banner banner banner
Былдьаама, дьылҕам, тапталбын
Былдьаама, дьылҕам, тапталбын
Оценить:
Рейтинг: 0

Полная версия:

Былдьаама, дьылҕам, тапталбын

скачать книгу бесплатно


– Мин ити путевка айдааннаах буолуо диэн сэрэйбитим! Ол иһин даҕаны барыта олус судургутук быһаарыллыбыта! Таах сибиэ туруорсан! Мин, дьиҥинэн, Петяҕа биэрээри туруорсубутум! Итиччэ өйдөөх, кыахтаах оҕону өйөөбөтөхпүтүнэ, кими өйүөхпүтүй?! – Ульяна ойон туран төттөрү-таары хаамыталаата.

– Олох өйдөөбөтүм, Галя. Ол тугуй, путевкабыт кэлбэт буолбут дуо?

– Кырдьык, ити кэриэтэ кэлбэтэ буоллар!

– Сүгүн быһаар эрэ! – аны Галина ойон турда.

Ульяна Петя оннугар атын кыыс барар буолбутун хайдах баарынан кэпсээн биэрдэ.

– Биллэн турар, Лиза Иванова эмиэ туйгун үөрэнээччи… – быһаарыыта суох унаарытта.

– Суох! Ити сонуну мин үлэһиттэрбэр да, оҕолорбор да эппэппин! Оннук быһаарыммыт буоллаххына, бэйэҥ эт! – Галина буоларын курдук кытаанахтык саҥарда. Ити кэннэ кини санаатын туох да төлөрүппэт.

«Петя оннугар «Артекка» Лиза барар буолбут үһү!» диэн сурах оскуолаҕа түргэнник тарҕанна. Үрдүкү кылаас оҕолоро ити сонуну араастаан ылыннылар. Албыны-көлдьүнү билэ илик оҕолор алҕас ини диэн, маҥнай утаа аахайбатахтара. Онтон кэлин чахчытын билэн баран, дууһаларыгар араас санаа ытыллыбыта. Бу олоххо киһи дьиҥ билиитин, кыаҕын таһынан өссө атын күүс баарын билбиттэрэ. Ким былаастаах – ол кыайыылаах тахсарын ала-чуо арааран көрбүттэрэ. Бу иннинэ Лизаны, тэбис-тэҥҥэ оонньоон-көрүлээн улааппыт киһилэрин, бары сөбүлүүр эбит буоллахтарына, эмискэ кыыһы атын харахтарынан көрдүлэр. Кини атын эбит. Итинтэн ылата оҕолор, киксибэккэ да сылдьан, Лизаттан бары тэйбиттэрэ. Арай таптыыр кыыһыттан санаатын уларыппатах биир киһи баара. Ол – Петя. Хата кини бэйэтин оннугар Лиза барар буолбутуттан үөрбүтэ. Тапталлааҕа киэҥ сири-уоту көрөрүттэн санаата көтөҕүллүбүтэ. Бииргэ үөрэнэр оҕолорун иннигэр кыыһы көмүскүүр аатыгар барбыта.

Айдааны тардыбыт путевка Лизаҕа тиксэр буолбутун туһунан оскуола дириэктэрин үөрэххэ солбуйааччыта Альбина Никитична кылаас чааһыгар киирэн биллэрбитэ.

– Биһиги Лиза барарын саамай сөптөөҕүнэн ааҕабыт. Кини маҥнайгы кылаастан туйгуннук үөрэнэр, олимпиадаларга ситиһиилээхтик кыттар. Оҕолор, эһиги өйдөөҥ, хомойуох иһин, путевка биир эрэ. Кыахтаахпыт эбитэ буоллар, бу икки киэн туттар үөрэнээччилэрбитин тэҥҥэ ыытыа этибит! Онон эһиги сөпкө өйдүөххүтүн наада! – кыһыл помадалаах уоһун чорбото-чорбото кичэллээхтик эттэ.

