скачать книгу бесплатно
Өтөх иинэ оспот
Татьяна Петровна Находкина
Ааҕааччы тапталын, билиниитин ылбыт ааптар бу кинигэтигэр дьон сыһыанын, тапталы, тулхадыйбат эрэли, ахтылҕаны иэйиилээхтик суруйар.
Олох дьахтарынан салҕанар, кини айылгытын быһыытынан үчүгэйи үтүктэр, сыыһаны киэр анньар, саҥаҕа кыттыһар күүстээх санаалаах. Бу туһунан «Өтөх иинэ оспот», «Таптал кыыма сөҕүрүйбэт», «Хаан аймах» кэпсээннэргэ ааҕыаххыт.
Татьяна Петровна Находкина
Өтөх иинэ оспот
Ийэ сүрэҕэ
(Сэһэн)
Оо-дьэ, бөөлүүн иччилээх түүлү түһээтим. Сир ийэ кыһыл төлөн уотунан умайан, кытыастан, дьигиһийэн олорор. Халлааммыт кып-кыһыл. Куттанан аҕай уһугуннум. Туох буолаары гыннаҕай? – аарыматыйа кырдьыбыт оҕонньор оһоҕун иннигэр аргынньахтаан олорон сөҥ куолаһынан сөҥүдүйдэ.
– Аньыы даҕаны. Бу оҕонньор ону-маны түүйэн, – кийиитэ Маарыйа, 45 сааһын саҥа туолбут, уһун хара суһуоҕун кэннигэр чөмчөччү эрийэ тутан, кырыбыайканан туттарбыт ис киирбэх дьүһүннээх, улахан, толуу көрүҥнээх дьахтар саҥа аллайар.
– Ээ, ити моорук буола кырдьыбыт оҕонньору истимэ. Кини дойҕоҕун иһиттэххинэ, сотору сир-халлаан сиҥнэстэр ини, – уола Ыстапаан эттээх миин иһэрин быыһыгар аҕатын мөҕөрдүү туттар.
– Чэ, долоҕойгутугар тутумаҥ даҕаны. Көрөн иһиэххит. Сэрии буолар буолла быһыылаах. Сэрии тыынын түһээн көрдүм. 20‐с сылларга гражданскай сэрии күөдьүйэн, «кыһыллар», «үрүҥнэр» диэн арахсан, норуот ортотугар хаан тохтуута, өлүү-сүтүү бөҕө буолбута. Амырыын дьыала этэ. Онтон билигин дойду бүтүннүүтэ уотунан умайар, эстэр улахан сэриитэ иһэр курдук көрөбүн, – оҕонньор иннин биэрбэт. Хамсатын оһох чанчыгар турар бааҥкаҕа тэбиир.
– Бүт, оҕонньор, оҕону-урууну куттаама, мантан инньэ аан дойдуну эн дьаһайарыҥ буолуо. Хата, бэрт оҕонньор сэбиэтинэн Сталиҥҥа илдьиттэ тириэрт, – уола аҕатын күлэр. – Чэ, Маарыйа, өйүөбүн бэлэмнээтиҥ дуо? Киэһэ төһөҕө кэлэрим биллибэт. Оҕуһум аккаастаабатаҕына, иккитэ кырыммыт киһи.
– Көрөн турдахпына, хаарыан бэйэлээх күөх айылҕабыт умайан күүдэпчилэннэ. Халлааны хаба ортотунан өһөх буруонан субуллан, дьон-сэргэ ытаан-соҥоон, айманан ааста, – оҕонньор түүлүн кэпсиирин тохтоппот.
– Бу оҕонньор түөһэйбит быһыылаах. Бар, сыт эрэ, куһаҕаны ыатара олорума. Уол сиэннэрдээх киһи быһыытынан сэрэнэн да саҥарыа эбиккин, – уола аҕатын сэмэлиирин быыһыгар ыраах барардыы оҥостон, халыҥнык таҥнан, тахсан барар.
– Мин эппэтэҕим да иһин буолара буолуо. Түөһээҥки оҕонньортон ыйыппаттара чуолкай, – оҕонньор өссө да элбэҕи кэпсиэ эбит да уола тахсыбытын көрөн, сонун, бэргэһэтин үрдүгэр түһэн, таһырдьаны былдьаста.
Маарыйа күннээҕи иирбэ-таарба санааларын быыһыгар чугас дьонун уйаҕастык санаан ылла. Биир тэлгэһэҕэ үөскээбит уолугар Ыстапааҥҥа 20 сааһыгар кэргэн тахсыбыта. Киппэ көрүҥнээх, дараҕар сарыннаах, хара куудара баттаҕын өрө анньынар Ыстапаан уолу оччолорго элбэх кыыс сөбүлүүрэ. Олортон талан Маарыйаны ордорбута. Дьөгүөрэптэр дьиэлэригэр биир сиэккэ таҥас тутуурдаах киирбитин күн бүгүн курдук өйдүүр. Оҕонньордоох үчүгэйдик көрсүбүттэрэ. Ийэлэрэ Балбаара эрэйдээх чахчы айыы санаалаах киһи кэрэмэһэ этэ. Олох төрөппүт кыыһын курдук сыһыаннаһара. Икки-үс сыл арыттаах үс оҕолонон, мааны кийиит буолбута. Соҕотох уоллара үс уолламмытыттан оҕонньор киэн туттара. Дьахталларга: «Мин кийиитим курдук элбэх уолланыҥ, оччоҕо саха норуотун элбэтиэххит, төрүккүтүн ууһатыаххыт», – диэн киэн тутта этэрин элбэхтэ истибитэ. Балбаарата иллэрээ сыллааҕыта суох буолуоҕуттан соҕотохсуйан, оҕотугар түһэн хаалла. Уола уһаатаҕына, олох тэһийбэт. Киһи аһыныах, таһырдьа тахсан, уола кэлэр суолун көрө турар буолааччы. Кэлин түҥ-таҥ, солуута суох, саҥарара элбээтэ. Быйыл икки сиэнэ куоракка үөрэнэ киириэхтэриттэн саҥата-иҥэтэ эбии мэлийдэ. Хонон турдаҕын ахсын эбии оҕотугар түһэн иһэр. Улахан уоллара Миитээ учуутал кыыһы кэргэн ылан туспа олорор, бэйэтэ холкуоска сылгыһытынан үлэлиир. Кийиит оҕо күүтэр. Онон сотору «эбээ, эһээ» буолаары сылдьаллар. Саныахха үчүгэй. «Оҕонньору аһатыахха баар этэ» диэн, ыҥыра тахсыах курдук туттан иһэн, аан аһыллар тыаһын истэн, тохтоон хаалла.
