banner banner banner
Өлбөт үөстэниэҕиҥ
Өлбөт үөстэниэҕиҥ
Оценить:
Рейтинг: 0

Полная версия:

Өлбөт үөстэниэҕиҥ

скачать книгу бесплатно

– Ээ, дьэ, энэлийэн түһэн, ырыа да бөҕө, доҕоор! Атын ырыа суох муҥа дуу?!..

– Саҥарба! Тылгын кыана тутун! Аны, тылгыттан хаптара сылдьаайаҕын! Ити бассабыыктар саамай таптыыр ырыалара! Оройдоттуҥ дуо!?

Ити ыккардыгар этэрээт уулусса эргииригэр киирдэ. Сотору атын ырыаны ыллыыллара иһилиннэ:

«… Смело мы в бой пойдем?
За власть Советов!
И как один умрем!
В борьбе за это!..»

– Дьэ, бу олох атын ырыа! Сэрии дьоно ыллыахтарыгар, чахчы сөптөөх ырыа!

– Сэриигэ киирэн, харса суох кыргыһан охтуохтаах дьон ырыалара!

– Чахчыта, оннук быһыылаах!

– Ити саллааттар – эдэр нуучча уолаттара, араас да сирдэртэн биһиги тымныы дойдубутугар сулууспалыы, сэриилэһэ да кэллэхтэрэ. Көрөҕүн дии – бу хаарга бачыыҥканан, обумуотканан сылдьаллар! Бука, бары да, ымсыыран-баҕаран туран кэлбэтэхтэрэ чахчы!..

Куорат олохтоохторо бу күннэргэ кыһыл саллааттар стройунан иһэн ыллыыр ырыаларын элбэхтик истэллэрэ. Кыһыл саллааттар ыллыыр ырыалара бары өрөбөлүүссүйэ ырыалара: «Варшавянка», «Смело, товарищи, в ногу!», «Интернационал», «Смело в бой пойдем!..» уо.д.а. Саха эдэр ыччата бу ырыалары нойосуус билэргэ кыһанара, тэҥҥэ ыллаһара. Эдэр ыччат бу сылларга урукку куорат олохтоохторун таптаан ыллыыр ырыаларын ыллаабат буолбута: «мещанскай ырыалар» диэн. Куорат иһигэр урукку ыраахтааҕы былааһын саҕанааҕы култуурунай-сырдатар тэрилтэлэри барыларын сабан кэбиспиттэрэ.

* * *

Үрүҥ бастаанньа суоһун-суодалын кыһыллар салалталара, хара маҥнайгыттан ситэ сыаналаабатаҕын салгыы ыыта олорбута. Кыра-кыра этэрээттэри ыыталыылларын бастаанньыстар кырган иһэллэрэ. Ол этэрээттэр саалара-саадахтара бастаанньыстар илиилэригэр киирэрэ.

1922 с. саҕаланыытыгар командующай П.Ф. Савлук ыалдьан, кинини быстах кэмҥэ ревтрибунал бэрэссэдээтэлэ А.Г. Козлов солбуйан олорбута. Дьэ, ол олорон А.Г. Козлов тохсунньу 2 күнүгэр Илин Эҥээр улуустарыгар турар кыһыл этэрээттэригэр маннык бирикээһи ыыппыта:

«… отбросить всякие сентиментальности как с бандитами, так и с мирными гражданами. Бандитов, захваченных где бы то ни было, расстреливать без пощады; граждан, населяющих наш тыл, содействующих бандитам, в чем бы это содействие ни выражалось, указанием ли бандитам нашего расположения или численности, представлением ли им подвод для передвижения фуража и продуктов, или просто в том, что-то или иное селение, при посещении его бандитами, представляло им квартиру и об этом не сообщила нашему командованию, просто оставались пассивными – расстреливать каждого пятого в селении, без всякой пощады…..всякое попустительство, виной которому хотя бы была просто пассивность и запуганность, как они пытаются объяснить впредь, должна караться беспощадным образом…»

Козлов бу бирикээһигэр маннык оруо маһы ортотунан этиилэрэ «кыһыл террорга» – «кыһыл бандьыыттааһыҥҥа» олук буолбуттара. Бу бирикээс, хомойуох иһин, үс ыйтан ордук кэмҥэ, күүһүн сүтэрбэккэ туттулла сылдьыбыта.

