banner banner banner
Өлбөт үөстэниэҕиҥ
Өлбөт үөстэниэҕиҥ
Оценить:
Рейтинг: 0

Полная версия:

Өлбөт үөстэниэҕиҥ

скачать книгу бесплатно


– Оо! Убайбыт Өксөкүлээх Өлөксөй илэ бэйэҕинэн олорор эбиккин дуу?! Дорообо! Үтүө киэһэ буоллун! – илии тутуһан дорооболосто. – Дьэ, биһиги – үрүҥ бастаанньа этэрээтэ – илинтэн иһэбит! Бассабыыктар, чыкаалар былаастарын сылдьыбыт сирбит аайы суулларан, Арҕаа эҥээргэ тахсан, Дьокуускайы ылан, норуот былааһын олохтуур аналлаах кэллибит!

Мин бастаан иһэр этэрээт ыстаабын начаалынньыгабын! Дьоммун кытта манна хонон, күндү ыалдьыккытын кытта астына кэпсэтэн ааһыам. Сүрүн этэрээт салгыы барда. Чэ, бэрт!

Хоноһолордуун, дьиэлээхтэрдиин бу киэһэни дьоро киэһэ курдук көрсүбэтилэр. Ол оннугар тыҥааһыннаах түгэннэр тахсыталыах курдук буолбуттарын Өксөкүлээх Өлөксөй өтө көрөн олорон, сымнатан-мүлүрүтэн истэ. Итинник аһыы да олорон, утуйаары да сытан ис санааларын, ис дьиҥнэрин билистилэр. Бастаанньа этэрээтин ыстаабын начаалынньыга дьиэлээхтэри да, кинилэр күндү хоноһолорун да бэйэтигэр тардар, олуурдаах этиилэрин дьиэлээхтэр туруору аккаастыылларын, Өксөкүлээх кыайарынан атыҥҥа аралдьытан, бэл, күлүүгэ-оонньууга тиэрдэн абыраата.

– Алексей Елисеевич! Эйигин саха норуота, ол иһигэр биһиги – бастаанньыстар – улаханнык ытыктыыбыт. Эн курдук биллэр-көстөр, ытык киһи биһиэхэ быһаччы кыттыһан, норуоккар биһиги туспутунан, биһиги охсуһар охсуһуубут суолтатын сырдатан пропаганда-агитация ыытарыҥ буоллар улахан өҥөнү-көмөнү оҥоруоҥ этэ. Ону туох дии саныыгын?!

Кулаковскай бу эриирдээх ыйытыкка туруору хоруйу биэрэртэн туттунна. Киһитэ өһүргэнэн-кыыһыран турдаҕына, туох да үчүгэй тахсыа суоҕа өйдөнөр буоллаҕа:

– Дьэ, доҕоор, этиэххин эттэҕиҥ… Эйигин толору өйдүөххэ сөп. Бар дьонуҥ туһугар, бэйэҥ дьылҕаҕын толук уураргын да кэрэйбэт быһаарыныыны ылыммыт киһи көмөнү, өйөбүлү эрэйэриҥ сөптөөх суол. Мин эһиги хорсун-хоодуот быһыыгытын, бар дьоҥҥутун быыһыыр-босхолуур үтүө санааҕытын өйдүүбүн! Эһигини өйдүөххэ сөп, ол гынан баран: «Биһигини омуктар – Дьоппуон, Эмиэрикэ – өйүүллэр, көмөлөһүөх буолаллар», – диигин дии. Ол аата, Арассыыйаттан атырдьах салаатын курдук арахсарга тиийэбит. Дьиҥинэн, омуктарга биһиги күндү түүлээхпит, уонна, кыахпытын ыллахтарына, сирбит баайа эрэ наада. Уонна – суох. Ол биһиги тымныыбытыгар, эргиччи кыһалҕалаах олохпутугар наадыйыахтара дуо? Кинилэргэ барыс, кими эрэ хабалаҕа ылан үйэ тухары ыан ыла олорор ынах курдук оҥостуу эрэ наада. Хапытаал баһылаабыт дойдулара буоллаҕа.

Ханнык эрэ улуу омугу кытта үүт турааннык, этэҥҥэ олорорго ол омук өйүн-санаатын, ааспыт устуоруйатын, бүгүҥҥү олоҕун-дьаһаҕын, үөрүүтүн-кыһалҕатын, бэйэтин иһигэр баар араас араҥаларын бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннарын үчүгэйдик билиэххэ наада.

Биһиги, сахалар, үс сүүсчэкэ сыл устата аан дойду биир улахан, кыахтаах омугун – нууччаны – кытта куһаҕаммытын-үчүгэйбитин барытын бэркэ диэн билэн-билсэн кэллибит. Бу, дьиҥэр, улахан кылаат. Нууччалары биһиги, саха дьоно, бэркэ биллибит. Кинилэри кытта сыһыаҥҥа сыыстарыыны таһаарбат кыахтаахпыт. Оттон ити этэр эмиэрикэлэргин уонна дьоппуоннаргын төһө билэбитий? Олох – суох!

