталарын ылан эр-биир чекаларын хадьырыйталаан баран киһитин диэки хайыспыта. Железнов кинини тонолуппакка көрө сытара. Итииргээн сирэйэ кытарбыт, буор-быыл буолбут сүүһүнэн, сэҥийэтинэн көлөһүнэ араастаан тараанньыктанан түспүт, күп-күөх хараҕа тыйыһыран хаалбыт этэ. Утарыта көрсөн ылаат:

– Давай! – диэн үөгүлэһээт, ойон туран сыыры өрө сырсыбыттара. Уончата ойоот үрдэл оройуттан аллараа эриллэн түспүт траншея диэки гранаталарын утуу-субуу элиппиттэрэ. Онтон сааларын эһэ охсон ылаат, хабарҕалара хайдарынан хаһыытыы-хаһыытыы, саба сүүрэн киирбиттэрэ. Мэхээлэ траншеяҕа ыстанан киирээт, уҥа диэки күлүҥнэһэр өстөөхтөрү ытыалаан баһырҕаппыта. Онтон саатын туора илгээт, умса түһэ сытар ньиэмэс автоматын хабан ылан ытыалаан татыгыраппыта. Ботуруона бүтээтин кытары эмиэ ыһыктан кэбиһээт, атын өлүктэн автоматын сулбу тардан ылбыта. Ити курдук, хаста да автоматын уларыта-уларыта, ытыалаан тибиирдибитэ. Кинилэр кэннилэриттэн хас да киһи траншеяҕа ыстанан киирэн ньиэмэстэри кытары кэйгэллэһэн барбыттара. Сотору дьонноро тиийэн кэлэн ньиэмэстэр иккис траншеяларыгар үргүлдьү ааспыттара.

Мэхээлэ брустверга турар пулемету ылаат, кэннилэриттэн ыстаммыта, Железнов ботуруон хааламмыт лиэнтэлэрдээх тимир холбуканы харбаан ылан кэнниттэн батыспыта. Анараа траншеяҕа тиийэн куотан унньулуһан эрэр ньиэмэстэри ытыалаан тибиирдибиттэрэ. Өр-өтөр буолбатаҕа снарядтар, миинэлэр ыйылаһан кэлэн уот будулҕан ортотугар буола түспүттэрэ. Траншея түгэҕэр умса түһэн сыттахтарына сир мэктиэтигэр өрүтэ түллэҥнээн олорбута. Уот аҕырымныырын кытары аны ньиэмэстэр утары атаакаҕа турбуттара. Эмиэ ытыалаһыы өрө күүдэпчилэнэ түспүтэ. Мэхээлэ пулеметун уоһа кытарыар диэри ытыалаан, ботуруонун барытын тэбээн кэбиспитэ. Онтон аттыгар сытар автоматы ылан тибиирдибитэ.

Ол кэмҥэ Железнов пулемет ботуруона булан аҕалбыта. Ону иитэн хачыгыраспыттара. Ити курдук өстөөх хаста киирэн көрбүтүн төттөрү охсубуттарын кэннэ аны ньиэмэс самолеттара кэлэн буомбалаан лигийбиттэрэ. Эмиэ били тимир суол станциятыгар буолбут алдьархай түбүлээбитэ. Сир ийэ иэнэ мэктиэтигэр өрүтэ кэдэҥэлээн ыларга дылыта. Самолеттар барааттарын кытары уу чуумпу сатыылаабыта. Мэхээлэ саба түспүт буору тоҕо сүгэн оргууй олорбута. Кулгааҕа куп-куугунас, хараҕа ирим-дьирим буолбут этэ. Төбөтүн илгистэ-илгистэ, тарбаҕынан кулгаахтарын хастыбыта. Онтон өндөйөн көрбүтэ ньиэмэстэр эмиэ тура хааман иһэллэрэ. Пулеметун ылан ытыалаан сигийбитинэн барбыта. Аттыгар Железнов автомата тарылыыра. Аны биһиги дьоммут диэкиттэн снарядтар кэлэн ньиэмэстэр сыаптарыгар түһэн тоҕута барбыттара. Анарааҥҥылар эмиэ төттөрү чугуйбуттара. Биһиги дьоммут соторутааҕыта төлө охсон ылбыт траншеяларыттан бэрт сэдэхтик ытыалыыллара. Арааһа, тыыннаах хаалбыт киһи аҕыйаабыт быһыылааҕа.

Күн буруо, быыл быыһынан кытаран киирэн барбыта. Сотору халлаан хараҥаран кыргыһыы сэллээбитэ. Ону кытары биһиги дьоммутуттан эбии күүс кэлэн Мэхээлэлээҕи төттөрү таһаарбыттара. Маарыын сарсыарда 250 киһилээх ротаттан ахсыа эрэ буолан ордубут этилэр. Үс күн инники кирбии кэтэх өттүгэр сытыаран баран, тыылга таһааран эмиэ штрафной ротаҕа холбообуттара. Уонча хонугунан Старай Руссаттан саҕалаан Демьянскай тоҕойу босхолуур кыргыһыыларга кыттыбыттара. Ити курдук кыһыны быһа кыргыһыы үөһүгэр сылдьыбыттара. Өлбүттэри, бааһырбыттары саҥа дьонунан солбуйан иһэллэрэ.

Биирдэ саҥа кэлбиттэр ортолоругар уруккута майор чыыннаах, военторг начальнига киһи баара. Ити кэмнэргэ үгүс үрдүкү командирдар сытыы тыллаах саллааттар «ВПЖ» (военно-полевая жена) диэн ааттаабыт дьахтардаах буолаллар эбит этэ. Ол дьахталлар ардыгар атаахтаан да ылаллара ханна барыай? Онон командарм военторг начальнигар хонуутааҕы байыаннай ойоҕор үчүгэй саппыкыны тигэргэ бирикээстээбит. Ол дьахтар саҥа саппыкыланан баран дьүөгэлэригэр киһиргээбэккэ буолуо дуо. Аны военторг начальнигын штаб начальнига ыҥыран ылан бэйэтин ВПЖ-гар өссө үчүгэй саппыкыны сакаастаабыт. Оттон майорга оннук тирии суох буолан биэрбит. Ол түмүгэр сылтах булан майор эрэйдээҕи трибуналга сууттаан, бары чыынын-хаанын быһан туран штрафной ротаҕа ыыппыттар.

Кыс ортото сэттэ медсестра кыыһы аҕалбыттара. Чугуйуу буолбутугар кыргыттар эрэйдээхтэр эмиэ куоппуттар. Өлүү болдьохтоох дьилэй дууһалаах командирдаах заградотряд туһаайыытынан тахсан кэлбиттэрин тутан ылан штрафной ротаҕа ыыппыттар. Командирдара кыргыттары көрөн:

– Дьэ, буолуохтаатаҕа! Кыргыттары сэриигэ киллэрэр, өссө штрафной ротаҕа ыытар буоллахпыт үһү. Кинилэр сэриилэһиэ суохтаахтар эбээт, оҕолонуохтаахтар, – диэн баран дириҥник өрө тыынан ылбыта.

