banner banner banner
Дьокуускай харах уутун итэҕэйбэт
Дьокуускай харах уутун итэҕэйбэт
Оценить:
Рейтинг: 0

Полная версия:

Дьокуускай харах уутун итэҕэйбэт

скачать книгу бесплатно

– Тохтоо?! – Кэриспэндиэн, дьонун иннигэр киирэн, муннукка к?м?скэнээри бэлэм турар ки?иэхэ ту?аайан эттэ.

– Ыччат, эрэй элбии, ?л?гэр ??ск?? илигинэ аны манна кэлимэ?. Б?г?н ааны о?орон хатыахпыт, ону алдьатыаххыт да?аны холуобунай дьыала тэрийтэрэн оннугутун буллаттарыахпыт. Куотан, са?ан ту?а суох, би?иги илиибит у?ун, син биир булуохпут! Билигин би?игини кытта хонтуора?а барса?ыт. Ыстараап т?л??ргэ харчылааххыт дуо?

– Суох. Кыра баарын барытын ити ас о?орбуппут.

Кырбаныыттан т?л? туттарбыт ки?и бы?ыытынан чэпчээбиттии ?р? тыынна, с????ттэн бычыгыраан тахсыбыт к?л???н?н туора сотунна.

– Т?л??р харчыгыт суох буолла?ына, ити суумка?ытын хаалларан баран, элэс гынан хаалы?. Бастакы сырыыгыт буолан, бырастыы гынабыт.

– ?йд??т?б?т.

Кыра ки?и дьон быы?ынан сылыпычыйан кэлэн ки?итигэр ?т?л?г?н ылан биэрдэ, уонна, хайдах киирбитин курдук, аан быы?ынан т?ргэн ба?айытык элэс гынан хаалла. Ки?итэ са?ата суох кэнниттэн, кыбылла сы?а-сы?а, тахсан барда.

Хаарга атахтарын тыа?а хоочугураан с?тэрин истэ олорбохтоон баран, бэйэ-бэйэлэрин са?ата суох к?рс??т, к?лсэн то?о бардылар.

– Дьэ, саамай улахан ???л??х Кэриспэндиэн обургу, булбут-талбыт суумка?ын ба?аалыста а?ан к?рд?р эрэ.

Ки?илэрэ тэскэйбит суумка и?иттэн биир-биир суулаа?ы та?ааран табаар дьаа?ыга остуолларыгар уурталаата.

– ?ок, буокка, то? уба?а быара, киилэ а?аара буолар бы?ыылаах, бай, аны халба?ы, туустаах балык, килиэп. Сибиэ?эй ма?ан килиэби сиэбэтэх да ыраатта.

– Ок-сиэ, дьэ бу буолла?а дьэргэстэй ы?ыа?а диэн. Ол и?ин да муннум бэркэ кы?ыйбыта, – К??х Харах сутуругунан ыты?ын тэс гына о?уста.

– ?сс? туох эрэ тыа?аата ээ, к?нд? аспыт аргыстаах ээ бы?ыыта, хара?ым м?лт???н аанньа кулгаа?ым барахсан, т??? да и?элийдэр, буобура кулгаа?ын курдук чуор буолар этэ, – Турантай ?нд??н??н ылла.

– Игирэ а?аара барахсан баар. Чэ, ити «о?обут» суутугар сууланан сыта т?ст?н, бириэмэтэ кэллэ?инэ би?иги обургулар кинини да ньэлбиэхпит. Бастаан бу аспытын ??рэ-к?т? уос-тиис ?ллэстэн кэби?иэххэ. К??х Харах, бы?ахтаах ки?и быары, килиэби кырбастаа. Турантай, олох мастары булаттаа, ?р??мкэ?э майгынныырда тэрий.

– Бай, бу тойоммут би?игиттэн харыс ?рд?? о?уста?а тугун с?рэй? Тута дьа?алымсыйан, соруйан барда дии, ки?иэхэ кыра да наада диэн маны этэн эрдэхтэрэ.

