banner banner banner
Илэ барбыттар
Илэ барбыттар
Оценить:
Рейтинг: 0

Полная версия:

Илэ барбыттар

скачать книгу бесплатно


Арай тиэнэн баран, сылайан, кабинатыгар утуйа сыттаҕына, ааны аһан, илэ бэйэтинэн суох буолбут доҕоро бу киирэн кэлбит, сирэйин утары олох көрбөт үһү. Ол олорон, аат харата ону-маны сэһэргэһэн кэпсэппиттэр. Онтон киһитэ: «Бээ, түргэнник айаннаа, утуйан тарайа сытыаҥ дуо? Куота оҕус!» – диэбит уонна, кабинаттан тахсаат, аанын ытыһынан иккитэ саайбыт (оннук үгэстээх эбит). Ол тыастан аҕам уһуктан олоро биэрбит, «ким тоҥсуйарый» диэн таһырдьаны өҥөйбүт, ким да чугас суох үһү. Онтон дьэ, түүлүн өйдүү түһээт, сэрэппит эбит диэн, айанныы турбут.

Мэҥэ Хаҥаласка кэлэн баран истибитэ, кини айаннаабыт күнүн кэнниттэн сүрдээх элбэх хаар түһэн, суол килиэ муус буолбут. Массыына бөҕө алдьаммыт, киһи өлүүлээх оһол тахсыбыт үһү.

АЛААС АБААҺЫТА

Эргэ өтөххө көстөр абааһы. Ардыгар өтөх аттыгар көмүллэ сытар дьон дууһата эбэтэр дьиэ иччитэ буолуон сөп. Хас да араастаах.

* * *

Дэриэбинэттэн икки көстөөх Куба Һаарбыт диэн сиргэ кыстаан, дэриэбинэ сылгытын бүтүннүү аһатан, бүөбэйдээн сылгыһыттар олорбуттар. Сураҕа, икки дьиэлээхтэр үһү: биирэ – утуйар, иккиһэ – күөстэнэн аһыыр-сиир сир. Кинилэр алаастарыгар былыргы өтөх баара үһү. Биллэн турар, балаҕан, сэргэ элбэх буоллаҕа. Олорбут дьон онно көмүллэн сыталлара да саарбаҕа суох. Биир сайыҥҥы сылаас күн доҕордуулар, аһыыр остуоллара кыратын сирэн, балаҕан иһиттэн былыргы төгүрүк остуолу ыларга санаммыттар. Арай остуолларын көтөҕөн таһаараары гыммыттара, ааҥҥа баппат эбит. Онуоха уолаттар, уһуну толкуйдуу барбакка, остуол сирэйин туура тардан, бэйэлэрин дьиэлэригэр киллэрбиттэр. Үөрэн-көтөн, астарын астанан аһыахча буолан эрдэхтэринэ, эмискэччи иэдээн сыты-сымары кытта тэҥҥэ ким эрэ ыараханнык тыынара иһиллибит. Уолаттар куттанан, остуолларын төттөрү таһааран, балаҕаҥҥа илдьибиттэр уонна көмүлүөгү оттон, иччилэри аһаппыттар, алы гынарыгар көрдөспүттэр. Ол курдук, кырдьаҕас сөбүлээбэтэҕин биллэрбит. Саамай дьиктитэ, төттөрү киллэрэллэригэр остуол олус холкутук ааҥҥа баппыта үһү.

Эдэр дьон, өтөх дьиэ малын-салын мээнэ тыытымаҥ. Уоту, сири-дойдуну аһата сылдьар буолуҥ.

* * *

2021 сыллаахха сайын хаһыа да буолан Амма өрүскэ сынньана диэн хомунан-тэринэн айаннаатыбыт. Аммаҕа сылдьыбатахпыт ырааппыт. Массыынаны бэйэм ыытабын, дьүөгэлэрим маҥнай кэпсээн-ипсээн бөҕө буолан баран, улам-улам саҥалара аҕыйаан, ким утуктаан утуйан, ким миигин аралдьытаары санаан кэлэ-кэлэ саҥаран, син өр соҕус айаннаан истибит. Амма бөһүөлэгэр сарсыарда суһуктуйуута тиийэн, тыраасса ойууруттан тахсааппытын кытта, дохсун ардах курулуу түстэ. Кустук дьэрэкээн өҥө саҥа тахсан эрэр сайыҥҥы күҥҥэ дьиримнии оонньоото. Салгыы айанныахпытын, ардах өссө күүһүрэн, туох да көстүбэт буолла, онон, барбахтыы түһэн баран, суол кытыытыгар көнө сири булан тохтоотум уонна кириэһилэбин сытыаран, утуйан хааллым. Кыргыттар ууларын быыһыгар: «Ээ, ардах…» – эрэ диэн хааллылар. Мин утуйан иһэн, испэр сирбин алаадьынан аһатыахпын санаан, сылайбытым бэрт буолан, сүтэн хааллым.


Вы ознакомились с фрагментом книги.
Для бесплатного чтения открыта только часть текста.
Приобретайте полный текст книги у нашего партнера:
Полная версия книги
(всего 10 форматов)