скачать книгу бесплатно
Соппуруонап Остоолбото. Би?иги Алампа Майаа?а диэн ааттааччыбыт. Сорохтор Соппуруонап Майаа?а дииллэр. О?олор, кыралар. Билигин. Бы?а?ынан бы?ан суруйталаабыттар. Муохтар ??н?тэлээбиттэр. Хаартыска?а да сатаан т???? суох. Бастакы туруоралларыгар ЯЦИК чилиэнэ Слепцов Н. В. диэн баар эбит. Аата саамай ???э баар этэ. Соппуруонап гиэнэ баар этэ. Ол майаакка ?кс?к?лээх ?л?кс?й аата баар этэ диибин. Новгородов алпабиитынан суруллубут.
Туруорбут дьон олохтоохтор. Мэ?э Ха?аластан, Уус Алдантан кэлэн олохсуйбут дьон. Охулуокап Сомсоон, Поппуоп Мэхээлэ, Перевалов Лэгэнтэй, Ыскырбыыкын Сэмэн. Сэниэлээх, кэпсэтэр, барар-кэлэр дьон. Кэлин мээнэ суруйар буолбуттар. Онно кыттыбатах дьону. ?сс? Сахаарап Лэпсэй Куу?умуус. ЯЦИК чилиэнэ, ??рэ?э суох о?онньор. Кэнники э?этэ Тордуйа аатынан, араспаанньатын уларытан, Тордуин диэнинэн ?лб?тэ. Поппуоп Мэхээлэни Ми?ирийээн диэччилэр. Суон уонна и?иттэн са?ата ньиргийэн тахсар са?алаах. Гражданскай сэрии са?ана бу диэки бандьыыттаабыт, ?сс? хамандьыыр буола сылдьыбыт. Итиэннэ ?сс? туруорууга Таспайар диэн баар этэ. Уус о?онньор. Суоруутун э?ин ол о?онньор суоран туруорбута буолуо. Уонна убайдыы-бырааттыы Татаарынаптар диэннэр бааллар. ?р?с у?уоргу ?тт? да буоллар, тахсыбыттара буолуо. Оннук сурахха. Онтон маппатах буолуохтаахтар. Уйбаан уонна Б??т?р. Туруорсубут буолуохтаахтар. Ааттара суох бы?ыылаах этэ.
СААМАЙДАР
Саамайдары ки?ини сиир дьоннор ??? диэччилэр. Олорго мин ийэм улахан убайын быраата, аата Бэрт Маалы?кай, тиийэ сылдьыбыт диэн баар. Бэйэтэ ааттаах булчут, ааттаах ытааччы ???. Уон кыылы к?рд???нэ, то?у?у ?л?р?н баран тохтуур эбит. Биирин ?л?рб?т ???. Биирин хайаан да хаалларар ???.
Бултуу сылдьан, уччуйан баран хаалбыт. Дьонун суолун суоллаан барбыт. Ол баран, атын дьо??о тиийбит. Саамайдарга диэн буолуо дэнэр. Ура?а?а. А?атан, к?нд?лээн. Дьиэлэрин т?гэ?инэн кииртэлээбиттэр. Кэлин. Бы?ахтарын э?ин сытыыланаллар эбит. Та?ырдьа сылдьан, бэйэлэрин тылларынан кэпсэтэллэр ???. Туспа. Онтон дьаарханан, хайдах эрэ куотардыы сананан, олорор сиринэн ура?а т?гэ?э а?ыллыбытынан тахсан, табатыгар тиийбит. О?унан ытыалаабыттар да, таппатахтар. С??рэринэн ?ч?гэй. Ол и?ин Бэрт Маалы?кай диэн аатырбыт. Ууча?ын миинэн баран, ытыалаан, хас да ки?ини ?л?рб?т уонна куоппут. «Сирэйдэригэр ойуулаах этэ», – диэбит. Тигиилээх.
Б?Л??
Варвара Федотова. Б?л??тээ?и педучилище?а II кууруска ??рэнэ сылдьан суруйбут. 1973 с. ???йээннэри киниэхэ а?ата Максим Степанович Федотов кэпсээбит.
Б??Ч?Р?