– Этимэ да?аны, астаах суумканы тутан олордо?о эбээт. Аны «ба?аалыста, ?сс? кыратык кут эрэ» диэн к?рд???ннэрэрэ буолуо. Оччо?о к?м?л??н муостарын эрийтэлээн биэриэхпит. С?п диир инигин?

– С?б? боро?он. Ханнык эрэ табаны ?рд?б?т?гэр ытыннара оонньообот эрэттэр инибит, тиэрэ баттыы сытан кулгаахтарын к?нн?рт??н биэрдэххэ с?п буола сы?ыа?а.

– Эмиэ мин хоту тардыылаахпыттан уонна а?аар таллайбыт кулгаахпыттан и?иннигит. Кыра сылдьан хотон сабараанньатыттан охтон дэ?нээбит ???б?н, онтум итинник таллайа о?он хаалбыт. Онтон олохтоох омук сыдьаана буоларбыттан олох кыбыстыбаппын. Мин ?б?гэлэрим хантан эрэ хаппыт д?л??? миинэн куотан кэлбэтэхтэрэ.

Биир бэйэм санаабар, би?иги, сахалар, бы?а охсор бы?а?аспыт хаан булкаастаах дьон буолуохпут ээ, хантан эрэ Сахаараттан дуу, Тибиэттэн дуу бары бииргэ суула?ан кэлбит дьоммут диэн дой?о?у олох итэ?эйбэппин. Ки?и ымсыырыах, Кавказ, Орто Азия омуктара бары бэйэлэрэ туспа тыллаахтар-?ст??хт?р, ааттаахтар-суоллаахтар, итэ?эллээхтэр, уонна ханнык омук буолалларын ки?и эндэппэккэ билэр. Ол курдук сирэйдиин-харахтыын, бы?ыылыын-та?аалыын бэйэ-бэйэлэригэр майгынна?аллар. Бэйэлэрин икки ардыгар ха?ан да атааннаспаттар, ар-бур дэспэттэр, к?м?скэси?эллэр.

Оттон би?иги хайдахпытын бэйэ?ит к?р???т, ааппыт-суолбут суох, а?аардас тылбыт эрэ ордон хаалбыт да, нууччалыы билэр ки?и би?иги тугу кэпсэтэрбитин бы?аарар. Итэ?элбит да дь??лэ-дьаабыта биллибэт, биир с?нньэ суох. Тас дь???мм?т?н этэ да барыллыбат, халлааннаах сир курдук арааста?ар. Онон би?иги хомуур омук буоларбыт хара?а да суох ки?иэхэ к?ст?н турарын ?рд?нэн, со?урууттан кэлбит а?ыйах к?т??т сабыдыалын ?рд?кт?к тутабыт. Тылбытыгар а?ыйах тылы кыбыппыттарын и?ин т??рдэрбит дэ?эбит. Оттон т??р омуктара бары биир тылынан кэпсэтэн ?йд???лл?р?н билэ?ит дуо? Итэ?эллэрэ эмиэ биир.

– Чэ, Кэриспэндиэн, тыынна ыла т?с, эн би?игини ити кэпсээ??инэн син биир итэ?этиэ? суо?а, ха?ыабыт да, оччонон бары а?ыы-а?ыы туойа сылдьар тойооскуларбыт. Холобура, мин ариецпын диэхпин с?п, онно хапта?ай сирэйим эбиллэн, мэйиим икки ч?мч?к?т? тэ??э ?лэлээн ти?иргэтэ сылдьаллар диэ?им.

– Хата, ону-маны сымыйаны анаарбакка, уолаттар барахсаттар, к?ннээ?и олохпутугар т?нн??ххэ, би?иги да уулуссабытыгар к?н уота тыкта. Дьоро киэ?эбитигэр ирэ-хоро, кэпсэтэ-ипсэтэ, к??-дьаа олорон а?ыаххайы?.

– Дьэ, бэрт аата бэрт! Аны на?аа тото а?аан ойох к?рд??н маска ыттыбат инибит?