Дьоппуоннары үйэ аҥаарын анараа өттүгэр нууччалар эрэ буолбакка, бэл, Дьобуруопа уонна Эмиэрикэ омуктара билбэт этилэр. Дьоппуоннар, ол курдук, тас ааннарын «лип» курдук хатанан-саптынан олорбуттарын билэҕит. Дьоппуоннар сүрдээх хабыр, аһыныгаһа суох майгыннаахтарын бэйэлэригэр чугас уруулуу кэриэй уонна маньчжур омуктарга кыыллыы сыһыаннарынан көрдөрбүттэрэ. Ону үчүгэйдик билэҕин.

Ити омуктары кытта биһиги хаһан да алтыспатахпыт, майгыларын-сигилилэрин уонна атыттарга сыһыаннарын билбэппит. Дьоппуон, кытай, эмиэрикэ биһигини илиилэригэр ыллахтарына, улаханнык сээн диэбэттэрэ уонна мааны оҕо оҥостон тараҥнаппаттара буолуо оҥоробун. Уонна ол санаабын урут суруйан, бар дьонум билиитигэр таһааран турабын. Ону хайдах ылынаргыт, бэйэҕит киэнэ, мин туох да диэн олуйсубаппын. Баҕар, сыыһарым буолуо. Мин баҕарар баҕам диэн саха бастыҥ дьоно бу иэдээннээх кыһыл-үрүҥ сэриитигэр этэҥҥэ ордоро эбитэ буоллар диэн…

– Сэрии буолан баран, хайа да өттүттэн өлүү-сүтүү тахсыа буоллаҕа. Инньэ диэн быар куустан, туохха да кыһаммакка, террорга, баттыгаска-атаҕастабылга, барытыгар сөбүлэһэ-эйэлэһэ олоруохпут дуо? – ыстаап начаалынньыга сөбүлэспэтин биллэрдэ.

– Мин сөбүлэһиҥ, атаҕастабылга эйэлэһиҥ диэбэппин. Муҥур уһуктан атаҕастабылы-батталы утары турбуккут өйдөнөр суол. Ол гынан баран, атаҕастааччылар сыыһаларын билиннэхтэринэ уонна өйдөһөргө-иллэһэргэ ыҥырдахтарына, киэр хайыһымаҥ диэм этэ. Бука, мин санаабар, сотору өйдөнүөхтэрэ. Кыһалҕа обургу кыһайдаҕына. Ол кэмҥэ өрө баран, өсөһөн биэрэн эрэйи элбэтимиэххэ дии саныыбын. Дьэ, ону сэриилэһэр дьон, бэйэҕит билиэххит буоллаҕа.

Мин эһиэхэ кыттыһыахпын боотур хаана төрдүттэн сыстыбатах киһибин. Атыннык эттэххэ, нууччалыы эттэххэ, либералбын уонна гуманиспын. Чэ, ону, бэйэҥ хайдах өйдүүргүнэн буоллун. Утуйуоҕуҥ, түүн ыраатаары гынна, – Кулаковскай улаҕа диэки эргийэн кэбистэ. Уу чуумпу буолла. Бары утуйан, саҥа-иҥэ тохтоото.

Сарсыарда эрдэ туран чэйдээтилэр. Бэҕэһээҥҥи курдук күө-дьаа кэпсэтии мэлийдэ. Аттарын көлүйэн, ыҥыырдаан баран ыстаап начаалынньыга Өксөкүлээҕи кытта илии тутуһан быраһаайдаста. Икки өттүттэн, кылгастык, үтүө тылынан этэҥҥэ сылдьыыны баҕарсан араҕыстылар. Үрүҥ этэрээтин ыстаабын начаалынньыга арҕаа, Өксөкүлээх – илин диэки туһаайыынан айаҥҥа туруннулар. Тымныы тыаллаах сарсыарда этэ.

Ыстаап начаалынньыга, кырдьыга, Өксөкүлээх бу ыалга хонуктуу кэлэрин истибитэ уонна анаан-минээн кэлбитэ. Кини маҥнай: «Өксөкүлээҕи, арааһа, куораттан кыһыллар анаан эрэспиэскэлэтэ ыыппыт буолуохтаахтар. Уонна тоҕо маннык кутталлаах кэмҥэ улуустары, нэһилиэктэри кэрийэ сылдьыаҕай?» – дии санаабыта. Ол иһин хара маҥнайгыттан Кулаковскай интэриэһэ көбөн элбэхтик ыйытарын наадатыгар ыһа-тоҕо үрүҥ хамсааһын сыалын-соругун кэпсээбитэ: «Чахчы кыһыллар үспүйүөннэрэ буоллаҕына, үгүһү токкоолоһон ыйытыаҕа», – диэн.

Ону баара, киһитэ кини кэпсээнин букатын сэҥээрбэтэ, ыйыппата даҕаны. «Үспүйүөн буолбатах эбит!» – дии санаабытын ыстаап начаалынньыга атын этэрээттэр тойотторугар түргэнник тиэрдитэлээтэ.