– Ийээ, эһэбит тоҕо таһырдьа соҕотоҕун сылдьарый? Халлааҥҥа хантайан туран, илиитин өрө уунан, тугу эрэ ботугуруу-ботугуруу көрдөһө турар. Дьиэҕэ киллэрэ сатаатым да туох иһин буолуммат, – Миитээ ийэтин утары турар олоппоско олорор. – Бар, киллэр, эйиэхэ киириэҕэ.
– Аһаан барар инигин. Эһэҕинээн аһаан бар. Үөрүөҕэ. Эһигини, сиэннэрин, суохтаан ордук иэдэйдэ.
– Эһэм ити тугу этэрий? Сир-дойду хаанынан уһунна… Сэрии… Оҕолорбун быыһаа… Алдьархайга тиэрдимэ диэмэхтиир. Туох буоллаҕай?
– Ээ-чэ, тугу саҥарарын билбэт. Төбөтүгэр туох түспүтүнэн мээнэ баллыгырыы сылдьар. Билигин киллэрэн, аһатан баран сытыарыам, – Маарыйа түргэн соҕустук таҥнан, таһырдьа тахсар.
Сотору буолаат, ааны балачча аргытан, оҕонньору илиититтэн сиэтэн киллэрэр. Тымныы туман дьиэҕэ кутуллар. Миитээ дьонугар утары баран, эһэтин сонун, бэргэһэтин уһуларыгар көмөлөһөр. Этэрбэһин устан, куобах тириитинэн тигиллибит чараас дьиэҕэ кэтэр куллукатын кэтэрдэр.
– Уу, оҕом, Миитээ кэлбит эбит дии. Дьэ, оҕом, тугу кэпсиигин? – сиэнин көрөн, саҥа аллайар.
– Эһээ, үчүгэйбин. Үлэлии сылдьабын. Аһыахха, ийэм эттээх миин буһарбыт.
– Былыр биһиги икки тарбах халыҥнаах сыалаах эти сиирбит. Эбэҕит сандалыга хоторон кэбиһэрэ. Күнү быһа соһо сылдьан сиир этибит. Дьэ, көр буолара, – эһэлэрэ кэпсииргэ сананан, олоппоһугар тиэрэ түһэн быар куустар.
– Ол кэлин этэ. Бырааһынньыктарга биирдэ эмэ кырбаһынан буһарарбыт. Эһиги эбэлиин быстар дьадаҥытык олорбуккут. Барытын бутуйан кэбиһээхтээбиккин, – Маарыйа оҕонньор көхсүн сымнаҕастык имэрийэн ылар.
– Ээ, мээнэни саҥарыма. Мин барытын өйдүүбүн. Биһиги, Дьөгүөрэптэр, бэркэ олорбуппут. Ити мин Ыстапааным ханна барбытай? Ийэтинээн тыаҕа мас мастыы бардаҕа. Бэҕэһээ киэһээ оттоон кэлэн истэхпинэ, кинилэр мас абырҕалын сүгэн иһэллэрэ… – өссө да элбэҕи кэпсиэх кырдьаҕаһы икки өттүттэн өйөөн, хоһугар киллэрэллэр.
– Хата, сөбүлэһэн сытта дии. Баран иһэн биэлсэр Никиитэни ыҥыраар эрэ, оҕонньору көрүө этэ. Күн ахсын мөлтөөн иһэр, – Маарыйа уйадыйбыт куолаһынан саҥарар.
– Эһэм кырдьык мөлтөөбүт. Ити тугу саҥарар? Сытан баран эмиэ «сэрии… сэрии» диэн баллыгырыыр. Аҕам аҕатын аҕыйах хонукка көрөн, тохтуу түһүө эбит. Күнү быһа уолун күүтэн муҥнанаахтыыр. Киһи аһыныах. Чэ, ийээ, мин бардым.
– Эһэҥ сылдьа түһэр ини. Сибилигин наһаа баран хаалбатар бэрт буолуо этэ. Уолунан олорор, кыра оҕо курдук саныыр. Биэлсэр Никиитэни ыҥыраргын умнума. Үйэтигэр эмтэммэтэх киһи туһаныаҕа. Бырааттарыҥ тугу да биллэрбэттэр.
– Үөрэнниннэр. Мин да үөрэммэтэҕим сөп, – Миитээ хараастан ылар.
– Эн да үөрэниэҥ. Вера үөрэттэриэҕэ. Онтон билигин үчүгэйкээн сиэни бэлэхтээн, аҕаҥ биһигини эдэр эбэ, эһэ оҥортоотоххуна, дэлэлээх үчүгэй буолуо дуо?
– Чэ, ийээ, киэһээ охсуллан ааһыам, – Миитээ ааны күүскэ сабан, тахсар тыаһа иһиллэр.
Маарыйа улахан уолун Миитээтин, дьиэ кэргэн саамай үөрэхтээхтэрин, учуутал үөрэҕэр үөрэнэр Ыстапаанын, тырахтарыыс идэтин ылаары үөрэнэ сылдьар мурун бүөтүн, Баһылайын – сүрэҕин ытарҕаларын, оҕолорун, эмиэ да үөрэ, эмиэ да уйадыйа санаан, иһийэн турда.