– Оччоҕуна тоҕо бастаан Петяны ыытабыт диэбиккитий? Манна диэн эттэххэ, Петя Лизаны математикаҕа көмөлөһөн өрө тардыбата буоллар, холоон туйгун аатырыа этэ! – кылаас саамай сытыы кыыһа Таня ыйытан хабылыннарда.

– Эттим дии, путевка биир диэн! Маҥнай утаа үчүгэйдик толкуйдаабакка ыксал дьаһал тахсыбыта. Онно даҕаны биир бэйэм Лиза Иванова эмиэ холоонноох диэбитим, – Альбина Никитична тоҕо эрэ Лиза аттыгар кэлэн санныттан имэрийбэхтээн ылла.

Бэйэтэ даҕаны кыбыстан нэһиилэ олорор кыыс, ытаан тоҕо бараат, кылаастан ойон таҕыста.

– Бардын хайаатын! Хата кини тойон оҕото эбит дии! Бастыҥ барыта кинилэргэ тиксиэхтээх! Көрөөрүҥ-истээриҥ: биһиги бары «производство – үрдүк үөрэх» диэммит, ыанньыксыттыы хаалыахпыт, оттон кини тута үрдүк үөрэххэ киириэҕэ! – Таня санаатын аһаҕастык эттэ.

– Лиза-а, Лиза-а! Күүт эрэ!

Петя кыыс кэнниттэн сырыста. Лиза хайыһан да көрбөккө сүүрэр икки, хаамар икки былаастаан баран иһэрин уол ситэн ылла.

– Лиза-а! Уоскуй, улахаҥҥа уурума! Оҕолор айдааран баран тохтуохтара. Ханнык эрэ путевка туһуттан айдаардахтарын! Мин барыахпын олох баҕарбаппын. Итэҕэйэҕин? – Петя кыыһы санныттан кууһан ылла.

– Тоҕо, тоҕо да итинник быһаардылар?! Мин эмиэ баҕарбаппын! Ити Таняны ыыттыннар! Мин эмиэ аккаастаныам! Иккиэн барымыах! Оо! Хайдах мин итини тута өйдөөбөтөхпүнүй?! Ыл, сип-сибилигин дириэктэргэ киириэх! Мин аккаастыыбын диэм! – Лиза тута быһаарынан өрүкүйэ түстэ.

– Саамай сөп! Наһаа да маладьыаскын!

Кыыс ытыыра тохтоото, санныттан ыар сүгэһэр түспүккэ дылы буолан, саҥа таһааран күллэ. Сиэттиспитинэн оскуолаларын диэки сүүрдүлэр. Кылаас чааһа саҥа бүппүт. Кылаастарын салайааччыта Маргарита Дмитриевна дуоскатын сото турар.

– Биһиги иккиэн путевкаттан аккаастанабыт! – аан айаҕыттан хаһыытаабытынан Лиза биирдэ кылаас ортотугар баар буолла. – Оннук буолбат дуо, Петя?

– Чахчы!

– Эс, хайдах иккиэн аккаастаныаххытый? Иккиэҥҥититтэн хайаҕыт эмэ син биир барыахтаах. Итиччэ путевка тиксибитин кэннэ. Бээ эрэ, эһиги миигин манна күүтүҥ. Мин дириэктэргэ киирэ сылдьыам, – диэн баран, туттардыын-хаптардыын сыыдамсыйан учууталлара кылаастан тахсан барда.

Уоллаах кыыс, улахан кыһалҕаттан төлөрүйбүт дьон быһыытынан, үөрэ-көтө күө-дьаа кэпсэтэ олордулар.