А.Е. Кулаковскай буоллаҕына, икки өттүттэн сүгүннүө суохтар диэн, үгүстүк ким да сылдьыбат бүк сирин булан, саһан олорорго күһэлиннэ.

* * *

Хоболоох суол ааһар Арҕаа Хаҥалас улууһун Хахсык нэһилиэгин олохтоохторо хаһаайыстыба тэриниитин өттүгэр олус үчүгэйдэрэ. Байан-тайан олоруу кинилэргэ элбэҕэ.

Тохсунньу ортото ааһан, тымныы саамай өрөгөйө кэлэн турар кэмэ. Киһи-сүөһү тыына бургучуйар аан тумана сири-дойдуну бүрүйэн турдаҕа.

Дьон-сэргэ ортотугар: «Илин Эҥээр улуустарга саҥа былааһы утары илинтэн бастаанньыстар халыҥ этэрээттэрэ кэлэн быһыы-майгы уустугурбут үһү. Сотору манна да кэлэллэрэ буолуо», – диэн кистии саба сэһэн тарҕаммыта ыраатта.

Арҕаа Хаҥалас нэһилиэктэригэр ханна да барбыттара биллибэккэ сүтэн хаалбыт дьон ахсаана элбээтэ. Бу бары эдэр-сэнэх, күүстээх-күдэхтээх, сытыы-хотуу, сырыыны-айаны кыайар, бастыҥ ытааччы дьон. Губчека үлэһиттэрэ: «Бу дьон бары бастаанньаҕа кыттыыны ылаары күрээбиттэр», – диэн уорбалаабыттара.

Ити да буоллар, Хоболоох суолунан сырыы тохтообот. Чыкаалар кимтэн да куттаммакка, уруккуларын курдук, сылдьаллар. Кинилэр Арҕаа Хаҥаласка дэриэбинэлэр аайы Кыһыл дружиналары тэрийэ сатыыллар. Дружинаҕа киирээччи аҕыйах.

Былырыын орто дойду олоҕуттан барбыт Хахсык нэһилиэгин бэлиэ киһитэ үс уоллааҕыттан ортокуларын үөрэхтээх киһи оҥорор мөккүөрдээҕэ. Уол реальнайы бүтэрэригэр хомсомуолга, онтон губчекаҕа үлэҕэ киирбитэ. Аҕата тыыннааҕар ону кистии сылдьыбыта. Ол бэйэтэ быйылгыттан харса суох тылынан-өһүнэн, бардамынан-өһүөннээҕинэн «аатыран» эрэр.

Билигин төрөөбүт-үөскээбит дьиэтигэр иккиэ буолан кэлэн, быраатын уонна балтын ыга-түүрэ олорор. Бу ыал ийэлэрэ эмиэ аҕаларын хас да сыл иннинэ орто дойду олоҕуттан барбыта. Оҕолор – икки кыралар – хаһаайыстыбаларын бэйэлэрэ көрөн олороллор. Улахан убайдара – мас ууһа идэлээх киһи, кэргэн ылан туспа олорор да, ааспыт күһүн сэтинньититтэн ыла ханна да барбыта биллибэт.

– Эн хайаан да Кыһыл дружинаҕа киириэхтээххин! Киирбэт буоллаххына, үлэһит-бааһынай былааһын хаан өстөөҕүн курдук көрүөхпүт! Мин хомсомуол уонна чэкиис буолан сылдьабын дии! Эн Кыһыл дружинаҕа киирдэххинэ, сыыйа хомсомуолга киллэриэхпит! Ол курдук!..

– Мин эн курдук үөрэхтээх буолбатахпын! Уонна сүөһүбүтүн-аспытын ким көрүөй? Аспыт-үөлбүт да лаппа аччаата. Эн сотору-сотору кэлэн түһээн-нолуок быһыытынан ас-үөл бөҕөнү хомуйаҕын аҕай дии. Мин, чыкаа быраата буолан, эт-арыы бөҕөнү, бу күһүҥҥүттэн ыла, туттарарга күһэлинним…

– Туттарымынаҕын! Саҥа былаас атаҕар ситэ тура илик! Ыраах Волга өрүс кытылыгар олорор нэһилиэнньэ хоргуйуута, куораттар олохтоохторо аһа-үөлэ, таҥнар таҥаһа суох буолбутун хантан, тугунан хааччыйтараары гынаҕын?!

– Ол биһигиттэн хомуйар эккит-арыыгыт эн этэр дойдугар төһөтө-хаччата тиийэрэ буолла… – чэкиис быраата, сүүрбэччэлээх уол, көмүлүөк оһох иннигэр сүгэ уктуу олорон, саарбахтыырын этэн истэҕинэ, убайа кыыһырда:

– Ол-бу буолан хохучуоллаһа олорума! Хайаан да дружинник буолаҕын!.. Хотуой! Чэйдэ кут эрэ!.. – аны балтытыгар, уон алта-уон сэттэ саастаах кыыска, хаһыытаата.