– Кырдьык да?аны, маннык мааны астаах кэм?э ты?ы кыычалаах ки?и маа?а табыллыа эбит. Мааны Розалаах кэнники кэм?э к?ст?бэт буолан хааллылар. Хара Аанчыгы балыы?а?а киирэн ?лб?т диэбиттэрэ.

– Тыый, Баллайбыт Аанчыгы этэ?ин дуо?

– Кинини, «Туймаада» ма?а?ыын иннигэр умналыы сырытта?ына, оскуола о?олоро аа?ан и?эн кэнниттэн хатыйан т??эрбиттэр, охторугар б??р?н к?т?р? т?сп?т ???. Ааспыт ый са?атыгар к?рс?б?т?м, нэ?иилэ ?кч??н?? сылдьар буолбут этэ.

– Эрэйдээ?и, Аанчык бэйэ ки?итэ этэ, баардаах буолла?ына атын дьахталлар курдук к???н?н к?нч??н??б?кк?, ??ннэммэккэ-к?рдьэ?элэммэккэ баары баарынан, суо?у суо?унан к?н?т?нэн сылдьаахтыыра. Кинини кытта а?ыы-сии сылдьан, атын дьахталларга курдук, сыста?наабаккын, атаакалаабаккын, хайдах эрэ айма?ы? эбэтэр балты? курдук саныыгын.

– Этэ?ин ээ, оло?ор табыллыбакка т??? да ускул-тэскил сырыттар, судургута, к?н?т?, туох да албына-к?лдь?нэ суох, ис санаата ?ч?гэйэ бэрдэ. Кэргэнэ, о?ото хас да сыллаа?ыта массыына саахалыгар ?лб?ттэр ???. Улаханнык истэ?инэ наар ону ахтан, ытаан-со?оон биэрээхтиирэ. Ол и?ин а?ыы олорон арыгыбытын киниттэн кистээн утуйбутун кэннэ и?эрбит. ?л??т?н хайаан да ордорон сарсыарда и?эригэр уурарбыт. Ким да киниэхэ сыста?алыы, сарба?ныы барбат буолара. Бэйэтэ да ити чаа?ыгар т??эн биэрбэт кытаанах ки?и этэ. Буомус буолла да б?пп?т ки?и дии саныыллара буолуо да, барыта оннук буолбатах. Биллэн турар, сорох дьахталлар арыгылааххын, харчылааххын биллэллэр эрэ сы?аланан сырса сылдьар буолааччылар. Хайа ба?арар дьиэ анныгар тиэрэ к?т??ххэ с?п.

– Хата, инньэ диэбиккэ дылы, биир эмэ бытаа?а?ы к?рс?б?т ки?и бэрт буолуо этэ, – К??х Харах ойон туран, илиилэрин сиэптэригэр уктан баран т?тт?р?-таары хааматалаата.

– Бу ки?и омунун. С??л?ргээбит атыыр куоска?а дылы буолан т??эн. А?ыы олорон эмиэ тугу? тэ?э кэйэн тура эккирээти?? Сандалыбытын т??нэри к?т? сысты? дии.

– Кырдьык да?аны, кэпсэтэ олорон бэйэм да ?йд??б?кк? хааллым, – К??х Харах кулук-халык тутунна. – Бииртэн кы?ыйабын ээ. Нуучча бии?ин нуучча ки?итэ саараама тарба?ын да т?б?т?нэн таарыйыа суо?а, оттон саханы ким барыта о?отугар тиийэ охсо-тэбэ ата?астыы сылдьыахтарын с?п.