Кыһыллар үрдүкү командованиелара куттала суох сиргэ – ыраах тыылга олорон маннык бирикээстэри таһаарара. Кыһыллар, итинник кыырыгырыыларын аайы, саҥаттан саҥа бастаанньа этэрээттэрэ тэриллэн испиттэрэ.

Лебедев – Агеев – Козлов «триумвираттара» тыылга олорон хойгур дьаһалларыттан үрүҥ бастаанньыстар хабыр илиилэригэр түбэспит чэкиистэри, ревкомовецтары, хомуньуустары, хомсомуоллары, кыһыл армеецтары өлөртөөн барбыттара. Атыннык эттэххэ, «триумвират» бэйэтин эппиэтэ суох дьаһалымсыйыытынан элбэх көннөрү сэбиэскэй дьону өлөр өлүүгэ умса анньан биэрбитэ.

1922 с. тохсунньу ортотугар кыһыл командование Феодосий Митрофанович Сыроватскай диэн хамандыырдаах, 21 байыастаах, биир илии пулеметтаах дьоҕус этэрээти Амма туһаайыытынан ыыппыта.

Бу этэрээт Амматтан утары кэлиэхтээх этэрээти кытта холбоһон, Майа-Амма аартыгын «ыраастыыр уонна эрэспиэскэлиир» сорудахтааҕа. Маннык сыал-сорук хайдах да туолар кыаҕа суоҕа. Этэрээт дьоно да ону өйдүүллэрэ.

Этэрээт Майаҕа кэлэн хас да хоммута. Хамандыыр уонна байыастар бары бииргэ суулаһан сылдьаллара. Олохтоохтор кинилэргэ аһаҕастык тугу да кэпсээбэтэхтэрэ. Ол түмүгэр этэрээт дьоно үрүҥнэри ыраах баалларын курдук өйдөөбүттэрэ. Дьиҥэр, үрүҥнэр олох чугас сылдьан, кинилэр хас хардыыларын ааҕа, кэтии сылдьыбыттара.

Кыһыл этэрээтэ сарсыарда туран, бииргэ сууласпытынан, илин диэки аттаммыттара. Майаҕа ким да хаалбатаҕа. Инники 5 байыаһы чуҥнуур курдук ыыппыттара. Бары ыҥыыр аттаах этилэр. Сүрүн этэрээт лаппа хаалан испитэ.

Инники испит 5 байыас Хатыҥ Үрэх диэн сиргэ тоһуурга түбэспиттэрэ. Үс киһилэрэ үрүҥнэр күргүөмүнэн ытыыларыттан аттыын, бэйэлиин өлөн түспүттэрэ. Соҕотох Михаил Грузных эрэ дьонугар тыыннаах төннөн кэлэн тоһууру эппитэ.

Биир байыас тоһууру ааһаат, ата буулдьаҕа табыллан, охтон түспүтэ. Сатыы хаалбыт киһи суолунан арҕаа төннөр кыаҕын былдьатан, иннин хоту – илин диэки сүүрэ турбута. Кэнниттэн үс бастаанньыс эккирэппиттэрэ. Эккирэтээччилэр кинини кэнниттэн ытыалаатахтарын аайы хардары ыта-ыта сүүрэн испитэ. Сотору ботуруона бүппүтэ. Эккирэтээччилэр Бэрдьигэс Күрүө диэн сиргэ кэлиитэ ситэн ылбыттара. Чугаһаан баран ытаары кэккэлээн истэхтэринэ, кыһыл байыас ыксаан: «Маама!» – диэн саҥа аллайбыта. Өйүгэр кылгас олоҕун урут уонна соторутааҕыта ааспыт бэлиэ түгэннэрэ түмүллэн, хараҕар бу баардыы элэҥнэспиттэрэ. Кини хомсомуол этэ. Үс хонуктааҕыта Дьокуускайтан манна кэлэллэригэр бары сүрдээх бэһиэлэй, омуннаах да этилэр. Арай, таптыыр кыыһа Муся эрэ, сүрэҕэ тугу эрэ таайбыт курдук, хараҕа ууланан, сайыһа хаалаахтаабыта.

Бу иһэр үс үрүҥнэр кинини аһыныах сирэйдээх-харахтаах дьон буолбатахтара тутталларыттан-хапталларыттан да көстөр. Өйүгэр, аны былырыын кыһын олунньуга чэкиистэр «арыйбыт» «Олунньутааҕы саагыбардарын» дьонун ытыалаан өлөрүүгэ кытыннарбыттара көстөн кэллэ. Оо, оччолорго кинилэр тугу да өйдүүырыҥалыы сатаабат, улахаҥҥа уурбат да эбиттэр!