Балта – наҕыл, намчы баҕайы кыыс, саҥата суох остуол тардан, чэй кутан барда. Чэкиис бииргэ сылдьар доҕорун кытта, сааларын түһэхтэригэр ууран, бастыҥ уонна уҥа ороннорго олорон, чэйдээбитинэн бардылар. Ол олорон быраатыгар күргүйдүү былаан:

– Хайа, Кыһыл дружинаҕа киирэҕин дуу, суох дуу?! Этэ оҕус!.. – диэн истэҕинэ, тас аан тэлэллэ түстэ да бэрдээн саалары туппут таба саҕынньахтаах уонча киһи, аан туманы бүрүммүтүнэн, дьиэ ортотугар биирдэ баар буола түстүлэр.

– Дьиэлээхтэр, дорооболоруҥ!.. – кэтит сарыннаах, ортону үрдүнэн уҥуохтаах киһи дорҕоонноох куолаһынан дорооболосто. – Хайа, бу сааларын тутан олорон чэйдиир ыалдьыттаргыт дуу, хоноһолоргут дуу?! Чыкаа суолас, манна тугу гына сылдьаҕын?! Бука, ас-таҥас тардыалаһа, ааранан, дьону халыы-талыы сылдьар инигин?! – инньэ диэт сирэйин тууна бааммыт киһи саал былаатын арыйа тардыбытыгар, оһох иннигэр олорбут уол:

– Оо, убайым кэллэ!.. – диэбитинэн тура эккирээтэ, түһэҕиттэн мас сыыһын тэбэннэ.

Бу – кинилэр улахан убайдара, ааспыт күһүн Илин Эҥээр улуустарынан олорор доҕотторугар үлэ-хамнас кэпсэтэ диэн барбыта уонна сүтэн хаалбыта. Ол бэйэтэ, дьэ, бу көһүннэ!

– Эн! Суоластаама хайаама! Арааһа, баттыгастаах баайдар былаастарын төнүннэрээри, саа туппуккун быһыылаах! Кыайбатыҥ буолуо биһигини – бүтүн Арассыыйа үлэһит-бааһынай аймаҕын! Атына буоллар, Кыһыл дружинаҕа суруттаран саҥа былааһы туругурдуһуоҥ этэ! Эн өһөскүн уонна акаарыгын! Кыһыл дружинаҕа саллаат буолан, үс бырааттыылар бииргэ сылдьыах этибит…

– Көр эрэ! Хара түөкүнү!.. Бырааккын кыһыл этэрээтигэр ылбыт дуу, ылаары кэлбит дуу эбиккин буолбат дуо?!.. Киһилии киһи эбитиҥ буоллар, бииргэ төрөөбүт бырааккын өлөр-өлүү айаҕар умса анньан биэриэ суох этиҥ!.. Ол ханна баарый?! Дьиҥнээх суолас – саатар сирэйэ суох эбиккин!..

Нохоо! Кыһыл этэрээтигэр хайыы үйэ киирэн олороҕун дуу, тугуй?! – улахан убай аны кыра быраатыгар хайыста.

– Ээ, суох… Көннөрү, Кыһыл дурусуунаҕа киирэҕин дуу, суох дуу диир эрэ…

– Бу ыты көр эрэ!.. Ити буоллаҕына, нохоо! Биһиги эмиэ үлэһит-бааһынай үрүҥ былааһын иһин сэриилэһэбит! Кыһылга бараҕын дуу, биһиэхэ – үрүҥ бастаанньыстарга – холбоһоҕун дуу? Тала оҕус!

Кыра быраат икки убайын хардары-таары аһыннарыах курдук көрдө. Уоһа мэрбэҥнээтэ. Икки убайдара – биирдэрэ доҕорун кытта олорон эрэн, атына уонча саалаах дьон иннигэр туран эрэн, бырааттарыттан хоруй эрэйэн, батары көрдүлэр.

Балачча өр турбахтаан баран, кэмниэ-кэнэҕэс кыра быраат ыган-ыган, улахан убайын диэки хайыһан:

– Убаай, эйигин кытта… барсабын… – диэтэ.

– Ол иһин даҕаны, быраатым барахсан! Мин тылбыттан тахсыаҥ дуо? Эйигин бу олорор тойооскуттан куруутун ордорор этим!.. Бастаанньаҕа да буоллар, сатыырбынан харыстыы, көрө-харайа сылдьыам, – улахан убай кыра быраатын эйэргээбиттии көрдө.

– Суоластар! Бандьыыттар! Итинтэн ордуоххут дуо? Бу күнтэн ыла эһиги иккиэн миэхэ убай да, быраат да буолбатаххыт! Эһиги Арассыыйа үлэһит-бааһынай аймаҕын хаан өстөөхтөрөҕүт!.. – чэкиис быраат кыыһыран өрөһөлөннө.

– Хара түөкүн! Эн дьолгор ийэлээх аҕабыт көмүс уораҕайдарыгар бырааттаах балтыбыт харахтарын ортотугар көрүстүбүт! Аҕаҥ тыыннааҕа буоллар, эйигиттэн төһө эрэ кэлэйиэ эбитэ буолла! Үс уолуттан, биир кыыһыттан эйигин эрэ ордорон үөрэхтээбитэ. Онтуттан, бука, кэмсиниэ эбитэ буолуо! Дьэ, киси бөҕөҕүн!

