скачать книгу бесплатно
Илэ барбыттар
Елена Уран
Хараҥа хостон ыҥырар сибиэн сипсиэрэ, амырыын сыттаах күлүк киһи, өлүү аргыстаах хара бэкир… Кинигэҕэ киирбит түбэлтэлэр – илэ барбыттары көрбүт дьон кэпсээннэрэ – киһи куйахатын күүрдэллэр, этин сааһын арыйаллар.
Эта книга заставит почувствовать пробирающий до костей страх, который испытали герои рассказов при встрече с неизведанными существами. Призраки со склизкой холодной плотью, голос из ниоткуда, тени со смердящим запахом… В сборник включены истории из реальной жизни. Погрузись в параллельный мир, загляни по ту сторону смерти.
Илэ барбыттар
ХАРА БЭКИР
Киһиэхэ маарынныыр, ааны сабардыыр улахан уҥуохтаах, сирэйэ көстүбэт, күлүк курдук устан хаамар абааһы. Тыыннаах киһилиин бэрт былдьаһар адьынаттаах.
Эһэм биир түбэлтэни кэпсээбитин өйдөөн хаалбыппын. Кини кыра сырыттаҕына, саха ыалын сиэринэн, дьоно күөххэ үктэннилэр да сайылыкка көһөллөр эбит. Эмиэ биир оннук сайыҥҥы киэһэ оҕолору кытта таһырдьа туста, оонньуу сылдьыбыттар. Киэһэрэн, сылайыахтарыгар диэри мэниктээн баран, сынньана таарыйа, күөх окко төгүрүччү олорбуттар. Саамай улаханнара Сүөдэркэ күүстээх быһыйдар тустарынан омуннаах-төлөннөөх кэпсээнин истэн, кулгаах иччитэ буолбуттар. Арай барыларыттан кыралара Дьөгүөркэ уол: «Хайалара эрэ биһиэхэ ыалдьыттыы кэллэ-э! Иэхэйбиин, кэһии сиир киэһэбит буолла!» – диэн саҥа аллайбыт. Бары балаҕан дьиэ диэки эргиллэн көрбүттэрэ – хаһан да харахтаан көрбөтөх хап-хара сүүнэ улахан киһи халҕаны тэлэччи аһан, иһирдьэ киирбит. Улахан тымтай сүгэһэрдээҕин иһин оҕолор барахсаттар кэһиилээх дии санаабыттар. Түргэн үлүгэрдик тэлгэһэҕэ сүүрэн тэбинэн тиийбиттэр. Дьиэҕэ киирэн истэхтэринэ, ынырык куһаҕан сытыйбыт сыт муннуларыгар саба биэрбит. Иһирдьэ ким да көстүбэт эбит. Арай түгэх быыс нөҥүө Охонооһой оҕонньор ыарыыта бэргээн, айаккалыы-ойокколуу, ынчык-хончук буола аҕай сытаахтыыр эбит. Оҕолор кутталларыттан саҥата суох барбыттар.
Дьонноро киэһээҥҥи ыам кэнниттэн киирбиттэригэр, уолаттар туох буолбутун кэпсии тоһуйбуттар. Ханнык эрэ сүгэһэрдээх ыалдьыт балаҕан иһигэр киирэн баран, сииктии симэлийбитин бары да дьиктиргээбиттэр. Саамай кырдьаҕас дьукаахтара Даайа эмээхсин ытамньыйан ыла-ыла: «Туох аанньаҕа көстүөҕэй? Охонооһойбун сиэри кэлэ сырыттаҕа!» – диэхтээбит.
Кырдьык, ол киэһэ оҕонньор бэргээн, сарсыныгар таҥаралаабыт.
* * *
Биһиги аймах, мин оҕо эрдэхпинэ, үс ыал буолан биир дьиэҕэ олорорбут. Хас киэһэ ахсын оҕолор араас абааһылаах, иччилээх түбэлтэлэри кэпсэтэрбит.
Биирдэ бырааппын кытта дьиэ иһигэр мэниктии, оонньуу сылдьан көрдөхпүнэ, хоһум аанын иннинэн сэлээппэлээх хап-хара күлүк курдук киһи ааста. Ону бастаан утаа улахаҥҥа уурбатым. Ол кэннэ хас да хонон баран, биир киэһэ эмиэ мустан түбэлтэ кэпсэттибит. Ким да тугу даҕаны кэпсиирэ суох буолбутугар, хара киһини санаан кэлэн, кэпсээн бардым: «Мин манна ааспыкка хара киһини көрбүтүм», – диэн саҥа саҕалаан истэхпинэ, балтым быһа түстэ: «Мин эмиэ баттахпын сууна туран көрбүтүм. Хайдах эрэ сэлээппэлээх курдук этэ…» – диэн илиитинэн көрдөрдө. Дьэ онно кутталбыттан саҥам тахсыбат буолан хаалбыта. Ама, кырдьык, кимэ-туга биллибэт биир киһини иккиэн көрбүппүт буолуо дуо?..
* * *
Арай биир күhүн икки доҕордуулар балаҕан курдук быһыылаах, хаарбах туруктаах, эркинин быыһынан курдаттыы көстө сылдьар эргэ үүтээҥҥэ кэлэн, хонон-сынньанан ааhаары тэриммиттэр. Чугастыы улахан күөллээх алаас баар эбит. Киэhээҥҥи күөстэрин өрүнэн, аhаан-сиэн баран, доҕордуулартан биирдэстэрэ ол алааска кус маныы барар буолбут. Иккис киhи ытын илдьэ үүтээҥҥэ хонордуу оҥостон сыппыт. Кини саҥардыы нухарыйан эрдэҕинэ, ыта үрэн баргыйбыт. Соhуйан уhукта биэрбит, арай чугас соҕус мас тостор тыаhа иhиллэр эбит. Тайах, тыатааҕы буолуо диэн, сэрэхэдийэн, саатын ииппит. Мас тостор тыаhа олус улахан эбит, ол иһин тыатааҕы диэн саараабакка, кэтээн, саатын тыас диэки тирээн олорбут. Арай үүтээнин алдьаммыт эркинин быыһынан ыйдаҥа уотугар сүүнэ күлүк көстүбүт, ыта биир кэм ньап-ньааҕынас буола түспүт. Күлүк курдук устар хара бэкир киhи үүтээни тула эргийбит, ынырык сыт саба биэрбит. Алдьаммыт эркин быыһынан күлүк ханан көстөр да, киһи ол хоту, саатын иитэ-иитэ, дэлби ытыалаан испит. Бэкир, аны кэлэн, хаптаhын ааны тардыалаабыт. Аан хатыыра, баара-суоҕа быа буолан, төлө барбыт. Ыт бэкиргэ саба түhэн охсуhа сатаабыт. Булчут эмиэ кыҥыы-кыҥыы ытыалаабыт. Саа тыаhын истэн, алааска барбыт киhитэ сүүрэн, аҕылаан-мэҥилээн кэлбитэ, үүтээннэрэ бүтүннүү алдьанан сууллубут, урусхал быыһыгар төбөтө суох ыт өлүгэ эрэ сытар эбит. Доҕорун көрдөөн, ыҥыран хаhыытыы сатаан баран, дэриэбинэҕэ «эhэ буулаата» диэн тыллыы барарга быһаарыммыт. Быhалыы диэн, аттынааҕы алааhынан баран иhэн, өйө суох сытар киhитин уу кытыытыттан булан, сүгэн дэриэбинэҕэ илдьибит.