Ытар дьоннорун, онно, ытыалыахтарын иннинэ, трибунал комендана уонна бэйэлэрин хамандыырдара: «Бу контрреволюционердар, саагыбарсыктар сир үрдүттэн сиппийиллиэх тустаахтар! Кинилэри аһынар наадата суох! Бирикээһи халбаҥнааһына суох толоруохтааххыт!» – диэн ыҕарыйа былаан эппиттэрэ. Ытыллааччылар сирэйдэрэ-харахтара күлүгүрбүтүөн! Сүрдэрэ-куттара тостубутуон! Арай Николай Желобцов диэн үрдүк үөрэхтээх саха олус кытаанах киһи быһыылааҕа, ытыллаары туран: «Да здравствует Белая Армия!» – диэн хаһыытаабыта.

Кинилэр, эдэр оҕо дьон, ити дьону ыталларын улахаҥҥа уурбатахтара: «Өрөбөлүүссүйэ, сэбиэскэй былаас уонна бассабыык партиятын туһугар тугу баҕарар оҥорор сөп!» – дии саныыллара.

Өлөр өлүү бэйэҕэ тирээн кэлэрэ куһаҕан да буолар эбит! Эдэр сааһа, ийэтэ-аҕата, таптыыр кыыһа, доҕотторо-табаарыстара бары кини кэннигэр хааллахтара! Аата, абатын, дьылҕата иккиһин олох олорору көҥүллүүрэ буоллар, маннык кини бэйэ-бэйэни симэлитэр өлөрсүү суолун талыа суоҕа этэ! Аата, абатын!..

Эккирэтээччилэр олох чугас кэллилэр. Муннуларынан-айахтарынан тыыналлара бургучуйара, өһүөннээхтик көрбүт харахтара субу көһүннэ. Үһүөн тутан иһэр бэрдээннэрин ытардыы ыллылар.

– Не стреляйте! Сдаюсь! – трехлинейкатын хаарга бырахта. Үс саа тыаһа утуу-субуу, атарах-сатарах ньиргийдилэр. Разведчик, аргыый, хаарга сууллан түстэ. Иһийэн турбут кыһыҥҥы тыа иҥиэттэн ылбыт курдук буолла…

* * *

Бу кэмҥэ куораттан араас туһаайыыларынан чэкиис хамандыырдардаах аҕыйахтыы байыастардаах кыра этэрээттэр үрүҥнэри чуҥнуур, олохтоох нэһилиэнньэни хонтуруоллуур сыаллаах-соруктаах эрэспиэскэҕэ диэн ааттаан барыталыыллара уонна күнүнэн төннөллөрө.

Мэҥэ улууһун Дьабыыл нэһилиэгиттэн төрүттээх Николай Васильевич Петров

уонча киһилээх кыра этэрээтинэн Нам туһаайыытынан хаста да сылдьан кэллэ. Ол тухары тугу да дуоннааҕы билбэккэ төнүннүлэр. Үрүҥнэри туоһуластахха, нэһилиэнньэ «билбэттэн» атыннык хоруйдаабата, дьэ, дьикти!

Бүгүн сарсыарда, халлаан сырдыан иннинэ, Петровтаах тохсуо буолан, Нам туһаайыытынан бардылар. Бу сырыыга ыраатар санаалаахтар. Ыҥыыр аттаах буолан, айаннара да түргэн. Марханы, Тулагыны, Киллэми ааһыыларыгар халлаан олох сырдаата. Киллэм дэриэбинэтин ааһан, быраан тэллэҕэр чугаһаан истэхтэринэ, уҥа өттүлэриттэн ойоҕолуу, бөлкөй талахтар кэннилэриттэн, сүүрбэччэ аттаах дьон сааларын илиилэригэр туппутунан тахсан кэллилэр! «Үрүҥнэр!» – дии санаата Петров. Кини дьоно эмиэ сааларын илиилэригэр ыла оҕустулар.

Үрүҥнэргэ диэри баара-суоҕа икки сүүсчэкэ хаамыы эрэ быһыылаах. Үрүҥнэр сааларын туппутунан Петровтааҕы суолларын бүөлүү кэннилэринэн ойуттулар. Кыһыллар, чугуйар суолларын былдьатан, иннилэрин хоту суол устун ыстаннардылар. Түргэнник быраан хоонньугар киирэ охсоору, эниэни өрө сүүрдэн тахсыбыттара: оол курдук, иннилэригэр сүүрбэччэ киһилээх этэрээт турара көһүннэ. Иннилэригэр турар этэрээт дьоно, кинилэри көрөөт, сааларын илиилэригэр ыллылар уонна утары хаамтарбытынан бардылар.