– Барыах мантан! Бандьыыттар ортолоругар олоруохпут дуо?! – чэкиис аны табаарыһыгар баргыйда.

Иккиэн тура эккирээтилэр, үтүлүктээх бэргэһэлэрин үрдүгэр түстүлэр.

– Чэ, киэр буолуҥ! Түргэнник! Бу түөкүттэри аһарыҥ! Бара оҕустуннар уонна аны манна үктэммэтиннэр! – улахан убай дьонугар дьаһайда. – Аны манна сыбыытаһымаҥ! Көрүстэхпитинэ, ханна баҕарар, атыннык кэпсэтиэхпит!

– Атыннык кэпсэтиэхпит! Бандьыыттары – эһигини кытта саа-саадах тылынан кэпсэтиэхпит! – чэкиис быраат табаарыһыныын таһырдьа ойон иһэн саанна.

– Оннук-оннук! Биһиги да баарбыт! Ыларгыт суох! Биһиги да сүтэрэрбит суох! Элбэхтэн элбэх, аҕыйахтан аҕыйах охтуоҕа!

Уол аҕатын, убай быраатын, быраат убайын кытта хаан өстөөхтүү арахсыылара бу кэмҥэ элбэхтик тахсыбыта.

Бу саха омукка урут хаһан да суох иэдээннээх көстүү этэ.

* * *

Бастаанньа уота-күөһэ өрө күүдэпчилэнэн, маҥнай Илин Эҥээр улуустарынан кэлэн, тохтообокко Арҕаа эҥээргэ тахсан, Дьокуускай куораты туһулаан, кэллэр кэлэн испитэ.

«Бас баттах барбыт чыкаалар батталларыттан босхолуубут – биһигини атын омуктар эмиэ өйүүллэр, көмөлөһүөх буолаллар!» – диэн үрүҥ бастаанньаны баһылаабыт урукку кыһыл хамандыырдар, билигин офицердар аатырар дьон, тылларын-өстөрүн олохтоох нэһилиэнньэҕэ тарҕатыы күүһүрбүтэ.

Ол иһин, маҥнай утаа, бастаанньыстар нэһилиэнньэ үгүс араҥаларын санааларын тарпыттара баар суол этэ. Губбюро уонна губревком онно утары күттүөннээх агитацияны-өйдөтөр үлэни ыыппатаҕа – кинилэр нэһилиэнньэ үгүс араҥаларын итэҕэллэрин сүтэрбиттэрэ. Онон, кинилэр суоһурҕаныы эрэ курдук үлэ көрүҥнэрин ыыталлара туһаны аҕалбатаҕа.

Маҥнай, 1921 с. сэтинньи 4 күнүгэр, Илин Эҥээр улуустарыгар, байыаннай балаһыанньаны биллэрэн, саа бөҕөнү хомуйуу буолбута. Хомуйбут сааларын барыта кэриэтэ доруоп саалар этэ. Аҕыйах бэрдээн, чокуур бинтиэпкэ бааллара. Туһата суох, тимирдэрэ эрэ хаалбыт эргэ саалар кытта хомуллубуттара. Доруоп саа диэн сылгы-ынах сүөһү ииттэн олорор, булдунан эбинэр саха эр киһитин биир саамай күндү, сыаналаах мала – тус бэйэтин баайа этэ буоллаҕа.

Сааларын туттарбатах уонна саалаах сылдьан тутуллубут дьону суута суох, миэстэтигэр ытыах буолан суоһурҕаммыттара. Насревкомнар ыалы кэрийэ сылдьан хомуйбут сааларын сыарҕалаах оҕуһунан тиэйэн улуустар кииннэригэр, онтон Дьокуускайга аҕалан туттараллара. Аһы-үөлү хомуйуу өссө күүһүрбүтэ. Олохтоох нэһилиэнньэ маны өлөрдүү абааһы көрбүтэ да, утарар кыаҕа суоҕа. Кырдьыга даҕаны, кыыдаан кыһын кэлиитэ кырыымчык астаах-үөллээх ыаллар ону хайдах сөбүлүөхтэрэй?

Дьокуускайга олохтоох саҥа былаас тойотторо ону аахсыбатахтара. Куорат нэһилиэнньэтэ дьадайбыта, аһа-үөлэ аҕыйаабыта онно төһүү буолбута. Манна олохтоох байыаннай чаастары эбэн биэрдэххэ, аска-таҥаска наадыйааччы, хааччыллыыта суох кэмэ суох элбээбитэ. Онон, куорат нэһилиэнньэтин аһынан-таҥаһынан ханнык эмэтик хааччыйан, кыһыны туоратар кыһалҕата ытарчалыы ылбыта.