Киhилэрин өйүн булларан, син бэттэх аҕалбыттарын кэннэ, туох буолбутун кэпсээн биэрбит. Ол булчут барахсан сотору буолаат, уhаабакка ыалдьан өлбүт. Хара бэкир киhи туһунан кырдьаҕастарга кэпсээбитин ким да туох да диэн сылыктаабатах. Баҕар, абааhы буолуо, баҕар, чучунаа да буолуон сөп… Ити курдук киhи таайбат дьиктитэ элбэх.
* * *
Алын кылааска үөрэнэ сылдьан биир кыыһы дьүөгэтэ эбэлээҕэр хоно барсарыгар көрдөспүт. Кыыс сөбүлэспит. Эбиэт кэннэ үөрэнэн бүтэн, хонуохтаах ыалыгар тиийбит. Кыыс көрдөҕүнэ, тэлгэһэ иһигэр биир да тыллыбыт мас, үүнээйи суох, барыта иинэн-хатан хаалбыт тииттэр эрэ тураллар эбит. Дьэ киирэн чэйдээн, оонньоон, кэпсэтэн баран, киэһэ оҥостон сыппыттар. Кырдьаҕастар тута утуйан хаалбыттар. Кыргыттар кэпсэтэ сатаан баран, ырыа ыллаабыттар. Арай ыраах кинилэр ырыаларын ким эрэ үтүктэн ыллаһарга дылы үһү. Оҕолор куттаммыттар уонна түргэнник утуйарга санаммыттар. Саҥа нухарыйан иһэн иһиттэхтэринэ, тэрээһэ аана аһыллыбыт. Кыргыттар эһэлэрин уһугуннаран: «Ким эрэ киирдэ», – диэбиттэр, онуоха оҕонньор: «Туох ааттаах айманныгыт? Ааны хатаан сыппытым», – диэн мөҕүттэ-мөҕүттэ таһырдьа тахсан көрбүтэ, ким да суох, аана хатыылаах эбит. Оҕолорго аны уһугуннарбаттарын курдук этэн баран, оҕонньор хоһугар киирбит.
Кыргыттар уоскуйан, саҥа утуйан эрдэхтэринэ, аны дьиэ аана аһыллар тыаһа иһиллибит. Оҕолор кутталларыттан суорҕан иһигэр саспыттар. Иһиттэхтэринэ, үһүөлэр дуу, төрдүөлэр дуу эбит. Киирээт, иһити-хомуоһу күөрэ-лаҥкы тутан, тыаһаан-ууһаан барбыттар, магнитофону холбообуттар. Кыргыттар кутталларыттан суорҕаны тардыаласпыттар, дьүөгэтэ былдьаан ылбыт. Суорҕана суох кыыс хараҕын быһа симэн сыттаҕына, ким эрэ кинилэр хосторугар киирэрэ иһиллибит. Хараҕын быыһынан уоран көрбүтэ, сүдү улахан хара бэкир киһи кинилэри одуулаан аҕай турар үһү. Оннук син балай да уһуннук туран баран, төттөрү тахсан барбыт. Ол тыаһы иһиллии сытан оҕолор утуйан хаалбыттар. Сарсыарда туран көрбүттэрэ, ханна да иһит алдьаммыта көстүбэт, барыта орун-оннугар турар эбит. Кыыс кэлин билбитэ, дьүөгэтэ ити баҕайылар кэлэллэрин билэр эбит, ол иһин кинини доҕор оҥостоору илдьэ барбыт.
* * *
Биир оҕонньор өрүү үрүсээктээх сайылыкка тахсар үһү. Барар суола киһи уҥуоҕунан ааһар эбит. Хас сырыы аайы ол аттынан истэҕинэ, сүгэһэрэ ыараан хаалар үһү. Ол туһунан оҕонньор аһаҕас эттээх эмээхсиҥҥэ кэпсээбит, кини: «Сарсын халлаан хараҥара илигинэ, онон ааһаар, мин ыраахтан көрүөҕүм», – диэбит. Сарсыныгар оҕонньор, эмээхсин эппитин курдук, баран истэҕинэ, кэнниттэн атах тыаһа ситэн кэлбит уонна сүгэһэрэ эмиэ ыараан хаалбыт. Онтон киһи уҥуохтарын ааспытын кэннэ, сүгэһэрэ чэпчии түспүт. Оҕонньор сайылыгар тиийбит. Сотору буолаат эмээхсинэ эмиэ кэлбит уонна аны атын суолунан сылдьарыгар сүбэлээбит: «Ити сиринэн бараргар хара киһи олорсор», – диэт, тахсан барбыт.
Эмээхсин, хара киһини көрбүтүн кэннэ, хараҕа суох буолбута үһү.