Кыргыттар тыыннаах хаалалларын туһугар тугу барытын оҥорорго сүбэлэспиттэрэ. Ол эрээри, бастакы кыргыһыыга биир кыыс миинэҕэ түбэһээхтээбитэ. Икки атаҕын дэлби тэптэрбит муҥнаах сыыллар да кыаҕа суох буолан сытара. Дьүөгэлэрэ кинини Галя диэн ааттыыллара. Командирдара Мэхээлэҕэ кинини хайаан да тыылга таһаарарга бирикээстээбитэ. Галя, Мэхээлэ сүгэн баран сорох сиргэ сыылан, ардыгар ойон туран сүүрэн истэҕинэ, сотору-сотору: «Аны миигин штрафник диэбэттэр ини», – дии иһээхтээбитэ, онтон өйүн сүтэрбитэ. Кыыс хатыҥыр баҕайы этэ, ону таһынан атаҕын быһа тэптэрэн адьас кыракый оҕо курдуга. Мэхээлэ төһө сатыырынан бааһырбыттар буруйдарын боруостаабыттарынан ааҕыллалларын туһунан быһаара сатаабыта уонна кыаммакка хараҕын уута икки иэдэһинэн халыйа испитэ. Оҕо курдук түөһүгэр көтөҕөн, кутталлаах сири ааһан истэҕинэ, Галя быстах кэмҥэ өйдөнөн кини ытыы иһэрин көрөн:

– Ытаама. Мин атаҕа суох да буолларбын тыыннаах хааллым дии. Хата, эн бэйэҥ тыыннаах хаала сатаа, – диэн сибигинэйбитэ. Онуоха киһитэ ордук тэптэн ытаабыта.

Кыргыттар бары даҕаны олус хорсун уонна күүстээх санаалаах этилэр. Кинилэр аттыларыгар куттаҕас саллааттар бааллара кими барытын абардыах курдуга. Кыргыттарга дурда-хахха буоларга анаммыт биир кус сүрэх атаакаҕа киирэн иһэн талах төрдүгэр мээнэ халлааны ытыалыы сытарын көрөн, хайдахтаах да түгэҥҥэ бэйэ бодотун туттунар командирдара уҥуох-уҥуоҕа хамсыар диэри уордайбыта. Чуут ол саллааты ытан кэбиһэ сыспыта. Сотору командирдарын туруорсуутунан кыргыттары штрафной ротаттан босхолообуттара.

Итирэн баран араас буруйу оҥорон түбэспиттэр кытта бааллара. Мэхээлэ урут арыгыны хаһан испитэ баарай, онон өлүүтүн атын дьоҥҥо биэрээччи. Железнов даҕаны итирэр гына испэтигэр сүбэлиирэ. Итирик киһи сэриигэ буолуохтааҕар, ханна баҕарар алдьархайга түбэһиэн сөп диирэ. Биһиги дьоммут арыгыга түбэстилэр да иннилэрин-кэннилэрин билбэт гына иһэллэрин ньиэмэстэр эмиэ билэллэр эбит этэ. Ол иһин чугуйалларыгар тимир суол станцияларыгар, атын да улахан суолталаах нэһилиэнньэлээх пууннарга соруйан испиирдээх цистернэлэри хаалларан бараллар эбит. Биирдэ итирэн хаалан ньиэмэстэргэ билиэн түбэһэ сыһан баран, күрээбит танкистары аҕалбыттара. Кинилэр тимир суол станциятын өмүтүннэрэн былдьаан ылар бирикээһи ылан баран, чаҕылхайдык толорбуттар. Онтон бүтүн цистернэ испиир турарын көрөн кыайыыларын сууйбуттар. Сотору соҕус ньиэмэстэр туох да утарылаһыыны көрсүбэккэ станцияны төттөрү ылбыттар. Биһиги дьоммут өлөр итирик буолан биэрбиттэр. Таанкалар бары экипажтара суох тураллар үһү.

Сааһыары миинэ эмтэркэйэ Железнов хаҥас саннын хаптаҕайыгар таппыта. Мэхээлэ ыараханнык бааһырбыт табаарыһын сүгэн санчааска илдьэн биэрбитэ. Арахсалларыгар киһитэ:

– Мин этэҥҥэ буоллахпына аны штрафнойга төннүбэппин. Эн кытаат, тыыннаах хаала сатаа, – диэн баран өлүөр илиитинэн бүк тардан иэдэһиттэн уураан ылбыта. Мэхээлэ хараҕа туманныран, күөмэйин туох эрэ бүөлүү анньан тугу да булан эппэккэ киһитин түөһүгэр илиитин ууран ылаат таһырдьаны былдьаспыта. Железнова бааһырыаҕыттан ыла улаханнык соҕотохсуйбута. Кинини кытары төгүрүктээһинтэн тахсан штрафнойга түбэспит дьонтон биир да киһи ордубатаҕа. Кыргыһыы саамай кытаанаҕар сылдьан ким өлөн, ким бааһыран туораан испиттэр. Арай, кинини эрэ буулдьа да, оскуолка да таба илигэ.

Халлаан ылааран барбыта. Сотору уу-хаар тахсыбыта. Траншеялара киһини сототунан уу чаалыйан эрэйдиир буолбута. Бу кэмҥэ сэрии арыый аҕырымнаан ыларга дылы гыммыта. Мэхээлэ саҥа кэлбит дьонтон биир сааһыра барбыт Сухов диэн киһилиин уонна эдэркээн Кузнецовтуун доҕордоспута. Сухов Сибиир олохтооҕо, холкуостаах. Пушканы соһор аттары көрүүгэ-харайыыга сылдьан, дьөһөгөй оҕолорун олус сордуур младшай лейтенаны кытта кыыһырсан баран хараҕын ылан кэбиһэн штрафной ротаҕа түбэспит. Оттон Кузнецов аан бастаан атаакаҕа киирэн иһэн, куттанан снаряд воронкатыгар күн аҥаара олорбут буруйун кыа хаанынан боруостуу кэлбит. Суховы кутурук маһын курдук батыһа сылдьар, адьас аҕа туттан кэбиспит быһыылааҕа. Мэхээлэ маҥнай кинилэри туораттан кэтээн көрө сылдьыбыта, онтон биир түүн үһүөн инники кирбииттэн өссө арыый иһирдьэ киирэн кистэлэҥ харабыллааһыҥҥа сылдьаннар чугаһаспыттара.