II
Саас кэлэн иһэрэ биллэр. Күн уһаан, ылааҥытыйан, оҕо‐уруу таһырдьаттан киирбэт. Хаар быһа сиэн, онон-манан сир хараарбыта ириэрии буолбутун кэрэһилиир. Маарыйа түннүгүнэн Ыстапаана үлэтиттэн кэлбитин көрөн, утары таҕыста. Дэлби тиритэн куобах бэргэһэтин кэтэҕэр сэгэччи аспыт, түнэ саҕынньаҕын нэлэкэйдэммит, ынах тыһа этэрбэһин талах сиппииринэн тэбэнэ турарын көрөн, дьахтар мичээрдии тоһуйда.
– Хайа, аҕам хайдаҕый? – Ыстапаан бастакы ыйытыыта аҕатын туһунан буолла.
– Тэп курдук. Баһылааһыгар барда. Бүгүн куобахха туһах иитэринэн ыалдьан турбут.
– Оо, оччоҕо сарсын тыаҕа тахсарын айдаана буолара буолуо. Ол аайы быйыл уола Баһылай суох. Тырахтарыыс буолаары үөрэнэн муҥнана сырыттаҕа. Чэ, дьиэҕэ киириэххэ. Итии курдук эрээри дэлби дьагдьайдым.
Дьиэлэригэр киирэллэр. Маарыйа түргэн соҕустук туттан, кэргэнигэр итии чэй кутар. Остуолга эрдэ бэлэмнээбит күөрчэҕин, лэппиэскэни тоһута тутан уурталыыр.
– Дэлби аччыктаатым. Маарыын сарсыарда сүөһүлэр отторо бүттэҕэ диэн ыксаан, сылбырхай чэй иһээт барбытым. Сүөһүлэриҥ хайдахтарый? – итии чэйин сыпсырыйарын быыһыгар кэргэнин эйэҕэстик көрөн ылар.
– Ээ, үчүгэйдэр. Быйыл 40 борооскуну биэрэннэр ыарырҕаттым. Урут 30–35 буолар этэ. Саатар, тас үлэһитим да боростуойа бэрт. Отун түннүгүнэн ыһан-тоҕон баран элэс гынар. Кэннэ кэтинчэ да буоллун – кыһаммат. Былырыын бэйэм Баһылайым буолан үчүгэй этэ.
– От тиэйиитэ бүттэҕинэ, мин оккун бэйэм да угуом. Уолбут тырахтарыыс буолан кэллэҕинэ, аны кыһын от тиэйиитэ чэпчиэ. Наар оҕуһунан сыккырдатар сылаалаах. Тойоммут Бүөтүр Бөтүрүөбүс киһи киһитэ буолан абыраата. Дьаһаллаах, ыччат бөҕөнү үөрэххэ ыытта. Оскуола тутарга ылсан, мас бэлэмнээн, дьон санаата кэллэ. Инникини, кэскиллээҕи толкуйдуур чахчы үчүгэй сэбиэт бэрэссэдээтэллэннибит. Ол иннинэ олорбут Сэмэн Сэмэнэбис бырдааттанан ыарахан, бардам баҕайы киһи этэ. Чэ, мин мас мастыы таҕыстым. Таарыйа хоспохтон куобах туһахтарын таһааран көрүөм. Ол аҕам санаммыт буоллаҕына, кинини туох да тохтоппот. Сарсын халлаан суһуктуйуута барбыта эрэ баар буолуо. Миитээни сэрэтиэххэ наада. Эһэтин кэтии сылдьыа этэ. Билигин Баһылаастан алдьаммыт туһах ылан, үөрэн-көтөн кэлиэ.
– Чахчыта оннук. Баһылай сир хараарыыта кэлэрэ буолуо. Бааһына тиэриитигэр төбөтүн оройунан түһэр ини, – ийэ кыра уолун санаан, сирэйдиин-харахтыын сырдыыр. – Онтон үөрэхтээхпит Ыстапаан аны сайын биирдэ кэлэр.
– Оннук, чэ, мин таҕыстым, – Ыстапаан оһох кэнниттэн сүгэтин ылан, тахсан барар.
Чуумпурбут дьиэтигэр Маарыйа соҕотохсуйа түһэр. Киэһээҥҥи аһылыгын бэлэмнээри ириэрэ киллэрбит этин ылан, кырбаан барар.
Бөһүөлэккэ нууччалыы тутуулаах дьиэ аҕыйах. Бу дьиэлэрин икки сыллааҕыта туттан киирбиттэрэ. Ыстапаан тутууга дьоҕурдаах буолан, уолаттарынаан түргэнник көҥдөйүн таһаарбыттара. Дьиэ ис үлэтин от үлэтин быыһыгар бүтэрэн-оһорон испиттэрэ. Ыстапаан бииргэ үөскээбит үөлээннээхтэрэ илии-атах буолан абыраабыттара. Хардары-таары көмөлөсүһэн, сорохторо саха балаҕана да буоллар, бары дьиэлэннилэр.