– Мин оҕолортон наһаа да хомойдум. Киһини буруйдаабыттара эчи түргэнин. Ол путевканы мин көрдөөн ылбыппар дылы. Мин эмиэ туйгун үөрэхтээҕим иһин, үөрэх дьаһалтата ыыта сатаатаҕа! Ити Таня дьүөгэм курдук этэ дии. Ис дьиҥэ хайдаҕа дьэ көһүннэҕэ! Уонна кинини кытта доҕордоһон да бэрт! Ити кини миигин оҕолору утары соруйан туруорда. Наһаа ынырык кыыс дии?

– Таня наар тугу саныырын уот харахха этэр. Ол иһин киирэн биэрэр. Оттон оҕолору кытта мин кэпсэппитим. Уолаттар эн буруйа суоххун өйдөөбүттэрэ. Оттон кыргыттар – наһаа уустук дьоҥҥут!

Сотору учууталлара оскуола кураанахсыйбыт көрүдүөрүн устун хобулугун тоһугуруур тыаһа иһилиннэ. Кылаас аанын эрчимнээхтик аспытыттан сэрэйдэххэ – кыыһырбыт. Кылгас куударалаах баттаҕын түргэн-түргэнник өрүтэ анньымахтаат, кэлэн оҕолор аттыларыгар турар олоппоско олордо. Кыһыл кырааскалаах тыҥырахтарынан остуолу тоҥсуйталаата.

– Дириэктэр боппуруоһу олус сытыырхатымаҥ, оройуон таһыгар айдаан таһаараары гынаҕыт дуо диир. Онон ити боппуруоска хат эргиллибэт үһүбүт. Лиза, эн бараҕын! – кэпсэтии бүппүтүн биллэрэн, учууталлара бэйэтин остуолугар тиийэн олордо, бэрэбиэркэлии олорбут тэтэрээтин ылла.

* * *

Сайын кэлэн иһэр сибикитэ биллэн, сылаас сатыылаата. Кыстык кэнниттэн дьон олбуордарын ыраастаналлар, сайыҥҥа оргууй үктэнэллэр. Киэһэтин бөһүөлэк түптэ буруотун минньигэс сытынан туолар.

Киинэҕэ сылдьан баран, Петя Лизатын дьиэтигэр атаарда. Дууһатыгар чэпчэки, ыраас, эгди. Кини этигэр-хааныгар күнтэн күн күүс эбиллэргэ дылы. Сүрэҕэ үөрүүнэн туолан, уол хааман иһэн кылыйталыыр. Эдэр киһи эрчимэ батарбакка, аанын тэлэччи аһан дьиэтигэр киирдэ. Тута алаадьы ураты алыптаах сытын ылан, өссө үөрдэ.

– Ийэ-э, алаадьылаабытыҥ олбуортан биллэр! – диэбитинэн куукунаҕа ойон киирбитэ, ыалдьыт баар эбит. Таня ийэтин кытта чэйдии олороллор. Уол соһуйан тылыттан матта.

– Ээ, бу Таня кэлэн алаадьылаан абыраата. Мин ииспин бүтэрэ сатаан олох бокуой булбаппын. Эдэр оҕо диэтэххэ, асчыта диибин диэн! Олорон чэйдэ ис.

Ийэтэ үөрбүт ахан, сыыдам сыыдамнык уолугар хортуоппуйдаах эти кутта.

– Бу хортуоппуйу Таня хаҕылаан, аспыт түргэнник буста. Ыл, аһаа!

– Ээ, суох. Мин ыалга аһаан кэллим.

Петя сөбүлээбэтэҕин биллэрэн, саҥата суох хоһугар киирэн хаалла.

– Варвара Федоровна, мин ис санаабын эйиэхэ аһыахпын баҕарабын, – кыыс эмискэ сибигинэйэн саҥарда. – Мин… Мин Петяны таптыыбын… Сэттис кылаастан быһа. Кинини кытта бииргэ сылдьаары хайыһарынан дьарыктанабын. Саатар көрөөрү… Оттон кини… Кини миэхэ олох наадыйбат… – Таня хараҕа уунан туолла.