Онно сытан тымныйбыта дуу, Кузнецов сарсыныгар иһэ ыалдьан эрэйдэммитэ. Мэхээлэ иһэ ыарыйдаҕына ииппит эдьиийэ сытыган эрбэһини оргутан иһэрдэрин санаан киһитин оннук эмтээбитэ. Эрбэһин баҕас траншея таһыгар элбэх этэ. Өс киирбэх киһитэ кыырт буолан хаалбыта. Дьэ, онтон ыла аһыылларыгар, утуйалларыгар бары бииргэ суулаһан сылдьаллара.

Биир түүн кинилэри сибиэһэй дьон кэлэн солбуйбуттара. Штрафниктары тыылга таһааран, поезка олордон Москва диэки илпиттэрэ. Онтон Орел куорат туһаайыытынан тиэрдэн ый курдук сынньаппыттара. Өссө эбии дьону аҕалтаабыттара.

Дьэ, онтон, от ыйын 5 күнүн сарсыардатыттан, харса суох кимэн киирии саҕаламмыта. Штрафниктар сыһыарыллыбыт чаастара, өстөөх төһө да күүскэ утарсыбытын иһин, хас да күн устата син кыра-кыралаан сыҕарыйан иһэн улахан бөҕөргөтүнүүлээх балаһаҕа кэлэн харан хаалбыта. Мэхээлэлээх роталара кимэн киирэн иһэр туһаайыытынан, сыһыы анараа өттүгэр баар дьоҕус үрдэлгэ оҥоһуллубут дзоттан икки пулемет кими да быктарбат гына сабыта тибиирэн иһэллэрэ.

Дзоту суох оҥорорго бирикээс ылбыт саллаат сирин ортотугар да тиийбэккэ өлбүтэ. Утуу-субуу өссө сэттэ киһи барбытын тэһитэ ытыалаан кэбиспиттэрэ. Дьэ, онтон тохсус киһинэн Мэхээлэ барарыгар бирикээстэммитэ. Уол оҕо уйана-хатана биллэр, күн-хаан туллар кэмэ тирээн кэлбитэ. Мэхээлэ дьонун көмөлөһүннэрэн каскатын тула эрбэһин анньыммыта, ньиэмэс плащпалаткатын бүрүнэ быраҕыммыта. Алталыы гранатаны икки гына холбуу баайбыттара уонна алта диискэлээх ньиэмэс автоматын биэрбиттэрэ.

Хайыыр да кыаҕа суоҕа. Сибилигин аҕай, хараҕын ортотугар, аҕыс киһини уот тобураҕынан сабыта тибиирдэн өлөрбүт хонууларыгар сыыллан тахсарыгар тиийбитэ. Араастаан күөрэ-лаҥкы түһэн өлө сытар дьону быыһынан, төһө кыалларынан, сиргэ хам сыстан сыылан иһэн, хаан сытыттан аҕынньыта төллөн өҕүйэ сыһа-сыһа, сыҕарыйдар сыҕарыйан испитэ. Дьоно кинини хаххалаан ытыалыылларын күүһүрдүбүттэрэ. Өлбүт дьонунан хаххаланан, сир аппатын-дьаппатын барытын туһана сатаан, бэрт өр сыыллан дзоттан хадьы соҕус тиийэн траншеяҕа үҥкүрүс гыммыта. Кини дьолугар биир да ньиэмэс саллаата суох сирэ түбэспит этэ. Тохтоон тыын ыла түһэр, көлөһүнүн да соттор түгэнэ суоҕа. Автоматын адьас бэлэм туппутунан траншея устун дөрүн-дөрүн пулемет ытыалаан күпсүйэр сирин диэки үөмпүтэ. Ол иһэн хаҥас диэки муҥур траншеяҕа түөрт-биэс саллаат аһыы олороругар түбэһэ түспүтэ. Анарааҥҥылар кинини көрөн, соһуйан, харахтарын тиэрэ көрөн кэбиспиттэрэ. Тутан туран уһун уочаратынан барыларын хаптаппыта. Арааһа, аһыыр кэмнэригэр түбэһэн маныаха диэри тыыннаах кэлбиппин ээ дии саныы-саныы, салгыы ньохчооройдообута.

Дзокка тиийэн, ааны тэлэйэ тардан баран биир баайыы гранатаны иһирдьэ элитээт туора ыстаммыта. Сүрдээх улахан, бүтэҥи тыас ньиргийэ түспүтэ. Тутуу баттаһа иккис баайыытын быраҕан баран эмиэ төттөрү ойоот, үөрүүтүттэн даллайан олорон хаалбыта. Ол кэмҥэ, ити үлүгэртэн хайдах тыыннаах хаалбыт күтүр эбитэ буолла, биир ньиэмэс офицера балааскайдаан тахсан иһэн, кини диэки туһаайа-туһаайа, бэстилиэтинэн хаста да ытан баһырҕаппыта. Мэхээлэ уҥа илиитэ «ньир» гына түһээт, былаат курдук буолан хаалбыта. Ойон туран истэҕинэ анарааҥҥыта өссө чугаһаан кэлэн, адьас икки-үс хаамыы сиртэн ытан саайбыта. Мэхээлэ охтон иһэн түөһүгэр иилинэ сылдьан автоматын элбэрээгин хаҥас илиитинэн төлө тардан, ааһа бакылдьыйан эрэр офицеры сууллары ытан түһэрбитэ. Хабарҕатыттан хаан тыгыалыырын өлүөр илиитинэн саба туттан сыттаҕына, дьоно ыһыы-хаһыы бөҕөнү түһэрэн саба сырсан кэлэн бөҕөргөтүнүү иккис балаһатыгар ааспыттара. Мэхээлэ таһыгар ротатын командира кэлэн сөһүргэстии түспүтэ. Онтон:

– Живой! Живой! Ай, да молодец! Санита-аар! Санитар! – дии-дии тула холоруктаабыта. Санитар кэлэн хабарҕатын халыҥ гына бэрэбээскилээн, уҥа илиитин эмиэ ыга кэлгийэн баран:

– В рубашке родился. Пули навылет прошли, – диэн баран өйөөн туруорбута. Рота командира санчааска тиэрдэ охсорго бирикээстээт дьонун эккирэтэ ыстаммыта.