Былыр Б??ч?р? диэн то?ус хо?ууна баара ???. Бу хо?ууну 40 дьиэ то?ус баты?а сылдьара ???. Бу дьон хо?уун бултаабыт булдун хомуйарга, сииргэ сылдьаллар ???. Хо?уун улахан баайа суох эбит. Ол сылдьан, кини ?йэтин и?игэр 99 э?эни ?л?рб?т. Э?э?э сааламмата ???, а?ардас батыйанан уонна баалка ма?ынан бултуур эбит. Биир к?н сайын алыыга тиийбитэ, ?с кыыл а?ыы турара ???. Бу ?с кыылы ????ннэрин ?л?рб?т. Онтон биир кыыл элэмэс эбит. Ытан баран турда?ына, алыы диэки тыас тыа?аабыт. Туох ааттаах тыа?ай диэн хайы?ан к?рб?тэ, ?йэтигэр к?рб?т?х улахан, эмиэ да сиэллээх, кутуруктаах курдук э?э с??рэн и?эрэ ???. Урут ха?ан да уолуйбатах, со?уйбатах бэйэтэ, уолуйан, улахан тэ?кэ баарыгар с??рэн тиийэн ыстаммыт. Э?э кэлэн ???э ойуолаан баран, кырбаталаан к?рб?т да, ?с ойуунан хо?ууну куоттарбыт. Э?э с?рдээх улаханнык ?с т?г?л часкыйбыт. Хо?уун ол олорон ытыалаабыт. Ол аайы э?этэ часкыйа-часкыйа ?р? ыста?алаабыт. Хо?уун б?тэ?ик буулдьата хаалыар диэри ытыалаабыт. Хойут, элбэх ытыалаа?ын кэнниттэн, э?э, ыста?алыыра уурайан, олорон эрэ часкыйбыт. Сайы??ы у?ун к?н киирэн эрдэ?инэ э?этэ ?с т?г?л ки?илии: «Б??ч?р??», – диэбит уонна ?л?н хаалбыт. Хо?уун, т??э эккирээн, дьиэтигэр ыстаммыт. Дьонугар оннук мо?уокка ыллардым диэн кэпсээбэтэх уонна кыылларын да, э?этин да этин хомуйтарбата?а ???. Оччо саллыбыт. Ол кэнниттэн ?с сыл сылдьыбыттар. Биир т??н Б??ч?р? баттаппыт, дьоно нэ?иилэ у?угуннарбыттар. «Хайа, атаас, тугу т??ээн баттаттын?» – диэн кырдьа?астар ыйыппыттар.
«Дьэ, хара тыам тэ?ситтэттэ
. ?с сыллаахха биир улахан э?эни ?с кыылы кытта ?л?рт?м. Ону хара тыа иччитэ ????э-к?й??ргэ сиэтти?, ?с хонон баран маннык ааттаах алыыга к?рс????хп?т диэтэ», – диэн кэпсээбит.
Онон ?с хонугу бы?а дьонун кытта быра?аайда?ан, астарын ?т??т?н а?аабыт. ?с хонон баран, дьонун илдьэ, барбыттар. Онно аатырбыт киэ? алыы кытыытыгар тиийбиттэр. Ол тиийэн у?уор к?рб?тэ: эмиэ туос ала, ?с сыллаа?ытаа?ар улахан э?э, элбэх ба?айы э?эни баты?ыннаран и?эрэ ???. Ону к?р?н баран, хо?уун эппит: «Дьэ, сэгэрдэрим. Мин айыыбын айыыланыма?. Э?иги манна хаалы?», – диэн баран, утары ыстаммыт. «Мин дьоммун хааллардым, эн эмиэ хааллар!» – диэн хо?уун кыламмыт. Онуоха анараа хаарахан, икки ?тт?нэн к?р?н, ха?ыыртаабыт. Ону э?элэр, алыы кытыытыгар тахсан, сытыталаан кэбиспиттэр.
Алыы ортотугар хо?уун э?элиин к?рс?б?т. Хо?уун биирдэ ыппыт уонна тайыыга т??эрбит. Турар к?н? бы?а охсу?ан, к?н киириитэ э?э хо?ууну баттаабыт. Онуоха ?с эр бэрдэ киирээри гыммыттарын, кырдьа?астар киллэрбэтэхтэр. Онтон атахха биллэрбиттэр. ?с хонон баран кэлбиттэрэ, ба?ын у?уо?а эрэ баара ???.
МАСТААХ ЭБЭ
Би?иги чуга?ынаа?ы к??ллэрбититтэн саамай улаханнара – Мастаах Эбэ. Бу к??л 9 арыылаах, уонтан тахса от арыылаах. Ким да билбэт бу к??л т??? сыллаа?ыта ??скээбитин. Саха сэ?энинэн, былыргы ???йээн бы?ыытынан, саха, то?ус икки бэйэ-бэйэлэрин билсибэттэрин са?ана Дьалкылдьа диэн ааттаа?а ???. Ол бириэмэ?э бу Эбэ?э Т??рэчээн диэн саха хо?ууна олорбута ???. Кини омуктары кытта сэриилэспит, хаста да кырпыт. Омуктар киниттэн к?рээри бу к??л? эргийэ сатаабыттар. Ол са?ана бу к??л на?аа хойуу мастаа?а ???. Эргийэ сатаан баран, кыайан эргийбэккэ, Мастаах диэн ааттаабыттар. Бу Эбэ ту?унан на?аа элбэх ???йээннэри кэпсииллэр. Ити к??л иккитэ уолба буола сылдьыбыт. Ол бэлиэтэ диэн ????гэр сэргэлэр уонна дьиэ ба?аналара тураллар.