* * *
Хас да сыллааҕыта убайым биһиэхэ Намтан экстрасенс дьахтары таһаара сылдьыбыта. Кини икки дьүөгэтин батыһыннара сылдьара. Кэлэн иһэн аара суолга тохтообуттар. Арай салгыы айаннаары гыммыттара, массыыналара бытааран хаалбыт. Иһиттэҕинэ, дьахталлар: «Дьэ ити олоруста, ханна тиийэн түһэр?» – диэн кэпсэтэллэр үһү. Радиаторын уута оргуйан, убайым эрэй бөҕөнү көрбүт этэ. Оннук айаннаан иһэн, Кэҥкэмэ үрэххэ тохтообуттар. Убайым, ыгылыйан, таһырдьа тахсан табахтыы турдаҕына, дьахталлара эмискэ: «Чэ, түргэнник массыынаҕа олор, бардыбыт!» – дэспиттэр. Хоҥнон иһэн, убайым массыынатын сиэркилэтинэн кэннин диэки көрбүтэ – уп-улахан, хап-хара киһи суол кытыытыгар туран хаалбыт үһү. Ол кэнниттэн, хата массыыналара моһуоктаабакка, түргэнник айаннаан кэлбиттэр.
* * *
Бу түбэлтэни миэхэ убайым кэпсээбитэ. Ити быһа барыллаан 2000 сыллар саҕаларыгар буолбут.
Убайым Никиитэ кулууп үлэһитэ. Биир күн киниттэн оскуолаҕа остуорастыыр доҕоро: «Бу түүн солбуйуоҥ дуо?» – диэн көрдөспүт. Никиитэ соччо баҕарбатар да, доҕоро онно-манна элбэхтэ абыраабыт буолан, сөбүлэспит. Дэриэбинэбит оскуолата эргэ. Быһа холоон сэрии кэнниттэн тутуллубут дьиэ.
Дьэ дьуһуурустубаҕа тахсыахтаах бириэмэтэ кэлэн, киэһэ тоҕуһу ааһыыта оскуолатыгар барбыт. Тиийбитэ, муоста сууйааччы кыыс тахсан баран эрэр эбит. Убайым кинини кытта биир-икки тылынан кэпсэтэн баран, киирэн аанын хатаммыт, кылаастары кэрийэн батарыайалары бэрэбиэркэлээбит уонна остуорас утуйар хоһугар тэлэбиисэр холбоон көрө олорбут. Биһиги оскуолабыт уруккуттан «баардааҕынан» аатырара. Онон, куттанан, хоһун да, көрүдүөрүн да уотун араарбатах. Ол олорон утуйан хаалбыт.
Түүн үөһүн саҕана уһуктан кэлбитэ – хабыс-хараҥа. Хоһун уота суох. «Хайдах-хайдаҕый?» диэн дьиктиргиир. Арай дьыбааныттан туруохча буолан иһэн көрбүтэ, уун-утары олоппоско киһи күлүгэ барыйан олорор үһү. «Бэйи эрэ, ааммын хатыырга дылы гыммытым ээ. Хайалара киирэн бачча хараҥаҕа саҥата суох олордоҕой?» – диэн саныы-саныы, туран кэлбит. Ол икки ардыгар били киһитэ эмискэ ойон турбут да, Никиитэ хабарҕатыгар түспүт. Хараҥа хоско булумахтаһыы буолбут. Убайым тыын былдьаһан хабарҕатын хам туппут кытаанах илиини араара сатаабыт да, кыайбатах. Онтон эмискэ, чыпчылыйыах бэтэрээ өттүгэр, күлүк киһи сүтэн хаалбыт.
Убайым өйдөнөн кэлбитэ, муостаҕа тобуктаан турар эбит. Хоһо хабыс-хараҥа. Сүүрэн тиийэн уоту умаппыта – ким да суох, уу чуумпу. Барыта хайдах эрэ түүл-бит курдук үһү. Никиитэ: «Һуу, хата түүл эбит. Ама, ким кэлэн хабарҕалаабыт үһүнүй? Баттаппытым тугун сүрэй», – диэн бэйэтин уоскутуммут.
Сарсыарда буолуор диэри туох да биллибэтэх. Барыта этэҥҥэ ааспыт. Тоҕус чаас саҕана оҕолор, учууталлар кэлитэлээн барбыттар, убайым дьиэлээбит. Арай дьиэтигэр тиийэн, сууна туран сиэркилэҕэ сирэйин көрүммүтэ – хабарҕатыгар түөрт тарбах суола хаалбыт. Дьэ онно кини этин сааһа аһыллан, куттанан, түүл буолбатаҕын өйдөөбүт.
Ити кэннэ икки күн буолан баран, Никиитэ улаханнык ыалдьан балыыһаҕа киирбитэ. Хата, биһиги дьолбутугар, киһибит өтөр соҕус буолан баран, өрүттэн атаҕар турбута. Билигин кини баар, этэҥҥэ олорор.
ТҮҮҤҤҮ ЭР
Соҕотох олорор дьахталларга – түүҥҥү эр, соҕотох эр дьоҥҥо дьахтар кэлэрэ былыр-былыргыттан кэпсэнэр. Билигин наука бу феномены үөрэтиинэн дьарыгырар, научнай терминэ – «инкуб».
* * *
Биир сайын, сайылыкка олорор кэммэр, түүн үөһэ уһуктан кэллим. Арай хаһан да көрбөтөх билбэт уолум дьиэм иһигэр киирдэ уонна миигин кытары кэпсэтэн барда. Мин кимин ыйытыахпын баҕарабын эрээри, аны өһүргэтиэм диэн ыйыппаппын, хайдах дьиэ иһигэр киирбитин хас да төгүллээн туоһулаһа сатыыбын да, «куттаныаҥ» диэн эппэт. Оннук ыйыт да ыйыт буолбуппун иһин быһыылаах: «Эн да, Нарыйа да арыйбата», – диэтэ. Аны кинини таарыйбыт миэстэм ибис-инчэҕэй буолан хаалар. Халлаан сырдыыта тахсан барда, кэнниттэн ааммын хатаары турбутум – хатааһыннаах, дьиксинним эрээри, улахаҥҥа уурбакка, киирэн утуйан хааллым.
Сарсыныгар санаа бөҕөҕө түстүм. Онтон үс хонон баран, үлэбэр тахсарым саҕана, Нарыйабын уһугуннаран, «тахсыах» диэбиппэр, кыыһым: «Ээх, сөп, билигин туруом», – диэн баран, утуйан хаалбыт этэ. Мин бара турбутум.
Тиийэн үүт тутан, собуокка ыытан бүттүм, кыыһым ол тухары суох. Титииккэ собус-соҕотоҕун хаалан, улахан үүт иһиттэрин сууйа сырыттахпына, аан таһынан били түүн киирэ сылдьыбыт уол ааһан иһэрин көрөн, тутатына кэнниттэн сүүрэн таҕыстым – чугаһынан да, ырааҕынан да ким да суох. Онно дьэ тута куйахам күүрбүтэ, киһи буолбатаҕын чопчу өйдөөбүтүм.