Кырдьык, бааһырыылара халымыр соҕус буолан биэрбиттэрэ. Били, ньиэмэс офицера бастакы ытыалааһыныгар биир буулдьа уҥа илиитин быччыҥын тобулу көтөн ааспыт этэ. Иккиһин, тутан туран сыыһа ытан, хаҥас сыҥааҕын аннынан көп этин дьөлө ыппыт. Онон ый иһинэн үтүөрэн госпитальтан тахсар буолбута. Үтүөрэн тахсааччылары анал хамыыһыйа көрөн хайа чааска баралларын быһаарара. Ону таһынан, штрафниктар оһуобай отдел үлэһиттэрин чыыскалааһынын ааһаллара. Мэхээлэни сиэстэрэ кыргыттарга киэргэнэн ып-ыраастык таҥнар, одеколон сытынан дыргыйар оһуобай отдел капитана атаҕын төбөтүттэн саҕалаан өрө көрөн таһааран баран, олоппоһугар тиэрэ түһэн чочумча, бу туох киһитэ киирдэ диэбиттии, сыныйан көрбүтэ. Онтон дьыалатын арыйталаан ааҕа түһэн баран:

– Гитлеровецтарга таҥнарбыт Власов бирикээһин толорон Ленинград оборонатын көҥүл өттүнэн бырахпыт ыар буруйгун сууйдум дии саныыгын дуо? – диэн баран супту көрөн олорбута. Мэхээлэ итинник эрэ ыйытыа диэн күүппэтэх, бааһырбытын быһыытынан штрафнойтан босхолонор бигэ санаалаах буолан тугу да булан хардарбакка хаалбыта.

– Молчишь… Ол аата Ийэ дойдугун таҥнарбыт буруйбун боруостуу иликпин дии саныыр буоллаҕыҥ. Мин да инньэ дии саныыбын. Онон төттөрү штрафной ротаҕа бараҕын, – диэн баран туох эрэ кумааҕыга илии баттаан баран, хаҥас илиитинэн туора хаһыйан уунан биэрбитэ. Мэхээлэ олус кыһыйан-абаран уонна тоҕо эрэ өсөһүөх санаата киирэн, ону харбаан ылаат тахсан барбыта. Дьиҥэр, бэйэтин кырдьыгын таһаарынан мөккүһэн көрүөҕүн нууччалыы мөлтөхтүк билэрэ мэһэйдиирэ. Туох дииллэрин син барытын өйдүүр курдук эрээри, бэйэтэ тугу эмэ этээри, саҥараары гыннаҕына тыла чороччу тардан хаалбыт курдук буолара. Арай, Железновтуун эрэ түҥ-таҥ балкыйан да буоллар, ис санаатын барытын тоҕо тэбээн кэпсэтэр-ипсэтэр буолара.

Ротатыгар тиийбитигэр Суховтаах Кузнецов соһуйуу бөҕө буолбуттара. Командира эмиэ сүрдээҕин соһуйбута эрээри, Мэхээлэ төннөн кэлбитин сирбэт быһыылааҕа. Туох буолбутун истэн баран, үһүөн нуучча норуотун үөхсүүгэ аналлаах баай тылын барытын оһуобай отдел капитаныгар анаабыттара.

Киһиэхэ кыра да наада эбит этэ. Мэхээлэ онтон хайдах эрэ эгди буолбута, тиһэҕэр штрафной ротаҕа эргиллэн кэлбитин сирбэт да курдук санаалар кииртэлээбиттэрэ. Манна кинини бары билэллэрэ, бэл, харыстыы сатыыр курдуктара.

Смоленскай уобалаһы босхолуур кыргыһыылар бара тураллара. Биирдэ кыракый дэриэбинэни, дэриэбинэни да буолуо дуо, күл-көмөр буолбут оннун эрэ, ылыы иһин Мэхээлэлээх сыһыарыллыбыт чаастара кырыктаах кыргыһыыга киирбитэ. Икки күн иһигэр ньиэмэстэри кытары хаста да дэриэбинэни хардары-таары ылсыы кэнниттэн дьоно эстибит батальону солбуйан ити туһаайыынан штрафниктары киллэрбиттэрэ. Мэхээлэ халлаан сырдыыта оннун булунан, окуопа хайыҥар станковой пулемету туруораары буору булбатаҕа. Бэйэтин да, ньиэмэс саллааттарын да өлүгэ холкуос сонуогун кытыытынааҕы сылбах курдук дьаргыллана сытара. Сэттэ өлүгү сыҕарытан пулеметун туруорарга нэһиилэ миэстэ таһаарыммыта уонна манна өлөр буолбуппун быһыылаах дии санаабыта. Нөҥүө күнүгэр ньиэмэстэр хардары атаакалаабатахтара. Арааһа, күүстэрэ эстибит быһыылааҕа. Сотору Смоленскай куорат босхоломмута.

1944 сыл, муус устар 3 күнэ үүммүтэ. Бу күнү Мэхээлэ үйэтин тухары умнубат гына өйдөөн хаалбыта. Ротаны барытын стройдаппыттара. Дивизия командира полковник Лаверов бэйэтинэн баара. Кини рядовой Тарабукин үс хаамыы инники тахсарыгар бирикээстээбитэ уонна:

– Рядовой Тарабукин, таҥнарыахсыт Власов сыыһа бирикээһин толорон Ленинград оборонатын хаалларбытын иһин 1942 сыл, алтынньы ыйга штрафной ротаҕа түбэспитэ. Онтон ыла күн бүгүнүгэр диэри Старай Руссанан, Курскай тоҕойунан, Смоленскай уобалаһынан өстөөхтөрү кытары кыргыһыы саамай кытаанаҕар ураты хорсуннук, чиэһинэйдик сэриилэстэ. Онон ураты патриотическай өйдөөҕүн-санаалааҕын көрдөрдө. Бүгүҥҥүттэн киниэхэ сержант званиета иҥэриллэр уонна дьиҥнээх, регулярнай чаастарга көһөрүллэр, – диэн иһитиннэрбитэ.

Мэхээлэ хараҕа ууланан, иннигэр кэчигирээн турар саллааттар кэккэлэрэ күөгэҥнээн, мэктиэтигэр тыына хаайтарыах курдук буолан барбыта. Ол кэмҥэ дивизия командира кэлэн илиитин ыга туппута, санныттан кууспута уонна:

– Держись, солдат! – диэн баран чиэс биэрбитэ. Мэхээлэ эмиэ уҥа илиитин чанчыгар тиэрдибитигэр эйэҕэстик мичээрдээн баран, санныттан таптайан ылаат эргиллэ түһэн тэйэ хаампыта. Ити кэмҥэ тарҕаһарга бирикээстээбиттэрэ. Мэхээлэни эҕэрдэлээри саллааттар иилии эргийэн кэбиспиттэрэ, онтон көтөҕөн ылан салгыҥҥа өрүтэ быраҕан хачайдаабыттара. Кинилэр үөрбүт-көппүт сирэйдэрин көрөн Мэхээлэ таҥнарыахсыт диэн сааттаах дьаралык уһуллубутун, дьэ, итэҕэйбитэ.