Т??РЭЧЭЭН
Бу хо?уун Мастаах к??лгэ ийэтэ эмээхсини кытта олорбута ???. Мастаах к??л ар?аа ?тт?гэр Сохообут диэн ортотугар мас арыылаах к??л баара ???. Бу к??лгэ сахалар мустан, байан-тайан олорбуттар. Сохообут уонна Ходу?а диэн к??ллэр икки ардыларыгар ааттаах улахан хонуу баар. Манна сахалар, окко киириэхтэрин иннинэ, ас-??л тэринэн, а?ыыллара-сииллэрэ ???. Кылыстар
сырсан бэртэрин билсэллэр, б???ст?р тустан к??стэрин билсэллэрэ ???. Ол бириэмэ?э биирдэ хантан да кэлбиттэрэ биллибэт эдэрдээх кырдьа?ас то?устар баар буола т?сп?ттэр. Ол оонньууга Т??рэчээн суо?а ???. То?устары ы?ыран а?ата-сиэтэ, оонньото сатаабыттар. Онуоха эдэрэ а?ы а?аспыт, оонньууга кыттыбыт да, охтоох саатын с?гэ сылдьыбыт. Кырдьа?а?а аанньа да а?аабатах, аанньа да кэпсэппэтэх. Ура?а та?ыгар, о?ун тардан баран, олороро ???. Ол и?ин сахалар, сэриилэ?ээри кэлбит диэннэр, т??нэри ытан т??эрбиттэр. О?онньор ?л?р са?атын истэн, эдэр ки?итэ: «Т?б?т?н тииккэ ыйаары?!» – диэн баран, элэс гынан хаалбыт. Ону сахалар сырса да сорумматахтар. Н???? сайыныгар ол бириэмэ?э эмиэ мустан а?аан-сиэн, оонньоон-к?р?лээн эрдэхтэринэ, туох да хара ба?аан омук кэлэн, эмискэ саба т??эн, кырган кэбиспиттэр. Бу сахалартан саамай бэртэрэ Мастаах Эбэ диэки Т??рэчээ??э куоппут. То?устар ?йд??н к?рб?кк? хаалбыттар. Ол ки?и Т??рэчээ??э кэлбит. Хо?уун ийэтиниин собо сии олорбуттар. Онно к?т?н т?сп?т. Уруккуттан билэр ки?итэ буолуо: «Хайа, до?оор, туохтан куттанан, хааны?-сиини? алдьанна?» – диэбит Т??рэчээн. «Дьэ, ата?ыам, омуктар кэлэннэр, туох баарбытын бары кыртылар. Ону, дьэ, бара??ын, иэ?и иэс курдук иэстэс», – диэбит. Онуоха: «Оо, ата?ым омук хаанын к?рд?р??р? кэлбит», – диэт, куйа?ын ???э т?сп?т. «Чэ, ийэкээ, а?ы? ?т??т?н астаа, та?а?ы? ?т??т?н та?ын», – диэбит уонна та?ырдьа ыстанан тахсан, ара?ас охсубут. Киирэн астарын а?аабыттар. Эмээхсин тахсан, дьиэтин ?стэ т?г?р?йб?т. Ол т?г?р?йб?т?н кэннэ, уола, к?т???н ылан, ара?а?ын ???э олордон кэбиспит. Кэннинэн с??рэн баран, суордуу ха?ыыра-ха?ыыра, ?с т?г?л с???ргэстии т???тэлээбит. ???с т????т?гэр ийэтин к?хс?н харатынан дь?л? ытан та?аарбыт. Онуоха эмээхсин: «О?ом илиитэ ?ч?гэйиин!» – диэн баран, ?л?н т?сп?т. Ийэтин хааныттан ?с т?г?л омурпут: «Хаан хапта?ым, ???х уопта?ым, соргу к?т?хт???м: – диэн баран, табаары?ын: «Чэ!» – диэт, Сохообут диэки ыстаммыт. Кинини ким ситиэй, ол и?ин к??тэ-к??тэ аа-дьуо барбыт. Т??рэчээн то?ус былас чиэрчимэ маамыктаны
к?хс?гэр баанан баран с??рдэ?инэ, ууга да, хонууга да маамыкта сиргэ тиийбэтэ ???. Сохообукка тиийбиттэр. Ол омуктар олорор сирдэриттэн ?с биэрэстэ усталаах ходу?а баар. Ол ходу?а б?т??т?гэр улуу туму?ах баара ???. Бу манна кэлэн, хо?уун до?оругар эппит: «Мин анныкы буоларбын к?рд?хх?нэ, бэйэ? бэйэ?ин билинээр. Онтон мин ???э буоларбын к?рд?рг?н эрэ, бэрт т?ргэнник миэхэ кэлээр».
Ол гынан баран, ха?ыыра-ха?ыыра ходу?а устун омуктарга ыстаммыт. Ону сэттэтэ ытан кэбиспит. Орпуттары барытын, ура?а?а тиийэн, кырган кэбиспит. До?оро ону к?р?н с??рэн истэ?инэ, хааннаах батыйатын та?нары тайанан баран, утары к?рс?б?т: «Дьэ, ата?ыам, ?р?г?йб?т ?рдээтэ, соргубут к?т???л?ннэ. С?бэбитин тыырсыах. То?устан биир дьахтардарын, сахалартан биирдэрин ордордум. Дьэ, миэхэ хайатын аныыгын? Мин санаабын с?пк? эттэххинэ, ?йэлээх сааспытыгар до?ордуу буолуохпут, оттон сыы?а эттэххинэ, бу батыйанан дь?л? т????м!»
Онуоха до?оро, толкуйдуу барбакка, эппит: «Эйиэхэ, сылдьары? дабааннаа?ынан, то?ус буолла?ына хайдах буолуой?»
«Ыы, до?орум барахсан! Дэлэ да ки?и омуктартан куотуо дуо?» – диэт, до?орун куу?а т?сп?т.
