скачать книгу бесплатно
Саха сирин дьулаан түбэлтэлэрэ
Д. Д. Михайлов
Кинигэҕэ Саха сирин араас муннуктарыгар тахсыбыт дьулаан түбэлтэлэр таҥыллан киирдилэр. Хомуурунньук норуот тылынан уус-уран айымньытын кытта ыкса сибээстээх "Түгэх түөлбэ түбэлтэлэрэ" уонна куорат олохтоохторугар киэҥник тарҕаммыт араас кэпсээннэргэ олоҕурбут "Куорат сир кэпсээннэриттэн" диэн икки түһүмэхтэн турар.
Ааҕааччы киэҥ эйгэтигэр ананар.
Михайлов Дмитрий
Саха Сирин дьулаан түбэлтэлэрэ
ТҮГЭХ ТҮӨЛБЭ ТҮБЭЛТЭЛЭРЭ
Кутталлаах умуһах
Бу түбэлтэ ааспыт үйэ аҕыс уонус сылларыгар Ньурбаҕа буолбут дииллэрэ. Биир үтүө күн күөгэйэр күнүгэр сылдьар эдэркээн Балыарый уол дэриэбинэттэн тэйиччи соҕус сиргэ бултуу диэн барбыта. Ол баран, кэпсэтии быһыытынан, уруккуттан билсэр уолун үүтээнигэр тиийбит. Дьиэлээх уол эппитинэн, үүтээн умуһаҕар өссө хаһаас арыгы баар буолуохтаах. Айылҕаҕа тахсан, көҥүл салгынынан сайа тыынар үтүө түгэн тосхойбучча, Балыарый, сүргэтэ көтөҕүллэн, уот оттунан, ас тардынан барар. Аһа-үөлэ бэлэм буолан, остуолга олорон көрдөҕүнэ, туох эрэ тиийбэт, итэҕэс курдуга. «Ээ, били аһым итэҕэс эбит дии», – дии санаат, мааҕын дьиэлээх уол эппитин санаан, үүтээн бадыбаалыгар түһэргэ сананан, ойон турар.
Аллара киирэр ааны булан, түһэн иһэн, туохтан эрэ иҥнэн, чыпчылыйыах түгэнигэр умуһах түгэҕэр биирдэ баар буолан хаалар. Саатар аана сабыллан хаалан, ытыс таһынар ыас хараҥа им балай буола түһэр. Балыарый, ойон туран, кыратык сахсына-тэбэнэ түһээт, ыстаанын сиэбиттэн испиискэ ылан уматтан, «абыраллаах» аһын булар, ону кытта, испиискэтэ умуллан хаалар, ол да буоллар, элэс көрөн хаалбытынан муннукка туох эрэ мөһөөччүккэ майгынныыр, өссө хайдах эрэ хамсыырга дылы турар курдуга. Уол иккистээн испиискэтин уматтыбыта, арай, доҕоор, били мөһөөччүгэ дьахтар быһыытын ылынан, улааттар улаатан барбыт, уол, дэлби уолуйан хаалан, биир сиргэ хам хараҕаламмыт курдук туран хаалар. Дьэ, онто отой даҕаны дьахтар буолбатах, уп-уһун маҥхайбыт баттахтаах кырдьаҕас эмээхсин эбит.
Балыарый, көрбүтүн итэҕэйбэккэ, сүрэҕэ айаҕынан тахса сыһан, эргиллэ биэрээт, тахсар ааны былдьаспыт. Испиискэ умулларыгар көрдөҕүнэ, эмээхсин уол диэки сыҕарыйан иһэр курдуга…
Атаҕын иминэн үктэл устун үөһэ дабайан, үүтээҥҥэ киирэр. Киирээт да, түргэн үлүгэрдик хомуна охсон, түүннэри дьиэлиир.
Бу түбэлтэни итэҕэйиэ суоҕа, бостуой күлүүгэ барыам диэн, дьиэлээх уолга кэпсээбэккэ сананар, ол да буоллар, биир ый ааспытын кэннэ, иккиэн бииргэ түбэһэн бултуу сырыттахтарына, ол кутталлаах түгэни барытын ыраас мууска ууран биэрэн, дууһатын чэпчэтэр. Онуоха ол үүтээн хаһаайына уол отой да соһуйбатах, өссө маннык диэн кэпсиир: «Билигин ити бултуурга тохтуур үүтээн буолан турар дьиэҕэ урут төрөппүттэриниин бары бииргэ олорбут дьиэлэрэ эбит. Оҕо сылдьан, дьиэ умуһаҕар түһэн доҕотторун кытта оонньуур идэлээҕин кэпсиир. Биирдэ тоҕо эрэ түүн киирбиттэр, онно Балыарый кэпсээбит ынырык эмээхсинин көрбүт. Онно баар оҕолор өлө куттанан үөгү-хаһыы бөҕө буолбуттарыгар утуйа сытар ийэлээх аҕата уһуктан кэлбиттэр уонна кинилэр эмиэ эмээхсини илэ харахтарынан көрбүттэр. Кырдьаҕас муус маҥан уһун баттаҕа хараҕар саба түһэ сылдьар эбит, киһи иилэн ылбатынан эгэлгэтэ иһиллибэт туох эрэ дорҕооннору таһааран, саҥара сатыыра үһү. Улахан дьон уолларын уонна кини доҕотторун харбаан ылан, үөһэ тахсаннар, бу алдьархайдаах дьиэлэриттэн куоппуттар. Кэлин олохтоох дьонтон истэн билбиттэрэ, ити дьиэ төрүт олохтоохторун эбэлэрэ төбөтүнэн ыалдьаахтаабыт эбит. Күнү быһа хаһыытаан, саһыгыраччы күлэн, өссө арыт букатын даҕаны таҥаһын-сабын устан кэбиһэр идэлэнэн, дьонун-сэргэтин тулуйар кыахтарыттан таһааран, эбэлэрин ити умуһах иһигэр олохтообуттар. Эмээхсин эрэйдээх никсик сыттаах, хараҥа умуһах сир салгыныттан сыыстаран өр буолаахтаабатах, сотору өлөөхтөөбүт эбит…»
Дьэ ити курдук Балыарый доҕорун дьоно дьиэни атыылаабатахтар, хам-хаадьаа сылдьар, булчуттар тохтуур үүтээн дьиэлэрэ буолбут эбит. Эмээхсин туһунан умнулла быһыытыйбытын кэннэ, бу Балыарый илэ көрөн, ити эргин сирдэргэ дьулаан сурах хос тарҕаммыт. Дьиэ билигин да турар сурахтааҕа, ол эрэн аллара түһэр кирилиэһин көтүрэн, умуһаҕы суох гыммыттар.
Илэ көстүү
Бу түбэлтэ ааспыт үйэ сэттэ уонус сылларыгар Тааттаҕа буолбут эбит. Биһиги Ытык Күөлгэ, оройуон киинигэр олорорбут, онно дойдубар Уолбаҕа бараары гынабын диэн аймахпыт Сэрэппиин киирэн, бэлисипиэт уларсыбыта. Оччолорго билиҥҥи курдук элбэх массыына суоҕа, эгэ чааһынай көлө кэлиэ дуо, кытайдар курдук, дьон-сэргэ, кырдьаҕаһыттан-эдэриттэн тутулуга суох, бары кэриэтэ бэлисипиэти миинэллэрэ. Биһиги ол кэмҥэ икки бэлисипиэттээх этибит, дьонум Сэрэппииҥҥэ «Уралбытын» уларсыбыттара.