– Хата, инньэ диэ. Былырыын б?хт?рг? т?бэ?эн баран куотабын диэн дубинканан ата?ым быччы?ын бы?а о?устаран кэби?эн, нэ?иилэ содьоро?ноон и?эн Аанчыгы к?рс? т?ст?м. Туохха, хайдах дэ?нэммиппин ыйытала?а т??эн баран, ?й??н-убаан дьиэ анныгар киллэрдэ. К?рд?р диэтэ. Сатахха, кыара?ас ба?айы ыстааны кэтэ сылдьабын, нэ?иилэ к?м?л??н у?уллубут. Туруусук э?ин диэн кэлиэ баара дуо. «Кыбыстыбыта буолан кыйма?наама, оччолоо?у к?р?лл?б?тэ» диэн саба са?аран кэбистэ. Буутум к?п-к??х буола с??лэ и?эн тахсыбытын тутан-хабан, баттыалаан к?р?н баран манна к??т диэт, элэс гынан хаалла. Мин хамсыыр да кыа?а суох халлаан хара?арыар диэри олордум. Албыннаан, харчылаах дьону к?рс?н и?э-а?ыы барсан хаалыа диэ?и, Аанчыгы билэрим бэрт буолан, б?к эрэллээхпин. Кэтэстэххэ бириэмэ сыыллан т??эн бытааныан, кэмниэ кэнэ?эс тиритэн-хорутан ахан кэллэ. Бааспын дьуотунан сотон баран, биинтэнэн ыбылы тардан бэрэбээскилээн кэбистэ, укуол э?ин о?ордо, олох хамсатыма диэн сэрэттэ. Балтытыгар сылдьан к?т??т?н та?а?ыттан ис та?ас, киэ? ыстаан э?ин а?албыт. Хабаровскайга быраас ??рэ?ин б?тэрбитин ту?унан кэпсээбитэ. Ол курдук миигин уонча хонук эмтээн, ньээ?кэлээн ?т??рдэн турар.

– Чэ, бу ?р??мкэни кини сырдык кэриэ?ин ту?угар и?иэххэйи?, – Турантай, ???э тыынан баран, ?л??т?н тэп гыннаран кэбистэ.

– Аанчык, эн сырдык дуу?а? бу аньыылаах-харалаах сиртэн арахсан, ырайга тиийэн, кэргэни?, о?о? дуу?аларын кытта к?рс?б?тэ буолуо диэн санаабытын алы гыныаххайы?. Ити гынан хас саа?ыгар ?лб?тэ буолуой?

– Миигиттэн ?с хас сыл балыс этэ, оччотугар отутуттан са?ардыы тахсан эрдэ?э буолуо.

– Па, олох о?о эбит дии, мин ?сс? т??рт уонуттан лаппа тахсыбыт курдук к?р?р?м ээ. Барахсан былыт быы?ыттан к?н к?ст?н ааспытын курдук кылгас оло?у олороохтообут эбит. Сатахха, о?о-уруу хаалларбакка, имниин с?ттэ?э.

– Чэ, уолаттар, бачча а?ыы олорон кутур?аннаа?ы кэпсэтэн б?т??ххэ. Јлб?т ?лб?т?нэн, би?иги, тыыннаахтар, инники ?тт?б?т?н толкуйдуохтаахпыт.

– Бу аспыт сотору б?т??, онтон сарсын быыс-хайа?ас булан, сымса туттунуубутунан кып гыннаран хонноххо уктуу э?ин ту?унан с?бэлэ?иэххэйи?. Би?иги о?о дьиэтигэр олорон барытын эрдэттэн былаанныыр буолар этибит, – К??х Харах кэпсэтиини аты??а иэхтэ.

– Табыллыбатахпытына тутуллуохпут, оччо?о – кырата ????лл??, ??р?лл??. Ортото – охсуллуу, кырбаныы. Улахана – сууттаныы уонна хаайыллыы, – Турантай с?б?лээбэтин биллэрдэ.

– Инньэ диэн оттон олох хаамыыта оннук буолла?а дии. Аччыктаан, ымсыыран, эбэтэр ордук санаан, бэлэм?э дура?ыйан оннукка тиийиллэр. Онноо?ор халаан, уоран, уматан номоххо киирэн дьоруой буолбут дьон бааллар дии. Холобур, саа?ын тухары хаайыыга сыппыт Манчаары аатын туохха барытыгар сыбыыллар, бэл тыыннаа?ар дь?р? кулун да ы?ыа?ар к?рэхтэспэтэх ки?и аатынан спорка сы?ыаннаа?ы барытын ааттыыллар. Омуоча да аатын дьон умнубат. Би?иги, олоро сылдьыбыттар, кинилэр ааттарынан киэн туттабыт, ыллык ?ктээбит суолларын сал?ааччылар курдук сананабыт.