Бэл, эһэлэрэ улаханнык көмөлөспүтэ. Бөҕүн-саҕын тута хомуйан иһэринэн баҕас абыраабыта. Баһылаас оҕонньор уола Бүөтүр оһохчут буолан, билиитэлээх оһох тутан, ол күһүн дьиэлэригэр киирбиттэрэ. Саҥа дьиэлэнэн үөрбүттэрэ даҕаны. Эһэлэрэ, холуочуйбучча, ол киэһэ үҥкүүлээн тэйиэккэлиирэ бу баарга дылы. «Балык ыамнаах, киһи күннээх», – диэмэхтиирэ. Билигин ыал үксэ нууччалыы билиитэлээх оһоххо көһөн абыраннылар. Маһы да көмүлүөк оһох курдук сиэбэт. Урут кини дьоно эрэйдээхтэр күнү-түүнү быһа оттон эрэй бөҕөнү көрөллөрө. Атын холкуос дьоно кинилэр байылыат олохтоох холкуостарыгар, бэрэссэдээтэллэригэр, оһохчуттарыгар ымсыыран аҕай биэрээхтииллэр. Маарыйа араас кэккэ санааларын быыһыгар холкуоһун онтон үргүлдьү бэйэтин хотонугар тахсарга сананан, үлэҕэ кэтэр таҥаһын таҥнан хачыгырайда. Ыстапаан оһоҕун отуннаҕына, бэлэм аһы баҕас буһарыаҕа. Дьахтар таһырдьа тахсаат, аҕалаах уол улахан баҕайытык кэпсэтэн көбдьүөрүһэн кыбыыларыгар сылдьалларын көрөн, мүчүк гынна. Оҕонньор барахсан соҕотох маанылаах уолун көрөн, сүрэҕэ төһө эрэ сылаанньыйан сылдьаахтыыр. Урут-уруккуттан уолугар кыра оҕо курдук сыһыаннаһар. Биирдэ эмэ кэргэнэ ааттаах киһи кыыһыран кытаанах соҕустук саҥардаҕына, уолун көмүскэһэн иннин-кэннин билбэт буолуор дылы кыыһыран сордонооччу. Бэл, ийэтигэр мөхтөрөөччүтэ суох. «Дьиэ иһигэр икки дьахтар баара – оҕобун көмөлөөн сиир буоллулар», – диэн дьону, бэл, сиэннэрин күллэрээччи. «Таптал уотугар угуттанан иитиллибит дьоллоох уолгун», – диэн табаарыстара күлээччилэр. Төрөппүт таптала оҕотугар хайдах курдук күүстээҕин аҕа кынныгар көрөр. Киргиэлэй оҕонньор сааһыран баран кэргэннэнэн, оруобуна орулуур отут сааһыгар диэбиккэ дылы, 35 сааһыгар уол оҕолонон күнэ тахсыбыта. «Ороһу» уолун былыттаахха быктарбакка, күннээххэ таһаарбакка, сытыы тыллаахха чугаһаппакка ииппит. Улахан баҕайы уончалаах уолу санныгар сүгэ сылдьарын, бэл, Маарыйа өйдүүр.
Ыстапаана бэйэтэ даҕаны аҕатыгар наһаа өйөммүт, 50‐чэлээх киһи дьиэ иһинээҕилэр оҕонньор ханна сылдьарын билбэт буоллахтарына сөбүлээбэт, уолаттарынан бөһүөлэги биир гына кэрийтэрэн, булан тэйэр идэлээх. Иллэҥ эрэ буоллаллар иннэлээх сап курдук суксуруһаллар. Ийэлэрэ Балбаара «мин дьонум» диэн сүрдээх истиҥник-иһирэхтик ааттыыра. Маарыйа таптал уйаламмыт дьиэтигэр кийиит буолан киириэҕиттэн Дьөгүөрэптэр үтүө үгэстэрин тутуһан, холобур оҥостон, оҕолорун бэйэтин иһирэх тапталынан угуттаан иитэр уонна үлэҕэ, олоххо сиэрдээхтик сыһыаннаһарга такайар. Билиҥҥитэ санаа хоту барыта этэҥҥэ курдук эрээри, «олох олоруу ыраас хонууну туорааһын буолбатах» диэн өс хоһоон ис тутулун үчүгэйдик өйдүүр буолан, сиэри-туому төһө кыалларынан кэспэт өйдөбүлүн олох ханнык баҕарар түгэнигэр тутуһар бигэ санаатын ыһыктыбат.
III
Маарыйа бүгүн хара сарсыардаттан сүрэҕэ күүскэ тэбэн, хайдах эрэ ис-иһиттэн уйулҕата хамсаан уһугунна. Бөөлүүн түүн куһаҕан да түүлү түһээтэ. Убайа Баһылай Андросов тоҥуу хаарга бүтүннүү кыа хаанынан уста сытан тураары үнүөхтүүр. Тулата төгүрүччү үнтү тэпсиллэн, чигдийбит хаар кытаран көстөр. Убайын үрдүнэн хара суордар халаахтаан эргийэ көтөллөрүттэн куттанан-соһуйан, оронугар олоро түспүтэ. Ыстапаана уһугуннаран, төҥкөйөн турарын көрөн, тиргэҕэ иҥнибит кус курдук сүрэҕэ биллигириирин биллэримээри: «Эрдэ эбит», – диэт, суорҕанын бүрүнэ тарпыта. Түүлүн кэпсии барбатаҕа. Дьон араастаан сыыһа тойонноон кэбистэҕинэ, түүл куһаҕан өттүгэр көһүөн сөп диэн истэрэ. Сарсыарда таһырдьа тахсан, анаан оҥостон туран, оллур-боллур намыһах сири булан, «түүлүм туолбатын» диэн ботугуруурун быыһыгар хаҥас өттүнэн саннын нөҥүө үстэ төхтөрүйэн силлээбитэ буолан, санаатыгар, түүлүгэр туочука туруорбута. Убайа Баһылай Андросов Дьокуускай куоракка учуутал семинариятын бүтэрбит, Саха сирин бастакы үөрэхтээхтэриттэн биирдэстэрэ, Саха сиригэр Сэбиэскэй былаас олохтоноругар нэһилиэгэр ревком бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ. 20‐с сылларга гражданскай сэрии күөдьүйэн, дьон сэргэ улаханнык аймаммыта, аҕыйах ахсааннаах сахалар икки ардыларыгар өһүөннээһин тахсан, хаан элбэхтик тохтубута. Маарыйа оччолорго 22‐лээх эдэр дьахтар бастакы уола Миитээтэ үстээх, иккиһэ Ыстапаана биирдээх этилэр. Көтөххө сылдьаллара. Миитээтэ үстээх да буоллар сүрдээх иринньэх этэ. «Киһи дуу, кии дуу буолара таҥараттан тутулуктаах», – диирэ эбэлэрэ Балбаара. Эһэлэрэ Киргиэлэй мындыр өйдөөх кырдьаҕас буолан сэрии саҕаланан, кинилэр улуустарыгар куттал суоһаабытыгар дьиэ кэргэнин бултуур кыһыҥҥы үүтээнигэр илдьэн кыстаппыта. Онтон убайа Баһылай Андросов дьонун кыайан көһөрбөккө, олорон биэрээхтээбитэ, ол түмүгэр бэйэтин уонна аҕыйах ыйдаах кыыһын былдьатаахтаабыта. Кэргэнэ Марыына эрэйдээх аһыытын тулуйбакка, улаханнык ыалдьан, суорҕан-тэллэх киһитэ буолан, сыл аҥаара эрэ сыппыта… Ол ыар кэми Маарыйа умнубат. Убайын тутан илдьэ баралларын төһө да илэ хараҕынан көрбөтөр, быраата Лука, таайын Ньукулай Орлов кэпсээннэриттэн барытын билэр. Ийэтэ Мотуруона эрэйдээх хара өлүөр дылы ол алдьархайдаах кэмнэри ахтан хараҕын уутунан суунаахтыыра.