Уолба Ытык Күөлтэн хоту диэки отут үс килэмиэтир тэйиччитэ. Ол саҕана билиҥҥи улахан айан суола суоҕа, бөһүөлэккэ киирэр суол икки алааһы туораан ааһара. Бастакы алаас Өҥөй алааһа диэн. Алааска илин диэки хайысханан киириллэрэ, онтон аллара диэки түһэн, хоту өттүнэн арҕаа тахсан, чөкө соҕус киһи уҥуоҕунан ойуурга киирэн, нөҥүө алааска түһүллэрэ.
Сэрэппиин киэһэлик, күн киирэн эрдэҕинэ, ити алааска тиийэн кэлбит. Киһи уҥуоҕун аттынан айаннаан иһэн көрдөҕүнэ, арай биир дьахтар, киниэхэ көхсүнэн буолан, баттаҕын тараана олорор эбит. Сэрэппиин туох дьиибэ дьахтара куттаммакка, киһи уҥуоҕар кэлэн баттаҕын тараана олордоҕой диэн мөҕүттэ саныыр. Арыый үөһэ тахсан эргиллэн көрбүтэ, бэрт соторутааҕыта куһаҕаннык өлбүт Киристиинэ диэн эдэр дьахтар эбит. Сэрэппиин дьиэтигэр, быһа холоон үс килэмиэтир курдук сири, хайдах тиийбитин да өйдөөбөккө хаалбыт. Олус куттанан, уолуйан сүрэҕэ ыалдьан өлө сыспытын өрүһүйбүттэрэ.
Бу кэнниттэн бокуонньук илэ сылдьан бар дьонун куттаабыта, ол сайын дьон-сэргэ киэһэ таһырдьа тахсалларыттан саллар буолбуттара. Киристиинэ көмүллүбүт сирин туһаайыытынан дьоҕус холорук кэлэн, олорбут дьиэтин хайысхатынан сүтэрэ. Кини дьиэтигэр соҕотох оҕонньор олорбута, ол эрээри бокуонньук түүн ахсын кэлэн дьиэтиттэн холдьохсоруттан, кутталыттан ол дьиэттэн көспүт. Ол сайын мин Уолбаҕа сайылыы сылдьарым, эбэм уулуссаҕа мээнэ оонньото таһаарбата. Киристиинэни ынахтарын хомуйа сылдьар дьүөгэтэ көрсө түспүтүн туһунан кэпсэл баара. Ол кэнниттэн ол дьахтар барахсан уһуннук балыыһаҕа сыппыта.
Өссө дьиктитэ диэн, таһаҕас тиэйэн аҕалбыт нуучча суоппардара дьахтары көрөллөрүн туһунан кэпсииллэрэ. Арай, айаннаан истэхтэринэ, киһи уҥуоҕар эдэр дьахтар баттаҕын тараана олорор үһү. Ону көрөн туох буолбут дьахтарый, куттаммакка киһи уҥуоҕар тахсан баттаҕын тараана олорор диэн сөҕөннөр, олохтоохтортон ыйыталаспыттарын туһунан кэпсииллэрэ.
Ити курдук дьон-сэргэ санаата айманан, олус куттанан олорбуппут. Эбэм олоҕу олорбут, саастаах киһи сиэринэн мөҕүттэрин өйдүүбүн: «Бэйэтин дьаһаммыт киһини дьону кытта биир сиргэ көмпүттэрэ итинник буолла, өссө сулустаан, былаахтаан буолан», – диирэ. Былыр өбүгэ сиэринэн итинник түбэлтэҕэ киһини умса көмөллөрө үһү.
Күн-дьыл баран испитэ, кыһын ааһан, саас буолбута.
Сэрэппиин аҕата Тэрэнтэй диэн кырдьаҕас хомуньуус хорсун санааны ылынан, хас да киилэ тууһу атыылаһан, дьахтар көмүллүбүт буорун үрдүгэр куппут. Туус хаары кытта ууллан буорга иҥиэхтээҕэ…
Дьэ, ол кэнниттэн эрэ кимиэхэ да көстүбэт буолбут.
Илдьэ барыы…
Дэриэбинэҕэ биир кырдьаҕас соҕотох оҕонньор олорбут. Олорор дьиэтэ соҕотох киһиэхэ киэҥ-куоҥ, улахан эбит. Ол да иһин, соҕотоҕун тэһийиминэ да буолуо, биир хоһугар балыыһаҕа быраактыкаҕа кэлбит кыыһы олохтообут. Дьиэтигэр доҕордоммучча, санаата көтөҕүллэн, кэпсэтэр киһилэнэн, оҕонньор сэһэнэ-сэппэнэ үксээбит.
Биир кыһыҥҥы ыкса киэһэ кыыс балыыһатыттан кэлэн, тэлгэһэҕэ киирэн иһэн иһиттэҕинэ, тэйиччи соҕус киһи хаамарын курдук, хаар кыычырҕаабыт. Хабыс-хараҥа буолан туох да көстүбэт эбит. Кыыс оҕонньор ону-маны бэрийэ таҕыста ини дии саныыр. Ол эрэн эдэр кыыс чуор кулгааҕынан иһиттэҕинэ, ол хаамар киһи олус ыараханнык тыынар, эмиэ да ынчыктыыр, эмиэ да тыынын былдьаһар икки ардынан ыарахан баҕайытык бопторор курдук эбит. Кыыс куттанан: «Кимҥинээй?» – диэн үөгүлүүр. Ону кытта били ыараханнык тыынар курдук тыас тута сүтэн хаалар. Кыыс соһуйан, турбахтыы түһэн: «Хайдах-хайдах баҕайыный, эчи дьиктитин», – дии санаан баран, дьиэтигэр киирэн хаалар. Дьиэлээх оҕонньор отой да таһырдьа тахсыбатах эбит, сөҕүрүйэн эрэр оһоҕун уотун иннигэр туох эрэ ыар санааҕа баттаппыттыы туттан, кэри-куру буолан олорор эбит. Кыыс, төһө да эдэркээн саастаах буоллар, оҕонньор барахсан туохтан эрэ санаата түспүтүн бэлиэтии көрөр уонна кырдьаҕас киһини куттаамаары, тэлгэһэҕэ ким эрэ ыараханнык тыыммытын, хаары хаачырҕатан хаампытын кэпсээбэт.
Киэһээҥҥи аһылыктарын аһыы олорон, аны ыалдьыбыт дуу дии санаан, кыыс ыйыталаспытыгар оҕонньор маннык кэпсээннээх буолан, дьукааҕын, эдэр кыыһы, дэлби куттаабыт, уйулҕатын хамсаппыт:
«Күнүскү аһылыгым кэнниттэн үгэспинэн барбах утуйа түһэн ылбытым, түүлбэр былыр үйэҕэ, инньэ сүүрбэччэ сыллаахха, өлбүт быраатым көһүннэ. Туох абааһы куһаҕан билгэтэ буолла, миигин кытта барыс диэн ыҥыра сатаабытын аккаастанным», – диэн.