– Нам конец! Что будем делать? – Петров уҥа өттүгэр испит эдэр нуучча уола солбуйааччыта, ыксаабыт куолаһынан ыйытта.

– Товарищи! Умирать будем с музыкой! Приготовьте оружие к бою! – үөһээ уоһугар туора тэбэ сылдьар мууһурбут кугас бытыктаах сааһырбыт киһи, отделение хамандыыра, бинтиэпкэтин сомуогун тардыалаан лаһырҕатта.

– Ребята! Спокойно! Без моего приказа не открывать огонь!.. Беспорядочной стрельбой спровоцируем их на перестрелку! Их слишком много! Нахрапом не возьмем! Попробуем, что выйдет, на переговоры с ними! Держите себя на руках, иначе, неминуемая гибель нам грозит!» – Петров дьонун уоскута сатаата.

Ону дьоно, истибэккэ, кыҥаан бардылар. Кинилэртэн харахтарын араарбакка испит үрүҥнэр, хап-сабар утары кыҥыы биэрдилэр. Сүүрбэччэ бэрдээннэр чөҥөрүспүт айахтара, өлүү уотунан уһуураары, кинилэри туһулаатылар. Петров түргэн үлүгэрдик кэннин хайыһан көрбүтэ – суол өҕүллүүтүгэр кэннилэрин быспыт үрүҥнэр, кинилэри кыҥаан тураллар эбит!

«Кириэстии күргүөмүнэн ытыыһылар! Кыра эрдэхтэриттэн сааһыт сахалар сыыһыахтара суоҕа! Ыт өлүүтүн өлөр дьон буоллубут!» – диэн санаат хамаанда биэрдэ:

– Ребята! Немедленно опускайте оружие!

Петров хамаандалаабытын дьоно истибэтилэр да быһыылаах – отделение хамандыырыттан уратылар бары сааларын уоһа салҕалас! «Итинник ытан кими табыахтарай, аны алҕас хайалара эрэ чыыбыһын төлө тардан кэбиһиэҕэ!» – диэн санаа түргэн баҕайытык «кылам» гына оҕуста:

– Я же сказал опустить оружие! – иначе всем нам грозит неминуемая гибель! – кыыһыран куолаһын үрдэппитигэр биирдэ, дьоно сааларын түһэрдилэр.

– Сааҕытын түһэриҥ! – үрүҥнэр диэкиттэн сөҥ, дорҕоонноох куоластаах киһи хамаандалыыр саҥата иһилиннэ.

Кыһыллары иннилэрин бүөлүү иһэр үрүҥ бастаанньыстар этэрээттэрин саллааттара сааларын аллара туттулар эрээри, хаһан баҕарар түргэнник ыта охсорго бэлэм истилэр. Петров кэннин хайыһан көрбүтэ – кэннилэринээҕи этэрээт саллааттара сааларын түһэрэн, бары суолу бүөлүү кэккэлээн тураллар эбит. Иннилэригэр утары иһэр этэрээккэ чугаһаан истэхтэринэ, үрүҥнэр кэккэлэриттэн нэлим сиэллээх кыһыл улаан аты мииммит баараҕай улахан киһи инники таҕыста.

Кини уҥа илиитин үөһэ көтөхпүтүгэр, дьоно тохтоон аара турдулар.

– Ребята, стойте здесь и ждите меня, – дьонугар эппитигэр, тохтоон, көһүтэн турдулар.

Икки өстөөх этэрээттэр хамандыырдара утары көрсөрдүү, суол устун аа-дьуо хаамтаран истилэр. Петровка үрүҥ этэрээтин хамандыыра аттыын-бэйэлиин олоҥхо бухатыырын дуу, былыргы кыргыс үйэтин боотурун дуу курдук көһүннэ. Тымныы буолан халыҥнык таҥныбыта дуу, бэйэтэ оннук баараҕай таһаалааҕа дуу – бухатыыр курдук моһуоннаах, туттунуулаах киһи! Туттара-хаптара нүһэр баҕайы киһи, Петров иннигэр кэлэн атын тохтотон, тэһиинин тардан туран сөҥүдүйдэ:

– Чыкаа чулуута Бөтүрүөп! Бу аата тугу гына сылдьар быһыыгыный?! – Петров бэркэ билэр сөҥ куолаһын дорҕоонноруттан соһуйан ходьох гына түстэ.