Нам улууһугар бастаанньа этэрээттэрэ чугаһаан иһэллэрин бастакы сибикилэрэ биллээтин кытта, кыһыл дружинаны тэрийэн барбыттара. Доброволецтары хомуйуу ситиһиилээхтик барбытын түмүгэр 60-ча киһи дружинаҕа суруппута. Нам кыһыл дружинатын хамандыырынан Эверстов Гавриил Ионович диэн анаммыта да уһаабатаҕа. Кинини ууратан баран, Марха дружинатыттан Пшенников Дмитрий Емельянович диэн империалистическай сэрии кыттыылааҕынан солбуйбуттара.

Үрүҥнэр биллэн испиттэрэ. Нэһилиэктэргэ кинилэр ыытар дьонноро кистээн кэлэр-барар, билсэр-көрсөр буолбуттара. Ол аата, үрүҥнэр эрэспиэскэни, агентурнай үлэни күүскэ ыыталлара биллибитэ. Сэбиэскэй былаас үлэһиттэриттэн, чэкиистэртэн атаҕастаммыт дьон кинилэри өйүүллэрин өйдүөххэ сөп этэ.

Бэл, кыһыл дружинаттан икки байыас бастаанньыстарга күрээбиттэрэ. Дружина улууска хаалара кутталланан барбыта. Ол иһин, сотору Дьокуускайга көһөн киирэргэ быһаарыммыттара. Ону да, хойутуу сыспыттара. Дружина куораттыыр түүнүгэр кини суолун Иван Устинов диэн хамандыырдаах бастаанньа обургу этэрээтэ быһан, тоһуур оҥорбута.

Кыһыл дружина арыый эрдэ, урутаан айаннаан эрэ тоһууртан мүччү туттарбыта.

Дьокуускайга Нам дружинатын ыһан, сорохторун Марха Кыһыл дружинатыгар (хамандыыр – Клочков), сорохторун Маҥан дэриэбинэтигэр турар Павел Крылов

диэн хамандыырдаах дружинаҕа сыһыартаан кэбиспиттэрэ.

* * *

Урукку красноармеец Михаил Жарников хамандыырдаах үрүҥ этэрээтэ урукку үрүҥ саллаата Георгий Каратаев хамандыырдаах кыһыл этэрээтин Чурапчы-Төҥүлү аартыгынан Мэҥэ улууһун Дьаҥхаады нэһилиэгин сиригэр-уотугар үүрэн аҕалбыта. Манна кэлэн икки өстөөх этэрээттэр икки ардылара соччо ырааҕа суох сирдэргэ түһүүлэммиттэрэ. Чуҥнуу сылдьар эрэспиэскэһиттэрэ утары көрүстэхтэринэ ытыалаһан уонна сойуолаһан тахсаллара.

Попов Николай Афанасьевич-Быһый Көөкөй диэн атах оонньуутугар уонна сырсыыга чугаһынааҕы улуустарга тэҥнээҕэ суох киһи баара. Кинини үрүҥнэр тэҥсиккэ сылдьар, дьаһалы, араас илдьити тиэрдээччи оҥостубуттара. Көөкөй сорудахха сатыы уонна саата суох сылдьара. Биирдэ оннук баран иһэн, утары уонча байыастаах кыһыллар эрэспиэскэлэрин көрсө түспүтэ. Түргэн үлүгэрдик эргиллэ түспүтэ да, суол устун төттөрү куоппутунан барбыта.

Кыһыллар кэнниттэн: «Стой! Куда?! – Немедленно стой! – Стоять на месте!» – диэн хаһыытаспыттара, эккирэппитинэн барбыттара. Ситэн быһыта кэрдээри саабылаларын сулбурута тардан ылбыттара. Эккирэтэн уунаран иһэн, кыһыллартан Көөкөй аттар-атан испитэ да, анарааҥҥылара хаалыах быһыылара суоҕа.

Көөкөй кыыһыра саныыр: «Эчи, хааҥҥа хараҥарбыттара сүрүн! Ити буоллаҕына, ситэргитин көрүөхпүт!» Бу иһэн өйдүү биэрэр: «Билигин ортотугар булгунньахтаах алаас кэлэр. Онно тиийэн эккирэппиттэрин сирэйдэрин саатырдыахха баар эбит!»

Сотору суол булгунньахтаах алааска киирэр. Көөкөй, тоҥуу хаарынан тэтимин ыһыктыбакка туораан, булгунньахха өрө сүүрэн тахсан, ыстаанын курун сүөрэн, кэтэһэн турар.

Аттаах эрэспиэскэһиттэр алааска көтүтэн киирээт, эккирэтэр киһилэрэ булгунньах оройугар тахсан турарын көрө биэрэллэр. Харса суох өрө харбатан кэлэн истэхтэринэ, Көөкөй ыстаанын сулбурутан кинилэргэ эмэһэтин көрдөрөр уонна көп этин таптайар. Ол кэннэ ыстаанын тардыммытынан булгунньах нөҥүө өттүгэр таҥнары сүүрэн түһэн, ойуур быыһынан аҕыйахта элэҥнээн хаалар.

Кыһыллар тоҥуу хаарынан булгунньаҕы эргийэн, хайыы үйэ ырааппыт киһини кэнниттэн мээнэ ытыалыыллар да, хантан табыахтарай?! Дьэ, кыһыы!