Ол түүн кыысчаан оҕонньор кэпсээниттэн уйуһуйан, уута көтөн утуйан быстыбат. Нөҥүө хоско утуйа сытар оҕонньор тыынара бу баардыы иһиллэр. Төһө өр кэм ааспыта буолла, арай таһырдьа кыыс утуйар хоһун түннүгүн аннынан эмиэ мааҕыҥҥы курдук хаар хаачырҕаабыт. Субу баардыы, хантан эрэ олус ыраах сиртэн аҕылаан-мэҥилээн, сүүрэн кэлбит киһи курдук, ыарахан баҕайытык киһи тыынара иһиллэр. Кыыс, олус күүскэ куттанан, суорҕанын ыга тардынан баран сытар. Арай иһиттэҕинэ, хаар хаачыргыыра уонна ыараханнык тыыныы оҕонньор сытар хоһун түннүгүн таһыгар иһиллэр. Холкутук тыынан утуйа сыппыт оҕонньор тыынара ыараан, оронугар дэлби мөхсөн, мэктиэтигэр хардьыгынаан тыынар курдук буолар. Оҕонньору үөгүлээн уһугуннарыан баҕарар да, көстүбэт «ыалдьыт» ыарахан тыына субу баар курдуга…
Ити курдук, түүнү быһа кутуйах иинин кэҥэтэн, куттал бөҕөнү көрөн, күнүскү сылаата баттаан, кыыс барахсан утуйан хаалаахтыыр…
Сарсыарда, халлаан суһуктуйа сырдыыта, эдэр кыыс туран таһырдьа тахсан, суолу-ииһи көрө сатыыр. Хаарга туох да, ким да суола суох эбит. Хайдах эрэ санаата чэпчээн, дьиэҕэ киирэр. Аһыы олорон оҕонньор түүлүн кэпсиир: «Бөлүүн түһээтэхпинэ, быраатым эмиэ илэ кэлэ сырытта, бэҕэһээ күнүстээҕэр өссө ордук кыыһырбыт, дьэбидийбит көрүҥнээх, аккаастаммытым үрдүнэн, күүһүнэн илдьэ барар санаатын ылыммыт курдук… Төһө да саас ылбытын иһин, бу да буолларбын, күн сириттэн ордук туох баар буолуой, тоҕойуом?! Өлүөхпүн отой баҕарбаппын», – диэхтиир. Дьэ, онно кыыс тугу истибитин барытын кэпсиир. Оҕонньор барахсан кыыс кэпсээнин истэн баран: «Уһугуннарыаҥ этэ буоллаҕа дии, тоҕойуом, тыынара ыарахана сүрдээҕэ, өлөрүгэр эмиэ итинник, тыынын былдьаһа-былдьаһа ыараханнык, тыына сыппыта, сэллик сиэбитэ… Дьэ, тоҕойуом, ити барыта куһаҕаҥҥа диэн тойоннуохха сөп, мин уһаан сылдьыбат киһи буоллум…» – диэн түүлүгэр дуу, илэ дуу кэлэн илдьэ бара сатыыр, бу дойдуттан өрдөөҕүтэ барбыт быраатыттан эмиэ да кыһыйа, эмиэ да аһыйа кэпсээнин түмүктүүр.
Ити кэнниттэн, оҕонньор түүйбүтүн курдук, биир нэдиэлэ иһинэн эмискэ сыыстаран, ойоҕостотон орто дойду олоҕуттан үйэ-саас тухары бараахтаабыта. Туох да иҥэ-дьаҥа суох тыа сирин сэмэй, үлэһит киһитэ сирдээҕи олоҕун түмүктээн, быраатын аттыгар хараллыбыта.
Дойду иччитин кэлэтии
Ааспыт сайын доҕорум Сэмэнчик киһи куйахата күүрэр түбэлтэтигэр түбэһэн турардаах. Былырыын атырдьах ыйын биир намыын киэһэтигэр доҕотторун кытта айылҕаҕа тахса сылдьарга санаммыттар. Үгэс курдук, сөтүөлүүр, аһыыр-сиир тэриллэрин, астарын-үөллэрин тиэйэннэр Тулагыттан чугас турар кыракый дэриэбинэ таһыгар баар алааска түһүүлэммиттэр. Онно дьон олорбот быраҕыллыбыт дьиэлэрэ, былыргы үйэтинээҕи хотоннор бааллар эбит. Бу хайдах эрэ, туох эрэ кистэлэҥнээх сир буоларын туһунан олохтоохтор истэригэр урут-уруккуттан кэпсэл баара үһү…
Уолаттар массыыналарын муусукатын муҥ кыраайыгар холбообуттар, ону-маны, буолары-буолбаты кэпсэтэн, күө-дьаа буолан, уот оттон эт үөлбүттэр, өр көрсүспэтэх ахтылҕаннарын дуоһуйа таһаарбыттар.
Түүн үөһүн саҕана ый уотун өлбөөркөй сырдыга киэҥ алаас иэнин барбах сырдатан, хабыс-хараҥа буолбут. Сэмэнчик тура сылдьарга сананан, ойуур саҕатын диэки хаампыт. Ол баран иһэн көрдөҕүнэ, былыргы сэргэ турар эбит. Өйө бааллан дуу, туох имнэнэн дуу, сэргэни хайа сотон бэлиэтиир. Ол кэннэ аар айылҕа иһийбит чуумпутунан дуоһуйан турбахтыы түһэргэ сананар, ол туран ис-иһиттэн туохтан эрэ дьиксинэр, кинини ким эрэ көрөн турарын курдук санаа күлүм гынар. Сонно тута чугас соҕус, бастаан аргыый, онтон улам күүһүрэн дүҥүр тыаһа иһиллэр. Сэмэнчик, төһө да куттана санаатар, билиэх-көрүөх санаата баһыйан, турбут сиригэр туран хаалар. Дүҥүр тыаһа субу адьас аттыгар иһиллибит. Өссө ким эрэ тыынар курдук эбит. Сэмэнчик, дьэ, өйдөнөн, өлөрдүү куттанан, түһүүлэммит сирдэрин диэки муҥ кыраайынан тэбиммит. Доҕотторун уһугуннартаан, одоҥ-додоҥ кэпсээн, суһаллык хомунан куорат диэки көтүппүттэр. Итиэннэ Сэмэнчик туох да бэйэлээххэ ити сир диэки барыам суоҕа, арааһа сэргэҕэ ытыктабыла суох сыһыаммынан дойду иччитин кэлэтэн, улахан сыыһаны оҥостубуппун, айылҕаҕа таҕыстаххытына сиргитин аһатаргытын умнаайаҕыт диир.
Былыргы өбүгэбит саҕаттан дьон-сэргэ олорон ааспыт сирдэрин ытыктыы, кинилэр олохторун туоһута – иҥнэйбит, сууллубут сэргэлэри харыстыы үөрэниэхтээх эбиппит, доҕоттоор…
Антон Иванов
Бэйэтинэн биллии
2011 сыллаахха төрөппүттэрим икки дьиэни тэҥинэн атыыласпыттара. Биирэ, улахана – кыһыҥҥы, иккиһэ – сайыҥҥы, миэхэ анаммыт этэ. От ыйын саҕаланыытыгар эксээмэннэрбин этэҥҥэ туттартаан, куораттан дойдубар тахсыбытым. Дойдум салгынынан сайа тыынан, ахтылҕаммын таһааран дуоһуйан сылдьарым. Кыра дьиэҕэ ийэм балта кыракый кыыһыныын бааллара. Мин дьүөгэбэр баран, ону-маны сэлэһэн, киинэ уларсан, дьиэбэр хойутуу кэлбитим.