– Миигин сэрэйбэтэ, билбэтэ буолуо диигин дуу? Маҥнайгы таптал – саамай истиҥ иэйии. Ол эрээри оҕо сылдьан таптаабытыҥ сотору умнуллуо. Атын уолу көрсүөҥ. Оскуоланы бүтэрээри сылдьар дьон, олоххут иннигэр. Оттон Петя анала атын. Билэҕин дии… – ийэ кыыһы аһынан сымнаҕастык саҥарда.

– Мин санаабар, кини Лизаны аҥаардастыы таптыыр. Оттон Лиза бэйэтин эрэ билинэр. Наһаа мааны, атаах кыыс! Сайын биһигини кытта биирдэ эмит окко сырытта дуо? Суох! Биһиги сайыны быһа наар үлэлээн тахсабыт, оттон кини дьонун кытта соҕуруу сынньанар. Тойон оҕото буоллаҕа! Петя хараҕа сабылла сылдьар! – били сибигинэйэ олорбут кыыс аны кыыһыран-тымтан туран кэллэ.

– Оргууй саҥар! Петя истиэ! Эн кыыс оҕо кыыс курдук намыын, наҕыл соҕус буолуоххун. Таҥаскын-сапкын да көрүнүөҥ этэ. Быйылгы ыһыахха тугу кэтээри сылдьаҕын?

– Ээ, мин онно эрэ наада буолбаппын!

– Суох, инньэ диэмэ. Уолаттар мааны кыргыттары көрөллөр! Эн миэхэ таҥас ылан биэрдэххинэ, мин эйиэхэ наһаа үчүгэй сайыҥҥы былаачыйа тигиэм. Ыһыахха уһун солко былаачыйа кэтиэҥ этэ. Кыыс да кыыс буолуоҥ!

– Суох, мин таҥас атыылаһар харчым суох. Эдьиийим биэнсийэтигэр олоробут дии, – кыыс умса көрөн саҥата суох барда.

– Чэ, буоллун, миэхэ таҥас көстүөҕэ. Ыһыахха дьахталлар сакаас бөҕө биэрэн эрэллэр. Мин эйиэхэ тигиэҕим! – дьахтар кыыһы аһынна.

Аһынымына даҕаны. Тулаайах хаалбыт кыыһы ырааҕынан аймаҕа дьахтар иитэ ылбыта. Кини уончалаах кыыс атын оройуонтан кэлбитэ. Кырдьаҕас эдьиийин кытта иккиэн олороллор. Балбаара кыыһы наар маҕаһыыҥҥа килиэп, үүт ылаары уочараттыы турарын көрөр. Мөлтөх таҥастаах-саптаах кыыһы өрүү аһына саныыр. Билигин, улаатан, киһи эрэ хараҕа хатанар кыыһа буолбут. Сырдык хааннаах, саһарчы көрбүт киэҥ харахтаах, үрдүк уҥуохтаах, толору эттээх-сииннээх. Балбаара санаатыгар, кырачаан уҥуохтаах, хатыҥыр Лизаттан таһыччы ордук курдук.

– Тоойуом, таҕыс, кэлэн аһаа. Таанньаҥ барда.

– Таанньаҥ буолан! Ийэ, эн хайдах билбэт киһигин итинник чугаһатаҕын? Олох өйдөөбөтүм.

– Хайдах билиэм суоҕай? Эйигин сырсан да биэрээхтиир. Оҕобун сөбүлүүр кыыһы хайдах чугаһатыам суоҕай? Ити наһаа үчүгэй кыыс, дьиҥэр. Хаһаайыстыбаннай. Манна бүгүрүтүк туттан-хаптан алаадьылаан элээрдибитин көрүөҥ этэ. Биир бэйэм итинник кийиити олох сириэм суоҕа этэ! – дии-дии дьахтар уолун хаадьылаан күллэ.