Гражданскай сэрии харах уулаах ыар тыына киһи өйүттэн-сүрэҕиттэн сүппэт гына дьахтар дууһатыгар ойууланан хаалбыта хараҕар субу баардыы көстөр…..Ааны тоҥсуйар тыас улам күүһүрэн истэ. Хостон саар тэгил уҥуохтаах баттыктаах тайахтаах эдэр киһи тахсан, ааны аһан биэрдэ. Аан аһылларын кытта сааларын өрө туппутунан, уонча киһи субуруһан дьиэҕэ көтөн түстүлэр. Кинилэр кэпсэтэ да барбаккалар, хоһу барытын түөрэ сүпсүйдүлэр, дьиэлээхтэри биир муннукка хаайдылар. Тойонноро быһыылаах, кылгас сонун нэлэккэйдэнэн, истиэнэҕэ өйөнөн туран саҥата суох табахтыыр. Кини кыараҕас, сүүрэлэс харахтарынан эдэр киһини быһыччы көрөр.
– Эн дуо, Андросов?
– Мин.
– Эрэпкиэҥҥин дуо?
– Кыра-хара дьон баттыгастан тахсалларын туһугар төһө күүһүм кыайарынан көмөлөһөбүн уонна көмөлөһүөм даҕаны.
Бандьыыт, ымах гынаат, Баһылайы сирэйгэ биэрдэ. Тойоннорун аттыгар турар кыыллыйбыт бандьыыттар кэрээнэ суох күлэн алларастастылар. Кинилэр Баһылайы, быраатын Луканы, таайдарын Ньукулай Орлову түҥ-таҥ түһэрэн, уорааннаах тохсунньу ый тымныытыгар түҥнэритэ анньыталаан илдьэ барбыттара. Сотору буолаат, олбуор иһэ им-дьим буолла. Дьиэ иһигэр инчэҕэй эттээх тулуйбат ытабыла-соҥобула. Туох да көмүскэлэ суох ийэлэрэ Мотуруона эмээхсин, Баһылай кэргэнэ Марыына уонна аҕыйах ыйдаах кыракый кыыс аймана хааллылар.
…Киэһээҥҥи кылгас күн киирэн, түргэнник хараҥаран барбыта. Бэрт элбэх систэри, үрүйэлэри ааспыттарын кэннэ ырыых-ыраах уоттар кылахачыһан көһүннүлэр. Утаакы буолбата, аттаахтар дэриэбинэ иһигэр киирдилэр. Хаайыылаахтары түҥ-таҥ анньан, аанньа оттуллубатах тоҥ хаһаа ампаар дьиэҕэ киллэрэн, хаайталаан кэбистилэр.
Сарсыныгар Баһылайы саалаах дьон иннилэригэр уктан ыстааптарыгар киллэрбиттэрэ. Остуолга хара бытыктаах, толуу көрүҥнээх, байыаннай таҥастаах киһи олорор. Кини Баһылайы батары көрөн олорон:
– Эн Андросовтара диэн буоллаҕыҥ дии, – диэт, ыскааптан баран тугу эрэ ылла.
– Ким да буолуум. Ол эн дьыалаҥ буолбатах.
– Аргыый, өйдүү-өйдүү саҥар. Эн олоҕуҥ биһиги илиибит иһигэр. Эйигиттэн биһиги элбэҕи тугу да эрэйбэппит. Эн биһиэхэ биири эрэ этиэхтээххин – ревкомҥа кимнээх киирбиттэрэй? – диэн тойон бэрт албын куолаһынан ыйытар.
– Мин табаарыстарбынан эргиммэппин. Миигиттэн тугу да истиэҥ суоҕа.
– Саҥарба, чиччик! Син-биир саҥардан тэйиэхпит, – диэт, тойон бэстилиэтин сулбу таһыйан ылла. – Саҥарбатаххына, сүүскэр – буулдьа, сүрэххэр – быһах. Хайа, тоҕо саҥарбаккын? Дьэ, эн билигин Чурапчытааҕы конференцияҕа курдук биһигини тоҕо ыкпаккын-түүрбэккин? Киһи эрэ буолларгын, биһиги илиибитигэр түбэстиҥ ээ. Оҕобун кытта кэпсэтэр-аахсар күн тирээтэҕэ үһү. Чэ, этэҕин дуу, суох дуу?
– Олус киэбиримэ. Эн туохха тирэнэн бачча киэбирэҕин? Ити хамса табах, кутуу чэй туһугар сылдьар дьоҥҥунан дуо?