Оччолорго Мэхээлэ балтараа сыл устата ити ааты сүгэ сылдьыбыта кэлин кини олоҕор улахан мэһэйдэри үөскэтиэҕин, саллаат, буойун быһыытынан оҥорбут хорсун быһыылара буруйа суоҕар буруйдаммытын сууйуу толуга буолан, туох да наҕараадаҕа түспэккэ хаалбыт кыһыыта-абата үйэтин тухары ааспат-арахпат атаҕастабыл кэриэтэ кэрбии сылдьыаҕын туһунан сэрэйэн да көрбөтөҕө. Эгэ, кэлин сорох дьон кэнниттэн «штрафник», «власовец» диэн хомуруйардыы саҥаралларын, үөҕэллэрин истэр төһөлөөх ыарахан буолуоҕун туһунан санаа киириэ дуо?! Кини бу күн чахчы дьоллоох этэ. Күн аайы өлөр өлүүнү утары көрсөр саллаат доҕотторо хабан ылан өрүтэ быраҕаттыыр кэмнэригэр, кини мэктиэтигэр дьолуттан көтөр кынаттаммыт курдуга.

Ини-биилэр

Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии кыттыылаахтарыгар – абаҕаларбар Аргунов Иннокентий Ивановичка,

Аргунов Петр Ивановичка уонна аҕабар Макеев Николай Власьевичка аныыбын

Сэриигэ аттаныы

Тыа саҕатыгар сэлэлии үүммүт хатыҥнар лабаалара онон-манан саһарбыта ыраахтан ала-чуо сырдаан көстөр буолбуттар. Бүөтүр ону көрө-көрө, сайын наһаа түргэнник ааһан эрэр ээ, дии санаата. Хайыай, күн-дьыл да ыраатта. Бүгүн атырдьах ыйын 12 күнэ үүннэ. Сэрии буолбута номнуо иккис ыйыгар баран эрэр. Ньиэмэстэр бэрт киэҥ сиринэн тайаан дойду киинин – Москва, Ленинград диэки дьулуһалларын туһунан суостаах иһитиннэриилэр хаһыакка тахсаллар, нэһилиэк сэбиэтигэр сотору-сотору кэлэллэр. Бүгүн Уус Алдан оройуонун II Байаҕантай нэһилиэгин дьоно ол ыраах ньиргийэр сэриигэ бастакы ыҥырыыга хабыллыбыт уон аҕыс киһини атаардылар. «Пятилетка», «Бөлөхтөһүү», «Тыраҕатталаах» холкуостартан Нуучча алааһыгар түмүллэн баран, бу айаннаан иһэллэр. Төһө да үлэ-хамнас үгэнэ буоллар сэриигэ барааччылары атаара холкуос аайыттан балачча киһи мустубут этэ. Атаарааччылар үгүстэрэ хайдах эрэ дөйөн, талбааран хаалбыт курдуктара. Кистии-саба ытаһааччылар да бааллара.

Бүөтүр убайынаан Лэгэнтэйдиин биир күн бэбиэскэ туппуттара. Баттахтан ийэлэрэ Мааппа кыра кыыһа Араппыаһы уонна эдьиийдэрэ Алааппыйаны кытары атаарса кэлбиттэрэ. Ийэлэрин иккис кэргэнэ Былаас бэйэтин аннынан суруттарбыт кыра уолун Куоланы кытары, ыраах алааска оттуу сылдьар буоланнар, кыайан кэлбэтэхтэрэ. Атаарааччылар үгүстэрэ сэриигэ барааччылары батыһан Табы сыырыгар диэри кэлсибиттэрэ. Бүөтүр алаас ортотугар тиийэн иһэн эргиллэн көрбүтэ дьахталлар уонна оҕолор халдьаайыга арҕам-тарҕам туран былааттарынан далбаатыы хаалбыттара. Сотору отучча аттаах киһи барыта тыаҕа киирэн көстүбэт буолбуттара.

Убайа Лэгэнтэй дьон-сэргэ судургутук Бүөтүкэ уола Боотуон диэн ааттыыр, оттон сурулларынан Егоров Николай Петрович дэнэр киһилиин тугу эрэ кэпсэтэ-кэпсэтэ сэргэстэһэ хаамтаран иһэллэрэ. Боотуон ата кэккэлэһэ иһэр акка боотурҕаан, кулгааҕын ньылата-ньылата ытыраары гынарын иһин тэһиинин илгиэлээмэхтээн ылара. Бүөтүкэ оҕолоро бары да ыраастык туттар, уһун сула дьоннор. Боотуон эмиэ мэлдьи ып-ыраас таҥастаах, хайдах эрэ бэйэтигэр сөбө суох уһун илиилээх-атахтаах киһи. Холкуоһугар биригэдьиирдиир этэ. Бүөтүр кини кыыһырбытын хаһан да көрө илик. Хата, саҥарарыгар өрүү мичээрдээн кэбиһэр идэлээх. Билигин даҕаны мүчүйэн ылар быһыылаах. Дьоно Тиилийэ диэн алаас соҕуруу өттүгэр кыстыыллар, Туора үрэххэ киирэн сайылыыллар. Онтон үлэ быыһыгар Нуучча алааһыгар кэлэн элбэхтэ оонньообут-көрүлээбит, тустан, сырсан да көрбүт киһитэ буолан балачча билсэр уола.

Кинилэр иннилэригэр Готовцев Афанасий Софронович-Хоҥкучах көхсө көстөр. Быйыл сааскыттан холкуос бэрэссэдээтэлинэн быыбарданан үлэлээн испитэ. Аҕыйах хонуктааҕыта Үөһээ үрэххэ олохтоох Сэмэн оҕонньор кыыһын Мотуруонаны кэргэн ылан баран, бу сэриигэ баран эрдэҕэ. Охонооһой оччо элэккэйэ да суох буоллар сүрдээх судургу киһи. Убайынаан Михаил Софроновичтыын-Сиэдэрэйдиин дьүһүннээх үтүөтэ, уҥуохтаах көнөтө дьоннор. Сиэдэрэй билигин хайа эрэ нэһилиэккэ учууталлыыр буолуохтаах, эмиэ сэриигэ ыҥырыллыбыта дуу.

Саамай инники Заболоцкай Гаврил Михайлович, Тохтотойго олорор Чөнөкө уола Мэхээлэ диэн киһи кыра уола, хаамтаран иһэр. Национальнай байыаннай оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан доруобуйатынан сыыллан дойдутугар тахсыбыта. Билигин бу уон аҕыс киһини баһылыыр-көһүлүүр, хамаандалыыр киһи быһыытынан инники айаннаан иһэр. Сотору-сотору көнтөһүнэн атын самыыга охсон тиэтэтэн биэрэр уонна кэннин хайыһан дьоно хайдах иһэллэрин көрөн ылбахтыыр.