Анарааҥҥыта кинини дьөлө үүттүүрдүү батары көрбүт харахтарын бэркэ билэр курдук:

– Миигин билэр хайаларынаҕыный? – утары ыйытта.

Онуоха киһитэ арбайбыт түүлээх бэргэһэтин сэгэччи аспытыгар биирдэ өйдөөбүтэ – кини иннигэр биир дойдулааҕа, урут Төҥүлү оскуолатыгар биир кэмҥэ үөрэммит киһитэ – Баишев Гавриил Васильевич кэлэн турар эбит!

– Хабырыыскын эбит буолбат дуо?! Хата, бу эн тугу гына сылдьаҕын? Ханналаатыҥ? Кэпсээниҥ?

Кинилэр Хабырыыстыын биир нэһилиэктэр, кыра эрдэхтэриттэн миннэрин билсибит аҕай дьон. Николай Васильевич киһитин майгытын-сигилитин бэркэ билэр: көнө, үчүгэй киһи буолан баран, үксүгэр олус туруору, көнө саастаах маһы хайытар курдук майгылаах ыччат. Ол иһин кыыһырдыбакка, ньуолбардык кэпсэтэргэ быһаарынна.

– Бөтүрүөп! «Олус улахан тойоҥҥо тиийэ үүнэн-үрдээн киһини билбэт буолбут дуу?» дии саныы сыстым ээ! Көрөрүҥ курдук, син обургу бастаанньа этэрээтин баһа буолан сылдьабын. «Саҥа» дэнэр былааскыт оллур-боллур дьаһалларын, уһуну-киэҥи санаабакка, ырыҥалаабакка, эһиги – чыкаалар, нэктэл кулуттуу толороргутун тулуйбакка, бар дьоҥҥут уордайыытын ситэ билэ иликкит! Билэн иһиэххит! Биһигини сэнээн маннык түүннэри-күнүстэри суксуруһаҕыт! Билигин – манна биһиги тойотторбут! Эн урукку сырыыларгын истэн: «Манан өссө да ааһыаҕа», – диэн бу тоһуур оҥордум. Маҥнай, тоһуйан барыгытын тоһурҕаттаран кэбиһээри гынан баран, бэркиһээн, туоххун-ханныккын билээри: «Кэпсэтэн көрүөххэ» диэн бу айах атан сэлэһэ турабыт. Ханныгын да иһин биир Мэҥэ улууһун Дьабыыл нэһилиэгин ыччаттара этибит буоллаҕа. Оннук дуо!? Оннук буолбатах дуу!? – киһитэ тымтан барыах курдук буолбутуттан Петров хап-сабар:

– Оннук, оннук! Хабырыыс, сөрү-сөпкө этэҕин! – дии оҕуста. – Хара маҥнайгыттан кыыһыран барыма, доҕоор! Биһиги, эмиэ, норуот туһугар, бар дьон туһугар кыһаллабыт ээ…

– Ол кыһалларгытыгар аҥаар кырыытыттан, үүнэ-тэһиинэ суох халаан-талаан, арыый сэниэ-баай уонна көрөн-харайан олорор дьону изоляциялаан, хаайан, ытан бараҕыт дуо!? Кыһалларгытыгар урут ускул-тэскил сылдьан хаһаайыстыба, сүөһү-ас тэринии диэни билбэтэхтэр иҥсэлэрин-ымсыыларын көбүтэн, нэһилиэнньэ олоҕун-уйгутун сатарытаҕыт дуо!?

– Халаан-талаан диэн, бука, продразверстканы, Поволжье хоргуйбут нэһилиэнньэтигэр көмөлөһүүнү этэн эрдэҕиҥ… Соҕуруу уһун сылларга сэрии буолбутун түмүгэр манна атыыга-тутууга туох да кэлбэт. Билигин куораттар нэһилиэнньэлэрэ аһа-таҥаһа суох. Атастаһарыгар эмиэ туга да суох. Ону миигиннээҕэр ордук билэҕин. Хайдаҕын да иһин дьону аһатыахха наада. Оттон Поволжье иэдээнин эмиэ миигиттэн итэҕэһэ суох билэҕин. Бары биир Арассыыйаҕа олоробут…