Онтон Т??рэчээн Ньиндэ бэтэрээ ?тт?нэн сылдьыбыт, дэлби байбыт, хаста да киирэн то?устары кыргыбыт. ???с кыргыытыгар, утуйа сытта?ына, то?устар, со?утан, кы?ын ?л?рб?ттэрэ ??? диэн кэпсииллэр кырдьа?астар.
Ньиндэ бэтэрээ ?тт?гэр Т??рэчээн К??ллэрэ диэн хас да к??л баар ???. Сохообукка ол Т??рэчээн ?лт?н кэннэ биирдэ Бургумай диэн хо?уун кыргы?а сылдьыбыт уонна кыайбыта ???. Ол кэнниттэн то?устар: «Иккитэ со?ообут к??лб?т, онон Сохообут диэн буоллун», – диэбиттэр.
БУОРДААХ СУТ
Былыр Ха?ы??а дуу, Кыргыдайга дуу С?д??т диэн кинээс олорбут. Былыргы отчуттар саары са?анаа?ы отторун
атырдьах ыйын 30-с к?ннэрин диэки кээ?эллэр ???. Ол дьыл от кээ?э сырыттахтарына, ки?и сототунан кэ?эр хаара т?сп?т. Онон кы?ы??ы буолан хаалбыта ???. С?д??т кинээс кээспит ото т???т? с????гэ с?п буоларын кэмнээн баран, орпут с????т?н барытын ?л?рб?т. Сылгытын да?аны, ына?ын да?аны. Ха?ыыга т??? эмэ сылгыны ??рэн кээспитэ ???. Онтон со?отох ты?ы тый эрэ ордон хаалбыт. Бары ?лб?ттэр. Нэ?илиэнньэ?э эмиэ эппитэ ???: «Т??? оттооххут да, оччо с????н? ордору?. Орпуттары ?л?р??», – диэн.
Ол дьыл суолга к?рс?б?т ки?и, былтарыйарыгар, хаары к?рдьэн аа?аллара ???. Ньукуола уон хонуга аа?ыар диэри сыппыта ??? ол хаар. Онон ?г?с ыал с????лэриттэн илии соттубуттар.
Ол сылы сахалар Буордаах Сут диэн ааттаабыттар. Хаар ?рдэ хайдах эрэ буору ыспыт курдук хараара сыппыт. «Ньукуола та?арабыт сыар?аттан ааста», – диэн ыта?аллара ??? с????лэриттэн быстыбыт дьон. Ол н???? дьылыгар алыс ?ч?гэй дьыл буолбута ???. Оннук дьыл буола илик диэн кэпсииллэр кырдьа?астар.
Кэпсээнньит тылы бы?аарыыта:
Тэ?ситтэттэ – илдьиттэттэ.
Кылыстар – сытыы, с??р?к, бары ?тт?нэн эрдээх дьон.
Чиэрчимэ маамыкта – то?устар таба тутар быалара. Сарыынан эбэтэр и?ииринэн т??рт гына тэлиилээн эбэтэр хайытан, ?р?н о?орбут быалара.
Э. К. Пекарскай диалектологическай тылдьытыгар тылы икки суолталаан бы?аарбыттар: Маамыкта – 1. Тирииттэн хатыллыбыт синньигэс быа-ту?ах. Долганнар, Дьэ?иэй сахаларын тыллара. 2. (Аркан), эдьигээннэр тыллара.
Тэ?нээн к?р?? эбэ?килэр ?эркэ диэн тылларын – «связать, завязать» (Сравнительный словарь тунгусо-маньчжурских языков: материалы к этимологическому словарю. Т. 2. – Л.: 1977. С. 369). -ма – эбэ?ки тылыгар да?аа?ыннары ??скэтэр сы?ыарыы (Эвенкийско-русский словарь. – М.: 1958. С. 769).
Саары са?анаа?ы от – былыр Б?т?р??п та?ара кэмигэр оттоммут оту ааттыыллар. Бу та?ара от ыйын 12 к?н?гэр кэлэр. Окко киирэр кэм. Саары диэн от ?лэтин са?аланар бастакы нэдиэлэтэ.
Руслан Федоров. 1968 с. Б?л??тээ?и педучилище?а IV кууруска ??рэнэ сылдьан суруйбут курсовой ?лэтиттэн.
МАСТААХ ДЬАЛКЫЛДЬЫМА
Б?л?? оройуонугар ?с нэ?илиэги холбуур аатырар-сура?ырар Мастаах к??л баар. Олохтоохтор ол к??л? ытыгылаан Эбэ диэн ааттыыллар. ?сс? атын умнуллан эрэр дьи?нээх аата Дьалкылдьыма диэн. Олохтоох кырдьа?астар кэпсииллэринэн, былыр, кыргыс ?йэтин са?ана, кыргыстар манна кэлтэригэр, олохтоохтор, к??л арыыларыгар киирэннэр, кыргыстары арыыларга киллэрбэккэ ытыаласпыттар. Кыргыстар, к??л? т?г?р?йэ сатаан баран, хайа да ?тт?нэн кыайан арыыларга киирбэккэ: «Ки?и хайа да ?тт?нэн кыайан киирбэт Киэ? Дьалкылдьыма к??л буоллун», – диэбиттэр.