* * *
90-с сыллар ортолоругар этэ. Оччолорго мин ахсыс кылааһы бүтэрбитим. Ийэм сайынын ыанньыксыттыыр буолан, сайылыкка көстүбүт. Дьон кэпсииринэн, иччилээх, абааһылаах сайылык этэ.
Көһөрүллэн кэлбит үс кыбартыыралаах балыыһа дьиэтэ баара. Бу дьиэҕэ дьахталлар хоойдоругар киирэр иччи туһунан дьон арааһы кэпсиир этэ. Онно биир кыбартыыратыгар уолаттар, убайдааҕым, хоноллоро.
Биир күн күнүс эдьиийбиниин онно тахсан кэпсэтэ-ипсэтэ, сэкириэттэһэ сытан, устунан утуйан хааллым. Уолаттар сөтүөлүү барбыт кэмнэрэ этэ. Арай уһуктан кэлбитим, эдьиийим суох. Тура сатаатым да, ким эрэ баттыыр курдук. Куттанан бардым. Хаһыытыыбын да, саҥам тахсыбат. Арааһа, баттата сытабын быһыылаах диэн, бэйэм-бэйэбин уһугуннараары кымаахтыы сатыыбын эрээри, илиим да, атаҕым да хамсаабат. Нэһиилэ төбөбүн өндөтөн көрбүтүм – орон таҥаһын бүрүнэн туох эрэ сытар. Кутталбыттан олох иэдэйдим. Арай кулгаахпар саҥа иһилиннэ: «Куттаныма», – диэн сибигинэйэр. Онтон эмискэ утары аан аһылынна уонна эдьиийим киирэн кэллэ. Киһим миигин көрөн баран турда. Аргыый аҕай түннүккэ хааман кэлэн, кинигэ аахпыта буолла уонна хараҕа син биир мин диэки. Үөхсэ сатаатым, хаһыытыы сатаатым – истибэт. Онтон арай оронум (тимир буруһууна) «тилир» гына тыаһаата да, туох эрэ туран барда быһыылаах, чэпчээн хааллым. Хаһыым дьэ таҕыста. Эдьиийбин: «Тоҕо уһугуннарбаккын? Баттата сыттым», – диэн дэлби мөхтүм. Ону эдьиийим: «Хараҕыҥ быччайан тахсаары гыммыт курдук, биир сири тобулу көрөн баран сытар этиҥ буолбат дуо, өссө мин туох буоллаҕай диэн кэтии турбутум», – диэтэ. Онтон дьэ өйдөөн, кутталбытыттан таһырдьаны былдьастыбыт, дьиэбитигэр сүүрэн тиийэн дьоммутугар кэпсээтибит. «Аны хаһан да ити дьиэҕэ кииримэҥ» – диэн боптулар. Ол абааһы дьахталларга эрэ киирэр идэлээх эбит, түүллэригэр эмиэ көрөллөр үһү – уһун уҥуохтаах сырдык киһи диэн кэпсииллэрэ.
* * *
Биирдэ хоско утуйа сытар дьүөгэм хаһыытыттан уһуктан кэллим. Уоту холботтордо, ол эрээри тугу да кэпсээбэтэ, уоскуйан баран, салгыы утуйдубут.
Сарсыарда биирдэ чэйдии олорон түүлүн кэпсээтэ. Арай киирэр ааны көрө сытар үһү, онно эр киһи киирбит даҕаны, киниэхэ уун-утары сүүрэн кэлэн, илиитэ ыалдьыар диэри ыга туппут. Мин күлүү гынааччы буоллум: «Ити баар, эрдэрэ суохтарга түүнүн абааһы кэлэр үһү», – диэтим уонна бэйэм эмиэ табаарыһа суохпуттан сонньуйа быһыытыйдым.
Нэдиэлэ курдук дьүөгэм «аанынан өҥөйбүтүн көрдүм, куукунаттан өҥөйбүтүн көрдүм» диэн кэпсээтэ уонна «түүл буолуо» диэн бэйэтэ бэйэтин уоскутунар.
Биир түүн утуйа сытан туох эрэ тыаһыттан уһугуннум дуу, баттаттым дуу. Ол курдук түүл уонна илэ икки ардынан сыттахпына, арай аан ойоҕоһуттан хараҥаҕа киһи быгыалыыр. Мин: «Ааммытын хатаабатахпыт, – дии санаан: Итириктэр киирбиттэр!» – диэн хаһыыран эрдэхпинэ, үрдүбэр ким эрэ ыстанна. Ыйааһына ыарахана сүр. Мин утарылаһан көрдүм, таарыйдахпына – этэ-сиинэ барыта быччыҥ, кылгас соҕус сымнаҕас түүлээх, төрүт сыгынньах быһыылаах. Арай сыллыыр-ууруур, мин баттата сытабын быһыылаах диэн туора хайыстым. Түүл диэн бэйэбин уоскутуннум. Ол эрээри чахчы илэ курдук. Ол «сыллата-сыллата» утуйан хааллым. Сарсыарданан уһукта биэрбитим – өссө да үрдүбэр сытар эбит. Халлаан сырдаабытыгар көрбүтүм, этэ-сиинэ бороҥ түүлээх, сирэйин көрдөрүмээри төбөбүн илиитинэн баттыыр. Оннук мучумааннана сытан эмиэ утуйбуппун. Сарсыныгар дьүөгэм: «Баттатан аҕай биэрдиҥ», – диэтэ, мин барытын кэпсээтим уонна баттаттахпытына бэйэ-бэйэбитин уһугуннарыах буоллубут. Доҕотторбутун аҕалан хоннордубут, дьоммутугар баран хоно сырыттыбыт. Ол эрээри кэлин, атын да дьиэҕэ көһөн баран, аан нөҥүө өҥөйөн турарын нухарыйа сытан көрөр этим, «чугаһаама» диэн санаабар бардьыгыныырым. Ардыгар ороммор кэлэн олороро, хоспор хаамыталыыра. Онтон биир уолу көрсөн, ыал буолуохпут иннинэ, «түүнүн туох эрэ көхсүбүн үтүөлүүр, аантан өҥөйөр, эн үрдүгэр олорор» диэн баттатар буолбутугар ыраастаппыппыт. Ол кэннэ хата кэлин буулуу илик.