* * *

Петя кылааһын оҕолорун салайан от үлэтигэр бэлэмнэннэ. Сотору-сотору сопхуос мунньаҕар ыҥырыллар. Оҕолорго сайын устата 200 туонна оту туруорарга сорудахтаатылар. Онон биригээдэтин дьонун муһар, үлэлиир тэриллэрин булар, астарын-үөллэрин маҕаһыын ыскылаатыттан ылар. Таня кыыс хата көмөлөһөн абырыыр. Онон ас-үөл боппуруоһун киниэхэ сүктэрдэ. Бүгүн эмиэ хонтуора олбуоругар уолаттарын кытта хотуурдары, кыраабыллары өрөмүөннээри муһуннулар. Үлэлэрин быыһыгар кэпсэтэн-ипсэтэн, өрө тэбинэн тустан да ылан, үлэлээн күйгүөрэ сырыттахтарына, Лиза тиийэн кэллэ. Муус маҥан кылгас сарапааннах, үрүҥ сэлээппэлээх, хобулуктаах түүппүлэлээх кыыс хайдах эрэ отчут-масчыт дьон ортотугар сөбө суох маанытык көһүннэ. Муода сурунаалыттан түспүт курдук кэрэ кыыһы көрөн, уолаттар тылларыттан маттылар.

– Лиза-а! – Петя үөрэн мичилийэн кыыска сүүрэн кэллэ.

– Мин… мин… этэрдээхпин, – Лиза саҥата иһиттэн нэһиилэ таҕыста. – Биһиги көһөр буоллубут. Аҕабын Дьокуускайга үлэҕэ анаабыттар.

– Онтон оскуолаҕын хайдах бүтэрэҕин?

– Куоракка сахалыы оскуола баар. Докумуоммун туттарбыттар. Онон барыта быһаарыллыбыт.

– Оттон, оттон… мин? Эн?

– Петя, эйигинэ суох хайдах олоруохпун билбэппин. Истээт, бу эйиэхэ сүүрэн кэллим. Дьонум миэхэ кэпсээбэккэ сылдьыбыттар.

– Лиза, хаал! Манна эбээҥ баар дии! Киниэхэ олорон оскуолабын бүтэрэбин диэ! Манна эн кыһыл көмүс мэтээлинэн оскуоланы бүтэриэҥ дии. Оттон куоракка туйгуннар эрэ элбэхтэрэ буолуо, онно тиксэриҥ биллибэт. Инньэ диэххэ наада!

– Хата, ити сөпкө эттиҥ! Хайдах бэйэм да өйдөөбөтөхпүнүй? – кыыс үөрэн сирэйдиин сырдаата. – Билигин бараммын ийэбинээн кэпсэтиэм.

Лиза улахан соруктаах киһилии дьиэтигэр сүүрэн тиийдэ. Икки этээстээх үрүҥ кырааскалаах тутууну дьон «райкомнар дьиэлэрэ» диэн ааттыыр. Манна баартыйа райкомун үлэһиттэрэ олороллор. Кыбартыыратыгар ойон киирдэ. Атаҕын таҥаһын устан, ыксаан тапочкатын да кэппэккэ көбүөрүнэн тэлгэнэ сытар көрүдүөр устун куукунаҕа ыстанна. Ийэтэ бэрэски оҥоро олорор.

– Ыл, илиигин сууна охсон кэл, бэрэскитэ оҥорус. Бүгүн ыалдьыттар кэлэллэр.

– Эмиэ дуо? Күн аайы бырааһынньык!

– Бу да кыыс тылын! «Проводина» оҥорор буоллахпыт дии. Биһиги табаарыстарбыт элбэхтэр. Сааспыт тухары олорбут сирбититтэн көһөбүт. Саныахха эмиэ да ыарахан…

– Оннук буолумуна! Мин мантан барыахпын, оҕолорбуттан арахсыахпын баҕарбаппын. Мин хаалан оскуоланы манна бүтэриэм. Эбээни кытта олоруом. Каникул аайы куоракка барыам. Хайа, уонна ол куоракка кыһыл көмүс мэтээл биэрэллэрэ биллибэт. Биир эрэ сыл хаалбытын кэннэ көһөр олох сыыһа! – Лиза кутан-симэн кэбистэ.