Итинтэн ыла Киэ? Дьалкылдьыма диэн ааттаммыт. Бу к??л мас арыылара 12-лэр. Бу к??л ту?унан интэриэ?инэй ???йээн баар.
Манна Уо?ук Софронеев диэн нуучча к?ск? кэлэн, Мастаах к??л кытыытыгар, Кэ?эрэччи диэн сиргэ, мантан кэргэн ылан олорбут. Кинилэр икки ынахтаахтара ???. Ол ынахтара саас Мастаах к??лгэ, дьында?а т??эн, ?л?н хаалбыттар. Софронеев ынахтарын с?лэ сылдьан эппит: «Дьэ, Эбэ хотун, миигин о?орду?. Эйигин да о?оруо?ум», – диэн.
Ол саас Эбэ хобуордаан турда?ына, сарсыарда, к?н са?а тахсыыта, кур сылгы ба?ын у?уо?ун кыбынан к??лгэ киирбит. Киэ?э, к?н кытара киириитэ, дьиэтигэр т?нн?б?т. Ким да: «Ханна сырытты??» – диэн ыйыталаспатах. Ити итинник ааспыт. Ол сайын к??л уута бэрт барбах т?сп?т.
Кы?ыныгар Ньурбаттан биир ки?и, атынан кэлэн, балыктаабыт. Бу ки?и дьада?ы ыалга хонон бултуур эбит. Кини биир сарсыарда туран т??л?н ту?унан кэпсиир: «Уон ордуга икки арыылаах Эбэ к??л уута Аллараа Дойдуга таммалыыр тыа?а дыыгыныырын и?иттим». Дьиэлээхтэргэ: «Тойонноо?», – диэбитин, «Т??ллээх ки?и бэйэ? тойонноо», – диэбиттэр. Т??ээбит т??л?н кыайан бы?аарбакка, саас дойдутугар т?нн?б?т.
Мастаах к??л, а?ыйах уута сыл и?игэр уолан, алаас, ходу?а сир буолбут. Арай онно-манна кыра уулар ордон хаалбыттар. К??л алаас буолбутугар олохтоох дьон с????нэн улаханнык байбыттар. Ол курдук Маппый диэн ки?и 700 с????н? ииппит. Олохтоохтор и?эр ууларын та?ынаа?ы к??ллэртэн о?у?унан ба?ан а?алаллара ???.
Уо?ук Софронеев бу к??л?: «Иккитэ алаас буолуо», – диэбит.
Былыр алаас буола сылдьыбыта ити. Билигин эмиэ бу к??л алаас к??л буолан эрэр. Кини ?с арыыта, О?хойкоон, Бордуолаах уонна Мас Арыы, билигин тыа?а тураллар. Оттон от арыылара аата-ахсаана биллибэт элбэхтэр. Бу к??л устата биир к?ст?н ордук. Оттон туората к??? арыый кыайбат. Эргимтэтэ сэттэ к?с кэри?э.
Мастаах диэн то?о ааттаммытын кырдьа?астар мас арыыта элбэ?ин и?ин ааттаммыта буолуо дииллэр.
Николай Томскай. 1964–1965 сс. Б?л??тээ?и педучилище?а II кууруска ??рэнэ сылдьан суруйбут курсовой ?лэтиттэн.
КЫЫЧЫКЫЫН
Кыычыкыын диэн к??л дэриэбинэ биир у?угар сытар.
Саха сиригэр «Кыычыкыын о?у?ун ба?а буолла?а» диэн ?с хо?оонун дьонтон ?г?ст?к истиэххэ с?п. Бу ?с хо?оонун ис хо?ооно – ас у?уннук бу?уутун холоо?ун. Кырдьык, бу к??лгэ Кыычыкыын диэн баай ки?и олорбут ???. Ол и?ин кини олорбут к??лэ Кыычыкыын диэн ааттаммыт. Кыычыкыыны бэйэтин нуучча хааннаах ки?и диэн кэпсииллэр. Кини, бу дойдуга олохсуйан баран, Бэчиэттэр т?р?ттэриттэн баай кыы?ын кэргэн ылар. Бэчиэт т?р?ттэрэ бэрт у?уннук ба?ылаан-к???лээн олорбуттар эбит. Бэчиэт дьи?нээх аата – Егоров Сэмэн. Ол да и?ин норуот номо?уттан Бэчиэт наследствотын ту?унан и?иллэр.
Бы?ыр уолун бы?ылаана,
?л???? кинээс ?р?скэнэ
?т?р?нэн ???ллэрэ
?т? к?ст?бэт, бада?а.