ААННЬАЛ
Киһини араҥаччылыы, көрө-харайа сылдьар күүс. Аанньалыҥ төрүөххүттэн аттыгар баар буолар, араас оһолтон сэрэтэр, көмүскүүр.
* * *
Кыра эрдэхпиттэн ол-бу араас дьиктини, таайыллыбаты көрөбүн. Билигин оҕо эрдэҕинээҕим курдук куттаммаппын. Бастаан хара күлүктэри эрэ көрөрүм. Онтон сотору кэминэн ол күлүктэр илэ көстөр буолбуттара.
Биирдэ ийэм олус улаханнык ыалдьан, орон-тэллэх киһитэ буолбута. Кини утуйар хоһо мин хоһум утары турар буолан, хайдах сытарын көрөр-истэр этим. Ол иһин сарсыарда утуйан турдум да, тутатына хараҕым ийэбэр быраҕыллара. Биир күн сарсыарда ийэм олус минньигэстик утуйа сытара. Харахпын кыл түгэнэ киниттэн арааран, суорҕаммын көннөрдүм, онтон эмиэ көрбүтүм, арай ийэм аттыгар ким эрэ турар курдук. Өйдөөбүтүм – хара уһун синньигэс туох эрэ үөһэттэн кинини одуулуу турарга дылы. Уонна чыпчылыйыах бэтэрээ өттүгэр сүтэн хаалла. Мин куттанан, уолуйан, суорҕаным анныгар түстүм. Бу туһунан кимиэхэ да сатаан эппэтэҕим.
Ити түгэн сыыйа умнуллубута. Ийэм сотору кэминэн үтүөрэн барбыта. Атаҕар туран, аҕыйах күнүнэн сүүрэ сылдьар буолбута.
Биир үтүө күн, туохха эрэ тэһэ бэрдэрэн, ити ааспыт дьикти түгэни санаан кэлэммин, ийэбэр кэпсээбитим. Онуоха кини ол күлүк кэлэн эмтээн, алҕаан барбытын эппитэ. Ол ийэм аанньала сылдьар эбит. «Төрүттэрбит куруук араҥаччылыы, кэтии сылдьаллар…» – диэн элбэҕи кэпсээбитэ. Онон, түмүктээн эттэххэ, ити көстөр дьиктилэрбит куһаҕаҥҥа эрэ буолбакка, үчүгэйи түстээн эмиэ көстүөхтэрин сөп.
* * *
Сэбиэскэй былаас саҕана буолбут түбэлтэ. Сайын үгэннээн турар кэмигэр биир пиэрмэ ыччаттара оттуу сылдьыбыттар. Үлэ бириэмэтэ бүтэн, сайылыктан дэриэбинэҕэ илдьэр былыргы ЗИЛ массыына кузовыгар олорсубуттар. Айаннаан иһэн кыргыттар ырыа-тойук, уолаттар кэпсээн-ипсээн бөҕө буолбуттар. Биир уол айдаантан куотан, массыына кабинатыгар олорсубут. Ол иһэн көрдөхтөрүнэ, аара суолга икки эмээхсин сэргэстэһэ хаамсан иһэллэр эбит. Ону суоппар тохтоон иккиэннэрин кузовыгар олордубут. Кэннигэр баар ыччаттар эмээхситтэргэ үөһэ тахсалларыгар көмөлөспүттэр. Ити бириэмэҕэ хатыҥыр эмээхсин урут тахсан баран, кабина түннүгүттэн чугас олорбут уонна иһирдьэ баар уол диэки дьикти баҕайытык көрөн ылбыт. Уол симиттэн туора хайыспыт. Салгыы айаннаабыттар.
Дэриэбинэлэригэр чугаһаан иһэн уол кузовка баар дьону өҥөйөн көрбүтэ – ыччаттары кытта биир эрэ эмээхсин олорор эбит. Уол соһуйа санаабыт. Онтон тиийэн, тохтообуттарын кэннэ: «Эмээхситтэр иккиэлэр этэ дии, биирдэстэрэ ханна баарый?» – диэн ыйыталаспыппар, бары «биир эрэ эмээхсин олорсубута ээ» дэспиттэр.
Уол, итэҕэйбэккэ, эмээхсинтэн эмиэ ыйыппытыгар, анарааҥҥыта: «Хас да биэрэстэни соҕотох хааман иһэн, эһиги массыынаҕытын көрөн олус үөрбүтүм, мин суос-соҕотох этим, аттыбар ким да суоҕа!» – диэбит.
Кэлин бу эмээхсин өссө хас да сыл этэҥҥэ сылдьан, хос сиэннэригэр тиийиэр диэри уһуннук олорбут. Ону кэлин: «Арааһа, Иэйэхситим аттыбар сылдьыбытын, били аһаҕас эттээх уол көрбүт буолуон сөп», – диэн кэпсиирэ үһү.
* * *
Бу түбэлтэни эдьиийим кэпсээбитэ. Биирдэ кини Өлүөнэ очуостарыгар сылдьан ууга түһэн өлө сыспыттаах.
Эдьиийим дьүөгэтин кытары сиэттиспитинэн уу кытыытынан хаамыталыы сылдьан көрдөхтөрүнэ, кинилэртэн олох чугас биир дьахтар сөтүөлүү сылдьар эбит. Хайдах эрэ балык курдук дьикти баҕайытык харбыырын муодарҕаан кэтээн турбуттар. Арай дьахтардара, кинилэр диэки хайыһаат, түөһүгэр диэри ууттан быган туран, ыҥыртаан илиитинэн сапсыйбыт. Иһиттэхтэринэ, «манна кэлиҥ, наһаа үчүгэй!» диирдии саҥарар үһү. Тута эдьиийим ааҕы туох эрэ күүс иннилэрин диэки хаамтарар курдук буолбут. Өйдөнөн кэлбиттэрэ, олус дириҥҥэ киирэн хаалбыттар… Эдьиийим барахсан үрүҥ күн сырдыгын иһин охсуһуута саҕаламмыт. Аны туран, кини кыайан харбаабат. Уу анныгар биирдэ баар буолбутун эрэ өйдөөбүт. Ууну ончу иһиэ суохтаахпын диэн, тыынын хаайа сатаабыт. Тимирэн иһэн көрдөҕүнэ, күнэ үөһэ күлүмнээн көстөрө үһү. Эдьиийим, өйүн сүтэриэн иннинэ, туох баар санаатын түмэн үрдүк күүстэртэн көрдөспүт. Түлэй-балай баран истэҕинэ, уу түгэҕиттэн туох эрэ өрө анньарга дылы буолаатын кытта, өрүс үрдүгэр дагдас гыммыт. Уоннааҕытын өйдөөбөт. Кытылга тахсан баран, биирдэ тыынын ылбыт. Үс уол соһон таһаарбыттар үһү. Өллө диэн эрдэхтэринэ, хата эдьиийим өйүгэр кэлбит. Дьүөгэтэ туох да буолбатах, бэрт эрэйинэн бэйэтэ харбаан тахсыбыт.