Бандьыыт тойоно, кыбдьыгырыы түһээт, Баһылайы сирэйэ-хараҕа диэбэккэ, үнтү сынньан киирэн барда. Онтон икки саалаах бандьыыт Баһылайы түҥнэри охсон түһэрдилэр. Кинилэр сыгынньах кэриэтэ киһини соһон таһаардылар. Тымныы сүрдэммит. Бандьыыттар Баһылайы таҥара дьиэтин иннинэн чочуобуна кэтэх өттүгэр, умса-төннө анньыталаан аҕаллылар. Төһө да күүһэ-сэниэтэ эһиннэр, ревком бэрэссэдээтэлэ тоҥуу хаарга баҕаналыы тэбинэн турда. Бандьыыт тойоно киниэхэ ынан кэллэ уонна тииһин быыһынан сыыйан ыйытта:
– Хайа, өйдөннүҥ дуо?
– Өйдөөн турабын.
– Чэ, эт!
– Эһиги бандьыыттар диэн дьиҥнээх ыттаргыт. Эһиги… – диэн истэҕинэ, бандьыыт тойоно эмиэ түҥнэри охсон түһэрдэ. Баһылай туох баар күүһүн түмүнэн, тоҥуу хаартан туран кэллэ. Бандьыыттар сааларын сомуогун туруоран халыгыраттылар. Бассабыык Баһылай саа уоһугар туран бассабыыктыы эрчимнээх тыллары эппитэ:
– Саллааттар! Эһиги кыһалҕаҕа кыпчыттаран, баайдар албыннарыгар оҕустаран сылдьаҕыт. Ким иннигэр эһиги тосту тоҥон, толоон аайы охтоҕут? Кимнээҕи өлөрөөрү тураҕытый? Биһиги аҥаардас эһиги иннигит иһин бу буолан турар дьоммут. Хамначчыт кыра-дьадаҥы дьон көмүскэллэрин иһин, баайдар суостаах батталларын кытта мөккүспүт «буруйбутугар» охтон эрэбит. Ону бэйэҕит өйдөөҥ, санааҥ! Бассабыык баартыйа барҕардын! Кыһыл аармыйа кыайдын! Туругурдун Сэбиэскэй былаас! Чэ, бэлэммин!
Сотору буолаат, хас да бинтиэпкэ тыаһа тоҕо ыстанан, ыраахха диэри дуораһыйда.
Ити курдук, бандьыыттар Сэбиэскэй былааһы олохтоспут, ревком бэрэссэдээтэлин, бассабыык, Андросовтар баар-суох убайдарын Баһылай Андросовы 1922 сыллаахха тохсунньу 11 күнүгэр ытан өлөрбүттэрэ. Ити күн кини лоп курдук 33 сааһын туолбута.
Убайын өлөрүөхтэриттэн 19 сыл ааста. Ол аһыыта-абата ааспат. Биир дьиэ кэргэн уота умуллубута… Итинтэн тэптэрэн, Андросовтар аймахтар эстибиттэрэ. Быраата Лука тоҥ хаһаа ампаар дьиэҕэ сытан, сэбиргэхтэтэн күүскэ ыалдьыбыта. Элбэхтик эмтэммитэ эрээри сэллик ыарыыга хаптаран, дьиэ-кэргэн тэриммэккэ кылгас үйэлэммитэ. Соҕотох Маарыйа эрэ хаалбыта. Ол иһин Ыстапаанынаан сүбэлэһэн баран, кыра уолларын Баһылай Андросов диэн сурукка-бичиккэ киллэрбиттэрэ. Оҕонньордоох эмээхсин да утарсыбатахтара. Өтөх иинэ оспот. Оҕото Баһылайа ситтэҕинэ-хоттоҕуна, үлэһит бэрдэ буолан, оҕо‐уруу төрөтөн, Андросовтар ааттарын ааттатыа, хаан аймаҕы тэнитиэ.
Маарыйа бүгүҥҥү күннээх курус санаатыттан босхолонон, чэпчии быһыытыйда.
IV
Бэс ыйын 19 күнэ. Сир-дойду ситэн-хотон, күөҕүнэн силигилээн, самаан сайын саамай күөҕүнэн чэлгийэр, минньигэс сытынан сүрэҕи нүөлүтэр кэрэ кэмэ. Сырдык, ыраас үрүҥ түүннэр үүнэннэр, чыычаахтар чыбыгыраһар саҥалара сири-дойдуну ылан кэбистэ. Куула тыаҕа чоргуйар кэҕэ куолаһа олох уйгулаах тойуга буолан иһиллэр.
Бүгүн ыһыах. Оҕо‐дьахтар ыһыахха анаан тиктибит саҥа халадаай былаачыйаларын, ырбаахыларын кэтэн, бары ыһыах буолар түһүлгэтин диэки субустулар. Эр дьон бэрт дьоһуннаахтык туттан, бэйэлэрин икки ардыларыгар дорҕоонноохтук кэпсэтэллэрин быыһыгар ыһыах ыһыллар сиригэр наллаан хаамтылар.
Маарыйа дьонун ыһыахха атаартаан баран, түһүлгэҕэ олорон аһыыр астарын бэлэмнээтэ. Бэҕэһээ Ыстапаан илимнээн сарсыардаттан собо ыһаарылаабытын, оҕолор кэллэхтэринэ ыһыахха сиэхпит диэн хаһааммыт ынаҕын этин кырбаһынан буһарбытын, сибилигин астаабыт алаадьытын туос ыаҕайаҕа сааһылыы уурталаата. Онтон былырыын сайын ыһыахха кэтиэм диэн анаан тиктэрбит халадаай былаачыйатын, үрүҥ сарыы этэрбэһин кэтэн, хара суһуоҕун кэннин диэки эрийэ тутаат, кичэйэн туран, сиидэс маҥан былаатынан бобуонньуктуу баанан, дьиэтин аанын талах сиппииринэн баттатан дьон субуһар сирин диэки сылбырҕа соҕустук туттан хаамта.