Кыычыкыын олус байбыт, на?аа элбэх с????лэммит. Былыр биллэр баай дьон тугунан эмит аатырыахтарын ба?араллар эбит. Кыычыкыын ??т к?л?йэ о?осторго бы?аарыммыт. Кини ол о?куча?ын на?аа дири? гыннарарга санаммыт. О?куча?ы ха?арга нэ?илиэк дьоно б?т?нн?? сордоноллор. Оччолорго ханнык ?ч?гэй сэп-сэбиргэл кэлиэй? Буорун и?иккэ кута-кута быанан та?аараллар ???. Кыычыкыын ?лэлэтэр дьонун о?ус ба?ынан а?атар эбит. Кини бу а?ын у?уннук бу?арар идэлээ?э ???. То?о? К?л?йэ ха?ар дьон, о?ус ба?а бу?арын кэтэ?эн, у?уннук ?лэлиэхтээхтэр уонна у?уннук бу?ан сымнаабыт эти кинилэр т?ргэнник сии охсон, ?лэлэригэр туруохтара ???. Кыычыкыын абаа?ыны-та?араны итэ?эйэр ки?и диэн ааттыыллар. ?лэ?иттэр, эстиилэрэ-быстыылара буолан, кинини куттуурга бы?аарыналлар. Ол курдук кинилэр ардах т?сп?т?н кэннэ тыыннаах балыктары ыыппыттар. Кыычыкыын куттаммыт уонна, Аллараа дойду о?онньоро балыгы мээнэ?э ыыппата?а буолуо диэн санаабыт да, о?куча?ын к?мн?р?н кэбиспит. Бу ???йээни атыннык эмиэ кэпсииллэр. Сорохтор таас ылаары хастарбыт дэ?эллэр. Сорохтор сир анныттан балык тахсар диэн хастарбыт дииллэр. Ол гынан баран, хастарыытын чахчы хастарбыт. Билигин ол о?кучах онно хотоол сир буолан турар. Киниэхэ тииттэр ??нэн тураллар. О?кучах онно Кыычыкыын к??л илин ?тт?гэр баар.
Тылы бы?аарыы:
Кыычыкыын к??л – Б?л??тээ?и Чочу нэ?илиэгин сирэ. Нэ?илиэк киинэ Сыдыбыл дэриэбинэтин у?угар сытар.
Трофим Петрович Гоголев (1903–1990). Б?л?? улуу?а, Орто Б?л??. ???йээни урут суруйбутун 1989 с. кыы?а, наука кандидата М. Т. Гоголева бэчээттээн биэрбитэ.
АМПАРА БЫСТЫБЫТА
Икки Чохороон икки ардыгар Дэлгэртэн хоту Ампара Быстыбыта диэн сир баар. Ол аата манныктан буолбут.
Дарда?ар Боотурап То?ус сиригэр му?ха?а, кырдьан баран, сылдьыбыт.
«Аатырар хааннаах батастаах, ?рг?с ????лээх Дарда?ар Боотураптара бу дуо?» – дии-дии биир ки?и итиннэ т??нэритэ к?т?р, манна охторор.
«Оо, абаккам, бу к?ммэр т?бэ?э??ин, к???л к?тт???? оттон. Саатар, о?обор Мэлтэгэр Боотурапка т?бэспэт буолла?ы?!»
«Бай! Оннук о?олоох буоллаххына, дьэ, уолгар этээр. Аны к???н сэтинньи ый кы?ыл туолар киэ?этигэр тиийиэ?им», – диир да, туруору анньан кээ?эн баран, хаарын тэбээн биэрэр.
Дарда?ар, умнан кээ?эн, ону уолугар эппэтэх. К???н Мэлтэгэр ту?а?ыттан, айатыттан куобах б???н? с?гэн, бэркэ саллан-сылайан кэлбитэ, куйах хатыытын курдук харахтаах, сарын, курбу?ах иччитэ ки?и к?т?н т??эр. Хантан сылдьар, ким диэн ки?игиний диэн кэпсэти?ии буолар.
«Дьэ, мин суол курдук сурахтаах, аат курдук ааттаах ки?ибин. Ампара Хо?уун диэммин. Мин бы?аас а?а?ынан илдьиттээбитим. О?унан ытыала?арга, илиинэн охсу?арга».
«А?ыйах охтоо?ум сайылыкпар хаалбыта».
«Оччо?о илиинэн охсу?уох».
«?йэбэр охсуспатах ба?айым».
Онуоха ки?итэ тахсан, кэ?элии-кэ?элии, куккууктуу-куккууктуу, тойон ???? ба?ын то?суйан хонор. Мэлтэгэр саныыр: «Бу икки атахтаахха айыыга киирбэккэ т?нн??м диэбитим. Дьэ, бу ки?и айыыга киллэрэр буолла бы?ыылаах».
Сарсыарда халлаан сырдыыта анараа ба?айы, кини тахсыбытыгар, ?рд?гэр т??эр. Охсор ??? да, хотуппат. Соччо ?л?р?р-хаалларар курдук туттубат. Мэлтэгэр буолла?ына таба охсубат. А?арыга?а олус. Хонно?ун аннынан ити аа?ар, бу аа?ар. Ону киирэр аан та?ыгар ба?ана?а ?й?н?н турар быраата Сыспа Сы?ыах к?р?н туран: «Ыа, курданыаххынан нии, курданыаххынан», – диэн ки?инэйэр. Ону ?йд??н к?рб?тэ, о?ус кутуругун курдук су?уо?а субуруйан аа?ар эбит. Онтукатыттан харбаан ылаат, икки т?г?л к?хс?гэ охсор. Ки?итэ: «Тохтоо, с?п буоллум, к?рд??б?т к?м?сп?н ыллым! – диир. – Дьэ, ?т?? ки?и буолла?ы?, дьыл?алаа эрэ, т??? баран охтуомуй?»