Дьиктитэ диэн, ол дьахтары кинилэртэн ураты ким да көрбөтөх. Эдьиийим ууга тимирэн эрдэҕинэ, «халлааҥҥа сылгы кистээбитэ уонна ол кэнниттэн кыыс ууттан күөрэйэн тахсыбыта» диэн кэлин дьон кэпсээбиттэр.
* * *
Сэрии эрэ иннинэ буолбут түбэлтэ. Сайын ортото, от үлэтин үгэнэ этэ. Аҕам өрүс уҥуор оттуу сылдьара. Мин ийэбиниин холкуос пиэрмэтин сайылыгар хас да ыалы кытта дьукаахтаһан олорбуппут. Ийэм ыанньыксыттыыра. Холкуос сүөһүтүн кытта бэйэбит аҕыйах ынахтаах этибит. Арай биир киэһэ саамай үүттээх ынахпыт кэлбэтэ. Ийэбиниин үлэбитин үмүрүтүөхпүтүгэр диэри – мэлигир. Хайыахпытый, түүннэри көрдүү барыахпыт дуо? «Сарсын кэлэр ини» дии санаан утуйдубут. Сарсыныгар даҕаны ынахпыт суоҕун курдук суох. Ийэм үүттээх ынаҕын сүтүктээн санаа бөҕөҕө түстэ. Миигин күнүскү ыам кэнниттэн көрдүү барарбар соруйда. Мин, төһө да уончалаах эрэ киһи буолларбын, бүтүн ынах сүтэрэ биһиэхэ охсуулааҕын өйдүүрүм. Чэйдии охсоот, ынахпын көрдүү бардым.
Бастакы омуммар сүүрүү-хаамыы былаастаан чугас алаастары бүтүннүү кэрийдим да, булбатым. Ити сырыттахпына, киэһэрэн барда. Мин тэйиччи сытар алаастары кэрийэр санааланным. Бэрт уһуннук хаамтым. Сылайдым, аччыктаатым. Үөн-көйүүр бөҕө түстэ. Ону ол диэбэккэ «ынахпын эрэ булбут киһи» диэн баҕа санаалаахпын. Сайыҥҥы күн саҕахха саста. Халлаан боруҥурда. Мин олох сылайан иэдэйдим.
Арай биир кыракый соҕус алааска ампаар дьиэ турарын көрдүм. Сырам-сылбам эстэн, ол дьиэҕэ киирэн, борук-сорукка наара ороннор баалларын көрөн, хаҥас диэки бардым, онно сытынан кэбистим. Сылайбытым бэрт буолан, тоҥорбун да билбэккэ, утуйан хааллым. Өр дуу, өтөр дуу буолан баран, түүл эбитэ дуу, илэ эбитэ дуу, киһи саҥата иһилиннэ: «Нохоо! Мантан тур! Атын сиргэ баран сыт!» – диэтэ. Хаста да хатылаата. Мин турбатым, түүл дии саныыбын. Онтон эмискэ ким эрэ көтөҕөн ылла быһыылаах уонна атын сиргэ илдьэн сытыаран кэбистэ. Уубар тартаран салгыы утуйан истэхпинэ, туох эрэ «күр» гына тыаһаата. Мин аһара сылайбыт буолан, онно эрэ кыһаллыбатым. Оннук олус кытаанахтык утуйан турбутум, күн үөһэ ойбута ырааппыт этэ. Арай өйдөөбүтүм – бэҕэһээҥҥиттэн букатын атын сиргэ – уҥа диэки наа- раҕа сытар эбиппин. Түүн кэлэн сыппыт сирбэр өһүө маһа тостон түспүт этэ.
* * *
Биир элбэх этээстээх дьиэҕэ улахан баһаар баран, соторутааҕыга диэри оҕо-уруу саҥатынан туолан турбут, үгүс киһи көмүс ньээкэ уйата буолбут дьиэ күлгэ-көмөргө кубулуйбутун аҥаардас көрүөххэ да ынырык этэ. Ол эрээри күнүс дьон бары үлэлэригэр буолан, хата ким да уокка былдьамматаҕа. Арай биир кыыс түүҥҥү дьуһуурустубаттан кэлэн, баһаар кэмигэр утуйа сыппыт да, дьолго, тыыннаах ордубут. Кыыс хайдах уһуктан быыһаммытын маннык кэпсээбитэ:
– Олус үчүгэйдик утуйа сыттахпына, арай ийэм киирэн кэллэ уонна: «Тоойуом, тур-тур, тур», – диир. Мин тоҕо эрэ кини бэлиэр биһиги ортобутугар суоҕун билбэт курдукпун, соһуйбаппын. Өссө: «Тоҕо уһугуннара сатыыр буоллаҕай, үлэбиттэн кэлбиппин өйдөөбөт дуу?» – дии саныыбын. Ийэм букатын арахсыбат: «Тоойуом, тур, тур!» – диир. Түмүгэр букатын да суорҕаммын саралыы тардан түһэрдэ. Онуоха дьэ мин олохтоохтук уһуктан, ороммор олоро биэрдим. Түүлбэр дуу, илэ дуу буолбутун улаханнык өйдөөбөтүм. Ханнааҕы ийэм кэлиэй, хоһум кураанаҕын курдук кураанах. Суорҕаным сиргэ сытарын ороммор ууран баран, тоҕо эрэ аан диэки хаамтым. Дьэ онно эрэ аһыы буруо сыта киирбитин билэн, хап сабар таһырдьаны былдьастым. Уой, онтум дьиэбит аҥаара умайан күүдэпчилэнэ аҕай турар эбит! Ийэм барахсан бэл анараа да дойдуттан араҥаччылыы сылдьаахтыыр буоллаҕа.