– Ол-бу буолбаккын! Эйигин манна хаалларбаппын! Истиэхпин да баҕарбаппын! Куоракка да үчүгэйдик үөрэниэҥ. Оскуола дириэктэрин кытта аҕаҥ кэпсэппитэ. Төрүөтэ, хата, ити хаайыылаах уола диэ! – кырааскалаах хааһын түрдэһиннэрэн, ийэтэ кыыһыран-тымтан турда. – Лизочка, киһи дабылыанньатын эмиэ таһаараары гынныҥ! Ити туһунан миэхэ уонна этимэ! Бачча бырааһынньык буолаары турдаҕына кыыһырдыма ийэҕин.

– Ийэ-э, киһини олох истибэккин! Эн хаһан даҕаны миигин өйдөөбөккүн! Аҕабыттан ыйытыам оччоҕо! – диэн баран кыыс кыыһыран, куукунаттан тахсан барда.

Киэһэ ыалдьыттар тарҕаспыттарын кэннэ, Лиза хоһуттан тахсан, аҕатын аттыгар кэлэн дьыбааҥҥа олордо. Ийэлэрэ куукунаҕа иһит сууйара иһиллэр. Нина кэлин санаата көнньүөрэн ахан сылдьар. Дьэ, кини баҕарбыт санаата туолла! Кэргэнин улахан дуоһунаска анаатылар. Куорат киинигэр саҥа дьиэҕэ улахан кыбартыыра биэрэллэр үһү. Кини киэҥ сиргэ тиийэн тыйаатырга сылдьыа, бэйэтин курдук үрдүк таһымнаах дьону кытта алтыһыа. Бу тыа сиригэр уһуннук да олордулар. Кини куорат таһынааҕы бөһүөлэктэн төрүттээх буолан, бу ыраах тыа сиригэр тыына-быара ыгыллан да олордо. Маҥнай утаа учууталлаан иһэн, оҕобун, дьиэбин-уоппун көрөбүн диэн тохтообута. Онон дьиэтин сууйар-тарыыр үлэлээҕэ. Тыа сиригэр ханна сылдьыаҥый? Киинэҕэ баран кэлиэҥ. Сайын аайы соҕуруу сынньанар буоланнар, өссө тулуйан олордо.

– Аҕа-а, мин манна оскуолабын бүтэриэхпин баҕарабын. Хайдах маҥнайгы кылаастан бииргэ үөрэммит оҕолорбун кытта тэҥҥэ үөрэхпин түмүктүөм суоҕай. Мин куорат оскуолатыгар олох үөрэниэхпин баҕарбаппын! Хайдах эрэ оҕолор буолуо, ол куораттар.

– Барыта быһаарыллан турар ээ, чыычааҕыам. Онно баран эн куорат саамай үчүгэй оскуолатыгар үөрэниэҥ. Үөрэххэ киириэҥ иннинэ куорат күүстээх учууталлара эрчийиэхтэрэ. Москуба үрдүк үөрэҕэр киирэр уустугун бэйэҥ билэҕин. Онон уһуну-киэҥи саныах тустааххын, – Иван Гаврильевич сымнаҕастык эрээри киһи утарбат гына санаатын эттэ.

– Эһиги миигин олох өйдөөбөккүт… – эрэ диэтэ Лиза уонна халаатын сиэҕинэн иэдэһинэн сүүрбүт хараҕын уутун сотунна.