– Ол Поволжьеҕа диэн хомуйар кырбаһынан эккит, тууйаһынан арыыгыт, бука, тиийбэккэ, Дьокуускай иһигэр хааларын ким өйдөөбөтүй!? Тоҕо сымыйалыыгыт – барытын мэлдьэһэҕит!? Биһигини тугу да билбэт-өйдөөбөт кыра оҕолор курдук саныыгыт дуо!? – Баишев хат оргуйан истэҕинэ, Петров эмиэ намыратардыы саҥарда:

– Хабырыыс, уоскуй! Биллэн турар, биһиги өттүбүтүттэн биирдиилээн наһаа түһүү, дьаһалы токурутуу, ымсыы-нэгэй быһыы, дьону атаҕастааһын тахсыбытын мэлдьэспэппин. Ол да буоллар, биһигини барыбытын биир тарааҕынан тараама… Төһө да биир салалталаах буолларбыт биһиги ортобутугар араас барыта баар буоллаҕа… Ону көннөрөргө уонна ыраастыырга бириэмэ уонна кыах наада. Ханна да барыахпыт суоҕа – барытын көннөрүөхпүт! Мин итини өйдөөбүтүм ыраатта да, билиҥҥи туругунан, кыаҕым суох – тиийбэт!..

– Оннугун оннук да, эһиги наһаалаатыгыт… Эһиги – чыкаалар! Былыргы Уордаах Уйбаан ыраахтааҕы опричниктарыттан туох атыннааххытый?!.. Эн биһикки ааҕыстахпытына бүгүн бүтүөхпүт суоҕа! Ол иһин бу курдук гыныахха: Эһиги Мархаҕа элбэх дьону солуок тутан, концентрационнай лааҕырга хаайан олороҕут. Бастаанньаҕа холбоспут уонна бастаанньыстары үчүгэйдик саныыр дьон ойохторун, оҕолорун уонна аймахтарын – туох да буруйа суох дьахталлары, оҕолору уонна кырдьаҕастары! Кинилэри урукку сыылынай бэһиэччиктэри чыкаа охсор-тэбэр илиитэ-атаҕа оҥостон харабыллатаҕыт уонна атаҕастатаҕыт! Биһиги элбэҕи истэбит – эһиги хас хаамыыгытын, тугу гынаргытын кыраҕытык кэтиибит! Сураҕа, быһайын Илин Эҥээр улуустарынан сылдьан, дьону-сэргэни сордообут, сүгүннээбэтэх Борун уонна Глыгало диэн ыраахтааҕы саҕанааҕы көскө кэлбит бэһиэччиктэринэн солуок ылан олорор дьоҥҥутун атаҕастатар үһүгүт! Бу ханнык да сиэргэ-майгыга баппат сидьиҥ, чиччик быһыы!

Онон иккиттэн биири талаҕын: эбэтэр тыыннаах төттөрү төннүбэккин – үйэ-саас тухары манна хаалаҕын; эбэтэр солуок тутан олорор биһиги дьоммутун атаҕастаабаттарын толору хааччыйаҕын! Тойотторгор тылгын-өскүн тиэрдэҕин – ылыннараҕын! Ону хайдах толороруҥ – бэйэҥ сатабылыҥ, бэйэҥ кыһалҕаҥ! Ити мин этэрбин ылынаҕын дуу, суох дуу?! Этэ оҕус! Түргэнник!

– Сөп! Сөп! Ылынан бөҕө буоллаҕа дии! Ылынабын! Кыаҕым тиийэринэн кыһанан көрүөм! – Петров хайыай, сөбүлэһэрин биллэрэ оҕуста.

– Дьэ, ити аата, тылгын биэрдиҥ! Тугунан да, хайдах да аны куотунар кыаҕыҥ суох! Өйдөө: өскөтүн биир эмэ дьахтар, эбэтэр кыыс эһиги чиччиктэргитинэн күүһүлэммит-атаҕастаммыт буолуо да, бастатан туран, эйигиттэн иэстэһиэхпит! Ханна да куотуоҥ уонна саһыаҥ суоҕа! Биһиги эһигини кыайар да, кыайтарар да түбэлтэбитигэр эйигин уонна эһиги чиччиктэргитин, хайаан да булуохпут уонна иэһи иэс курдук иэстэһиэхпит! Ону ол курдук, таллан таас оройгунан өйдөө!