Тиийбитэ, хайыы-үйэ холкуос бэрэссэдээтэлэ Алексей Васильевич үлэни-хамнаһы ырытан, дакылааттаан ырааппыт. Остуолга сэбиэт бэрэссэдээтэлэ Бүөтүр Бөтүрүөбүс уонна биригэдьиир Махсыым томтоһон олороллор. Сотору дакылаат бүтэн, бириэмийэлэри туттартааһын саҕаланна. Ыстапаан бириэмийэҕэ эмиэ тигистэ. Хас киһи ааттаннаҕын ахсын кулууп үлэһитэ Ньукулай Торговкин хаһан да иэйбэтэҕин иэйэн, хормуоскатын ыыра тардыах курдук күүскэ тардыалыы олорор. Маарыйа дьон быыһыгар уолаттарын хараҕынан көрдөөтө да таба тутан көрбөтө. Киргиэлэй оҕонньор остуол иннигэр олох маска, араатардьыттар тылларын сыыска-буорга түһэрбэттии, кулгааҕын даҕайа тутан олорор. Кырдьаҕас киһиэхэ көнө уҥуохтаах оҕонньор. Өссө аҕыйах сыллааҕыга дылы чыначчы туттан баран, доҕулдьуйан хаамара.
Биригэдьиир Махсыым тыл этэн чоргуйбутугар сэргэхсийии буолла. Маарыйа кулгааҕын уһугунан иһиттэҕинэ, Миитээ үчүгэй, тахсыылаах эдэр ыччат үүнэн эрэрин туһунан үтүө тылынан ахтыллан ааспытын ийэ үөрэ иһиттэ. Быйыл эдэр тырахтарыыс Андросов Баһылай күнү-түүнү аахсыбакка таһаарыылаахтык үлэлээн, бурдук, сиэмэ ыһыыта хаһааҥҥытааҕар да эрдэ түмүктэммитэ бэлиэтэнэн, эһэлэрэ оҕонньор иннин-кэннин билбэт буола үөрдэ, аттыгар олорор кырдьаҕас үөлээннээхтэригэр айаҕа хам буолбакка кэпсиириттэн сэрэйдэххэ, сирэйигэр-хараҕар киэн туттуу бэлиэтэ көстөр.
Сотору буолбата, кэнсиэр саҕаланан, ырыаны-тойугу тардан кэбистилэр. Дьахталлар холкуостаах эр дьону ырытан, ыллаан эйээрбиттэригэр эр дьон мүлүк-халык тутуннулар, кэтэхтэрин да тарбанааччылар баар буоллулар. Көрөөччүлэр күлсэн иэрийэ сыыстылар. Нэһилиэк байаньыыһа Ньукулай Торговкин кэргэнинээн Аанчалыын ыллаан доллоһуппуттарыгар сүүһүнэн киһи чуумпуран хааллылар, бэл, мэник-тэник кыра уолаттар тохтоон ыллылар. Дьэ, куоластаах дьон. Хас бырааһынньыгы кинилэр киэргэтэллэр. Биирдэ эмэ кэнсиэргэ кыттыбатахтарына, дьон астыммат. Куһаҕан кэнсиэр аатырар.
Түһүлгэнэн олорон аһааһыҥҥа сылгы кымыһын, үтэһэлээх эти дьиэ кэргэн ахсаанынан биирдиилээн түҥэттилэр. Кэлэр ыйдааҕы абаансаҕа аахсыахпыт диэтилэр. Дьон үөрүү-көтүү, сүргэлэрэ көтөҕүлүннэ аҕай. Ыстапааннаах Маарыйа аһаан-сиэн кимиритэр уолаттарын астына көрө олордулар. Кийииттэрэ Вера иһэ төгүрүйэн, Миитээтэ сүгэн аҕалбыт мас олоппоһугар нэһиилэ олорор. От ыйын ортотугар оҕолонуохтаах, ый эрэ хаалбыт, этэҥҥэ буоллаҕына аны ыйынан «эһэ», «эбэ» буолуохтара. Эһэлэрэ Киргиэлэй оҕонньор сиэннэрэ тиит маһы туруору аспыт курдук лиһигирэспит уолаттар олороллоруттан дуоһуйан, киниэхэ эрэ анаан саламаат буһаран аҕалбытын сиэбэккэ, амтаһыйбыта буола олордо.
– Дьэ, оҕолорум, билигин сахалыы оонньууга Дьөгүөрэптэр ааттарын түһэн биэрбэтэххитинэ табыллар. Мин урут эдэр эрдэхпинэ, чиргэл тиит маһы тосту тутар кыахтаах киһи этим. Аҕаҕыт эмиэ эдэр сылдьан кус быһый, ат бөҕө эр бэрдэ этэ. Ыһыаҕы ылан кэбиһэрбит, – кырдьаҕас кэпсиирдии оҥостубутун көрөн, уола мүчүк гынан баран, тохтотордуу аҕатыгар нөрүс гынан, кулгааҕар сибис гынар.
– Аҕаа, киэһэ дьиэбитигэр тиийдэхпитинэ, нус-хас кэпсэтиэхпит. Билигин оҕолор күрэхтэһэ бараары ыксыы олороллор. Саламааккын сиэн кэбис, иккиэн күрэхтэһии көрө барыахпыт.
Киргиэлэй оҕонньор сөбүлэһэн, тоҥхоҥноон ылар. Ону эрэ күүппүттүү, уолаттар сулбу-халбы аһаат, ойон туран: «Күрэхтэһиигэ сурутуҥ», – диэн дорҕоонноох саҥа иһиллэр сирин диэки сүүрдүлэр. Ыстапааннара Бүөтүр Бөтүрүөбүс кыыһын Киристиинэлиин иннэлээх сап курдук суксуруһалларын таба көрөн, мунчааран ылла. Сэмэй баҕайы кыыс, бэл, кинини утары көрүстэҕинэ, иэдэһэ тэтэр гына түһэр. Онтон Баһылайдара, «ыал кыра оҕото» диэх курдук, кыыска эрэ наадыйбат. Тэҥнээхтэрин кытта күөн көрсөн, сотору-сотору тустан хачымахтаһаллар. Хапсаҕайдаһар санаалаахтар быһыылаах.