Ааннарбын хататалаан, сөрүүн уу иһэн, бэрт кыратык интернеккэ олоро түһэн бараммын, утуйардыы оҥостубутум. Эдьиийим оҕотунуун хайыы үйэ утуйбуттара ырааппыт. Тэлэбиисэр саҥата эрэ барбах иһиллэрэ. Саҥардыы утуйаары, халтаһаларым сабыллан эрдэхтэринэ, арай аан аһыллан, киһи киирэр курдук тыас иһиллибититтэн уум көтөн хаалбыта. Атах тыаһа кырачаан балтым оронун диэки барар курдуга, ыраах сиртэн сүүрэн кэлбиттии, киһи аҕылыыра иһиллэрэ. Мин кутталбыттан түүрүллүөхпүнэн түүрүллэн сыппытым да, балтыбын харыстыыр, көмүскэһэр санаалаах ойон турбутум да, ким да суоҕа. «Ээ, итирик киһи хайдах эрэ гынан дьиэбитигэр киирэн таҕыста быһыылаах», – дии санаабытым. Онтон тэрээсэҕэ тахсыбытым, ыппыт холку бэйэлээхтик утуйан буккуруу сытара, иһийбит чуумпуну аймыах туох да суоҕа. Ньиэрбэбин уоскутаары табахтаабытым, онтон киирэн хос сыппытым. Кутталбыттан кыайан утуйбакка эрэйдэммитим. Харахпын симтэхпинэ, моонньо да, түөһэ да суох кыып-кырдьаҕас оҕонньор төбөтө көстөр этэ. Сарсыарда уһуктан баран, улахан убайбар кэпсээбиппин: «Оо, бу кыыс даҕаны, оһоххун, уоккун аһаппытыҥ дуо, арааһа уотуҥ иччитэ Хатан Тэмиэрийэ быһыылаах, дьүһүнүттэн көрдөххө», – диэбитэ…
Ийэм-аҕам, эбэлээх эһэм бэрт кыра сааспыттан сахалыы сиэргэ ииппиттэрэ, куораттан тахсаат да, алаадьылаан саҥа дьиэм оһоҕун аһаппытым. Хомойуох иһин, эдьиийим, тыа сириттэн тэйбитэ олус ыраатан, өбүгэтин үгэстэрин соччо тутуспат эбит, истэн баран олус куттаммыта уонна аал уотун иччитин алаадьы астаан, дьэ, күндүлээбитэ.
Ийэ сүрэҕэ…
Бу кэпсээн эдьиийим табаарыһа Сандал уол түбэспит быһылаанын туһунан.
Сандал тыа сиригэр төрөөн, улаатан аармыйаҕа сулууспалаан кэлбит ыччат. Кини кэмигэр ханна да үөрэммэтэх, сулууспалаат да, дойдутугар кэлэн, дьонугар күүс-көмө буолан олорбут эбит. Биирдэ аармыйатааҕы доҕорун көрсөөрү, аҕатын эргэ «УАЗ» массыынатын собуоттаан, чугастааҕы бөһүөлэккэ барбыт. Доҕордуулар саллаат олоҕун ахтан-санаан өр олорбуттар, кыратык аһыы утахтан амсайа да түспүттэр. Киэһэ лаппа хараҥарыыта, Сандал дьиэтигэр төннөрдүү сананар, таһырдьа хайыы сахха борук-сорук, саатар самыырдыыр эбит. Саҥардыы айаннаан иһэн, испит арыгыта төбөтүгэр тахсан, хараҕа дьиримнээн ылар. Массыына добуочча дириҥ хаһыллыыга түһэн хаалар. Сүгэтин ылан, массыынаттан тахсан, көлүөһэтин анныгар угаары, мас быһыта сынньа туран өйдөөн көрбүтэ: киһи уҥуоҕун туһаайыыта эбит, өссө хара сарапааннаах дьахтар кини диэки иһэрин көрөн, олус соһуйан, массыынатыгар киирэ охсубут. Эргэ массыына буолан, иһиттэн хатаммат эбит. Дьахтар олус ыксаабыт көрүҥнээх, ааны тоҥсуйа-тоҥсуйа иһирдьэ киирэ сатаабыт. Уол иһиттэҕинэ: «Кыыһым алдьархайга түбэстэ, өлөн эрэр, баһаалыста бөһүөлэккэ илдьэн биэр», – диир эбит. Уол уоскуйан дьахтары киллэрэр, бачча хойут хайдах киһи уҥуоҕун таһынан саллыбакка сылдьарын сөҕөн ыйытар да, дьахтар истэн эрэ кэбиһэр. Уол тахсан мастарын көлүөһэ анныгар угаттаан, күүскэ гаастаан, этэҥҥэ тахсар. Быстыа дуо, дьахтар көрдөһүүтүн быһа гыммакка, бөһүөлэк диэки төттөрү төннөр. Чаас аҥаарын курдугунан утуйа илик ыаллар дьиэлэрин уоттара көстөр. «Бу дьиэҕэ тохтоо», – диэн биир дьиэни ыйан, онно тохтууллар. Дьахтар: «Көмөлөспүччэ көмөлөс, соҕотоҕун кыайбат дьыалам, кыыһым өлөн эрэр, дьиэҕэ киир, мин хайдах эрэ олус сылайдым ээ», – диир. Уол дьиэҕэ киирэн кэлбитэ, бүтүннүү үгээр сыта, оһох сабыылаах турар эбит. Арай көрбүтэ, эдэркээн кыыс сиргэ охтон сытар. Уол элбэҕи толкуйдуу барбакка, кыыһы көтөҕөн таһаарар, массыынаҕа ким да суоҕун дьиктиргиир, итиччэ ыксаан баран, кыыһын быыһаспакка ханна бардаҕай дии саныыр. Балыыһа дьиэни ыйдаран, кыыһы эмчиттэргэ туттарар. Ити түбэлтэ буолбута биир ый ааспытын кэннэ, Сандаллаах бөһүөлэктэригэр били кыыс кэлэн уолга ис сүрэҕиттэн махтанар. «Мин өлө сыспыппын хайдах билбиккиний?» – диэн дьиктиргээн ыйытар. Онуоха уол: «Оттон ийэҥ эппитэ дии, соруһан аҕалтаран баран, отой да сүтэн хаалбыт этэ», – диир. Дьэ, онуоха кыыс хараҕын муҥунан көрөн саҥа аллайа түһэр: «Ийэҥ даа, ама хайдах, үс сыллааҕыта өлбүтэ дии», – диир. Иккиэн сөҕөн-махтайан, мэктиэтигэр тылларыттан маталлар…
Уоллаах кыыс сыыйа сүрэхтэринэн сөбүлэһэн ыал буолбуттар үһү.
Ийэ, ийэ, күн ийэ барахсан! Сир үрдүгэр олорорун тухары төрөппүт оҕотугар иҥэрбит таптала, кини орто дойдуга суох да буолбутун иһин, хаһан да сөҕүрүйбэт төлөннөөх эбит, ийэ сүрэҕэ өлүүнү өлбөтөх өйүнэн сэрэйдэҕэ… Ийэ сүрэҕэ!