Маатыры-куутуру хойдон истэҕинэ, икки саха байыастара күлүү бөҕөнү күлэллэр:

– Ребята! Бросьте ругаться! Мы знаем этого парня! Его невозможно догнать! Ни конному, ни пешему! Это знаменитый бегун и прыгун по якутским прыжкам! И совсем он безобидный человек. Мы зря за ним гнались. За это он здорово обиделся и показал нам то, что надо!

Ити кэнниттэн кыһыл эрэспиэскэһиттэр, бары күлсэ-күлсэ, төттөрү ойуталлар. Бу түбэлтэ үрүҥнэргэ да, кыһылларга да көрдөөх кэпсээҥҥэ кубулуйан тарҕаммыта.

* * *

Үрүҥ бастаанньа, дьаалатынан ыыттахха, тохтуур кыаҕа суох буолбутун бары өйдөөбүттэрэ. Губбюро уонна губчека, губревкомтан ыйыта барбакка, бастаанньаны тохтоторго бэйэлэрэ хайдах өйдүүллэринэн-саныылларынан дьаһанарга соруммуттара: «Куорат иһигэр уонна чугастааҕы улуустарга олохтоох нэһилиэнньэттэн бастаанньаҕа кыттыбыт уонна бастаанньыстары өйүүр санаалаахтара уорбаланар дьон урууларын-аймахтарын, чугас дьоннорун испииһэктээн, онтон хомуйан – солуок ылан, концентрационнай лааҕыр арыйан, онно тутарга! Бастаанньа оччоҕо тохтуоҕа!» – диэн сүбэлэспиттэрэ.

Губчекаҕа үлэлиир олохтоох кадрдарын мунньан олорон, түүннэри испииһэк оҥорбуттара. Сарсыҥҥытыгар ону губревкомҥа көрдөрбүттэрэ, сыалларын-соруктарын билиһиннэрбиттэрэ. Ойуунускай, бэркиһээн, утарсан-туруулаһан көрбүтэ эрээри, Лебедев, Агеев уонна Козлов, үһүөн, көмөлөөн мөрөйдөөн, илиилээхатахтаах гымматахтара. Атын олохтоох салайааччылар: нууччалар, сахалар – бары, саҥата суох хаалбыттара.

Губчека үлэһиттэрэ күннээбиттэрэ. Чэкиистэр бу мунньахха баһылыыр-көһүлүүр, инникитин даҕаны кинилэри ким да утары көрбөтүн ситиһэр кыаҕы ылбыттара. «Триумвират» санаата, сыала-соруга туолбута.

Концентрационнай лааҕыры Мархаҕа тутар буолбуттара.

Үргүлдьү, маҥнай – куорат иһиттэн, онтон чугастааҕы улуустартан дьону хомуйан барбыттара. Тутуллубут дьон үксэ – дьахталлар, эдэр оҕолор уонна кырдьаҕас оҕонньоттор этилэр. Биллэр-көстөр дьонтон Слепцов Дмитрий Иванович-Бачыгыратар Уола бу кэмҥэ тугу да билбэккэ-истибэккэ олорон түбэспитэ: «Мин бастаанньаҕа туох да сыһыаным суох! Уопсастыба олоҕор аны актыыбынайдык орооһор санаа да, баҕа да суох!» – диэбитин истибэтэхтэрэ. Атын да кини бараата, өссө лаппа аҕа да саастаах оҕонньоттор элбэхтэрэ.

Мархатааҕы концентрационнай лааҕырга олус элбэх киһини хаайбыттара. Кинилэри губчека этэрээттэрин дьоно харабыллыыллара. Олор истэригэр Борун уонна Глыгало диэн ыраахтааҕы саҕана Саха сиригэр көскө кэлбит бэһиэччик-холуобунай буруйдаахтар уһулуччу чорбойоллоро. Иван Федорович Борун 45 саастаах, сааһын тухары араас централга, пересыльнай түрмэ бөҕөҕө хаайыллыбыт, тас көрүҥүттэн да ханнык баҕарар киһи «һык» гына түһэр көрүҥнээх киһи этэ. Боруннаах Глыгало 1917 с. Олунньутааҕы өрөбөлүүссүйэ саҕана Е.Ярославскай уонна Григорий Петровскай хаайыыттан босхолообут 200 холуобунай буруйдаахтартан хаалбыт дьон этэ. Баһылыктара – Янкель Герсиевич Бук ытыллыбытын кэнниттэн, Саха сиригэр хаалбыт бу дьон, хайдах эрэ быыс булан, иҥэн-саһан сылдьыбыттара.

1920 с. губчека кэр-дьэбэр, кирдээх үлэлэргэ туттар сыалтан түбэһиэх дьону «үлэҕэ» ылаттаабыта. Ол «саҥа үлэһиттэр» хара маҥнайгыттан биллэн-көстөн барбыттара: урукку Уобалас Сэбиэтин, онтон Колчак милииссийэтин начаалынньыга Клингоф чэкиис буолаат, «Оросин саагыбара» диэн аҥаардастыы уорбалааһыҥҥа эрэ олоҕурбут дьыаланы «арыйбыта».