– Били??и би?иги олохпут уоруйахтарын, хаайыылаахтарын аны с??с сылынан кэрэ кэпсээн, сэргэх сэ?эн гынан сэ?эргиэхтэрэ дуо? – К??х Харах мин да Манчаарыттан туох улахан уратылаах ???б?н, арыый у?уо?ум эрэ ?рд?к ини диэх курдук тутунна-хабынна.

– Саарбах! Былыр уоруу суо?ун тэ?э буолла?а дии, билигин оннук дьаллыктаах дьоммут элбэхтэрэ бэрт. Аны анал ааттара да суох, нуучча ки?итин аатынан араспаанньалаах дьон киэ? Сахабыт сирин устатын тухары ы?ар буор курдук элбэхтэр, онтон кими иилэн ылан аатын ?йэтитиэххиний? Уоруу, талаа?ын ту?унан ирэ-хоро кэпсэтии дьиэ анныгар са?ан олорооччуларга эрэ тэнийэн эрдэ?э. Ол да биллэн, урукку уоруулара ыраас мууска ууруллан, сууттанан, хаайыыга баран эрдэхтэрэ. С???? эриэнэ та?ыгар, ки?и эриэнэ и?игэр диэн мээнэ?э эппэттэр. Огдолуйбут олохтоох ороойко диэбити? опер буолуо. Биис диэбити? бэлисиэйскэй буолан со?утуо. Ол и?ин сэрэтэн эрдэхтэрэ салгыннаахха са?арыма, дьыбардаахха тыыныма диэн. Тыл у?уо?а суох дии-дии, мээнэ кулдьугуруу-халдьыгырыы, кэпсии-ипсии сырыттаххына т??н?ктээх т?рмэни начаас булларыахтара. У?ун тыллаах, халбас харатын тутуспут ки?и б?г?н баар, сарсын суох! Табыллыы эбэтэр алдьаныы, иккиттэн биирэ к?н аайы к??тэн турда?а. Эрэй, кы?ал?а оту-ма?ы кэрийбэт, ки?ини булан эрдэ?э. К???э т??рт уон т??рт о?ол т?р??т т?рд?н туоруугун, оччо?о бу боро? ураа?хай мутугунан быра?ар му?ур ?йэтигэр т???л??х мо?олу м?чч? т??эрэ буолуой?

Арыгы алыптаах дьаатыгар ылларбыт сордоох дьиэтин-уотун, ойо?ун-о?отун быра?ан, бэйэтин к???л?нэн уулусса ки?итэ буолан, тото-хана а?ыырыттан, итирэ-кутура арыгы и?эриттэн аты??а т?б?т? ыалдьыбат, атын кы?ал?а кы?арыйбат, ?лэлиэн-хамсыан ба?арбат, арыгы ту?угар тугун барытын биэриэ этэ да, туга да суох буолла?а. Ол и?ин албыннаан, эрэннэрэн, уоран, умна?ыттаан, былдьаан-талаан, булбутун атыылаан, батаран и?эр, а?ыыр. Ол кэм?э бэйэтин булугас-талыгас уол о?отунуу сананар, эр ки?и ?с-т??рт кырыылаа?ынан аа?ынар.

– Эн, Кэриспэндиэн, кырдьык, хайдахтаах да ыарахан бала?ыанньа?а т?бэстэххинэ, ??т?-хайа?а?ы булан, син биир ууттан кураанах тахсыа?ы?. То?о диэтэххэ, оло?у чэпчэкитик ылына?ын, барыта табыллыа, сатаныа диэн бэйэ? санаа?ар бэйэ? эрэнэн, хо?оруугар тугу да хоннорбоккун.