Быыһаныы
Бу түбэлтэҕэ чугас доҕорум аҕата бииргэ төрөөбүт быраатыныын түбэспиттэр. Биэс сыллааҕыта оҥостон, тэринэн Буотама үрэх диэки бултуу тахсыбыттар. Биир сири булан, уот оттон чэйдээн, ол сиргэ түһүүлэммиттэр. Арай өйдөөн көрбүттэрэ, бэрт чугас мастар быыстарыгар булчут үүтээнэ баар эбит, хата, өссө уоттаах буолан үөрдүбүт. Бырааттыылар өр-өтөр гыммакка дьиэҕэ көтөн түспүттэрэ, бэрт тупсаҕай, дьиэ дьахтар киһи кыһамньылаах илиитэ баара көстөр ис барааннааҕа үөрдүбүт. Оһоххо угуллубут хардаҕастар умайан таһыгыраһар тыастара нус-хас олоҕу туоһулуур курдук эбит. Олус кэрэ сэбэрэлээх эдэр дьахтар баара кэргэнин туоһуласпыт да, биһиги дьоммут көрбөтөх буолан биэрбиттэр. Ас бөҕөнү аһаан, сылайан, сылаалара киирэн, бу үүтээҥҥэ хонон ааһарга сананаллар. Быраата урут сытар. Убайа көрдөҕүнэ, арай дьахтар: «Эн биһикки бу эрэ түүн бииргэ буолуох», – дии-дии тас таҥаһын устан, күөгэйэр күнүгэр сылдьар уола хаан сүрэҕин өрүкүтэн, хаанын хамсатан, уохтаах таптаһыыга угуйа ыҥырбыт. Ол мүччүргэннээх мүнүүтэлэргэ эт сүрэҕинэн туох эрэ бэрдэ суоҕу сэрэйэн, тутан турбут луоскатын сиргэ түһэрдэҕэ буолан, төҥкөйө биэрбитэ, дьахтар атаҕа буолбатах, туох эрэ иэмэ-дьаама өйдөммөт бар түү эт көстүбүт. Дьэ, онно эрэ өйдөөбүт, урут оҕо эрдэҕинэ эһэтэ сир-дойду сибиэнэ кэрэ субалаах кыыс-дьахтар буолан кубулунан булчуттары бултаһарын туһунан кэпсиирин. Сорсуннаах сонордьут хаана таайан, булугас өйө киирэ охсон: «Дэлби долгуйуох курдукпун, билигин киириэм, тахсан табахтыы түһүөм», – диэбит, түргэн үлүгэрдик быраатын уһугуннарбыт, дьэ уонна сирэйдэрин хоту куотаннар этэҥҥэ быыһанан, бүтүн оҥорууламмыттар.
(с) К.В.
Хам хаппыт мастан буолуо…
Покровскай сирэ-уота үтүөкэн, кэрэ айылҕалаах, бастыҥ-мааны дьонноох сир. Мин эбэбэр сотору-сотору тахсааччыбын, кини даачата өрүс үрдүгэр турар. Манна дьиэлэр ойуур быыһыгар тутуллубут буоланнар кэрэ көстүүлээхтэр. Дьиэлэр кэккэлэһэн турар сирдэриттэн тэйиччи соҕус былыргы аппа баара. Тоҕо эрэ кэнники кэмҥэ бу диэки киһи соччо ылбычча өйдөөбөт түгэннэрэ тахсар буолбуттара.
Биирдэ атырдьах ыйын хабыс-хараҥа киэһэтигэр табаарыһым чугас ыалларыгар олорбут. Түүн үөһүн саҕана эбэтэ субуоннаабыт: «Түргэнник дьиэҕэр киирэ оҕус, дьиэбитигэр ким эрэ баар курдук хаамар тыаһа иһиллэр, кими эмэ илдьэ кэл», – диэн. Уол ыала уолу кытта бэрт түргэнник сүүрэн кэлбиттэр да, ким да суох эбит. Ол эрэн чуумпуран ылбыттарыгар ким эрэ ытыыра иһиллибит. Сиэбиттэн банаар ылан тыктарбыта, биһиги тэлгэһэбитигэр көхсүнэн буолан, тобук тардыстан ким эрэ иэҕэҥнии олорорун элэс көрөн аһарбыт.
– Манна ким баарый?! – дии-дии өссө төгүл банаарынан тыктарбыт да, ким да суох эбит. Хайдах-хайдах баҕайыный дии санаатар да, доҕор уолун дьиэтигэр утааран, утуйардыы оҥостубут.
Уол эбэтэ биир сарсыарда бэрт эрдэ таһырдьа тахсыбыт. Эмээхсин санаатыгар ким эрэ баар уонна бэл тыынара иһиллэр курдук эбит. Хас да төгүл киирэн-тахсан көрбүт да, ким да суох буолан иһэр…
Нэдиэлэ курдугунан эксээмэннэрбин туттаран бүтэн, уһун өрөбүлбэр кэлбитим. Биһиги дойдубутугар урут-уруккуттан кулуһун оттон баран, өрүс үрдүгэр олорон, саҥа күнү көрсөр үгэстээхпит. Итинник күөрэйэ ойон тахсыбыт күммүтүн көрсөн баран, сарсыарда биэс саҕана уһаайбабытыгар турар кыра дьиэҕэ утуйа барбытым. Бу сайыҥҥы дьиэ буолан судургу тутуулааҕа, истиэнэлэрэ хаптаһын этэ. Дьэ, саҥардыы утуйан истэхпинэ, ким эрэ бэрт күүскэ дьиэни тас өттүттэн сууралыыр тыаһа иһиллибитэ.
«Ээ, аттынааҕы ыаллар ыттарын оҕото сылдьар ини», – дии санаабытым.
Сарсыарда туран көрбүппүттэн хайдах эрэ сэрэхэдийэ санаабытым, дьиэ хаптаһын истиэнэтигэр сыста саһаан сааһыланан турара, ыт даҕаны, туох даҕаны хайдах да истиэнэ икки саһаан икки ардыгар батан киирэн тыаһыыр кыахтара суоҕа. Урут истибит кэпсээммин өйдүү биэрбитим: бу сиргэ олохсуйан олорбут ыччаттар сылтан сыл ахсын көҕүрээн иһэллэрин туһунан, туох эрэ биллибэт биричиинэнэн араастык быһыыланан, көҥүл өттүнэн олохтон бараллар эбит. Былыргы үһүйээннэртэн кэпсэнэн кэлбитинэн, урут манна эбэҥкилэр олорбуттар. Бу сиргэ эбэҥки удаҕаннара харалла сыталларын туһунан барбах кэпсэтэллэрэ. Былыргы аппа туһунан эмиэ туох эрэ кэпсээн баара: өрүс салаатыттан тахсан, уута уолан, былыр үйэҕэ хатан-кууран турара, хойуутук үүммүт мастар тулалыыллара. Сэбиэскэй кэм саҕана ити эргин субу аҕай ыал буолаары сылдьыбыт кыыс суорума суолламмыт эбит. Бэрт хойукка диэри моҥнубут быата турбутугар оҕолор Тарзан буола оонньуу сылдьыбыттарын дьонноро билэн тохтоппуттар дииллэрэ. Аҕыйах сыллааҕыта эмиэ ити сиргэ биһиги уруккуттан билэр көнө майгылаах эдэр уолбут, туох хара дьайдаах санаа киирбитэ эбитэ буолла, бэйэтин дьаһаммыт этэ, сурук да хаалларбатах, кимиэхэ да тугу да эппэтэх…
Дьон-сэргэ былыргы аппа таһынан ааспат буолбуттара. Төһө кырдьыга эбитэ буолла, киһи кэнниттэн ким эрэ хаамар курдук, туох эрэ күлүктэр көстөн ааһаллар дэһэллэрэ.