Бүөтүр кэнниттэн Заболоцкай Константин Алексеевич-Сонтой хаамтаран иһэр. Кини «Тыраҕатталаах» холкуос киһитэ. Туруйалаах соҕуруу өттүгэр олохтоох. Бүөтүртэн балачча аҕа, саастаах киһи. Нэһилиэк сэбиэтигэр кэлэ сылдьарынан эрэ билэр, оччо эн-мин дэспэтэх киһитэ. Кини кэнниттэн Ааныска быраата Заболоцкай Иван Петрович-Хоонох Уйбаан ата сыҥааҕын Сонтой атын самыытыгар ууран ыла-ыла хааман дьигиһитэн иһэр. Ол ахсын Сонтой ата кулгааҕын ньылах гыннара-гыннара илгистимэхтээн ылар. Хоонох Уйбаан аҕыйах саҥалаах, кыра уҥуохтаах эрээри хоп курдук быһыылаах-таһаалаах киһи. Сэттэ кылаас үөрэхтээх буолан холкуоска суоччуттаабыта хас да сыл буолла. Тоҕо эрэ кэргэн ылбакка сылдьар. Биирдэ эмэтэ дьон дьээбэлэнэн хаһан ойох ылаҕын диэтэхтэринэ быһаарыыта суох: «Ээ, бэйэм», – диэн кэбиһээччи.

Аттаахтар Уһун Күөлтэн чараас тыаны быһа түһэн Суотту үрэҕэр киирбиттэрэ. Үрэххэ киирэн иһэн Колодезников Петр Петрович-Чуппууска уола Бүөтүкэ иҥэһэтигэр туран ыла-ыла илин диэки көрбөхтөөн ылыталаабыта. Кинилэр сайылыктара мантан чугас. Санаатыгар туох эмэ көстөөрөй диир быһыылаах.

Аттаахтар дулҕанан саба үүммүт от үрэххэ киирээт арҕаа диэки салаллыбыттара. Бу үрэх Суотту диэн ааттаммыта туспа кэпсээн. Былыр кыргыс үйэтин саҕана суоттулар бу үрэҕи батан кэлэн байаҕантайдары сэриилээбиттэрэ үһү. Онтон ыла аат иҥэн хаалбыт. Билигин Бүөтүрдээх сайылыыр Баттах диэн сирдэригэр тиийэн, сэттэ саастаах Кулан диэн уолу батыйанан иһин дьөлө аспыттарыгар иһин үтүлүгүнэн бүөлэнэн баран куоппута үһү. Танда үрэҕи үрдүнэн ойон уҥуоргу киэҥ толооҥҥо тахсан сүүрэн эрэр оҕону атынан эккирэтэн сиппэтэхтэр. Уоллара үрэх үрдүк мыраанын сирэйинэн өрө сүүрэн тахсан куотан хаалбыт. Онтон ыла ити мырааны Кулан хайата диэн ааттаабыттар. Ол иһэн мыраан кэтэҕинээҕи үрүйэҕэ иһин бүөлэммит үтүлүгэ түһэн хаалбыт. Онтон ыла ити үрүйэ күн бүгүнүгэр диэри Үтүлүктээх үрүйэтэ диэн ааттанан турар. Суотту үрэҕэр Батыйа Сурда диэн ааттанар сир эмиэ баар. Онно суоттулар Бөҕө Бэлэс диэн ааттаах киһи суоһурҕанан хаһыытаабытыттан-ыһыытаабытыттан куттанан төннөн иһэн, биир батыйаны хаалларан кэбиспиттэрэ үһү дииллэрэ. Дьиҥэр ол Бөҕө Бэлэстэрэ уончалаах эрэ уол саҕа, туох да күүһэ-уоҕа суох, арай, сүрдээх улахан саҥалаах киһи эбитэ үһү.

Аттаахтар суһал соҕустук айаннаан Суотту үрэҕин баһыгар тиийбиттэрэ. Онтон Холлоҕостоох үрэҕэр түһэр Атырдьах Сэргэ диэн үрүйэҕэ киириилэригэр күн ортото буола охсубута. Бу үрүйэ аатыгар сыһыаннаах эмиэ биир үһүйээн баар. Былыр кыргыс үйэтин саҕана икки ини-бии дьон иирсэн баран, аны хаһан да көрсүһүө суох буоланнар андаҕайаннар бу үрүйэҕэ икки салаалаах сэргэни туруорбуттара үһү. Үрүйэ саҕатыгар ол сэргэлэрэ билигин даҕаны иҥнэри соҕус түһэн турар. Мантан ыла кинилэр нэһилиэктэрин сирэ бүтэр.

Чөнөкө уола Мэхээлэ кубарыйа хаппыт сэргэ туһугар тиийэн атыттан ыстанан түспүтэ уонна:

– Манна чэйдээн барыаҕыҥ, – диэбитигэр бары аттарыттан түһэн тыа саҕатыгар баайталаан кэбиспиттэрэ. Сотору соҕус кутаа буруота унааран тахсан тииттэр бастарынан халыйбыта. Чэйдэрэ оргуйан элбэх кэпсэтиитэ-күүгээнэ суох өйүөлэрин таһааран төгүрүччү олорон аһаабытынан барбыттара. Аһаан бүтэн ким табахтыы, ким көннөрү тиэрэ түһэн сынньана, атыттар ботуоҥкаларыгар баар аҕыйах сээкэйдэрин бэринэ сырыттахтарына Калининскай Семен Гаврильевич-Абыйааскы уола сэргэҕэ тиийэн, этэрбэһин оһуттан быһаҕын ылан аатын оҥо быһан суруйбута. Ону көрөн атыттар бары күө-дьаа буолан эмиэ ааттарын суруйталаабыттара. Ити курдук нэһилиэктэрин сирин-уотун арҕаа баһыгар баар атырдьах маһы санатар дьикти сэргэ таһыгар балачча өр тохтуу түһэн баран, ханна-ханна тиэрдэрэ биллибэт айаннарыгар туруммуттара. Бүөтүр үрүйэ тоҕойугар тиийэн иһэн кэннин хайыһан көрбүтэ атырдьах сэргэ былыр хаһан эрэ ини-биилэр атырдьах салаатыныы арахсыбыттарын туоһута, онтон билигин сэриигэ баран иһэр дьон төрөөбүт нэһилиэктэрин бүтэһик бэлиэтэ буолан иҥнэри түһэн тураахтыыра.

Киэһэ күн арҕаа саҕахха санньыйыыта II Байаҕантай нэһилиэгиттэн сэриигэ баран иһэр дьон Сиэллээх аартыгын өрө дибдитэн тахсыбыттарыгар иннилэригэр Мүрү эбэ киэҥ иэнэ унааран көстүбүтэ.