– Тпу-тпу! ?стэ силлээ. Ки?ини ха?ан да сирэйигэр хай?аабат ба?айыта. Бы?а кымньыылаа?ын курдук, кырыыстаа?ар охсуулаах буолан тахсыан с?п. Мин элбэхтэ эчэйбит, ыарыыны эппинэн-хааммынан билбит ки?и бити-билгэни итэ?эйэр буоллум эбээт.

– Бииртэн сонньуйабын, бу орто туруу-бараан дойдуга кылгас кэм?э олорон аа?аары, умса-т?нн? т??эн хайдах да бай-тай, дуо?унастан, к?ннээ-к??нэхтээ, анараа дойдуга кими да «?р?сээктээх» ылбаттар, бары ийэттэн хайдах кэлбиппитий да, о?урдук сыгынньах барыахпыт турда?а.

– Эс, на?аа оннук тэ? буолбата ини. Баай, элбэх харчылаах дьон к?н кы?ал?ата суох олороллоро буолуо. Ба?ардахтарына, ханнык ба?арар кы?ал?аны бы?аараллар, тугу барытын атыыла?аллар, ол и?игэр доруобуйаны эмиэ. ?лл?хт?р?нэ да?аны лаахтаах дууп хоруопка угуллан, анал, басты? миэстэ?э боростуой дьонтон ойуччу сытыахтара, – Турантай ымсыырбыт санаатын та?ыгар та?аарда.

– Бээ, мин кинилэр олохторун-дьа?ахтарын син билбэхтэ?эбин, на?аа чэчирээбэтэх дьоннор. ?г?стэрэ бэрт кыраттан са?алаан ?р?? харахтарын ?р? к?рб?кк? к?ннэри-т??ннэри ?лэлээн тахсаллар. Аны атахтарыгар турдахтарына сойуола?ыы-сонордо?уу са?аланар. Мин биир бэйэм онно эмиэ кыттан турабын, саалаах-сэптээх киирэн дьиэ кэргэннэрин кыдыйыах буолан саанарбыт. Т???н?н баайгын, кыахтааххын, бала?ыанньалааххын да, соччонон ?г?с ?ст??хт??хх?н, чуумпу оло?у? уйгута ы?ыллар. Иннилэрин-кэннилэрин кэтэнэ сылдьыахтарын наада.

Биир эмэ сыы?а хамсаныыны о?орон би?иги кылыыбытын ?ктээн биэрдилэр да, уон оччонон т?л?т?рб?т. Бы?ата, ки?и ымсыырбат оло?о. Аны туран сымыйа сурах-садьык ыытан т??нэрэ сатаа?ын баар. Тугу да гыммакка тиэрэ т??эн сытан к?м?л???ннэрэ сатааччы да элбэх. Били, этэллэригэр дылы, баай уот тэллэххэ, дьада?ы куобах суор?а??а утуйар диэн ?с хо?ооно с?п т?бэ?эр. Кинилэр т??? да с??рэн-к?т?н оскуола-дьаа?ыла, атыы-эргиэн онтон да атын тутуулары ыыттардыннар, дьон-сэргэ махталын син биир ылбаттар. Ити барыта к?лдь?н, ким да ?йд??, сыаналыа суо?а, «баай, харчылаах буолан баран, ама, ити сыы?ын о?орторуо суо?а дуо, бэйэтэ итинтэн т???н? эмэ ту?анна?а?» диэн буолуохтаа?ын курдук ылыналлар, ?сс? эбии ыан ыла сатыыр, сиилиир, ордугур?уур сы?ыан ?г?с буолар.

* * *

Сарсыарда халлаан су?уктуйа сырдыыта ха?ан да сууйуллубакка-сотуллубакка, киринэн-ха?ынан, муус кырыанан б?р?лл?б?т дьиэ аннынаа?ы т?нн?ктэринэн сырдык барбах эрэ туртайда. Киирэр-тахсар аан сотору-сотору а?ылларыттан-сабылларыттан, атах тыа?а араастаан то?угурууруттан сылыктаатахха, сарсыарда буолбута билиннэ.