Дьэ дьикти, үс сыллааҕыта күн сириттэн суох буолбут ийэ хайдах кыыһын сэрэтэ кэлбитэ киһи өйүгэр кыайан баппат. Ол да буоллар, буолбуту мэлдьэспэккин.
* * *
Убайым биирдэ бултуу сылдьан, өлөрбүт куһун күөлтэн хостоору, кытылтан тыытыгар киирэн истэҕинэ, ким эрэ кэнниттэн аатынан ыҥырбыт, төрүт билэр куолаhа эбит. Эргиллэ биэрбитэ – ким да суох, иhиллээн тура түспүт – уу чуумпу. Салгыы киирэн истэҕинэ, эмиэ кэнниттэн ким эрэ аатынан ыҥырбыт. «Ким баҕайытай?» – диэн, хат эргиллибит, тулатын көрбүт, иhиллээбит…
Арай, өйдөөн көрбүтэ, саатын куруогар талах мутуга иилистибит, саатын уоhа бүөргэ анньан турар эбит, кыратык өссө күүскэ тартахха – ытар. Онно саллыы бөҕөнү саллыбыт, саатын айаҕын туора хайыһыннаран, куруогун мутуктан устубут. Көстүбэт киhи ыҥырбатаҕа буоллар, сискэ быhа ытыллан быстахха былдьаныа эбит. Бэйэтэ этэринэн, үчүгэйдик билэр куолаһа үһү.
Сэрэйдэххэ, Иэйэхситэ буолуо… Киhи барыта төрүөҕүттэн Иэйэхситтээх, сороҕор кинини кэлэтиэххэ сөп диэн дьон кэпсээччи.
* * *
Биирдэ дойдубар кустуу сылдьан, киэһэ хараҥаҕа дьиэлээн иһэн, ардахха баттаттым. Өтөх балаҕаҥҥа киирэн, ардах хаһан астарын кэтэһэн олордум. Ол олорон утуктаан бардым…
Арай балаҕан эркинэ суох өттүнэн ийэм бокуонньук киирэн кэллэ. Халлаан халлан, ийэм сирэйэ ырылхайдык көһүннэ. Ытаабыт. Иһирдьэ киирэн миигин көрөн турда. «Өлөн баран эмиэ тоҕо кэллиҥ? Бар мантан», – диэтим. Онтон туох эрэ тыастан уһуктан кэллим. Халлаан сырдыа баара дуо, өссө эбии ыаһырбыт, ардах өссө күүһүрбүт. Мин «туох дьикти түүлүн көрдүм» диэн ырытан, олорбохтуу түһэн баран, ийэм туохтан эрэ сэрэттэ быһыылаах диэммин, саабын, сүгэһэрбин ылан балаҕантан тахсан, аҕыйахта хардыылааппын кытта, кэннибэр сүрдээх улахан хачыгыр-кучугур тыас тыаһаата, туох эрэ сүр күүскэ сууллан түстэ. Мин «абааһылара бу буоллаҕа» дии санаат, инним диэки түһүнэн кэбистим. Кэлин көрбүтүм, мин олорбут сирим үрдүнэн балаҕан өһүөтэ тостон, сууллан түспүт этэ. Былыргы балаҕан даҥа, омуннаатахха, миэтэрэ аҥаара баар буолуохтаах. Ол баттаабыта буоллар миигин өлөрөр этэ. Ону сэрэтэн ийэм эрэйдээх көстөөхтөөбүт эбит.
* * *
Ийэм оҕо сылдьан сайын аайы звенолары кытта дэриэбинэттэн ыраах сиргэ оттоһо барсара үһү.
Биир күһүн отторун бүтэрэн, «чэ, мин бардым» диэн, дэриэбинэ диэки бэйэтэ хаама турбут. Ийэм куттаһа суох буолан, соҕотох төннөрүгэр кыһаллыбатах, эбиитин, мэлдьи сылдьар сирэ буоллаҕа.
Быһалыы бараары ойуур быыһынан киирбит. Биирдэ өйдөммүтэ халлаан хараҥаран хаалбыт, баран иһэр ыллык суолун сүтэрэн кэбиспит. «Иэдээн, муннум!» – дии санаабыт. Ол да буоллар, санаатын түһэрбэккэ, салгыы айаннаабыт.
Арай баран истэҕинэ үрдүгэр туох эрэ сырдык тыкпыт. Эмискэ буолбакка, хайдах эрэ куттуон баҕарбат курдук, сыыйа сырдаабыт. Тула сылаас салгын илгийбит, ийэм ол кэннэ эрэх-турах санаммыт. Сырдык кини кэтэҕиттэн суолу сирдиирдии тыгар үһү, ол тухары кэннин хайыһан көрөр санаа отой киирбэтэх. Сотору соҕус ыллык суолугар тахсан кэлбит. Дэриэбинэҕэ тиийэрин саҕана, ол сырдык уота аа-дьуо сүтэн, симэлийэн хаалбыт үһү.
Ийэтигэр тиийэн кэпсээбитигэр: «Ити сирдэргэ эһэҥ бултуур этэ» – диэн эппит. Онон, арааһа, булчут кута сиэнигэр көмөлөстөҕө диэн тойоннообуттар.
* * *
2008 сыллаахха бииргэ төрөөбүт убайым күн сириттэн күрэммитэ. Олоҕун тухары биир да киһиэхэ куһаҕаны оҥорботоҕо, кими да хом санаабат этэ.
Бу түбэлтэ оҕобун кытта балыыһаҕа сыттахпына буолбута. Оҕо салаатыгар биир ыйдаах быраҕыллыбыт кыһыл оҕо баара. Барахсаны туох баар ыарыы барыта буулаабыт этэ. Биир түүн түһүүбүн: ординаторскайга киирэр көрүдүөргэ ийэлэр бары оҕолорбутун көтөҕөн туохха эрэ уочараттыы турабыт.
Мин уочаратым кэлбитигэр, биир наһаа кирдээх таҥастаах киһи кирилиэстэн тахсан кэллэ. Бастаан утаа сиргэнэ санаатым, онтон чугаһаабытыгар көрбүтүм – төрүт даҕаны убайым эбит. Утары кэлэн дорооболосто, олус үөрбүт-көппүт. Ол кэннэ эмискэ сирэйэ уларыйан хаалла уонна кыыһырбыт куолаһынан: «Хайыы тураҕын? Бар мантан!» – диэтэ. Ону мин: «Тохтоо! Кэпсэтиэх», – диэбиппэр: «Ыксыы сылдьабын», – диэн хоруйдаата. Онтон уһуктан кэллим, уу-хаар бөҕө буолбуппун.