«Мин курдук ки?и охсубутун кэннэ этэ?ин ээ. Ортону аннынан ки?и буолла?ым дии. ?с к??? толоруо?у?», – диир Мэлтэгэр Боотурап.
«?с хонон баран суоллаар. Хоонньубар 12 кырсаны уктан турабын. Ону ылан баран, ара?аста тутан кээ?ээр», – диэбит Ампара Хо?уун.
Ол баран, Дэлгэр хоту ?тт?гэр тиийэн ?лб?т.
Нина Степанова. 1960-с сс. Б?л??тээ?и педучилище?а II кууруска ??рэнэ сылдьан суруйбут курсовой ?лэтиттэн.
КЫРГЫДАЙ
Мин олорор сирим кыракый дэриэбинэ. Кини аата Кыргыдай диэн. Былыр манна то?устар олорбуттар. Онно сахалар кэлбиттэр. Кыргы?ыы буолбут. Ол са?ана туттар сэптэрэ ох саа эбит. Бу кыргы?ыыга то?устар хотторбуттар. Ол и?ин бу кырыыстаах сири Кыргыдай диэн ааттыа?ы? дэспиттэр. Онтон ылата Кыргыдай дэнэр.
Би?иги дэриэбинэбит та?ыгар Эргичийэр диэн сир баар. Ол сир ту?унан маннык кэпсииллэр. Ити кыргы?ыы са?ана биир ки?и элбэх то?ус то?ууругар т?бэспит. Ол дьон, кинини т?г?р?ктээн баран, ох саанан ытыалаабыттар. Ону туран, кини эргичийэ, тула холоруктуу сылдьан, охторун барытын тарба?ын ыыраа?ын быы?ыгар кыбытан испит. Бэйэтэ элбэх ки?ини ?л?рб?т. Онтон, биир о?о хаалбытын кэннэ, кинини с?рэххэ т??эрбиттэр. Кинини чиэстээн, ити сир Эргичийэр диэн ааттаммыт. Онон сахалар Кыргыдайы улахан эрэйинэн ылбыттар.
Дьахтар К??лэ. Бу к??л ту?унан маннык ???йээн баар. Бу к??л та?ыгар сэттэ дьахтар олорбут. Онно кыргыстар кэлэн, дэлби сэймэктээн, эттэрин-сииннэрин алдьаппыттар. ?л?рб?ттэр. Ол и?ин Дьахтар К??лэ дэнэр.
Зоя Степанова. 1960-с сс. Б?л??тээ?и педучилище?а II кууруска ??рэнэ сылдьан суруйбут курсовой ?лэтиттэн.
КЫАДА?ДА
Бу сир то?о маннык ааттаммытын ту?унан маннык сэ?эн баар.
Былыр Луо?а Боотур диэн ки?и 40-ча ки?илээх, с????лээх-астаах Тыгынтан к?рээн кэлэр. Кини Чыыбы хайатыттан чугас элбэх к??ллэр баалларын к?р?р. Онно биир к??лгэ хопто курдуктар сылдьаллар эбит. Ол то?устар туос тыынан балыктыыллар эбит. Бу то?устар к??л у?уоргу ?тт?гэр олороллор эбит. Луо?а Боотур манна барарга сананар уонна дьонноругар этэр: «Саа?ыт кирсин холкутаты? уонна а?аттахтарына, хамыйа?ынан а?аайа?ыт, тарбаххытынан а?аары?».
То?устарга кэлэллэр. То?устар кинилэргэ барча?а балык хоргунун кутан а?алан биэрэллэр уонна хамыйах уураллар. Ыалдьыттар хамыйа?ынан а?аабакка, тарбахтарынан а?ыыллар. Ону к?р?н, то?устар дьиксинэллэрэ уурайар. ?ч?гэй дьон кэлбиттэр дии саныыллар. Хоргун буолбут илиилээх ки?и саа кирсин кыайан тардыбат. Онтон Луо?а Боотур ба?ылыктарыттан ыйытар: «Бу диэки эн ыыргыттан ураты ханна ?ч?гэй сир баарый? Ыйан биэрбэккин ээ». Онуоха то?ус ба?ылыга: «Мантан бачча к?нн?к айаннаах сиргэ, илин диэки ?ч?гэй сир баар (били??и Л??ч?н). Онно табанан аастахха, таба ата?а к?п-к??х буолар этэ. К??л?гэр, биэрэктэн ура?ас усталаах сиргэ т??рт былас усталаах сап илими ?ттэххэ, хара?ын аайы собо тутара. К?л?йэтин диэки к?рд?хх?, кус тумсуттан уу ?рдэ килэрийэн олорор буолара».
Луо?а Боотур ол ыйыллыбыт сиргэ баран и?эн, ол к??лтэн чугас сиргэ хонор. Бу хоно сытан, кыы?ыран, т??ртээх уолун т?б?т?н бы?а тэбэр. Ол гынан баран, о?отун а?ыйан: «Бу сиргэ о?о хаана то?унна. Хаан тохтубут сирэ. Онон Кыада?да буоллун», – диир. Онтон ыла бу сир Кыада?да диэн ааттаммыт.
Былыр хааны кыа дииллэрэ ???.