– ?уу, ?р да кэтэстим бу сарсыарданы, олус да ?л?тт?рб?пп?н.

– Этимэ да?аны бу тастан а?алар арыгылара улахан алдьатыылаах ас бы?ыылаах, чэпчэкитин аанньа ылан сордонобут ээ. Онно эбии топпоккобут т??ннэри таксистартан таракаан эмин эбэн тупсаран о?орбут сомогуоннарын ылан алдьанныбыт.

– Оннук эбит. Олох сэниэ-сээбэс эстибит. С????хтэрим тип-титирэстэр, хап-хачыгырастар, босхо баран ы?ыллан хаалбыт курдуктар.

– Хайдах гыныахпытый, та?ырдьа тахсан с????хп?т?н тэнитиэххэйи?. Тымныы, ыраас салгынынан тыыннахпытына арыый дьэгдьийэр инибит.

– Оннук, тахсан дьиэ та?ын ыраастааччылар биригэдьиирдэригэр Б?т?р??б?скэ баран ханнык дьиэлэр тастарын хомуйтарарын ыйытыахха, арба бэ?э?ээ «Байылыат» ма?а?ыын та?ын ыраастаары? диэбитэ ээ.

– С?пк? этти?. Э?иги к?н?т?к онно бары?, мин дьаа?ыктары кэрийэн к?р?-к?р? тиийиэм, баат биэрдэ?инэ тугу эмэ булуом, тардыллан хааллахпына к??тээри?. То?о?олоон сэрэтэбин, ?лэлиир ма?а?ыы??ытыттан тугу да уорбаккыт, ылбаккыт. Сыы?а-халты са?аран ???ргэтэ сылдьаайаххытый, тугу дьа?айалларын тук курдук толоро?ут. Уора сылдьан тутулуннаххытына иэдээн, быстардахха а?ыыр-та?нар ха?аас сирэ суох хаалабыт. Ол кэриэтин к?н?т?нэн сылдьан ?лэлээн, бас билэр чаа?ынай ??ттээх ынахпыт курдук к?н аайы ыан ыла сылдьарбыт быдан ордук. ?йд??т?г?т ини.

– Оннук-оннук, к?рс??ххэ диэри, барыта этэ??э буоллун. Эн, Турантай, бу к?н сиригэр арыый у?уннук олорбут ки?и сиэринэн с?р?-с?пк? с?лл??н??т??, бэри-бэркэ бэллэ?нээти?. Кырдьа?а?ы хаа?ахха укта сылдьан с?бэлэт диэн ол и?ин этэн эрдэхтэрэ. Хата, би?иги туспутугар ?рд?к айыылартан к?рд??? хаал, са?а ??мм?т к?н дьолу-соргуну тосхойдун, эрэлбит эстибэтин, модун санаабыт булгуруйбатын диэн.

– Бээ эрэ, ?сс? биири этэрдээх эбиппин. Аргыый а?ай, тыа?а суох, дьон уорбалаабатын курдук, биир-биир тахсы?. Мин э?иги кэннигититтэн балачча буолан баран баты?ыам. Араас дьон баар буолар, аны полиция?а биллэрэн айдааны та?аарыахтара. Кими да кутуруккутугар с?р??н манна ?ктэннэримэ?. Бу эргин маннык б??мч? сири булар саарбах, саппаас дьиэ о?остуо этибит буолла?а.

Турантай, со?ото?ун хаалан баран, ааспыт оло?ун эргитэ санаан т?б?т?н хам туттан хараастан олордо. Бастаа??ыттан орто дойдуга оройунан т??ээт, дьоллоох о?о саас диэни билбэтэ?э. Ки?ини ?йд????ттэн тулаайах буолан ийэ, а?а сылаас тапталынан угуттаммата?а. Хата, бачча?а кэлиэх быатыгар тасты? эдьиийигэр э?ээрдэ?эн борбуйун к?т?хп?тэ. Ол со?отох, ха?ан да эргэ тахса сылдьыбатах, о?о-уруу т?р?пп?т?х кырдьа барбыт эдьиийэ ки?э-наара холлоро, хаппырыыстыыра баа буолуо дуо. Ону уйбакка, са?ардыы чороччу улаатан и?эн элбэхтэ уулусса?а сылдьарын, маннык олоххо тиийиэхтээ?ин биттэммиттии, олох сирбэт этэ. Барыта хайдах эрэ к???л, туох да буойуу-хаайыы суох, ?ч?гэй ба?айы курдуга. Уруогун т??? да аахпатар, айыл?аттан бэриллибит дьо?урунан оскуоланы ку?а?ана суохтук б?тэрбитэ.