Мээнэ тылынан эрэ оонньуур оҕолор буолбатахпыт! Уонна мантан бара охсуҥ! Манна эһиэнэ туох да суох! Манна – биһиги тойотторбут! Өскөтүн иккиһин түбэстэххинэ, олох атыннык кэпсэтиэхпит! Ону өйдөөн кэбис! Биһиги эһигини сырыы аайы көҥүл ыытыахпыт суоҕа! – Баишев Петровтаах кэннилэригэр суолу бүөлээн турар бэйэтин саллааттарыгар хайыһан, хаһыытаан бытарытта:

– Нохолоор! Бу дьону төттөрү аһарыҥ! Суолларын бүөлээн турумаҥ!

Хамандыырдарын бирикээһин истэн, кэннилэрин бүөлээн турбут саллааттар, түргэнник суол икки өттүгэр тахсан, уоннуу буолан сэлэлии турунан кэбистилэр. Сааларын тутан сылдьалларын кубулуппатылар. Петров түргэнник дьонугар кэлэн:

– Быстро возвращаемся назад! Уговорил их командира – они нас пропускают! Не оглядываться назад и по сторонам! Оружие на спину! Быстро!.. – диэтэ.

Кыһыл эрэспиэскэһиттэр сааларын сүгэн, төттөрү эргилиннилэр. Кэннилэрин хайыспакка, суол устун сэлэлээн турар үрүҥ саллааттарын икки ардыларынан хаамтаран бардылар. Суол ортотугар үрүҥ этэрээтин хамандыыра Баишев батыһа көрөн турда.

Эрэспиэскэһиттэр ааһан иһэн, суол икки өттүгэр уоннуу буолан сэлэлээн турар үрүҥ саллааттарын харахтарын кырыытынан кылап гына көрөн аһарбыттара – бары эдэр баҕайы саха уолаттара уонна кинилэри өргөстөөҕүнэн супту көрөн тураллар эбит! Дьэ, кытаанах сирэй-харах! Хамандыырдарын бирикээһэ эрэ кинилэри тохтоппут бадахтаах.

Сүрдэрэ-куттара тостубут байыастар, өр баҕайы айаннаан, маҥнай Киллэми, онтон Тулагыны аастылар. Тулагыны ааһан эрэ баран, бэйэ-бэйэлэрин ыккардыгар тыл быраҕыстылар:

– Слава богу! Живыми остались!

– А я думал, что нам конец!

– Николай Васильевич, что сказал их командир и кто он? – Петров солбуйааччыта, эдэр уол, чугаһаан кэлэн ыйытта:

– Это мой земляк… Вместе в школе учились…

– Видно, суровый мужик!..

– Да, пришлось притворяться мирным агнцем! Иначе, нельзя!

– Что будем сказать своему начальству?

Петров айаннатан иһэн тэһиинин күүскэ тардан, атын чочумча тохтотто. Киһитин сирэйин-хараҕын кэтээн көрө-көрө:

– Скажем, что почти все дороги в сторону Намского улуса перекрыты белоповстанцами… В действительности, это так. Поэтому, дальше вести разведку в этом направлении – бессмысленно! Зря будем терять людей!.. Над местным населением, больше, не глумляться… Вообще, прекратить жестокое отношение над инакомыслящими!..

– Хорошо. Действительно, так и надо было…

Мархаҕа чугаһаан иһэн, икки эдэр красноармеецтар дьонноруттан арыый хаалан иһэн, кистээн бэйэ-бэйэлэрин ыккардыгар тыл быраҕыстылар:

– Я больше не буду стремиться идти добровольцем в разведку, – диэн сибигинэйэ былаан эттэ доҕоругар сүүрбэччэлээх уол.

– Я тоже так думаю. Жизнь человеку дается один раз… У меня на родине – Орловщине – остались престарелые родители и любимая девушка. Живым бы вернуться к ним…

– Ты, должно быть, видел – какие лица, глаза у солдат-повстанцев?! Они – якуты, но такие же молодые парни, как мы с тобой! Скажи мне – чего мы с ними не поделили?!

– Действительно, пускай они живут по-своему, а мы с тобою, тоже, по-своему!..

– Живым бы остаться и вернуться к своим родным…

– Да, я тоже так, думаю. Это мое самое сокровенное желание!

– Пусть будет так!.. Все, поехали!..

Уолаттар аттарын туос бөтөрөҥүнэн түһэрэн, дьоннорун ситэ баттаатылар.