АРЫЫЛААХ
Былыр, с??счэкэ сыл анараа ?тт?гэр, Арыылаах Муо?ааны диэн ааттанара. Кини хара ма?ын са?атыттан уулаах с?рдээх улахан к??л этэ. Ортотугар улахан арыылаа?а. Кыргыс ?йэтин кэмигэр манна то?устар олорбуттара. Бу арыы сорох ма?ыттан кэли??э диэри оно?ос т?б?т?н булаллара.
Хампа?а ыраахтаа?ы суолун хомуйа Хаппытыан кинээс Поскачин диэн кырдьа?ас кулубалыын бу к??л та?ынан аа?ан и?эн, аттарын хаптарбыттар. Д?л?? ?рд?гэр олорбохтообуттар. Поскачин кулуба Хаппытыантан ыйыппыт: «Эн бу Эбэни туох дии саныыгын?»
«Бу к??л хоту диэки улаханнык и?нэри турар бы?ыылаах».
«Туохтан инньэ диигин?»
«Сирин-уотун бы?ыытын к?р?б?н».
«Ки?и ту?а?а та?аарыныан с?п этэ. Мин кырдьан хааллым».
Кэлин Хаппытыан: «Поскачин кулуба инньэ диэбитигэр т?б?м хаппа?а а?ылларга дылы буолбута», – диэн кэпсиирэ.
Мантан ыла Хаппытыан к??л? хорор санаа?а киирэр. Кэлин, кулуба буолан баран, ?рг??т, То?ус, Таа?а?ар дьонун к???н, от ?лэтэ б?пп?т?н кэннэ уонна саас мунньан хордорор. Манна хороллоругар туох да хамна?а суох, хорбут ки?и, бу сир алаас буолла?ына, онтон сир ылыа диэн этиинэн ?лэлииллэр.
Биир ки?иэхэ икки са?аан сир тиксибит. Дири?э 4–5 м кэри?нээх гына. Буора тохтубатын диэн икки ?тт?ттэн сындырыыстаан и?эллэр эбит. Буору тэптиргэнэн, саар ыа?а?ынан та?аллар эбит. Манна дьон: «Хаппытыан иинин ха?абыт», – дии-дии ?лэлииллэрэ. Бу курдук биир биэрэстэ кэри?э у?уннаах хорууну 2,5–3 сыл кэри?э ?лэлээн б?тэрбиттэр.
Ыкса к???н бары баайдар, хорууну ха?ыыга ?лэлээбит дьон хоруу а?ыллыытыгар мустубуттар. Хорууну хаспыттар. Уу кыайан барбатах, дьо?ойон сыккыраабыт эрэ. Онно баар кырдьа?астар этиилэринэн, туох да бэлиэтэ суох буор хара ти?э?э о?у?у с?рэ?ин, ты?атын, быарын, икки б??р?н бырахпыттар. Уонна алгысчыт ойууну а?алан тыл этиттэрбиттэр. Ол кэнниттэн ?с хонон баран, с?рдээх к??скэ эти? тыа?ын курдук тыа?аан барбыт. Уута Тайыллар диэн к??лгэ т??эр. С?рдээх элбэх балык ч??мпэлэргэ олорон хаалбытын к???н куйуурдаан сииллэр. ???с сылыгар ходу?а буолар. Баайдар ?ч?гэйин бэйэлэригэр ылаллар. Хаппытыан кулуба билигин Пятилетка ???э диэн ааттанар сири ылбыт. Атыттар биэстии дьэ?ээтинэнэн ?ллэстибиттэр. Ма?найгы сылларыгар мантан от б???н? ылаллара. Бу сир, уута барарын кытта, Муо?ааны аата умнуллан барар, ортотугар арыылаа?ын и?ин Арыылаах диэн ааттыыллар. Манна к??л уута ма?най Тайылларга т??эригэр Тайыллар К??л тама?ар олохтоох ыаллар дьиэлэрин Арыылаах уута кэлэн тимирдэн кээ?эр. Дьонноро тыа?а нэ?иилэ куоталлар.
Билигин Арыылаахха икки к??л онно баар: Арыылаах уонна Тамах. Арыылаах иэнэ 800 га. Оттон оттонор ходу?ата 500 га этэ. Мантан 500–600 тонна оту ылаллара. Кэлин, уута суох буолан, курааннаан, сирэ барыта хара дубдук буолан хаалбыт. Дэлби хайыта хатан хаалбыт. Уонна а?ыыка сиэн кэби?эр. Ходу?атын талах, хаты? б??? былдьаабыт. Кэлин, 1965 сылга, 10 т оту да ылбыттара биллибэт. Бу бачча улахан алаас таах хаалан эрэр.
Бу к??л хоруллубута 100-чэкэ сыл буолуо диэн саба?аланар. Хаппытыан, онтон кини уола Ньукулаа?а, онтон кини сиэнэ бандьыыт Маччаа?ай ?йэлэрэ.
Хорууну а?арга, сорохтор этиилэринэн, уу кыайан барбата?ын и?ин, дьада?ы о?онньору умса анньан кэбиспиттэрэ дииллэр. Сорохтор бу к??л? хорору утарсаллара ???. «Бачча улахан к??л? хорор сэттээх-сэмэлээх буолуо», – дииллэр эбит.