– Хайдах өйдүөм суоҕай? Мин барытын билэ-көрө сылдьабын. Петя үчүгэй уол. Эйигин дьиҥнээхтик таптыыр буоллаҕына, күүтүөҕэ. Тапталы арахсыынан тургуталлар эбээт. Истиҥ иэйии буоллаҕына, араҕыстахха даҕаны өлбөт-сүппэт. Ыраах да сылдьан тапталларын таҥнарбатах элбэх дьону билэбин. Истиҥ иэйии эмиэ бириэмэни эрэйэр. Эһиги дьолгутун ыксатымаҥ, сыһыаҥҥытын тургутан көрүҥ. Барыта кэмигэр кэлиэҕэ, – диэн баран, аҕа кыыһын кууһан ылан төбөтүн оройуттан сыллаата.

Лиза ити кэпсэтии кэнниттэн арыый да уоскуйда. Эмиэ да сөпкө этэр курдук. Биир сыл түргэнник элэстэнэн ааһыаҕа. Каникул аайы кини эбээтин көрсө таарыйа манна кэлиэҕэ. Ити санаатыттан кыыс эгди буолла. Куукунаҕа киирэн, ийэтигэр көмөлөспүтүнэн барда.

Аҕыйах хонугунан Ивановтар Дьокуускайга айаннаабыттара. Ийэлэрэ «Лиза «Артекка» барыан иннинэ өссө хомунуохтаах» диэн ыксатан, бэрт тиэтэлинэн көспүттэрэ. Лиза барар күннэрин хайа сатанарынан уһата сатаабыта да, күн-дьыл обургу тугу билиниэ баарай? Петятынаан арахсар күннэрэ субу тиийэн кэлбитэ.

– Петя, суруйаар. Мин эйиэхэ аадырыспын ыытыаҕым. Мин күн аайы эйиэхэ суруйуом. Эн эмиэ…

– Тыый, туох диэн эттэҥий. Күн сарсыҥҥыттан эн суруктаргын кэтэспитинэн барыам! Лиза, мин эйигин олус күүскэ таптыыбын. Эйигиттэн күндү киһи миэхэ суох. Ону умнума. Мин таптыырбын наар өйдүү сырыт.

– Мин эмиэ… Эйигин таптыыбын… Атын сиргэ эйигинэ суох баран олорорбун санаатахпына, хайдах да буолуохпун билбэппин.

– Доҕоруом, ытаама. Эн ытыыргын олох тулуйбаппын. Бөлүүн арахсар күммүтүн санааммын, тыыным кылгаабыта. Эн мантан бардаххына, миэхэ тула кураанахсыйа түһүө.

Петя кыыһын мөссүөнүн умнубаттык өйүгэр хатаары тонолуппакка көрөн турда. Онтон оргууй иэдэһиттэн сыллаан ылла. Лиза төбөтүн уол түөһүгэр ууран саҥата суох турда. Кинилэр симик тапталларын үргүтүмээри, симэниэҕинэн симэнэн турар хойуу лабаалардаах хатыҥ сэбирдэхтэрин биллэр-биллибэттик оонньото турда…

* * *

Сайыҥҥы күн-дьыл түргэнник күрэннэ. От үлэтин айдааныгар Петя кэм-кэрдии олус сыыдамнык ааспытын билбэккэ да хаалла. Быһыыта, сайын аайы Лизата суох дойдутугар от-мас үлэтигэр сылдьарга үөрэммит буолан, кыыһы улаханнык суохтаабата. Эдэр дьон үлэни да, үөрүүнү-көтүүнү да көҕүлүттэн тутан, атын хос кыһалҕата суох күннээҕи түбүгү үмүрүтэн сүрдээх үчүгэйдик сайылаатылар. Отторун үлэтин бүтэрэн, кыайбыт-хоппут дьон ырыа-тойук аргыстаах дьиэлэригэр кэллилэр.

Петя от үлэтигэр буһан-хатан, дьонун ахтан, үөрүү көтөллөөх аанын эрчимнээхтик аһан киирдэ. Уол дьиэтин салгына уратытык тыҥаабытын тута сэрэйдэ.