Сарсыҥҥытыгар хоммут ыалларыттан дойдуларыттан ат төннөрөөччүнэн киирбит оҕонньору уонна саҥа чороччу улаатан эрэр уолаттары, биир-икки атаарсааччыны кытары райком дьиэтин таһыгар тиийбиттэрэ киһи бөҕө үллэҥнэс этэ. Тэлиэгэҕэ көлүллүбүт сүүрбэччэ ат уулусса кытыытыгар бааллан тураллара. Кинилэр нэһилиэктэрин холкуостарыттан биирдии аты сиэтэн аҕалбыттарын армияҕа барааччылары дьаһайар дьон эмиэ ол аттары кытары баайталаан кэбиспиттэрэ. Илин, арҕаа диэкиттэн кэлитэлиир бөлөх-бөлөх дьону, испииһэгинэн бэрэбиэркэлии-бэрэбиэркэлии, биир сиргэ түмэллэр эбит этэ. Бүөтүр сэбиэт сэкирэтээринэн, үп ааҕынынан үлэлии сылдьан оройуоҥҥа мунньахтарга киирэ сылдьан билсибит хас да киһитин көрсүбүтэ. Күнү быһа итинник аамыллаһан взводтарга, отделениеларга арааран баран, барааччылары барыларын бу түүн оскуола дьиэтигэр хоноҕут, сарсын сатыы Аллараа Бэстээххэ бараҕыт диэн биллэрбиттэрэ.

Мальтаҕа

Хаанымсах фашистартан Ийэ дойдуларын көмүскүү аттаммыт II Байаҕантай нэһилиэгин уолаттара дойдуларыттан туруммуттара ый аҥаарыттан ордон баран, Иркутскай уобалас Мальта диэн тимир суол станциятыгар тиийбиттэрэ. Кэлээттэрин кытары баанньыкка сырытыннарбыттара, байыаннай таҥас кэтэрдибиттэрэ. Бу иннинэ ынах этэрбэһинэн сылдьыбыт дьон куһаат кур курдук субуллубут, бачыыҥка үрдүнэн саппыкы оһун солбуйан сотоҕо эриллэр «обмотка» диэн таҥаһы сатаан эриммэккэ эрэй бөҕө буолбута. Сорохтор хааман истэхтэринэ обмоткалара субуллан хаалан хамандыырдартан мөҕүллүү-этиллии да баара. Сарсыҥҥытыгар сири хаһан землянка оҥостуутугар туруммуттара. Отчут-масчыт саха уолаттара хара үлэҕэ баҕас сирдэрбэтэхтэрэ. Сотору бэйэлэрэ олоруохтаах землянкаларын тутан, үрүт үрдүгэр иккилии наара оронноон бүтэрбиттэрэ. Үлэлииллэригэр нууччалыы билбэттэрэ улаханнык мэһэйдээбитэ. Онтукалара байыаннай үөрэххэ ордук эрэйдээбитэ. Командирдара туох диирин өйдөөбөккө түҥ-таҥ хамсаныы элбэх этэ. Күнү быһа хаамарга, ыстыыгынан киирсэргэ, сыылларга, бинтиэпкэнэн ытарга, гранатанан быраҕарга үөрэтэллэрэ. Ону таһынан сотору-сотору атаакаҕа киллэрэн сүүрүү-көтүү бөҕө буолбута. Аҕыйах хонугунан бары да сэниэлэрэ-сылбалара эстибитэ. Астара быстар мөлтөх буолан иэдэппитэ. Күнүһүн уу судураан хаппыыста миинин иһэрдэллэрэ, биирдии быһыы хара килиэп биэрэллэрэ.

Бүөтүр убайынаан атын-атын роталарга түбэспиттэрэ. Лэгэнтэй уон алтатын туолаат көмүстээх Алдаҥҥа, Томмокко, тиийэн үлэлээбит, нууччаны-саханы кытары алтыспыт, сытыы-хотуу буолан манна да дьонтон итэҕэһэ суох сылдьара. Бүөтүр кэм түөрт кылаас үөрэхтээх, сэбиэт сэкирэтээринэн эҥин үлэлээбит киһи быһыытынан нууччалыы саҥаны син өйдүүрэ. Онтон алаастарыттан арахпатах, үрэхтэриттэн тэйбэтэх дьон улахан эрэйи көрсүбүтэ.

Биир түүн ардах курулаччы кута турдаҕына, Лэгэнтэй тимир суол станциятын тас өттүгэр харабылга сылдьан, хараҥаҕа барыйан турар бараак дьиэ түннүгэр уот кыламныырын көрөн иттэ түһэргэ санаммыта. Ааны тоҥсуйбутугар эдэр дьахтар арыйбыта. Уу чоккурас буолбут саллааты аһына көрдө быһыылааҕа. Дьиэҕэ ыҥыран киллэрэн итии чэй кутан биэрбитэ, кэпсэтэ түспүттэрэ. Лэгэнтэй сылаас дьиэҕэ төһө да олоро түһүөн баҕардар, аны хамандыырым түбэһэ кэлиэ диэн дьаарханан, эмиэ таһырдьа тахсарыгар тиийбитэ. Тахсарыгар дьахтар аатым Екатерина диэн диэбитэ, киирэ сылдьарыгар ыҥырбыта. Кэлин быыс булан хаста да Екатеринаҕа киирэн тахсыбыта.

Балаҕан ыйын бүтүүтэ, Лэгэнтэйдээх роталарын икки нэдиэлэттэн эрэ ордук үөрэтээт, арҕаа атаарбыттара. Биир дойдулаахтара кинилэри тимир суол станциятыгар тиийэн атаарбыттара. Бүөтүр убайын таһыгар турдаҕына:

– Кеша! Кеша, ты где? – дии-дии биир нуучча дьахтара саллааттары силэйэн дьулуруйан кэлэн Лэгэнтэй таһыгар кэлэн тохтуу түспүтэ. Онтон өрбөххө сууламмыт тугу эрэ туттараат:

– Ну, дорогой, наверно больше не встретимся. Берегите себя, – диэн баран, кууһан ылан уураат, төттөрү дьулуруйбута. Уолаттар маҥнай соһуйан хаалан саҥата суох турбахтаабыттара. Онтон ким эрэ:

– Оо, Лэгэнтэй, ол иһин хайаан таах сылдьыай. Обургу манна да кэлэн дьахтардана охсубут, – диэн саҥа аллайбытыгар, киһилэрэ дьахтар аймахха сытыытын билэр буоланнар, бары күлсэн ньиргиһэ түспүттэрэ. Лэгэнтэй кыбыстан мух-мах барыах курдук буолан иһэн дьонун өйдөөн көрбүтэ – баттахтара кырыллан, ыйтан эрэ ордук кэмҥэ ыран-дьүдьэйэн, иэдэстэрин уҥуоҕа лоппоруһан, кулгаахтара даллаһан хаалбыт курдук этилэр. Онно эрэ бу бииргэ үөскээбит дьонун сорохторун арааһа бүтэһигин көрөбүн быһыылаах диэн санаа сытыытык тэһэ кэйбитэ. Ол кэмҥэ вагоннарга олорор хамаанда бэриллибитэ. Сотору паровоз үрүҥ паарынан уһуурбахтаан ылан баран, дьүккүс гыммытыгар вагоннар холбоһуктара лүһүгүрэһэ түспүттэрэ уонна оргууй устубутунан барбыттара.