Марханы саҥата-иҥэтэ суох аастылар. Куоракка кэлэн, начальстволара баар сиригэр быһа кэлэн, ханна, хайдах сылдьыбыттарын, кими кытта кэпсэппиттэрин, тугу көрбүттэрин-истибиттэрин барытын, сүбэлэспиттэрин курдук дакылааттаатылар. Ити гынан баран, Николай Васильевич Мархаҕа тэриллэн олорор солуок ылыллыбыт бастаанньыстар чугас дьоннорун хаайбыт концентрационнай лааҕыр туһунан Баишев этиитин уонна сааныытын умнан биэрбэтэ: «Хайдах гыныахха? Агеевка этэн туһата суох! Лебедевкэ – эгэ эрэ! Маҥнай бэйэ дьонугар Ойуунускайдаахха этэн, сүбэлэһэн көрүөххэ! Оннуга ордук буолууһу! Ойуунускай – губревком бэрэссэдээтэлэ, бырабыыталыстыба баһылыгын курдук дуоһунаска олордоҕо. Ылыннахтарына кини этиитин ылыныахтара. Ойуунускай ылсыстаҕына эрэ туох эрэ тахсыаҕа!» – дии саныы-саныы губревкомҥа барда.

Тиийбитэ Ойуунускай хоһугар улахан мунньах буола турар эбит. Петров тыаһа-ууһа суох киирэн, кэнники ыскамыайкаҕа наркомпросс үлэһиттэрэ Михаил Константинович Артемьевы уонна Николай Егорович Афанасьевы кытта кэккэлэһэ олорунан кэбистэ.

Мунньах бүтэн эрэр буолан, Петров Ойуунускай хаһан босхолонорун кэтэһэн олордо.

Сотору мунньах бүттэ. Дьон тарҕаһан барда. Инники ыскамыайкаттан Исидор Барахов туран, Ойуунускайдыын тугу эрэ кэпсэтэн бардылар. Сотору кабинекка Ойуунускай, Барахов уонна Петров үһүө эрэ хааллылар. Николай Васильевич: «Бу дьон өтөрүнэн бүтүө суохтар!» – дии санаата уонна көхсүн этиттэ. Дьоно кини диэки көрө түспүттэригэр:

– Суһал кэпсэтии наада буолла. Күнү-дьылы күүппэт быһыы-майгы тирээтэ. Үһүөн олорон кэпсэтиэҕиҥ, – диэтэ.

– Суһал кэпсэтии буоллаҕына, суһаллык бүтэрэр гына оҥостуоҕуҥ. Суһал быһаарыыны эрэйэр дьыала элбээтэ, – Ойуунускай сөбүлэстэ.

Үһүөн олордулар. Ойуунускайдаах Барахов, Петров тугу этэрин кэтэһэн, кинини көрөн олороллор.

– Мин бүгүн Нам туһаайыытынан эрэспиэскэҕэ баран кэллим. Бастаанньыстар суол аайы бааллар. Тоһуурга түбэһэн, чуут өлө сыстыбыт. Кыл мүччү тыыннаах ортубут… Быраан аннын диэки… Урут Төҥүлү оскуолатыгар бииргэ үөрэммит киһим хамандыырдаах түөрт уонча киһилээх этэрээт биһигини, урукку сырыыларбытынан истэн, анаан тоһуйбут. Хамандыырдара – Баишев Гавриил Васильевич диэн, суруйар идэҕэ сыстан испит, уруккута сибээс үлэһитэ киһи…

– Билэн, билэн! Оннук киһи баара! Сүрдээх туспа толкуйдаах – сахалыыны өрө туппут киһи! Киһи сирбэт өйдөөх-санаалаах ыччата эбит дии санаабытым… Ол киһи бастаанньаҕа холбоспут, өссө хамандыыр буолбут эбит дии?! – Ойуунускай соһуйда.

– Ол этэрээт суолга иннибитин-кэннибитин бүөлээн кэбистэ. Хамандыырдара утары кэлэн кэпсэттэ: «Барыгытын тоһуйан тоһурҕаттаран кэбиһиэхпин санаан баран, бэркиһээн тохтоотум – кэпсэтэн көрөөрү», – диир. Баишевтыын биир нэһилиэк ыччаттарабыт. Мин дьонум ытыһан охтоору гыммыттарын, нэһиилэ тохтоттум. Биһигини түөрт төгүл баһыйар ахсааннаах дьон ас гыныахтара дуо?!