– Мин кэллим! – диэбитинэн хоһу өҥөйдө. Ийэтэ оронугар сытар. – Тоҕо сыттыҥ? Ыарыйдыҥ дуо?

– Ээ, суох… Тоойуом, эн кэлэ оҕустуҥ дуо? Мин, мин бу… – диэн баран, хараҕын уутуттан илийэн, кумаланан хаалбыт кумааҕыны уунна.

Уол ийэтин аттыгар турар олоппоско «лах» гына олордо. Долгуйан салҕалас буолбут илиитинэн суругу ылан аахта.

– Дьаабы да киһи! Бу аата тугуй? Саатар бэйэтэ да суруйбатах! Куттас! – Петя ис-иһиттэн аҕатыгар кыйаханан, ойон туран төттөрү-таары хаамыталаата. – Ийэ-э, эн тоҕо ытыыгын? Ытаама! Биһиги онто да суох аҕабытын сүтэрбиппит ыраатта буолбат дуо? Кини туһуттан хараҕыҥ уутунан суунума. Биһиги аҕата суох улааттыбыт. Билигин кэлэн кини туохха нааданый?! Арыгылаан эйигин эрэйдиэ эрэ этэ. Хата, кэргэннэммитэ биһиэхэ өссө ордук. Олордун бэйэтин олоҕунан!

– Петя, эн ити ис сүрэххиттэн этэҕин дуо? Мин буоллаҕына эһигини хайдах ылыныахтарай диэн санаарҕаабытым… Быйыл «поселениеҕа» таһаарбыттар. Онно олорон ити булсубуттар. Ол да иһин суруга мэлийбит эбит. Олоҕун оҥосто сырыттаҕа… – дьахтар ыараханнык өрө тыынна.

– Мин эйигин кимиэхэ да атаҕастатыам суоҕа. Наар бииргэ сылдьыахпыт. Оскуолабын бүтэрэн баран үөрэххэ барыам, үлэһит буолуом. Лизабын кэргэн ылыам! Уонна бары бииргэ олоруохпут!

– Ии, оҕом барахсан кэлбитиҥ тугун үчүгэйэй! Тута санаам көннө. Хата оҕобор билигин бэрэски астыам.

– Суох, ийэ, түбүгүрүмэ. Ол оннугар мин соркуой буһарыам. Оттон Люда кэлэ илик эбит дии. Быйыл хойутаабыттар.

– Эс, чыычааҕыам, бэрэским таһаарыыта бэлэм. Бэҕэһээ көөнньөрө уурбутум. Онон астыам.

Петя бу күннэргэ ийэтин санаатын көтөҕөөрү, барбакка-кэлбэккэ дьиэтигэр олордо. Хата ол олорон Лизаттан кэлбит суруктары хат-хат аахта, сылайбакка күннээҕи олоҕун туһунан тапталлааҕар суруйда. Лиза олус үчүгэйдик «Артекка» сынньаммыт. Саҥа сири-дойдуну көрөн, муораҕа дуоһуйа сөтүөлээн абыраммыт. Элбэх доҕордоммут. Бэл диэтэр, Венгрия, Чехословакия кыргыттарын кытта билсибитин, хайыы сахха суруйсан эрэллэрин астына кэпсээбит.

«…Мин эйигин наһаа суохтуубун. Арахсыбыппыт баара-суоҕа үс ый эрэ буолла. Ахтан аҥаарым эрэ хаалла. Өссө бүтүн биир сылы хайдах тулуйабын? Эн суруктаргын хос-хос ааҕабын. Оччоҕо санаам чэпчиир…»


Вы ознакомились с фрагментом книги.
Для бесплатного чтения открыта только часть текста.
Приобретайте полный текст книги у нашего партнера:
Полная версия книги
(всего 10 форматов)