Быйыл саас тиэргэммит иһигэр үүммүт былыр үйэҕэ хам хатан хаалбыт улахан маһы охторбутум. Аарыма улахан хам хаппыт мас тэлгэһэ ортотугар үүнэн турара киһи кутун-сүрүн баттыыра. Испэр аны былыргы ойууннар мастара буолаарай дии саныырым эрээри, туох да куттала суох ини диэн бэйэбин уоскутунарым. Киһи сөҕүөн курдук, ол маһы суулларбытым кэннэ, хайдах эрэ барыта оруноннугар түһэн хаалбыта: ким да хаамара, тыынара иһиллибэт, ким эрэ баар быһыылаах дии саныырбыт сүппүтэ. Уубутун аймаабыт, олохпутун долгуппут, кэтэнэ-манана сылдьыбыт куттал санаабыт ити хам хаппыт мастан буолуо дуо?! Санаабар эбитэ дуу, көннөрү сөп түбэһии эрэ эбитэ дуу, чахчы туох эрэ көстүбэт күүстэр бааллара дуу?!
(с) К.В.
Иэдээннээх иэстэбил
Аллараа Бэстээхтэн саҕалаан, «Халыма» сүрүн айан суолун кыйа хортуоска буолалара хойуутук көстөллөр. Дэриэбинэ олохтооҕо буола хорута сылдьыбыт. Урукку буолатын кэҥэтэр санаалаах турунан туран үлэлээбит. Арай сир хорутар тэрилэ туохтан эрэ иҥнэн, тыраахтырын тохтотон, түһэн көрөн баран, соһуйан тиэрэ кэлэн түһэ сыспыт. Киһи дьардьамата хостонон тахсыбыт, төбөтүн уҥуоҕа эчэйбэтэх. Отой былыргы көмүү быһыылааҕа: кыыл тириититтэн тигиллибит таҥаһа, дьардьаманы буортан ороору гыммытыгар илдьирийэн тырыта барбыта, онтон киһитин уҥуоҕун сэрэнэн хостоон, чөкө сиргэ уурбута, үлэтин бүтэрэн баран, төттөрү көмөр санаалааҕа. Киэһэлик тус арҕаа диэкиттэн хойуу былыт тахсан, ардыырдыы оҥостубута. Тырахтарыыс дьиэтигэр ыксаан, киһитин кырамтатын дьаһайа барбатаҕа, сарсын да оннун булларыам дии санаабыта.
Сонунун кэпсээн, дьонун куттарын ыыталыы сыспыта, ардах уһун түүнү быһа аа-дьуо тохтообокко түһэ турбута. Нөҥүө сарсыардатыгар буолаҕа кэлэн, киһитин көрдүү сатаабыта да, булбатаҕыттан хайдах эрэ ытырыктата санаан, көлөһүнэ сарт түспүтэ. Үлэлээн бүтэн баран, өссө көрдүү сатаабыта да, туох да суоҕа.
Үһүс күнүгэр киһилэрэ үлэлии барбыт уонна дьиэтигэр кэлбэтэх. Дьоно күүтэ сатаан баран, буолаҕа кэлбиттэрэ, аҕаларын тыраахтыра кураанах турар эбит. Буола хорутар тэрилин салбаҕа хайыы үйэ хаппыт хааннааҕын көрөннөр дэлби уолуйбуттар. Ити миэстэттэн тэйиччи соҕус саҥа хорутуллубут буорга аҕаларын сэймэҕэ сытарын булбуттар, буола хорутар тэрил көрүөхтэн эрэ ынырыктык илдьириппитэ олус дьулаан көстүү этэ… Туох хара дьайдаах киһитэ дуу, дьоно дуу бу айылаах туох иһин маннык кэбилээбиттэрэ буолуой диэн, буруйдаахтары көрдүү сатаабыттара да, туох да сибики биллибэтэҕэ. Арай бу эргин олорор айылҕаттан айдарыылаах киһи эппитинэн, былыр буола саҥа кэҥэтиллэн, хорутуллубут миэстэтигэр удаҕан дьахтар олоро сылдьыбыт эбит.
Аата мээнэ ааттаммат улуу киһи уутун уйгуурдан, саатар кырамтатын тута ийэ буоругар харайа охсубакка хаалларан барбыт киһитин итинник иэстэстэҕэ буолуо, дьиктитэ диэн, удаҕан уҥуоҕун булбатахтар, кимиэхэ да көстүбэтэх үһү…
(с) К.В.
Көстүбэт күүстэр уйалара
Сахабыт сирин биир улууһун кытыы уулуссатыгар ааспыт үйэ сэттэ уонус сылларыгар тутуллубут икки кыбартыыралаах дьиэ баар. Сэбиэскэй саҕана маннык дьиэлэри тэбис-тэҥ былааннаахтык туппут буоланнар, бары биир халыып курдуктара. Дьиэни таһыттан көрдөххө, атыттартан туох да уратыта суоҕа, ол эрэн бу дьиэ туһунан соччото суох, оҕону-дьахтары чаҕытар сурахтар иһиллэллэрэ. Мин кыра эрдэхпинэ, ол дьиэ өр баҕайы кураанах турбута, ким да олорбот этэ. Ол дьиэҕэ олоро сылдьыбыт дьон кистээн кэпсииллэринэн, дьиэлэрин иһигэр туох эрэ тыаһыыр, сороҕор өссө ол-бу маллара турар миэстэлэриттэн сыҕарыйан хаалбыт буолар үһү, олохтоох дьон куруук төбөлөрө ыалдьар эбит.
Биир сайын элбэх буолан мустан, ол дьиэттэн чугас оонньуу сылдьыбыппытыгар кыра кыыспыт мантан барыахха да барыахха дии сатаабытын истибэтэхпит. Өссө дьиэ аттыгар чугаһаан, түннүктэрин өҥөйтөлүү сатаабыппыт да, туох да көстүбэт этэ, өстүөкүлэ тас өттүттэн ырааһа, оттон иһиттэн барыта быылынан бүрүллүбүт курдуга. Дьиэлиэххэ диэммит сүүрэн хаалбыппыт, арай арыый да аҕа саастаах Бааскабыт кэннин хайыһан көрбүтүгэр түннүккэ дьахтар турар курдук көстүбүт. Биһиги ону отой да итэҕэйбэтэхпит, Баасканы сымыйалыыр, куттуу сатыыр диэбиппит, онтон төннө сылдьыахха диэн хаайбытыгар сөбүлэһэммит эмиэ кэлбиппит. Хата, күн киирэ илик этэ, улахан дьон этэринэн, туох баар абааһылар күннээххэ көстүбэттэр диэн. Ол төннөн көрбүппүтүгэр түннүккэ ис өттүттэн илии суола баар курдуга, Бааска эппитин, дьэ, итэҕэйэн, дьиэбит диэки сүүрбүппүт.
Ол сайын биһиги дэриэбинэбитигэр эдэр ыал үлэҕэ ананан көһөн кэлбит. Эр киһи Киргиэлэй, инженер дуу, электрик дуу быһыылааҕа, кэргэнэ кыра оҕотун көрөн олорор дииллэрэ. Олохтоох дьон: «Бу дьиэттэн атын сыантырга өссө биир кураанах дьиэ баар, онно олоруҥ, бу дьиэҕэ дьон олорботоҕо олус ыраатта», – эҥин диэн таайтаран этэ сатаабыттарын эдэр киһи истибэтэх. «Ээ, манна чуумпуга ойуур саҕатыгар үчүгэй, үлэбиттэн да чугас, бэрт!» – диэбит. Онтон күһүөрү сайын истибиппит, Киргиэлэй кэргэнэ оҕотун илдьэ дойдутугар барбыт. Сурах иһиллибитинэн, күнү быһа дьиэҕэ оҕотун көрөн олорон, дьон саҥатын истэр эбит, өссө хаста даҕаны күлүк курдуктары көрөн олус куттаммыт. Куһаҕан тыын баарын этэ сатаабытын кэргэнэ отой итэҕэйбэтэх уонна ол дьиэҕэ соҕотоҕун олорон хаалбыт.