Сарсыарда истибиппит, быраҕыллыбыт оҕо барахсан ол түүн тыына быстыбыт этэ. Мин: «Убайым кэлэн мин оҕобун араҥаччылаабыт быһыылаах», – диэн үөрбүтүм, эмиэ да биир өттүнэн: «Ама, кини анараа дойдуга тиийэн, өлүү аанньала буолбута буолуо дуо?» – диэн санньыйа санаабытым…
* * *
2010 сыл сайыныгар ойоҕум уол оҕону төрөтөн, үөрэн-көтөн роддомтан тахсан баран, быыллаах куораттан куотан, мин дойдубар айаннаатыбыт. Дойдубар тиийэн, ыраас салгынынан тыынан, күҥҥэ сыламнаан, үрэхпитигэр сөтүөлээн көрүлүү сырыттыбыт.
Ол сылдьан үлэни эмиэ умнубаппыт. Эбэм уһаайбатыгар хортуоппуй үүннэрэр улахан бааһыналаахпыт, онно ийэм, аҕам уонна балтым буолан сыыс от ыраастыы, тээпкэлии бардыбыт. Дьиэҕэ кэргэним оҕотун кытта соҕотох хаалла.
Киэһэ 5–6 чаас диэки төннөн кэллибит. Арай кэргэним оҕотун көтөхпүтүнэн тэрээһэҕэ хаама сылдьар. Сирэйин көрөөт, соччото суоҕу тута сэрэйдим. «Туох буоллуҥ?» – диэн ыйыппыппар маннык диэн кэпсээннээх буолла: күнүс үс чаас саҕана оҕотун аһатан баран утуппут уонна аттыгар сыппыт. Ол сыттаҕына, хос түннүгүн туох эрэ тоҥсуйар курдук үһү. Өҥөйөн көрбүтэ, хайа эрэ эмээхсин түннүгү бэс туорааҕынан быраҕаттыы турар эбит, онтон кинини көрөн баран, дьиэни эргийэ киирэр аан диэки барбыт. Кэргэним, дьиктиргээн, тэрээһэҕэ тахсыбыта – ким да суох. Арай, доҕоор, ол эмээхсинэ кэнниттэн дьиэ иһиттэн тахсан кэлбит уонна: «Хайа, дорообо!» – диэн баран илиитин ууммут. Онуоха кэргэним олус куттаммыт уонна тута оҕотун санаабыт. Ол да буоллар тоҕо эрэ эмискэ эмээхсиҥҥэ: «Чэйдиигин дуо?» – диэн иһэн, уҥан хаалбыт. Өйдөммүтэ, бэйэтин оронугар уһуктан кэлбит, тута оҕотун кууспутунан таһырдьа ыстаммыт. Эмээхсин сырдык хааннаах, кытаанах соҕус сирэйдээх уонна оройугар кырыбыайкалаах эбит. Оруобуна түөрт сыллааҕыта суох буолбут эбэбитин ойуулаан таһаарда. Киэһэлик хаартыскатын көрдөрбүппүтүгэр: «Кини кэлэ сылдьыбыта», – диэн бигэргэппитэ.
Эбэм барахсан эдэр кийиитин, хос сиэнин кэлэн көрөн-истэн бардаҕа. Мин онтон үөрэбин эрэ. Ол аата, биһигини араҥаччылыы, көрө-харайа сырыттаҕа.
* * *
Балыыһаҕа сытан абааһылаах кэпсээннэри кэпсэттибит. Кэккэлэһэ сытар дьахтар бэйэтин олоҕор дьиҥнээхтии буолбут түбэлтэни кэпсээтэ, куттала суох эрээри, киһи дьиксинэр.
Кини бэйэтэ Ньурбаҕа олорор эбит. Биирдэ туох эрэ наадаҕа чугас төрөөбүт дэриэбинэтигэр дьонугар тахсыбыт. Кэргэнэ үс күнүнэн кэлиэм диэн Ньурбаҕа хаалбыт. Дьахтар икки хоммут, үһүс түүнүгэр дьэ түүл түһээбит. Утуйа сытабын диир үһү, арай ол сыттаҕына, орон анныттан оҕонньоро тахсан кэлбит уонна: «Эһиги күнүс аһыы олордоххутуна, кэлбитим», – диэбит. Дьахтар уһуктан кэлбит уонна түһээбиппин дии санаан салгыы утуйбут. Бу сырыыга туох эрэ кэлэн атаҕыттан соһо сатыыр үһү. Уһуктубута – ийэтэ уһугуннара турар.
Ол бириэмэҕэ куораттан бииргэ төрөөбүт убайа эрийбит. Кини утуйа сыттаҕына: «Тур, түргэнник дьиэҕэр эрий», – диэн саҥаны истибит, ол иһин эрийбит эбит. Дьэ онно дьахтар сэрэйбит: «Оҕонньорум кэлэн иһэн туох эрэ буолла быһыылаах», – диэн айманан, аҕатын «утары бар» диэн ыыппыт. Аҕата, утарыласпакка. тута айаннаабыт. Күтүөтэ, кырдьык, кинилэргэ айаннаан иһэн, тыраассаттан дэриэбинэҕэ киирэр суолга оһоллонон сытар үһү. Маска кэтиллибит уонна массыынатын көрө тахсан иһэн сууллан хаалбыт эбит. Таһырдьа кыһын, түүн ортото, онно кинини ким булуой? Үлүйүөхтээҕин хата дьикти түүл көстөн быыһаммыт.
* * *
Аҕам кыра эрдэҕиттэн биир уоллуун доҕордоһон, «эн-мин» дэһэн улааппыт. Улаатан баран иккиэн биир ыал кыргыттарын кэргэн ылан, быр бааччы олорбуттар. Үлэлэрэ да биир этэ – ыраах айан суоппардара, рейскэ наар бииргэ бараллара, тус-туспа хаһан да айаннаабаттара.
Биир сыл аҕам доҕоро соһуччу баҕайытык ыалдьан анараа дойдуга аттаммыта. Аҕам олус соҕотохсуйан, соччо барбат-кэлбэт буолбута. Ол эрээри биирдэ сааһыары Нерюнгрига дуу, ханна дуу таһаҕас таһа барда.