Степан Литвинов чэкиис буола сылдьан, уруккуттан өстөһөр киһитин – Елпидифор Егасовы – «Олунньутааҕы саагыбарга» сыһыаран ыттарбыта. Оттон Борун 1921 с. кыһын «Арыгы уонна пиибэ монополиятын» баһылыгын Бартели уонна урукку полицмейстер Илья Рубцову кыыллыы ытан өлөртөөбүтэ.

1921 с. сайын Борун уонна Глыгало Илин Эҥээр улуустарынан сылдьан, элбэх бас-баттах, быдьар быһыылары оҥортообуттара. Дьону халыыллара, дьахталлары күүһүлүүллэрэ. Кинилэр ити нэгэй, чиччик быһыыларынан элбэх киһини – Сэбиэскэй былаас үлэһиттэрин – тэйиппиттэрэ. Ол курдук, «Холбос» боломуочунайа Матвей Матвеевич Сивцев-Маппыайдаан Маппый абатыттан үрүҥ бастаанньаҕа холбоспута.

Холуобунай буруйдаахтартан үлэһиттэрдээх чэкиистэр Иркутскайдааҕы салалталарын сорудаҕын толорон – Коробейниковы, Толстоуховы, Земфировы уо.д.а. кэтээһини сатаабакка, куоттаран кэбиспиттэрэ. Дьэ, маннык «чэкиистэри» губчека бэрэссэдээтэлэ Агеев тутан олорбута. Уонна Мархаҕа тэриллибит концентрационнай лааҕырыгар харабыл оҥостубута. Губчека концентрационнай лааҕыры аспытыттан үрүҥ бастаанньа тохтооботоҕо, өссө күүһүрэн, босхо барбыт тыа баһаарын курдук, иннигэр түбэспити имири солоон, Дьокуускайга чугаһаан испитэ.

* * *

Дьокуускай куорат иһигэр уонна кытыы сэлиэнньэлэргэ байыаннай балаһыанньа уонна комендантскай чаас олохтоммута олохтоохторго бэрт элбэх уустугу, эрэйи-кыһалҕаны аҕалыыһы: киэһэ алта чаастан сарсыарда алтаҕа диэри ким да уулуссаҕа быгыа, онно-манна кэлиэ-барыа суохтааҕа. Анал пароллаах, эбэтэр буруопустаах эрэ буоллаххына наадыйар сиргэр, дьоҥҥор барыаххын сөбө. Ол иһин киэһэ алтаҕа диэри туох баар үлэҕин-хамнаскын, араас наадаҕын бүтэрэ-түмүктүү сатыыр түбүккэ киирэҕин.

Түүн аайы олбуордарын иһигэр суһал наадаларыгар сылдьааччы дьон уулуссаҕа: «Стой! Куда идешь»! «Пароль!», «Показывай пропуск!», «Стоять на месте!», «Немедленно стой!» – уо.д.а. хаһыылары истэллэрэ.

Бэл, саа тыаһа түүҥҥү чуумпуну уйгуурдара. Сарсыарда иһиллибитинэн, милииссийэ хонтуоратыгар элбэх дьону тутан аҕалбыттара иһиллэрэ: киһи ыалдьан суһал көмөҕө эмчити ыҥыра сылдьан түбэһээччи, кистээн көссүүлэһэр пааралар, бэл, суһал наадатыгар нууһунньук, эбэтэр олбуор муннугун-ханныгын көрдүү сылдьааччы түбэспит буолаллара. Биирдэ, бэл, түүҥҥү патруль «Стой! Куда идешь!» хаһыытын «истиэн баҕарбатах», төрүөҕүттэн таас дьүлэй киһини ытан кэбиспиттэрэ иһиллибитэ.

Ол гынан баран, олохтоохтор, ханныгын да иһин, сыыйа, комендантскай чаас иннинэ дьыалаларын-куолуларын бүтэрэргэ-оһорорго үөрэнэн барбыттара.

Куорат иһигэр мас-муус тиэйэн аһыыр-таҥнар элбэх дьон баар буолан, тэрилтэлэр уонна чааһынай да ыаллар «бур-бур» буруо таһааран олороллоро.

Быйыл күһүн, куорат иһигэр көһөн киирэн, үлэлээн аһаан-таҥнан олорор икки атастыылар – эдэр дьон, куорат байыаннай хамаандатын хаһаарыматыгар саһаан мас тиэйэн истилэр. Олбуор ааныгар кэлиилэригэр «Интернационалы» ыллаабытынан сулустаах хороох бэргэһэлээх, синьиэллээх, обумуоткалаах бачыыҥкалаах красноармеецтар этэрээттэрэ кэккэнэн тахсан кэллилэр:

«…Вставай, проклятьем заклейменный
Весь мир голодных и рабов!..
Кипит наш разум возмущенный
И в смертный бой вести готов!..»

Атастыылар сыарҕалаах аттарын кытта туоруу охсон биэрдилэр уонна соттор, хатыҥ миинньик тутуурдаах красноармеецтары көрөн турдулар:

– Арааһа, баанньыкка сууна бардылар!