Киэһэ Бүөтүр землянкатын таһыгар үүнэн турар бэскэ өйөнөн туран арҕаа барбыт убайын, биир дойдулаахтарын сайыһан кистээн ытаабыта. Мальтаҕа кинилэр нэһилиэктэриттэн бэрт аҕыйах киһи хаалбыта. Олортон Заболоцкай Иван Петрович-Хоонох Уйбаан ыалдьан санчааска сытара. Лэгэнтэйдээх арҕаа аттаммыттара аҕыйах хоммутун кэннэ Хоонох Уйбаан өлбүтүн туһунан истибиттэрэ. Уҥуоҕун тутуһууга биир дойдулаахтарыттан Күммүгэ олохтоох Былдьыгырас уола – Турантаев Пантелеймон Иванович сылдьыспыта. Ол күн үгэ-хоһоон тыллаах Пантелеймон саҥатыттан матан, туох эрэ ыар санааҕа баттаппыттыы соҥуоран сылдьыбыта. Дойдуларыттан бииргэ кэлбит киһилэрэ өлөн бары даҕаны уку-сакы буолбуттара.

Инники кирбиигэ

Кэмниэ кэнэҕэс маршевай ротаны кытары Бүөтүрдээҕи эмиэ арҕаа ыытар буолбуттара. Вагоннарга олорон тус арҕаа айаннаан лигийии буолбута. Новосибирскайга чугаһаан иһэн биир станцияҕа тохтообуттарыгар Бүөтүр Түүлээхтэн сылдьар Оллонов Прокопийдыын уонна биир дойдулааҕа Заболоцкай Константин Алексеевичтыын-Сонтойдуун оргуйбут уу ыла сырсыбыттара. Бүөтүр котелогар саҥа уу ылан эрдэҕинэ поезтара хоҥнубутунан барбыта. Прокопийдыын тэтимин ылан лиһиргээн-лаһырҕаан эрэр поеһы эккирэтэн кыл мүччү сиппиттэрэ. Саллааттар илиилэриттэн харбаан ылан вагоҥҥа ньылбы соһон ылыталаабыттара. Сонтой өссө да ыраах сүүрэн иһэрэ да поезд түргэтээтэр-түргэтээн хаалан хаалбыта. Новосибирскайга тиийэн икки күн тохтообуттара да киһилэрэ биллибэтэҕэ. Онтон Алтайга тиийбиттэрин кэннэ Прокопийы атын чааска ылан барбыттара. Бүөтүр Мальтаттан арахсыбыт дьонуттан соҕотоҕун хаалан баран, сотору сэрии тыаһа ньиргийэн иһиллэр сиригэр тиийбитэ. Сэрии буолбут сиригэр чугаһаан истэхтэрин аайы тимир суол кытыытыгар умайбыт вагоннар дьардьамалара, күл-көмөр буолбут дьиэлэр оһохторо эрэ хоройон турара, араас алдьаныы-кээһэнии элбээн испитэ. Кэнники икки-үс күн ньиэмэс самолеттара буомбалыылларыттан сэрэнэн түүнүн эрэ айанныыллара. Халлаан тымныйан барбыта.

Биир түүн ньиэмэс самолеттара үлтү буомбалаабыт станцияларыгар тиийэн бэрт суһаллык сүөкэммиттэрэ. Халлаан сырдыар диэри биирдэ да сынньанан ылбакка арҕаа диэки хаампыттара. Иннилэригэр ыраах сэрии тыаһа ньиргийэн иһиллэр этэ. Ол тыас киһини бүтэйдии саба баттыыр туох эрэ дьулаан күүстээҕэ. Хараҥа саҕахха ырыых-ыраах күһүҥҥү чаҕылҕан кэриэтэ уот күлүмнүүрэ кытары көстөрө. Сарсыарданан киэҥ толоону ортотунан эрийэ-буруйа субуллубут үрэх үрдүгэр кэлэн окуопа хастыбытынан барбыттара. Халлаан былытыран инчэҕэй хаар түһэн тэлимнээбитэ. Бүөтүр сыра-хара бөҕөнөн окуопатын хаһан бүтэрэн баран, сынньана олордоҕуна отделениеларын хамандыыра үрэх кытылыттан от үргүү барарга ыҥырбыта. Бэһиэ буолан үрэх кытылыгар киирэн иһэн кинилэртэн чугас соҕус баар мас муостанан саллааттар холуонналара туораан эрэрин көрбүттэрэ. Хара баттахтаах дьону көрөн Бүөтүр, баҕар, сахалар бааллара буолаарай диэн хамандыырыттан көҥүллэтэн муоста диэки сүүрбүтэ. Арай, саллааттар ортолоругар убайа Лэгэнтэй Боотуоннуун иһэллэр эбит. Бүөтүр соһуйан хаалан маҥнай саҥата суох таалан турбута, онтон:

– Убаай, Лэгэнтээй! – диэн хаһыытаабыта. Дьоно сахалыы саҥаны истэннэр өрө көрө түспүттэрэ. Бүөтүр холуоннаны кытыытынан халты-мүлтү тэбинэн батыһан истэҕинэ, убайа аах хамандыырдарыттан көҥүллэтэн суол кытыытыгар тахсыбыттара. Петлицатыгар младшай лейтенант бэлиэлээх, куйаабылламмыт уһун киһи:

– Аргунов – три минуты. Потом догоните, – диэн баран ааһа акылдьыйа турбута.

Лэгэнтэй Мальтаттан арахсыахтарыттан оччо уларыйбатах этэ, арай ыстыыктаах сааны хороччу сүгэ сылдьара. Оттон Боотуон хайдах эрэ куччаан хаалбыт курдуга. Саҥата суох утарыта көрсөн турбахтаат Лэгэнтэй:

– Нохоо, табахтааххын дуо? – диэбитигэр Бүөтүр хоонньуттан өлүү мохуоркатын ылан биэрбитэ. Бэйэтэ табахтаабат этэ, ол эрээри өлүү мохуоркатын туохха эмэ атастаһаары ылбытыттан үөрэ санаабыта. Лэгэнтэй быраата ууммутун синиэлин ис сиэбигэр куду анньаат аны:

– Нохоо, харчылааҕыҥ буолаарай? – диэбитэ. Онуоха Бүөтүр уон солкуобайдааҕын ылан биэрбитэ уонна күлэн ыттайа турар Боотуонтан:

– Бу аата ханна тиэрдэллэр үһүнүй? – диэн ыйыппыта.

– Яснай Поляна диэки тиийэбит диэбиттэрэ, – диэн баран киһитэ өндөх гынан дьоно төһө ырааппыттарын көрөн ылбыта. Онтон окуопа хаста сылдьар дьону көрөн ылаат: – Эһигини манна тохтоппуттар эбит дии, – диэбитэ.