Онтон, дьэ, ?й?н туппут курдук буолан, ?рд?к ??рэххэ киирии эксээмэннэрин улаханнык ыарыр?аппакка туттаран, устудьуон ?рд?к аатын с?кп?тэ. Дьоллоох-соргулаах эдэр саас сатыылаабыта. Ол ??рэнэ сылдьан кырасыабай, ?ч?гэй дьонноох-сэргэлээх эмчит ??рэ?эр ??рэнэр кыы?ы кэргэн ылан, кыыс дойдутугар тахсан икки с??с ки?илээх сыбаайба о?орон ньиргиппиттэрэ. Иннилэригэр барыта сырдыгынан эрэ сыдьаайар курдуга. ?р буолбата?а, утуу-субуу икки кыыстаммыттара, онтон кэтэ?иилээх уол о?о т?р??б?тэ. Ойо?о ??рэ?ин б?тэрэн, балайда хамнастаах ?лэлээ?э. Арай Турантай сирбитэ-талбыта буолан, хас да ??рэххэ киирэ-киирэ быра?аттаабыта. Кэнники, кэргэнэ дэлби к??эйэн, биир ??рэ?и син б?р??б?т курдук буолбута. Ботуччу со?ус хамнастаах алмаастаах кыраайга тиийэн дьиэ-уот тэринэн уонча сыл этэ??э олорбуттара. Онно олус тото ?л?н, ыт ба?а к?м?с кытахтан т?к?н?йб?т?гэр дылы, олох дьэбэрэтигэр тимирбитэ. Ол т?р??тэ к??х мо?ойго а?ара убаныыттан, барытыгар ээл-дээл сы?ыанна?ыыттан этэ.

Алмаастаах кыраайга харчы эргиирэ маннаа?ар ботуччу буолан, наркоман аймах элбэ?э. Сорох т??н арыгылаан баран, сарсыарда ба?ы? хайа барар туруктаах баран и?эн бэйэ? курдук бала?ыанньалаах, та?астаах-саптаах ки?ини к?рс?н ??рэ т??э?ин. С?бэни холбоон, ону-маны кучу-мачы гынан арыгы кытты?ан атыыла?ыахпыт дии саныыгын. Онту? баара, ки?и? ханнык эрэ кыраасканы, лаа?ы к?рд?? сылдьар токсикоман буолан хомотор. Сорох ардыгар ол ки?и? «косяк» диэн аатырар к?л?п?нэни к?рд?? сылдьар буолан кы?ытар. Сорох букатын да испириискэ наадыйар. Хата кини ол дьаллыктарга сыстыбакка наар арыгыттан к?н?н та?аарара.

Билигин ону санаан кэллэ?инэ «дьыл?ам утума аллара ыйа сылдьар буолбутун кэннэ хайыахпыный» диэн бэйэтин алы гынан уоскутунар. Аны кэлэн то?оно?у кирэн да диэн, туох ту?ата кэлиэй, ынах тириитин иккистээн с?лбэккин, т?нн?р суол суох, барыта буолуохтаах буолан манныкка тиийдим ини дии санаан арыый к?хс? кэ?ээбит курдук буолан, хам туттан олорор илиитин т?б?т?ттэн араарда.


Вы ознакомились с фрагментом книги.
Для бесплатного чтения открыта только часть текста.
Приобретайте полный текст книги у нашего партнера:
Полная версия книги
(всего 10 форматов)