Киргиэлэй дьоно барбыттарын кэннэ, хас да күн арыгылаабыт, бииргэ үлэлиир дьонугар: «Мин олорор дьиэбэр өлө итирик эрэ киһи холкутук утуйан турар дьиэтэ», – диэбит. Дьиэҕэ дьон саҥата, сороҕор хаһыы иһиллэр, миэбэли сыҕарытар тыас эмиэ баар эбит.
Киргиэлэй кэргэнэ кэлэн илдьэ бара сатаабытын эр киһи буолумматах. Күһүнүгэр хас да күн үлэтигэр тахсыбатаҕын дьиктиргээннэр бара сылдьыбыттара, арай киһилэрэ өйүн сүтэрэн, илиитигэр быһах тутуурдаах нэһиилэ бырдыргыы сытар эбит. Дьиэ мала-сала барыта күөрэ-лаҥкы түспүт, иһит-хомуос бөҕө алдьаммыт үлтүркэйдэрэ муостаҕа ыһыллыбыт. Бу кэнниттэн Киргиэлэй соҕотоҕун туох да иһин хаалбат буолбут, ыйы-ыйынан саҥарбакка сылдьыбыт дииллэрэ. Төбөтүгэр оҕустаран сыл аҥаарын кэриҥэ эмтэммит.
Ити алдьархай кэнниттэн хас да сыл ааспыта. Киргиэлэйдээх диэн ыал хаһан да кэлэ сылдьыбатахтарын курдук, киһи куйахатын күүрдэр кэпсээннэр умнуллан барбыттара.
Биир кэмҥэ сулумах киһи олохсуйа кэлэн, ол дьиэ адьас чугаһыгар дьоҕус дьиэни тутта охсубут. Дэриэбинэ саастаах өттө ити чугас турар дьиэ соччото суоҕун сэрэтэ сатаабытын истибэккэ, чопчу ол дьиэ таһыгар туттубут эбит. Арай күһүөрү били киһилэрэ хас киэһэ ахсын тутуутун таһыгар кэлэн олорор, кими эрэ кытта кэпсэтэр курдугун сибикилээбиттэр.
Тымныы да түспүтүн кэннэ, син биир кэлэн олорор буолар эбит. Алтынньы бүтүүтэ били киһи саҥа тутуллубут дьиэтин көҥдөйүгэр бэйэтигэр тиийиммитин буланнар, дьон сүрэҕин хайыталаабыт… Ол миэстэттэн саҥа түспүт хаарга дьахтар уонна кыра оҕо атахтарын суоллара бааллара үһү. Ити дьулаан быһылаан буолуон аҕыйах хонук иннинэ, бокуонньук дойдутугар бара сылдьан: «Бэрт сотору кэргэннэнээри сылдьабын, ол дьахтарым уол оҕолоох, мин туттубут дьиэбиттэн ыаллыы дьиэҕэ олорор», – диэн кэпсиирэ үһү.
Иэдээн төрдө буолбут дьиэ билигин даҕаны турар, ким да олорбот, чугаһыгар дьиэ туттубаттар, аттынан да мээнэ сылдьыбаттар. Киһи чопчу туох диэн быһаарыан уустуга, дьиэни көстүбэт күүстэр уйалара эрэ дии саныыллара.
Сахаяна Лопатина
Сэлиилии сиэлэн
Икки сыл анараа өттүгэр сайыҥҥы сынньалаҥмар түбэспит быһылааным өйбүттэн-санаабыттан тахсыбакка эрэйдиир…
Самаан сайын сатыылаан турдаҕына, от-мас силигилии ситэн, сыт-сымар минньийэр, сир аһа буһар Бөтүрүөп кэнниттэн, нэлэмэн киэҥ сахабыт алаастарын, хотуулаах ходуһаларын нуолур солко отторо хойдон, бар дьон окко киирэр кэмнэрэ тиийэн кэлэр. Дьэ, бу кэмҥэ буоллаҕа дии, тыа ыала уһун кыстыкка бэлэмнэнэн, сайыҥҥы куйаас, ылааҥы күннэри баттаһа, үлэтин-хамнаһын үгэнэ! Охсуллубут от сыта, субуллар субуулар, лэкэспит лэкээлэр, от кээһии, отуу чэйэ, омурҕаҥҥа тахсан сылааны таһааран сынньанан олоруу, бэл, киһи сонньуйуох, кумаартан куотуу, оҥоойулардыын охсуһуу – үтүө да буоллаҕа.
Ол сайын бастаан өрүс арыытын охсубуппут, онтон сэлиэнньэттэн уонча килэмиэтирдээх сиргэ сытар алааска киирбиппит. Кииринньэҥ аҕам эргэ «УАЗ» массыынатынан күөрэ-лаҥкы сахсыллан төттөрү-таары айанныырбыт, ол эрэн оҕо эрдэхпиттэн тэбэр бэлисипиэппин тиэйэн илдьэ баран, төннөрбөр бэйэм көлөбүнэн кэлэр буолбутум. Биир киэһэ баһаам бугулу оҥорбуппут, киэһэлик күн арҕаалыырын саҕана, аҕам хомунан барбыта. Хаалан, бастаан күөлгэ дуоһуйа сөтүөлээбитим, күнүскү күүстээх үлэ кэнниттэн сылаас ууга сөтүөлүүр үчүгэй да буоллаҕа! Тимир көлөбөр олороот, бөһүөлэк диэки айаннаабытым. Тиэтэйбэккэ тэбэн истэххэ, саҕахха саһан эрэр күн кытара саһарбыта кэрэ көстүү буолан дууһабын кынаттыыр курдуга, элэҥнэһэн ааһар бэс, хатыҥ мастар «сарсын эмиэ от бөҕөнү охсоор» диир курдуктара. Онтон салгыы түөрт килэмиэтир курдугу барбытым кэннэ, аны олохтоохтор отторун угар күрүөлэрэ кэлитэлээбиттэрэ, өссө да кур оттор тураллара көстөрө. Суол тосту эргиллиитэ кэлбитэ, бу миэстэ кутталлааҕа диэн, утары туох иһэрин көрбөккө хаалыахха сөбө. Бу айаннаан иһэммин, суолга куоластыы турар кыыс, тайахтаах эмээхсин айан массыыналарын сырсалларын туһунан киһи иэнэ кэдэҥэлиир дьон кэпсээнин санаан кэлбитим. Ити курдук ону-маны саныы иһэн өйдөөн көрбүтүм, суол өҕүллүүтүттэн тураҕас аттаах киһи сэлиилии сиэллэрэн иһэр эбит. Эмискэ көрө биэрэн олус соһуйбутум! Чугаһаан баран, ат туйаҕын тыаһа отой да иһиллибэтин дьиктиргээбитим. Айанньыт сындалҕаннаах айантан сылайбыт көрүҥнээҕэ, тулатын көрүммэккэ, көбүс-көнөтүк туттан олороро, хараҥа таҥастааҕа, лаппа чугаһаабытым, атаҕа уп-уһун эбит, мэктиэтигэр сири таарыйар курдуга. Ат бэйэтэ сиэри таһынан уһун, үс-түөрт сылгыны кэккэлэһиннэрбит курдуга, айыы сирин сылгыта, Дьөһөгөйүн оҕото ама итинник буоллаҕай диэх курдук санаа киирэн ааспыта. Начаас икки ардыгар аттаах киһим бу тиийэн кэлбитин утары көрөн бараммын, бэлисипиэппиттэн сууллан, охтон түспүтүм. Муннубар амырыын сыт саба биэрэр курдуга да, өйбүн сүтэрэн кэбиспит этим. Өйдөнөн турбутум, аттыбар ким да суоҕа, уҥа тобугум уотунан аһыйара, тириитэ саралаабыт этэ. Ойон тураммын, туох баар күүспүнэн бэлисипиэппин тэбэн, уон биэс мүнүүтэ курдугунан дэриэбинэҕэ кэлбитим. Уолуйбут, уйуһуйбут куттал санаабын оҕолор күйгүөрдэрэ, ыал тиэргэниттэн иһиллэр муусука, тэйиччи хайа эрэ киһи уһанар эрбиитин холбоспут тыаһа уоскуппута. Дьиэҕэ киирээт да, туохха түбэспиппин дьоммор кэпсээбитим. «Бэйэтин дьыалаларын ситэрэ-оһоро сылдьар, туспа ыырдаах айанньыт буолуо», – диэн санааларын түмүктээбиттэрэ.