Маарыйа күрэхтэһиини көрөөрү, дьүөгэтинээн Мачыаналыын кэккэлэстэ. Мачыана уруккутун курдук күлэ-үөрэ кэпсэппэккэ, дьиппинийэ соҕус туттан олордо.
– Ыстапааныҥ үөрэхтэнэн, үөһэлэри эрэ көрөр буолбут быһыылаах. Мин Өлөөнчүкпүнээн балтын эрэ курдук кэпсэтэр. Сэбиэт бэрэссэдээтэлинээн уруурҕаһар буолбуккун. Мантан ыла хара-кыра дьон атарахсытылларбыт буолуо.
– Чэ, мээнэни саҥарыма. Оҕолор бэйэлэрэ билэн эрдэхтэрэ. Олохторо иннилэригэр турдаҕа. Холбоһон, эрэргэ дылы, айманнаххын, – Маарыйа дьүөгэтин саба саҥарар.
Күрэхтэһии саҕаланан, дьон күрэхтэһээччилэргэ ыалдьан, ыһыы-хаһыы бөҕө буолла. Дьөгүөрэптэр уолаттара сүүрүү, хапсаҕай, мас тардыһыыта буоллун, барытыгар миэстэлэһэн, эһэлэрэ оҕонньор үөрүүтэ улахан. Тэҥҥэ хапсаҕайдаһан хачымахтаһыах, мас тардыһан чиччигинэтиэх курдук өрө мөхсөн олорор. Киһи эрэ буоллар, хаһан кини акылдьыйан тиийиэр диэри сүүрүү бүтэн, көрбөккө хаалла. Күрэхтэһиини түмүктээн, бирииһи туттарар үөрүүлээх чааска оҕонньор күннээтэ. Сиэннэрэ мүһэлэрин барытын эһэлэригэр аҕалан истилэр. Кэлин тиһэҕэр кыайан туппакка, мүччү тутаттаан, күлсүү бөҕө буолла.
Уйгу-быйаҥ ыһыах саамай муҥутуур чыпчаалыгар илии-илиилэриттэн ылсан, оһуокайдаан тэйдилэр. Айылҕаттан айдарыылаах Түмэппий кырдьаҕас оһуокай тылынан төрөөбүт Сахатын сирин кэрэтин, күөҕүнэн симэммит тулалыыр айылҕаны хомоҕойдук хоһуйан, чуор куолаһынан этэн-тыынан, үҥкүүлээн сэгэйэн барбытыгар, дьон бэйэ-бэйэлэриттэн көҕүйсэн, эбии киирэн, улахан түһүлгэни оҥордулар.
Маарыйалаах Ыстапаан оһуокайга өссө да дьону кытта тэҥҥэ үҥкүүлүөх эбиттэр да ынах ыанар кэмэ кэлэн, эһэлэрин икки өттүттэн ылан дьиэлэригэр бардылар.
Бары да бүгүҥҥү ыһыахтан сүргэлэрэ көтөҕүллэн, санаалара кэлэн тарҕастылар. Айылҕа барахсан ситэн-хотон, силигилээн, күн чэмэлийэ тыган, чыычаахтар чыбыгыраһар саҥалара айылҕаны ылан кэбистэ.
V
Маарыйалаах Ыстапаан ыанньыйбыт ынахтарын күрүлэччи ыан киирэн, аһыырга бэлэмнэнэн, ийэлэрэ күөрчэх оҥорон, үрүҥ көмүс биһилэҕэ охсуллан таһыгырыыр тыаһа иһилиннэ. Ол быыһыгар кэпсэтэн айахтара хам буолбата.
– Үчүгэй ыһыах буолла. Өтөрүнэн маннык ыһыахтаабатахпыт. Урукку тойоммут Силэпсиэп ыһыахха киирбэтэх даҕаны, – дьахтар алтан сылабаарга күлүгүн көрүнэн, үрүҥ көмүс ытарҕата эйэҥэлээн ылла. – Күрэхтэһии көрө олорон Мачыанабыттан мөҕүллэн ыллым.
– Ол тоҕо? – Ыстапаан итии чэйи сыпсырыйарын быыһыгар соһуйбуттуу көрөр.
– Ыстапаантан кыйыттар. Өлөөнчүгү көрбөт буолбут диир, – ийэ эйэҕэстик күлэр.
– Мачыана да булан эттэҕин. Кыра оҕо эрдэхтэриттэн биир тэлгэһэҕэ улааппыт оҕолорго хантан таптал кыыма саҕыллыай? Убайдыы-балыстыы эрэ курдук сыһыаннаһар дьону, хата, кини холбооттуу оонньообут эбит дии, – эр киһи тиэхэлээхтик күлэр. – Дьахтар оронуттан уот оттуор диэри түөрт уон санааны саныыр диэн сөпкө да этэллэр эбит. Бэҕэһээ киэһээҥҥэ диэри күнү оһуокайдаан көрсөр санаалааҕа дии. Хайа, уолаттар тоҕо турбаттар? Ыстапаан барар кэмэ буолла дии.
– Бээ, ыксаама. Эбиэттэн киэһэ убайа Бороҕоҥҥо атынан илдьэр санаалаах. Сарсыарданан кэлбитэ, утуйа түстүн. Ыпсыылара ылыстар үчүгэй буолуо этэ. Биһиги киһибитигэр холоотоххо, намчы баҕайы кыыс. Эһэбит хойутаата. Тоҕо кэлбэт?
– Баһылаастаахха аттары көрө-истэ, дьаһайа сырыттаҕа. Чэ, мин хаарчахха бардым. Ньирэйдэри уулатыам. Бүгүн сайылыктан холбуур үүт аҕалаллара саарбах. Эн тиийимэ, уолгун аһатан-сиэтэн ыытарыҥ ордук буолуо, – аҕалара сып-сап хомунан тахсар.