Күн бүгүн да ол аттаах киһи муҥунан көрбүт харахтарын кыайан умнубаппын.
Георгий Старков
Сааһырбыт көмүсчүт кэпсээннэрэ
Соһуччу көрсүһүү
Бу түгэн 2006 сыллаахха Булуҥҥа баахтаҕа үлэлии сырыттахпына буолбута.
Үгүс кыһалҕаны көрсөн, хамыыһыйа, бэрэбиэркэ бөҕөнү ааһаммын бэрт эрэйинэн үлэ булан, хоту улууска баахтаҕа барбытым. Тута бульдозориһынан үлэбин саҕалаабытым. Биһигини бөлөх-бөлөх арааран мас баалкы дьиэлэргэ олохсуталаабыттара. Үлэлииргэ син үчүгэйэ, хоту дойду чэбдик, чэгиэн салгына сүрэҕи-быары ортотунан киирэрэ. Бэйэтэ да айылҕаттан бэрт кылгас, сип-синньигэс мастары солуур этим, ону соччо сөбүлээбэтэрбин да, хайыамый, үлэм буоллаҕа дии. Биһиги дойду отугар-маһыгар, халыҥ сис тыаларыгар холоотоххо, айылҕа уратылааҕа харахха быраҕыллара.
Биирдэ түүн таһырдьа тахса сылдьар наадаламмытым. Тахсан, көҕүрэттэн баран, хоту дойду холку-наҕыл түүнүнэн дуоһуйа тура түстүм. Эмискэ баҕайы, хантан да кэлбитэ биллибэккэ, сытыы тыал иэдэспин кымньыылаан, тыбыс-тымныынан хаарыйар курдук буолан ылбыта. «Тыый, бу үлүгэр чуумпуран туран, тыалырбыта тоҕо түргэнэй, дохсунай?» – дии санаабытым. Онтон өйдөөн көрбүтүм, уун утары дохсун буурҕа ытыллан иһэр эбит, онно кыыл табалар омоонноро баарга дылыта да, ытыллар буурҕа ыы муннубар тиийэ чугаһаан кэлэригэр табалар омоонноро сүтэн, кырдьаҕас оҕонньор буолан хаалбыта. Көрбүппүн итэҕэйбэккэ турбутум, онтон уоскуйан, өссө Байанай кырдьаҕас илэ бэйэтинэн кэллэ дуу диэбит санаабыттан хайдах эрэ чэпчээн хаалбытым. Оҕонньорум миигин кыбыс-кытаанахтык көрө-көрө: «Дьэ, бу эн, саха киһитэ, үгэһи кэһэҥҥин тоҕо оту-маһы солуугун, үлтү барчалыыгын, мин ону отой буойабын. Урукку өбүгэ дьонуҥ курдук мас мастаан, от оттоон, тирии имитэн, биитэр маһынан арааһы уһанан олоруохтааххын», – диэбитэ. Онтон өйдөнүөм икки ардыгар кэлбитин курдук салгыҥҥа суураллан сүтэн хаалбыта. Дьиэҕэ хайдах киирбиппин чопчу өйдөөбөппүн, олус соһуйбутум да бэрдэ, киһи итэҕэйиэ суоҕун курдуга.
Ити түгэн кэнниттэн, син ханнык эрэ кэмҥэ, Байанайдыын көрсүһүү төбөбүттэн тахсыбакка сылдьыбыта. Онтон сыыйа-баайа умнуллан, үлэлээбитим курдук үлэлээбитим, уурайбатаҕым.
«Дойдулаах дьону уйгуурдумаҥ!»
Манна кэпсэнэр түбэлтэ эмиэ кыһын уһук хоту буолбута. Холомолоох диэн сиргэ үлэлээбиппит. Хара маҥнайгыттан бу сир аатын дьиктиргии санаан ыйыталаспытым: урут холомолор элбэх буолаллара үһү. Бэрэбинэттэн оҥороллор, былыргы ойууннар дьахтар төрүүрүгэр туһаналлар эбит. Мантан сиэттэрэн, Байанай кэлэн сэрэппит тылларын санаабытым: кырдьык даҕаны, алмааһы хостоору сир ньуурун алдьатабыт, дьөлө хаһабыт, оту-маһы алдьатан суол солуубут, уу сүүрэр тымырдарын таптыырбытынан уларытабыт, хаһыллыбыт сирбит дириҥ умуһах буолан бааһыран хаалар…
Мантан салгыы өссө күөл уутун түһэрэр сорудахтаахпыт.
Геологическай разведка былаанынан күөл түгэҕэр элбэх сыаналаах минерал баар эбит. Киһи сөҕүөх, күөл кытыытынан, кураанах сиригэр, үс хаппыт, олус суон мас үүнэн турара. Киһи төһө да баҕарбытын иһин, мастары иилии кууһар кыаҕа суоҕа, оннук кэтиттэрэ. Онно өссө суон бэрэбинэ ыскамыайка баара.
Күөл уутун көһөрөр эбээһинэһи Алексей диэн түөрт уонча саастаах нуучча киһитигэр сүктэрбиттэрэ. Кини айылҕаттан бөдөҥ-садаҥ, сүрдээх киппэ көрүҥнээх уола хаан киһи этэ. Киэһэ сэттэ аҥаартан симиэнэ тутуһан, Алексей күөлгэ киирбит. Симиэнэ кэнниттэн остолобуойга киирбитим, Алексей тулатыгар дьон мустубут, киһибит олус улаханнык куттаммыт, уолуйбут көрүҥнээҕэ. Хараҕа мээнэнэн сүүрэкэлиир курдуга, илиилэрэ салыбырыыллара. Кини туохха түбэспитин кэпсээбитэ.
Вы ознакомились с фрагментом книги.
Для бесплатного чтения открыта только часть текста.
Приобретайте полный текст книги у нашего партнера: